Хараҥа аллеялар

Күһүҥҥү тымныы, силбик күн тэлиэгэлэр туораамаары тараанньыктаабыт, чалбахтарынан килэйбит Тулаҕа тиэрдэр биир улахан айан суолун таһыгар турар, аҥаар өттүгэр хааһына почтатын ыстаансыйата баар, аҥаарыгар дьон тохтоон сынньанан, сылабаар өрдөрөн чэйдээн эбэтэр хонон ааһар хостордоох уһун мас дьиэ таһыгар үрдүн сабыыта балачча көтөхтөрүллүбүт, бүтүннүү бадараан буолбут, кутуруктара киртийбэтин диэн түүрэ бааллыбыт үс көннөрү көлүүр ата соспут тарантааһа кэлэн тохтообута. Тарантаас инники олоҕор бөҕө-таҕа көрүҥнээх, халыҥ суппуун сонун ыга курдаммыт, хара бараан дьүһүннээх, убаҕас хара бытыктаах, былыргы ороспуонньуктарга маарынныыр куучар, оттон тарантаас иһигэр көбүс-көнө уҥуохтаах-иҥиэхтээх, туруору буобура саҕалаах сиэрэй николаевскай синиэллээх, улахан хортуустаах, билигин даҕаны хара хаастаах, ол эрээри маҥан сулардыы бытыктаах, байыаннайдар ортолоругар Александр II ыраахтааҕылыырын саҕана киэҥник тарҕаммыт, тас көрүҥнэринэн уонна бытыктарын хорунуутунан ыраахтааҕыга майгынныы сатыырдыы оҥостубут, эмиэ ыйыппыт курдук көрөр, дьэбир уонна сылайбыт дьүһүннээх байыаннай оҕонньор олороро.

Аттар тохтообуттарыгар, кини килбэлдьигэс сотолоох байыаннай саппыкылаах атаҕынан сиргэ үктэнээт, сарыы бэрчээккилээх илиилэринэн синиэлин тэллэҕин туппутунан дьиэ кирилиэһигэр сүүрэн тахсыбыта. 

– Хаҥас диэки, үрдүк сололоох, – диэн тарантаас олбоҕор олорор куучар хаҕыстык ордоотообута, онуоха кини уҥуоҕа уһун буолан ааҥҥа нөрүс гынан күүлэҕэ, онтон хаҥас диэки аан хоско киирбитэ. Хос иһэ сылаас, кураанах уонна олус чэбэр этэ, хаҥас диэки таҥара сабыс-саҥа көмүс солотуулаах сэбэрэтэ, ол анныгар ыраас, халыҥ таҥас ыскаатарынан сабыллыбыт остуол, остуол анараа өттүгэр кылбаччы сууйуллубут кэтит ыскамыайка, уҥа түгэх муннугу бүтүннүү сабардаабыт, соторутааҕыта оппуохаламмыт куукуна оһоҕо, бэттэх эриэн таҥас сабыылаах оһоххо сыста турар мас орон баара; оһох диэкиттэн эттээх, хаппыысталаах, лавр сэбирдэхтээх миин сыта дыргыйара.

Киирбит киһи ыскамыайкаҕа синиэлин устан бырахпытыгар аҥаардас мундирдаах уонна саппыкылаах көрүҥэ өссө дьылыгыр курдук буолан көстүбүтэ, онтон бэрчээккитин уонна хортууһун устубута итиэннэ сылайбыттыы үрүҥ кубаҕай илиилэринэн төбөтүн имэриммитэ – кини маҥан баттаҕа хараҕын туһаайыытынан чанчыктарыгар будьурхайдааҕа, уһун суптугур, кыраһыабай, хараҥа харахтаах сирэйигэр онон-манан бэрт кыра уоспа сиэбит бэлиэтэ баара. Аан хоско ким да суоҕа, ол иһин кини түгэх хос аанын сэгэтэн кыйахаммыттыы хаһыытаабыта:

– Ээй, ким баарый?

Сонно хоско хара баттахтаах, эмиэ оннук хара хаастаах уонна эмиэ сааһыгар холооно суох кыраһыабай, кырдьаҕас цыган дьахтарыгар маарынныыр, үөһээ уоһугар уонна сэҥийэтигэр биллэр-биллибэт харааран көстөр ньаассын түүлээх, чэпчэкитик дугуммут, ол эрээри суон, кыһыл куоптатын тиирэ тэппит улахан түөстээх, хараҥа түүлээх саптан өрүллүбүт дьууппа анныттан хаас курдук үс муннуктуу иһэ үтэн тахсыбыт хотун киирэн кэлбитэ.

– Баһаалыста аас, үрдүк сололоох, – диэбитэ кини. –
Аһыаххын баҕараҕын дуу? Сылабаар аҕалабын дуу?

Ыалдьыт, дьахтар мүлтүгүр саннын уонна эргэрэн эрэрэ биллэр татаардар кыһыл түүппүлэлэрин кэппит сылбырҕа атаҕын кылап гына көрөн ылаат, кэтэмэҕэйдээбиттии хардарбыта:

– Сылабаар. Хаһаайкаҕын дуу, манна үлэлиигин дуу?

– Хаһаайкабын, үрдүк сололоох.

– Оччоҕо бэйэҥ дьаһайаҕын?

– Сөрү-сөп. Бэйэм.

– Тоҕо оннугуй? Огдообоҕун дуо, барытын бэйэҥ дьаһайар буоллаххына?

– Огдообо буолбатахпын, кэргэннэмэтэҕим, үрдүк сололоох, оттон хайдах эмэ олоруохха наада эбээт. Уонна хаһаайыстыбанан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн.

– Сөп, сөп. Ол үчүгэй. Манна эйиэхэ сүрдээх ыраас, үчүгэй баҕайы эбит.

Дьахтар ити тухары кинини хараҕын быһыччы тутта-тутта сыныйан көрбүтэ.

– Ырааһы сөбүлүүбүн, – диэн кини хардарбыта. –
Баай ыалга улааппытым эбээт, хайаан чэбэрдик туттарга үөрэммэт буолуохпунуй, Николай Алексеевич.

Ыалдьыт хонос гына түспүтэ, хараҕа кэҥээбитэ уонна сирэйэ кытаран хаалбыта.

– Надежда, эн дуо? – диэбитэ өрүһүспүттүү.

– Мин, Николай Алексеевич, – диэн хардарбыта дьахтар.

– Оо, айыы таҥарам, айыы таҥарам, – дии-дии киһитэ киниттэн хараҕын араарбакка ыска­мыайкаҕа оргууй олорбута. – Ким маннык буолуо дии санаабыта баарай! Хас сыл биһиги көрсүбэтэхпитий? Отут биэс-хас сыл?

– Отут сыл, Николай Алексеевич. Мин билигин түөрт уон аҕыһым, оттон эн алта уончаҥ буолуо дии саныыбын.

– Оннук курдук… Айыы таҥарам, тугун дьиктитэй!

– Туох дьиктиний, үтүө тойон?

– Оттон барыта, барыта… Эн хайдах өйдөөбөккүнүй?

Кини сылайбыта уонна ээл-дээл курдук буолбута ааһан хаалбыта, ойон туран, муостаны супту көрө-көрө, хос устун төттөрү-таары хаамыталаабыта. Онтон тохтообута уонна маҥан бытыгын нөҥүө сирэйэ кытарбыта эбиллэ-эбиллэ, саҥаран барбыта:

– Эн тускунан ол кэмтэн ыла тугу да билбэппин. Эн хайдах манна баар буолан хааллыҥ? Тоҕо баай ыалгар уруккуҥ курдук олорон хаалбатаххыный?

– Миэхэ эн кэннигиттэн сотору буолаат көҥүл суругун биэрбиттэрэ.

– Онтон ханна олорбуккунуй?

– Ол кэпсээнэ уһун, үтүө тойон.

– Кэргэн тахсыбатаҕым диигин дии?

– Суох, кэргэннэммэтэҕим.

– Тоҕо? Маннык кыраһыабай буолан баран?

– Кэргэннэнэр кыаҕым суоҕа.

– Тоҕо инньэ диигин? Эн тугу этээри гынаҕын?

– Туох диэн быһаарыахпыный. Эн мин эйигин таптыырбын умнубатыҥ ини.

Кини онно өссө ордук кытарбыта уонна дьэбин уоһуйан баран өссө хаамыталаабыта.

– Туох барыта ааһар, доҕоччуок, – диэн ботугураабыта. – Таптал, эдэр саас – барыта, барыта. Нэгэй, мэлдьи баар түбэлтэ. Сыллар аастахтарын ахсын барыта умнуллар. Иов кинигэтигэр туох дэнэр этэй? «Сүүрүгүрэн хаалбыт уу курдук саныаҥ».

– Таҥара кимиэхэ тугу анаабытынан, Николай Алексеевич. Эдэр саас кимиэхэ барытыгар ааһар, оттон таптал – адьас атын дьыала.

Кини төбөтүн өндөппүтэ уонна тохтоон ыарыылаахтык мүчүк гыммыта.

– Эн, ама, үйэҥ тухары миигин эрэ таптыыгын дуо?

– Дьэ, ол аата таптаатаҕым дии. Төһө да кэм-кэрдии аастар наар биири эрэ санаан олорбутум. Эн уруккуҥ курдук буолбатаххын өйдүүр этим, эн туох да буолбатаҕын курдук ылынаргын билэрим, ол эрээри дьэ ити… аны кэлэн туох диэн хомуруйуомуй, кырдьыга, эн миигин олох аһыммакка бырахпы­-
тыҥ, – олус хомойон хаста-хаста бэйэбэр тиийиниэхпин баҕарбытым буолла, атын эрэйин этэ да барбаппын. Баара ээ, Николай Алексеевич, мин эйигин Николенька диэн ааттыыр кэмим, оттон эн хайдах ааттыыргын – өйдүүгүн дуо? Итиэннэ өрүү ханнык эрэ «хараҥа аллеялар» тустарынан хоһоон ааҕа-
рыҥ, – диэбитэ дьахтар тиһэҕэр тымныытык мүчүйэ-мүчүйэ. 

– Оо, эн олус да кыраһыабай этиҥ! – диэбитэ кини, баһын хамсата-хамсата. – Олус да имэҥнээх, наһаа да кэрэ этиҥ. Хайдахтаах курдук быһыы-таһаа, харах да харах. Эйигин бары кэрэхсии кө­рөллөрүн өйдүүгүн дуо?

– Өйдүүбүн, үтүө тойон. Эн эмиэ олус да үчүгэй этиҥ. Мин эйиэхэ туох баар кэрэбин, иэйиибин биэрбитим эбээт. Оннугу хайаан умнуоххунуй?

– Э! Туох барыта ааһар, умнуллар.

– Барыта ааһар, ол эрээри сороҕо умнуллубат.

– Бар, – диэбитэ кини уонна түҥнэри хайыһан түннүккэ тиийбитэ. – Бука диэн, бар.

Онтон көлөһүн соттор былаатын ылан хараҕын саба тутта-тутта, чабырҕахтыыр кэриэтэ эппитэ:

– Таҥара эрэ бырастыы гыннар. Эн, мин көрдөхпүнэ, бырастыы гыммыккын дии.

Дьахтар ааҥҥа тиийбитэ уонна тохтуу түһэн баран:

– Суох, Николай Алексеевич, бырастыы гымматаҕым. Кэпсэтии биһиги бэйэ-бэйэбитигэр иэйиибит туһунан буолбутунан туруору этэбин: эйигин мин хаһан да бырастыы гынар кыаҕым суоҕа. Оччолорго сир үрдүгэр миэхэ эйигиттэн ордук күндү суоҕун курдуга, кэлин даҕаны суох этэ. Онон да буоллаҕа, мин эйигин бырастыы гына­рым кыаллыбат. Чэ, тоҕо да ону түөрэн, өлбүттэри кылабыыһаттан төттөрү аҕалбаттар, – диэбитэ.

– Оннук, оннук, туһата суох, аттары аҕаллыннар диэн дьаһай, – диэн биирдэрэ хардарбыта, итиэннэ түннүктэн тэйэригэр номнуо дьэбир дьүһүннэммит этэ. – Эйиэхэ биири этиэм этэ: мин олохпор хаһан да дьоллоох буолбатаҕым, бука диэн, атыннык санаама. Бырастыы гын, баҕар, эйигин хомотуом, ол эрээри аһаҕастык этэбин – кэргэммин мин өйбүн сүтэриэхпэр диэри таптыыр этим. Ол да буоллар кини миигин таҥнарбыта, мин эйигин бырахпыппынааҕар нэгэйдик, сиэрэ суохтук бырахпыта. Уолбун наһаа таптыырым – улаатыар диэри, киниттэн олус элбэҕи күүтэрим, эрэнэрим! Онтум олус нэгэй, дар акаары, туох да сиэр, чиэс, сүрэх, дууһа суох киһитэ тахсыбыта. Ол эрээри ити барыта туох да уратыта суох көннөрү, мөкү кэпсээн. Доҕоччугум, эн чэгиэн-чэбдик буол. Мин эйигин, бу олохпор баар буола сылдьыбыт саамай күндүбүн, сүтэрбит эбиппин дии саныыбын.

Дьахтар кэлэн эр киһи илиитин уураабыта, кини эмиэ дьахтар илиитин уураабыта.

– Аттары бэлэмнээтиннэр…

Салгыы айаннаан иһэн кини сабыстан олорон санаабыта: «Даа, олус да кэрэ этэ! Абылаҥнаах кэрэ!» Бэйэтин кэнники тылларыттан уонна илиитин уураабытыттан кыбыста санаабыта, сонно аны кыбыстыбытыттан кыбыстан ылбыта. «Ама, сымыйа үһү дуо, кини миэхэ олоҕум саамай үтүө мүнүүтэлэрин бэлэхтээбитэ?»

Киэһэлик былыт быыһыттан тунаархай күн быкпыта. Куучар аттарын тиэтэтэн сиэллэрэрэ, тэлиэгэлэр хараара тараанньыктанар суолларыттан арыый үчүгэйдэрин талан салайара уонна эмиэ тугу эрэ саныы иһэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс ыгымнык уонна боччумнаахтык эппитэ:

– Ити дьахтар, үрдүк сололоох, биһиги барарбытын түннүгүнэн көрөн хаалбыта. Кинини уруккуттан билэҕин, оннук буолбаат?

– Уруккуттан, Клим.

– Улахан өйдөөх дьахтар. Киһи барыта кинини байан эрэр диир. Харчыны дьоҥҥо бырыһыаҥҥа иэс биэрэр.

– Ол туох да суолтата суох.

– Хайдах оннук буолуой! Ким үчүгэйдик олоруон баҕарбата баарай! Өскөтүн суобас быһыытынан иэс биэрэр буоллаҕына, туох да куһаҕана суох. Кинини онно адьас сиэрдээхтик сыһыаннаһар дииллэр. Ол эрээри кытаанах! Кэмигэр биэрбэтэххинэ – бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргут.

– Сөп, сөп, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргут… Бука диэн, аттаргын соруй, пуойаска хойутаабатах киһи…

Намтаабыт күн кураанах сыһыыларга араҕас уотун кутара, аттар чалбах устун биир тэҥник чаллырҕаччы үктэнэллэрэ. Оттон кини хааһын сабыһыннаран боккуоптар кылбаҥнаһалларын көрөрө уонна саныыра: «Даа, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргут. Даа, кырдьык саамай үтүө мүнүүтэлэр этэ. Үтүө эрэ буолбатах, дьиҥнээх аптаах, абылаҥнаах! «Эргиччи кып-кыһыл дөлүһүөн тэтэрэрэ, хараҥа липалар аллеялара тыргыллара…» Ол эрээри, айыы таҥарам, салгыы туох буолуо этэй? Арай, мин кинини бырахпатах буолуум? Ээ, сүрэ бэрт дии! Ити Надежда айан дьоно тохтоон ааһар дьиэлэрин хотуна буолбакка, мин кэргэним, мин Петербургдааҕы дьиэм хаһаайката, мин оҕолорум ийэтэ?»

Инньэ дии санаан баран хараҕын симпитэ, баһын хамсаппыта.

Иван Бунин

Нууччалыыттан Данил Макеев тылбааһа

Чолбон №12, 2020

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар