Ардьаах
– Дорообо, Ардьаах сайылык! Кыра эрдэхпинэ сүүрбүт-көппүт, оонньообут сайылыгым барахсан!
Хайыы, тоҕо куһаҕанай! Эчи, ытаабыт-соҥообут курдук буолан түһэн, сүрүн! Һы, хараҕым тугу көрдүүрүй? Дьоннор олорбут дьиэлэрин-уоттарын? Кинилэр туппут-хаппыт тутуулара, солуута да суох өртүлэрэ, бэл, баҕаналара, иҥнэри түспүт сэргэлэрэ урутаан көрдөнүллэр буолар эбит дии. Бу биэс уонтан эрэ тахса сыллар усталарыгар суйданнаҕа. Манныгы этэр буоллахтара: «Тиис да анньынар мас оппотох», – диэн. Мээр-сээр үктэнэммин, былыр сөтүөлүү диэн төттөрү-таары тэбинэр, билигин оһон хаалбыт ыллыкпынан, халдьаайыны таҥнары киирэн иһэммин, атахтарым санааларынан накыһаннар, очумаас үрдүгэр олорон кэбистим. Эмиэ арааһата бэйэм олорбут сирим диэки көрө түһэн аһардаҕым буолуо да, тоҕо эрэ өйдөөбөтүм, илин ыалларым олорбут өтөхтөрүн оннун одуулаан барбытым: онно да туох да орпотох – килэпээй. Субанныырдар ампаар салгыылаах буор сыбахтаах балаҕаннара, Баҕыар оҕонньор бабаарына ампаар дьиэтэ, Быччаахтар сиҥнэн түһээри гыммыт ампаар дьиэлэрэ, Килээп Миитэрэй балаҕана, кинилэр оҕуруоттара, ампаардара, титииктэрэ – элбэх ахан чаппа тутуу, киһи-сүөһү, буруо-тараа, оҕо-дьахтар саҥата ньамалаһан түһэн сүрүккэй буолара. Онтукам баара – им бүтэй.
Бу мин олорор сирим аннынан биһиги Миичикэлиин бииргэ олорорбут, титииктэрбит эрэ икки аҥылара. Оттон ол арҕаа күөл үрдүгэр Өлөксөөһө, Мэхэйэ Сахаараптар аҕалара олоро сылдьыбыт бабаарыната турар. Ол иһин ити күөл Ньукулааскы уута диэн ааттаах. Ортотугар сир арыылаах. Онно сыл аайытын хас эмэ ийэ кус оҕотун киллэрэрэ.
Баай, кырдьык баай, ситиэҕинэн сиппит мутукчалаах баараҕай тииттэр алааһы эргиччи күрүөлээн тураннар, солко-хампа илиилэринэн сапсыммахтаан, сибэкки арааһын мүөттээх сытын, боҕуруоскай от күндү сытын тыа бэйэтин дыргыл сытыгар булкуйан алаас иһин толорон талбаатаналлар. Тыа саҕатын батыһа тутуллубут титииктэр тиэргэннэриттэн түптэлэр унаарыһан, кии ахтылҕаннаах сытынан сабыта биэрэллэр. Итиннэ сайылыктарын ахтыбыт ынахтар айдааннара, титииккэ бааллыбыт торбостор эймэниилэрэ биир туспа манньытар түгэн буолан тупсарар. Аны киэһэ буоллар эрэ атыыр оҕустар мөҕүрэһиилэрэ, айаатаһан лаҥкынаһыылара, сөрүүн түһүүтэ, кинилэр харсыһан бачыгыратыһыылара – сайылык биир туспа кэрэ көстүүтэ буолара.
Бастаан сайылыкка таҕыстах күн дьахталлар киэһэ ыамнарын эрдэ, күн үөһэ турдаҕына ыан, сүөһүлэрин тус-туспа үүрэллэрэ. Субанныырдар сүөһүлэрэ Ардьаах хоту баһын Кыыс Тимиппит диэки субуһа тураллара. Баҕыардаах, Быччаахтаах, Килээптээх сүөһүлэрэ Ынах Алааһын диэки, оттон биһиэннэрэ соҕуруу Кыйамар диэки бараллара.
Сотору ыаллар оһохторун үөлэстэриттэн торҕо буруо халлааны харбаһа унааран тахсара. Оччоҕо Ардьаах сайылык алаадьы, арыылаах саламаат сытынан аҥылыйбахтыы тыынара.
Күн киириитэ, атын сайылыктартан кэлбит ыалдьыт ыччат дьоннордуун олохтоохтор таһырдьа ыһыллан тахсаннар оонньууну оҥоотуттан тутаннар, көрү көҕүлүттэн харбааннар, түүнү быһа көрүлүүллэрэ. Онно мэлдьи кыра оҕо сүгэһэрдээх Чаамай Арамаан баттаҕа өрө будьуруҥнаан, бэйэтэ оонньооботор да, мэлдьи көх-нэм буола сылдьааччы этэ. Оттон Таппаһыйа Арамаан икки мастаах оҕуруот үрдүкү сүнньүөҕэр быардыы түһэн туран, күрэхтэһиигэ кыаттарааччылары бэрт көрүдьүөс тылларынан суустаан уоһа быһа тэллэҥнии турар буолаахтыыра. Ити икки бырааттыы кэлин холкуоһу тэрийсэн, тыл бөҕөнү эппит дьон этилэр.
Сайыҥҥы өҥүрүк куйааска да, кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга да санныттан араарбат көҕөччөр суккуну иһин түтэҕинэн кусхаччы курданан баран, Күндүүскэ уола Баҕыар Мэхээлэ барахсан, босхо булгунньах курдук буолан, үллэн-баллан мичээрдии олорорун бу баардыы өйдүүбүн. Отоһут, хаанньыт, мас ууһун ааттааҕа Быччаах Сүөдэр ирээхтээх үрдүк сүүһэ килэҥнээн, уоһун-тииһин хамсатан сэгэҥнээн хам хаа-дьаа кэлэн үөрэн-көтөн ааһар буолара.
Сайылыкпыт ытык кырдьаҕастара, «сир түннүгүнэн» аатырбыт Бордоҕой оҕонньор, мин эһэм Быргый Уйбаан кырдьаҕастара бэрт буолан, ол көргө-нарга соччо сылдьыбаттара. Бу икки оҕонньоттор дьылы дьыллыылларынан, онно олох сыыспаттарынан, үргэл, чолбон, араҥас сулус, ый, хатааһын сулуһа сырыыларын, кинилэр хаһан алтыһалларын билэр буоланнар, онно сир бэйэтин араас бэлиэлэрин холбооннор, хайдах дьыл буолуохтааҕын эндэппэккэ кэпсиир этилэр. Онон кинилэргэ түмүк-түмүк кэмнэргэ араас дьон, кырдьаҕастар хоно-сүтэ кэлэн кэпсэтэн бараллара.
Ардьаах арҕаа баһыгар баар тумул арыы тыа таһынан хааман иһэммин: «Кыстыкпыт мантан түөрт биэрэстэлээх Ньаадьы диэн сиргэ баар этэ. Биирдэ эһэбин, икки хараҕа суох Быргый Уйбааны кытта акка мэҥэстэн көһөн истэхпитинэ, этиҥнээх ардах түһэн халыҥнатан барбыта. Эһэм мин харыбын харбаан ылаат, атын тыбылыйан кэбиһэрин кытта, ат сиэлэн бачыгыраппыттынан барбыта. Оттон ийэм эрэйдээх ырбаахытын туома бүтүннүү ибили сытыйан баран баай лабаалаах тиит анныгар туран хаалбыта. Ол тииттэрэ мэлийбиттэр дии», – дии саныы-саныы бара турдум.
Миигин айылҕа оҕолообут эбит
Бүлүү куоратыгар төрөөбүппүн. Дьонум икки уол оҕоломмуттар. Онон бу ыал түөрт оҕоломмуттар. Син үөрүү дуу?! Үөрүмүнэ. Ким оҕону сирбитэ баарай.
Биирдэ, сэрэйдэхпинэ хоонньоһо сытан буолуо ээ, аҕам ийэбэр: «Доҕоор, мин мантан инньэ үлэм дьэ кэҥиир буолла. Онон дьиэҕэ-уокка таба олоруллубата буолуо», – диэн туох былааннааҕын кэпсээбит. Онуохаҕа ийэм: «Мин соҕотоҕун түөрт оҕону кыайан илдьэ сылдьар кыаҕым суох», – диэн турбут. Аҕам ыксаабыт: «Лариса эбэтиниин олоруохтара. Ясон Үрүөлээхтэргэ иитиллиэҕэ. Кыра уолу манна биир эмэ ыалга ииттэрэ бэриллиэ. Бүттэҕэ ол дии. Эн Конашаҕыныын, уу балыгын курдук, талбыккынан сылдьыаҥ буоллаҕа дии», – диэн быһаарбыт.
Онтон ыла дьонум мин биирбин туолуохпар диэри ити-бу киһиэхэҕэ биэрэ, сыҥалыы сатаабыттар да, дьон Өксөкүлээх оҕотун, баҕар, кини өлөн хаалыан сөп ээ дии санааннар дьулайаннар иитэ ылбатахтар. Онон биирбин туолбутум гынна Дьокуускайга тиэйэн аҕалбыттар. Онно эмиэ балай да сыҥалыы сатаабыттар да, дьон эмиэ сэрэхэччийбиттэр. Бу уол баһа батымаары гынна диэн төрөппүттэрим улаханнык сибиэккээбиттэр. Уол оҕо төрөөммүн, айбыттарым уйаларыгар уу киллэрэммин, хааман баадьаҥныы сырыттахпына, аҕам бээдэрэ арыгы кэһиилэнэн, миигин сыарҕаҕа таҥнары тиэйэн таҥкынатан Тааттаҕа бииргэ төрөөбүт убайыгар Ырыа Уйбааҥҥа таһаарбыт.
Ырыа Уйбаан бэйэтэ элбэх оҕолоох, оҕо тэпсэн кэбиспит ыала оччолорго Амыдай диэн алааска олорор эбит. Уйбаан быраата оҕотун илдьэ кэлбитигэр улаханнык үөрбүт. Кэпсэтэн-ипсэтэн, аһаан-сиэн утуйаары сытаннар, аҕам миигин ииттэрэ хааллараары гынар баҕатын этэн көрбүт. Ону Ырыа Уйбааннаах оҕоттон сылайбыттарын этэн тураннар атын ыалы ыйбыттар. Утуйбуттар. Сарсыарда турбуттара – Өлөксөйдөрүн онно оҥойбут, суола сойбут. Баран хаалбыт. Оронугар быһаҕаһыгар диэри быһа сытыйбыт уола эрэ хаалбыт.
Тэҥнэһиэхтэрэ дуу, тэрэһиэхтэрэ дуу, оҕону оҕолообутунан бараллар да, уоллара тэллэххэ ииктиирэ бэрт буолан, сотору абааһы көрөн бараллар. Ол иһин Ырыа Уйбаан киниттэн сэттэ көстөөх сиргэ Аммаҕа, Уучай диэн сиргэ олорор ийэтигэр «уолу эһиги ылан иитиҥ» диэн илдьит ыытар. Ол курдук сайын устата хаста да илдьиттии сатыыр да, эмээхсин бастакы кыппайка түһүөр диэри тугу да биллэрбэккэ олорон баран, сыарҕалаах оҕуһу ыытар. Дьэ, ол ньылбараҥ харахтаах Тоҕустаах Дьөгүөр диэн киһи миигин сыарҕаҕа хам кэлгийэн, Уучайга ойутар. Үс көһү этэҥҥэ айаннаабыт. Онтон ыла уола ытаа да ытаа буолбут. Ону кыайан көрбөт Тоҕустаах эрэйдээх: «Ытаама, доҕор, тиийэр сирбит ыраах. Онно эйигин кытта бодьуустаһа турдахпына, хаһан тиийиэхпиний? – диэн көрбүт да, уола тохтооботох. – Чэ баҕар, ытаа даҕаны. Сыт, мин ыраастыам эрэ суоҕа», – дии-дии, оҕуһун кымньыылаан куһарҕата испит. Оттон уола иэрийэ-иэрийэ ытаан барбыт. Тоҕустаах муҥнаах ыксаабыт. Айаҕалыы сатаан, уол ытыырын истимээри наар ырыанан айаннаабыт.
Дьэ үчүгэй. Тоҕустаах ол «күннээн-хааннаан» истэҕинэ, Халыҥ Ыыр диэн сиргэ ыҥыыр аттаах Лухааска Кыһалгыынап диэн киһи көрсүһэ түспүт. Кини кэпсэтэ олорон сыарҕаҕа күөмэйэ бүппүт оҕо ытаан кыыкыныырын истэн:
– Хайа, бу тугуй? – диэн, бэркэ соһуйан ыйыппыт.
– Оҕо.
– Ким оҕотун тиэйдиҥ?
– Өлөксөй оҕото.
– Ханна илтиҥ?
– Настааччыйа эмээхсиҥҥэ.
Лухааска дьиктиргээн сыарҕаны өҥөйөн көрбүтэ: сыарҕа адарайа икки аҥы баран хаалбыт, уолчаан төбөтө сиргэ сытар үһү. Төһө уһуннук сири, силиһи сүллүгэстээн кэлбитэ биллибэт. Арай, күөмэйэ хаахынас гына бүппүтэ эрэ биллэр. Дьөгүөр ол курдук айаннаан уолу эбэтигэр тиэрдэр.
Настааччыйа эмээхсин хороччу улаатан эрэр Лариса диэн сиэн кыыһыныын иккиэйэҕин ыалга эҥэрдэһэн олороро. Эмээхсин түөһэйэн эрэрэ. Онон уолу сатаан иитиэ суох буоланнар, муҥха саҕана Тааттаҕа төттөрү тиэйэн түҥкүнэтэн таһаараннар, Таня эмээхсин диэн аймахпытыгар сүөкүүллэр. Ол Таня сааһын тухары ыаллар оҕолорун иитэр үгэстээх, огдоомо, эһэбин кытта бииргэ төрөөбүт Быргый Уйбаан кийиитэ. Кини икки хараҕа суох Быргыйдыын, үс ииппит кыргыттарыныын уонна былыргы эрин эдьиийиниин бөрөһөн олороллор эбит.
Мин онно биэс сылы быһа иитиллибитим. Түүл-бит курдук өйдүүбүн, наһаа ыарытыган быһыылааҕым. Сотору-сотору өлөөрү ыксатарым эбитэ үһү. Муннубунан наһаа элбэх хаан барара. Оннооҕор биирдэ ийэм таҥара иннигэр чүмэчи уматан баран, сөһүргэстээн туран, ытаан хараҕын уута субуруйа-субуруйа, таҥараттан миигин тыыннаах хаалларалларыгар көрдөһөн муҥнаммытын өйдүүбүн. Хата ойууну, аҕабыыты аҕалбатахтара.
Мин өлбөтөҕүм. Бастаан ороҥҥо олорор буолбутум. Оччотооҕуттан биир маннык түгэн өйбөр олорон хаалбыт ээ. Саас буолан, биһиги дьиэбит туос түннүгүнэн (түннүк тааһын үнтүркэйдэрин туоска тылбыйталаан оҥоһуллубут түннүк) киэргэммитэ. Күн уотун төлөнө ол таастары курдаттаан тараанньыктанан киирэн сиргэ (буор муостаҕа) дьэрэлийэ оонньуур. Ону ойоҕоһуттан көрдөххө, арааһынайдаан туора-маары көтүөлээн мөхсө сылдьар мөлүйүөнүнэн быыллар түннүгүнэн кутуллан киирэн эрэллэрин курдук буолан көстөр. Мин ону күннүктээн одуулаһабын, арааһынайы (бэйэм холум иһинэн буоллаҕа дии) толкуйдуубун.
Биир сарсыарда үгэспитинэн эһэбиниин, Быргый Уйбаанныын, иккиэйэҕин хаалбыппыт. Мин саҥа уһуктан нэҥирэн хаалбыт куобах суорҕаным анныгар быккыраан сытабын. Ол суорҕаны ийэм бу күһүн тикпитэ. Сылааһа, сымнаҕаһа ураты этэ. Хата, хас сарсыарда аайы бүтүннүү түүнэн бүрүллэн турарбын умнуо суохпун, бадаҕа. Эһэм уһуктубуппун биллэ быһыылаах, соруктаах ахханнык ыскаапка харбыалаһан тиийдэ, ыскаап аанын тэлэччи аста уонна быһа убахтаан, онно баар, оччотооҕу санаабар, баһаам элбэх иһити барытын имэрийтэлээн, мин хончоҕорбунан ааттанар, ол гынан баран хаһан да, ким да чэй испэтэх, ап-араҕас кырааскалаах, көмүстээх сэлиэнэйи ылла. (Билигин санаатахпына, аҕыйах да иһит, оо, килэйэн-халайан түһэн, элбэх да буолан көстөр эбит!) Манна таарыччы эттэххэ, биһиэхэҕэ үүйүллүбэтэх чааскы диэн биир эмэ баара. Бэл, үрүҥ чаанньыкпыт кытта үүдэһиннээҕэ.
– Хайа, һыллыый, уһугуннуҥ дуо? – дии-дии эһэм миэхэҕэ тэмтэҥнээн кэллэ. – Тоойуом, Миичикэ хараҕа ыалдьан сабылынна. Эмп гыныах этэ, манна ииктээ эрэ, – диир, маа бэйэлээх хараҕым хартыыната буолбут маанылаах сэлиэнэйбин тоһуйар. Миэхэҕэ дьэ кыһалҕа тириир. Иһит, аһыыр иһит иһигэр, дөксө буолаары-буолан күндү чааскы иһигэр. Аккаастаһабын да, ол убаҕас убайбын Миичикэни харахтыах тустаах үһү. Сор-муҥ бөҕөнөн быһа кыбыҥнаан таммалаттаҕым дии.
Тоҕо эбитэ буолла, үтүөнү оҥордум дии санаабытым эбитэ дуу, биитэр таһырдьа тахсыахпын баҕарыым оччо күүстээҕэ эбитэ дуу?
– Эһээ, миигин таһырдьа таһаар эрэ, – диибин, көрдөһөбүн, ааттаһабын. Эһэм бастаан аккаастанан көрөн баран, тулуйбата бадахтаах, сөбүлэстэ. Таҥнан бөөччөннө, миигин суорҕаҥҥа суулаата уонна тайаҕын, талах олоппоһун ылла, миигин көтөхтө, таҕыстыбыт. Мин сирдьиппин. Ампаар кэннигэр тиийэн олордубут. Дьиэбит таһа хараарбыт. Чалбах бөҕө. Чооруос үөрэ быһа онтон-мантан куттаммыта буола-буолалар көтөн тирилэһэллэр да, тугу эрэ тоҥсуйбутунан, төбөлөрүн холбообутунан бараллар. Бу кыраларын. Бу дьүһүннэрэ кэрэтин! ЧЫЫ-ЧААХ-тар! Бу ааттара үчүгэйин, минньигэһин! Ама, кэрэккээн харамайдар! Аҥардас ааттара эрэ да киһи сүрэҕин көрдө-көрбүтүнэн сылаанньытан киирэр нарынтан-нарын тыл буолбаат?! ЧЫЫ-ЧААХ буола-буола!..
Ити күнтэн ыла мин тайахха тэптэрэн турбутунан барбытым уонна хайа күн хаамар буолаат, таһырдьаны былдьаспытым.
Онтон ыла миигин айылҕа барахсан бэйэтин илиитигэр ылан оҕолоон барбыта. Сааскы өттүгэр балаҕаным үрдүгэр тахсан олороммун, биитэр толооҥҥо кындал үрдүгэр сытаммын, күннүктээн туйаарар тойугун салгыбакка иһиллиирим. Тыаҕа тахсаммын тиит күөрэгэйин, атын да чыычаахтар саҥаларынан саатыырым.
Сайын сайылыкка тахсаат, бииргэ үөскээбит Дьөгүөрүскэ диэн доҕорбунуун түүҥҥү эрэ өттүгэр дьиэҕэ хоно-хонобут наар толооҥҥо, тыаҕа баран хааларбыт. Сааскы кэмҥэ кииһилэлээн, чучунаахтаан аһыырбыт. Сайынын дьэдьэннээн, хаптаҕастаан, күһүөрү моонньоҕонноон сиэн күнү быһа тот сылдьарбыт. Күһүн дөлүһүөн, отон биһиги аһылыкпыт буолара.
Доҕорум Дьөгүөрүскэ да дьоно, мин да ийэм солото суохтарыгар тэптэрэннэр биһиги ханна сылдьарбытыгар, тугу гынарбытыгар кыһаллыбат этилэр. Били ол иһин биһиги күннүктээн көҥүл күүлэйдиирбит. Оттон онтукам түмүгэ – ыарыыттан куотуу буолбута.
Ол кэмтэн ыла күн сирин күндү көстүүтүн сириччи көрө, кэрэхсии, хас биирдии отун-маһын оһуорун одуулуу сатаатым аххан да, айылҕа киһини абылыыр солунтан-солун мунура суох арылла турар хартыыналарын, көстүүлэрин бүтэрэ көрбөтүм. Арай биллим: кини киһи төһөнөн сааһыран истэҕин аайы соччонон тардар, манньытар кэрэчээн мөссүөнэ тубустар тупсан, күүһүрдэр күүһүрэн иһэрин. Айылҕа таптала муҥурданыа, бүтүө суох быһылаах!
Сир симэҕэ
Саха ыала сайылыкка тахсар күнэ – Саар Көстөкүүн. Ити бэс ыйын үһүс күнэ. Бу кэмҥэ от-мас торолуйар-тупсар. Эргиччи чээлэй күөх. Кэҕэлэр этэллэр. Тэтэрэ көҕөрбүт хатыҥ, талах ойуур чыычаахтар саҥаларынан туолар.
Киһи талыытын минньигэстик сайгыы имэрийэн киирэр салгыҥҥа, уһуктубут улуу айылҕа киэргэл кэппит хампатын сирийэ көрө, саатабыл ырыатын-тойугун сэргии, иһиллии сылдьар наһаа да үчүгэй буоллаҕа.
Мин Араайкачаанныын, быыкаккаан ытыһын ооккотуттан үс тарбахпынан бобо тутаммын, Мүрү эбэ хотун биир үтүө, сибэккилээх кырдалыгар сиэттиһэн тиийдим.
Араайкачаан ардыгар сүүрэкэлээн ыла-ыла, айаҕа хам буолбакка, ону-маны ыйыталас да ыйыталас буола иһэр.
– Чыычаах тоҕо ыллыыйый? Кэ-э тоо этэйий? – диэтэлиир.
Онуоха мин, кинини оччо-бачча өйдөөбөт да ини дии санаатарбын да, кырдьыгынан:
– Ити саас сымыыттыыр кэмнэрэ кэлэн, ыллыыллар уонна сорох көтөрдөр маанымсыйаннар, түүлэрин кырааскаланаллар, – диэн хоруйдаатым.
Онуоха кини толору өйдөөбүт киһи курдук туттан-хаптан:
– Сибэккилэй эмиэ туо? – диэн ыйытан «чап» гыннарда.
– Эмиэ. Кинилэр аны сайын араас элбэх сибэккилэри биэрээри эҥин араас кэрэ дьүһүннэммиттэр. Оттон сорохторо арааһынай сытыы сыттаммыттар. Ол аата дьүһүннэринэн, сыттарынан үөнү-көйүүрү бэйэлэригэр угуйаллар.
– Ол тоо угуйаллайый? Үөнтэн куттамматтай туо?
– Куттамматтар. Үөннэр сибэккиттэн аһыыллар, ол оннугар кинилэри ууһаталлар. Оччоҕо эһиил маннааҕар элбэх сибэкки үүнэн тахсыаҕа. Көр эрэ тойон ыҥырыаны, – иннибитигэр турар чугас сибэккигэ аһыы-сии, түбүккэ түһэ сылдьар тойон ыҥырыаны ыйан көрдөрдүм. Араайкачаан куттанан миэхэ саба түстэ, көрүөҕүнэн көрөн аҕай турда. Оттон ыҥырыабыт бастаан олорон эрэ кынатынан даллатан дыыгынатта уонна көтөн күүгүнээн, биһигини эргийбэхтээн туора-маары элэҥнээмэхтээт, сүтэн хаалла. Биһиги кэрэкээн сибэкки көбүөр ортотугар киирэн истэхпит аайы тойон ыҥырыалар итинтэн-мантан көтөн лоҥкунаһаллар уонна, төбөбүт оройунан аҕыйахта туора-маары көппөхтөөт, элис гынан хаалаллар. Ол аайы Араайка төгүрүччү көрбөхтүүр.
Биһиги арааһынай сибэккилэри көрүтэлээн, чыычаах ырыатын дуоһуйа истэн бараммыт дьиэлээтибит.
– Эһэ-э, сибэккилэй наһаа-наһаа үчүгэйтэй тии? – оҕом ыйытар.
– Сибэкки курдук үчүгэй, ыраас дьүһүннээх айылҕаҕа алыс элбэҕэ суох. Хайа уонна ким-хайа тугу сөбүлүүрүттэн эмиэ тутулуктаах. Холобур, мин туохтааҕар даҕаны тыаны таптыыбын. Оттон сорохтор хайаны, муораны, сорохтор алаастары, сорохтор сүүрүктээх үрэхтэри ордук таптыыллар, – сатаан санаабаппын бу быыкайкаан оҕолуун тоҕо улахан киһилии кэпсэтэрбин. Мэлдьи итинник тахса турар. Ол гынан баран оҕоҕо сымыйалыыр түктэри.
– Оттон мин сибэккини таптыыбын тиигин туу?
– Оннук быһыылаах, чыычаах.
– Тоо миигин чыычаах тиигиний?
– Хамсыыр харамайтан барыларыттан чыычаахтан ордук таптыырым суох. Оттон киһи аймахтан оҕоттон ордук таптыырым эмиэ суох. Мин ол иһин эйиигин чыычаах диибин.
– Быйтах эмиэ үчүгэй туу?
– Бырдахтар балыктар уонна көтөр кынаттаахтар аһылыктара буолаллар. Бырдах суох буоллаҕына, балык дьүдэйэр, көтөр атын сиргэ барар.
– Оттон багалай эмиэ үчүгэйтэй туу?
– Баҕалары сорох дьон наһаа сөбүлүүллэр. Баҕа бырдаҕы, оҥоойуну, ньаалаҕайы тутан сиир. Бэйэтэ атыттарга аһылык буолар.
– Чээн, бу сибэккини! – Араайка төҥкөс гынан биир үчүгэйкээн сибэккини туура тардан ылла уонна өрө тутан миэхэ көрдөрдө. Мин саҥарбатым. Итинтэн ыла оччо-бачча кэпсэппэккэ тиийдибит.
Мин киэһэлик, күн арҕаа тыа баһыгар кытары кыыспытынан лаглаччы олоруута, таһырдьа таҕыстым. Ыаллар киэһэ аһылыктарын бэлэмнэнэн эрэллэр бадахтаах, буруо-тараа бөҕө буолбут. Уулуссаларга массыыналар тыастара бирдьигинэһэллэр. Ыраах тыраахтар ньирилиир. Мүрүгэ оҕолор саҥалара аймалас. Мин ыскамыайкаҕа олордум уонна сири көрө түспүтүм, арай маарыан аҕалбыт сибэккибит буорга буккуллан сытар эбит. Бу кэмҥэ Араайка сүүрэн тойторуйан кэллэ.
– Араайка, сибэккиҥ ити сытар дии. Тоҕо бырахтыҥ? – диэн ыйытабын.
Онуоха кини, буруйдаммыттыы туттан, сибэккитин сиртэн ылан, буорун үрдэ, сотто. Мин көрдөөн ыллым. Сибэкки эминньэҕэ намылыйбыт, дьүһүнэ өлбөөдүйбүт. Мин сибэккини саҥата суох эргим-ургум тутан көрбөхтөөтүм, кулгаахпар таҕайан иһиллээтим.
– Оо, сибэккибит эмиэ ытаан эрэр, – диэн сибигинэйдим.
Онуоха Араайка, сирэйэ-хараҕа бэркэ туран, тобукпуттан тайана түстэ уонна:
– Сибэкки тоо ытыыйый? – диэн ыйытта. – Сибэкки туох тиийий?
– Сибэкки саҥарар: «Орто дойду оһуора буоламмын, сир ийэ-хотун симэҕэ дэтэммин, икки атах биһирэбилигэр ананаммын харахтаах барыта хайҕаан, көрбүт эрэ биһирээн, эһиилги дьылга элбэ-иих-элбэх тэтэркээн бэйэлээх сибэккичээннэри үөскэтээри үүнэн турбутум. Ону баара тугу да билбэт быыкайкаан кыысчаан туура тардан ылла. Эһэтэ буолуохсут оҕотун буойбат, өйдөппөт. Аата, куһаҕан да киһи баар буолар эбит! Ити оҕо наһаа да куһаҕан эһэлээх эбит!» – дии-дии, ытаан муҥнанар. Тыый, өллө? – сибэкки умнаһыттан туппуппун уйбакка, өҕүллэн түстэ. Араайка ытаан хараҕын уута субуруйбутунан барда.
– Сибэкки киһилии саҥарбат. Ол гынан баран кини кырдьык өлбүт. Ити биир сибэккиттэн эһиил баһаам элбэх сибэкки үүнэн тахсыахтаах этэ. Биһиги ону алдьаттыбыт. Көр, сибэккини наһаа үчүгэйин иһин үргүүллэр. Кинилэри төрүт үргээбэт, алдьаппат буоллар хас саас аайы хонуу ньуура дьэрэкээн бэйэлээх симэҕинэн бүрүллүөх этэ.
– Сибэккинэн туо? Олбуойбут иһэ эмиэ таа?
– Эмиэ. Сир үрдэ барыта сибэккинэн туолуох этэ.
– Оччоҕуна мин аны төйү-үт-төйүт сибэккини үйгүөм суоҕа.
Биһиги бэрт уһуннук кэпсэттибит.
– Эһээ-э, манна олой эйэ. О-ол тыаны көй эйэ. Наһаа үчүтэй, – дии-дии, Араайка быыкаккаан тарбаҕын ооккотунан тыа диэки ыйбахтыы олордо.
Реас Кулаковскай, 1977 с.
Чолбон. – 2019. – № 4