Болҕомтобутун ууруоҕуҥ музыка тылын араас этигэн ньымаларыгар, өрүттэригэр.
Искусство араас көрүҥнэрэ – литература, живопись, музыка – бары, кинилэргэ бэйэлэригэр эрэ туттуллар, аналлаах араас өрүттээх этигэн ньымалаахтар. Олор ортолоругар хайаан да биир кылаабынай, бу эрэ искусствоҕа туттуллар этигэн ньыма баар буолар.
Музыкаҕа оннук сүрүн кылаабынай туттуллар ньыманан буолар – мелодия (матыып). Мелодия музыка дууһата. Мелодията суох музыка баар буолуон сатаммат. Оннугу музыка диэн ааттаабаттар, канафония дииллэр.
Билигин музыканы өссө төгүл ойуулуур искусствоны – живопиһы кытта тэҥнээн көрүөҕүҥ. Ойуулуур искусствоҕа сүрүн этигэн ньыманан уруһуй буолар. Хартыына уопсай композицията (тутула), кини чаастара уруһуйуттан тутулуктаах. Мэнээк бэрээдэгэ суох кыраасканы дьабайдааһынтан киһи өйдүүр дьиҥнээх хартыыната тахсыбат. Ол курдук эмиэ араас аккордар (аккорд – диэн хас да тус-туспа үрдүктээх дорҕооннор бииргэ дьүөрэлээн тыаһааһыннара) эбэтэр мелодията суох кураанах доҕуһуол туспа бэйэтэ истээччигэ туох да өйдөбүлү, интэриэһи биэрбэт. Оттон мелодия соҕотоҕун, доҕуһуола да суох, аа-дьуо киһиэхэ барытыгар тиийиэн, истээччини долгутуон сөп. Итиннэ үчүгэй холобурунан буолуон сөп мелодистар айар ырыалара.
Мелодия бэйэтэ эмиэ сүрдээх уустук холбоһук (комплекс). Киниэхэ киирсэллэр музыка араас өрүттэрэ (элеменнэрэ): дорҕоон үрдүгэ, тардыыта, күүһэ, тембра (кырааската), ритма, метра, тиэмпэтэ, регистра, динамиката (күүрүүтэ).
Музыкаҕа тиэмпэ-тэтим улахан суолталаах. Хас биирдии айымньы бэйэтин ис хоһоонугар, характерыгар сөптөөх чуо-тустаах тиэмпэҕэ суруллар. Холобур, санаарҕабылы эбэтэр истиҥ иэйиини көрдөрөр айымньы бытаан, холку, оттон үөрүүнү, тиэтэйиинн биэрэр музыка сыыдам, түргэн тиэмпэлээх буолааччы. Сороҕор айымньы иһигэр тэтим түргэтиэн эбэтэр бытаарыан да сөп. Ити ис хамсааһыны-долгуйууну, уоскуйууну көрдөрөр.
Мелодия характера, уобараһа кини регистриттэн (дорҕоон синньигэһиттэн, сөҥүттэн) сүрдээх тутулуктаах. Холобур, хотугу дойду тыйыс майгытын биэрээри Римскай-Корсаков “Садко” диэн операҕа Варяг – ыалдьыты намыһах, бас куолаһынан ыллатар. Манна киэҥ, холку мелодияны дохсун долгун тыаһын санатар музыка доҕуһуоллуур. Оттон итии, нууралхай, киһини сылаанньытар остуоруйа дойдута, Индия ыалдьытын Римскай-Корсаков эр киһи үрдүк, синньигэс куолаһыгар, тенорга суруйар. Ити икки бэртээхэй айымньылары кытары истэн билсиһэргитигэр сүбэлиибин.
Музыкаҕа динамика, а.э. дорҕоон тахсар күүһэ, күүрүүтэ эбэтэр кини сыыйа намырааһына сүрдээх этигэн ньыма. Кини айымньы ис хоһоонун ыгылҕана, тыҥааһына күүрүүтүн эбэтэр охсуһуута уҕарыйыытын көрдөрөр. Сороҕор, музыка дорҕоонун күүһэ сыыйа күүһүрүүтэ – чугаһаан иһиини, сыыйа аччааһына – ыраатан барыыны биэриэн сөп.
Үрдүк үөрүүнү көрдөрөр музыка үксүгэр улахан ньиргиэрдээх буолааччы, холобур, бырааһынньыкка оонньонор марштар, увертюралар. Оттон намчы-намыын, истиҥ санааны эбэтэр мунчаарыыны көрдөрөр музыка симиктик-истиҥник тыаһыыр.
Музыкаҕа биир дьоһуннаах, улахан суолталаах өрүтүнэн – лад (дьүөрэ) буолар. Сүнньүнэн икки киэҥник туттуллар мажорнай (сырдык), минорнай (санаарҕабыллаах) диэн ладтар бааллар. Кутурҕаннаах санааны көрдөрөр айымньы минорнай ладка, а.э. минорнай тональноска, бытаан тиэмпэҕэ суруллар. Дириҥ кутурҕан чаҕылхай холобурунан буолуон сөп “Сүрдээх батталтан муҥнанаҥҥын” (“Замучен тяжелой неволей”) диэн нуучча революцноннай народнай ырыата.
Үөрүүнү-көтүүнү, үчүгэй настроениены-санааны көрдөрүүгэ мажорнай (сырдык) лад туттуллар. Итиннэ холобурунан Дунаевскай суруйбут “Оскуола вальсын” истиэххэ сөп.
Аны музыкальнай тема туһунан кэпсэтиэҕиҥ. Музыкальнай тема диэн тугун, кини айымньыга туох оруоллааҕын быһаарыаҕыҥ.
Холобур, спектакльга үксүгэр пьеса геройун кытта көрөөччү маҥнайгы көстүүгэ билсэр. Ол курдук эмиэ үксүгэр музыкальнай айымньы саҕаланыытыгар киһи өйүгэр хатанар чуолкай биир төрүт мелодия баар буолааччы. Ону биһиги бу айымньы сүрүн музыкальнай темата диэн ааттыыбыт.
Музыкальнай айымньы олохтоох темата айымньы ис хоһоонун идеятын уонна бу идея охсуһуутун, сайдыытын көрдөрөр.
Бөдөҥ формалаах айымньыларга, холобура симфонияҕа, сонатаҕа хайаан да икки бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат темалар баар буолааччылар. Бу темалар утары турсуулара, а.э. ити темалары охсуһуннарыы айымньы ис хоһоонун драматургиятын (тыҥааһынын) сайыннарар, күүһүрдэр. Итиннэ кылаабынай музыкальнай тема (матыып) наһаа чаҕылхай, киһи истээт билэр гына чуолкай буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, бөдөҥ айымньыга, холобур, симфонияҕа саҕаланыытыгар бу тема (матыып) бастаан бүтүннүү иһиллэр, онтон кэлин айымньы ортотун диэки бу мелодия быһа тардыыта эрэ да хаалыан сөп. Манна саамай чаҕылхай холобурунан буолуон сөп биһиги урут билсиспит Бетховен Бэһис симфонията. Бу симфония кылаабынай музыкальнай темата кылгас – түөртүү дорҕоонноох икки фраза. Бу кылгас тема туһунан урут эмиэ ахтыбыппыт курдук Бетховен бэйэтэ эппит: “Бу куруук дьылҕа-хаан ааны тоҥсуйар”, – диэн. Бу симфония иккис темата – лирическэй тема. Дьол, көҥүл иһин охсуһааччы – киһи темата (обраһа).
Дьылҕа темата симфония устатын тухары иһиллэр, ол гынан баран сыыйа мөлтөөн симфония бүтэһик, IV чааһыгар олох симэлийэр, сүтэр. Ол аата, кини кыайтарар. Оттон симфония бүтэһик чааһыгар иккис тема (киһи темата) наһаа сайдан, күүһүрэн, тэнийэн симфонияны күүрээннээхтик түмүктүүр. Ол аата, киһи ыарахан дьылҕаны кытта охсуһууга кыайар, көҥүлгэ тиийэн дьоллонор. Бетховен бэйэтэ этэринэн манна “киһи дьылҕа хааны хабарҕатыттан ылар”.
Үгүс түбэлтэҕэ музыкальнай темалар айымньы туруга, идеята сайдыытыгар сүрдээх улахан суолталаахтар. Ол иһин итинник темалары лейтмотив диэн ааттыыллар. Лейтмотив немецтии тылтан тылбааһа “салайар матыып” диэн.
Лейтмотив киэҥник туттуллар операҕа, балекка, программалаах ннструментальнай музыкаҕа. Лейтмотив геройу доҕуһуоллуур эбэтэр герой бэйэтэ кэлиэн иннинэ эрдэ оркестрга тыаһаан кини кэлэрин биллэрэр. Лейтмотив айымньы сүрүн идеятын бигэргэтэр, холобурга “Тарас кэргэттэрэ” («Семья Тараса») диэн Кабалевскай оператыгар немец фашистарын кытта охсуһар норуот темата, Прокофьев “Александр Невскай” диэн кантататыгар төрөөбүт дойду темата, Чайковскай “Эбиэннээх хотуна” оператыгар “үс хаарты” темата. Лейтмотив айылҕаны көрдөрүүгэ эмиэ туттуллар. Римскай-Корсаков «Салтан ыраахтааҕы» диэн оператыгар муора темата. Сороҕор өссө баар буолааччы биир эмэ предмет (эттик) – туттар сэп темата. Холобур немец композитора Рихард Вагнер “Нибеллунг биһилэҕэ” оператыгар үҥүү-батас темата.
Операҕа лейтмотив герой ыллыыр мелодиятын чаҕылхай фразатыттан үөскээн, элбэхтик хатыланан, чочуллан, кэлин бу герой обраһын дууһатын тутулун, майгытын характеристиката буолар. Итини биһиги биир холобуртан көрүөҕүҥ, Чайковскай “Эбиэннээх хотуна” оператыгар кырдьаҕас графиня лейтмотива – кини ыллыыр “Ах, постыл мне этот свет” диэн фразатыттан үөскүүр. Ити фразаны Графиня кэнниттэн оркестрга фагот диэн үрүллэр инструмент үтүгүннэрэр. Фагот кэнниттэн өссө хас да араас инструменнарынан хатыланан улам кырдьаҕас Графиня лейтмотива (обраһа) буолар уонна кини речитативыгар (французтуу ыллыыр күппүлүөтүн икки ардыгар) оркестрга иһиллэр. Бу тема характера кырдьаҕас Графиня олоҕо кураанахсыйбытын, дууһата тымныйбытын бэлиэтиир. Бу сыанаҕа Графиня баалтан дьиэтигэр кэлэр.Утуйар хоһугар арыалдьыт кыргыттарын кытта олорон бүгүҥҥү баалга тугу көрбүтүн уонна былыр баалга кини бэйэтэ хайдахтаах курдук күлүмнээбитин, онно кимнээх баалларын саныыр уонна устунан нуктаан утуйан хаалар.
Лейтмотив иккис чаҕылхай холобурунан буолуон сөп Чайковскай “Евгений Онегин» оператыгар Татьяна тапталын темата: Опера иккис хартыынатыгар опера кылаабынай героинята Татьяна Онегиҥҥа тапталын биллэрэн сурук суруйар. Манна кини сүрдээҕии долгуйар, эрэйдэнэр. Бу сцена “Татьяна суруга” диэн ааттанар сүрдээх уһун монолог. Таптал тематын музыката бастаан Татьяна “Кто ты: мой ангел хранитель или коварный искуситель?” диэн ыллыан иннинэ мелодията сүрдээх үчүгэйдик киһи өйүгэр түһэр, хатанар. “Евгений Онегин” операҕа таптал темата – кылаабынай тема. Кининэн опера увертюрата (киирии музыката) саҕаланар уонна опера устатын тухары онно-манна иһиллэн операны бүтүннүүтүн ситимниир.
Бу улуу айымньылары-опералары, пластинкатын булан, истэр буоллар, олус кэрэхсэбиллээх буолуо этэ.
Ф. Баишева
Чолбон 10 №, 1994