Күндэ тылыгар-өһүгэр бэлиэтээһин

Киирии

Дэгиттэр талааннаах кылаассык суруйааччы, учуонай Алексей Андреевич Иванов-Күндэ (16.01.1898–30.10.1934) төрөөбүтэ быйыл тохсунньу ыйга 120 сылын туолла. Кини үөрэхтээхтэр болҕомтолорун тардыбыта ыраатта. Кини литэрэтииринэй кириитикэҕэ туспа суоллааҕын-иистээҕин, тылы тутуу үлэтигэр, литэрэтииринэй тыл сайдыытыгар дьоһуннаахай өҥөлөөҕүн, айар тыл маастара буоларын туһунан киэҥник сырдаттылар.

Онон Күндэ тылыгар-өһүгэр судургутук, быстах-остох, одоҥ-додоҥ эрэ бэлиэтиибин. Этиллибити тоҕо мээнэ хатылыахпыный? Ону ааҕааччы бэйэтэ аахтаҕа, биллэҕэ дии, кинини салгытар сатаммат. Ол да буоллар үгэһи тутуһан, чинчийээччилэр бэргэнник этиилэригэр, бигэ билииттэн бэриһиннэрэ таарыйа, кэмнээн сигэнэр син биир сиэрдээх. Сороҕор бэйэм да билбэккэ, туһаммытым-туһанарым-туһаныам буолуо…

Күндэ тылыгар-өһүгэр бэлиэтээһин 

Биллэрин курдук, ханнык баҕарар омук литэрэтиирэтин саамай чугас, дьиҥ төрүтэ – полкулуор. Бу чочуллубут кэпсэтии тылын эриэккэс этигэнин, ууһун-уранын, ойуулуур алыбын туһамматах суруйааччы баар буолуо дуо?! Суох! Ити Күндэ бэйиэсийэтигэр ордук чуолкайдык көстөр. Кини манна аныгылыы кытаанах халыыпка хаайтарбакка, айымньытын барытын кэриэтэ уруккулуу көҥүллүк айар (мантан 3-4 эрэ хоһоон туоруур). Саха киһитэ биһириир эгэлгэ иэйиилээх элбэх сыһыарыытын (-лыыр, -тай, -ийэ, -үйгэ уо.д.а.) үгүс хоһоонугар булаҕын. Итиннэ нуучча тылыттан киирии (НТК) эмиэ хабыллар, холобур: сиэйэлкэлиир/синиэйкэлиир/тыраактардыыр/баардыырык массыына, ыстааллыыра тимир (1: 141). Таарыччы аҕыннахха, НТК-ни адьас дэҥ нууччалыытынан хаалларарын аахсыбатахха, бэркэ сахатытар (ускуруой, туолката суох, энтисийээс, устурууксуйа, аатам, удаарынай үлэ, саарт былаат уо.д.а.). «Араадьыйа» диэн хоһоонугар НТК ордук элбэх. Ырааҕы да бу баардыы иһитиннэрэр, аныгы наука-тиэхиньикэ абыраллаах ситиһиитин бар дьоҥҥо ситэри тиэрдэргэ НТК быһаччы наадалааҕын ааптар сөпкө өйдөөбөтө, туһаммата кэлиэ дуо?! НТК иһигэр тустаах тиэрмини ылартан (элиэктирэ, маҕыньыыт, антыанна, муусука, билиэйтэ, сэрэнээдэ, о.д.а.) туттуммат.

Аны тылы, устуруоканы хатылааһын, дорҕоону утумнаахтык дьүөрэлээһин, тыыннааҕымсытан хомоҕойдук хоһуйуу (Хонуу ото Хонон туран, Хоп-сип Хобугунаста) Күндэ айар тылын алыптаах ньымата буолалларын ыйыахха. Кини ханыылаан этиини Өксөкүлээх Өлөксөйдүү үлүһүйэн  туттубат. Ол эрээри бар дьон уоһуттан түһэрбэт «Төрөөбүт тыл» диэн киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр истиҥ-иһирэх иэйиилээх хоһоонун ханыылаан этэн кэккэлэтэр. Холобур: Ийэ тыл

Быстар-ойдор күҥҥэ       Өлөр-сүтэр күҥҥэ

Быыһал-абырал буолар,   Өрөһүлтэ буолар…

 (1 93-94)

Бу айымньыны ааҕа олорон, татаар сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээбит Габдулла Тукай «Туҕан тел» («Төрөөбүт тыл») диэн хоһоонун саныы түһэҕин. Татаар омук тылын, литэрэтиирэтин үөрэхтээхтэрэ бу айымньыны өрөгөй ырыа гынан өрө көтөҕүллэн, түөстэрин мөтөтөн ыллаабыттара ыраатта. Ити истэргэ истиҥэ, үчүгэйэ сүрдээх. Киһи уйулҕатын долгутар. Кинилэр чахчы күөн туттан үөрүүлээх түгэҥҥэ өрүү ыллыы сылдьаллар. Биһиги Күндэ хоһоонун ырыа гынан муҥ саатар олунньу 13-с күнүгэр ньиргитиэхпитин кээмэйэ мэһэйдиир быһыылаах. Кыһыылаах! Онтон атын мэлэдьиистэр аныгылыы матыыптаабыттара ырааппыт буолуо этэ диэн  онуоха-маныаха диэри сэрэйэргэ эрэ тиийэҕин. Ол эрээри мэлиэдьийэ туохтан даҕаны хаайтарбат буолуо суоҕа дуо?! Хата, үгүөрүтүк үбүлээн, үчүгэйдик бириистээн, тыл туһунан өрөгөй ырыатыгар аналлаах куонкурус ыытар хайдаҕый?

Омуннааһын – саха кутугар-сүрүгэр, уйулҕатыгар уутуйан иҥмит майгы. Олус сөбүлүүр суолбут. Көрдөөх-нардаах, көрүдьүөс тыллаах-өстөөх киһи биир биһирэнэр, бэтиэхэлээх бэлиэтэ, арааһа, омуннааһын буолар. Атын да омуктар маны балачча ахсараллар быһыылаах. Ол да иһин омуннааһын  айар тыл умнуллубат албаһа (гипербола, литота) буолар. Ол улуу ээпэс олоҥхобутугар уруйданан туругурбут (итини үйэтитэр өс хоһооно өйгө көтөн түһэр: Олоҥхо омуннаах, тыл эбиилээх). Бу полкулуортан силистээх уус-уран ньыманы билиҥҥи литэрэтиирэ да букатын умнубат-тумнубат.

Күндэ, Амма Аччыгыйа ахтарынан даҕаны сылыктаатахха, үрдүк култууралаах киһи этэ. Кини мээнэ омуннуурун соччо сөбүлээбэтэ буолуо ээ. Омуннааһын да оруннаах-олохтоох буолара наада. Оччоҕо эрэ айымньы ааҕааччыны тардар кыахтаах. Оттон айааччы үгүстүк уонна аһара омуннурдаҕына, кырдьыксыт-реалист суруйааччы аатырыахтааҕар төттөрүтүн «сымыйаччы» диэн сотуллубат-сууйуллубат этигэн эпиитэти кэбэҕэстик иҥэриниэн сөп…

Итинник өйдөөн-санаан, Күндэ омуннааһыны прозатыгар иккитэ эрэ киллэрэр. Бастакыта кыстык угун саҕа диэн сомоҕотуйа майгыннаммыт ситим: Муҥур Атах үрдүк сиһигэр, чоҥкуйа кырыаран турар күөрэ-лаҥкы түспүт тииттэр анныларыгар биир, кыстык угун саҕа, саах балаҕаны тибии тибэр (1: 8, «Марба»). Ааптар хайдах ойуулаабытыттан тута сэрэйэбит: тиийиммэт-түгэммэт, дьадаҥы ыал олорор майгына. Сиэн эһэтин эргиччи утумнуур: Байбал эһэтин өтөҕөр балаҕан туттар, баай ыалга  хамначчыттыыр. Ону кыстык угун саҕа диэн атын сорох суруйааччыга да көстөр, омуннаах эрээри бэргэн тэҥнэбил чиҥэтэн биэрэр. Олус кыра эбэтэр кып-кыра диэн судургу быһаарыылыыр оннугар ааптар, уус-ураннык хоһуйан, ааҕааччыны айымньыга тардар, интэриэһиргэтэр, толкуйдатар: маннык сиргэ-уокка, балаҕаҥҥа кимнээх олороллоруй?

Омуннааһын икки араастаах:

1) аһара-наһаа улаатыннарыы-дарбатыы (а.э. кыраны олус улахан курдук санааһын);

2) аһара-наһаа кыратытыы-кыччатыы (а.э. улаханы олус кыра гыныы).

 Омуннааһын луогукаҕа букатын хабыллыбат, бэриммэт дьиибэ айылгылаах көстүү буолар. Киниэхэ элбэх дьиктилээх тылбыт биир бэлиэ уратыта иҥэ сылдьар. Тыл уҥуоҕа суох диирбит биир өттө: суоҕу да баар курдук этии. Онуоха омуннааһын эмиэ чугас соҕус сыһыаннаах: баар суолу олус омуннаан, суохха чугаһатыы (дьиҥинэн, ынах саҕа баҕа, сутурук саҕа бэйэ куобах… суоҕун уончалаах да оҕо билэн эрдэҕэ).

Аны төһө-хачча омуннууру чуолкай кээмэйдээбит суох. Оннук тэрил-прибор оҥоһулла илик. Күннээҕи олоххо тыл дэгэтигэр омун-төлөн киһи, сүүс төгүл омуннуур диэн сөҕөн-махтайан этээччибит.

Ол үрдүнэн (Амма Аччыгыйын үөрэ-көтө үтүгүннэххэ: эбэтэр ол иһин дуу?) омуннааһын олоҕуран олоҕурбут. Ити түбэспиччэ буолбатах. Омуннааһын көмөтүнэн суруйааччы тугу ойуулуурун быдан чаҕылхай, сөҕүмэр, соһуччу гынар. Ити ааҕааччыны дьиктиргэтэр. Күндэ иккис омуннааһына оруобуна оннук оруоллаах: быт саҕа тыһаҕас. «Доромоонноох» диэн кэпсээҥҥэ  баай Хонооһой оҕонньор хоп курдук, быр-бааччы, сэниэтинэн олорор ыалга иэһин ыла соһуччу кэлэр. Сэрэйдэххэ, кэпсэтиигэ сүүйээри эрдэ биллэрбэт, илдьит ыыппат: Доромоонноох эрдэттэн сүбэлэһэн, толкуйданан, биллэ-көстө сүүйтэримиэхтэрин сөпкө дылы.

Олус маанылаппыт ыалдьыт наар сүүйүүлээхтик кэпсэтэр. Ааранан ааҕааччы кыһыйар-абарар: тугун кыһыытай! Бэркиһиэх иһин, барыта орун-оннугар курдук. Тугу да кыайан тутуспаккын. Билиҥҥи улахан албынньыкка-түөкүҥҥэ (афериска) курдук, барыта «сокуоннай»: ыар ыалдьыт этэригэр дьиэлээх сөбүлэһэн иһэр.  Атыыһыт тыыннаах сүөһүнэн эрэ ылар. Барыһырар албаһа: сэттэ буукка холкутук холонор ынаҕы алта буукка түһэрэр, буутун аайыттан иккилии солкуобайы көҕүрэтэр. Этинэн эбитэ буоллар, талбыт сыаналыыр уустук: барыта көстөн турдаҕа дии. Иэстэн орпут харчы илэ бэйэтинэн кэлбэт. Ол хардата букатын солуута суох (чэпчэки сыаналаах аҕыйах арсыын сарапыыҥка таҥас, оһумуой табах эҥин). Эмиэ баайга барыыс.

Аны биэриэхтээх арыылара кыранан тиийбэт буолан хаалар. Онон олуйан, Хонооһой өссө өҥөр киирэр. Кэпсэтии хайдах салҕаммытын уонна түмүктэнэн эрэрин быһа тардан истиэҕиҥ эрэ:

Оттон ити итэҕэһин тугунан төлүүгүт?

— Билигин төлүөхпүтүгэр туохпут да суох.

— Эһиэнэ оккут элбэх сурахтааҕа ээ, тыһаҕаста ылан ииттэххит дии… Тыһаҕаһы хаска иитэҕит?

— Тыһаҕаһы даа?

— Ээ, быыкаайык, быт саҕа тыһаҕас, ол дуоннаах оту сиэ суоҕа (1: 25).

Баай бу олус омуннааһына Доромоону соһуппута чахчы. Иһигэр төһө да сөбүлэспэтэҕин иһин, таһыгар ылынарыгар тиийэр. Тыһаҕас төһө кыратын-улаханын, төһө отунан сыл тахсыаҕын быһаарсара-дакаастаһара олуона курдук. Оттон Хонооһой бэркэ этэн өмүтүннэрдим диэн үөрэн эрдэҕэ. Кини саамай улахан атыыр тыһаҕаһын иитимньигэ биэрэрэ саарбахтаммат. Эмиэ барыыс! Онон бу омуннаах тэҥнэбил атыыһыт барыыстаах кэпсэтиитин түмүктүүр күлүүс тэҥэ күүстээх.

Морполуогуйа сорох интэриэһинэй халыыбын ааптар туттар. Ону холобурунан саҕалаан иһиэххэ.

• -Лар: …Харыйа иһинээҕи киһилэр уҥуохтарын диэки бара турда. (1 70) Түҥ былыргы көстүү түөлбэ тылын уратытын быһыытынан кэпсэтиигэ билиҥҥэ диэри иһиллэр [5: 157]. Муода тыл: элбэх ахсаана туспатык, атын тылынан солбуллан (дьон←супплетивизм)  үөскүүрүн билэбит. Маҥкылар, Макаардар, атын да чугастааҕы ыаллар киирэн олороннор, табахтыы-табахтыы, ону маны кэпсэтэллэр (1: 77). Манна –лар дьиэ кэргэни түмэн ыйар. Баһылайдар, Маалыкааннар биир остуолу толору кумааҕыны өрөһөлөөбүттэр… (1 78).

Сороҕор -лар, бу этиигэ курдук, тыллары – биир уустаах чилиэннэри ситимниир-холбуур оруоллаах. Холобур: Үгүс, элбэх Үйэлэр Күтүр улахан Күүстэрин… (1 126). … Төннөр, кырдьар Төлкөлөрдөөх эбиппит. (1 135), о.д.а. Бу үксүн бэйиэсийэҕэ түбэһэр: бэйиэт тугу туойарын -лар көмөтүнэн күүһүрдэн-эрчимнээн биэрэр. Бу – полкулуортан утумнаммыт ньыма. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, элбэх ахсаан сыһыарыытын аһара хадаҕалаан туттуу (уон оҕолор, биэс хас оттор, үгүс оонньуулар…) бары суруйааччыга көстөр. Ону аҥаар кырыытыттан быһа бааччы сыыһа диир эндиэлээх. Ити ис дьиҥин истилиистэр итэҕэтиилээхтик, ылыннарыылаахтык быһаарыахтара.

• -На: Сиэҥкэбит ырбаахыта суох буолла, ырбаахы таҥаһына ылыахха, – диэтэ Ыстапаанньыйа. (1 24). [Кылар кыыс:] Дьэ, табаххына көрөөр эрэ. (1 192) [Мааһа:] Аҕаа, бардаххына, ырбаахы таҥаһына ылаарыый, бука… (1 191).

Бу халыып — тардыылаах араарыы түһүк дулгаан тылыгар эрэ баар. Биһиги тылбытыгар өлүктүйбүт майгыннаах: олус сэдэхтик көстөр. Сонун кэриэтэ эттэххэ, 30-ча суруйааччы айымньытыттан 130-ча холобуру буллум. Аҕыйах дуу? Син аҕай дуу? Күндэ бэрсэнээс кэпсэтиитигэр үстэ киллэрэр. Ол иһин үөрбүччэ үһүөннэрин ааҕааччы дьүүлүгэр туруордум. -На сыһыарыы саха түөлбэ тылын уочаркатыгар ыйыллыбат. Ити – -на араарыы түһүк кэпсэтии тылыгар иһиллибэтин бэлиэтэ. Түһүктээһиҥҥэ сэмсэ сиэринэн Күндэ түөлбэтин тылын кырамаатыкатын биир бэлиэтэ [5: 159-160]. Таарыччы ахтан аһардахха, таба суруйуу быраабылатыгар хабылларга уруккуттан дураһыйар –ннан сэтиилэнэн сиэттистин: бириэмэннэн, тыаннан… Итини Күндэ дьоруой тылыгар кыбытар. Оттон бэйэтин (ааптар) тылыгар суох. Ол эрээри «Тиэрмин тылдьытыгар» арыт туттар: тосту туора быһыыннан үөрэх [2: 142], ууннан эмтэнии [2: 151].

-Ыый (-ый, -ытыый): [Мукуйук:] … Онтум да туһугар ырбаахыгытын аҕалыҥытыый. (1 201) Ааптар маны кэпсэтиигэ-диалогка үгүстүк туттар (ааҕыый, сыттыныый, гыныый, көрөөрүүй, бараарыҥытыый…). Бу көрдөһөр-иэйэр халыып киэҥник тэнийбит [5: 182-183]. Тыл сиэрин-этикиэтин биир бэртээхэй бэлиэтин быһыытынан салгыы тэнийдэр тэнийэн иһэр. Саамай сөп: күүһүлэспит күүдээх күүһүн да кыайбат, ааттаспыт аам-дьаамы алдьатар диэн өбүгэбит этэрэ. Бу халыып этиллэрдиин-иһиллэрдиин, эчи, минньигэһин эриэхсит! Ити бэлиэтиир дьикти сыһыана ийэ оҕотун кытта кэпсэтэригэр эбии иэйиилэнэр: [Марба] таптайа-таптайа: Чыычааҕым, утуйу-уй, утуй! – диэтэ. (1 9)

Итиннэ эбии киллэһик киллэриэххэ син. Кэлин көрбүт уонча олоҥхом тиэкиһигэр ити халыып сороҕор уонтан тахсата көстөр.

Суруйааччы айымньытыгар туора киһи саҥатын (диалогу, сирэй саҥаны) хото биэрэр буолан, кэпсэтии тыла (ол иһигэр түөлбэ тыла эмиэ киирсэр) балачча туттуллар (дьабаччы сытыйан, Байбал баҕайы, күүгүнээмэ, ачаалатыма, сыакаар, дэлбэрийэргин /аһыыргын/, лээбиргии олорума, маҥай аллаах, бурууһаатаҕай /аккаастаатаҕай/, алдьана үөрэммит дьон, чакыччы /наар, аҥаардастыы/, аҕаҥ хотоку, ыстаайа, о.д.а.).

Тылы үөскэтии: кыс моонньунааҕы эрэй, тыа быта, ойууртан ылыллар/чөҥөчөк/оһох нолуога, симии/биитэй/сутуруо оһох. Оччотооҕу саха олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр холбуу хабааннаах тыллар билиҥҥи ааҕааччы билиэх-көрүөх баҕатын көбүтэллэр.  Балартан икки кэнники (дьиҥэр, 6 тыл) тиэрмин буолар. Итинэн сиэттэрэн, Күндэ саха тылын үөрэҕин тиэрминин оҥорбутун туһунан кып-кылгастык ахтыахха эрэ (тиэрминньиттэр сөбүн суруйбуттара, өссө даҕаны сыаналыахтара турдаҕа).

Күндэ сахалыы тиэрминэлиэгийэ ааттаах акылаатын уурбут чинчийээччинэн ааҕыллыан ааҕыллар [6: 214]. Итини саха тылын үөрэҕин тиэрминин оччотооҕу таһым кыаҕынан бэркэ оҥорбута даҕаны үчүгэйдик бигэргэтэр. Оҕурдук кини тылдьытыгар [2: 117-234] киллэрбит сорох тиэрминнэрэ билиҥҥэ диэри илэ көрүҥнэринэн уонна суолталарынан туттулла сылдьаллар, мөккүөрэ суох олохсуйдулар. Холобур: киэп (наклонение), дьөһүөл (послелог), көрүҥ (вид), күүһүрдэр бэлиэ (восклицательный знак), бириэмэ, туохтуур (глагол), сыһыат туохтуур (деепричастие), саҥа аллайыы (междометие), саҥа тыл (неологизм), этии (предложение) уо.д.а. Сорохторо кыратык тупсарылыннылар, судургутуйдулар, холобур: толорор тыл (дополнение; толоруу онн.), даҕаамыр сыһыарыы (приложение; билигин даҕаамыр), о.д.а.

Түмүк оннугар

Быстах-остох бэлиэтээһин да кыракый  түмүктээҕэ кэм астык. А.А. Иванов-Күндэ саха бастакы көлүөнэ суруйааччыларын биирдэстэрин быһыытынан норуот тылынан уус-уран айыытыгар биһирээн туттубут-туттар ньымаларын (дэгэт суолталаах араас сыһыарыыны, дорҕоону дьүөрэлээн этиини, омуннааһыны) айымньытыгар сатабыллаахтык туһанар. Итини сэргэ тыл сэдэхтик көстөр халыыбын (-на сыһыарыылаах араарыы түһүк), морполуогуйа олус көхтөөх -лар бэлиэтин ураты суолталаан биэрэрин астына саныыгын. Итиниэхэ бэйэтин түөлбэтин тылын-өһүн киэҥник тэнийбит ураты куорматын (-ыый, -ннан) бэрсэнээстэр кэпсэтиилэригэр киллэрэрин тумнуо, умнуо суохтааххын. Итинник «бытархай» да ааптар айымньытыгар олоҕу тыыннаан, илэ көрдөрөрүгэр көмөлөһөр.

Тиэрмин наука тиэкиһин күүстээх күлүүһэ буоларын Күндэ дириҥник өйдүүр. Ону саха тылын үөрэҕэр айбыт, тылбаастаабыт анал тыллара кэрэхсэтэ кэрэһилииллэр.

Уйбаан Мөлөкүүрэп

Чолбон. – 2018. – № 2

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар