Күндү киһи

Торҕо күөх хонууларга, аҥааттар-муҥааттар алаастарга өрө аспыт сир симэхтэрин эҥинэ бэйэлээх өҥнөөх эминньэхтэрэ оһуордаах-мандардаах көбүөр курдук киһи хараҕын сымнатар.

Оттон ыал кичэллээхтик охсуллубут тэлгэһэтигэр турар сэргэ тулатыгар, дьиэ иннигэр анал иһиттэргэ хойуутук олордуллубут сибэккилэр сэбирдэхтэрэ көҕөрө чэлгийбиттэр, олор быыстарыгар онон-манан тыллаары гыммыт болчуохтар көстөллөр. Аҕыйах хонугунан ити болчуохтар арыллан дьиэ тулатын сиэдэрэй көстүүнэн киэргэтэн, кэрэчээн лыах тэҥэ бөдөҥ эминньэхтэрин тэрэтэн сибэкки ыһыаҕын ыһыахтара.

Мааҕын халлаан суһуктуйуута үп-үрүҥ босхо былытчаан уста сылдьара. Оттон билигин ардах түһээри хайы-үйэ ыаһырбыт былыттар бөһүөлэк үрдүнэн сабардаабыттар. «Бука, ити күүстээх тыал үлэтин түмүгэ буолуо…» диэн саныы-саныы, хап-хара баттаҕын кэтэҕэр эрийэ тутан хомуммут, сибэкки ойуулаах уһун халааттаах ,сиртэн-буортан тэйбит курдук сырдык, нарын-намчы дьахтар ытарҕата эйэҥэлээн, дьиэ түбүгүн бүтэрэ-оһоро охсоору, иһирдьэ-таһырдьа элэстэнэр.

— Ньургун, тоойуом, таҥастары хомуйан киллэриэҥ дуо? Быһыыта, ардах түһээри гынна, —  дьахтар кэһиэхтэммит куолаһынан уолун соруйда.

— Киһитэ суох тугу да оҥорбоккут дуо ол?! – хоһугар төлөпүөнүн өрө мыҥыы сыппыт аҕыс саастаах хатыҥыр уол, кыыһыран, сырдык сирэйэ дьэбин уоһуйда.

— Чэ, бээ… Бэйэм да киллэриэм, — буһарыам диэн бэлэмнээн испит бэрэскилэрин остуолга хаалларан, Суоппуйа, тааһын туппутунан таһырдьа таҕыста.

Тыал өссө күүһүрбүт. Этиҥнээх ардах кэлбэтэр ханнык. Уот баран хааллаҕына, хаарыан бэрэскилэрин хайдах астыыр? Бу күннэргэ кэргэнэ Бүөтүр тэлгэһэ отун охсубута. Эмиэ маннык тыаллаах сөрүүн күн Суоппуйа мунньан, бугуллаан күнү быһа түбүгүрбүтэ. Уолун көмөҕө ыҥырбыта да Ньургун истибэтэх курдук туттан ыалга оонньуу ыстаммыта. Уолун наһаа атаахтатан кэбистэ быһыылаах. Эмиэ күөмэйэ аһыйда. Били от мунньуоҕутаан ыла төбөтүн ыарыыта бэргээтэ. Улууска киирэр дьонунан эмп ылларыан баҕарбыта эрээри, умнан кэбиһэн, төлөпүөнүн өҥөйөн да көрбөтө. Итинник саныы-саныы, ыал ийэтэ таҥаһын хомуйан иһэн, Ньургун саастыыта уол бэлэсипиэтин соһон иһэрин көрдө.

— Дорообо, Буобучча!

— Суоппуйа Уйбаанабына, дорообо. Ньургун баар дуо? – эриэн сибиитэрэлээх хара бараан уол бэлэсипиэтин күрүөҕэ өйөннөрдө.

— Ньургун баар-баар. Билигин ыҥырыам, — Суоппуйа эйэҕэстик мичээрдээтэ. – Ньургуон, Буобучча кэллэ. Тахсан оонньоо.

— Суох! Төбөм ыалдьар, — Ньургун, сол да төлөпүөнүттэн хараҕын араарбакка, хоһуттан быкпакка, ороҥҥо хам хараҕаланан сытта.

— Оо, ыарыйдыҥ дуо? – Суоппуйа соһуйан, уолун хоһугар ойон киирдэ. Ньургун сүүһүн тутан көрдө. Дьиҥэр, наһаа итийбэтэх курдук.

— Тыытыма, ийээ! Мэһэйдээмэ, — Ньургун кыыһыран силбиэтэннэ.

— Сөп, тоойуом. Сынньан. Күөмэйиҥ ыалдьыбат дуо?

— Суох!

— Мэ, уута ис, — Суоппуйа уулаах ыстакааны, аҕалан, туумба үрдүгэр уурда.

Дьиҥэр, ити аата Ньургун дьонугар уонна Буобуччаҕа кыыһыра сылдьар дьүһүнэ. Кини Буобучча бэлэсипиэтигэр ымсыыран аҕатыгар:

— Аҕаа, Буобучча бэлэсипиэттээх. Оттон миэхэ суох!– диэн баран уол быар куустан сүүһүн аннынан биир сири тобулу көрөн олорбута.

— Бээ, тохтоо. Ити тэрилиҥ балачча сыаналаах ээ уонна көрдөөн булуохха наада, — Бүөтүр, көнө муҥутаан, уолун оччо утарбатаҕа. Итинник кэпсэтии кэнниттэн Ньургун сүрэҕэлдьиир, истибэтэх курдук туттар буолбута хас да хонно.

Суоппуйа барахсан, хайыай, Буобуччаҕа Ньургун ыалдьыбыт үһү диэтэ. «Баҕар, дьаҥ буолуо?..» – дии санаан Суоппуйа, бэл, төбөтө ыарыйда. Саҥата суох бэрэскилэрин астаан сырылатта, таарыйа миин буһарда. Ол быыһыгар, сотору-сотору, уолун хоһун өҥөйөн көрөр.

Уку-суку киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн Ньургун, куолутунан, хоһугар баран сытта. Ийэлээх аҕата хотоҥҥо таҕыстылар. Ыкса киэһэ Суоппуйа сэниэтэ эстэн, нэһиилэ салбыҥнаан киирэн илиитин, сирэйин суунна. Таҥаһын уларыттан хоһугар ааста. Нукаай буолан да сыттар, Бүөтүрүн ыҥыран:

— Доҕоор, Бүөтүр, уолуҥ сүүһүн тутан көр эрэ, — диэн көрдөстө.

— Хайа, сэгээр, ыарыйдыгыт дуо? – Бүөтүр соһуйан харахтара кэҥээтилэр.

— Күөмэйим ыалдьыбыта хас да хонно. Билигин төбөм ыалдьар, — диэтэ Суоппуйа сэниэтэ суохтук.

 — Сэгэрим сыыһа! Сүүһүҥ ип-итии дии! — Бүөтүр кэргэнин сүүһүн тутан көрдө, уу аҕалан иһэртэ. Онтон уолун хоһугар киирэн таҕыста.

— Суонньа, уолбут ама курдук.

— Чэ, оннук эрэ буоллун. Мин сарсын улууска бардахпына сатаныыһы. Маннааҕы биэлсэр уоппускатыгар соҕуруу барбыта. Саатар, эмп-томп ылыам.

— Сөп, чыычаах. Баһылай сарсын барыахтаах. Киниэхэ эрийиэм.

— Сөп, сэгээр. Сарсыарда эрдэ туран хомунуом.

***

Күн оройо буолуута Ньургун уһуктан кэллэ. Куолутунан тото-хана утуйбут киһи быһыытынан тыыллаҥнаата, дьааһыйда. Аа-дьуо таҥнан, суунан-тараанан остуолга олордо. Ийэтэ дьэдьэннээх күөрчэх бэлэмнээбит эбит. Уол күөрчэхтээх килиэби саахарга умньуу-умньуу мотуйда.

— Хайа, Ньургун, турдуҥ дуо? Төбөҥ ыалдьыбат дуо? – Бүөтүр таһырдьаттан киирдэ.

— Суох, ыалдьыбат. Ийэм ханна баарый?

— Маарыын улууска айаннаабыта. Баҕар, киэһэ кэлиэҕэ.

— Сөп, — Ньургун иһигэр үөрэ санаата.

Ийэтэ улууска бардаҕына наар кэһиилээх кэлээччи. Оччотугар бүгүн Ньургуҥҥа дьоро киэһэ үүнүөхтээх. Ньургун хараҕар саҥа оонньуур, таҥас-сап, минньигэс ас көстөн кэллилэр. Ол иһин ийэтэ хаһан кэлэрин күүппүтүнэн барда. Арай чаһы ханна да ыксаабакка биир “тик-так, тик-так” тыаһыыр. Кэтэстэххэ күн уһунуон! Эмискэ төлөпүөн тырылаата.

Бүөтүр хап-сабар ылан:

— Алуо! – диэтэ. – Чыычаах, дорообо. Сөп-сөп. Быраас тугу этэрин иһит. Киирэр буоллаҕыҥ дии. Хата, малгын бэлэмнээн илдьэ барбытыҥ үчүгэй. Оо, төлөпүөнүҥ ииттэрэрин умуннуҥ дуо? Чэ, кимтэн эрэ уларсаар. Санааҕын түһэримэ. Һэ-һэ, хата, ол оннугар ааҕар кинигэҕин умнубаккын ээ. Сэгээр, күнүс тугу буһарабын? Лапсабын сиэбэтэҕинэ, тута сылдьан бэрэски сиир ини. Чэ, хайдах эрэ буһаран көрүөм. Сыллыыбын, балыыһаҕа киирэн, үчүгэйдик эмтэн.

— Аҕаа, ийэм дуо? Туох диирий? – Ньургун бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолла.

— Ийэҥ балыыһаҕа киирдэ. Уонча хонук систиэмэ уонна укуол ылыаҕа. Күөмэйэ күүскэ ыалдьыбыт. Тыалга үрдэрдэҕэ. Бэҕэһээ ийэҕэр көмөлөспүтүҥ буоллар, баҕар, наһаа ыалдьыа суоҕа этэ, — Бүөтүр уолун сэмэлээтэ.

Ийэтигэр кыыһыра сылдьыбыта ити баар! Ньургун төлөпүөнүгэр солуута суох буолары-буолбаты көрө сыппытын кэмсиннэ. Аҕата соруйбутугар, таһырдьа тахсан, далга сылдьар ньирэйдэргэ уу таста. Ууну күрүө нөҥүө нэлэгэр тааска кута туран, утатан уу былдьаһар торбостору сүүстэриттэн имэрийиэн баҕарда. Онуоха тэһии тарбыйахтар үргэн чугаһаабатылар. Атыҥырыыллар быһыылаах.

— Ньургуон, кэл. Аһаатыбыт! – аҕатын хаһыытын истэн уол дьиэтигэр тиэтэйдэ.

Салаата, минньигэс аһа суох остуолу кини мыына көрдө. Эттээх, уһуннук буһан сыстан хаалбыт лапсаны кыратык амсайаат.

— Тууһа биллибэт, — диэтэ, тэриэлкэтин төттөрү аста.

— Саатар, бэрэскитэ сиэ. Киэһэлик сибэккилэргэ уонна оҕуруокка уута кутаар. Сөп дуо?

— Сөп. Чэ, мин аһаан бүттүм, — Ньургун икки бэрэскини сиэн баран остуолтан турда.

Уол тэһийбэккэ ыалга оонньуу барда. Араҕас күүлэлээх дьиэ аанын тоҥсуйда. Алаадьы минньигэс сыта муннугар саба биэрдэ. Маҥан былааттаах, эргэ халааттаах, толуу көрүҥнээх хара бараан эмээхсин дьиэттэн аргыый аҕай тахсан кэллэ.

— Дорооболоруҥ! Буобучча баар дуо? – Ньургун симиктик ыйытта.

Кини Даарыйа эмээхсинтэн толлор буолан дьиэҕэ киирэн талбытынан хоско ааспат. Оттон Буобучча кинилэргэ кэллэҕинэ дорооболоһоот Ньургун хоһугар ааһааччы. Бэҕэһээ Ньургун «ыалдьа» сытарын истэн эрэ тохтообута. Суоппуйа Ньургун атастарын кытта доҕордуу эйэҕэстик кэпсэтэр, минньигэс аһынан күндүлүүр үгэстээх. Ол иһин кинини оҕо аймах олус сөбүлүүр.

— Дорообо. Нохоо, Буобучча! Ньургун кэллэ, — эмээхсин аргыый аҕай дьиэҕэ киирэн иһэн үөгүлээтэ.

— Ньургун, дорообо! – Буобучча атаһын көрөн мичээрдээтэ.

— Дорообо.

— Чэ, таһырдьа тахсыах. Туох сонун?

— Ийэм балыыһаҕа киирдэ, — Ньургун боччумуран, сири одуулаата.

— Оо, тоҕо?

— Күөмэйэ күүскэ ыалдьан систиэмэ уонна укуол ыла сылдьар.

— Балыыһа үлэлээбэт дии.

— Улууска киирбитэ.

Ээ, сөп. Ньургун, санаарҕаама. Балыыһаҕа эмтэнэр ордук.

— Оннук, — Ньургун кэҕис гынна. – Бэлэсипиэтинэн төһө ыраах бараҕын?

Ньургун икки көлүөһэлээх көлөнү эргийэ сылдьан биһирээбиттии көрдө.

— Син балачча ыраах тэбэбин, — Буобучча киэн туттан сирэйдиин сырдаата. – Эн тэбэн көр эрэ.

— Көҥүллүүгүн дуо? Эгэ эрэ буоллаҕа дии! – Ньургун күлүм аллайда.

Уолаттар көлөлөрүн олбу-солбу миинэн, эбэ аттынан ааһан, сайылыкка барар айан суолун таһынан дуоһуйуохтарыгар диэри хатааһылаатылар.

Киирэн эрэр күн көмүс утахтара эбэ ньуурун киэргэтэн долгуннура дьиримниир. Оттон кэрии тыа саҕатынан күн уотуттан сып-сырдык буолбут чээлэй күөх хонуу хараҕы сымнатар. Үтүөкэн көстүүнү ситэрэн халлааҥҥа устар будьурхай былыттар кытара кыыһан улуу худуоһунньук хартыынатын санаталлар. Маннык кэрэ айылҕаҕа сиккиэри сырсан бэлэсипиэт тэбэр үчүгэйиэн! Төрөөбүт дойду киэһээҥҥи кэрэ көстүүтэ угуйар алыптаах эбит.

Ньургун күн аайы киэһэтин төлөпүөн күөх уота барбах сырдатар хараҥа хоһугар сытыан оннугар Буобуччаҕа тиэстэр буолла. Арай: «Нохоо, Буобучча, аһаатыбыт!» – диэн Даарыйа хаһыытын иһиттэҕинэ барыах-кэлиэх сирин булбат. Аччыктаабыт санаатыгар Даарыйа ас амтаннааҕын астыыр. Аҕата буһарбыт хааһы буолбут миинин курдук буолуо дуо? Минньигэс ас сыта уол муннун кычыгылатар. Ол эрээри толлон дьиэҕэ киирбэт. Уку-сакы тиэргэнин диэки хаамар. Биитэр, дьиэлээбит курдук туттан, күрүө таһынааҕы саһаан кэннигэр тиийэн олорор. Бу түгэҥҥэ Ньургун ийэтин ахтара эбии күүһүрэр. Хараҕар ыыс араҕас бэрэскилэр, сымнаҕас бискибиит, арыылаах алаадьы, онтон да араас минньигэс астар көстөн кэлэллэр.

Биир киэһэ Даарыйа эмиэ:

— Аһаатыбыт! – диэн улаханнык саҥаран ыҥырда.

Буобучча хап-сабар:

— Көрсүөххэ диэри, — диэт дьиэтигэр дьылыс гынан хаалла.

— Чэ, бакаа, — Ньургун оргууй дьиэтин диэки хаамта. Эмискэ кэннигэр:

— Ньургун, тохтоо! Эбээм ыҥырар, — диэн хаһыыны иһиттэ.

— Кырдьык дуо? – уол эргиллэ биэрдэ.

— Кырдьык-кырдьык.

Ньургун толло саныы-саныы атаһын батыһан дьиэҕэ киирдэ.

— Тоойуом, кэл, аһаа, — Даарыйа сымнаан хаалбыт куолаһынан Ньургуну остуолга ыҥырда. – Нохоо, Буобучча, тоҕо кэпсээбэккин? Суоппуйа балыыһаҕа киирбит эбит дии. Балбаара эттэ.

— Умнан кэбиспиппин, — Буобучча, үгэһинэн, киэҥ харахтарынан кылап-халап көрдө.

Остуолга минньигэс плов, хобуорас, дьэдьэн барыанньата, бирээнньик, оннооҕор оҕурсулаах салаат кэккэлэспиттэр.

— Ньургун, ийэҥ эрийэр дуо? Доруобуйата хайдаҕый?

— Бэҕэһээ эрийэ сылдьыбыта. Ама буолан эрэбин, анаалыстарым үчүгэй буоллахтарына сотору тахсыам диэбитэ. Төлөпүөнүн ииттэрэрин умнан кэбиһэн биирдэ эмэ эрийээччи, — Ньургун өрө тыынна.

— Сөрүүн күҥҥэ тымныйдаҕа буолуо. Хата, үтүөрэн эрэр буоллаҕына бэрт. Чэ, аһаан ис, тоойуом. Кыбыстыма.

Ньургун Даарыйа истиҥ сыһыанын көһүппэтэх буолан дуу, биитэр ийэтин суохтаабыта бэрдиттэн дуу, эмискэ хараҕа ууланна.

— Барахсаныам, ийэҕин ахтаҕын аҕай быһыылаах… — оннооҕор Даарыйа уйадыйда.

Уол, кырдьык, ийэтин олус ахтар! Сып-сылааһынан мичээрдээбит ийэтин мөссүөнэ санаатыгар куруук баар. Наар дьиэтин сууйа-сото сылдьар, сороҕор тугу эрэ иистэнэр, өрүү иллэҥэ суох ийэтин көмүс илиититтэн дьиэ иһинээҕи мал-сал, тиэргэҥҥэ баар от-мас барыта тупсан, тыллан кэлэргэ дылы буолааччы. Оттон билигин… Ийэтэ суоҕар кинилэр дьиэлэригэр соҕотохсуйуу уонна ахтылҕан курас салгына олохсуйбут курдук. Бэл сибэккилэр тыллыахча тыллыбакка, хаһаайкаларын кэтэһэн соҥуоран турарга дылылар.

— Махтал! – уолаттар аһаан бүтэн, бэлэсипиэттии бардылар.

— Ньургун, хобуорас ылан кэлэбит дуо? – диэн ол баран иһэн Буобучча эмискэ этии киллэрдэ.

— Сөп, — Ньургун сөбүлэстэ.

Даарыйаҕа ыала эмээхсин, истэринэн мөлтөх Балбаара кэлбит эбит. Күүлэ кирилиэһигэр олорон икки улахан саҥалаах дьон кэпсээннэрэ ырааппыт. Истиэн баҕарбат да киһи истэрин курдук.

— Даайыс, бу күннэргэ, хата, ардаата дии. Оҕуруоппар уу куппакка сынньанным.

— Оннук. Сир аһа эмиэ үүннэ. Чугастааҕы тыаҕа дьэдьэннээн куруускабын толордум.

— Бэрт дии! Кыыһыҥ Туонньа эрийэ сылдьааччы дуо? – Балбаара соһуччу ыйытыылаах буолла.

Онуоха Буобучча сирэйдиин кубарыйан, уоһугар сөмүйэтин сыһыары туттан Ньургуҥҥа “тысс” диэтэ.

Уолаттар саһаан кэннигэр иһиллээн турдулар.

— Суох. Кэлин биирдэ эмэ, ый баһыгар-атаҕар эрийэр буолла, — Даарыйа ахсарбаттыы хардарда, сирэйэ дьэбин уоһуйда.

— Бай, тоҕо? – Балбаара, соһуйан, халыҥ таастаах ачыкытын көннөрдө.

— Күтүөппүн сирэн олоробун.

— Ээ? Туох диэтиҥ?

— Күтүөппүн олох сөбүлээбэтим диибин!

— Бай, тоҕо? – Балбаара эмээхсин иккистээн ыйытта.

— Буобучча быйыл манна үөрэннэ дии. Тоҕотун кэпсиибин дуо?

— Дьэ эрэ.

— Кыыһым уолун, дьиҥэр, куорат оскуолатыгар үөрэттэриэн баҕарбыта. Өйдүүгүн? Былырыын кыыспар киирэ сылдьыбыппын? Доруобуйабын көрдөрө таарыйа  Буобуччабын ахтан киирбитим. Кыһыл оҕо эрдэҕиттэн көрбүт оҕом буоллаҕа. Бэйэм күлүүстээхпин. Онон талбыппынан сылдьабын. Арай, дьиэҕэ киирэн иһэн, наар күтүөтүм бардьыгыныыр саҥатын истэр буоллум. Оҕом, Буобуччам, куттаммыт сирэйиттэн сылыктаатахха наар мөҕүллэр эбит. Күтүөтүм, кэлбиппин биллэр эрэ, кып-кыһыл сирэйдээх хоһугар киирэн хаалар. Киһини кытта сүгүн да кэпсэппэт. Биирдэ баарбар Буобуччаҕа куолаһын соноппутугар тулуйбатым ээ! «Сүгүн ииппэт буоллаххытына, иитимэҥ. Эбэлээх уол. Бэйэбит да олоруохпут», — диэтим да оҕобун илдьэ кэллэҕим дии. Хата, уолум саҥа таас оскуолаҕа кимнээҕэр үчүгэйдик үөрэнэ сылдьар, — Даарыйа ыраахтан көстөр икки мэндиэмэннээх таас оскуоланы кэрэхсээбиттии көрдө.

— Оннук. Манна да үчүгэйдик үөрэтэллэр. Күтүөтүҥ туохтан кыыһырар буоллаҕай?

— Бэрт дуона суохтан. Холобур, тэлэбииһэр пультун аҕалбатаҕыттан сылтаан. Наар хамначчыт курдук соруйа сылдьар идэлэммиттэр. Кыыһым иккис оҕолонуоҕуттан күтүөтүм дьүһүн кубулуйда. Буобуччабар сирэйэ-хараҕа турарын көрүөҥ этэ.

— Оттон кыыһыҥ оҕотун көмүскэспэт дуо? – Балбаара билиэн-көрүөн баҕата баһаам.

— Туонньам сымнаҕас майгылаах… Наһаа сымнаҕас. Аҕатын курдук.

— Оннук. Сэмэн барахсан олус үтүө майгылаах этэ.

— Саатар, оҕолоох ойох тахсан, сирилиннэхпит ол.

— Буобучча төрөппүт аҕата билсэр дуо?

— Суох. Олох кыһаммат. Кыыспын албыннаабыт киһи куота сылдьар буоллаҕа. Бэйэтэ кыыстаах сылдьан, Туонньабынаан билсибит эбит. Алимент туһунан саҥарбаппын, ол — туспа остуоруйа. Чэ, бээ… Атыны кэпсэтиэххэ. Сибэккилэрбин көрдөрүүм эрэ. Эустомам тыллыбыта.

— Көрдөр-көрдөр, — эмээхситтэр оргууй аҕай дьиэ кэннигэр бардылар…

Буобучча хобуораһын ылбакка, бэлэсипиэтин да умнан эбэ диэки сэниэлээхтик хаама турда. Сирэйэ кытарбыта сүрдээх. Ньургун эмиэ саҥата суох атаһын батыста.

Буобучча эбэ кытылыгар тиийэн сытар мас үрдүгэр умса көрөн олордо уонна кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан:

— Ийэбин олус ахтабын… — эрэ диэхтээтэ.

— Өйдүүбүн, — Ньургун аһыммыт хараҕынан доҕорун көрдө.

— Ийэм миигин таптыыр ээ. Наар «Ложкой снег мешая, ночь идёт большая» диэн биһик ырыатын ыллааччы, куруук сыллыы сылдьар идэлээх.

— Кырдьык, ол аата таптыыр буоллаҕа дии.

— Быйыл биһиэхэ кэлэ да сылдьыбатылар. Бырааппын эмиэ ахтабын ээ. Арай үрүҥ эһэ эбиппит буоллар… Ийэм, баҕар, миигин быраҕыа суоҕа эбитэ буолуо, — Буобучча хараҕыттан уу-хаар баста. – Үрүҥ эһэ наар оҕолорун кытта сылдьар. Атыыр эһэҕэ олох да кыһаллыбат.

Ньургун, тылыттан матан, тугу да этиэн тобулбата, онтон өй ылбыттыы:

— Ийэҥ эрийдэҕинэ, таптыыргын, ахтаргын хайаан да этээр, — диэтэ. — Кэллэҕинэ батыһа сылдьан көмөлөһөөр. Мин курдук хоскор сытыма. Сөп дуо? Уонна «ханна да ыыппаппын» дии сырыт. Сөп дуо? Оччоҕо, баҕар, барыа суоҕа, — диэн сүбэ бөҕөтүн биэрдэ.

Буобучча саҥата суох кэҕис гынна. Онтон:

— Дьиэбэр билигин барыахпын баҕарбаппын дии, эһиэхэ барабыт дуо? – диэтэ.

— Былаһааккаҕа бара сылдьыахха.

— Кырдьык даҕаны!

Уолаттар хойукка диэри оҕолордуун оонньоон сэргэхсийдилэр. Ахтылҕан ыарыыта мүлүрүйбүккэ дылы буолла. Ньургун дьиэтигэр түүн тиийэн, аҕатыттан сэмэлэннэ. Бүөтүр барахсан уолун көрдөөн Даарыйаҕа тиийэ сылдьыбыт эбит.

Бэҕэһээҥҥи курус күнү мэлдьэспиттии, саҥа күн тэмтэйэ ойон таҕыста. Ньургун, туох эрэ үчүгэйи биттэнэн сүргэтэ көтөҕүллэн сырытта. Бүгүн сибэкки бөҕө тыллыбыт. Оннооҕор Даарыйа бэлэхтээбит эустомалара тыллыбыттар. Көрүөххэ үчүгэйин!

Маннык дьикти күн күнүстэри-түүннэри тигиниир-таҕыныыр куорат биир дьиэтиттэн оҕотун көтөхпүт, сылайбыт көрүҥнээх дьахтар тахсан кэллэ. Дьиэ таһыгар икки эдэр кыыс этиһэ тураллар эбит. Көстүүмнээх кыыс кыыһырбыта сүр. Саҥаран-иҥэрэн тылыбыраан сүрдээх. Эбиитин, наһаа тымныытык:

— Мин эйиэхэ ийэҥ буолбатахпын! – диэтэ.

Хара футболкалаах кыыс оҕо олус санаарҕаабыт көрүҥнээх. Кырдьыгын була сатаан, тугу эрэ мөккүһээхтиир быһыылаах. Эдьиийдии балыс этиһиилэрэ — олус курус хартыына! Оҕом Буобучча хайдах сылдьара буолла? Дьахтар, санаарҕаабыттыы, өрө тыынна. Таах-сибиэ… Ити үтүө дьүһүннээх эрээри, мөкү майгылаах эрин хайдах тулуйа сылдьара буолла?.. Буобучча эбэтинээн тыаҕа барыаҕыттан аны кини «буруйдаах моттойо» буолла. Этиһэн көрдөҕүнэ, күүлэйи өрө туппут «таһаҕастаах дьахтар» аатырар. Эрэ «кыра уолбун кимиэхэ да биэрбэппин!» диэн мордьойор, биирдэ эмэ илиитин да көтөҕөр. Эрин майгытын уларыйбыт төрүөтэ атын дьахтар эбит! Ону бэҕэһээ саҥа биллэ. Өр туттуна сатаан баран, эрин төлөпүөнүн уоран көрдө. Көссүүлэспитэ ырааппыт эбит. Көссүүтэ «чыычаах, хат буоллум» диэн суруйбутун ааҕан Туонньа, бэл, сүрэҕэ ыарыйда. Тугу да билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолар наһаа ыарахан эбит. Уута кэлбэккэ олус эрэйдэннэ. Кинилэр саахсаламматахтара эбээт! Малын хомунна да, оҕотун көтөхпүтүнэн дойдулуон сөп. Кэргэнэ сыаптаах ыт курдук саба түһэ сылдьар кэмигэр куоттаҕына сатаныыһы. Оҕотун былдьыы илигинэ, үлэтиттэн кэлэ илигинэ куотуохха!

Туонньа сорунуулаахтык хааман, дьиэтигэр төттөрү киирэн иһэн такси нүөмэригэр эрийдэ…

Ньургун Буобуччалаахха тиийбитэ Даарыйалаах Балбаара күрүө маһыгар сыҥаах баттанан күлэ-үөрэ кэпсэтэ тураллар эбит.

— Дьэ, аны күтүөтүм чугаһаан көрдүн эрэ! Миинньиктээх үүрүллүө, – Даарыйа дьээбэтэ баппат.

— Дьэ, сонун бөҕөҕүт дии. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, — Балбаара ымманыйар.

— Ньургун, дорообо! Мин үчүгэй сонуннаахпын! – Буобучча киэҥ хара харахтара дьол кыымынан чаҕылыһаллар.

— Дорообо. Тугуй?

— Ийэлээх быраатым манна көһөн иһэллэр үһү!

— Аата үчүгэйин! Оттон аҕаҕыт?

— Эбээм кэпсээбэт. Балбаара билэр быһыылаах, — Буобучча, куолутунан, сөмүйэтин уоһугар сыһыары тутта.

— Мин эппиппин өйдүүр инигин? Ийэҕин кууһаар уонна ханна да ыыппаппын диэр.

— Сөп, — Буобучча эйэҕэстик мичээрдээтэ.

Ньургун доҕорун үөрүүтүн үллэстэн, санаата көнөн, дьиэтин диэки барда. Арай тиэргэнигэр сабыс-саҥа бэлэсипиэт турар эбит! Кылабачыйбыт бэртээхэй көлөнү оргууй имэрийдэ уонна ийэтэ кэлбитин сэрэйэн дьиэҕэ көтөн түстэ.

— Ийээ, — диэт, тэтэркэй ырбаахылаах Суоппуйаны кууһа түстэ. – Ийээ, мин эйигин наһаа таптыыбын уонна ханна да ыыппаппын!

— Ии, оҕом барахсан! – Суоппуйа уолун иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан ылла.

Ньургуннаах дьиэлэригэр бүгүн дьоро киэһэ үүннэ. Ыкса түүн уол түннүгүнэн көрдөҕүнэ Даарыйалаах дьиэлэрин таһыгар массыына уота сандаарыҥнаата. Ньургун, тоҕо эрэ, үрүҥ эһэлэри санаата уонна ийэтэ бэлэхтээбит кинигэтин ууран уоһугар истиҥ мичээрдээх сыттыгын кууста.

Мааны Маарыйа

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар