Инвестиция иирбэтэ, уурунуу туһата

Баан үрдүкү таһымнаах үлэһитэ Афанасий Лугинов: «Хас биирдии киһи үбүн сөптөөхтүк туттуон, сыал туруорунуон баҕарабын», – диир уонна инвестиция, харчыны уурунуу ту­һунан эрэдьиэстиир.

Бүгүҥҥү кэпсэтиибит үптэн тутулуга суох буолуу туһунан. Ол аата хайдах диэххит? Бу иннинэ биһиги бу тиэмэни эмиэ таарыйан турабыт. Киһи үбү эргитэн, үптэн үп оҥорон таһаарыахтаах. Оччоҕо кини ыйдааҕы хамнаһынан, биэнсийэтинэн эбэтэр бизне­һиттэн киирэр үбүнэн эрэ хааччахтаммат. Холобура, бааҥҥа уурунуу харчылаах буоллаххытына, ол бырыһыана кэлэ туруо этэ. Икки квартираҕытыттан биирин куор­тамҥа биэр­дэххитинэ, ый аайы онтон үптэнэҕит. Бу, биллэн турар, үлэттэн тахсар – ууру­нар үптээх, куортамҥа биэрэр квартираны атыылаһар кыахтаах буолуох кэриҥнээххин. Ол ин­ниттэн, туохха барытыгар буоларын курдук, бастатан туран, чопчу сыал туруорунуохтааххыт. Холобура ыйаа­һын түһэрээри гыннахпытына, аспытын аччатабыт, сарсыарда эрчиллии оҥорууттан са­ҕалаан элбэхтик хамсанар буолабыт, анаан дьарыктанабыт. Үпкэ эмиэ оннук буолуохтаах. Үптэн тутулуга суох буолууга дьулуһуу дьоҥҥо баар эрээри, хара ааныттан сыал-сорук туруорунуу суох буолан уонна дьон сөптөөх үөрүйэхтэри баһылыы сатаабатыттан ити олоххо киирбэккэ, баҕа санаа эрэ быһыытынан хаалан хаалар.

Инвестиция. Дьон үксэ инвестициялартан куттанар. Ол төрүөтэ – билбэтиттэн. Сыаналаах кумааҕылар ырыынактарыгар тугу да билбэт киһи араас акциялары, облигациялары ыламмын ночоотуруом дии саныыр. Онон үбү туттуу үөрү­йэхтэрин баһылаан, олору туһана үөрэниэх тустаахпыт. Бааннары кытта брокер дуу, баан үлэһитэ дуу эһиги атыыласпыт сыана­лаах ку­мааҕыларгытын сөптөөхтүк үлэлэтэригэр сөбүлэҥ түһэрсиэххитин сөп. Баан итинник өҥөнү оҥорор. Ону тэҥэ киһи бэйэтэ эмиэ бу боппуруоска быһаарсар буолуохтаах. Спортсмен күн аайы дьарыктанарын тэҥэ харчыны тутууга, үлүннэриигэ ситимнээхтик, илиини араар­бакка дьарык­таннахха эрэ үтүө түмүк кэлэр. Киһи күн ахсын үптэн тутулуга суох буоларга төбөтүн үлэлэтиэхтээх: өссө тугунан эбии харчы киллэриниэх­пин, тугу оҥоруохпун сөбүй, үп эйгэтигэр туох саҥа баарый диэн. Ыйга биирдэ хамнас кэллэҕинэ иэстэри, нолуоктары төлөөһүнүнэн эрэ муҥурдаммакка, харчыны кытта үлэ күннэ­тэ барыахтаах.

Акция. Акциялар биржаҕа бааллар. Баан агент бы­һыытынан сөбүлэҥҥэ олоҕуран бир­жаҕа кө­ҥүл (доступ) биэрэр. Ол кэнниттэн клиент сыһыарыы­нан киирэн баан сче­тун арыйар. Ол сыһыарыыга клиент акциялары, атын да сыаналаах кумаа­ҕы­лары атыылыан, атыылаһыан сөп. Манна биир эрэ хампаан­ньа акцияларын атыылаһар, араас-араас сиртэн ылар ордук. Биир хампаанньа моҥ­курууттуур түгэ­нигэр, ол ночооккутун атын хампаанньалар акциялара сабыахтара.

Облигация. Облигация суһаллык бэрил­лэр уонна эрэллээх инструмент. Акция хампаан­ньа баарын тухары бэриллэр буоллаҕына, облигация үс сылга эҥин болдьохтоон бэриллиэн сөп.

Диверсификация. Бу тиэрмини судургутук «сымыыттаргын барытын биир тымтайга уура сылдьыма» диэн быһаарыахха сөп. Ди­вер­сификация араас кутталлартан быы­һыыр. Киһи үксэ бэйэтэ билэр, хамнаһын каартата баар, урут кредит ыла сылдьыбыт баа­нын кытары үлэлэһэр. Ол эрээри икки-үс бааны кытары үлэлэһиҥ диэн сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ, биир баан харчыны ыытыыта түргэн, атынтан кредити ылар быдан табыгастаах буолуон сөп. Хайа эрэ бааҥҥа уурунуу бырыһыана үрдүк. Аны бааннар бырыһыаннара өрүү биир тэҥ турбат, хамсыыр. Ханна үрдээбитинэн көрөн улары­тан биэрэн иһэр ордук. Мин бэйэм биэс баан өҥөтүнэн туһанабын: үс бааны кытта ыкса, икки баан араас буолар түбэлтэтигэр диэн.

Уурунуу. Ааспыт кэпсэтиигэ бааннарга ин­вести­ция, пенсия уонна страховка програм­ма­лара бааллар диэн эппиппит. Хас биирдии про­грамма бэйэтэ тус сыаллаах буолар. Страховка программата пенсия программатынаа­ҕар ордук барыстаах. Оттон пенсия програм­мата мэктиэтэ ордук бигэ. Олохторун страховкалыыр чунуобунньуктарга, бизнесменнэргэ уонна үгүөрү үптээх саастаах дьоҥҥо ордук барсар. Олоҕу страховкалааһыҥҥа 13-гэр диэри саастаах оҕолоох дьоҥҥо мунньуулаах (накопительнай) страховкалаа­һын ор­дук барсыан сөп. Холобура, оҕо сокуоннай сааһын ситиэр диэри маннык счету арыйан кэлин үөрэххэ киирэригэр, эбэтэр ыал буоларыгар туһаныахха сөп. Бу уурунуу мэктиэлээх буолар. Оттон уоппускаҕа барыаххытыгар диэри баар харчыгытын улаатыннара түһүөххүтүн баҕарар буоллаххытына, мунньунуулаах (накопительнай), эбэтэр страховкалаах счет ордук. Тэрилтэҕэ үлэлиир, оҕолоох, 40–45 саастарыгар чугаһаабыт дьон ­уурунууну, пенсия программатын, олоҕу мунньунуулаах страховкалааһын уонна тус ин­вестиция счетун тэҥинэн арыйыахтарын сөп. Холобура, бизнесмен нолуоктан төлөбүр ылар кыаҕа суох буолан, тус инвестиция счетун ары­йара киниэхэ барыһа суох. Оҕото суох дьоҥҥо олоҕу мунньунуулаах (накопительнай) страховкалааһын эмиэ барсыбат. Оччоҕо брокердыы счету эбэтэр пенсия программатын, эбэтэр мунньунуулаах страховкалааһыны туһаныан сөп.

Көҥүл харчы диэн бу хас биирдии киһи хамнаһыттан 10% уурдарыыта буолар. Бу уур­дарыыбытын үөһээ этиллибит ньымаларынан улаатыннарыахха сөп.

Куттала суох, түргэн, барыстаах диэн суо­ҕун өйдүөх кэриҥнээхпит. Биир эрэ таблетканан ыарыыгын тута суох оҥорбоккун. Үпкэ эмиэ он­нук. Түөкүттэр эрэ сүр түргэнник харчы­ны үлүн­нэрэргэ эрэннэриэхтэрэ. Аны ырыынак тү­һүүтэ-тахсыыта диэн баар, кризистэр эмиэ хаһан баҕарар буолуохтарын сөп. Онон, эрдэ эп­питим курдук, ситимнээхтик үлэлээн, үп-харчы эйгэтигэр буолар уларыйыылары куруук кэтээн көрөн, баар ньымалары сөпкө туһанан, үпкүтүн улаатыннарарга кыһаллыҥ.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар