ИЛ ДАРХАН ИЛЛЭЭХ ОЛОҔУ ТҮСТҮҮР


Быйыл муус устар 27 күнүгэр Саха Автономиялаах Өрөспүүбүлүкэтэ тэрил­либитэ лоп курдук 100 сылын туолар. Бу саха омук уонна Саха сирин историятыгар олус суолталаах бэлиэ кэмҥэ ол биир үйэлээх судаарыстыбаннаспыт историятын сүгэһэрин быһаччы сүгэн сылдьар киһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев буолар. Онон сахалыы тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал муус устардааҕы нүөмэригэр Айсен Сергеевич ыалдьыттыыр.

– Айсен Сергеевич, эн санааҕар, Саха сирин судаарыстыбаннаһын биир үйэ иһигэр сайдан кэлбит үөрүйэҕэ биһиэхэ тугу кэрэһилиирий?

– Судаарыстыбаннаһы олохтооһун уонна авто­номиялаах өрөспүүбүлүкэ статуһун ситиһии – бүтүн норуот дьылҕатын уларыппыт, Саха сирин тыын интэриэһин үрдүк таһымҥа хорсуннук уонна итэҕэтиилээхтик көмүскээһин хаһан да умнуллубат чаҕылхай холобура буолар. Бу сүҥкэн политическай ситиһии туох ис хоһооннооҕун уонна дьайыылаа­ҕын сыл-хонук аастаҕын аайытын бар дьон өссө дириҥник өйдөөн иһиэҕэ уонна тирэх оҥостуоҕа диэн тус бэйэм бигэ эрэллээхпин.

Саха саарын дьоно Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов уонна кинилэр соратниктара, оччотооҕу политическай быһыыны-майгыны олох сөпкө өйдөөннөр, эдэр сэбиэскэй Россия инникитин хайдах сайдыахтааҕын өтө көрөннөр, автономия боп­пуруоһун күүскэ туруор­субуттарын түмүгэр Саха бастакы өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута. Бу ситиһии Саха сирин сайдыытын олох атын, үрдүк таһымҥа таһаарбыта, Улуу Россияны кытта үйэлэргэ биир дьылҕалаахпытын өссө төгүл бигэргэппитэ. Автономияны ылынан баран, Саха сирэ хаалыылаах уһук губерният­тан индустриальнай суолунан сайдар, баараҕай промышленнай бырайыактары олоххо киллэрэр, Уһук Илин биир тумус туттар өрөспүүбүлүкэтэ буолар суолу тутуспута. Ол суолбутуттан туораабакка, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлээн, айан-тутан иһэбит.

Автономия биһиэхэ омук быһыытынан тирэхтээхтик сайдар кыаҕы биэрбитэ. Төрүт дьарыкпытын өссө сайыннаран, хотугу тыа хаһаайыстыбатынан киэҥ далааһыннаахтык дьа­­рыктанары ситиспиппит, култуура­бы­тын, тыл­бытын-өспүтүн, сиэрбитин-туоммутун симэ­липпэккэ, өссө күүскэ сайыннаран, судаарыстыба өттүттэн улахан өйөбүл биэрэн, күн бүгүн саха омук аатын ааттата, кэҥии-тэнийэ сылдьарбыт кэрэхсэбиллээх.

1990 сыллаахха Саха иккис өрөспүүбүлү­кэ­тэ олохтоммута. Бу олох саҥалыы тыыннаах хам­сааһын, өрө көтөҕүллүү этэ. Ол эрээри 1922 сыл­лааҕы бастакы өрөспүүбүлүкэбитин кытта ди­риҥ силистээх-мутуктаах, тирэхтээх буоламмыт, саҥа кэм утары ууммут улахан уларыйыыларын сөпкө ылынан, саҥа үйэҕэ сэргэхтик уонна кимиилээхтик киирэр кыахтам­мыппыт.

– Политик уонна экономист киһи хараҕынан көрдөххүнэ, аан дойду геополитикатыгар уон­на Россия социальнай-экономическай эйгэ­ти­гэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн аат туох өйдөбүллээҕий?

– Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһунан атын дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыт өйдөбүллэр бааллар – «манна алмаас хостонор», «тым­ныы», «Саха сирэ биэс Франция киирэр иэннээх» диэбит курдук. Биллэн турар, бу толорута суох өйдөбүллэр, стереотиптар. Ол иһин бука бары Саха сирин туһунан саҥа өйдөбүллэр үөскүүллэригэр күүскэ үлэлэһиэхтээхпит.

Биһиги күннээҕи олохпутугар-дьаһахпытыгар киэҥ сирбит-уоппут уонна тымныыбыт сүҥ­кэн дьайыылаахтар. Аан дойду хараҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ирбэт тоҥ үрдүгэр, аныгы олох тэтимин баттаһа, тэтимнээхтик сайдар, киһи өйүн-сүрэҕин кыаҕын, дьоҕурун толору уонна сатабыллаахтык туһанан, сырьеттан тутулуга суох экономикаҕа тирэнэр, инникигэ бигэ эрэллээх регион быһыытынан бэйэбитин көрдөрүөхтээхпит.

Россия тыытыллыбатах айылҕатын 30 %-на, оттон аан дойду тыытыллыбатах айылҕатын 10 %-на Саха сиригэр баар. Маннык тыыннаах баайдаах олорон, биһиги хайдах да баараҕай экологиялыы хамсааһыннартан туора турар кыахпыт суох. Бу хайысхаҕа сылтан сыл үлэ-хамнас кэҥээн, ис хоһооно дириҥээн иһиэҕэ. Онуоха билигин саамай тоҕостоох кэм үүнэн турар – 2023 сылга диэри Россия Арктикатааҕы Сүбэни салайар. Саха сирэ аан дойдутааҕы экологияҕа резервэтин быһыытынан планета чөл буоларыгар бэйэтин кылаатын киллэрэ туруоҕа – ирбэт тоҥу, күн-дьыл уларыйыытын чинчийэн, ыраас салгыны оҥорон таһаарар карбон полигоннары тэрийэн, сир «тыҥата» буолан. Бу үлэ-хамнас барыта наукаҕа, дириҥ чинчийиилэргэ олоҕуруохтаах диэн бигэ өй­дөбүллээхпин. Манна Уһук Илин регионнарын кыаҕын түмэн, «Север» научнай-үөрэтэр киин олохтоммута улахан төһүү буолуохтаах.

Үтүөҕэ дьулуурбутун уонна киэҥ билиини-көрүүнү холбоотохпутуна, биһиги улахан улары­йыылары таһаарар кыахтаахпыт.


– Быйыл Россияҕа култуура нэһилиэсти­бэ­тин сыла биллэрилиннэ, эйиэхэ бу хайысха чу­гас – эһиги дьиэ кэргэн үтүө дьулуургутунан Тааттаҕа өр кэмҥэ үлэлээбэккэ турбут көлө тардар миэлиҥсэтин сөргүтэн тилиннэрбиккит. Бу үтүө холобуру кэлин Саха сирин үрдүнэн үгүс киһи сэргээн, өйөөн, батыһан эрэрэ хайҕаллаах суол. Маннык, омос көрдөххө политикаҕа сы-һыана суох хамсааһыннар судаарыстыбаннас сайдыытыгар туох суолталаахтарый?

– Бэйэ омугун уруккутугар, историятыгар ытыктабыллаах сыһыан – норуоту сомоҕолуур сүдү күүс. Биһиги түҥ былыргы үйэлэргэ тоһуттар тымныыттан толлубакка, бу сиргэ олох-дьаһах тэриммит хорсун санаалаах өбүгэлэрбититтэн силис-мутук тардан бүгүҥҥү күҥҥэ кэлбит буолан, өрүү сайдарга, тупсарга дьулуһар үтүө үгэстээхпит. Онон бэйэ омугун уруккутугар үтүө сыһыаны көлүөнэттэн көлүөнэҕэ иҥэриэх тустаахпыт. Оччо­ҕо омук быһыытынан тирэхтээх буолуохпут.

Соҕотох киһи саныыр санаата тиийбэт дириҥ улаҕалаах, киэҥ далааһыннаах, үйэлэр тухары тиһиллибит мындыр өй утахтарын түмэ сылдьар, норуот ис дьиҥин, омук быһыытынан уратыбытын өрө тутан бар дьон билиитигэр таһаарар эйгэлэринэн култуура уонна искус­ство буолаллар. Ону дириҥник өйдүүр, онно суолта биэрэр буолан, дойдубут аҕа баһы­лыга Владимир Путин 2022 сылы Россия норуот­тарын култуураҕа нэһилиэстибэлэрин сылынан биллэрбитэ. Онтон «Өйдөбүнньүктэ­ри харыстыаҕыҥ» диэн бырайыак биһиэхэ өссө 2019 сылтан ыла саҕаламмыта. Бу бырайыак чэрчитинэн барыта 35 история пааматынньыга чөлүгэр түһэрилиннэ. Быйыл да бу үлэ-хамнас салҕаныаҕа. Араас улуустарынан барыта 13 пааматынньык саҥардыллыаҕа, ол иһигэр Дьокуускайга Суорун Омоллоон олорбут дьиэтэ, Намҥа Ойуунускай трибуната, Покровскайга Серго Орджоникидзе олорбут дьиэтэ.

– Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сы­лын биллэрдиҥ. Ил Түмэҥҥэ Анал этиигэр патрио­тизм киһиэхэ ийэ үүтүн кытта тэҥҥэ киирэн иитиэх­­тэ­нэр диэн бэлиэтээбитиҥ. Дьэ билиҥҥи глоба­ли­за­ция, маассабай култуура, маргинализация кэмигэр ыччаттар­бытын төрөөбүт дойдуларын кытта хайдах ситимниибитий, кинилэртэн кэнэ­ҕэски Саха Өрөс­пүүбүлүкэтин патриоттарын хай­дах иитэн таһаарабытый?

– Хас биирдии киһи оҕо эрдэҕиттэн «мин төрөөбүт дойдум миигин араҥаччылыыр, көмүскүүр» диэн санаалаах эрэ улааттаҕына, кини кэнэҕэскитин патриот буола үүнэр. Манна улахан оруолу дьиэ кэргэн олоҕо, ийэ иитиитэ ылар. Оҕоҕо Ийэ сиригэр таптал биһигиттэн ыла иитиллэр. Төрөппүттэрэ дьоллоох, чөл олохтоох, чэгиэн туруктаах уонна кыахтарын толору туһанан, айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьар буоллахтарына, оннук дьонтон инникигэ эрэл­лээх, «үчүгэй» уонна «куһаҕан» диэни чуол­кайдык араарар, ис эйгэтэ чөл киһи үөскүүр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, үгэс быһыытынан, социальнай эйгэ сайдыытыгар улахан болҕом­то ууруллар. Ийэ буолууну өйүүргэ, төрөө­бүт оҕону араҥаччылыырга, дьиэ кэргэн турук­таах буоларын хааччыйарга араас хайысханан бюджекка сыллата үп-харчы көрүллэн, утумнаах үлэ барар. Бу үлэ үтүө түмүгүнэн демографияҕа көрдөрүүлэр тупсуулара буолар. Ол курдук, киһи ахсаана саҥа оҕо төрүүрүн суотугар улаата­ры­нан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон Россияҕа сэттис кирбиигэ сылдьар.
Патриоттары иитиини киэҥник ылан көрүө­ҕүҥ. Дьон тоҕо киин сиргэ, киэҥ куорат­тарга, атын дойдуга талаһарый? Хардата судургу – ор­дук олоҕу көрдөөн. Ол иһин биһиги манна, бэйэ­бит өрөспүүбүлүкэбит иһигэр, хас биирдии киһи бэйэтин кыаҕын толору туһанар, талбыт идэтигэр ситииһилэнэр, олоххо дьулуһар сыалын-сору­гун толорор кыаҕын тэрийиэхтээхпит. Оччоҕуна дьон-сэргэ тоҕо атын сирдэргэ олохсуйарга талаһыаҕай? Биллэн турар, биирдиилээн бараач­чылар син биир баар буолуохтара – дьон-дьон араас санаалаах, ол эрээри күргүөмүнэн көһүү суох буолара чахчы.

– Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ Ил Дар­ханын быһыытынан аны сүүс сылынан Саха сирин сайдыытын, саха омук кэскилин хайдах тойоннуугунуй?

– Биһиги курдук киэҥ-куоҥ сирдээх-уоттаах регион ханна да суох. Индия курдук улуу дойдуну кытары сирбит иэнинэн тэҥмит. Онон бачча киэҥ сири-уоту баһылаан олорор дьон күннээҕинэн эрэ сылдьарбыт табыллыбат. Өрөс­пүүбүлүкэбит инники сайдан баран иһиэн ба­ҕарар буоллахпытына уон, биэс уон, сүүс сылы­­нан хайдах-туох буолуохпутун эрдэттэн эрдэ то­рум­наан иһиэхтээхпит. Ол эрээри, хайаан даҕаны чуолкай былаан оҥостон үлэлии олоруохтаахпыт диэн буолбатах – биир сүрүн сыал-сорук баар буолуохтаах. Ол сүрүн сыалбыт-сорукпут биһиги бигэ туруктаах буолуубутугар сытар. Онуоха омугуттан, сааһыттан тутулуга суох Саха сирин олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан, биир санаанан салайтаран үлэлиэх-хамсыах, айыах-тутуох тустаахпыт. Сирбит-уоп­пут дэлэй баайдаах. Онно тирэнэн биһиги, бастатан туран, өйбүт-санаабыт кыаҕын, күүһүн сайыннарыахтаахпыт. Оччоҕуна эрэ инники сүүс сылга туруктаахтык олорорго эрэллээх буолуох этибит.

Айти-технологияҕа, креативтыы индустрияҕа үлэлии сылдьар эдэр дьон бэйэлэрэ тылла­наннар, Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу бы­лаан» айымньытын батыһаннар кэлэр сүүс сылга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ, улуустар хай­дах олоруохтаахтарын былааннаан эрэллэр. Билигин хас биирдии улууһу барытын кэрийэн, дьону-сэргэни кытары көрсөн этиилэри хо­муйа сылдьаллар, үгүс кэпсэтиини, санаа атас­та­һыытын таһаараллар. Кинилэр бу сыл бүтүөр диэри былааммытын көрдөрүөхпүт, бил­и­һиннэриэхпит дииллэр. Ыччаттар итинник са­нааны ылым­мыттарын тус бэйэм олус би­һирээтим. Ити курдук дьон-сэргэ хас биирдии эйгэнэн инники сайдыы туһунан этиилэри киллэрэрэ буоллар, барыбытыгар да туһалаах буолуох этэ.

– Сахалыы тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал ааҕааччылара эн уус-уран литература туһунан туох санаалардааххын уонна сөбүлүүр суруйааччыларгын билиэхтэрин баҕараллара чахчы.

– Хас биирдии киһиэхэ уус-уран айымньы толкуйу дириҥэтэргэ, олоҕу анаарарга улахан күүс-көмө буолар. Аныгы киһи олоҕор араас гаджеттар күүскэ өтөн киирдилэр. Бу уу сүүрүгүн курдук киэҥник уонна дохсуннук уста турар күннээҕи сонуну тиэрдэр ньымалартан тэйэ түһэн, дьиҥнээх литератураны аахтахха эрэ ис турук уоскуйар, өйө-санаа сааһыланар. Төһөнөн тас олох түргэтиир да, оччонон ис турук чуумпу уонна холку буолуохтаах. Онон, мин санаабар, инникитин киһи аймах кинигэ ааҕыытыгар син биир төннүөҕэ.

Тус бэйэм оҕо эрдэхпиттэн ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Билигин, төһө да иллэҥ кэмим аҕы­йаҕын иһин, быыс булларбын эрэ кинигэ ааҕабын. Ааҕыы диэн миэхэ сынньалаҥ кэриэтэ. Саха уус-уран литературата биһиги өйбү­түн тутарбытыгар, ситэрбитигэр-хоторбутугар улахан сабыдыалы оҥорбута. Биир кылгас кэрдиис кэм иһигэр хас да бөдөҥ суруйааччы тэҥҥэ айан-тутан, саха уус-уран классикалыы литературатын үөскэппиттэрэ. Кинилэр суруйан хаалларбыт улуу айымньылара – омукпут баайа. Дьиҥнээх сахалыы толкуй, олох сиэрэ-туома, тыл сүмэтэ – барыта биһиги классиктарбыт айымньылары­гар сөҥөн сытар. Тус бэйэм, түгэн көһүннэҕинэ, Даланы, Амма Аччыгыйын, Софрон Даниловы сүгүрүйэ уонна ытыктыы ааҕабын.

Саха киинэтэ сайдан, классик суруйаач­чыларбыт айымньыларын киэҥ араҥаҕа таһаа­рарбын олус кэрэхсэбиллээх. Интернеккэ эмиэ саха литературатын ыыра кэҥээн иһэр. Сото­рутааҕыта «Айар» кинигэ кыһата смартфоннар­га аналлаах бэйэтин аан бастакы электроннай библиотека сыһыарыытын таһаарда. Ол эбэтэр баҕалаах киһи төрөөбүт тылынан суруллубут ки­нигэни сиэбигэр укта сылдьан ааҕар кыахтан­на! Манна 500-чэкэ кинигэ уонна 70-ча аудио-кинигэ киирдэ. Бу бырайыак олоххо киирэригэр 50 аудио-кинигэни бэлэхтээн кыттыбыппыттан тус бэйэм олус үөрэбин.

– Билигин Аҕа дойдубутугар Россияҕа уон­­на аан дойдуга бүттүүнүгэр даҕаны судургута суох быыһык кэм тирээтэ. Маннык түгэҥҥэ би­һиги, Саха сирин дьоно, хайдах-туох дьаһанан олорорбут тоҕоостооҕуй? Ханнык суолу туту­һар­быт ордугуй?

– Өбүгэлэрбит маннык кэмнэри «аан дойду атыйахтаах уу курдук дьалкыйда» диэччилэр. Олох­пут-дьаһахпыт күнтэн күн киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн уларыйа турар. Биһиги, Саха Өрөс­пүүбүлүкэтин дьоно-сэргэтэ, төрөө­бүт дойду­бут Россия бигэ тирэхтээх уонна модун буоларын туһугар, аҕа баһылыкпыт Владимир Владимиро­вич Путин олоххо кил­лэрэр политикатын толору өйөөн тураммыт, сайдыыга, үтүөҕэ дьулуурбутун өссө күүһүрдэн, ис кыахпытын түмэн, санаабытын ууран аҕа дойдубут бары омуктарын кытта биир сомоҕо буоларбыт ирдэнэр.

Бүгүҥҥү сүрүн сыалбыт-сорукпут – арҕааҥҥы дойдулар бопсууларыттан сылтаан политика, экономика эйгэлэригэр тахсар тыҥааһыннаах быһыыга-майгыга бэриммэккэ, уустук кэми этэҥҥэ туоруур, ону ааһан, үүнэ-сайда турар туһугар туох баар кыахпытын ууруу. Ол иһин кулун тутар ыйга суһаллык дьаһал ылынан, өрөспүүбүлүкэ экономиката бөҕө буоларыгар туһуламмыт кэлим көмөнү оҥордум. Хотугу таһаҕас таһыытын тэрийиигэ, тыын суолталаах тэрилтэлэр үлэлэрин тирэхтээх оҥорууга, аһынан-үөлүнэн хааччыллыыга, орто уонна дьоҕус бизнеһи өйөөһүҥҥэ уо.д.а. дьон-сэргэ олоҕор быһаччы дьайар хайысхаларга көмө көрдүбүт.

Онон санаабытын түһэрбэккэ, тас дойдулар тосту-туора, сымыйа пропагандаларыгар бэрим­мэккэ, кырдьык туругурарын, дойдубут Россия кэскилин туһугар бары бииргэ тутуһан үлэлиэх тустаахпыт. Саха сирин олохтоохторо күннэтэ уларыйа турар уустук быһыыны-майгыны табатык өйдүүллэр уонна сырдык инникигэ эрэллэрэ күүстээх диэн тус бэйэм бигэтик эрэнэбин. Уйаммыт-хатаммыт биллэр кэмнэрин бары бииргэ сарын сарыммытыттан өйөһөн хайаан да этэҥҥэ аһарыахтаахпыт!

Кэпсэттэ Гаврил Андросов

Матырыйаал сирэйигэр Инна Якупова хаартыската туһанылынна.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар