19-с үйэ бүтүүтэ Англия үтүө санаалаах сиэстэрэ дьахтара, мисс Марсден, араҥ ыарыылаахтарга көмөлөһө Саха сирин биир саамай түҥкэтэх, бүтэй Бүлүү диэн ааттанар улууһугар тиийэ кэлбитэ, бэл, аныгы үйэ киһитин сөхтөрөр. Мисс Марсден ол унньуктаах айанын түмүгэр Бүлүү улууһун араҥ ыарыылаахтарыгар лепрозорий тутуллубута.
Мин бу үтүө санаалаах, сырдык ыралаах, дьон-норуот туһугар олоҕун анаабыт Мисс Марсден диэн хорсун дьахтар олоҕун үөрэтэн көрөөрү, аныгы үйэ сиэринэн интернет көмөтүнэн кини ту-һунан баар матырыйаалы хомуйан, түмэн веб-сайт оҥорон, Кэт Марсден төрөөбүт дойдутун кытта сибээстэһэн, сыаналаах матырыйаалы түмэн, Мисс Марсден 1893 сыллаахха Саха си-ригэр айанын туһунан 256 страницалаах кинигэ суруйан таһаартарбытын сахалыы тылбаастаан саха дьонун болҕомтотугар таһаарабын.
Саха норуотугар сүҥкэн үтүөнү оҥорбут Мисс Марсден. Кини ким этэй? Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах Айыы санаалаах Аанньала этэй?
19-с үйэҕэ Европа сайдыылаах дойдуларыгар, православнай да, католическай да итэҕэллээх норуоттарга аһымал санааланыы (благотворительность уонна меценатство) олус сайдыбыта. Кыһыл кириэс курдук араас элбэх общественнай тэрилтэлэр бэйэлэрин төлөбүрэ суох үлэлэрин киһи аймах туһугар саҕалаабыттара. Ити барыта итэҕэли кытары ыкса сибээстээх, биир утумнаах этэ. Сүүһүнэн дьахталлар — аһымал санааланыы сиэстэрэлэрэ — олохторун дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөргө анаабыттара. Кыһалҕалаах, эрэйдээх-муҥнаах дьон сордорун-муҥнарын чэпчэтэргэ олоҕун бүтүннүү анаабыт дьахталлартан биирдэстэрэ — англичанка Кейт Марсден этэ.
Кейт Марсден 1859 сыллаахха Лондон куорат таһыгар баар Эдминтон диэн сиргэ сэттэ оҕолоох баай ыалга ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата, адвокат буолан, элбэх харчыны өлөрөрө, дьиэ кэргэн олоҕо баай-талым олохтоох (светскэй) дьон сиэринэн этэ. Эдьиийдэрэ, убайдара Лондон куорат «көмүс ыччатын» олоҕунан олороллоро. Таҥас-сап талыыта-мааныта кэтиллэр, көмүс-бриллиант күлүмүрдүүр, көр-нар көҕүлүттэн тутуллар сирдэринэн сылдьаллара. Онтон Кейт оҕо эрдэҕиттэн итинник олоххо тардыспат этэ. Боростуой дьон олоҕун ордороро, алтыһар, доҕордоһор оҕолоро үлэһит дьон, прислугаларын (баай дьон дьиэлэрин-уоттарын, таҥастарын-саптарын көрөр-истэр, астарын астыыр дьон) оҕолоро этилэр. Оонньуурдарын, кэмпиэттэрин дьадаҥы дьоҥҥо түҥэтэлээн кэбиһэрэ. Кинини дьоно дьадаҥы дьон олорор уулуссатыгар оонньуу сылдьарын булан аҕалаллара. Ийэтиткэн уонна гувернанкаларыттан элбэхтик мөҕүллэрэ. Ол эрээри дьонун, дьиэ кэргэнин олус таптыыра, ким эмэ ыарыйдаҕына аттыттан арахсыбакка ыарыылыыра, аралдьытара. Оччотооҕу баай дьон оҕолорун сиэринэн дьиэтигэр үөрэммитэ, үчүгэй манераны, культураны иҥэриммитэ. Аҕата өлөрүгэр уон үс саастаах этэ. Аҕалара суох буолаатын кытта дьиэ кэргэн олоҕо-дьаһаҕа
эмискэ уларыйбыта. Кейт биир ыалга баспытааталынан үлэлии киирбитэ. Уон алта сааһыттан госпитальга үлэлээбитэ. Ийэтэ ыараханы көрүстэҕинэ устунан уоскуйуо дии санаан, госпитальга үлэлиирин көҥүллээбитэ. Ол эрээри алҕаһаабыта, Кейт олоҕун кыһалҕалаах дьоҥҥо аныыр санаата самантан саҕаламмыта. Манна үлэлии сылдьан Кыһыл Кириэс чилиэнинэн киирбитэ.
Нуучча-турок сэриитэ саҕаламмытыгар Кыһыл Кириэс хас да сиэстэрэтин кытары бу госпитальтан сэриигэ барбыта. «Манна сылдьан араҥ ыарыылаах болгар саллааттарын аан маҥнай көрбүтүм. Бу ыарыһахтары олус аһыммытым уонна олохпун бу ыарыынан ыалдьыбыт дьоҥҥо көмөлөһөргө аныыр бигэ санааны ылыммытым. Сыалбын-сорукпун ситэрбэр күүстэ-уохта биэр диэн Таҥараттан көрдөспүтүм», — диэн дневнигэр суруйбут.
Сэрииттэн кэлээт, туруоруммут сыалын ситээри дьонугар араҥ ыарыһахтарга көмөлөһө Англия колонияларыгар баар лепрозорийга үлэлии барар баҕатын эппитэ. Дьоно бары утарсан, ити баҕатын тохтоторго күһэллибитэ. Ол эрээри, син биир балыыһалары кэрийэн ыарыһахтарга көмөлөһөрө. Лондон куорат саамай дьадаҥы, саамай сэрэхтээх уулуссаларынан тобус-толору фрукта уонна эмп угуллубут корзиналаах сылдьара.
«Үтүө санаалаах сиэстэрэлэргэ ханна баҕарар убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Олоҕун дьоҥҥо көмөлөһөргө анаабыт сиэстэрэ дьахталларга хайдахтаах да бэйэлээх тыйыс сүрэх ууллара. Олоҕум усталаах-туоратыгар оннук түгэни элбэҕи көрсүбүтүм», — диэн суруйар.
Бу кэмнэргэ мисс Марсден икки эдьиийин, үс убайын сүтэрбитэ. Чахотка ыарыы сүүс сыл усталаах-туоратыгар бу дьиэ кэргэни буулаабыта, үгүстэрэ отуттарын да туолбакка күн сириттэн күрэнэллэрэ. Марсденнар ыарыыны бохсор санааттан кэргэн тахсыбат, оҕо төрөппөт ыарахан андаҕарын ылыммыттара. Биир убайа, баҕар, миигин бу ыарыы тумнуо диэн санааттан эппит тылын кэһэн, олус таптыыр кыыһын ойох ылбыта. Ол эрээри эдэр, доруобай уол эмискэ сэбиргэхтэтэн ыалдьан аҕыйах эрэ хонон хаалбыта. Биир эдьиийэ ыалдьыбытын Новай Зеландияҕа илдьэ баран көрбүтэ-истибитэ да, сотору кэминэн өлөөхтөөбүтэ. Биир эрэ убайа тыыннаах хаалбыта. Ийэлэрин бу ыарыы тум-нубута, сэттэ уонугар тиийэн баран өлбүтэ. Новай Зеландияҕа Кейт эмиэ балыыһаҕа үлэлээбитэ. Веллингтон куорат балыыһатын начальнигар тиийэ үүммүтэ. Веллингтоҥҥа кини Кыһыл Кириэс обществотын тэрийсибитэ, элбэх баай дьахталлары сиэстэрэ үлэтигэр угуйбута.
Новай Зеландияттан кэлэн баран, биллиилээх доктор Маккензи Индия араҥнаахтарын туһунан суруйбутун аахпыта уонна Индияҕа барар са-нааны ылыммыта. Ийэтиттэн бэрт өр көрдөһөн сөбүлэҥин ылбыта. Ол эрээри Индияҕа тиийэн араҥнаахтарга көмөлөһөр үбэ-харчыта суоҕа. Хантан үп-харчы булуохха сөбүй? Индияҕа кинини өйдүөхтэрэ, өйүөхтэрэ дуо?
Мисс Марсден Нуучча Хотун Ыраахтааҕытыгар сурук суруйарга санаммыта. Нуучча-турок сэриитигэр нуучча саллааттарыгар көмөтүн иһин Кыһыл Кириэһинэн наҕараадалыырыгар көрдөспүтэ. Кыһыл Кириэс киниэхэ араҥ ыарыылахтарыгар көмөлөһөрүгэр, үп-харчы көрдөһөрүгэр наадалаах этэ. Петербурга тиийбитигэр Нуучча ыраах-тааҕыта кинини олус истиҥник көрсүбүтэ, Кыһыл Кириэс туттарбыта. Кейт Марсден бу кириэһи куруутун иилинэ сылдьара, маны таһынан киниэхэ үрүҥ көмүс кириэстээҕэ. Бу кириэс «Ыраахтааҕы кыргыттара» диэн ааттаах американскай общество бэлиэтэ этэ. Бу общество 900000 чи-лиэннээҕэ. Ол Америкаҕа үтүө санааланыы (бла-готворительность) хайдахтаах курдук сайдыбытын туоһута буолара.
Индияҕа барыан иннинэ араҥ ыарыыны үөрэтээри мисс Марсден Египеткэ, Палестинаҕа, Аравияҕа, Кипргэ, Константинопольга сылдьыбыта. Константинопольга биир англичанины көрсүбүтэ Мисс Марсден былаанын төрдүттэн уларыппыта. Бу англичанин Сибииргэ араҥ ыарыыны эмтииргэ оту туһаналларын кэпсээбитэ. Араҥ ыарыы эмтэниллибэтин билэр буолан Кейт олус долгуйбута, бу оту булан, үөрэтэн, аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт араҥ ыарыыны эмтииргэ туһаныахха сөбүн өйдөөн, Сибииргэ айанныыр санааны бигэтик ылыммыта. Сорох доҕотторо Сибииргэ барарын утарса сатаабыттара.
1890 сыл сэтинньигэ эмиэ Петербург куоракка Хотун Ыраахтааҕыны иккиһин көрсө кэлбитэ. Хотун Ыраахтааҕы кинини олус истиҥник көрсүбүтэ. Олус ыарахан айаҥҥа барарын алҕаан туран сурук суруйбута. Бу сурук мисс Марсден Сибииргэ айаныгар күүс-көмө, тирэх буолбута. Маннык суруктаах буолан кинини Сибиир бары куораттарын күбүрүнээтэрдэрэ истиҥник көрсүбүттэрэ, сыалын ситэригэр кыахтара баарынан көмөлөспүттэрэ.
Москва куорат биллэр-көстөр дьоно кинини олус истиҥник көрсүбүттэрэ. Кинилэр истэригэр генерал-губернатор В.А. Долгоруков, байыаннай салайааччы А.С. Костанда бааллара.
Сибиир куораттарыгар мисс Марсден хас да хаайыыга сылдьыбыта, Москва дьоно биэрбит харчытын улахан аҥаарын хаайыылаахтарга көмөҕө бүтэрбитэ, 9000 Таҥара кинигэтин түҥэппитэ.
Екатеринбург куоракка биир дойдулаахтарын көрсүбүтэ. Кинилэр Ирбит куоракка дьаарбаҥка буолар, онно саха атыыһытын көрсүөххүн сөп диэбиттэрэ. Кырдьык Ирбиткэ бу киһини көрсүбүтэ. Атыыһыт киниэхэ итэҕэйбэттии сы-һыаннаспыта, нууччалыы да, сахалыы да билбэт дьахтар хайдах ол кый ыраах дойдуга тиийиэҕин саарбахтаабыта, син биир аараттан төннүөҥ диэбитэ. Ол эрээри мисс Марсден кытаанах санаатын, бигэ эрэлин билэн баран, хараҕа ууланыар диэри долгуйбута. Араҥ ыарыы-лаахтар Саха сиригэр хайдахтаах сорго-муҥҥа олороллорун кэпсээбитэ. Ыарахан айаҥҥар Таҥара көмөлөстүн диэн кириэстэммитэ уонна алҕаабыта.
Саха сиригэр мисс Марсдены олус истиҥник көрсүбүттэрэ. Кинини күбүрүнээтэр Скрыпицин көрсүбүтэ. Киһи бары бу хорсун дьахтары көрүөн баҕарара. Тойоттортон-хотуттартан саҕалаан кыра-хара дьоҥҥо тиийэ бу хорсун дьахтар туһунан сурах бүтүн Саха сирин үрдүнэн тилийэ сүүрбүтэ. Мисс Марсден Саха сириттэн бараат да, араҥнаахтарга анаан балыыһа туттарыытыгар үбү-харчыны көрдөөн барбыта. Иркутскай куораттан хас биирдии араҥнаахтарга анаан кэһиитин, ичигэс таҥас ыыппыта.
Колония тутуутугар 90000 солкуобай наада этэ, улахан аҥаарын мисс Марсден булбута, Москва куорат «Утоли моя печали» общество Соколова, Гладушкина, Немкова диэн үс нуучча сиэстэрэ дьахталларын араҥ ыарыһахтары көрөн-харайан колонияҕа олохтуурга анаан ыыппыта.
Колония бырайыагын бэйэтэ оҥорбута.
1) Таҥара дьиэтэ.
2) Дьахталлар уонна эр дьон балыыһалара.
3) Өлбүт дьон сытар сирдэрэ (морг).
4) Сиэстэрэлэр дьиэлэрэ.
5) Аҕабыыт дьиэтэ.
6) Быраас уонна биэлсэр дьиэлэрэ.
7) Мастарыскыай уонна оскуола.
8) Баанньык
9) Бэкээринэ уонна ас астыыр сир.
10) Араҥнаахтар олорор уон дьиэлэрэ.
Колонияны көрөргө-истэргэ сыл аайы 10000 солкуобай наада этэ. Мисс Марсден сиэртибэ хомуйан бу сууманы ыытара.
Сибииргэ Саха сиригэр айанын кэнниттэн мисс Марсдены Америкаҕа баар элбэх түмсүүлэр лекция ааҕарыгар көрдөспүттэрэ. Мисс Марсден американецтар Саха сирин араҥнаахтарыгар көмөлөһөллөрүгэр эрэллээх сөбүлэспитэ.
Сылдьыбыт куоратын аайы мисс Марсден дьону түмэ тардан хас да үтүө санааланыы обществоларын тэрийбитэ, элбэх киһини дьоҥҥо көмөлөһөргө (благотворительность) угуйбута. Саха сирин араҥнаахтарыгар көмөҕө олус элбэх сууманы хомуйбута.
Виктория королева кэмигэр мисс Марсден Англия биир биллиилээх дьахтара этэ. Ону королева махтал суруга туоһулуур. Мисс Марсден Таҥараҕа итэҕэлин күүһэ олоҕун тиһэх күнүгэр диэри кыһалҕалаах дьон олоҕун чэпчэтэригэр төһүү буолбута. Кини оҥорбут үтүө дьыалата сүппэт-оспот эбит. Дойдутугар туттарбыт лепрозорийа билигин да ыарыһахтарга туһалыы турар. Лепрозорий салайааччыта мисс Марсдены саха норуота билигин да умнубатыттан үөрбүтүн биллэрдэ.
Саха норуотугар сүҥкэн үтүөнү оҥорбут мисс Марсдеҥҥа өйдөбүнньүк (памятник) тутулларыгар эрэнэ саныыбын.
Норуот историятын уонна культуратын памятниктара — норуот баайадуола (достояние) буолар уонна гуманистическай миссияны толороллор. Билиҥҥи кэмҥэ памятниктар суол-талара өссө үрдүүр, үтүө санааланыыга, аһы-ныгас буолууга дьону угуйар суолталаахтар. Памятниктары көрөн эдэр ыччат бэйэтин норуотун культуратын, историятын ытыктыы үөрэнэр, дойдутугар таптала күүһүрэр.
Түмүктээн эттэххэ, мисс Марсдеҥҥа памятник тутуу саха норуотун духовнай сайдыытын туоһулуо этэ. Марсден туһунан Харысхал пьеса суруйбутун аатырбыт режиссер Андрей Борисов Саха театрыгар ситиһиилээхтик туруорбута.
Мисс Марсден Сибииргэ айанын туһунан 256 страницалаах кинигэ суруйбута билигин да дьон интэриэһин тардар. Ол кинигэттэн Саха сиригэр сылдьыытын тылбаастаабыппын ааҕыҥ-сэргээҥ.
Наталья СОФРОНОВА,
М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай гимназия омук тылыгар учуутала.
Бастакы баһа
Саха сирэ — Дьокуускай -дьоно-сэргэтэ
Саха сирэ Сибиир хотугулуу илин өттүгэр 3500000 кв. (2500000 кэриҥэ миль) биэрэстэ иэннээх сиринэн тайаан сытар. Олохтооҕо 250000 эрэ киһи. Нэһилиэнньэ түөрт гыммыттан үһүн сахалар (монгол бииһиттэн сыдьааннаах омук) ылаллар. 16000 кэриҥэ нуучча баар. Он-тон ордуктара көһө сылдьар биис уустара -тоҥустар, чукчалар, юкагирдар, ламуттар.
Салайарга сөптөөх буоллун диэн бу уокуругу аҕыйахтыы нэһилиэктэрдээх улуустарга араар-быттар. Барыта биэс улуус баар. Дьокуускай, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Халыма уонна Верхоянскай. Өлүөнэ өрүс үрдүгэр турар Дьокуускай куорат — 7000 киһилээх, уокурук киинэ. Араҥ ыарыылаахтара элбэҕинэн биһиги болҕомтобутун ордук тардыбыт Бүлүү улууһа (иэнэ — 883000 кв биэрэстэ) түөрт нэһилиэктэн турар. Бүлүү, Орто Бүлүү, Сунтаар, Марха. Кута-бадараан быыстаах ойуур дойду. Дьон сүөһү ииттиэххэ сөптөөх күөллэр кытылларыгар баар оттуур ходуһалардаах алаас сирдэргэ олороллор. Сир оҥоруутунан дьарыктамматтар. Бултааһын атын улуустарга сайдыбыт буоллаҕына, бу улуустарга соччо сайдыбатах, айахтарыгар эрэ бултууллар эбит.
Олохтоох омуктар билигин даҕаны түҥ былыргылыы (полуварварский образ жизни) олороллор. Цивилизация сабыдыалыгар саҥа киирэн эрэр эбиттэр. От-мас Таҥаратыгар итэҕэйэр дьоҥҥо Христианство саҥа киирэн эрэр эбит да, языческай итэҕэллэрэ билигин да олус күүстээх. Күөллэр, өрүстэр кытыыларынан бэйэ-бэйэлэриттэн олус ыраах-ыраах аймаҕынан оло-роллор. Бэйэ-бэйэни кытары кыыһырсар адьынаттаах норуокка бу маннык олороллоро ордук курдук эбит. Аҕыйах саҥалаах, ону-маны мээнэ быктарбат, бүтэй, итэҕэйимтиэтэ суох дьон эбит — сахалар. Ол эрээри, куһаҕан санаата суох кэлбит билбэт да киһилэригэр олус истиҥ, ыалдьытымсах сыһыаннаахтар. Баардарынан-суохтарынан күндүлүүллэр. Бүлүү улууһун дьонун улахан аҥара быстар дьадаҥылар, сорохторо хайдах тыыннаах сылдьаллара туһугар эмиэ дьикти. Үксүлэрэ булдунан, балыгынан дьарыктаналлар. Хатыҥ туоһуттан араас иһити, оҕо биһигин кытары оҥороллор. Балык хатырыгын майгылатан ойуулаабыт иһиттэрэ олус үчүгэй көстүүлээх буолаллар.
Кып-кыракый, боростуой тутуулаах, киһи олороругар хайдах да сөбө суох балаҕаҥҥа олороллор. Дьиэ иһэ үксүн олус кирдээх буолар. Кыһынын балаҕаннарын ынахтарын сааҕынан халыҥ гына сыбаан кэбиһэллэр. Ордук Орто Бүлүү дьонун араҥ ыарыы буулаабыт. Бултуур-алтыыр кыахтаах дьон араҥ ыарыынан ыалдьан хаалан олус дьадайаллар, онтон сылтаан нолуокка иэстэрэ элбии турар эбит. Сунтаар улууһун дьоно бу улууска холоотоххо үчүгэйдик олорор этэ. Сунтаарга дьон үксэ нууччалар олорор «изба» дьиэлээхтэр, уонна нууччалыы оһохтоохторо кэм кыра да буоллар сайдыыны туоһулуур.
Дьокуускай куорат олус хобдох, чуҥкук сир. Киэһэ 8 чааска дьиэлэр бары сабыллаллар. Дьон олоҕун саататар үөрүүлээх-көтүүлээх туох да тэрээһин буолбат. Кыһынын 45 кыраадыска тиийэ тымныйар, маннык тымныыларга салгын мэлдьи туманнаах. Тымныыттан хаххаланан сирэйгин тууна бааммыт былаатыҥ сотору буолаат муус кырыа буолан хаалар. Кыламаныҥ кытары кырыарар буолан, тулаҕын да нэһиилэ көрөҕүн. Сороҕор тымныы олус күүһүрэр, оччоҕо кыахтаах эр да дьон таһырдьа тахсыбаттар. Сарсыарда 10-ҥа диэри хараҥа буолар, күнүһүн 2 чаастан хараҥаран барар. Бу маннык күн-дьыл аҕыс ый устата сатыылыыр.
Дьон хаартылаан уонна табахтаан аралдьыйар. 6-12 чаас устата оонньуохтарын, табаахтыахта-рын сөп. Дьахтар барыта табах тардар.
Ыалдьыты аан бастаан табааҕынан күн-дүлүүллэр, онтон чэйгэ ыҥыраллар. Табаахтыы-табаахтыы чэйдииллэр, кэпсэтэллэр. Быыһыгар эр дьон туран төттөрү-таары хаамыталыыллар. Бу дьиэ улаханыттан, кыратыттан тутулуга суох олохсуйан хаалбыт үгэс.
Ыалдьыты аан бастаан дьиэлээх киһи илии тутуһан эҕэрдэлиир. Онтон ыалдьыт сонун, этэрбэһин устан аан дьиэҕэ ааһар. Чэйтэн аккаастаныы улахан буруйу оҥорбукка тэҥнээх.
Дьадаҥы ыал үс-түөрт илии халыҥнаах муу-һунан түннүк оҥостоллор. Дьиэлэрин хайдах сылытынан олороллоро өйдөммөт.
Сылга биирдэ атыы кэлэр. Луохтуурдар баал-лар, онтон эмп атыылыыр сир (аптека) диэн суох. Луохтуурдар эмтэрин эмиэ сылга биирдэ Иркутскайтан ыллараллар.
Дьокуускай куоракка кэлэн баран, сотору соҕус Аҕабыыты көрсө барбытым. «Долгушка» диэн ааттыыр, көлөһө үрдүгэр хара өҥүнэн кырааскаламмыт хас да хаптаһын кэккэлэтэ ууруллубут тэрилинэн айаннаабытым. Бу тэрилгэ 6-8 киһи көҕүс-көҕүстэринэн олороллор. Икки өттүттэн хаарбах дьиэлэр сэлэлээбит кэтит соҕус уулуссанан ааһан иһэн сыарҕалаах оҕуһунан эбэтэр оҕуһу миинэн иһэр саха дьонун көрсөбүт. Дараҕар сарыннаах уһун сонноох, уп-уһун сотолоох этэрбэстээх, үрдүк сэлээппэлээх олус боростуой сирэйдээх саха дьоно күлүүлээх баҕайы көрүҥнээхтэр.
Аҕабыыт тэлгэһэтигэр үс чочуобуна баар. Мас үктэллэринэн кыракый саалаҕа ааһабын. Дьиэ ис бараана олус боростуойа миигин сөхтөрөр. Үрдүк сололоох тахсан кэлбитигэр, кини олус наҕыл, дьоһун көрүҥүттэн мах бэрдэрэн ылабын. Кини наҕыл сирэйигэр истиҥ быһыы, холку майгы олорон хаалбыт курдуга. Миигин кытта кэпсэтэригэр кини киэҥэ, холкута миэхэ эмиэ бэриллибитэ. Халлаан күөх өҥнөөх таҥаһа, оннук өҥнөөх дьиэ тэрилэ, остуолга сытар күөх кумааҕы кытары киниэхэ ураты эфирнэй көрүҥү биэрэрэ. Аҕабыыт миигин олус эйэҕэстик көрсүбүтэ. Үлэтигэр олус бэриниилээх Аҕабыыт куорат эрэ иһин буолбакка, тыһыынчанан көскө тайаан сытар Саха сирин бары олохтоохторун көрөрүн-истэрин сөхпүтүм. Саха дьонугар христианскай итэҕэли, Таҥараҕа тапталы иҥэрэргэ олус күүскэ үлэлиир эбит этэ.
Мин Дьокуускайга араҥнаахтарга көмөлөһөр кэмитиэти тэрийэр баҕалаахпын эппитим. Кини куорат баһылыыр-көһүлүүр дьонун түмэн көрсүһүү тэрийэн араҥнаахтарга көмөлөһөргө бэлэмин биллэрбитэ.
Кинилэргэ аһынан-таҥаһынан эрэ көмөлөһөр буолбакка, ол эрэйдээхтэр Таҥараҕа тиксиэхтээхтэрин эппитэ. Уонна миэхэ олус сэдэх, сахалыы тылынан суруллубут Таҥара кинигэтин (Биибилийэни) биэрбитэ.
Мин эмтээх от туһунан туоһуласпыппар сөҕүөм да, үөрүөм да иһин киниэхэ аҕыйах да буоллар баарын эппитэ уонна аҕыйаҕы ылан ытыспар уурбута. Бу от эмтиир эбэтэр уоскутар кыахтааҕын кыайан быһаарбатаҕа да буоллар мин олус үөрбүтүм. Барарбар кини миигин алҕаабыта (благословил). Баҕар ким эрэ Греческэй Таҥара Дьиэтин Үрдүк сололооҕун алгыһын ылар протестанкаҕа сыыһа дии саныаҕа. Мин итини итэҕэл үөрэҕин араастаан өйдөөһүн курдук санаабатаҕым. Төттөрүтүн Таҥара иннигэр бары биирбит, Таҥара туһугар сылдьар дьон бырааттыы сыһыаннарын курдук ылыммытым.
Таҥара үөрэҕэр уонна Таҥара дьиэлэригэр улахан ураты суоҕун итэҕэйбитим. Таҥара биһиэхэ барыбытыгар баар, онтон биһиги Таҥара илиитигэр баарбыт. Дьокуускайга сылдьарым тухары Аҕабыыт миэхэ төрөппүт оҕотугар курдук аҕалыы истиҥник сыһыаннаспыта.
Мин Аҕабыыттан уонна луохтууртан араҥ ыарыылаахтар киһи кыайан тиийбэт кута-бадараан быыһыгар, ойуурга олороллорун туһунан истибитим. Луохтуур мин чэй, табаах, кинилэр билбэт күндү астарын ыларбар сүбэлээбитэ. Мин түргэнник бара охсор санаалааҕым да, кэмитиэт мунньахтыырын кэтэһэн тардыллыбытым. Олус ыарахан, ыраах айаҥҥа бэлэмнэнии араас санааҕа тиэрдэрэ. Кэмниэ-кэнэҕэс мунньахпыт буолла. Мунньахха үрдүк сололоох Аҕабыыт Мелетий, үрдүк сололоох күбүрүнээтэр Осташкин, эмп инспектора Смирнов, күбүөрнүйэ бырааһа Щевинскэй, куорат бырааһа Несмелов, Бүлүү полициятын үлэһитэ, күбүрүнээтэр чунуобунньуга, хаһаах Прокопьев кэлбиттэр. Биһиги араҥ ыарыылаахтар кыһалҕаларын тула кэпсэттибит. Кинилэри көрсөн кэлбит эмп үлэһитин кэпсээнэ мин урут истибиппинээҕэр өссө дьулаан буолла, ыарыһахтар олус сору-муҥу көрөллөрүн уу ха-раҕынан көрбүтүн кэпсээтэ. Кинилэргэ хайдах тиийэр туһунан кэпсэтии буолла, мин сирдьиппэр элбэх ыйыы-кэрдии, сүбэ биэрдилэр. Мин айаным былаана оҥоһулунна.
Дьахтар киһиэхэ олус ыарахан айан буо-луохтааҕа өйдөнөр этэ, ону таһынан өссө атын ыарахаттары көрсүбүтүм. Миигин политическай үспүйүөн диэн уорбалааһын кырата суох мэһэйдэри үөскэппитэ. Мин бэлиэтээһиннэрим, хойут, баҕар, биһигини утары турар докумуон буолан тахсыа диэн куттаналлара. Уорбаланааччылары кэтии сылдьыы сорох чунуобунньук сүрүн үлэ-тэ быһыылаах дии санаабытым. Оннук киһи харандааһын, суруйар кумааҕытын куруук бэлэм илдьэ сылдьар.
Сотору кэминэн мин айаҥҥа тэринэн киирэн барбытым. Мин тугу ылбыппын барытын суруйар кыаҕым суох. Балык тириититтэн тигиллибит мөһөөччүктэргэ угуллубут таас курдук хаппыт килиэп. Маннык килиэп куһаҕан, балык сыттаах буолар уонна ууга уган илитэн эрэ баран сиэххэ сөп. Чэй, саахар, табаах, кэнсиэрбэлэммит эт уонна фрукта, хаппыт бэчиэнньэ, суолга сөптөөх эмп-томп ылбытым. Бу ылбыт сээкэйбит кэлин хайдах дьылҕаламмыттарын ааҕааччым өссө да билиэҥ.
Иван Прокопьев диэн саха хаһааҕа араҥ ыарыылаахтары аһынара бэрт буолан уонна мин харчым аҕыйаҕын иһин, Бүлүү курдук ыраах сиргэ барарбытыгар аттарын барытын босхо уларсыбыта. Кэлин өссө миигин арыаллыахтаах экспедиция салайааччытынан тылламмыта. Тарантааһынан айанныыр төрүт да кыаллыбата чуолкай этэ. Түҥ тыаҕа биир да килэмиэтири айаннаабакка алдьанан хаалыа, эбэтэр бадарааҥҥа тимириэ этэ. Онон аты миинэн эрэ барыахха сөп. Аны таһаҕаспытын таһарга эрэ киһи наада буолбатах этэ. Эһэ-бөрө дойдутугар саалаах дьон эмиэ наада этилэр. Онон 15 киһилээх, 30 аттаах этэрээт тэриллибитэ. Куораттан биир фотограф кэлэн хаартыскаҕа түһэрбитэ да буоллар, ким эрэ хамсаан биэрэн сатамматаҕа. Бэйэм кэппит көстүүммүн ойуулуохпун да баҕарбаппын, ол курдук боростуойа. Олус уһун сиэхтээх сэкиэт кэппитим, хаҥас илиибэр Кыһыл Кириэс бэбээскэтин бааммытым. Тобукпар тиийэр уһуннаах ыстаан кэтэргэ күһэллибитим. Төбөбөр Лондонтан атыыласпыт боростуой сэлээппэбин кэппитим, сэлээппэм тулата кумаартан харыстыыр сиэккэлээх этэ. Кымньыы, револьвер уонна дьоҕус суумка айаным таҥаһын ситэрэн биэрбиттэрэ. Мин маннык таҥастаах-саптаах айанныырга күһэллибитим хас да биричиинэлээх этэ. Бастакытынан, саха аттара олус дьиикэй буолан ойоҕоһунан айанныыр сатамньыта суоҕа. Иккиһинэн дьахтарга анаммыт ыҥыырынан хайдах да 3000 биэрэстэни айанныыр кыаллыбат этэ. Үсүһүнэн суол омооно да суох сиринэн айан кэтэһэрэ. Мас силистэриттэн, таастан, хаппыт буортан иҥнэн аттар бүдүрүйэн миинэн иһэр киһини охторуохтарын сөбө. Аны кутаны, бадарааны өрөҕөлөрүгэр тиийэ тэпсэллэрэ. Маннык айаҥҥа дьахтар былааччыйатын кэппитим эбитэ буоллар аҕыйах хоноот тырыта тыытыллыбыт буолуо этэ. Онон ким даҕаны миигин эр киһи ыҥыырынан, эр киһилии таҥнан айаннаабыппын буруйдуо, омнуолуо дии санаабаппын.
Улахан айаҥҥа аттаныахпыт иннинэ Аҕабыыт барыбытын ыҥыран алҕаабыта, айан этэҥҥэ буоларын туһугар Таҥараттан көрдөспүтэ. Бу Таҥара кулута айаҥҥа туруммут эр дьоҥҥо уонна миэхэ, соҕотох дьахтарга, бу эппиэтинэстээх айан иннинэ анаан-минээн сулууспа тэрийбитэ олус долгутуулаах түгэн этэ.
Кырдьык, бу ылсыбыт дьыалабыт олус наадалааҕа уонна эппиэтинэстээҕэ. Ол эрээри тугунан түмүктэниэхтээҕэ өссө биллибэтэтэ. Дьэ сити курдук 1891 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр айам-мытын саҕалаабыппыт.
Иккис баһа
22000 миль усталаах атынан айан бастакы күннэрэ
Ааҕааччыбар этиэм этэ, мин олус улахан суолталаах айаным суолун уһуна көбүс көнө сурааһын буолан Азия картатыгар тардылла сытарын курдук санаама. Айан усталаах туора-тыгар хоту, илин, арҕаа хайысханан суол омоо-но да суох тайҕа, кута-бадараан быыһынан эрийэ-буруйа айанныырбыт. Дьокуускайтан Бү-лүүгэ диэри дьаам суола баар диэн каартаҕа бэлиэтэнэр. Ол эрээри итинник суол каарта оҥорооччу өйүгэр эрэ баар ини. Дьаам кырдьык ыйга биирдэ син биир итинник эрэйдээх суолунан сылдьар эбит. Суол сороҕо син үөрэтиллибит, ол эрээри үксүн тайҕа быыһынан, айылҕа хайдах туран биэрбитинэн айанныыллар эбит.
Урут эппитим курдук саха хаһааҕа суолбутун салайар. Сорох дьоммут балааккаларбытын илдьэ урутаан бараллара. Мин мунан, кинилэри сүтэрэн кэбистэхпитинэ түүнүн хаххата суох сиргэ хонуохпут дии санаан испэр олус куттанарым.
Айан бастакы күннэриттэн мүччүргэннээх түгэннэрим саҕаланан барбыттара. Аҕыйах биэрэстэни барааппытын кытары аттарбыт холлоругар тиийэ бадарааҥҥа батыллан баран, кыахтара баарынан тахса сатыыллара. Мин нэһиилэ тутуһан олорорум, онтон эр дьон аттарга хаһыытыыллара, үөхсэллэрэ. Куталаах сирдэргэ атым эмискэ өрөҕөтүгэр диэри тимирэ-тимирэ күөрэйэрэ. Туох баар күүскүн мунньан, сатабылгын туттан эрэ ыҥыыр үөһэ хаалаҕын. Аттан сууллубатах эрэ киһи диэн санаа өйгөр баар. Өссө аккын эмиэ атаҕар туруора сатыаххын наада, кини оҕутта да эн эмиэ биирдэ кута ортотугар баар буолуоҥ турдаҕа. Бастакы уон куталаах сири син этэҥҥэ ааспытым. Онтон сүүһүнэн куталаах сирдэри аастаххына этиҥ-сииниҥ барыта нүөлүйэ ыалдьара. Биһиги биир суолунан субуруһан айанныырбыт. Иннибитигэр иһэр саха киһитин ата ортотугар диэри тимирэ-тимирэ айаннаатаҕына биһиги бу кута-бадараан сири ырааҕынан тумнарбыт. Ойуур саҕатыгар балааккаларбытын тардан хонорбут. Уот оттон, чэй өрүнэн, аттарбытын сыбыдахтаан сынньа-тарбыт уонна бэйэбит сынньана түһэрбит. Кыылтан, ордук эһэттэн, куттанан хас биирдии киһи револьверын эбэтэр саатын куруук бэлэм илдьэ сылдьара. Түүнүн сорох эр дьон утуйбакка уот отто-отто харабыллыыллара. Сарсыардатыгар олус эрдэ айаммытын салгыырбыт. Дьэ уонна бырдахтан сордонорбут саҕаланара. Былыт курдук тулабытыгар көтө сылдьаллара. Сирэйбин, санныбын бүөлүүр таҥастааҕым, үтүлүктээҕим үрдүнэн бырдах быһа сиэн илиилэрим, бэгэччэгим, сирэйим сүүлэ иһэн тахсыбыта. Бырдахтан хайдах да быыһанар кыах суоҕа. Арай сахалар туттар, олус боростуой оҥоһуулаах (ат кутуругун быһан ылан маска эрийэ баайбыттар) ыбыс ыарахан дэйбиирдэрэ син абырыыра да, тэһииммин босхо ыытыам диэн куттанан аҕыйахта сапсынарым. Дэйбиирим угар аалларан үтүлүгүм бэрт сотору тэстэн ытыһым тириитэ соролонон хаалбыта. Ат миинэн айанныыр тэрилим барыта олус табыгаһа суоҕа. Ыҥыырым мастан оҥоһуллубут буолан кыбыс кытаанаҕа, эбиитин аһары кэтитэ. Айаммар илдьэ сылдьыбыт сорох тэриллэрбин ат тэһиинин о.да. дьиэбэр илдьэ кэлбитим. Кинилэр мин ыарахан айаным туоһулара буолаллар.
17 миль кэриҥин кута бадараан ортотунан айаннаан аттар да, дьон да олус эстибиппит, онон сынньана түһэргэ сөптөөх сири бэрт өр көрдөөбүттэрэ. Киһи уҥуохтаах үрдүк кураанах сиргэ тохтообуппут. Саамай табыгастаах дии санаан мин балааккабын киһи уҥуоҕун атаҕын аннынан туруорбуттара. Мин аньыырҕаан түүн сүгүн утуйуом суоҕа дии санаабытым да буоллар, атын сиргэ көһөттөрбөтөҕүм. Биһигини кэҕэ уруйдуу көрсүбүтэ, онтон Англия күөрэгэйиттэн туох да уратыта суох күөрэгэй чыычаах хас да чаас устата саатаппыта. Бу чыычаах кэрэ ырыатын бырдахха, күлүмэҥҥэ быһа сиэтэн аттар кистиир саҥалара буортулуура. Төгүрүччү инчэҕэй сиртэн хойуу туман тахсан салгыҥҥа ыйанара. Мин харахпын симтэхпинэ ып-ыраас, сып-сымнаҕас таҥастаах оронум, киэҥ, сырдык дьиэм көстөн кэлэрэ. Сотору буолаат ити көстүү араҥ ыарыы буулаан ынырык көрүҥнэммит, эбиитин хам аччык, илдьирийбит таҥастаах саха дьонунан солбуллара.
Мин атаҕым таҥаһын да устубакка утуйарым. Түүнүн бырдахтан, олус сииктээх салгынтан сылтаан сүгүн да утуйбатым. Сарсыарда чэйи кытары хаппыт килиэби ууга умньаан сиирим уонна салгыы айанныырым.
Айаным саҕаланыыта хаста да этиҥнээх, ча-ҕылҕаннаах ардахха түбэспитим. Чаҕылҕан олус күүстээҕэ, сырдыга, уота-күөһэ элбэҕэ Саха сирин кылгас сайынын ситэрэн биэрэр курдуга. Ардах курулаччы күүстээхтик түһэрэ, биһиги мас анныгар саһарбыт, дьиҥэр туох да туһата суох,
акаары быһыы этэ. Таҥаспытыттан уу саккырыар диэри илийэрбит. Сотору буолаат күн чаҕылыччы тыгара, таҥаспыт түргэн баҕайытык кууран хаа-лара. Сөҕүөм иһин ким да тымныйбатаҕа.
Айаммыт устата олус элбэх көтөрү-сүү-рэри көрөрбүт. Кинилэр бары ураты дьикти саҥалаахтара, араас хайысхаҕа көтөллөрө.
Арай биирдэ хаһаак миэхэ көрдөрөөрү илии-тинэн тугу эрэ ыйда. Чугас ат өлө сытарын көрдүбүт. «Хотой», — диэн сибигинэйдэ чунуо-бунньук… Сахалар олус сымсатык аттарыттан ыстанан түстүлэр уонна ойуур диэки үөмтүлэр. Хотой кыыл кинилэрдээҕэр сымса буолан биэрдэ. Биһигини сэнээбиттии үөһэттэн аллараа көрөн таһаарда, олус имигэс хамсаныылары оҥороот үөһэ көтөн таҕыста. Тыҥырахтарыгар тыыраахыны тута сылдьара. Өссө эбиитин сиргэ тугу эрэ төлө туппутун саха киһитэ баран ылбыта, куобах буута этэ. Саха олус үөрбүтэ, улахан бириискэ тиксибит курдук санаабыта. «Тойон кыыл миэхэ анаабыт бэлэҕин киэр илгибэппин», — диэбитэ.
Биир сырылас итии күн, күн ортото суолга баар аҕыйах ахсааннаах дьаам дьиэлэриттэн биирдэстэригэр кэлбиппит. Аҕыйах чаас сын-ньанар санаалаах этибит. Бу дьаам дьиэтин кирин-хоҕун, сытын-сымарын көрүө этигит! Дьах-тардаах эр киһи бу дьиэни тутан олороллоро. Дьиэ тэрилэ барыта кибис кирдээх этэ. Хаһан да мыыла сытын билбэтэх, ууга илитиллибэтэх иһит-хомуос. Икки тарбыйах балаҕан аҥаар эҥэригэр сыталлара. Көмүлүөк оһох дуома буруолаан ыһыырда турара. Биһиги хаппыт килиэби кытары буспут тыл сиэбиппит, чаай испиппит. Олус сылайан бу ыыспа кип-кирдээх мас ыскамыайкаларыгар утуйарга күһэллибитим. Өссө уһуун-уһун куталаах маардар устун айаннаабыппыт. Мин олус сылайан уонна утуктаан сынньана түһэргэ көрдөспүтүм. Сонно сииктээх инчэҕэй сиргэ сытан биэс мүнүүтэнэн утуйан хаалбытым. Сэлээппэбинэн эрэ сырылас күнтэн хаххаламмытым. Онтон эмиэ айан салҕанар. Маннык айан күүспүн күдэхпин эспитэ, мин быста сылайбытым. Аппар нэһиилэ олорорум. Этим сииним барыта дырылыы-дырылыы ыалдьара, ордук атахтарым, өттүгүм ыарыытын тулуйарбыттан ааспытым. Саатар күүстээх ар-дахтарга дэлби сытыйан хаалбыт сыттыгым кууран биэрбэккэ ылан кэбиспитим. Мас ыҥыырга олорон айанныырым. Хонук сирбитигэр кэлэн дьэ өрө тыыммытым. Балааккаларбытын туруоран чэйдээбиппит. Сороҕор сылайарым бэрт буолан
бырдахха кыһаллыбакка сарсыардааҥҥа диэри кытаанахтык утуйарым. Үксүн хаһан да сүппэт бырдахтан утуйар да кыах суох буолара. Бырдах быһа сиэн икки кыыл оҕото өлө сыталларын көрбүппүт. Аттарбыт маҥан кутуруктара, сиэл-лэрэ бырдах, күлүмэн хааныттан кыһыл өҥнөм-мүттэрэ. Ол эрээри араҥ ыарыылаахтар биһигиннээҕэр ордук сору-муҥу көрсөллөрүн санаатахпына күүспэр күүс эбиллэрэ. Кинилэргэ көмөлөһөр баҕабын толорорбор Таҥара миэхэ күүс биэрэрэ, санаабын бөҕөргөтөрө. Таҥаспын хайдах да устар кыаҕа суох этим да буоллар син хайдах эмит сатанарынан сынньана сатыырым.
Биэс да мүнүүтэ сынньана түһээри хайаан да ынах сааҕынан түптэ оҥорон балаҕан иһигэр буруолата түһэргэ күһэллэҕин. Бырдах намырыы түһэр да буоллар, аны буруоттан харахпыт аһыйан, уута сүүрэ сылдьар буолара. Маннык үлүгэр күн аайы хатыланара. Айаммар көрсүбүт эрэйим-муҥум мин сааспар сүүрбэ сылы эппитэ. Ол эрээри араҥ ыарыы буулаабыт сордоохторугар кыратык да көмөлөһөөрү мин маннык уон да айаны тулуйуом этэ.
Киһи тулуйбат куйааһа сатыылаан уонна аттарбыт күнүһүн бүгүлэхтээн сүгүн айанныыр кыаҕа суох буоланнар, түүн айанныырга күһэллибип-пит. Аттарбыт эрэйдээхтэр ойоҕосторуттан хаан-нара сүүрэ сылдьара көрүөххэ ынырык этэ. Сорохторо олох эстэн таһаҕастарбытын да таһар кыахтарыттан тахсыбыттара. Сүүһүнэн мас охто сытар ойуурдарынан ааспыппыт. Саха үһүйээнэ кэпсииринэн удаҕаттар этиспиттэр уонна бу ойуурга көрсөн охсуспуттар. Онуоха ойуур иччитэ олус кыыһырбыт уонна куһаҕан тыыннары ыҥырбыта холорук буолан ытыллан тахсан оту-маһы барчалаабыт. Мастар туохтан сууллубуттара ити үһүйээннэҕэр дьикти уонна өйдөммөт. Сир кырсынан көрдүгэн уота кыһыннары барар эбит. Сааскы ириэрии уонна сайыҥҥы ардахтар да көрдүгэн уотугар улаханнык дьайбаттар эбит. Көрдүгэннээбит сиргэ мастар буурҕаны, холоругу уйбакка сууллубутунан бараллар эбит. Британскай музейга туттарар санаалаах ити көрдүгэннээбит сир буоруттан кыраны дьиэбэр илдьэ кэлбитим.
Эмиэ этиҥнээх ардах түспүтэ. Бу сырыыга ааспыттааҕар быдан күүстээх тыаллаах этэ. Ойуур барыта умайан олорор курдуга, ардах тохтоло суох сирэйбитин быһыта биэрэрэ. Атым бастаан кэннинэн чинэрийбэхтээт уҥа-хаҥас ыстаҥалаабыта, миигин окко-маска сыбаары ыксаппыта. Бу ардахха аспытын ыҥырдыбыт аппыт мооньугар тиийэ бадарааҥҥа батыллыбыта, эр дьон бары көмөлөөн хостообуттара. Аспыт диэ! Аспыт айан саҕаланыаҕыттан буортуйан, ыһыллан-тоҕуллан барбытыттан айаммытыгар өссө элбэх кыһалҕалары көрсүбүппүт. Хаппыт килиэппит илдьирийэн бурдук буолан хаалбытын ууга булкуйан хааһы гынан сиирбит.
Ардах астыбытын кэннэ сынньана түспүппүт. Аһыыр кэммитигэр дьоннорум туох эрэ туһунан боччумуран туран кэпсэтэллэрэ, илиилэринэн хамсаналлара. Туох буолбутун ыйыталастым. Олус улахан эһэ бу сир диэки баар буолуохтааҕын дьаамсыктар эппиттэрэ диэтилэр. Биһиги бары саалаах-саадахтаах этибит, сыыһа туттан киһини дэҥниэм диэн куттанан револьвербын атын киһиэхэ биэрбитим. Хомунан эмиэ айаммытын салҕаабыппыт. Бу сырыыга ким да, кими да кытта кэпсэппэккэ уу чуумпутук айаннаатыбыт. Бу бастакы эһэлээх сирбит этэ. Төһө кыалларынан түргэнник бу сири мүччү түһэргэ кыһалларбыт. Мин тулабын көрбөккө айанныы сатаабытым. Тоҕо диэтэххэ хас биирдии улахан охтубут мас, чөҥөчөк барыта эһэ буолан көстөрө, атым кыратык бүдүрүйдэ да куттанан сүрэҕим тохтуу сыһара. Бу сырыыга эһэни, дьолго, көрсүбэтэхпит. Кутталлаах сири ааһаат да, дьонум бары күө-дьаа буола түспүттэрэ, эмиэ сэһэн-тэппэн саҕаланан барбыта.
Мантан салгыы айаммытыгар туттубут эһэни куттуур ньымабыт олус судургута. Эр дьон күөмэйдэрэ кыайарынан улаханнык ыллыыллара, хаһыытыыллара. Аттарбыт моонньуларыгар тыаһыыр-ууһуур чуорааннары иилбиппит. Кэнсиэрбэ бааҥкатыгар өрүс тааһын угаттаан баран илиибитинэн сахсыйан тыас таһаарарбыт. Биир хаһаах иннибэр, уҥа ойоҕоспор Петров, хаҥас ойоҕоспор иккис хаһаак, атыттар кэннибэр буолан айанныырбыт. Сэрэхтээх ойуурдары ааһарбытыгар биэс уон да эһэ куттанан чугаһыа суох курдук улаханнык ыллыыллара. Онтон аттарбыт эһэни олох ыраахтан сытын ылан иирбиттии мөхсөллөрө, мастар быыстарынан эйигин тыал курдук көтүтэллэрэ. Өскөтүн эһэлэр саба түстэхтэринэ, үгүспүт аттарбытыттан эбэ-тэр эһэлэртэн өлүө этибит. Эһэни бултуур хорсун булчут арҕаҕыттан тахсыбыт эһэни куттуур ньымабытыттан күлүө эбитэ буолуо. Ол эрээри биһиги эсэһиттэр буолбатахпыт, биһиги айанньыттарбыт. Биир сиргэ саха киһитэ уон биир эһэни көрдүм диэбитэ. Сорох сороҕор бу эрэйдээх айантан, эһэни куттуур тыастан-уустан сылайан, ол кэриэтин эһэ сиэбитэ ордук буолуо диэн санаа киирээччи…
Сорох сахалар бу дьиикэй дойдуга мас хатырыгын үүккэ булкуйан сииллэр, хам-хаадьаа көтөр этин эбэтэр балыгы амсайаллар. Килиэп диэн биирдэ эмэ көстөр күндү ас. Тоҥмут эрэ үүтү, балыгы, эти атыылаһыахха сөп.
Өлбүт киһини көмүү кыһынын элбэх сыраны эрэйэр үлэ. Үс күнү быһа уот отто-отто сири ириэрэн иин хаһаллар. Бу кэмҥэ өлбүт киһи 100 да сылга ирбэккэ тоҥмута тоҥмутунан сытар эбит.
Биһиги тохтообут биир балаҕаммытыгар улахан аһылык бэлэмнэммит этэ. Манна биһиги алаадьыга майгылыыр хара өҥнөөх бурдук аһа, сүөгэй, үүттээх чэй, кус, балык сиэбиппит. Бырдахтан быыһанаары балаҕан ортотугар ынах сааҕын уматан буруолаталлар. Бырдах син аҕыйыыр да буоллар буруо хараххар, күөмэйгэр, төбөҕөр хайдах дьайарын санаан кэбис. Мин этим-сииним барыта титирэстиэхпэр диэри ыал-дьара, сылайбытым-эстибитим бэрт буолан бырдахха, кумаарга кыһаллыбат да буолбутум. Бу балаҕан дьонугар улаханнык махтанан баран салгыы айаннаабыппыт.
Суолбутугар элбэх киһи уҥуоҕун көрөрбүт. Сороҕор мин ити былыр өлбүт дьоҥҥо ымсыыра саныырым, кинилэр курдук эмиэ бу эрэйи-муҥу көрбөккө, тугу да билбэт турукка киириэхпин баҕатыйан кэлэрим. Киһи аһары сылайдаҕына, күүһэ-күдэҕэ эһиннэҕинэ ардыгар итинник санаа-лар кэлэллэр эбит.
Бастаан утаа олус сылайа-элэйэ иликпинэ киэһэ хонук сирбэр утуйаары сытан ону-маны сурунарым, араҥнаахтарга анаан туттарыахтаах өйбөр-санаабар илдьэ сылдьар балыыһам то-румун оҥорон көрөрүм. Кэлин эстэн-быстан истэҕим аайы, аны бу ырабын толорор кыахтан тахсан эрэрбиттэн муҥатыйарым. Ол эрээри маннык санаа биирдэ эмэ киирээччи. Үксүгэр Таҥара миэхэ туруоруммут сорукпун ситэрэрбэр күүс-күдэх, биэрэригэр, миигин өссө ынырык иэдээннэртэн көмүскүү-харыстыы сылдьарыгар бүк эрэллээх айаммын салгыырым.
Бу Бүлүүгэ диэри айаммар көрсүбүт ыарахаттарбын, мүччүргэннээх быһылааннарбын барытын суруйдахпына ханна да батыа суох этэ. Түҥ тайҕа быыһынан, кута-бадараан ортотунан, ыам бырдаҕар быһыта сиэтэн, сииктээх сиргэ хоно-хоно кэмниэ кэнэҕэс Бүлүү сиригэр үктэммиппит. Киһи тылынан кыайан эппэт кирдээх, кыймаҥныыр элбэх быт-былахы ор-тотугар дьаам дьиэлэригэр хоммутум айаммар көрсүбүт ыараханнарбыттан биирдэстэрэ этэ.
Ардахха илийбит таҥаспын устан куурдар, уларыттар кыаҕым суоҕа айаным биир саамай куһаҕан өйдөбүлэ буолбута. Бүлүүгэ күүһүм-күдэҕим баранан, быста сылайан, киһи көмөтө суох аттан түспэт туруктаах суккуруур дууһам эрэ тиийбитэ. Бу айан биһиэхэ барыбытыгар, ордук дьахтар киһиэхэ олус ыарахан этэ. Ат үрдүгэр хаһан да олорботох киһиэхэ, миэхэ олус дьиикэй ат (саха аттара бары) үрдүгэр ыллык да омооно суох суолунан ыккый ойуур быыһынан айанныыр киһи тылынан кыайан эппэт эрэйэ этэ. Таска тахса сытар мас силистэриттэн иҥнэн, сороҕор эһэ-бөрө сибикитин билэн аттарбыт иирбиттии мөхсөллөрө. Аттан бырахтаран, киниэхэ тэпсиллэн өлөр куттал куруук баара.
Аны ыраас уу суоҕа, ас кэмчитэ, түүнүн тымныыта, күнүһүн киһи тулуйбат итиитэ, үөнэ-көйүүрэ, чугаһынан киһи олорор сибикитэ да суоҕа айаммытын өссө ыаратара. Хайдах маны тулуйбуппун айбыт Таҥара билэн эрдэҕэ. Ол эрээри мин бэйэм хайдах эрэйдэммиппин кэпсиир санаам суох. Мин сыалым соругум бу сору-муҥу көрбүт дьон олохторун кыратык да буоллар чэпчэтии. Таҥара көмөтүнэн мин итиннэ туох баар күүспүн-уохпун барытын, олохпун аныаҕым. Таҥара туһугар хас биирдии христианин харчынан уонна мэлииппэ ааҕан кинилэргэ көмөлөһөрүгэр көрдөһүөм.
Бүлүүгэ тиийэн сирдьитинэн сылдьыбыт хаһаак Иван Прокопьев биһигиттэн арахсыбыта. Кини миэхэ истиҥ махталын биллэрэн суруйбут суругун биэрбитэ. Ааҕааччым бу истиҥ сурук ис хоһоонун билиэн баҕарарыгар эрэнэн туран толору тылбааһын тириэрдиэм. Бу сурук хайдахтаах ыарахан айаны, оннооҕор бу дойдуга төрөөбүт, улааппыт саха дьонугар да ыарахаттары тулуйбуппут туһунан туоһулуур уонна кинигэ кэннигэр француз тылынан суруйбут айаным туһунан отчуоппун көрүөххүтүн сөп. Бу отчуокка тылбаасчытым туоһу буолан илии баттаан испитэ.
Бүлүү уонна Дьокуускай хайдахтаах курдук цивилизацияттан ыраахтарын (килэмиэтиринэн эрэ буолбатах, олохторунан-дьаһахтарынан) туһунан суруйбуппун сорохтор баҕар омун дии саныахтара дии санаан, нууччалыы эмиэ офи-циальнай докумуон гына оҥорон испитим.
Мисс Кейт Марсдеҥҥа Дьокуускайтан Бүлүүгэ диэри айаммыт туһунан өйдөбүнньүк сурук
Эн сайдыылаах сиртэн кэлэн бу түҥкэтэх, кый ыраах дойдуга араҥ ыарыы буулаабыт сордоохторугар көмөлөһөр сыаллаах айаныҥ Эн дьоҥҥо көмөлөһөргө олоххун анаабыт хорсун быһыыгын, үтүө санааҕын туоһулуур. Эйигин Күн ыраахтааҕы Хотуммут бу ыарахан айаҥҥа алҕаан ыыппыта биһигини, Саха сирин олохтоохторун барыбытын үөрдэр. Эн туруоруммут сыалгын тиһэҕэр тириэрдэргэр, араҥ ыарыһахтар олохторун чэпчэтэргэр Таҥараттан көрдөһөбүн. Айбыт Таҥарабыт этэр «чугас киһигин таптаа». Ол иһин эн сыалыҥ-соругуҥ ситиэ, туолуо диэн эрэнэбин. Аһыныгас санаалаах, сордоох-муҥнаах олоҕун чэпчэтэргэ олоххун анаабыт Хотун Мисс Марсдеҥҥа истиҥ махталбын, сүгүрүйүүбүн тириэрдэбин.
Бу ыарахан ыарыыны тохтотор эми булан аан дойду бары араҥнаахтарын олохторун чэпчэтэр сыаллаах айаҥҥын саха норуота, бүтүн киһи-аймах умнуо суоҕа, дьон туһугар олох сырдык холобура буолан үйэлэргэ хаалыа.
Иван Прокопьев, Дьокуускай куорат хаһаага.
Үһүс баһа
Араҥ ыарыылаахтар муҥнара-сордоро
Бүлүү курдук чуумпу сиргэ ханна да сылдьыбатаҕым. Суол диэн ааттыыр кыракый ыллыктара куорат баар буолуоҕуттан биирдэ да охсуллубакка үүммүт курдук уп-уһун отунан бүрүллүбүт. Ынахтар уонна сылгылар мэччийэр сирдэрин курдук. Ким да, ханна да тиэтэйбэт, дьоннор маннык олоххо үөрэнэн хаалбыттар. Икки Таҥара дьиэтэ баар, биирэ тутуллан бүтэ илик, иккиһэ улахан өрөмүөнү эрэйэр. Кыра хаайыы баарыгар 25 киһи сытара. Хаайыылаахтар ортолоругар политическай сыылынайдар бааллара. Миигин кинилэргэ сылдьыа диэн кытаанахтык кэтииллэрин сэрэйэрим. Өскөтүн мин кинилэргэ сылдьыбытым буоллар араҥ ыарыылаахтарга көмөлөһөр баҕам, сыалым-соругум ситиэ суоҕун өйдөөммүн мин ити хардыыны оҥорбот муударай санааны ылыммытым.
Бу куорат ыспыраабынньыга бүтүн Франция территориятын саҕа сиринэн тайаан олорор 70000 киһини салайара. Онтон хамнаһа баара-суоҕа сылга 500 доллар. Аччыктааһынтан, ыарыыттан улахан өлүү-сүтүү сотору-сотору тахсарын үрдүнэн бу 70000 киһини көрөргө икки көмөлөһөөччүлээх биир эрэ быраас баара.
Биһигини Иван Винокуров диэн дьиҥнээх христианин көрсүбүтэ. Кини араҥнаахтары эмиэ олус аһынара. Ыарыыга сыстыам диэн куттаммакка сыччах үтүө санаатынан санааларын көтөҕөөрү кинилэргэ сотору-сотору сылдьар эбит. Киниттэн уонна өссө да атын дьонтон араҥнаахтар олохторун туһунан мединспектор отчуотунааҕар ынырык чахчылары билбитим. Ыалдьыбыт сордоохтору таҥаһа-саба суох, дьон олорор сириттэн ыраах, кирдээх-хохтоох үүтээн-нэргэ үүрэллэрин истибитим.
Куорат хас да бас-көс дьонун кытары көрсүһүүлэргэ араҥнаахтарга анаан туттарыахтаах балыыһам ханна тутуллуохтааҕын быһаарсыбыппыт. Ол сири көрө олус итии буолан киэһэлик барбыппыт.
Аҕабыыт, быраас көмөлөһөөччүтүнээн (фельдшер), атыыһыт уонна икки хаһаак буолан барбыппыт. Ойуур быыһынан 20 миль курдугу айаннаан тиийбиппит. Түүн үөһэ да буоллар сып-сырдык этэ. Бары сиргэ төгүрүччү олорон аһыы-аһыы кэпсэппиппит. Улахан тэриэлкэҕэ кыра гына кырбанан ууруллубут олус минньигэс хаас этин тарбахпытынан сиэбиппит. Биилкэ, ньуоска туһунан умнубутум ыраатта. Бу көрсүһүүгэ, мин пикниккэ диэм этэ, күө-дьаа үөрэ-көтө кэпсэппиппит, санаабар-онообор куруук илдьэ сылдьар улахан дьыалабын кыра кэмҥэ умнан дууһабын сынньата түспүтүм.
Араҥ ыарыылаахтарга сахалар сиргэммиттии, ону ааһан сэнэбиллээх сыһыаннаахтара миигин сөхтөрбүтэ. Бэл, кинилэри кыратык эмэтик да аһынар дьон итинник олороллоро сөп дии саныыллара. Балыыһа туттарарбар үчүгэй сири, үчүгэй маһы таларбын өйдөөбөттөрө. Араҥнаахтар, кинилэр саныылларынан, үчүгэй дьиэҕэ-уокка киһилии олоххо олороллоро сатам-ньыта суоҕа. Таҥара кинилэргэ көмөлөһөр, онон барыта үчүгэй буолуохтаах эрэ диэммин санаабын тиэрдибитим.
Нөҥүө күнүгэр араҥнаахтарга хаһан эрэ балыыһа тутулла сылдьан баран үп тиийбэккэ сабыллыбыт сиригэр тиийбитим. Акылаат буола сылдьыбыт мас тобохторо эрэ баара. Миигин кытта барсыбыт сахалар ити сиргэ чугаһаан да көрбөтөхтөрө. Сахалар араҥ ыарыытыттан уот курдук куттаналлара. Бу сир ойуура кэрдиллибит уонна сүөһү мэччийэр сирэ суоҕунан саҥа балыыһаҕа сөбө суох диэн быһаарбыппыт.
Араҥнаахтар докумуоннарын үөрэппитим. Сорох атын ыарыынан да ыалдьыбыт дьону, кинилэр дьиэ кэргэннэриттэн биир эмэ киһи ыалдьыбыт буолла да, араҥнаахтары кытта үүрэн кэбиһэллэр эбит. Киһини кыратык да уорбалаатылар да, киниэхэ ким да чугаһаабат, сотору кэминэн мөрөйдөөн дьон олорор сириттэн үүрэллэр эбит. Бу ыарыыны өссө сидьиҥ быһыыга куоһур оҥостубут түгэннэрин билбитим. Аймаҕын ыарыыга балыйан баран устунан баайын-дуолун апчарыйбыт дьоннор кытта бааллара. Ыалдьыбыт киһиэхэ баайын-дуолун бас биллэрбэттэр эбит. Холобур, икки сыллааҕыта Бүлүүгэ буолбут быһылааҥҥа кэпсэнэринэн араҥнаабыт оҕо хоргуйан өлбүтүн силиэстийэ бигэргэппит. Бу оҕо балтынаан ийэлээх аҕалара өлөн хаалан аҕыйах сүөһү баайдаах иккиэйэҕин хаалбыттар. Таайдара буолуохсут оҕолорго эппэкиин буолбут уонна сүөһүлэрин бас билээри хара дьайдаах быһыыны оҥостубут. Кыыһы өлөрөн баран, уолу араҥнаабыт диэн тыл тарҕатан, дьону итэҕэтэн уолу кыс хаар ортото ыраах ойуурга үүтээн оҥорон көһөрбүт. Үүтээнин аҕыйах мас лабааларын ууран баран ынах сааҕынан уонна хаарынан чараас гына сыбаабыт. Бу оһоҕо-тойо суох үүтээҥҥэ, туох да аһа суох оҕону хаалларбыт. Оҕо эрэйдээх хоргуйан, үлүйэн, сор бөҕөнү көрөн дууһатын Таҥараҕа биэрээхтээбит.
Бу ынырык кэпсээни полиция докумуонуттан ыллым. Онно маннык суруллубут: «Мин ыт эрэ батар уйатын булбутум, сиргэ аҕыйах соломо тэлгэммит, уйаны таһыттан хаарынан уонна ынах сааҕынан сыбаабыттар. Бу уйаттан чугас кыракый булгунньах хаарын хаһыйаат киһи көмүллүбүт буорун бултум. Чап-чараас буорунан көмүллүбүт хоруоба суох оҕо өлүгэ сытара. Бу дьардьама этэ, мин кинини арыйан көрбүппэр куртаҕар туой буор эрэ баар этэ. Атын ханнык да ыарыы сибикитин булбатаҕым. Оҕо доруобай этэ».
Бу киһи сүрэҕин ытатар кэпсээҥҥэ бэйэм санаабын этиэхпин баҕарабын. Күндү ааҕааччым, ордук ийэлэр маны ааҕан баран сүрэххит ытаабыта буолуо. Эн ханнык да омук буол (Таҥара баарына ким да оҕотун маннык сидьиҥ, дьиикэй быһыы таарыйбатын) дьоҥҥо, Таҥараҕа тапталгынан, үтүө санааҕынан маннык дьиикэй быһыыны тохтотуоҥ. Аан дойду хайа баҕарар муннугар маннык быһыы хатыламматын туһугар Таҥараҕа үҥэргин умнума диэн санатабын.
Бу өлөрүөхсүт сууттаммытын уонна элбэх сыл-га хааллыбытын ааҕааччыбын уоскутаары эбэн этиэм этэ.
Араҥнаахтар бары бииргэ — дьахтардыын, оҕолуун, эр дьоннуун кып-кыракый, кибис-кирдээх үүтээннэргэ кыыллааҕар да куһаҕаннык олороллор. Олус ыарахан олохтон араҥнаахтар бэрт сотору киһилии майгыларын-сигилилэрин сүтэрэн кэбиһэллэр эбит. Биир араҥнаах дьахтар күнүүлээн эр киһини олус дьиикэйдик өлөрбүтэ ону туоһулуур.
Сахалар эргэ таҥастарын араҥнаахтарга биэрэллэр. Тирииттэн тигиллибит таҥас бүттэтэ суох алдьанан илдьирийэ сылдьар, киһи кэтэриттэн ааспытын кэннэ биирдэ араҥнаахтарга тиксэр эбит. Бу кирдээх, кыймаҥнас быт-былахы уйаламмыт таҥаһа да араҥнаахтарга күндү. Үгүстэрэ сыгынньах сылдьаллар. Киһи өллөҕүнэ араҥнаахтар бэйэлэрэ көмөллөр. Аҕабыыт сылга биирдэ тиийэн сыл устата өлбүт дьоҥҥо анаан мэлииппэ ааҕар.
Орто Бүлүү улууһун араҥнаахтара хайдах-туох туруктаахтарын бу кыракый отчуоттан билсибитим.
1889 сыллаахха Орто Бүлүү улууһун дьаһалтата араҥ ыарыылаах 50 киһини испииһэктээбит. Ол эрээри бу ахсаан икки төгүл, эбэтэр үс төгүл элбэх буолуон сөп. Арыый кыанар өттө араҥ ыарыыны чып кистээн сылдьар буолуохтарын сөп. Онон Орто Бүлүү улууһун дьонун барытын кытаанах испииһэккэ ылан көрүөххэ-истиэххэ наада.
Бу ыарыы ыаллыы улуустарга эмиэ тарҕаммыт. Үөһээ Бүлүү улууһугар уон киһиэхэ бу ыарыы баара биллибит. Тоҕус, Халбаакы уонна Нам нэһилиэктэригэр ыарыһах ахсаана аҕыйыахтааҕар эбиллэ турар эбит.
Бастакытынан, Лүүчүн уонна Мукучу нэһилиэктэрин араҥ ыарыылаахтара сайынын уу баһан иһэр күөллэригэр сууналлар, куһаҕаннарын быраҕаллар. Онтон бу күөл уутун атын нэһилиэк доруобай олохтоохторо эмиэ иһэллэр. Иккиһинэн нэһилиэктэн үүрүллэр кутталтан кистээн ыалдьа сылдьар дьон элбэҕиттэн, үсүһүнэн олус кирдээхтик олороллоруттан уонна куһаҕан сытыйбыт-ымырбыт, сиикэй аһы аһыылларыттан.
Олохтоох дьон доруобуйатын харыстыыр сыалтан Тойон Шахурдин Орто Бүлүү салалтатыгар, нэһилиэктэр ыстаарысталарыгар туһаайан кулун тутар 14 күнүгэр 1888 сыллаахха 139 нүөмэрдээх дьаһал таһаарбыт. Бастакытынан, дьон олорор сириттэн олус ырааҕа суох үс сиргэ нууччалыы дьиэлэри араҥнаахтарга анаан тутарга. Икки дьиэ эр дьоннорго, биирэ дьахталларга. Бу дьиэлэргэ дьон олорор усулуобуйатын тупсаран оҥорорго. Суунар-тараанар сирдээх, кыраантан сүүрэр уулаах буолуохтаах.
Иккиһинэн араҥ ыарыылаахтары көрөргө-истэргэ ороскуоттанар үбү-харчыны ыарыһахтардаах эрэ нэһилиэк үбүттэн буолбакка бүтүн улуус үбүттэн көрөргө. Үсүһүнэн ыалдьыбыт эр дьон уонна дьахталлар бэйэ-бэйэлэригэр сылдьыһалларын кытаанахтык боборго. Маны кэспит дьону төттөрү үүтээннэригэр үүрэргэ.
Тойон Шахурдин санаатынан маннык үчүгэй усулуобуйаҕа араҥнаахтар ыарыыларын кистээбэккэ бэйэлэрэ кэлиэхтэрэ. Эр дьон уонна дьахталлар бэйэ-бэйэлэригэр сылдьыспат буоллахтарына бу ыарыы тохтуон, бүтүөн сөп. Ыалдьыбыт дьон сотору кэминэн бары өллөхтөрүнэ, саҥа ыарыһахтар суох буолуохтара.
Ол эрээри ити ааттаммыт улуустар кулубалара ыарыһахтар олохторун тупсарарга улаханнык баҕарбаттарын биллэрбиттэрэ. Бу сыл тохсунньутугар Тойон Шахурдин этиитигэр аккаастарын биллэрбиттэрэ. Уонна маннык ис хоһоонноох сурук суруйбуттара. «Биһиги Бүлүү улууһун ыспыраанньыга Тойон Шахурдин 139 нүөмэрдээх араҥнаахтар олохторун тупсарар дьаһалын билистибит. Бурдук уонна дьаһаах нолуогуттан босхолонор уонна Орто Бүлүү нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын экэниэмийэтэ тупсар эрэ түгэ-нигэр ити дьаһалы толоруохпут».
Ити дьаһалга Тойон Шахурдин эбии киллэрбитэ. Араҥ ыарыылаахтарга анаммыт дьиэлэри тэрийии араҥнаахтар истэригэр тахсар ыар буруйу оҥорууну харгыстыа этэ. Араҥнаахтар истэригэр тахсар ыар буруйу силиэстийэлиир чунуобунньуктар уонна кинилэри көрөр-истэр быраастар бу ыарыыга сыстар кутталлара куруук баар. Аны буруйдара дакаастаннаҕына даҕаны бу дьоҥҥо таһыйан эбэтэр накаастыыр миэрэ кыайан туттуллубат.
Орто Бүлүү күбүрүнээтэрэ кулубаны, суруксу-ту уонна алта нэһилиэк ыстаарысталарын кытта көрсүһүүтүгэр хомуллубут докумуоннарынан көрдөххө 1887 сыллаахха араҥ ыарыы тоҕус нэһилиэктэн саҕалаан уон биир нэһилиэккэ тарҕаммыт. Өссө Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр кытары ыарыһахтар баар буолбуттар. Бу нэһилиэккэ урут биир да киһи ыалдьа илик эбит. 1887 сылтан ыарыһах ахсаана 12 киһиттэн 33-кэ, онтон 46 киһиэхэ диэри эбиллибит. Ити икки сыл иһигэр 36% буолар. Билиҥҥи туругунан 80-ча киһи араҥ ыарыылааҕа бигэргэтиллибит. Ити сыыппара эбиллиэн сөп. Тоҕо диэтэххэ элбэх киһи дьон олорор сириттэн үүрүллүмээри ыарыытын кистээн сылдьар буолуон сөп.
Быраас 1887 сыллаахха Хатыҥнаах араҥнаах
тарыгар сылдьарыгар түөрт ыарыһах баар эбит. Билигин ыарыһахтар ахсааннара аҕыска диэри эбиллибит. Кинилэр үс үүтээҥҥэ олороллор, биир дьахтар уонна биир уоннаах оҕо баар. Бу дьонтон биир эрэ киһи хаамар уонна мас хайытар кыахтаах эбит. Уоннааҕылар турар кыаҕа суох сытаахтыыллар. Бу сиргэ биир соҕотоҕун олорор эдэр киһи баар. Кини ийэтэ уонна убайа икки биэрэстэлээх сиргэ олороллор. Убайа ас аҕалан аан тас өттүгэр хаалларар эбит. Ыарыыга сыс-тыам диэн куттанан хаһан да үүтээн иһигэр киирбэт эбит. Ыарыһах бэрт эрэйинэн сыыллан кэлэн аһын ылар, оһоҕун оттунар эбит.
Бүлүү улууһун дьаһалтата төһө араҥнаах дьон баарын, олорор сирдэрин чуолкайдыыр сорудахтаах эбит. Ол эрээри дьаһалта биэрэр сыыппарата дьиҥ-чахчы буолбатаҕа чуолкай. Үгүс ыарыһах ыарыы өрө туран охторуор диэри кистии сылдьаллар. Араҥ ыарыы олус уһун кэмҥэ бу улууһу буулаабыт буолан дьон быста дьадайан дьаһаах уонна бурдук нолуогун кэмигэр кыайан төлөөбөккө иэстэрэ үрдүү турар эбит. Орто Бүлүү кулубата, суруксута уонна алта нэһилиэк ыстаарысталара этэллэринэн араҥ ыарыһахтар бары быстар дьадаҥы дьон, онон нэһилиэк атын араҥа дьоно кинилэр оннуларыгар нолуок төлүүр, эбиитин ыарыһахтары көрүү-харайыы ороскуотун хайдах да уйунар кыаҕа суох. Нэһилиэк олохтоохторо салалта өттүттэн көмөнү эрэйэллэрин уонна араҥ ыарыылаахтары нолуоктан босхолууру туруорсалларын эттилэр. Араҥ ыарыы буулаан дьон олоҕо сатарыйбытын ыйан туран суһал көмөнү көрдөһөллөр.
Бүлүүттэн Мастаахха диэри айаммар аан бастаан араҥнаахтары дьиҥнээхтик көрсүбүтүм.
Бастакы уон миль сири тыынан устан Бүлүү өрүһү туораабыппыт, онтон атынан барбыппыт. Биир ойуурга, тыынар тыыннаах сибикитэ да суох сиригэр эмискэ кыракый үүтээҥҥэ кэтилиннибит.
Үүтээн аттыгар кулуһун умайар. Сынньана түһээри манна тохтоотубут, кумаартан быыһанаары уот аттыгар олордубут. Сотору ойуур саҕатыгар туох эрэ барыгылдьыйан көһүннэ. Кип-кирдээх илдьирийбит таҥастаах дьахтар тахсан кэллэ. Биһиги саҥабытын истэн, куттанан ойуур саҕатыгар саһан биһигини кэтээн көрө сыппыт эбит. Аттыгар уон түөртээх уола баара. Кини кэпсээнэ эмиэ киһи сүрэҕин ытатар буолан биэрдэ. Уолу араҥнаах диэн уорбалаан дьон олорор сириттэн үүрэн ыраах ойуур быыһыгар олорорго күһэйбиттэр. Уол эрэйдээх суос-соҕотоҕун түҥ тыаҕа олоро сатаан баран, бу сортон-муҥтан иирэ сыыһан түүн ийэтигэр кэлэн хоннороругар көрдөспүт. Ийэтэ эрэйдээх хотонун иһигэр уоран уйа оҥорон онно утутар эбит. Бу маннык саһа сылдьарын билиэхтэрэ диэн иккиэн кутталга олороохтууллар эбит. Мин бу уоллаах ийэни баһылык көмүскүүрүгэр көрдөспүппүн ылынан уолу ийэтигэр хаалларбыттара. Бу уол муҥнааҕы туохтан барытыттан куттана сылдьар көрүҥүн хаһан да умнуом суоҕа. Мин киниэхэ чугаһаабыппар охсоору гынна дии санаан хаптас гынаат кэннинэн чугуруйбута. Дьон абааһы көрүүтэ, сиргэниитэ, сэнээһинэ хаһан да сүппэт гына оҕо муҥнаах өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар иҥэн хаалбыта хараҕар ойуулана сылдьара.
Манна олохтоохтор миэхэ анаан балтараа километр усталаах суол оҥорбуттар этэ. Куталаах бадарааннаах сирдэргэ мастары тэлгээн баран сир кырсын уурталаан ыллык курдук оҥорбуттар. Ойуурга 20 ярд кэтиттээх сиргэ маһы солоон оҥорбуттар.
Миигин бэрт элбэх киһи арыаллыыра: ыспыраабынньык, түөрт ыстаарыста, сүүрбэччэ саха дьоно. Бу дьон олус дьикти омуктарын таҥаһын кэтэ сылдьаллара. Дараҕар саннылаах сонноохторо, төбөлөрүгэр араас өҥнөөх былааты бааммыттара көхсүлэринэн түһэн субуруйа сылдьара. Уонна олус дьиикэй, айаас саха аттара бу көстүүнү ситэрэн биэрэллэрэ.
«Чолбон». — 2014. — №1