КЭПСЭЭННЬИТТЭР БАСТАКЫ КЭПСЭЭННЭРИН ТУҺУНАН

Быйыл муус устарга Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, прозаиктар «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Данил Макеев 55 уонна сурунаал кириитикэҕэ отделын салайааччыта Иван Осипов–Ойуур 60 саастарын туолаллар. Кинилэр университекка үөрэнэ сылдьан иккиэн литератур­а кириитигэ Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүүттэн үүнэн-сай­дан тахсыбыттара. Үлэлэрин-хамнастарын тыа сириттэн саҕалаан баран, кэлин иккиэн өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар «Саха сиригэр» үлэлээбиттэрэ. Билигин иккиэн «Чолбон» сурунаалга үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Сурунаалбыт бу нүөмэригэр кинилэр ааҕааччыларыгар анаан бастакы айымньыларын туһунан кэпсээбиттэрин билсиһиннэрэбит.

Данил Николаевич Макеев

1964 с. муус устар 10 күнү­гэр Уус Алдаҥҥа, Танда сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ;

1981 с. Уус Алдан улууһун Танда орто оскуолатын бүтэрбитэ;

1985-1990 сс. СГУ саха тылын салаатын устудьуона;

1990-1991 сс. «Кыым» хаһыаттан үлэтин саҕалаабыта;

1991-1994 сс. Уус Алдаҥҥа, Бүлүүгэ учууталлаабыта;

1994-1999 сс. Уус Алдан «Мүрү саһарҕата» хаһыат сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы;

1999-2002 сс. «Республика бүттүүнэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрин солбуйаачч;

2002-2012 сс. «Эдэр саас» хаһыат эрэдээктэрэ, «Саха сирэ» хаһыат отделын салайааччыта;

2015 сылтан «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ.

Иван Иванович Осипов-Ойуур

1959 с. муус устар 11 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бөкө сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ;

1975 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай орто оскуолатын бүтэрбитэ;

1976 с. Намнааҕы педучилищены үөрэнэн бүтэрбитэ;

1980-1986 сс. СГУ филоло­гическай факультетын устудьуона;

1986-1987 сс. «Эдэр коммунист» хаһыат кэрэспэдьиэнэ;

1987-1990 сс. Анаабыр улууһун «Кыһыл сулус» хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ;

1990-1991 сс. Таатта «Коммунист» хаһыатын кэрэспэдьиэнэ;

1991-1994 сс. «Саха сирэ» хаһыат информацияҕа отделын кэрэспэдьиэнэ;

1994 сылтан «Чолбон» сурунаал кириитикэҕэ отделын салайааччыта.

– Данил Николаевич, Иван Иванович, бэчээккэ  тахсыбыт бастакы айымньыгытын, бука, өйдүүр буолуохтааххыт. Ханна бэчээттэммитэй? Уонна айар үлэҕэ хайдах сыстан барбыккытый?

– Бу санаатахха, оскуолаттан ыла өйтөн суруйарбын, айарбын ордорор эбиппин. Кинигэни, классик суруйааччылары кыра эрдэхпиттэн киэһэ утуйаары сытан панаардана-панаардана ааҕарым. Ордук орто сүһүөх кылаастарга сылдьан, билигин оҕолор компьютерга хатанан олороллорун курдук, умсугуйан туран ааҕарым. Ол иһин да буолуо литература уруогун сөбүлүүрүм.

Тохсус кылааска Танда орто оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына, күһүн бастакы уруокка, саха тылын уонна литературатын учуутала Егор Константинович Васильев өйтөн суруйуу биэрдэ. Дойдубуттан саҥа сиргэ кэлбит киһи дойдубун ахтыбыппын быһыылаах, сайын окко сылдьыбыппытын, отчуттар күннэрэ хайдах саҕаланарын, дойдум айылҕатын ойуулаан суруйбутум. Кэпсээнтэн кэпсээн диэ­биккэ дылы, тыа сиригэр улааппыт буоламмын, оҕо эрдэхпиттэн сайылыкка, окко сылдьан элбэх киһини кытары алтыһарым, кырдьаҕастары кытары сэлэһэрбин, кинилэр кэпсээннэрин истэрбин сөбүлүүрүм. Кэлин онно истибит кэпсээммин, дьон хайдах туттан туран кэпсээбиттэрин, тылларын-өстөрүн өйдөөн хааларга дьулуһарым. Ол эмиэ айар үлэбэр ураты суолу хаалларбыт буолуохтаах.

Ити өйтөн суруйуубун учууталбыт сарсыҥҥы күнүгэр: «Маннык үчүгэй өйтөн суруйуу баар, истиҥ эрэ», – диэн кылаас иннигэр тахсан аахпыта. Учууталым аахпыта уратытык, атыннык иһилиннэҕэ буолуо, ити суруйуубуттан бэйэм да соһуйбутум, астыммытым даҕаны. Онтон ыла арааһа суруйар санаам ханна эрэ кылам гынан ааспыт буолуон сөп.

Аармыйаттан кэлэн баран 1985 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетыгар Саха тылын салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Онно кириитик Егор Петрович Шестаков–Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуогар дьарыктаммытым. 1987 сыллаахха Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар «Алдьатыылаах ас» диэн кэпсээмминэн кыттыбытым. Кэпсээммин суруйааччы Василий Соловьев–Болот Боотур ырыппыта. «Тылы сыыһа туттуулар бааллар, ол эрээри сүнньүнэн ойуулуур-дьүһүннүүр дьоҕурдаах эбиккин», – диэн хайҕаабыта. Бу кэпсээним 1988 сыллаахха Эдэр суруйааччылар X, XI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын кыттыылаахтарыгар анаммыт «Суол тоҕойугар» диэн хомуурунньукка киирбитэ. Бу – бэчээккэ тахсыбыт бастакы айымньым. Кинигэ тахсыбытын кэннэ табаарыспынаан Андрей Яковлевтыын (бу кинигэҕэ кини «Үөн» диэн кэпсээнэ киирбитэ) үөрэн-көтөн кэлэн, Бэчээт дьиэтиттэн гонорар ылбыппытын, олох улаханнык байбыт курдук санаммыппытын өйдүүбүн.

Университеты бүтэрэн баран биир сыл «Кыым» хаһыакка үлэлээбитим. Онтон дьиэ-уот көстүмүнэ, тыа сиригэр Уус Алдаҥҥа, Бүлүүгэ тахсан учууталлаабытым. Онно сылдьан кэпсээннэри суруйар этим да, ханна да таһаартарбатаҕым. Ол курдук, сүтэн-оһон хаалбыттара. Онтон Уус Алдаҥҥа «Мүрү саһарҕата» хаһыакка эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлии сылдьан кылгас-кылгас кэпсээннэри суруйан барбытым. «Кырдьаҕастар», «Суолга», о.д.а. айымньыларбын суруйбутум. Эрэдээксийэ иһинэн, аҕыйахта да муһуннарбыт, кыра литературнай кэпсэтиилэри ыытарбыт. Ол көрсүһүүлэри поэт Иван Мигалкин салайар этэ. «Суолга» диэн кэпсээммин көрөн баран: «Ханна баҕарар кыбыстыбакка бэчээттэтиэххэ сөп», – диэн сыаналаабыта. Бу кэмтэн ыла бэчээттэнэн барбытым.

«Республика бүттүүнэ» хаһыакка үлэлии сырыттахпына Август Васильевич Егоров уонна Валерий Николаевич Луковцев айымньыларбын көрдөөн ыланнар, «Кэпсээннэр» диэн ааттаан «Бичик» кинигэ кыһатыгар таһаарбыттара. Кинигэм 5000 ахсаанынан тахсыбыта уонна тута бүппүтэ. Петр Денисович Аввакумов ол кинигэни сэҥээрэн, «Саха сирэ» хаһыакка суруйбута.

Кэлин «Эдэр сааска» үлэлии сылдьан хаһыакка айымньыларбын бэчээттэппитим. Петр Денисович «Кийиит аҕата» кэпсээммин ааҕан баран, биир­дэ кирилиэскэ көрсөн, үчүгэй кэпсээни суруйбук­кун диэн хайҕаабыта. Айар киһиэхэ итинник сыанабыллар арааһа өлбөт мэҥэ уутун кэриэтэ буолаллар быһыылаах, итин­тэн ыла суруйабын.

– Бастакы холонууларбын оскуолаҕа сылдьан суруйбутум. Ол суруйууларбын бу баар курдук саныыбын. Сэттискэ үөрэнэ сырыттахпытына кылааспытыгар саҥа кыыс кэлбитэ. Кинини сөбүлээммин бастакы таптал туһунан хоһоон суруйбутум. Кыбыстаммын уонна сэмэйим бэрт буолан, ону кимиэхэ да аахтарбатаҕым, көрдөрбөтөҕүм, кистээн кэбиспитим. Ити курдук биир сыл ааспыта. Ахсыс кылааска тахсарбытыгар кыыһым өссө тупсан кэлбит. Мин эрэ буолбакка, аны атын уолаттар эмиэ сөбүлүү көрөр буолбуттара. «Уйбаан, миэхэ хоһооҥҥун аҕал, мин ааҕыам», – диэн биирдэ кылааһынньыгым ыйытта. Мин хоһооммун ылан биэрдим. Табаарыстарым «атын поэттартан устубутуҥ буолуо» диэн итэҕэйбэтилэр. Биир уоллуун сакалааттастыбыт. Уолум: «Поэттары барытын көрдүм, бэйэҥ суруйбут эбиккин», – диэн кэлбитэ. Ол сакалааттаһыы түмүгэр кылааһынан баран кэмпиэт, бирээнньик ылан сиэбиппитин өйдүүбүн. Ити курдук доҕотторум хоһоон суруйарбын билэн турардаахтар.

Оттон бастакы бэчээттэммит айымньым туһунан кэпсээтэххэ, 1981 сыллаахха «Кыыс доҕор» диэн бастакы кэпсээммин устудьуоннуу сылдьан суруйбутум. Ол кэпсээним мөлтөхтүк үөрэнэр уол кылаастарыгар саҥа кэлбит кыыһы сөбүлүү көрөрүн, кистээн хоһоон суруйарын, кыыһа кэлин киниэхэ доҕор буоларын туһунан этэ. Бука, бастакы холонууларбыттан, бэйэм олохпуттан быһа тардан суруйдаҕым буолуо. Бу кэпсээммин «Бэлэм буол» хаһыат ыытар куонкуруһугар биэрбитим даҕаны, куонкуруһум бүтэн хаалан, эрэдээксийэҕэ хаалларбытым. Кэлин ону хаһыакка бэчээттээбиттэрэ.

Аны хоһоонтон кэпсээҥҥэ көһүүм эмиэ туспа историялаах. Дьокуускайга үөрэнэр кэммэр эдьиийим мас дьиэтигэр олорбутум. Эдьиийим, отутуттан тахсан баран, кэргэннэммэккэ сылдьара. Ол туһунан хоһоон суруйан кэбистим. Эдьиийим ону булан ааҕан, миигин суруйбуккун диэн өһүргэнэн турбута. Аҕам куоракка кэлбитигэр үҥсэ тоһуйбута, мин онно аҕабыттан улаханнык сэмэлэммитим. Аҕам: «Хоһооннонума, үөрэххэр үчүгэйдик үөрэн», – диэн батан кэбиспитэ. Онтон ыла хоһоонтон кэпсээҥҥэ көспүтүм.

Устудьуоннуу сылдьан 1982-1983 сыллардаахха Эрчимэн ыытар «Сэргэлээх уоттарыгар» дьарыктаммытым, Анаабырга «Кыһыл сулус» хаһыат эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлии сылдьыбытым айар үлэбэр ураты суолталаахтар. Анаабырга сылдьан эрэдээксийэҕэ бүөмнээн олорон кэпсээн суруйталыырым, суруналыыс буолан сотору-сотору ыстаадаларга барарым. Ити кэмҥэ «Кээчэ», «Буурҕа» айымньыларбын суруйбутум. Уопсайынан, Анаабырга үлэлээбит кэммэр буһуу-хатыы оскуолатын ааспыт, олох күндүтүн, кэрэтин сыаналыы үөрэммит эбиппин дии саныыбын.

Анаабырга үс сыл үлэлээт, улуу суруйааччыларбыт уутуйан үөскээбит сирдэрин-уоттарын көрөөрү, дьонун-сэргэтин кытта билсээри Таатта «Коммунист» хаһыатыгар миэстэ көстүбүтүгэр үлэҕэ киирбитим. Онно сылдьан «Өрүстэр кирбиилэрэ» роман ааптара, суруйааччы Василий Яковлевы–Тос Баһылайы көрсөн билсиспитим. Кини ыытар литературнай куруһуогар дьарыктаммытым. Ол сылдьан «Ньургун» сэһэммин саҕалаабытым, үгүс кэпсээннэрбин суруйбутум. Айымньыларбын Василий Васильевичка аҕалан көрдөрөрүм. Кини сыыһабын-халтыбын ыйан туран, сүбэлиирэ-амалыыра, ырытара.

Таатта кэнниттэн Дьокуускайга үлэ көстөн, «Саха сирэ» хаһыакка үлэлии киирбитим. Бу үлэлиир кэммэр айымньыларым киин хаһыаттарга бэчээттэнэн барбыттара. Биирдэ «Чолбон» сурунаалга «Ыйдаҥалаах киэһэлэр» диэн таптал туһунан кэпсээммин илдьэн биэрбитим. Проза салаатын сэбиэдиссэйэ Василий Яковлев-Далан сыыһабын-халтыбын ыйан-кэрдэн биэрбитэ, сүбэлээбитэ. Көрсүһүү айар үлэбэр улахан суолталаах этэ.

1994 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга кэлбитим. Манна В.С. Яковлев–Далан, Е.П. Шестаков–Эрчимэн, И.Е. Федосеев–Доосо, П.Д. Аввакумов уонна Н.Е. Винокуров–Урсун курдук саха ааҕааччыларыгар биллэр, ытыктанар улахан суруйааччылары кытта бииргэ үлэлиир буолбутум миэхэ, айар үлэнэн саҥа дьарыктанан эрэр эдэр киһиэхэ, ураты суолталаах этэ. Арааһа литература эйгэтин тутустахпына сатаныыһык диэн санаа манна киирбитэ.

– Бастакы айымньыларгытын билигин кэлэн хайдах уларытыа этигитий? Саҥа саҕалаан эрэр суруйар дьоҥҥо тугу сүбэлиигит?

– Бу санаатахха, бэчээккэ тахсыбыт бастакы айымньым олус сиикэй эбит. Билигин суруйарым буоллар, олох атын кэпсээн тахсыа этэ. Уларытарым элбэх, түмүктээһинин атыннык суруйуом этэ. Сүрүн геройбун наһаа идеальнай, бары өттүнэн дэгиттэр оҥоро сатыыр эбиппин.

Билигин үлэбинэн үгүс рукопиһы ааҕабын. «Чолбон» сурунаал дириҥ силистээх-мутуктаах, баай историялаах, саха литературата сайдарыгар тугунан да кэмнэммэт улахан өҥөлөөх. Онон сурунаалга таһаарар айымньыларбыт тыл-өс, уус-уран өттүнэн хайаан да үрдүк таһымнаах буолалларын ирдиибит. Ол иһин үлэлэри ааҕа олорон бастаан тылын-өһүн көрөбүн.

Саҥа саҕалаан эрэр дьон элбэхтик кинигэни ааҕыахтарын, тыллара баай буолуон, тыл суолтатын билэ үөрэниэхтэрин наада. Сороҕор тылы олус олуонатык туттубут буолааччылар. Киһини «һык» гыннарар, солун сюжеттаах, баай, киэҥ ис хоһоонноох суруйуулар суох буолбатахтар, бааллар. Ол эрээри тыллара-өстөрө судургу буолааччы. Ол иһин хос-хос ааҕыы, көннөрүү, оҥоруу, этиилэри чочуйуу улахан суолталаах.

– Бастакы кэпсээммин ааҕан баран күлүөх санаам кэлэр. Үксүн ойуулааһыныгар охтор эбиппин. Уонна эдэр киһи хаһан баҕарар уолҕамдьы буолар. Ол иһин геройа эмиэ оннук. «Супермен» курдук. Билиҥҥи айымньыларбар киһи ис туругун, толкуйдааһынын арыйа сатыыбын.

Билигин кэскиллээх суруйар оҕолор бааллар. Ол эрээри чаҕылыҥнаан баран сүтэн хаалаллар. Идэтийэн үлэлээһин баар буолуохтаах. Суруйааччы олорон эрэ үлэлиэн наада. Хара үлэтэ элбэх. Ону кыайбакка уонна биир үксүн хамнастаах үлэҕэ охтон хаалан атыҥҥа баран хаалаллар. Киһи ис-иһиттэн баҕаран туран, туох эрэ ыгар, түүрэр баар буоллаҕына биирдэ суруйар. Үчүгэй айымньы оччоҕо эрэ тахсар. Онон саха литературатын урукку үгэстэрин үөрэтиҥ, саха киһитин майгытын-сигилитин көрдөрө сатааҥ, элбэхтэ ааҕыҥ, суруйуҥ диэн сүбэлиибин.

Аграфена КУЗЬМИНА,

«Чолбон» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ

«Чолбон» 4-с №-рэ 2019 с.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар