Розалия Дягилева,
кыраайы үөрэтээччи, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ
Мин төрөөбүт дойдум Өймөкөөн историятын хомуйбутум отуттан тахса сыл буолла. Оччотооҕуга баар бүтэһик саастаах кырдьаҕастарга куруук сылдьарым, ахтыы бөҕөтүн суруммутум. Эмиэ кинилэртэн ыйыталаһан суруналыыс уонна кыраайы үөрэтээччи Сергей Михайлович Егоров хаһыаттарга, кинигэлэригэр суруйбута элбэх. Оттон мин «кэлин суруйуом» дии сылдьан бириэмэ бөҕөтүн ыыттым, дьэ билигин кэлэн суруммут ахтыыларбын көрөн эрэбин.
Ыраах сытар Өймөкөөн «үрүҥ» уонна «кыһыл» буолан хайдыһан сэриилэһии кэмигэр будулҕаннаах олохтоммута. Оччолорго Дьокуускайтан Охотскайдыыр суол биһигинэн кэлэн ааһара уонна сирбит күндү кылааннаах түүлээҕинэн баайа, муораттан эмиэ чугас сытара. 1921 сыл сааһыгар Охотскай куораты Валериан Иванович Бочкарев, Иван Николаевич Яныгин диэн үрүҥ эписиэрдэр уонна Алексей Семенович Сентяпов эсер улахан утарсыыны көрсөн бассабыыктартан сэриилээн ылбыттар. Охотскай куорат омук сирин кытта сылдьыһарга табыгастааҕа. Нөҥүө сылын күһүнүгэр бу Сентяпов баһылыктаах уонча нуучча эписиэрэ Охотскайтан Өймөкөөҥҥө кэлэн Хапсыын Сайылыга диэн сиргэ кыстаабыттар. Манна олорон Сентяпов Саха сирин тоҕус хотугу улууһун дьаһайыахтааҕа, үрүҥнэр сэбиэскэй былааһы суулларан, кыһыллары хаайан хат этэрээт тэриниэхтээхтэрэ үһү. Хата, нөҥүө сылыгар кини эмискэ Охотскайыгар төннүбүт. Оччолорго киин улуустарга хотторбут бастаанньыстар тобохторо хоту улуустарга күрэммит кэмнэрэ этэ, кинилэргэ олохтоох баайдар холбоһон хат этэрээт тэринэ сатаабыттар. Саха бастаанньыстара Матвей Матвеевич Сивцев, Петр Иванович Оросин эмиэ элбэх киһилээх этэрээттэринээн кэлэн уһуннук олорбуттар. Онон Өймөкөөҥҥө хас да сыл араас этэрээттэр кэлэн бардахтарын аайы саҥа былаас тэрийэн испиттэр.
СВЕТЕЦ ЭТЭРЭЭТИН ТОҺУЙУУ
Халыманы үрүҥнэртэн босхолообут венгр Эрнст Георгиевич Светец хамандыырдаах кыһыллар экспедициялыыр этэрээттэрэ Өймөкөөҥҥө кэлэн Охотскайынан төннөр былааннааҕа. Ону маннааҕы бандьыыттары кытта сибээстээх дьон: «Охотскайга барымаҥ, онно бандьыыттар элбэхтэр», – диэн сүбэлээбитэ буолан, тоһуур оҥоһуллубут суолунан ыйан ыыталлар. Ол түмүгэр Светец этэрээтэ Томторго ый курдук олорон баран кулун тутар 12 күнүгэр Бүрүгээндэ үрэҕинэн Дьокуускай куоракка баран иһэн тоһуурга түбэһэн урусхалланар.
Урукку бастаанньыстар Степан Иванов–Үс Кур Уола, Николай Иванович Алексеев–Үүттүүр Уола, Александр Румянцев диэн эрдэ Охотскайтан кэлбит эбээннэртэн уонна Павел Дмитриевич Неустроев олохтоох эбээннэри мунньан, 65 киһилээх этэрээт тэринэн, Светец хамандыырдаах кыһыллары тоһуйаллар.
Бу тоһууру оҥоруохтарын иннинээҕи күн олохтоох эбээннэр оҕолорун күрэтэн кыра хайа үрдүгэр ураһа туруоран биир сиргэ муспуттар. Оччолорго саҥа улаатан эрэр обургу кыыс Мария Семеновна Голикова (Баишева) ол ытыалаһыыны көрбүтүн туһунан 1991 сыллаахха кэпсээбитэ:
– Бандьыыттар түүн биһиэхэ, Бүрүгээндэҕэ киирэр туора үрүйэҕэ Кырынаастаах (Сороҕор Сохсолоох диэччилэр – аапт.) диэн сиргэ, тиийбиттэрэ. Ол сарсыарда тоһуйан ыппыттара, саа тыаһа бөҕө этэ. Барытын илэ харахпынан көрбүтүм, хайа үрдүттэн. Хаҥас диэки тыаттан бандьыыттар ытыалаатылар, уҥа диэки – хайа. Бастаан сирдьиттэрин ыттылар, онтон Светец сыарҕатын ыттылар. Дырылык Уйбаан сирдьит этэ, сүүрэн иһэн ытыллан өлбүтэ. Биһиги эһэбит Һүлэркээн Сэмэн саата эстибэтэҕэр, атын сааны ылаары мууска киирбит. Ону Светец бааһырбыт саллаата сыарҕа анныгар сытан оҕонньору ытан, бүөргэ таппыт. Оҕонньор нөҥүө күн өлбүтэ. Кыыска Миитэрэй бандьыыт, Верхоянскай эбээнэ этэ, кини сыарҕа анныгар сытар киһини ытан өлөрбүтэ. Киэһэ Кыыска Миитэрэй Светец тарбаҕар кэтэ сылдьар биһилэҕин сүгэнэн быһа охсон ылбыта. Өлбүт дьону үрдүк тааска кэккэлэччи үрүт-үрдүлэригэр кыстаабыттара, суорҕанынан саппыттара. Ону барытын Алексеевтаах дьаһайбыттара.
Светец кибииткэлээх сыарҕатын Мэмээл Дьөгүөрүскэ, Кириилэ уонна икки эбээн ытыахтаахтар эбит. Светецтээх ырыалара ыраахтан иһиллэрэ үһү. Сирдьиттэрэ биир табалаах сыарҕатын быһан баран инники куотан эрдэҕинэ, Светецтээх бэйэлэрэ ыппыттар. Агайыкаан киһитэ Бооһоой Хабырылла өлбүт Светеһи кибииткэтиттэн хостоон баран быһаҕынан сүнньүн үүттээбит. Биир киһи төттөрү сүүрбүт. Ол төннүбүтүн тутан ылбыттар. Пулеметчик пулеметун сүөрэн, ботуруонун ииттэн олох ытарын саҕана өлөрбүттэр, кини баттаһан ыппыта буоллар үрүҥнэри кэһэтиэ хаалбыт. Өлөрбүт дьоннорун таҥастарын кэтэн үрүҥнэр киэһэ бары кыһыллар курдук таҥныбыттар. «Тутуллубут дьахтардаах эр киһини ытыахха, кэлин үчүгэйи гыныахтара суоҕа», – диэн Мэмээл Дьөгүөрүскэ этии киллэрбит. Онуоха Үүттүүр Уола: «Бэриммит дьону босхолуубут», – диэн хардарбытыгар киһитэ кыыһыран баран хаалбыт.
Кэпсээнтэн кэпсээн, Светец кэргэнэ Феоктиста Григорьевна фотоаппараттаах эбит, ону сонун иһигэр уктан, кистээн, тоһуур оҥорооччулары түһэрбитэ үһү. Кэлин ол хаартыскалары кыһыл этэрээт байыастарыгар биэрэн ыыппыт. Онон көрөн кыттыгастаахтары тутаттаабыттар. Ол этэрээти Охотскайтан Мэмээл Дьөгүөрүскэ сирдээн аҕалбыт.
Тоһуурга кыттыбыттар:
1. Степан Иванов–Үс Кур Уола – баай, нууччалыы дьүһүннээх, кыра уҥуохтаах. Светецтээҕи өлөрөн баран, кинилэр сэриилэһэр сэптэрин илдьэ Верхоянскайга тиийэн кыһыллары утары сэриилэспит. Кэлин Булуҥҥа Сиикэй Талах кыргыһыытыгар өлбүт. Бүлүү киһитэ.
2. Николай Иванович Алексеев–Үүттүүр Уола – бастаанньыстар биллэр хамандыырдара. Амма киһитэ.
3. Александр Румянцев – үрүҥнэр ыстааптарын начаалынньыга. Үрдүк, бөдөҥ киһи. Верхоянскайтан Тойон Мурун күрэтэн аҕалан Бүрүгээндэҕэ Хампый Лаамыта диэн сиргэ саһыарбыт. Онно этэрээт тэринэн эбээннэри мунньубут. Кэлин Абыйга өлбүт. Уус Алдан Дүпсүнүн киһитэ.
4. Лука Заболоцкай – Уус Алдан Байаҕантайын киһитэ.
5. Алексей Вензель–Тойон Мурун – кыра атыыһыт, үрүҥнэргэ сылдьыбыт киһи. Үчүгэй сиригэр Күҥкүйгэ олорбут.
6. Ини-бии Үгүрүөлэр – Ньукулай уонна Оппуочук – Николай уонна Афанасий Петрович Винокуровтар, кыра уҥуохтаах, куобах бэргэһэлээх дьон. Кинилэр 1927 сыллаахха Кириэс Халдьаайыттан төрүттээх Макар Тарасович Потапов диэн сэбиэскэй эргиэн эдэр үлэһитэ харчыны улуус киин ситэриилээх кэмитиэтигэр аҕалан истэҕинэ, ону былдьаары Үчүгэйгэ тоһуйан кыыллыы сэймэктээн өлөрбүттэр – эдэр уол этигэр сүүрбэттэн тахса быһах суолун аахпыттар, икки хараҕа тэстибитэ, тыла, муруна, кулгаахтара быһыллыбыта, сүрэҕэ ойоҕоһунан быкпыта, иһин хостоон оһоҕоһун субуйбуттара ахтыллар. Бу Потапов өлүгүн Томторго илдьэн кыһыл хамандыыр Светец уҥуоҕун таһыгар көмпүттэр. Үгүрүөлэр Үчүгэй сиригэр Дьакайга олорбуттар.
7. Лука Оготоев – үрүҥнэргэ сылдьыбыт киһи. Верхоянскайга А.Е. Кралин этэрээтин утары сэриилэспитин туһунан кэпсиирин Ньыма Махсыым ахтара. Кини Светецтээҕи тоһуйууга кыттыспытын Үгүрүөлэр кыра бырааттара Григорий Петрович Винокуров диэн үрүҥнэргэ асчытынан сылдьыбыт киһи кэлин эмиэ Ньыма Махсыымҥа кэпсээбит. Д.С. Богатырев билэр киһитэ дуу, аймаҕа дуу буолан, кэлин кинини милиция оҥорбута М.Т. Потаповы өлөрбүттэрин силиэстийэлээбитэ үһү. Таатта киһитэ.
8. Семен Баишев–Онуппа – эбээн, үрүҥнэргэ сылдьыбыт. Светецтээҕи кытта ытыалаһыы кэмигэр саата харан хаалбыт, ол иһин мууска сүүрэн киирэн өлбүт киһи саатын ылан эрдэҕинэ сыарҕа анныттан бааһырбыт кыһыл байыас ыппыт. Онно бүөргэ таптаран, тоһуур нөҥүө күнүгэр өлбүт. Үчүгэй сиригэр олорбут.
9. Гаврил Винокуров–Бооһой – үрүҥнэргэ сылдьыбыт. Өлбүт Светеһи кибииткэтиттэн таһааран сүнньүн быһаҕынан үүттээбит, ону Светец кэргэнэ Феоктиста Григорьевна кистээн хаартыскаҕа түһэрбитэ үһү. Кэлин бу хаартыскаларынан көрөн кыттыбыт дьону Светец саллааттара булаттаабыттар. Кырдьаҕастар: «Анаан ситиһэ кэлбиттэр эбит», – дэһэллэрэ. Үгүрүөлэри кытта сэбиэскэй эргиэн үлэһитэ М.Т. Потапов өлөрүүгэ эмиэ кыттыбыт. Үчүгэй сиригэр Агайыкааҥҥа олорбут киһи.
10. Павел Дмитриевич Неустроев – үөрэхтээх, бастаанньыс, ВЯОНУ баайын харааннааччы М.М. Сивцев суруксута. Петровтаах Охотскайга илдьэн өлөрбүттэр. Таатта киһитэ.
11. Егор Павлович Громов–Мэмээл Дьөгүөрүскэ эбэтэр Ааначаан Уола диэн ааттанара. Сентяповтаах саҕаттан үрүҥнэргэ кыттыспыт, кэлбит-барбыт сытыы киһи. 1921 сыллаахха Сентяпов хайҕаан саанан наҕараадалаабыт. 1927 сыллаахха Охотскайтан кэлбит Н.С. Петров хамандыырдаах кыһыллар этэрээттэригэр тылбаасчыт буола сылдьан, Өймөкөөҥҥө сирдээн аҕалбыт. Үрүҥнэртэн наҕараадаламмыт саатынан кыһыллартан куоппут Моттоохоон Уолун өттүккэ ытан бааһырдан туппут. Бу киһи ити быһылаан кэнниттэн икки сыарҕа табалаах сүтэн хаалбыт. Ханна барбыта биллибэт, көрдөөн баран булбатахтар. Өймөкөөн киһитэ.
12. Гаврил Саввич Кривошапкин–Мохсоҕоолоп Уола – үс сыл үрүҥнэргэ сылдьыбыт. Тарыҥ Үрэх киһитэ.
Халымаҕа сэбиэскэй былааһы олохтоон иһэр кыһыл хамандыыр Э.Г. Светец этэрээтин тоһуйан кыдыйбыт үрүҥнэртэн бу дьон ааттара чопчу биллэр. Тоһуурга үрүҥ эписиэрэ Гурий Александрович Прокопьев бэйэтинэн кыттыбатах. Өймөкөөн улууһун ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаевич Винокуров–Индигиирискэй ити кэмҥэ суох эбит. Сорох дьон кинини Светецкэ сурук биэрбит курдук кэпсииллэрэ, ол соччо оруна суох сурах. Охотскайтан уонна хоту улуустартан ити тоһуурга кыттыбыт эбээннэр баалларыттан мин билэрим итинник.
Ити тоһуур туһунан истэн баран сэбиэскэй былаас, ГПУ Өймөкөөҥҥө карательнай этэрээти ыытарга быһаарыммыт. Өймөкөөн олохтоохторугар улахан куттал суоһаабытын өйдөөн, Алексей Елисеевич Кулаковскай Саха киин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр Ойуунускайга тупсууну тэрийэргэ этии киллэрэр. СКСК мунньахтаан баран, Өймөкөөннөөҕү үрүҥ этэрээти эйэлээхтик бэриннэрэр туһунан кэпсэтиини ыытарга Кулаковскай баһылыктаах хамыыһыйаны тэрийбитэ. Хамыыһыйа Өймөкөөҥҥө кэлэн, өйдөтүү үлэтин ыытан, олохтоохтор суһал ыҥырыылаах съезтэрин тэрийэн, өрө турааччылары бэриннэрэр уонна сааларын-саадахтарын хомуйан ылан Дьокуускайга киллэрэн туттарар. Онон Алексей Кулаковскай хаан тохтуута суох эйэлээх олоҕу олохтоон, тапталлаах Өймөкөөнүн дьонун өлөр өлүүттэн быыһаабыта.
КУЙДУҺУҤҤА УМАТЫЛЛЫБЫТТАР
1927 сыллаахха Өймөкөөҥҥө «Индигиирискэй баандата» тэрилиннэ диэн сурах-садьык тарҕанан барбыт. Оттон Михаил Николаевич Винокуров–Индигиирискэй – Өймөкөөҥҥө сэбиэскэй былааһы олохтоспут, улуус ревкомун уонна ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, нэһилиэнньэ ытыктыыр үөрэхтээх киһитэ этэ. Кинини 13 тыһыынча солкуобайдаах үбү-харчыны, аһы-таҥаһы ыста диэн ити кэмнээҕи Өймөкөөн улууһугар норуот судьуйатынан анаан кэлбит чекист Данил Софронович Богатырев дьыала оҥорон, Дьокуускайга тиийээтин кытта тутуллан хаайыллыбыт. Сотору Индигиирискэй куорат хаайыытыттан күрээн иһэрин истэн, Богатырев аара суолга утары көрсүбэтэрбин диэбит курдук Охотскайынан Дьокуускайга куоппут.
1928 сыллаахха «Индигиирискэй баандатын» саба баттыы диэн Охотскайтан Николай С. Петров хамандыырдаах, 48 киһилээх кыһыл экспедициялыыр этэрээт Томторго кэлэр. Оччолорго Өймөкөөҥҥө баар көхтөөх үрүҥнэр – Амматтан төрүттээх Николай Иванович Алексеев–Үүттүүр Уола, урукку аҕабыыт Иван Константинович Бобухов диэн киһи олохтоохтор ытыктыыр киһилэрин Индигиирискэй аатын туһанан сүүрбэччэ киһилээх этэрээт тэриммиттэр. Ону сотору Индигиирискэй барыларын дьиэлэригэр тарҕатан кэбиспит уонна Гурий Прокопьевтыын иккиэйэҕин кыһыллартан Тарыҥ Үрэх диэки куоппуттар. Онно Силирикээн үрэҕэр балаакканан сытар дьоҥҥо Петровтаах тиийбиттэригэр, утары ытыаласпакка эрэ иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ытыһан өлбүттэр.
Кыһыллар Томторго кыайан-хотон төннөн кэлбиттэр уонна тарҕаһан хаалбыт этэрээт дьонун онтон-мантан ыйыталаһан, амнистия биллэрэбит диэн албыннаан, аһатан-арыгылатан баран, туттаран ылан оскуола дьиэтигэр хаайталаабыттар. Манна ордук Павел Неустроев диэн Таатта киһитэ дьону хомуйбута үһү. Светец этэрээтин тоһууруттан тыыннаах хаалбыт кыһыл байыастар кэлсэн, ол кыргыыга сылдьыбыт дьону хаартыскаҕа түһэрбиттэрин аҕалан, онон көрөн эмиэ тутуталаабыттар.
Сарсыарда тутуллубуттары барыларын иккилии илиилэриттэн баайталаан, ыстыыктаах саалаах саллааттар харабыллаан Охотскайга илдьэбит диэн үүрэн барбыттар. Онно биир бэрэмэдэйи толору сүгэни хаалаан илдьибиттэр. Тутуллан баран иһээччилэр өлөрө илдьэллэрин сэрэйэннэр аймаммыттар аҕай. Николай Осипович Кривошапкин атыыһыт ииппит уола Прокопий Старков төрөппүт уолаттара Сүөдэрдээх Гаврилы кытта баайыллан баран истэхтэринэ, эдэркээн уола хомойон: «Эн биһигини буккуйаҥҥын олох олорбокко өлөрүллэ баран иһэбит», – диэн аҕатын уһун суолу быһа саҥарбыта үһү…
Ити «бандьыыттаабыттар» диэн кыһыллар 18 киһини тыыннаахтыы умаппыттар, ол дьон ааттарын-суолларын чопчулаан суруйарга сананным.
1. Макар Иванович Собакин–Моттоохоон Уола – кытыгырас киһи, үрүҥнэргэ сылдьыбыт. Күдэн Уйбааны уонна Моттохоон Уолун илиилэриттэн бииргэ сыаптаан кэбиспиттэр, баран иһэн ол сыаптарын тоһуппуттар. Моттоохоон Уола эппит: «Билигин биһигини ытыахтара, мин куотуом. Эн хайдах сүүрэҕин?» Кэккэлии туран хамаанда биэрээттэрин кытта түһүнэн кэбиспиттэр. Күдэн Уйбаан сонно ытыллан өлбүт, оттон Моттоохоон Уола туора-маары сүүрэкэлээбит. Ону үс эбээн уучаҕынан эккирэппиттэр, Мэмээл Дьөгүөрүскэ диэн киһи урут үрүҥнэртэн бэлэхтэппит бинтиэпкэтинэн ытан өттүккэ табан, киһилэрин онон сиппиттэр уонна маамыктанан состорон аҕалбыттар.
2. Иван Никитич Заболоцкай–Күдэн Уйбаан – үрүҥнэргэ сылдьыбыт, Светецтээҕи тоһуйууга кыттыспыт. Убайа Туман Уйбаан – продавец Мария Ивановна Заболоцкая аҕата. Үчүгэй киһитэ.
3. Алексей Вензель–Тойон Мурун – нууччалыы хааннаах, баай, үрүҥнэргэ сылдьыбыт киһи. Үчүгэй сиригэр Күҥкүйгэ олорбут.
4. Иван Егорович Винокуров–Даллакыйа – үрүҥнэргэ сылдьыбыт. Кыбытыы Уйбаан диэн бэтэринээр убайа.
5. Прокопий Егорович Старков – үрүҥнэргэ сылдьыбыт. Кривошапкин атыыһыт төрөөбүтүнэн оҕону Муоматтан ылан ииппит, элбэх оҕолоох улахан ыал аҕата. Уолаттарынаан Тарыҥ Үрэххэ олорбут.
6. Федор Прокопьевич Старков – Прокопий Старков улахан уола, үрүҥнэргэ ыстаап начаалынньыга буола сылдьыбыт.
7. Гаврил Прокопьевич Старков – Прокопий Старков иккис уола. Бу Старковтар үс сыл үрүҥнэргэ сылдьыбыт дьон, 1925 сыллаахха Светецтээҕи тоһуйан кыргыыга кыттыспыттар. Кэлин «бандьыыт Старковтар» диэн дьон үөҕэллэриттэн удьуордара араспаанньаларын Кривошапкин диэҥҥэ уларыппыттар.
8. Николай Иванович Алексеев–Үүттүүр Уола – Амматтан төрүттээх, ВЯОНУ народнай аармыйатын биир чулуу этэрээтин хамандыырынан сылдьан Дьокуускай уонна Өлүөхүмэ уокуруктарыгар сэриилэспит, Пепеляев походугар көхтөөхтүк кыттыбыт. Кэлин Өймөкөөн уонна Муома икки ардыгар саһа сылдьан сэбиэскэй былааска элбэх утарсыылары оҥорбут, ол курдук 1925 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр Охотскайтан эбээннэри аҕалан, Светец кыһыл этэрээтэ Орто Халыманы үрүҥнэртэн босхолоон баран төннөн истэҕинэ Сохсолооххо тоһуур тэрийэн кыдыйбыт.
9, 10. Николай уонна Афанасий Петрович Винокуровтар – үрүҥнэргэ сылдьыбыттар, норуокка биллэллэринэн ини-бии Үгүрүөлэр. Сэбиэскэй эргиэн үлэһитэ М.Т. Потаповы сэймэктээн өлөрбүттэр. Үчүгэй сиригэр Дьакайга олорбуттар.
11. Гаврил Винокуров–Бооһой – үрүҥнэргэ сылдьыбыт киһи, Батыма Баһылай аҕатын быраата. Тоһуурга өлбүт Светеһи кибииткэттэн таһааран сүнньүн быһаҕынан үүттээбит, ону Светец кэргэнэ кистээн хаартыскаҕа түһэрбит үһү. Үчүгэйгэ Потаповы Үгүрүөлэри кытта кыттыһан өлөрсүбүт. Үчүгэй сиригэр Агайыкааҥҥа олорбут киһи.
12. Иван Тимофеевич Чахов–Чымаһа Уйбаан – Тааттаттан төрүттээх атыыһыт, үөрэхтээх, уус киһи. 1926 сыллаахха Томтор оскуолатын маастардаан туттарбыт. Дойдутугар олорон Пепеляев генерал этэрээтигэр диэн сиэртибэ хомуйбут. Пепеляев Айаантан тахсан Саһыл Сыһыыга тиийэн Строд төгүрүтүллүбүт этэрээтин кыайбакка хотторон хаалар. Чымаһа Уйбаан хомуйбут 78 сыарҕа таһаҕаһын, дьиэ кэргэнин тиэйэн Өймөкөөҥҥө көһөн кэлбит. Бу таһаҕаһын көмөн сытыарарын Дьокуускайтан НКВД дьоно тахсан тутан ылбыттарын туһунан «Автономная Якутия» хаһыаттан булан аахпытым. Өймөкөөҥҥө Биэрэк Үрдүн бэтэрээ өттүгэр Кусуумпаҕа олорбут.
13. Федот Винокуров – бөкчөгөр киһи.
14. Иван Винокуров–Суон Уйбаан – Ариан Винокуров оҕонньор убайа. Кинини кырдьаҕастар куһу да ыппатах киһи этэ диэн ахталлара.
15. Гаврил Саввич Кривошапкин–Мохсоҕоолоп Уола – үрүҥнэргэ сылдьыбыт. Тарыҥ Үрэх киһитэ.
16. Ардьаан быраата Халыҥ Уйбаан – үрүҥнэргэ сылдьыбыт киһи.
17. Яков Потапов – Томпо оҕонньоро. Табаларын Үүттүүр Уола аах былдьаан ылан Охотскайга илтэрбиттэр. Кэлин ону кыһыллар: «Эн бандьыыттарга табанан көмөлөһөр эбиккин», – диэн тутан ылан умаппыттар.
18. Семен Атласов–Чаартыыр – үрүҥнэргэ сылдьыбыт киһи, Куоҕас Мэхээлэ аҕата. Богатырев Өймөкөөнтөн куотарыгар бу Чаартыыр Сэмэн табанан Охотскайга илдьэн биэрбит уонна төннөн кэлэн Үүттүүр Уолун этэрээтигэр холбоспут. Томтор киһитэ.
Бу дьону Павел Дмитриевич Неустроев диэн Таатта киһитэ, уруккута М.М. Сивцев суруксута, кыһылларга көмөлөһөн, хомуйан киллэрэн кыһылларга туттарбыт. Богатырев Дьокуускайтан хойутаан кэлбит уонна: «Өлүө да суох дьон өлбүттэр», – диэбитэ үһү. Онон кини Неустроевка дьыала оҥорбут буолуон сөп – бу киһини сотору Петровтаах Охотскайга илдьэн өлөрбүттэр.
Өймөкөөн ытык киһитэ, өр сылларга Өймөкөөн эргиэнин ситимин салайбыт Николай Александрович Готовцев–Халабааччык маннык ахтан кэпсиирэ:
– Томтортон көстөн ордук Бэрэкээс диэн сиргэ үрэх уҥуоргу тэҥкэтигэр улахан тииттэр икки ардыларыгар умаппыттар. Хаппыт куруҥ мастаах сир этэ, уматар мастарын тутуллубут дьоҥҥо бэйэлэригэр бэлэмнэппиттэр. Светец этэрээтин өлөрбүт дьону илиилэрин боробулуоханан дьөлүтэ анньан тииккэ баайталаан, Потаповы өлөрбүт Үгүрүөлэри атахтарыттан таҥнары ыйаан умаппыттар, сорохторун ытыалаабыттар. Бу туһунан Бөлчүүк Уйбаан диэн кыһылларга сирдьит буолан сылдьыбыт, көрбүт киһи кэпсээбитэ. Саас ыччаттар анаан тахсан чөмчөкө, ойоҕос уҥуохтара, быалар тобохторо сыталларын көрбүппүт. Петровтаах элбэх кыраһыыны илдьэ барбыттара үһү. Тииттэргэ буулдьа суола элбэҕэ. Уматыллыбыт сордоохтор төһөлөөх ыһыытаан-хаһыытаан, айманан өлбүттэрэ буолуой?! Ол да иһин, билигин да ити сиринэн дьон мээнэ сылдьыбат. Өлбүттэр аймалҕаннара, ыһыылара-хаһыылара ол сиргэ иҥэн хаалбытын дьон хам-түм истэр. Онон Икки үрэх икки ардын абааһылаах сир дииллэр.
Ити курдук Николай Петров диэн хамандыырдаах кыһыл экспедициялыыр этэрээт Охотскайтан кэлэн Өймөкөөн дьонун олохторун огдолуппута. Бу этэрээт араас кэмҥэ барыта 34 киһини өлөртөөн барбыт. Ол иһигэр 18 киһини Икки үрэх икки арда диэн сиргэ кутаа уокка умаппыт. Бу Петрову, Өймөкөөҥҥө буруйа да суох дьону тутан кыргыбытын иһин, бэйэтин сэбиэскэй былаас сууттаабытын туһунан оҕонньоттор кэпсиир буолаллара…