Киһи уонна Империя…

(Николай Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» романыгар бэлиэтээһиннэр)

Там, где отсутствует власть закона, нет места и какой-либо форме государственного строя.

Аристотель

Кэккэҕэ киирдиҥ – сүтэн, симэлийэн хаалаҕын, ол эрэн, бүтүн сорҕото буолаҕын.

Николай Лугинов

Эрэдээксийэттэн. 2015 сыллаахха, Россияҕа Литература сылыгар, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун кытта «Ааҕааччы эйгэтэ» диэн литература-кириитикэ үлэлэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһи ыыппытыгар 50 үлэ киирбититтэн Николай Рыкунов диэн ааптар бастаан тахсыбыта. Хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох эдэр кириитик бу күрэскэ саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» трилогиятын ырыппытын биһиги сурунаалбыт эрэдээксийэлиир сүбэтин чилиэнэ, оччолорго институт литератураҕа секторын сэбиэдиссэйэ, филология наукатын кандидата Лидия Романова булан биэрбитэ. Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Рыкунов айар-чинчийэр үлэтин чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, кини бу ыстатыйатын кэлин арыый уларытан, тэнитэн оҥорбута «Үтүө үгэстэри тирэх оҥостон» уонна «Тыыннаах айымньы» кинигэлэригэр киирбит. Эрэдээксийэ бу вариант туспа бэчээттэнэр кыахтаах диэн сыаналаан, саха аныгы литературатын классига Николай Лугинов 75 сааһынан ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр таһаарарга быһаарда.

1990-с сыллар эргин суруллубут түҥ былыргыны сэһэргиир Далан «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан», Николай Макарович Петров «Ол үйэлэр дуорааннара» романнарын кэнниттэн Николай Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» трилогията саха литературатыгар улахан сэргэхсийиини таһаарбыта. Өскөтүн Далан, Петров Саха сиригэр нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи кэми ойуулаабыт буоллахтарына, Лугинов Азия истиэбин омуктарын историятын, бүтүн Аан дойдуну аймаабыт Чыҥыс-Хаан олоҕун сырдатарга дьулуспута. Бу улахан үлэ Россия литературоведтарын, литератураҕа кириитиктэрин үрдүк сыанабылларын ылан, аҕа дойдубут литературатын сайдыытын бэлиэтинэн буолбута.

Бу историялыы айымньылары литературовед Дора Егоровна Васильева: «Посткоммунистическай реалистическай сүүрээни киллэрии», – диэн сүрэхтээбитэ. Судаарыстыба ыһыллыыта эбэтэр бөҕөргөөһүнэ, урукку тутул үрэллиитэ уонна саҥа олоҕуруута сэриитэ суох сатаммат. Өр кэмнээх кыргыһыы түмүгэр саҥа тутул олохтонор. Онон историялыы айымньы уратыта диэн чопчу хайа эрэ кэрдиис кэми хоһуйар. Суруналыыс Олег Сидоров «От Алексея Кулаковского до Николая Лугинова» кинигэтигэр «…если рассматривать писателя не просто как мастера художественной сло­вес­ности, но и выразителя идей эпохи, того, что волнует его современников, то становится понятным, что объединяет писателей разных эпох, прослеживается линия, ведущая от Кулаковского к Далану, от Далана к Лугинову» диэн бэлиэтиир. Оттон тутул уларыйар кэрдиис кэмэ хаан тохтуута суох барбат.

«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» айымньы Ил – судаарыстыба (империя) үөскээһинин ойуулаан таһаарар. Ил үөскээһинин бастакы кэрдиис кэмэ айымньы бастакы кинигэтигэр көстөр. Манна Тэмичиин үгүс биис ууһун биир дьаһахха (со­куоҥҥа, үгэскэ) түмэн империя үөскүүр төрүтүн олохтуур.

Николай Лугинов бу романынан сахалар түҥ былыр судаарыстыбалаах омук сорҕото буолалларын туоһулаата. Биһиги тылбытыгар-өспүтүгэр судаарыстыба тутулун көрдөрөр тыллар баалларын айымньытыгар ситиһиилээхтик туһанна. Ити саха омук баай уонна ситэ чинчиллэ илик историялааҕын кэрэһилиир…

«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» айымньы саха уус-уран литературатыгар историялыы теманы букатыннаахтык олохтоото. Өскөтүн, биһиги литературабытыгар Далан история тематын Саха сирин омуктарын олохторун көрдөрүүнэн саҕалаабыт буоллаҕына, Николай Лугинов Азия норуоттарын хабан, история тематын кэҥэтэн биэрдэ. Ону ааһан, биһиги, сахалар, хааммытыгар түүр, моҕуол хаана устарын мэлдьи бэлиэтиир. Бу – дьон-сэргэ өйүн-санаатын уларыйыытын, олоҕу көрүүтүн сайдыытын көстүүтэ. Онон саха уус-уран литературатыгар историялыы хайысха сайдыыта, аҥаардас литература эрэ сайдыыта буолбатах – уопсастыба бүттүүн өйө-санаата, олоҕу көрүүтэ, олоххо сыһыана уларыйбытын туоһулуур.

Далан история тематыгар үлэлииригэр архыыпка баар докумуоннарга олоҕурбут эбит буоллаҕына, Николай Лугинов Чыҥыс-Хаан туһунан матырыйааллары, ол иһигэр кини оҥорбут сокуоннарын дириҥник үөрэппитэ көстөр. Сокуон диэн уопсастыба олоҕун тутула, бэрээдэгэ, сайдыытын хайысхата. Ол иһин Чыҥыс-Хаан сокуоннара бэйэтин кэмигэр төһө да кытаанахтарын иһин, кырдьыктаахтар, сөптөөхтөр. Бу сокуоннара кини ыйааҕынан буолбакка, Үрдүкү Дьүүл быһаарыытынан ылыныллар аналлаахтар. Онон сорох түгэннэргэ Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан буолбакка, Үрдүкү Дьүүл быһаарыытынан киһи саллар араас дьайыылара оҥоһуллаллара айымньыга ырылхайдык көстөр. Историяны чинчийиигэ бутуур бөҕөтө тахсара баар суол. Холобур, Чыҥыс-Хаан кэминээҕи ыйаахтары, Үрдүкү Дьүүл уонна кини оҕо сааһын доҕоро Дьамыыха дьаһалларын кытары бутуйалларын ааптар олус сөпкө бэлиэтиир. Чыҥыс-Хаан уһулуччулаах сэрииһитин бэлиэтээн, күүһүрдэн, омуннаан кэпсээһин түмүгэр кини номохторго киһиттэн таһыччы киһи курдук ойууланар. Николай Лугинов ол көрүүлэри уларытан, кинини көннөрү киһи быһыытынан кэлэйэр-хомойор, сылайар-элэйэр, күлэр-үөрэр өрүттээҕин сиһилээн дьүһүйэр. Бу сиһилээһиннэр түмүктэринэн Тэмичиин (Чыҥыс-Хаан) ааҕааччы көрүүтүгэр көннөрү киһи быһыытынан арыллар. Ааптар геройдарын итинник бытархай өрүттэрин сиһилээн, күүһүрдэн биэрбитин түмүгэр кинилэр киһи быһыытынан өрүттэрэ күүһүрэр.

Иһиккэ бөдөҥ таастары хаалаатахха түргэнник туолар, ол эрэн кураанах сирэ, көҥдөйө үгүс буолар. Оттон ол иһиккэ бытархай тааһы куттахха иһит кураанах өттө эмиэ туолар. Уобарас син эмиэ ол тэҥэ, сүрүн хаачыстыбаларын аҕыйах этиинэн суруйан кэбиһиэххэ сөп. Ол гынан баран бу уобарас ситэтэ суох буолар. Тоҕо диэтэххэ, ааптар аҕыйах этиинэн үчүгэй-куһаҕан диэн суруйбутун эрэ ааҕааччы кинини ылынар. Онтон герой олоххо хайдах көрүүлээҕэ, майгыта-сигилитэ, өйө-санаата, тыла-өһө ситэ-хото биллибэккэ хаалар. «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» айымньыга сүрүн геройдары бытархайдааһын, сиһилээһин ойоҕос геройдардааҕар быдан үгүс. Герой уйулҕатын, майгытын-сигилитин арыйыы бу ньымалара суох табыллыбат. Бытархайдааһын, сиһилээһин – түгэнигэр таба туһаннахха уус-уран литература уонна искусство көрүҥнэригэр олус улахан суолталаахтар.

Бу айымньы биир уратыта – Чыҥыс-Хааны уһулуччулаах сэрииһит быһыытынан бары өттүттэн дьүһүйэн көрдөрөр. Лугиновка ол сатаммыт. Кини сэриилэһэр кэмигэр сир бы­һыы­тын-таһаатын таба туһанарга улахан бол­ҕомтотун уурарын, сэриилэһэр сэп-сэбиргэл бэлэмигэр ымпыктаан-чымпыктаан сыһыаннаһарын, сэрииһиттэрэ анал үөрэҕи ааһалларын, сэриигэ уонна эйэлээх кэмҥэ атын-атын көлөлөрү туһаналларын, кыргыс миҥэтин харыстыылларын ааптар сиһилии ойуулуур. Ити кэмҥэ толору куйахтаах сэрии улахан эрэ биистэргэ баара үһү, ол сэриилэр олус көлөттүгэс эбиттэр. Моҕуоллар уустара куйаҕы үҥүү, батас хоппот бөҕө эрээри чараас, чэпчэки буоларын ситиспиттэр. Сайдыы хаһан баҕарар саҥаны айа сатыыртан тахсар – саҥаны көрдөөһүн түмүгэр Чыҥыс-Хаан бэйэтин кэмин инникилээн иһэр сэриитин үөскэппит. Ол иһигэр моҕуоллар буораҕы, ньиэби таба туһанан, саҥа сэрии сэптэрин айбыттар. Сэриитин иһи­гэр кырдьыктаах дьүүлү олохтоон дьону-сэргэни бэйэлэригэр тардыбыт. Чыҥыс-Хаан сэриитин тойотторуттан дьоҥҥо болҕомтолоох сыһыаны ирдиир, хас биирдии сэрииһитин туох дьоҕурдааҕынан көрөн сайдарыгар кыах биэрэр эбит. Ол түмүгэр моҕуоллар сэриилэрэ хотторуу диэни билбэккэ өр кэмнээх кыргыһыылар түмүктэринэн үгүс бытархай биистэри баһылаан Чыҥыс-Хаан тула түмсэн модун Империяны оҥорон таһаарбыттар.

Хас биирдии биис бэйэтэ бас билэр сирдээх-уоттаах буоллаҕына, бу орто дойдуга эйэлээх олох олохсуйар аналлаах. Далан уонна Николай Лугинов историялыы айымньылара саха литературатыгар түҥ былыргы кэмҥэ болҕомтону тардыбыттара уонна түҥ былыргы тыллары туттууну көҕүлээбиттэрэ. Онон саха буолуунан киэн туттуу күүһүрбүтэ, дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар ааспыт кэм дьайыыта улааппыта. Культураҕа өбүгэ саҕанааҕы тылы-өһү, түҥ былыргы үгэстэр, төрүт билиини-көрүүнү өрө тутуу кэмэ саҕаламмыта. Түҥ былыргы историяҕа анаммыт бөдөҥ айымньылар суруллубуттара. Бу айымньылар кээмэйдэринэн эрэ улахан буолбакка, духуобунай өттүнэн эмиэ киэҥ киэлилээхтэр. Саха литературатыгар Евразия омуктарын үгүс хаттыгастаах түҥ былыргы историяларын, культураларын сөргүтэн, сэгэтэн көрдөрбүттэринэн даҕаны уратылар.

«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» айымньы духуобунай өрүтүнэн Тэмичиини (Чыҥыс-Хааны) киһи аймахха уһулуччулаах полководец, чулуу политик, мындыр салайааччы эрэ быһыытынан буолбакка, көннөрү киһи быһыытынан сырдык дууһалааҕын эмиэ көрдөрөрүгэр сытар. Кини Аан дойду историятыгар, искусствотыгар көрүүтүгэр хабыр, хаанымсах баһылык быһыытынан биллэр, ойууланар этэ. Олоҕурбут көрүүнү уларытыы – олус уустук, ыарахан сорук. Ааптар ону уларытарга уус-уран ньыманы олус табыгастаахтык туһаммыт. Тэмичииннээх Дьамыыха биир үйэҕэ олорбут, бииргэ алтыспыт дьон буоланнар үгүс майгыннаһар өрүттээхтэр, ол өрүттэрэ кинилэри бутуйарга төрүөт буолбута саарбаҕа суох. Кинилэр иккиэн майгыннаһаллар, санаалара да алтыһар эрээри, Дьамыыха аакка-суолга, баайга-дуолга, күүс-уох кыаҕыгар тирэнэр, Тэмичиин өйгө-билиигэ, кыларыйар кырдьыкка итэҕэйэр. Кинилэр бу өрүттэрэ тус-туһунан буолан, кэлин олох суолугар тус-туһунан аартыгы талаллар.

Дьамыыха тус олоҕор табыллыбата – күннээҕинэн олорбутун түмүгэ. Кини төһө да кылгас буоллар чаҕылхай олохтоммутун төрүөтэ – сэрииһит дьоҕуругар. Күннээҕинэн олорор майгылаах буолан, сэриитин кыргыһыы хаамыытынан көрөн салайар. Ол иһин утарсааччыларыгар таба таайтарбат. Аҕыйах кыргыһыыга булугас өйүнэн, тоҕоостоох түгэни таба туһанар майгытынан утарсааччытын кыайталыан сөп. Оттон улахан сэрии диэн биир-икки эрэ кыргыһыы буолбатах, олус уһун, үгүс тэрээһиннээх утарыта турсуу. Онон өр кэмнээх сэриигэ Дьамыыха тус бэйэтэ бэлэмэ суох. Кини ис эйгэтэ сэрииһиккэ буолбакка, ырыаһыкка быдан чугас. Лугинов трилогиятыгар Дьамыыха биир сүрүн герой курдук көстөр эрээри, дьиҥэр, кини – андайын Чыҥыс-Хаан майгытын, өйүн-санаатын арыйарга анаммыт ойоҕос уобарас. Ол да быһыытынан айымньыга айар эйгэлээх дьоҥҥо быдан чугас гына ойууланар. Кини майгыта сорох кэмнэргэ олус уйан эбэтэр, төттөрүтүн, кырыктаах, ыгым, киһи сиэригэр баппат сүөргү быһыылаах буолуталыыр. Дьамыыха ону сааһыран, түспэтийэн, улахан сэриилэргэ хотторон баран эрэ өйдүүр. Олоҕор табыллыбатах киһи санаа сүгэһэрдээх сылдьар. Ол иһин, өбүгэлэрбит киһини санаа, тимири дьэбин сиир диэхтэрэ. Өр кэмнээх сүгэһэртэн Дьамыыха, бэйэтэ төрүкү уйан киһи, олус сылайан, санааҕа ылларара үксүүр. Санааҕа баттата сылдьар киһи оҥорбута, ылсыбыта барыта илиитин таһынан буолар. Ол быһыытынан кини олоҕун түмүгэ кэрэгэй.

Тэмичиин оҕо эрдэҕиттэн уустук түгэннэри уйан аҕа ууһун баһылыга буолбут буолан, эппиэтинэстээх, ханнык баҕарар саҕалыыр дьыалатыгар олохтоохтук, дьоһуннук сыһыаннаһар. Бу – уол оҕо эрдэттэн буһан-хатан уһаарыллыытын түмүгэ. Ону тэҥэ салайааччы буоларга эрдэттэн үөрэтии, иитии, бэлэм хас да үйэ мунньуллан үөскээбит үгэһин үтүө көстүүтэ. Онон салайааччыны иитии – букатын түҥ былыргыттан баар үгэс. Маннык үгэс сайдыылаах омуктарга эрэ көстөр. Ону ааптар Бодончоор туһунан номоҕунан көрдөрөр. Бу номох – айымньы биир сүрүн түһүмэҕэ. Чыҥыс-Хаан аҕатын ууһа, бэйэтэ этинэрин курдук, «ханнык эрэ хаамаайы, төрдө-ууһа суох биис» буолбатах, дириҥ силистээх-мутуктаах омуктан үөскээн тахсыбыт. Ол быһыытынан кинилэр түҥ былыргы биистэр үтүө үгэстэрин түмэн, туһанан, бэйэлэрин үтүө үгэстэрин хаҥатынан, сайдан, үүнэн иһэллэр. Үтүөттэн үтүөтүн, өйдөөхтөн өйүн ылыы – сайдар кэскиллээх омук бэлиэтэ. Онон Тэмичиинтэн Чыҥыс-Хаан үүнэн, сайдан тахсыыта түбэһиэхчэ буолбатах. Кини төрүт үгэстэргэ тирэҕирэн өр кэмнээх иитии, уһуйуу түмүгэр үүнэн-үөскээн тахсыбыт личность. Онон моҕуоллар Аан дойдуга аатырыыларын өр кэмнээх ситимнээх үлэ түмүгүн быһыытынан сыаналыахха сөп.

Империялар үөскээһиннэригэр баһылыктары иитэн таһаарар анал оскуолалар олус улахан суолталаахтар. Манна бастатан туран охсуһууну, кыргыһыыны салайыы үөрэхтэрэ киирэллэр. Онтон ити оскуолалар сайдан, олох хаамыытын кытары тэҥҥэ уларыйан иһэллэр. Чыҥыс-Хаан саҥа Империяны үөскэтиитэ – эргэрбит үгэстэри, ыйаахтары уларытан, саҥа кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн уларытан, тупсаран оҥорууттан, сэриини атыннык тэрийииттэн саҕаланар.

Чыҥыс-Хаан сэриитин хабыра бэрээдэги тутууттан, тутуһуннарыыттан тахсар: сэрии кэмин бэрээдэгэ туһунан, эйэлээх кэм бэрээдэгэ туһунан. Ити саҕалааһыны ааптар айымньы иккис кинигэтигэр киллэрэр. Бастакы кинигэҕэ үксүн геройдар оҕо саастара, уруккулара ойууланар. Ону ааһан моҕуоллар олохторун саҥа сайдыыта, кыайыылара кэпсэнэр. Чыҥыс Хаан сэриигэ маҥнайгы кыайыылара – синнэрин сананан туран киирсиилэрин түмүгэ. Сэриигэ баралларыгар өлүүгэ киирэр кэриэтэ аҕыйах ахсааннаах түмэннэринэн киирсэллэр. Инники сэриилэһиилэригэр кыайалларыгар бэйэлэрэ да эрэммэккэ киирсэллэр. Ол быһыытынан Хаан уоругун ыраах күрэтэн кыргыһаллар.

Иккис кинигэҕэЧыҥыс Хаан саҥа Империяны төрүттээн, бу сырыыга чопчу кыайарын билэн, атын биистэри сэриилиир күүстээх санаалаах барар. Манна саҥа тутул, дьаһал, дьаһах, ыйаах ылыныллыыта көстөр. Хайдахтаах да судаарыстыба, империя ыйааҕа, дьаһала суох үөскээбэт, сайдыбат, салаллыбат. Бу кинигэ империя олохсуйуутун көрдөрөрүн бы­һыытынан, манна киирэр сурук-бичик – моҕуолларга сайдыы суолун көстүүтэ. Инники өттүгэр Тэмичиин ууһа суруктаах эрээри киэҥник туттуллубат. Уус улаатыытын түмүгэр, суруга-бичигэ суох хайдах да сайдара сатаммата биллэн, сурук киэҥник туттуллубутунан барар. Манна империя сайдыытын, олохсуйуутун сүрүн төрүөтүнэн ааптар Чыҥыс Хаан кэргэттэригэр, чугас доҕотторугар, уураахтарга, сэрииһиттэригэр уурарыгар көрөр. Империя олохсуйуута үгүс омук бииргэ түмсэн, үтүөлэрин өрө анньан, онно тирэнэн айан-тутан таһаараллар. Моҕуол империята хабыр ил быһыытынан биллиитэ аһары омуннааһынтан тахсар. Хайа да судаарыстыба кырдьыктаах дьаһаллаах уонна ону кытаанахтык тутуһуннарар уонна толорторор буоллаҕына эрэ сайдар аналлаах.

Улахан судаарыстыба сайдар тирэҕэ хас биирдии киһиэхэ тиийэр уураахтаах-сокуоннаах, дьаһаллаах-дьаһахтаах, булгуруйбат сэриилээх уонна хас биирдии киһини көмүскүүр, харыстыыр аналыгар сытар. Чыҥыс Хаан бэйэтин кэмигэр сөптөөх уураахтары-сокуоннары, дьаһахтары-дьаһаллары ылынан, кытаанахтык тутуһуннаран, толору үлэлиирин ситиһэн империятын сайыннарбыта. Бу ил биир сүрүн уратыта – туох баар сокуон сэрии кэмигэр оҥоһуллубут, онтон тирэх ылан сайдыбыт. Онон олус судургулар, хабырдар. Империя тутула сэрии тутулугар оҥоһуллубут буолан тахсар. Хас биирдии баһылаабыт судаарыстыбаларын үтүө өрүттэрин иҥэринэн, үөрэх оҥостон иһэллэр. Кытайдар судаарыстыбалара хайыы-үйэҕэ туругурбут, сайдыбыт кэмэ. Ол эрэн кинилэр Чыҥыс-Хааҥҥа бэринэн, кини империятын кэккэтигэр киирбиттэрэ. Холобур, кытайдар биир сиргэ олохтоох омуктар, оттон Чыҥыс-Хаан дьоно-сэргэтэ үксэ көһө сылдьар омуктар. Чыҥыс-Хаан ити хаһааҥҥы эрэ ньыманы сөргүтэн, туһааннаах сирдэргэ атыттары кытары бэйэтин дьонуттан үчүгэй тойоттору хааллара-хааллара баран иһэр. Кини дьонун улахан аҥаара сэриигэ анаан эрдэ үөрэтиллибит, бэлэми ааспыт боотурдартан турар. Билиҥҥинэн ыллахха, элитнэй сэрииһиттэр. Бэйэлэрин төһө эмэ бүгүлүүр сэриини кыайаллар.

Н.А. Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» айымньытын аҥаардас Чыҥыс-Хаан олорбут кэмин эрэ көрдөрүү курдук сыаналааһын кэрэгэй, ситэтэ суох. Бу, дьиҥэр, биир өттүттэн история хайа эрэ кэрдиис кэмэ, атын өттүттэн сэрии тутулун, тэрээһинин, быһыытын туһунан кэпсэнэр. Ааптар ол иһин Чыҥыс Хааны сатабыллаах полководец, тактик, стратег быһыытынан хото ойуулуур, суруйар. Манна киирэр: Тэмичиин сэриитин дьоно хайдах талыллара, аттары ырыарбат туһуттан боотур аайы түөртүү-биэстии ат баарын таһынан, ол аттары көрөр киһи баара, куйахтарын ыйааһына чэпчэкитэ уонна бөҕөтө, охторун тэбиитэ көн­нөрү охтооҕор түөрт-биэс төгүл куоһарар күүстээҕэ, оноҕосторо араас тыаһы-ууһу таһаарар быһыылаахтара, кыргыһыы кэмигэр сир быһыытын-таһаатын, тыал хайысхатын туһаныы, аттары дьүһүннэринэн араарыы, о.д.а. Бу барыта Тэмичиин идеята буолбатар да, сөптөөх этиилэри баһылык быһыытынан ылынан, сааһылаан, ситимнээн, тэрийэн таба туһаныытыгар сытар. Манна Чыҥыс-Хаан сатабыллаах тэрийээччи, салайааччы быһыытынан көстөр. Кыргыска бэлэмниир боотурдарыттан эт-хаан өттүнэн сайдыыны ирдииллэр, сэрии үөрэҕин, патриотическай өйү-санааны дириҥник иҥэрэллэр. Кыргыһыыга сылдьар боотур дьиэ кэргэнигэр олус улахан болҕомто ууруллар. Ол быһыытынан хас биирдии боотур өйө-санаата бөҕө, чиҥ туруктанар, быстах санааҕа-онооҕо ылларбат. Бу Тэмичиин сэриитэ психология, идеология өттүнэн олус күүстээҕин көрдөрөр. Билигин хайдаҕый?..

Роман үһүс чааһа олох сокуонун, итэҕэлгэ көрүүлэр уонна байыаннай кодекс быһыытынан көстөр. Биһиги бэйэбитигэр маарыннаабат омуктар олохторун үтүктэн эбэтэр, төттөрүтүн, сэнээн эстэр суолга тиийиэхпитин сөп. Олоххо бэйэни үрдүктүк туттуу – алдьархай төрдө, үтүө төрүттээх буоллахха, ону өрө тутан баран хаама сылдьар сатаммат – үтүө төрүт аатын-суолун харыстыахха уонна сөптөөхтүк, ытыктабыллаахтык тутуохха! Бэйэни үрдүктүк туттуу ханнык баҕарар кэмҥэ үчүгэйгэ тиэрдибэт. Иккиһинэн, үтүктүүнэн үлүһүйүү сайдыы суола буолбатах, бу – кэхтии. Киһи билбитин-көрбүтүн уратытык сайыннаран-тупсаран, дьоҥҥо туһатын үксэтэн истэҕинэ сайдыы быһыытынан ылыныллыан сөп.

Айымньы үһүс чааһа түмүктээһин тыынынан суруллар. Айымньы түмүктэммитин иһин, ааптар айар үлэтэ, көрүүтэ түмүктэммэт.

Маннык байыаннай кодекс, итэҕэл сокуоннарыгар уонна олох көрүүлэригэр тирэҕирбит айымньы уобарастара уһулуччу буолар аналлаахтар. Айымньы инники чаастарыгар байыаннай кодекс сыыйа олоҕуран иһиитэ дэҥ-дэҥ көстөр, олоххо кырдьыга да оннук эрэ буолар. Туох барыта тута оҥоһуллубат, сыыйа көстөн, таҥыллан иһэр. Ол быһыытынан роман икки бастакы чааһа империя олоҕуруутун сиһилии, толору ойуулаан көрдөрөр. Олох сүрүн укулаата империя олоҕуруутугар тирэнэр. Сүрүн өрүттэрэ ойоҕос көстүү, тас быһыы быһыытынан сылдьаллар, дэҥ көстөн ааһаллар. Ол эрэн бу санаалар бэйэ-бэйэлэрин кытары көстүбэт кэриэтэ утаҕынан ситимнэнэ сылдьаллар. Роман бастакы чаастара сиһилии ойууланар түгэннэригэр сүрүн этэр санаа дэҥҥэ көстөн ааһар. Үһүс чааһыгар айымньы сайдыыта түргэтиир, онон сүрүн этэр санаата манна инники күөҥҥэ тахсар. Империя сүрүн өрүттэрэ, тирэхтэрэ тахсан кэлэллэр. Кинилэрэ суох империя сайдыбат. Үһүс чаас тэтимириитигэр биир төрүөт – ааптар инники чаастарга айымньы үгүс өрүтүн хатыламмат гына сиһилии ойуулаан, империяны тутан турар, сайыннарар өрүттэрин сиһилээһинэ. Судаарыстыба олоҕуруута. Чыҥыс-Хаан өр кэмҥэ турууласпыт үлэтин түмүгэ көстөр. Бэйэтин кэмигэр олус сайдыылаах империя тутула олохтоммутун толору көрдөрүү – ааптар ситиһиитэ. Үһүс чааска ааптар сиһилиирин аҕыйаппыта – кини ыксааһынын курдук көстүөн сөп. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Сиһилээһин аҕыйааһына – Тэмичиин олоҕун түмүгэ ыган кэлиитэ. Хайдах да гыммыт иһин, сүрүн герой өлбүт сааһын уларытар кыах ааптарга суох. Бу өттүнэн көрдөххө, бастакы, иккис чаастар олус сиһилэммэтэхтэр диэххэ сөп. Олус баай олоҕу үс кинигэ иһигэр батарыы – улахан сатабылы ирдиир. Айымньы бастакы чааһа кэлин улуу салайааччы буолуохтаах, көннөрү киһиттэн таһыччы киһи сайдыытын көрдөрүү, иккис чааһа судаарыстыба (көннөрү судаарыстыба буолбатах, правовой судаарыстыба) сайдыытын, үөскээһинин көрдөрүү, үһүс чааһа правовой судаарыстыба (империя) уһулуччу сайдыытын көрдөрүү.

«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» айымньы биир кэрэтэ – ойуулуур дьонун, геройдарын үксүлэ­рин уһулуччу уобарастарыгар сытар. Бэл диэтэр, Тэп Тэҥири курдук түктэри герой уратытын таба ойуулаан, кини үтүө өттүгэр төрүт кыһамматын, төттөрү өттүгэр өйө түргэнник тобуллан өрө турарын көрдөрөр, онон итинник герой үйэтэ суоҕун бигэргэтэр. Үтүөнү уонна мөкүнү көрдөрүү алтыһыылара.

Айымньыга биир таарыллыбакка хаалбыт өрүт баар. Кыргыһыы бөҕөтө улахан полко­во­децтар көрүүлэринэн ойууланар, ол айымньы биир тутаах салаата буолар, ол эрэн манна полководец хараҕынан көстөр буолан, хайдах да кыргыһыы сиһилии ойууламмат. Полководец хараҕа кыргыһыы сүрүн хаамыытын эрэ көрөр, кэтиир, өйдүүр, ойуулуур аналлаах. Улахан кыргыһыылар хаамыылара хас биирдии боотур охсуһуутуттан, хамсаныытыттан олус улахан тутулуктаах. Ааптар хас биирдии боотур кыргыһыытын дьарыктарынан биэрэр. Айымньы былаһын тухары кыра уолаттары боотур солотугар уһуйуу эргиччи көстө сылдьар. Дьарык кэминээҕи уйулҕа уонна кыргыһыы кэминээҕи уйулҕа – тус-туһунан уйулҕалар.

Ааптар киһи уйулҕатын дьиэ кэргэн нөҥүө арыйар. Айымньы империя тутулун көрдөрүү буоларынан, ол барыта хантан саҕаланарый диэн ыйытыыга – киһи уйулҕата дьиэ кэргэн тутулуттан үөскүүрүн бэлиэтиир. Дьиэ кэргэн уонна сэрии. Дьиэ кэргэн – ийэ судаарыстыбата. Ийэ сүрэҕэ уонна сэрии хаһан да сөп түбэспэт эйгэлэр. Ол эрэн бу кэмҥэ киһи уйулҕата дьиэ кэргэнтэн саҕаланар уонна кыргыһыы, боотур уйулҕатынан түмүктэнэр. Ааптар сэрии уйулҕатын бүтүннүү ааҕааччы иннигэр ууран биэрэр. Сэрии уйулҕата биирдии киһинэн буолбакка, бүтүн түмэнинэн көстөр. Ол эрэн сэриигэ биир киһи бүтүн түмэни түҥнэриэн, эбэтэр өрүһүйүөн сөп. Сэрии, кыргыһыы уонна киһи, боотур уйулҕалара бэйэлэрин кэмнэригэр көстөн ааһаллара олус наадалаах.

Киһи уйулҕата устар уу сүүрүгүн курдук уларыйа турар турук. Көннөрү күҥҥэ бытаан, мөдөөт киһи ыксаллаах түгэҥҥэ түргэн-тарҕан толкуйдаах, хамсаныылаах буолар. Эбэтэр көннөрү күҥҥэ сытыы-сымса, күүстээх-уохтаах киһи ыксаллаах, быһаарыылаах түгэҥҥэ тиийэн бытааран, уолуйан хаалар түгэннэрэ баар. Оннук уолуйуу, куттаныы дьон уйулҕата хамсыырын көрдөрөр. Бу уларыйыыны сиһилии уус-ураннык көрдөрүү бэйэтэ туһунан соруктаах айымньы буолуон сөп. «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» роман улуу киһи олоҕун көрдөрөр соруктаах. Өр кэмнээх тутулу ойуулааһын – салалтаны ымпыгар-чымпыгар тиийэ ойуулааһын, хоһуйуу.

Айымньыга киһи ис эйгэтин ойуулааһын ураты суолтаны ылан, судаарыстыба тутулун ара­ҥаччылыыр, сайыннарар күүстээх санаалаах, эрэллээх ыччаты көрдөрөр. Ол эбэтэр ааптар бөҕө, чиҥ ис эйгэлээх дьону сүрүн уобарас оҥорон ойуулуур. Киһитин ис эйгэтэ бөҕө, чиҥ буоллаҕына, оннук судаарыстыба сайдар кэскиллээх.

Ааптар айар үлэтигэр геройдарын уйулҕатын көрдөрүү – биир сүрүн хайысха. Манна кини олус улахан болҕомто уурар. Киһи ис эйгэтин герой уйулҕатын таарыйбакка эрэ кыайан көрдөрбөккүн. Уйулҕа уонна ис эйгэ – геройдары (уобарастары) көрдөрөргө, арыйарга быстыспат өрүттэр. Онон ааптар геройдарын уйулҕатын арыйара кыайа тутара көстөр.

«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» роман саха уус-уран литературатыгар биир саамай элбэх ге­ройдаах айымньы. Сүрүн геройдарын туһунан суруйааччы туспа айымньы да оҥоруон сөп. Ол эрэн ааптар бу геройдары барыларын ситимнээн бүтүн айымньы оҥорон таһаарыыта туспа ситиһии. Олох көстүүтэ барыта полководец, улахан стратег салайааччы хараҕынан көстөр, кини тылынан ойууланар. Маны таһынан, саха уус-уран тылын кэрэтэ хото туттуллан, тылбыт баайын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тиэрэ тардан көрдөрөр.

Чыҥыс-Хаан сэриитин боотурдара уйулҕалара чиҥ, ис эйгэлэрэ бигэ буоларын полководец ситиһэр. Өскөтүн биир эмэ боотур уйулҕата сахсархай, ис эйгэтэ аймана сылдьар буоллаҕына, хайдах да туйгун сэрииһит буолбат. Ол иһин Чыҥыс-Хаан хас биирдии сэрииһитин көрөр-истэр анал дьонноох. Дьоно этэҥҥэ үчүгэй көрүүгэ-истиигэ олороллорун билэр киһиэхэ саарбахтыыр санаа үөскээбэт, олохсуйбат. Ааптар бу көстүүнү Чыҥыс-Хаан сэриитигэр эрэ буолбакка, Дьамыыха сэриитин ойуулууругар эмиэ көрдөрөр. Онон, Чыҥыс-Хаан хас биирдии боотуругар олус улахан болҕомтону уурара эмиэ тахсан кэлэр. Киһи бэйэтигэр сыһыаран ким эрэ кыһалларын, долгуйарын биллэҕинэ, бэйэтигэр эрэлэ күүһүрэр. Икки атах айыллыбыт уйулҕата оннук уратылаах быһыылаах. Бэйэҕэ эрэли күүһүрдүү – боотуру патриоттуу өйгө-санааҕа иитии биир көрүҥэ. Чыҥыс-Хаан пат­риоттуу өйүнэн-санаанан күүстээх сэрииһити, ол аата сэриини тэринэр.

Боотур уолаттары кыргыһыы кэмигэр хайдах тутта-хапта, көрө-истэ сылдьарга тиийэ үөрэтэллэр. Бу кинилэри атын боотурдартан тута арааран көрөргө кыах биэрэр. Биир өттүнэн, боотурдар бэйэлэригэр эрэллэрэ күүһүрэр. Атын өттүнэн, эдэр боотурга кыргыһыы кэмигэр ис эйгэ бөҕөргүүрүгэр олус көмө буолар. Тутта-хапта сылдьыы хас биирдии киһи майгытын-сигилитин көрдөрөр аналлаах. Итини Чыҥыс-Хаан сүбэһиттэрэ таба өйдөөн, онно олоҕуран хас биирдии боотур ханнык сэриигэ сөп түбэһэрин быһааран, талан ылаллар. Боотуру талыы, сэриини таҥыы сыыйа Чыҥыс-Хаан сэриитин сайыннаран, сэрии саҥа көрүҥнэрин олохтуурга тиэрдэр. Маннык үүнүү-сайдыы, кыргыс кэмэ буоларын быһыытынан, биир өттүнэн салайааччылар хас биирдии боотурга болҕомтолоохтук сыһыаннаһыыларыттан тахсыбыт.

Ханнык да айымньы бэйэтэ уратылаах. Роман киһи сайдыытын көрдөрүүтэ – көннөрү киһи сайдыытын көрдөрүү буолбатах, салайааччы, баһылык (Хаан) киһи сайдан тахсыытын ойуулааһын. Ханнык баҕарар кэмнэргэ икки атах олоҕор салайааччы, баһылык дьылҕата умсугутуулаах эбээт.

Айымньыга икки сүрүн хайысха сайдар. Ол курдук, империя сайдыыта уонна киһи баһылык быһыытынан сайдыыта. Айымньы империя муҥутаан сайдыытынан түмүктэнэр. Биир киһи Күн сирин көрүөҕүттэн өлөн сүтүөр диэри кэмэ.

Ромаҥҥа Бодончоор туһунан номох уонна Илдэгис туһунан үһүйээн айымньыны олус киэргэтэллэр. Тутул быһыытынан айымньы хас биирдии баһа Бодончоорунан саҕаланар уонна Илдэгиһинэн түмүктэнэр. Бодончоор киһи буолан сайдан тахсыыта айымньы саҕаланыытыгар уонна түмүгэр Илдэгис баарын быһыытынан, роман киһи сайдыытын туһунан диибит. Иккиһинэн, сүрүн чааһыгар Чыҥыс-Хаан империятын олохтооһун киирэр, онон айымньыны империя сайдыытын туһунан дии­бит. Бу номохтор уонна роман бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэрэллэр. Ааптар ааҕааччыга бастаан номоҕу биэрэн, кини интэриэһигэр айа тардар, онтон романын биэрэр уонна эмиэ номоҕунан түмүктүүр. Айымньыны саҕалыыр номох уонна роман ис хоһооннорунан да, тутулларынан да бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр. Оттон айымньыны түмүктүүр номох ис хоһоонунан, төттөрүтүн, букатын утары. Ол утарылара бастакы номоххо уонна ромаҥҥа үчүгэй сэрииһит сүдү кыаҕар эрэниини, оттон иккис номох, төттөрүтүн, киһи үчүгэй сэрииһит буолан да баран түптээх олоҕу олорбот, сүдү кыаҕар эрэммэт буолууну көрдөрөллөр. Иккис номох сүрүн геройа баҕарбыт баҕатын ситиһэн, үчүгэй сэрииһит аатын сүгэр, ол эрэн кини кута-сүрэ күнтэн күн айманан энчириир, онон тиһэҕэр сэрииһит идэтин быраҕарга күһэллэр. Бу икки утарыта хайысхалар биһиэхэ П.А. Ойуунускай «Алексаандыр Македуонускай» айымньытыгар Аристотель уонна А. Македонскай кэпсэтиилэрин санаталлар. Өскөтүн сэрииһит суола хаан буоллаҕына, бөлүһүөк суола – өй үрдүк билиитэ. Мантан «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» роман ааптара салайааччы (сэрииһиккэ тэҥнээх киһи) төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр эрэ дьиҥнээх, түптээх олоҕу олорор кыахтааҕа көстөр. Роман «Бодончоор» номоҕор Бодончоор үгүс сыратын-сылбатын ууран туран бэйэтин ууһун кыаҕырдар, күүһүрдэр, ол эрэн дьонуттан-сэргэтиттэн махталы ылбат. Бу көстүү мэҥэ таастарга суруллубут баһылыктар «Омугум туһугар күнүс олорботум, түүн утуйбатым» диэн этиини санатар. История мэҥэ тааһыгар бар дьоннорун туһугар күнүстэри-түүннэри үлэлээбит салайааччылар, баһылыктар ааттарын көмүс буукубаларынан суруйан хааллардахтара. Кэм уларыйарын курдук, баһылык салайар ньымата уларыйар. Урут үчүгэй сэрииһит баһылык буолара билигин уларыйан, холобур, Россияҕа Сталин кэнниттэн, ким үгүс билиилээх ол бастыҥ баһылык буолар кэмэ кэлбитэ. Ити үөрэх, билии күүскэ сайдыбытыттан тахсар. Роман «Илдэгис» номоҕор сүрүн герой бэйэтин дойдутун сайдыыта суох диэн, туспа дойдуга тиийэн, сайдан тахсыыта кинини үөрдүбэт. Төһөлөөх да үрдүк дьол туспа дойдуга толору буолбат. Киһи толору дьолу төрөөбүт төрүт сиригэр эрэ билиэн сөп. «Туспа дойдуга төһөлөөх да үөрүү ситэтэ суох буолар эбит» – Илдэгис бииргэ төрөө­бүт убайа Байталай санаата. Бу санаатын убайа аҕыйах сыл иһигэр өйдөөбүт, оттон Илдэгис ити санааны, олоҕун олорон, сааһыран баран өйдүүрэ көстөр. Илдэгиһи төрөөбүт төрүт буор ахтылҕана сааһын тухары иһиттэн кэрбиир. Тугу да сыаналаабат, бэйэтин үрдүнэн кими да, тугу да көрбөт киһи аймах көммөт кэнэн майгыта Бодончоору иһиттэн кэрбиир. Бу икки номох сүрүн геройдара санаа баттыгар түбэһиилэрэ көстөр. Номохтор икки ардыларыгар роман баар. Бодончоор уонна Илдэгис икки ардыларыгар Тэмичиин баар. Кини ийэтэ өлүөр диэри ис санаа баттыгар ылларбат, ийэтин сүтэриэҕиттэн иһиттэн кэрбиир санаа буулуур. Баһылык эрэ барыта көрсөр олус уустук туруга. Тэмичиин өр кэмнээх салалтатын устата кырдьыгы өрө тутан, үгүс араас албын быһыылар төрүттээччилэрин булан ылан, ылҕаталаан, бэйэтин салалтатын эргимтэтин күүһүрдэр. Кини күүһүн биир өрүтэ – кырдьыгы тиһэҕэр тиийэ булуу, өрө тутуу. Сымыйаны тиһэҕэр тиийэ ылҕааһын. Кини кырдьыктаах дьайыыта сытыы-хотуу дьону бэйэтин тула түмэр. Онон бу роман кырдьыктаах номохторунан хайыҥнаммыт уус-уран айымньы.

Хайа да баһылык түптээх олоҕу олорбот. Чуумпутук олорор баһылык – салайааччы буолбатах. Кырдьыгы өрө туппут – кыайыылаах. Кырдьык айымньы хайа да өрүтүгэр баар. Илдэгис кырдьыга – атын сиргэ баран султаан буолуохтааҕар, бэйэ сиригэр кулут буолбут уонунан ордук диэн. Бодончоор кырдьыга – киһи-аймах кэнэн санаатын кыайан уларыппатаҕар. Атын дойдуга тиийэн, султаан буолан, бэйэтэ туруоруммут сыалын ситиспит Илдэгис кэлин төрөөбүт дойдутун туһугар үлэлээбэтэҕиттэн санааҕа ылларыыта, онно киһи буолан, сайдан тахсыбатаҕыттан бэйэтиттэн кэмсинии, кэлэйии. Бэйэтин омугун, дойдутун кыаҕа баарынан сайыннарбыт Бодончоор олоҕун устата бииргэ алтыһан сылдьыбыт чугас дьонун, кэнэн майгытын кыайан саба тутан сайыннарбатаҕыттан кэмсинии, бэйэтин кэлэнии санаата кэрбиир. Оттон Тэмичиин санаатын туох кэрбиирий? Соҕотохсуйуу… Үгүс баһылык көрсөр кыһалҕата. Оҕо эрдэхтэн суулаһан үөскээбит доҕору сүтэрии – Тэмичииҥҥэ улахан охсуу. Баһылык да киһи быһыытынан ис санаатын үллэстэрэ, бэйэтин ис дьиҥинэн буолан ылара чугас доҕорун эрэ кытта табыллар, сатанар. Оттон ыкса доҕор суоҕа Хаан санаатын кэрбиир. Чугас дьоно кинини, кини илдьэ сылдьар солотун өйдөөбөттөр, сыаналаабаттар. Бэйэтигэр тэҥ таһымнаах, кини санаатын салгыыр киһи суох.

Айымньы өссө биир уратыта – дьоҥҥо боотур тыынын уһугуннарыы. Ааптар бу айымньытын ССРС ыһыллар кэмигэр суруйбута. Онон айым­ньыга боотур тыына үөскээн тахсыыта – кэм ирдэбилин кэриэтэ. Ити тыын империя үөскээһинигэр, тирэҕириитигэр, сайдыытыгар кыра­та суох суолталаах. Боотур тыынын сүгэ сылдьар дьонунан айымньыга Хаан эргимтэтин сорох дьоно буолаллар. Айымньыга боотур үөрэҕэр кыра уолаттары талан үөрэтии Арҕас кырдьаҕас нөҥүө ааһар. Боотур үөрэҕэр уһуйууга кыргыһыы, сэрии ньымаларыгар үөрэтиини сэргэ боотур тыынын үөскэтии тэҥинэн ыытыллар. Онон патриоттуу өй-санаа түҥ былыргыттан сэрииһит идэтин кытары быһаччы ситимнээх диэхпитин сөп. Өр кэмнээх уһуйууга боотур тыынын, солотун быһаччы иҥэрии талыллыбыт эрэ боотурдарга ыытыллар (элитнэй сэрии). Россияҕа ыраахтааҕы ыччаттарыгар, эргимтэтигэр уонна сайдыылаах судаарыстыба туһугар улахан өҥөлөөх дьоҥҥо воинскай соло иҥэриллэр. Бу дьон судаарыстыба бөҕөргүүрүгэр улахан үтүөлээх, өҥө­лөөх буолуохтаахтар. Патриоттуу тыын боотур тыынын кытары быһаччы ситимнээх диэтибит. Боо­тур тыынын иҥэрии – бу дойдуга, чугас дьоҥҥо тапталы иҥэриини кытары кинилэр тустарыгар эппиэтинэһи иҥэрии көстүүтэ. Айымньыга атын уустар боотурдара, холобур, сэриилээн ылбыт сирдэригэр кии­рэн халаабытынан барыылара кинилэр боотур тыынын сыыһа өйдүүллэриттэн тахсар. Чыҥыс-Хаан бэйэтин ууһугар ити көстүүнү тута боппута. Ону таһынан кэлин дьаһахха киллэрэн суругунан бигэргэппитэ. Боотурдар бэйэлэрин дьоннорун халааһыннара «биһиги эһиги тускутугар сэриилэһэбит» диэн сыыһа өйдөбүлтэн тахсар. Маннык гынан үгүс сэрииһити бэйэҕэ сыһыарыы, туоратыы да баара. Холобур, Чыҥыс-Хаан Күөхсэй Сабараҕы бэйэтигэр ыҥырар, биирдэрэ онно сөбүлэспэт. Улуу сэрииһит Күөхсэй Сабарах сөбүлэспэтэх төрүөтэ – түүр тыллаах омуктарга Хааны таҥнарыы олус улахан саат, аньыы. Ону таһынан түүр, моҕуол омуктарга сэрииһит буолаллары­гар Хааннарын иннигэр андаҕар (билиҥҥинэн байыаннай присяга) биэрэллэр. Ол бэриллибит андаҕарын Күөхсэй Сабарах күүскэ тутуһан, киһи, личность быһыытынан, духуобунай өттүнэн олус үрдүк таһымҥа турарын көрдөрөр. Чыҥыс-Хаан да кинини оннук ылынар. Онон Күөхсэй Сабарах андаҕарын кэспэккэ бэйэтин кыаҕын көрдөрөр. Икки атах бу Орто дойдуга бэйэтин ирдэбиллэрин, олоҕу көрүүтүн таҥнарбакка сылдьара олус уустук. Орто дойду алааһын өйдөөх, күүстээх, уһун санаалаах киһи андаҕарын кэспэккэ туоруур аналлаах. Кырдьаҕас Күөхсэй Сабарах бэриниилээх буолуута саастаах көлүөнэ моральнай, духуобунай сыаннастары өрө тутарга таһыччы үчүгэйдик үөрэтиллибитин көрдөрөр. Чыҥыс-Хаан, бэл диэтэр, Күөхсэй Сабарахха ити тылы көтөхпүтүттэн кыбыстар. Кини этиитэ оҕонньорго Хаанын таҥнарарга тэҥнээх. Хаан ону өйдүүр, ол иһин эппит тылыттан саатар. Бу саатыы Тэмичиин Ил Хаана буоларын быһыытынан дириҥ. Кини Күөхсэй Сабарахха көтөҕөр тылын хайан, үөрэтэн көрөн баран көтөҕүөхтээх этэ. Туох да толкуйа суох таах хаалар тылы Хаан алҕас да ыһыктыа суохтаах. Бу тыла, этиитэ солуута суоҕа кырдьаҕас киһиэхэ ытыктабыла суох быһыы курдук тахсан хаалбыт. Ол аата төрүт үгэскэ ытыктабылы мөлтөтүү. Ил Хаана төрүт үгэстэри ытыктаабат буоллаҕына (атын омук үгэстэрэ да буоллун), киниэхэ бэйэтигэр ытыктабыл үөскээбэт. Саастаах киһиэхэ итинник тылы көтөҕүү сэнээн, экчи сөбүлэһиэ диэн санааттан тахсан хаалбыт. Бу этии – хотторбут атаҕастабыла, кыайбыт алҕаһа.

Түмүктээн эттэххэ, трилогия бастатан туран, киһи аймаҕы Орто дойдуга олоҕурбут духуо­бу­най сыаннастары өрө тутарга ыҥырар (Россияҕа өй-санаа ыһыллыытын кэмигэр); иккиһинэн, судаарыстыба тутулун, кини хайдах олохтоммутун, онтон Империяҕа кубулуйбутун көрдөрөр; үсүһүнэн, киһи аймах уйулҕатын сиһилии ойуулуур (түүр-моҕуол омуктар Хаан буолуохтаах оҕону кыра эрдэҕиттэн иитэн таһаарар ньымаларын сиһилиир); төрдүһүнэн, «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» айымньы чинчийээччилэргэ саха тылын атын түүр-моҕуол омуктар тылларын кытары тэҥнээн көрөргө кыах биэрэр.

Николай Рыкунов

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар