КӨТӨР ААЛ САХА СИРИН САЙДАР КЭСКИЛЭ

Саха сиригэр летчиктары, техниктэри уонна да атын летнай специалистары бэлэмнээһин боппуруоһа 1992 сылтан саҕалаан туруоруллубута.

Уһун бэлэмниир, тэрийэр үлэ кэнниттэн ыам ыйын 21 күнүгэр 1996 сыллаахха Саха сирин Президенэ М.Е. Николаев училище аһылларын туһунан уурааҕы илии баттаабыта. Училище Саха сиринээҕи летнай специалистар квалификацияларын үрдэтэр сыантыр базатыгар аһыллыбыта.

Бастакы киирии экзаменнары от, атырдьах ыйыгар “Техник-механик” идэтигэр бастакы курсаннар, 37 оҕо бары ситиһиилээхтик туттарсан киирбиттэрэ. Училищеҕа үөрэтии балаҕан ыйын 22 күнүттэн (1996) саҕаламмыта. Үөрэнии болдьоҕо – 2 сыл 10 ый.

1999 сыллаахха бэс ыйыгар маҥнайгы специалистары бэлэмнээн таһааран, 20 эдэр специалистар үөрүүлээх быһыыга-майгыга орто профессиональнай-техническэй үөрэҕи бүтэрбиттэрин бигэргэтэр дипломнары илиилэригэр туппуттара.

Училищеҕа республика 11 улууһуттан, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэртэн, Дьокуускай куораттан уонна республика тас өттүттэн эмиэ кэлэн үөрэммиттэрэ. Быйылгы үөрэҕи бүтэрбит оҕолортон 3 оҕо идэлэринэн үлэлииллэр, 5 оҕо үрдүк үөрэххэ туттарсан салгыы үөрэнэ сылдьаллар. Атыттар училище кэнниттэн армияҕа сулууспалыы барбыттара.

1997 сылтан “Авиатехник по эксплуатации элсктроприборного оборудования самолетов” диэн идэҕэ 39 оҕону ылбыппыт.

1998 сыллаахха “Пилот самолета Ан-2” диэн идэҕэ 27 оҕону үөрэтэ ылбыппыт. 1999 сыллаахха “Техник-механик” үөрэҕэр 25 оҕону ылбыппыт уонна ону таһынан коммерческай бөлөххө 7 оҕону эбии ылбыппыт.

Сорох толору өйдөөбөт дьон: “Бу бүгүҥҥү ыарахан, авиация үлэһиттэрин күн аайы ахсааны куччата турар кэмнэригэр тоҕо биһиги өссө эбии үлэтэ суох авиация үлэһиттэрин бэлэмниибитий?”– диэн ыйытыахтарын сөп.

Биллэн турар, училищены үлэлэтии республиканскай бюджеттан добуоччу үп көрүллэрин эрэйэр. Ол гынан баран биһиги бүгүҥҥү күнүнэн эрэ муҥурдаммакка, республика инники олоҕун, сайдыытын санаан туран, ол инники кэмҥэ үлэлиир-хамныыр специалистары, ыарахан диэн толлон турбакка, бэлэмниэхпитин наада. Бүгүн авиацияҕа үлэлии сылдьар специалистар орто саастара 45-50. Ити дьон үлэлиир кыахтара суох буолан уурайан, сынньалаҥҥа бардахтарына биһиги авиацияҕа үлэлиир специалистара суох хаалар кутталлаахпыт.

Иккиһинэн, билигин рынок үйэтигэр дойду киин оройуоннарыгар оҕолору үөрэттэрэ ыытар наһаа  ыарахан буолла. Дьон үксэ баҕарбыттарын да иһин, оҕолорун ыраах соҕуруу ыытан үөрэттэрэр кыахтара суох. Аны оҕолору ыыппыттарын да иһин, ыраах баран үөрэнэр усулуобуйатын кыайан тулуйбакка, үөрэххэ барбыт оҕо улахан аҥара төннөн кэлэр. Онон соҕуруу, киин оройуоннарга үөрэнэ барар баҕалаах оҕо сыл аайы аҕыйаан иһэр. Сылтан-сыл биһиги республикаҕа анаан бэриллибит миэстэлэргэ толору набор кыайан оҥорбоппут. Онон бэриллэр миэстэ сыл аайы сарбыллар.

Өскөтө үөрэххэ 10 оҕо киин куораттарга үөрэнэ киирбит эбит буоллаҕына, диплом ылан баара-суоҕа 2 оҕо эрэ кэлэр.

Үсүһүнэн, летчиктар элбэх буоллахтарына, бүгүҥҥү күҥҥэ техническэй үлэһиттэр тиийбэттэр. Үөрэнэн бүтэрбит оҕолор манна, хоту үлэлии кэлэ сатаабаттар. Онон өскөтө летчиктар элбэх буоллахтарына, техниктэр биһиэхэ наадалар.

Төрдүһүнэн, биһиги республикабыт суола-ииһэ ыарахаттардааҕынан, территорията киэҥинэн салгын суола суох сайдыбат. Ыраах хоту улуустарбыт сиринэн да, уунан да суоллара суох хаалар кутталлара мэлдьитин баар. Ол иһин Саха сиригэр салгын суолун сайыннарыы саамай наадалаах боппуруоһунан буолар.

Өскөтө 20-с сылларга автономияны ылбыт Саха сирэ инники сайдыытын санаан салгын суолун туруорсубут эбит буоллаҕына, биһиги бүгүн ол кинилэр туруорсан ситиспит уонна 70-тан тахса сыл туһаммыт салгыммыт суолун рынок ыарахан үйэтэ кэллэ диэн атын компанияларга туран биэрэр бырааппыт суох. Саха сирин авиациятын төһө күүспүт кыайарынан өйүөх, хааллара сатыах тустаахпыт. Хантан эрэ туораттан кэлэн биһиги наадабытын, кыһалҕабытын ким да толору өйдөөн көмөлөһүө суоҕа. Бэйэбитигэр бэйэбит көмөлөһүөх тустаахпыт. XXI үйэҕэ Саха сирин халлаанынан биһиги Сахабыт сирин чааһынай компанияларын самолеттара көтүөхтэрэ. Республика даҕаны бэйэтин авиациятын хаалларыаҕа, көмөлөһүөҕэ диэн мин эрэнэ саныыбын.

Оттон биһиги сыалбыт XXI үйэ авиацията анал идэлээхтэрэ суох хаалбатын хааччыйыы. Ол иһин биһиги инникитин көрөн, күүспүтүн харыстаабакка үлэлии-хамныы сылдьабыт.

Биһиги училищебытыгар орто үөрэхтээх эдэр уолаттары ылабыт. Училищеҕа курсаннар үөрэнэллэригэр бары усулуобуйаны барытын тэрийэбит. Тыа сирин оскуолатын бүтэрбит оҕолорго ыарырҕатар предметтэригэр эбии үөрэх чааһын көрөн үөрэтэбит. Училище сылаас-сырдык, аныгылыы уопсайдаах. Хоско 3-4 оҕо олорор. Күҥҥэ биирдэ аһатабыт, бары курсаннар стипендия ылаллар.

Курсаннары кытта үрдүк квалификациялаах, анал үөрэхтээх преподавателлэр дьарыктаналлар. Училище бэйэтэ библиотекалаах, үөрэнэр кылаастар, лабораториялар туох наадалааҕынан барытынан хааччыллыылаахтар.

Училише начальнига С.И. Файбушевич – Ил-7, Ту-154 самолеттарга көтөр, Россия үтүөлээх летчига, кини солбуйааччыта Ю.Л. Фалеев – Ил-76 самолекка көтөр. Училише үөрэҕин отделын начальнига В.И. Пестсеев 21 сыл көппүт летчик, наука кандидата, үрдүк квалификациялаах преподаватель, салайааччы.

Училише базатыгар кэлэр кэмҥэ үрдүк үөрэх академиятын аһар баҕа санаалаахпыт. Оччоҕо Саха сирэ бэйэтин наадыйар специалистарын бэйэтэ бэлэмнээн таһаарыах этэ. Биллэн турар, ити үлэ элбэх үбү эрэйэр, ол гынан баран биһиги санаабытыгар, биһиги бэлэмнээн таһаарбыт специалистарбыт ити ороскуоттаммыт үбү бэйэлэрин үлэлэринэн сотору кэминэн сабыахтара диэн эрэллээхпит.

Владимир Пестерев, историческай наука кандидата.

Дьокуускайдааҕы летнай-техническэй училище отделын начальнига

Чолбон №4, 2000

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар