(Егор Афанасьевич Борисов 60 сааһын туолла)
Егор Афанасьевич Борисов атырдьах ыйын 15 күнүгэр 1954 сыллаахха Чурапчы оройуонугар Чурапчы сэлиэнньэтигэр күн сирин сырдыгын көрбүтэ. Егор Афанасьевич 1971-1974 сылларга Чурапчы оройуоннааҕы «Сельхозтехника» холбоһукка слесарынан, трактордары өрөмүөннээһиҥҥэ үлэлээбитэ. 1979 сыллаахха Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ (билиҥҥинэн Новосибирскайдааҕы государственнай тыа хаһаайыстыбатын аграрнай академията), «инженер-механик» идэтин баһылаабытын кэрэһэлиир диплому туппута.
1979-1991 сылларга «Госкомсельхозтехника» Чурапчы оройуонунааҕы холбоһугун техниканы өрөмүөннүүр мастарыскыайын управляющайынан, Чурапчы оройуонун тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыгын солбуйааччынан, ССКП Чурапчы оройуонун райкомун иккис сэкирэтээринэн, Чурапчы оройуонун народнай депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Егор Афанасьевич Борисов 1991 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччынан, итини таһынан «Якутагропромтехснаб» производственнай холбоһук генеральнай дириэктэринэн анаммыта.
1992-1998 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, оттон сотору кэминэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччынан үлэҕэ туруоруллубуга.
2000-2002 сылларга — Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр Институтун дириэктэрэ.
Егор Афанасьевич Борисов 2002 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччынан үлэлээбитэ. 2003 сылтан 2010 сыл от ыйыгар диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлинэн үлэҕэ туруоруллубута.
Егор Борисов 2007 сылтан «Биир ньыгыл Россия» баартыйатын чилиэнэ. 2010 сыллаахха Российскай Федерация Президенэ Дмитрий Анатольевич Медведев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин эбээһинэһин толорооччунан, оттон сотору кэминэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенинэн аныырга тыл көтөхпүтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын депутаттарын быһаарыыларынан Егор Афанасьевич Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенинэн буолар боломуочуйатын бигэргэппиттэрэ.
Егор Афанасьевич Борисов сити кэмтэн Өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар, Конституциятыгар кэккэ уларытыылары киллэриини туруорсубута. Ол курдук, от ыйын 8 күнүгэр 2012 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ парламена Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин дуоһунаһын Ил Дархан диэн уларытан ааттыыр туһунан быһаарыыны ылыммыта. Бу уларытан ааттааһын олоххо киириитэ 2015 сылтан буолуо диэн онно этиллибитэ.
Егор Афанасьевич Борисов — экономическай наука доктора. Элбэх научнай үлэлэр ааптардара, ол курдук кини 60 научнай үлэлэри, ол иһигэр 4 монографиялары суруйда. 10-тан тахса научнай үлэлэр, монографиялар, брошюралар, научнай-методическай рекомендациялар кини редакциялааһынынан бэчээттэнэн таҕыстылар. Маныаха Егор Афанасьевич «Родина» диэн РФ Бырабыыталыстыбата уонна Россия Президенин Администрацията таһаарар холбоһуктаах сурунаалларыгар бу сурунаал Попечительскай Сэбиэтин чилиэнинэн буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын саҥа састаабынан Е.А. Борисов баһылыктаах 2003 сыл олунньутуттан ыла үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын иннигэр улахан соруктар тураллар, экономика сектора, оҥорон таһаарыы уонна олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыыга, өҥөнү оҥоруу эйгэтигэр саҥа дьаһаллар олохтоннулар.
Е.А. Борисов Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлинэн туруоруллан үлэлээбит сылларыттан Өрөспүүбүлүкэ экономикатыгар, бары салааларга сыыйа-баайа өрө көтөҕүллүү тахсыбыта, Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун таһыма үрдээбитэ бэлиэтэммитэ. Бүгүҥҥү Саха сиригэр салгыы сайдыыга былааннаахтык үлэлээһин инники күөҥҥэ турар. Өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин уокурукка киирсэр регионнартан биир бастыҥ үлэлээҕинэн, бары экономическай көрдөрүүлэринэн бастыҥнар кэккэлэригэр киирсэр. Ити үлэ-хамнас былааннаахтык ыытылларын кэрэһэлиир.
2007 сылтан Е.А.Борисов быһаччы салалтатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҥорон таһаарыыга, транспорт уонна энергетика хайысхаларын саҥардыыга, өрө көтөҕүүгэ уонна саҥалыы тэрийиигэ кэлимник сайыннарыы схематын бырайыактара оҥоһуллубуттара, ону Россия Федерациятын Бырабыыталыстыбата биһирээбитэ, оттон ыла бу үлэлэрин хайысхалаахтык ыытыы былаана 2020 сылга (схема -2020) диэри тэтимнээхтик үлэлиир тосхоллонно-кэскиллэннэ.
Итини таһынан Е.А.Борисов тус бэйэтин инициативатынан 2009 сылтан аан бастаан административнай бырааптары кэһиини таһаарбат уонна олору кыраҕытык тутуһуннарар-хонтуруоллуур туһуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кодексын ылыы бигэргэтиллибитэ.
Е.А.Борисов Өрөспүүбүлүкэ Президенин дуоһунаһын тутуоҕуттан ыла Схема-2020 диэн экономика диверсификациялааһын уонна олоххо киллэрии хайысхаларын чэрчитинэн үлэлээһини кыраҕытык хонтуруоллуур.
Эрдэттэн ылыллыбыт-бигэргэммит былаанынан үлэлээһин Өрөспүүбүлүкэ 2010-2012 сс. социальнай-экономическай сайдыытыгар биллэр-көстөр үчүгэй түмүктэри биэрдэ, регион валовай оҥорон таһаарыыта 35% бырыһыаҥҥа тиийдэ, ити «үүнэр» экономика туһаайыыларыгар хамсааһын тахсыбытын көрдөрөр.
2012 сылга судаарыстыбаннай бюджет 125,9 миллиард солкуобайынан (115%) бигэргэтиллибиттэрэ. Нолуок киириитин сүрүн хайысхалара үлэлииллэрин мэктиэтинэн ити көрдөрүү буолар.
Судаарыстыбаннай бюджеттан 74,7 млрд. Солкуобай Өрөспүүбүлүкэ социальнай хайысхалаах судаарыстыбаннай программалары толорууга бэрилиннэ. Бюджеттан үбүлэнэр эйгэ үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэр туһуттан 1,8 млрд. Солкуобайдаах үп көрүллүбүтэ. Үлэ рыногын көрдөрүүлэрэ сыыйа улааталлар: экономика эйгэтигэр үлэҕэ киирээччилэр ахсааннара элбииллэр, үлэтэ суох буолуу куччуур.
Саха сирэ Российскай Федерация регионнарын ортолоругар нэһилиэнньэтин ахсаана сылтан сыл эбиллэн иһэринэн биллэр, дойду бүттүүнүн үрдүнэн ылар буолахха 7-с, оттон Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка бастакы миэстэни ылбыта бэлиэтэннэ.
Аан дойдутааҕы рейтиннэри быһаарар Фитч (Fich Rating) уонна Standart&Poors (S&P) агенстволара Саха Өрөспүүбүлүкэтин рейтинэ өссө төгүл улааппытын кэрэһэлээтилэр. Итинник үрдээһин үтүө түмүктэрдээх буолла, ол курдук Өрөспүүбүлүкэ иэскэ киириитэ намыһах таһымҥа турара, экономиканы үбүлээһиҥҥэ кыаҕа улаатыыта сайдыы хайысхатынан салгыы күүһүрдэрэ ситиһилиннэ.
Президент Егор Борисов нэһилиэнньэни кытары аһаҕас кэпсэтиилэри ситимнээхтик ыытыыта үтүө үгэскэ кубулуйда. Дьон-сэргэ даҕаны билиҥҥи кэм хардыытын, политическай быһыыны-майгыны өйдүүр, тирэхтээх өйдөбүлү ыларга дьулуһуутун кытары Егор Афанасьевич ити ыытар кэпсэтиилэрэ сөп түбэһэллэр. Ити таһынан Президент быһыытынан отчуоттааһыны сыллата ыытар. Ити Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын биир сыалга-сорукка түмэр.
Егор Афанасьевич Борисов Норуоттар икки ардыларынааҕы «Севернай форум» тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ буоларынан, бөдөҥ спортивнай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы культурнай дьаһаллары ыытар регион-тэрийээччи баһылыгын быһыытынан («Азия оҕолоро») сүҥкэн суолталаах кылаатын киллэрэр уонна Российскай Федерация норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ сибээстэрин бөҕөргөтүүгэ, Арктика эйгэтин интириэстэрин көмүскээһиҥҥэ тахсыылаахтык-айымньылаахтык үлэлэһэрин бэлиэтиир наада, ити сүҥкэн суолталаах үлэ билиҥҥи кэм ирдэбилиттэн тахсар уонна кэскиллээх сайдыы суолун бөҕөргөтөр.
Өрөспүүбүлүкэбит салалтатын иннигэр нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын таһымын үрдэтии уталытыллыбакка быһаарыллары эрэйэр соруга турар. Олортон биирдэстэринэн «2012-2016сс.» толору хааччыллыылаах дьиэнэн-уотунан хааччыйыы» судаарыстыбаннай программата буолар. Онуоха мунньуллубут сатабылы туһаайыы уонна олохтоох гражданнар тутуулары ыытыыга актыыбынайдык кытталларын тэрийии улахан оруолланна.
2010 сыллаахха 352 тыһ. кв.м. иэннээх дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ, ити былааннаммыттан улахан кээмэй. Ити дьоһуннаах хардыылары өйүүр уонна тэтими улаатыннарар туһуттан 2012 сыл- лаахха ДФО региональнай венчурнай фонд судаарыстыбаннай «Якутия» ОАО Венчурнай компанияны кытары бииргэ тэриллибиттэрэ, «Якутия» Технопарк, ХИФУ базатыгар тэриллибит инновационнай киин бу хайысхаҕа тахсыылаахтык үлэлииллэр.
2013 сылга аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ институту тэрийэргэ быһаарыы ылыллыбыта даҕаны элбэҕи этэр, үлэ утумнаахтык ыытылларын көрдөрөр.
Улахан суолта кадрдары аттаран туһаныыга уонна салалтаҕа үлэлиир кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ болҕомто хаһааҥҥытааҕар даҕаны күүскэ уурулунна. Ити боччумнаах хайысханы олоххо киллэрии нормативнай базалара (тирэхтэрэ) өссө 2011 сыллаахха ууруллубуттара уонна Республика Президенинэн бигэргэтиллибиттэрэ. Сити кэмтэн кадровай политиканы ыытыы уонна кини үлэтин хонтуруоллааһын олохтоммута.
Президент Е.А. Борисов тус бэйэтин инициативатынан Өрөспүүбүлүкэҕэ 2009 сылтан «Министр» диэн дьыалабыай оонньуу ыытыллар буолбута. 2012 сылтан саҕалаан «СахаСелигер» диэн форум эдэр дьону билиилэрин-көрүүлэрин үрдэтиигэ ананан тэриллэн үлэтин саҕалаабыта.
2013 сылтан Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эдэр фермер» диэн дьыалабыай оонньуу аан бастаан тэриллибитэ. Бу дьыалабыай оонньуулар, сүбэни-аманы үрдүк таһымнаахтык тэрийии соруктарынан Өрөспүүбүлүкэни инникитин дьоҕурдаах кадрдарынан хааччыйыы буолар, олус наадалаах, кэскиллээх хайысхалар ити курдук баар буоллулар.
Е.А. Борисов 1993 сыллаахха алтынньы ыйга «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаа- йыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэриллибитэ. 2007 сыллаахха Российскай Федерация социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин Россия Президенин Ыйааҕынан (Указ Президента РФ от 04.12.2007 №1630) Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадаламмыта. Бүттүүн Россиятааҕы куонкурус таһаарбыт 2007 сыл түмүгүнэн «Сыл менеджера» диэн ааты «Судаарыстыбаннай салайыы» номинацияҕа кыайан ылбыта.
Московскай уонна Бүттүүн Русь Сибэтиэй Патриарха Кирилл балаҕан ыйын 23 күнүгэр 2010 сыллаахха Е.А. Борисовы Нуучча православнай таҥаратын дьиэтин Үрдүк сололоох кинээс Владимир уордьанынан наҕараадалаабыта.
Ити сылга Е.А. Борисов Российскай Федерация Счетнай палаататын үрдүкү наҕараадатынан «Российскай Федерация финансовай хонтуруолу бөҕөргөтүүтүн иһин» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. 2011 сыл ахсынньытыгар Российскай Федерация Куттал суох буолуутун Комитетын «Национальнай куттал суох буолуутун иһин үтүөлэригэр» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Президент Егор Борисов Саха сирэ Россия судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 380 сылын туолуутунан сибээстээн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата Саха сиринээҕи епархияны кытары бииргэ үлэлээһиҥҥэ үтүөтүн-өҥөтүн учуоттаан Үрдүк сололоох Патриарх Кирилл нуучча Православнай таҥаратын дьиэтин «Слава и честь» II степеннээх уордьанынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыта.
Оттон Россия норуоттарын Ассамблеятын Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ Рамазан Абдулатипов Российскай Федерация норуоттара сомоҕолоһууларыгар киллэрбит кылаатын иһин «Норуоттар доҕордоһуулара — Россия сомоҕолоһуута» мэтээли Е.А. Борисовка сэтинньи 25 күнүгэр 2012 сыллаахха туттарбыта. Итини таһынан Е.А. Борисов «Российскай Федерация Бочуоттаах донора» (1991), «Российскай Федерация Бочуоттаах тимир суолун тутааччыта» (1995), «Российскай Федерация агропромышленнай комплексын Бочуоггаах үлэһитэ» (2011) ааттар иҥэриллибиттэрэ.
Егор Афанасьевич Борисов олоҕун доҕорунаан Прасковья Петровна Борисовалыын эһээ-эбээ буолбуттара быданнаата. Кыргыттара (кинилэр иккиэлэр) ыал-дьон буоллулар. Егор Афанасьевиһы уонна Прасковья Петровнаны сиэн оҕолор тулалыыллар. Уруу-хаан, доҕор- атас дьонноругар, биир дойдулаахтарыгар өрүүтүн үтүө сыһыаннаахтар, сүбэнэн-аманан көмөлөһөллөрүн, өйөбүл буолалларын биһиги билэбит.
Егор Афанасьевич Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенинэн таһаарыылаахтык чахчы кэскиллээҕи тутуһан үлэлиирин биир суол көстүүтүнэн кини Россия Прездиненин Владимир Путины кытары сирэй көрсөн олорон кэпсэтиитэ буолла. Ити көрсүһүү муус устар 22 күнүгэр (2014 сылга) дойду телевидениетынан бэрилиннэ. Онуоха Владимири Владимирович Борисов үлэтиттэн астынарын, кини салайар региона Саха сирэ Россияҕа биир бастыҥ үлэлээҕинэн-хамнастааҕынан буоларын бэлиэтээн туран, Егор Афанасьевич Борисов кэлээри турар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин быыбарыгар кандидатуратын туруорунарын көҥүллүүрүн уонна өйүүрүн биллэрдэ. Ити, Егор Афанасьевич Борисов Россия Президенэ Владимир Путин бэйэтинэн итэҕэйэр-эрэнэр политига буола үүммүтүн-сайдыбытын, кэскиллэммитин кэрэһэлиир, Саха сирин бары норуоттарын олохтоохторун ити сонун үөрдүбүтэ чахчы.
Ити Россия уонна Саха сирин эйгэтигэр Егор Борисов үлэлээһинин сорох тосхолун туһунан этэн аһардыбыт. Бу кылгас бэлиэтээһиним суруллар кэмигэр кини өссө биир суол бары өттүнэн суолталаах уонна наадалаах хардыыны оҥоруста. Биллэрин курдук, быйыл ыам ыйыгар, Россия президенэ Владимир Владимирович Путин Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эбээһинэһин толорооччу Егор Афанасьевич Борисовы киллэрэн илдьэ сырытта. Онно кини боппуруоһунан айылҕа гааһын кэскиллээхтик туһаныы көрүлүннэ. Өрүттэр биир тылга кэлбиттэрин түмүгэр 30 сыллаах дуогабарга илии баттаатылар. Ол сүдү суолталаах, кэскиллээх дьаһалы олоххо киллэрии бары торумун оҥоһууга Егор Афанасьевич Борисов үлэлэспитэ биһигини дириҥник астыннарар.
Сэмэн Тумат
Чолбон. – 2014. – балаҕан ыйа.