Иккиэйэҕин халыҥ тайҕаҕа

(Мүччүргэннээх кэпсээн)

«Вихрь» мотуордаах оҥочо хотугу өрүс күүстээх сүүрүгүн хоту дьулурҕатык айаннаан куугунуур. Оҥочоҕо үс киһи баар: күн уота килэриччи сиэбит саар тэгил уҥуохтаах Баһылай Сиипсэп мотуору салайан оҥочо кэннигэр лэҥкэйэн олорор, уола уон түөртээх Дьулус сэттэ сыл балыс балтын, Аайаны кытта, ортоку олороллор. Тыаҕа баран иһэр дьон быһыытынан оҕолор күһүҥҥү халтаҥ кууркалаахтар, бириһиэн ыстааннаахтар, кылгас саппыкылаахтар. Өрүс икки өттүнэн баараҕай лиҥкир тииттэр адаарыһан, көҕөрө харааран аргыый талбааран ааһаллар. Балачча буола-буола өрүс икки өттүгэр сылбах мастар хараара өрөһөлөнөн көстөллөр.

Атырдьах ыйын саҥата буолан салгын арыый да сөрүүдүйбүт. Бу Баһылай икки оҕотун илдьэ бөһүөлэктэн уон түөрт көстөөх Ыылаах учаастагар айаннаан иһэр. Кини онно геологтар базаларын харабыллаан олорор Ылдьаа оҕонньору солбуйуохтаах. Оҕонньор кэлиҥҥи кэмҥэ ыарытыйара элбээн, геологтар рацияларынан солбугу ыытыҥ диэн көрдөспүттэр. Баһылай оҕолорун бөһүөлэккэ хаалларыахтаах этэ да, кэргэнэ куоракка үөрэнэ барбыта. Онон биир ый кэриҥэ оҕолорбун кытта сылдьар инибин диэн илдьэ баран иһэр.

Дьулус аҕатын утумнаан кыаһаан хааннаах, сааһыгар дьүөрэлии тэтиэнэх көрүҥнээх уол. Балта Аайа ийэтинии маҥан, мытырыйбыт төгүрүк сирэйдээх, мыс курдук эттээх-сииннээх кыракый кыысчаан.

Сотору оҥочо уҥа диэки салаллан, синньигэс кумах үрэххэ киирэн устан доллоһуйда. Икки көс кэриҥэ адьас туора, илин хайысханы тутуһан, очоҕостуу субуллар үрэх устун айаннаан куугунаттылар. Күн тииттэр төбөлөрүгэр түһүүтэ кумахтаах кытылга анньылыннылар. Аҕалаах уол уһун айантан көһүйэн хаалбыт илиилэрин-атахтарын имитэн хамсаммахтаан баран аҕалбыт малларын үөһээ кытылга тастылар. Аайа кырылас кумахтаах, остуол ньуурунуу көнө кытыл устун этин-сиинин уһугуннаран сүүрэн туорахтанар. Баһылай оҥочотун сыабын чиккэччи тардан, кытылтан чугас турар иҥнэри түспүт тииккэ эрийэн баран хатаан кэбистэ.

Үөһэ сиэрдийэлэринэн оҥоһуллубут отуу таһыгар квадроцикл турар. Астарын-үөллэрин ол куусабын үрдүгэр чохчолоон бараннар, хаптаһын остуолга хаһыаты тэлгэтэн, ол үрдүгэр өйүөлэрин таһаараннар, аһыы олордулар. Сылайбыт буоланнар, оҕолор саҥалара-иҥэлэрэ соччо тахсыбат. Сайын бүтэһик ыйа буолан, хата бырдах сүппүт, онон Аайа кыҥкыйдыыр саҥата иһиллибэт. Сотору аһаан сапсырыһан бүтэннэр, салгыы айаҥҥа туруннулар.

Квадроцикл айаннаан бирилээн, биир көстөөх сири өр гымматылар, алаадьы саҕа алаас күөлэ мастар быыстарынан көҕөрө элэҥнээн көһүннэ. Бэттэх, тыа саҕатыгар улахан ыскылаакка моһуоннаах тутуу, аттыгар багдайбыт гараас уонна дьон олорор дьиэтэ барыйан көстөллөр. Бэттэх кыра ампаар турар.

– Тыый, дьон бөҕө баар эбит дии? – Аайа улаханнык соһуйбут быһыынан ыйытта.

– Манна билигин оҕонньор эрэ баар. Геологтар бары тыаҕа сырыттахтара, – аҕата квадроцикл ыытан иһэн быһаарда.

Тэлгэһэҕэ ыт охсор киһи көстүбэт. «Ылдьаа ханна бардаҕай? Ыта эмиэ көстүбэт» диэн дьиибэргии санаабытынан Баһылай дьон олорор дьиэтин диэки хаамта. Үһүөн субуруһан дьиэҕэ киирдилэр. Иһирдьэ киирээт Сиипсэп соһуйан өрө көрө түстэ, айаҕын аллаччы атан турда. Дэлби тырыттан хаалбыт хара таҥастаах, сирэйдэрэ барыта бар түү буолбут үс киһи кинилэри утары көрөн тураллар. Бэтэрээ турар киһи «Калашников» автоматын, аттыгар турааччы карабин сааны кинилэр диэки туһаайбыттар. Дьиэ иһэ табах буруотунан уонна туох эрэ дьаардаах ыарахан сытынан тунуйар. Үһүс, илиитигэр сүгэлээх киһи, ойон кэлэн ааны хатыы охсон бүөлүү турда.

– Э-э-эһиги кимнээхтэргитий? – соһуйбутун, куттаммытын омунугар Баһылай кэлэҕэйдээн ыла-ыла ыйытта.

Остуол иннигэр турааччы арыыйда кырдьаҕастара, арааһа, баһылыктара быһыылаах, «Калашниковын» Баһылай түөһүгэр тирээн туран саҥаран бардырҕаата:

– Биһиги хаайыыттан күрээбит дьоммут, баҕар, истибиккит буолуо… Онон, короче, маннык. Биһиги сүтэрэрбит суох… Үһүөн симмитигэр түһэн сылдьар дьоммут. Онон эһигиттэн аскытын ылан баран сүтүөхпүт. Эһигини манна ампаарга хаайан баран барыахпыт. Оннук-маннык буолан өсөһүмэҥ! А-то, маннааҕы харабыл оҕонньор курдук үөһэ өбүгэлэргитигэр ыытыахпыт… Чэ эрэ, уолаттар, кэлгийиҥ.

Икки доҕоро ыстанан кэлэннэр, Баһылайы уонна Дьулуһу бирээдьинэ быанан илиилэрин кэдэрги кэлгийдилэр. Аайа кутталыттан ытаан марылаата. Баһылыктарын харахтара сиэмэх кыыл курдук көрөн чөҥөрүһэннэр ынырыктара бэрт. Ол кэнниттэн оҕолору саҕаларыттан харбаан таһырдьа таһаараннар, чугас турар ампаарга үктэнэр-үктэммэт дэллэритэн илдьэннэр, иһирдьэ анньыталаат лип гына сабан, таһыттан ыт буутун саҕа күлүүһүнэн хатаатылар.

Ампаар иһигэр им-балай хараҥа. Аан хайаҕаһынан эрэ сырдык тыккыраан киирэр. Кэлин оҕолор арыыйда харахтара үөрэнэн, мас наара орон үрдүгэр олордулар. Уол балачча эрийэн-мускуйан уонна балтыгар көмөлөһүннэрэн илиитин кэлгиэтин сүөрдэ. Аайа ытаан ыҥыргыы-ыҥыргыы Дьулус аттыгар сыста түһэн олордо. Итинник олорон убайыттан үрүт үөһэ ыйытан лэбэйдиир:

– Биһигини манна тоҕо хаайдылар? Аҕабыт тоҕо кинилэргэ хаалла? Биһиги хайдах буолабыт? Мантан хайдах барабыт?

Убайа тугу да хоруйдуон билбэккэ иитэ суох иэдээҥҥэ түбэспиттэрин ырыҥалыы сатыы олордо. Ити аата кинилэр хаайыыттан күрээбит күрүөйэхтэр илиилэригэр түбэстилэр. Ынырык дьон быһыылаах… Ол аата ыскылаат харабылын Ылдьаа оҕонньору өлөрдөхтөрө, саатын ыллахтара, ол иһин кини көстүбэт буоллаҕа… Хайдах буолуохха, мантан хайдах куотуохха? Наһаа хараҥара илигинэ ону-маны көрүөххэ, тобулуохха баара.

Ойон туран боруҥуй сырдыкка ампаар иһин сыныйан көрүтэлээтэ. Икки истиэнэҕэ мас наара ороннор, икки кураанах буочука, хаптаһын остуол үрдүгэр хас да бурдуктаах куул ууруллубут. Муннукка мас уктаах күрдьэх уонна күөгү маһа өйөнөн тураллар. Геологтар өрүскэ киирэн балыктыыр буоллахтара. Истиэнэҕэ кус түүтэ истээх (пуховик) сон, ыстаан ыйаммыттар. Остуол, наара ороннор анныларын харбыалаһан көрдө да кураанах кэнсиэрбэ баанкаттан ураты туох да суох. Ити ыккардыгар күн киирэн хараҥара оҕуста.

Таһырдьа кимнээх эрэ саҥалара аймаласта. Дьулус ойон тиийэн ааҥҥа сыста түһэн саҥаларын иһиллии сатыы турда. Баһылык киһи бардырҕас саҥата иһилиннэ:

– Сарсын эрдэ туран ити аҕаларын сирдьит оҥостон илдьэ барыахпыт. Өрүһү билэр буолуохтаах. Таһаҕасчыт киһи да наада.

– Ээ оннук. Оттон ити оҕолорун? – сэлибирэс саҥа ыйыталаһар.

– Оҕолору сарсын тыаһа-ууһа суох дьаһайталаан баран барыахпыт… Кинилэри чэҥкээйи, айах адаҕата оҥостубаппыт. Тыыннаах туоһу биһиэхэ наадата суох…

– Оттон аҕаларыгар туох диибит?

– Киниэхэ оҕолоргун бөһүөлэккэ ыыттыбыт диэхпит.

Уол тугу истибититтэн куттанан этэ саласта, тоҕо эрэ тоҥон, этин сааһа аһыллан дьигиһийэн ылла. Ити аата кинилэри өлөртүүргэ быһаарыммыттар. Дьоҥҥо кэпсээн, тыллаан биэриэхтэрэ диэн куттанар буоллахтара. Хайдах буолуохха? Мантан куота эрэ охсуох тустаахтар! Оттон аҕалара? Аҕаларын ити баҕайылар илдьэ бараллар, баҕар, кини аараттан куотуоҕа. Дьонноох сиргэ тиийэн тыллыы охсуохха, аҕабын быыһыахха!

Хайдах куотабын? Уол толкуйдуу түһэн олорбохтоото. Харахтара муннукка өйөннөрүллэн турар күрдьэххэ иҥиннэ. Ойон тиийэн күрдьэҕи ылан түгэх истиэнэ аннын хаһан тибилийбитинэн барда. Муостата суох эрээри буора тэпсиллэн, сирэ кытаанаҕа, чиҥэ сүрдээх. Бэрт өр тиритэ-хорута үлэлээн, истиэнэ аннынан киирэр хороон курдугу хаста. Олус сылайан сиргэ олоро түһэн, сынньана олорбохтоото. Наара ороҥҥо Аайа утуйан тойболло сытар.

Таһырдьа ый тахсыбыт, ол сырдыга аан быыһынан тунааран түһэр. Сынньана түһээт Дьулус ойон туран эмиэ салгыы хаһан барда. Анараа өттүн алларааттан хаһарга ордук эбит, ол иһин күрдьэх угун истиэнэҕэ өйөннөрө уураат тосту үктээн кэбистэ. Дьэ билигин уга суох күрдьэҕинэн алларааттан хаһарга бэрт буолла. Балачча уһуннук сынньанан ыла-ыла хаһан анараа өттүгэр тахсар холлороон оҥордо. Үлэтин бүтэрэн, толкуйдаан олорбохтуу түстэ. Онтон ыстанан тиийэн, били истиэнэҕэ ыйаммыт ыстаан сиэптэрин хасыһан испиискэ булан ылан сиэбигэр угунна, куругар тирии кыыннаах саха быһаҕа ыйанан тэйгэҥнии сылдьар, ону эмиэ курдары-байдары устан ылан бэйэтигэр баанан кэбистэ. Аттыгар ыйаммыт пуховик сон сиэбиттэн икки куобах туһаҕын булан төттөрү укта, ол кэнниттэн наара орон анныттан кураанах кэнсиэрбэ баанкатын сулбу тардан ылан кууркатын сиэбигэр угунна. Күөгү синньигэс быатын маһын төбөтүттэн быһаҕынан быһан ылан, илиитигэр түүрэн баран кууркатын сиэбигэр уктаат тимэхтээн кэбистэ. Дьэ бу балар хайаан да наада буолуохтара…

Аргыый балтын уһугуннарда. Кыыһа тугу да өйдөөбөккө мээнэнэн көрүтэлии олордо:

– Биһиги ханна баарбытый? Тоҕо манна хараҥаный? Тымныы баҕайы дии.

Уол балтын кулгааҕар сибигинэйдэ:

– Улаханнык саҥарыма. Куһаҕан дьон истиэхтэрэ. Билигин бу ампаартан куотуохпут. Чэ, кууркаҕын тимэхтэн. Кэл, барыахха…

Балтын илиититтэн ылан, сиэтэн аллараа холлороонунан сор бөҕөнөн батан сыһаҕастанан ампаар анараа өттүнэн таҕыстылар. Ыйдаҥа уота үдүк-бадык сырдатар. Дьулус балтын илиититтэн сиэтэн, аҥаар илиитинэн пуховик сону туппутунан түҥ ойуур үөһүн диэки баран истилэр. Бу кутталлаах сиртэн куота, ыраата эрэ охсуох тустаахтар. Сотору ыйдара былыкка киирэн хаалла. Тыа иһэ хараҥа. Сирэйин мас лабаатыгар, мутугар хайыта анньа-анньа Дьулус Аайатын бэйэтинэн мутуктан хаххалаан сиэтэн баран истэ. Түргэнник хаамар буоланнар кэнникинэн тиритэн-хорутан бардылар. Сотору кыыһа сылайан татынньахтанан барда:

– Убаай, мин сылайдым, олоруохха эрэ. Эн ханна бар да бар буолаҕын?

Уол олоро түһээт кыыһын көхсүгэр сүктэ уонна эмиэ иннин диэки дьүккүйбүтүнэн барда. Баҕар, сарсыарда ити дьоннор кинилэри түүҥҥү сиик суолунан ирдээннэр, эккирэтиэхтэрин сөп. Былыр түүҥҥү сиик суолунан көрөн эккирэтэр булчут дьоннор бааллара үһү, таайа Силип оннук кэпсээбиттээҕэ.

Балачча уһуннук хааман Дьулус сылайан, сынньанарга быһаарынна. Икки баараҕай тиит төрдүгэр кураанах сири булла. Хайыы-үйэҕэ утуйан буккураан хаалбыт кыыһын онно сытыаран баран, кыбынан кэлбит сонунан бүрүйэн кэбистэ уонна аттыгар сытта.

Дьэ иэдээннээх күн буолла дии… Кыл-мүччү ити күрүөйэхтэртэн куоттулар. Аҕаларын тутан хааллылар. Аны кини соҕотох буолбатах, кыра балтылаах дии? Соҕотох, турар бэйэтэ эрэ эбитэ буоллар, син сылдьыа этэ. Хайдах бу түҥ тыа иһиттэн тыыннаах тахсаллар? Тугу эмэ аһаан-сиэн сырыттахтарына эрэ тыыннаах сылдьыахтара, сэниэлээх буоллахтарына дьоҥҥо тиийиэхтэрэ. Тугу эрэ тобулуох тустаах.

Сарсыарда халлаан сырдыыта уһугуннулар. Үөһэ барыта былыт, күн ханна баара биллибэт. Тоҥмуттар, титирэстэспиттэр, хаһан аһаҕас халлаан анныгар хонон турбуттара баарай? Уол ойон туран илиитин-атаҕын имитэн ойуоккалаата. Балта кинини үтүктэн тэҥҥэ ойуоккалаһан бойборуйда. Кыратык күлсэн-салсан ылаат иккиэн аччыктаабыттарын, дьэ, өйдөөтүлэр.

– Мин аһыам этэ, – диэтэ Аайа уоһун толлоччу туттан олорон.

– Билигин отонноон сиэхпит, сугун да баара буолуо, – диэн баран Дьулус балтын иэдэһиттэн имэрийдэ.

Лиҥкир мастаах тыаҕа тахсан, отонноон сии сырыттылар. Сотору син тотон, бэлэстэрэ аһыйан аллараа үрүйэ маарыгар түстүлэр. Манна сугун хойуутук үүммүт эбит. Аны сугуну дэлби ньаҕаччы сиэн, сөп буоллулар.

– Оо, убаай уоһа, иэдэһэ бүтүннүү күп-күөх буолбут! – диэн Аайа үөрэн-көтөн чаҕаарар.

– Оттон эйиэнэ оннооҕор кып-кыһыл уонна күөх буолбут, – убайа иэскэ хаалбат.

Кинилэр үөһэ тахсан, отон угар тиэрэ түһэн сыттылар.

Халлаан бүтүннүүтэ былытынан бүрүллүбүт, илинэ-арҕаата биллибэт. Дьулус салгыы тугу гыныахтааҕын толкуйдуур. Күн көстөрө буоллар киһи хайысхатын быһаарыах этэ. Дьиҥэр, хайысханы мастар хайдах үүммүттэринэн эмиэ билиэххэ сөп. Күн көрөр өттүгэр, ол аата соҕуруу диэки мас мутуга элбэх үүнэр, мас лабаата аҕыйах өттө хоту буолар. Кинилэр бөһүөлэктэрэ соҕуруу диэки баар. Онон соҕуруу диэки барыах кэриҥнээхтэр. Оттон геологтар базаларыгар бардахха? Ол сири билигин булар уустук, түүн хараҥаҕа ханан-ханан эргийэн кэлбиттэрэ биллибэт уонна аны онно били күрүөйэхтэр тоһуйуохтарын сөп. Кинилэри тыллаан биэриэхтэрэ диэн өлөртүүр санаалаахтар этэ дии? Эбэтэр үрэххэ оҥочолоро хаалбыт сиригэр бардахха? Оҥочо сыабын күлүүһэ аҕатыгар баар. Оҥочоҕо кэлиэхтэрэ диэн күрүөйэхтэр антах эмиэ тоһуйуохтара. Кэбис, күнү-дьылы ыыппакка хайаан да соҕуруу туһаайыыны тутуһан барыах тустаахтар. Аара тугу эмэ бултаан аһыахтара. Дьулус балтын диэки көрөн ылла. Аайа эриллэн-буруллан үүммүт мутугу булан, оонньуур оҥостон букунайа олорор.

Оҕолор туран соҕуруу бу диэки буолаарай диэн хааман истилэр. Чаас кэриҥэ хаамаат, кыыс сылайан, олорон сынньаннылар. Онтон салгыы тоҥ күөс быстыҥа хаамтылар. Уол тэйиччи үрдүк томтор сири көрөн, тугу эрэ толкуйдаан турбахтыы түһээт, онно тиийэн баараҕай тиит үрдүгэр ыттан хачыгырайан тахсан, мутуктар быыстарынан тулатын одууласта. Иннигэр балачча ыраах кыракый алаас күөлэ күлүмүрдээн көстөр. Онно барыахха баар эбит. Уол аллараа хачыгырайан түһээт, балтын көтөҕөн ылан өрүтэ анньыалаата:

– Аайа, вперед! Только вперед! Иннибитигэр алаас көстөр! Баҕар онно дьоннор бааллара буолуо!

– Уо-аай, кырдьык дуо? Барыахха, убаай, – балта үөрэн өрө чаҕаара түстэ, били сылайбыттара ханна да суох буола түстэ. 

Иккиэн хаамсан сэнньэлиһэн бардылар. Хата тыата бөдөҥ мастаах, сирэ ыраас, үктэлэ көнө буолан хаамалларыгар үчүгэй. Балачча хааман, кыысчаан кыралаан кыҥкыйдаан эрдэҕинэ, алаастара сэндэҥэ тииттэр быыстарынан элэҥнээн көһүннэ. Сотору алаадьы курдук төгүрүк алааска киирэн кэллилэр. Ханна да дьон баар сибикитэ биллибэт, дьиэ-уот көстүбэт, күрүө омооно, суол-иис да суох. Ол оннугар күөлгэ араас кустар маатырҕаһа-мээтиргэһэ көтөллөр, хастыы да буоланнар кытыынан устан сылыбыраһаллар.

– Уута иһиэххэ. Утаттым аҕай, – диэтэ Аайа.

Оҕолор уу испэтэхтэрэ ыраатан олус утаппыттар эбит. Дьулус кууркатын сиэбиттэн кураанах кэнсиэрбэ бааҥкатын таһааран, күөл кытыытыгар киирэн отунан кылбаччы аалан сууйан кэбистэ. Дьэ ол кэнниттэн иккиэн утахтара ханыар диэри күөл уутун ыймахтаатылар.

Дьулус от саҕатынан устан ньолбоорсор бөдөҥ кустары көрөн олорбохтоот, кыыһын күөл үрдүгэр хаалларан баран, тыатыгар төнүннэ. Кини тугу гыныахтааҕын чуолкайдык билэр. Кыра эрдэҕиттэн уолу аҕата мас көтөрүгэр уонна куобахха туһах иитэргэ үөрэппитэ. Онно майгыннатан, кини куска кытта туһах иитэн, былырыын хас да куһу ылан турардаах. Сорохтор тиргэ диэни оҥорон иитэллэр үһү да, киниэнэ судургу туһах иитиитэ буоллаҕа. Сүүрбэччэ синньигэс титириги быһан, сүгэн киллэрэн, күөл кытыытыгар бырахта. Аны кус сөбүлээн сылдьар сирин булуон наада.

Ол иһин мастарын соһон, киэҥ куталаах, кыра элгээннэр көстөр сирдэрин диэки балтын батыһыннаран барда. Сирин чопчулаан булан, сиэбиттэн күөгү маһыттан быһан ылбыт жилка быатын бысталаан, биэс туһаҕы баайан оҥордо. Ыстаанын устан, титириктэри сүгэн, сөрүүн ууну кэһэн, уһун кылыс оттор быыстарынан кутаҕа киирэн истэ. Кустар аттыттан маатырҕаһа-маатырҕаһа көтөллөр. Ити аата үчүгэй сир эбит диэн эгэ-дьаҕа буолла. Сотору кустар сылдьыбыт суолларын булан, мастарын тоһуталаан тоҥуу, ол аата күрүө оҥортоон, онно айахтарыгар туһахтарын бэһиэннэрин иитэлээтэ. Былырыын иитэригэр кустар туһаҕын дэлби сыыйан кэбиһэллэр этэ, онон ол алҕаһын хатылаамаары бэркэ кичэйэн мастарын икки өттүнэн анньыталаан, отунан туттартаан ииттэ.

Билигин хонук сирдэрин булунуох кэриҥнээхтэр. Дьулус тыаҕа тахсан кураанах сири булан, мастары ураһа курдук туруортаан, олору талаҕынан туттартаан, эрийтэлээн отуу элээмэтин оҥордо. Онтон тыа саҕатыгар киирэн, балтынаан иккиэн от бөҕөтүн үргээн, адаарытан таһааран, ол отууларын адарайын бүрүйдүлэр. Отуу отуунан буола түстэ.

– Мин аччыктаатым, – диэтэ балта.

Тыаҕа тахсан отон үүммүт сирин булан, сии олордулар. Итинник олорбохтоот Дьулус тугу эрэ өйдөөн кэлэн, балтын хойуу отонноох сиргэ олордон, ханна да барбатыгар күүскэ бирикээстээн баран, маары өрө батан, үөһэ хойуу иһирик ойуурга таҕыста. Манна хайаан да куобах баар буолуохтаах. Ыт мунна баппат ычык ойуурун быыһынан сылдьан, хас да эргэ ороҕу көрдө эрээри икки эрэ туһахтааҕын харыстаан ииппэтэ. Онтон, дьэ, куобах быйылгы суола-ииһэ бааччах курдук олус хойунна, саҥа тэппит орохторун булуталаан икки туһаҕын ииттэ. Манна куобах бэркэ үөскээбит быһыылаах. Сүтэртээн кэбиһиэм диэн быһаҕынан титириктэри хатырыктарын элийтэлии сототолоон бэлиэ оҥортоото.

Тиийбитэ балта лэҥкэллэн олорор эбит. Салгыы отонноон сиэн көрдүлэр даҕаны, балта бэлэһэ дэлби аһыйбыт, сөбүлээбэтэхтии этэр:

– Мин отону наһаа сиэммин иһим аһыйда быһыылаах. Аһыыта бэрт дии.

Ол иһин маар кытыытыгар тиийэннэр, Дьулус соторутааҕыта көрбүт сугуннарын үрдүгэр түстүлэр. Сотору истэрэ син топпут курдук буолан, отууларыгар тахсаннар, абыраллаах пуховик кууркаларын бүрүнэн сыттылар.

– Убаай, биһиги хаһан тиийиэхпитий, дьоммутугар? – диэн балта ыйытар.

– Сотору тиийиэхпит, Аайыскаа, – диэт Дьулус бэйэтин эрэмньитин иһигэр сөҕө санаата.

Хас да сыллааҕыта телевизорга иччитэх арыыга дьоннору хааллартаан баран, хайдах тыыннаах хаалалларын көрдөрөр ыйы быһа барбыт бэрт уһун биэриини көрө олорон, ийэтэ: «Ити дьон кыайан аһылыктарын булуммакка эрэйдэнэллэр аҕай. Итиннэ саха уолаттарын илдьэллэрэ буоллар, адьас хоргуйбакка бэркэ бултаан аһаан сылдьыа этилэр», – диэбитэ.

Дьулус да санаата күүстээх, тугу баҕарар толкуйдаан таһаарыаҕа, кини булчут буоллаҕа. Ийэтэ эппитинии саха уола ханна баҕарар бултаан аһаан сылдьар кыахтаах. Онон балтын Аайаны быыһыаҕа, төрөөбүт бөһүөлэктэригэр тиийиэхтэрэ, онтон салгыы аҕаларын быыһыахтара.

Сарсыарда бүдүк-бадык сырдаан эрдэҕинэ туран, балтын отууга хаалларан күөлүгэр киирдэ. Бастакы туһаҕа кураанах төгүрүйэн турар, иккиһин сыыйбыттар, оттон үсүһэ… бу үөрүүнү! Сара көҕөн сапсынан талахаччыйа олорор. Уол ойон тиийээт, кус моонньун булгу эрийдэ. Онтон бүтэһик туһахха биир моонньоҕон иҥнибит. Икки бөдөҥ кустанан, саха тэҥэ суох сананан, отуутугар дьиэрэҥкэйдээн кэлбитэ, арай кыыһа ытаан сыҥсыйа олорор эбит.

– Эйигин ууга түһэн хаалта буолуо диэммин ытыыбын, ыы-ыы-ы, – диир хараҕын соттор.

– Оо, акаарычаан, убайыҥ хаһан да ууга түһүө суоҕа. Кини сэрэнэн сылдьар. Көр, тугу аҕалбыппын!

Балта сэргэхсийэ түстэ, иккиэн кустарын үргээн бурҕаҥната оҕустулар. Уол икки үтэһэни оҥороот, аны уот оттон күлүбүрэттэ. Онтон кустарын үтэһэҕэ үөлэн уокка сырайа анньыталаан кэбистэ. Эмискэ өрө халахачыйа түстэ, арба да, кустар истэрин оруохтаах этэ дии. Истэрин оротолоон, уотун-аһын харабыллата балтын хаалларан баран, аны куобахтарын туһахтарыгар барда. Тиийэн балайда төттөрү-таары мэскэйдэнэн, туһахтарын син булуталаата да, таһы-быһа мэлийдэ. Түүн ичигэс этэ, онон куобах сүүрбэтэх буоллаҕа. Отуутугар кэлбитэ, уота умуллан хаалбыт, харабыла үөл мутуктары быраҕаттыы олорор эбит.

– Үөл мас умайбат, хаппыт эрэ үчүгэйдик умайар, – диэн сүбэлээн ыла-ыла бэҕэһээ муспут хаппыт маһын ылан уотун күөдьүтэн биэрдэ. – Испиискэбитин харыстыахтаахпыт, төһө өр маннык сылдьарбыт биллибэт.

Уотун уматан күүдэпчилэтэн баран, оҥостон олорон испиискэтин маһын аахта. Түөрт уон икки баар эбит. Ити аата балачча уһуннук сылдьыахтарын сөп. Испиискэтин аны сиигириэ диэн хатыҥ туоһугар хос-хос суулаан угунна. Ити кэнниттэн чугас тахсан хаппыт мастары булан аҕалла, туос хастаан бэлэмнээтэ. Сотору үөлбүт кустара буһан ыдьырыйан таҕыста эбээт, сыата ууллан таммалыы сылдьар. Дьулус быһаҕынан куһу быһыталаан биэрдэ. Тото-хана аһаан иккиэн сынньана сыттылар.

Халлаан былыта хойдубут, бэркэ ыаһырбыт, улахан ардах кэлбит быһыылаах. Отууну үчүгэйдик оҥостуохха, ибили сытыйан тоҥнохторуна ыалдьан да хаалыахтарын сөп. Дьэ оччоҕо иэдэйэллэр. Туоһу эмиэ отуу иһигэр хаһааныах тустаахтар. Балтын батыһыннаран алаастарыгар киирэн от үргээннэр хаста да кырынан тастылар. Отууларын үрдүн бэрт халыҥнык отунан бүрүйдүлэр. Сонно ону эрэ күүппүт курдук ардах түһэн курулаппытынан барда. Оҕолор отууларын иһигэр дьылыс гыннылар, киирэн соннорун бүрүнэн олордулар. Ардах күнү быһа күүһүрэн ыла-ыла түстэ.

Киэһэ ардах сэллиир кэмигэр тыаҕа тахсан отонноон сиэтилэр. Дьулус таарыйа кураанах турар ураҕас мастары сууллартаан, соһуталаан аҕалла. Ардах кэмигэр сытар мас сытыйар, оттон турар ураҕас улаханнык сиигирбэт. Сүгэ баара буоллар. Чэ, ол эрээри кыраттан санааны түһэримиэххэ, саамай туттар тэрилэ быһах баар. Кутаа уоту оттон күүдэпчилэттэ, онтукайыгар кэнсиэрбэ иһитигэр уу оргутан истилэр. Мааҕыыҥҥы аһылыктан ордубут кустарын сиэтилэр.

Киэһэ киирэн, туһахтарыттан көтө илик көҕөн оҕотун ылла. Ону үргээн, иһин ороон, сарсыҥҥыга хаһаанан, окко суулаан сыгынах анныгар укта. Сайын күлүк сиргэ сыгынах анна мууһунан сытар буолааччы. Аһы онно уктахха тоҥ сытааччы.

Киһи ыксаллаах быһыыга-майгыга холкутугар түһэр, ол кэннэ, дьэ, ону-маны анааран толкуйдуур буолар эбит ээ. Ити киһи биир саамай үчүгэй өрүтэ. Бу ардах кэмигэр ас хаһааныахтаахтар. Үчүгэй аһылыга суох аҥаардас отонунан ырааппаккын. Халлаан көннө да, соҕуруу диэки барыах тустаахтар. Онно аара куска, куобахха туһахтыыр иллэҥнэрэ суох буолуо.

Нөҥүө күнүгэр күөлүттэн үс көҕөнү уонна тыаҕа ииппит туһаҕыттан биир бэйэ куобаҕы ылан бэркэ күннээтэ. Ардах син биир күүһүрэн кэлэ-кэлэ ибиирэ турар. Дьулус маннык күн хаамыан баҕарбата. Суола-ииһэ суох түҥ тыанан маннык сиппэрэҥҥэ хаамарга олус эрэйдээх, киһи ибили сытыйааччы. Саатар кини соҕотох буолбатах, балта ыбылы сытыйан, аны тоҥон, аһааҕыран ыалдьан хааллаҕына, дьэ, иэдэйиэхтэрэ дии.

Ол иһин күнү быһа уотун оттон, кустарын, куобаҕын уокка үтэн буһара олордо. Мээнэ олоруохтааҕар Аайаҕа урут истибит остуоруйатын эбэн-сабан кэпсиир. Түүн тымныы соҕус эрээри иккиэн бэйэ-бэйэлэрин сылаастарыгар бигэнэн, пуховик анныгар бэрт сылаастык утуйдулар. Дьэ абыраллаах сылаас сон буолла.

Сарсыныгар иккиэн күн сардаҥата отуу хайаҕаһын быыһынан сандааран киирбитин көрдө-көрбүтүнэн уһугуннулар. Ыраас чэмэлкэй күн үүммүт. Дьулус туһахтарыттан биир куобаҕы уонна икки моонньоҕону ылан тэлибирэтэн аҕалла уонна таарыйа тэриллэрин эһитэлээн сиэбигэр угунна. Бултарын ыйааһыннарын чэпчэтэн истэрин оротолоото, куобаҕын тириитин сүллэ уонна пуховик иһигэр угуталаан баран, туһаҕынан бүүрэ кэлгийэн, үрүксээк курдук оҥорон санныгар кэтэн кэбистэ. Аһаан-сиэн, уу иһэн, силиктэрэ ситэн, иккиэн тус соҕуруу диэки сэнньилиһэ турдулар.

Күн ортотун диэки тохтоон уот оттон куобахтарын, кустарын үөлэн буһардылар, ситэри сынньаннылар. Аһаан баран салгыы хаамтылар. Аайа атахтара сылайан, убайа кинини көхсүгэр сүгэн истэ. Балта мээнэ сүктэрэн иһиэхтээҕэр убайыгар бииргэ үөрэнэр дьүөгэлэрин тустарынан кэпсиир. Киэһэ хараҥарыар диэри хааман маар, аппа-дьаппа, аҥхараат сиргэ кэллилэр. Аллараа үрүйэттэн уу баһан иһэн бараннар, үөһэ кураанах сиргэ тахсаннар, үтэлэрин сиэн үссэнэн утуйдулар.

Сарсыарда уһуктаат аһаан баран, үрүксээгин сүгэн, балтын батыһыннаран хаампытынан бардылар. Күн ортотун саҕана бытааннык хаамар балтын күүтэ-күүтэ аргыый устан доллоһуйар кумах үрэххэ кэллилэр. Дьулус манна тохтоон сынньана таарыйа балыктыырга быһаарынна. Тыаҕа тахсан хаппыт көнө титириги тоһутан киллэрэн сып-сытыы гына уһуктаата уонна ыстаанын устан, дьара сиринэн кэһэн киирэн, уҥуоргу кытылга мас сылбаҕын ойоҕоһугар тоһуйан турда. Улахан балык кытыл ыксатынан мас, сылбах аннынан, күлүктээх сиринэн устан ааһар диэн аҕата киниэхэ кэпсээн турардаах. Кини тэлэбиисэргэ дьон маннык албаһынан бултуулларын көрбүттээҕэ. Балыктааһын бу ньыматын сүрүн албаһа, түргэн уонна чопчу анньыы буолар быһыылааҕа. Чочумча буолаат алыһар сылыбырайан кэлбитин аста да, анарааҥҥыта халбас гынан аһаран биэрээт сырбас гынан хаалла. Абарбытын иһин хайыай, салгыы турарыгар тиийдэ. 

Балта сылайан, оонньуур кыаҕыттан тахсан кумахха өттүгэстии түһэн сытар, киһиҥ хата, уоһун иһигэр ырыалаах: «Ловись, рыба большая и маленькая. Чудо-юдо рыба ки-и-и-ит!»

Уол чаас кэриҥэ турда. Уһуктаах үҥүүтүн туппут илиитэ уулла сылайда. Суох, кини туруоҕа. Сибиэһэй балыгы таһааран балтынаан буһаран сиэхтээхтэр. Дьэ, санаатыгар уһун хардаҕас саҕа сордоҥ сундулуйан бу кэллэ. Дьулус үҥүүтүн адьас чугаһатан баран эрчимнээхтик балыкка батары анньан кэбистэ. Сонно мөҕүһүннэрбитинэн өрө баһан таһааран кытылга бырахта. Тыаҕа тахсан хаппыт мас бөҕөтүн соһон киллэрэн, кумах үрдүгэр кутаа оттон куугунатта. Үтэһэ оҥоро охсон, сордоҥун хатырыктары-байдары үөлэн уотун кытыытыгар аста. Ол кэннэ үөрүйэхтэммит киһи быһыытынан үҥүүтүн туппутунан били сылбаҕын ойоҕоһугар сүүрэн бырдааттаан тиийдэ. Балачча өр турбутун кэннэ, эмиэ сордоҥ сундулуйан кэлбитин батары анньан ойутан таһаарда. Дьэ, эбэтэ биэрдэ! Бу балыгы сарсын сиэхтэрэ. Сиикэй балык түргэнник буортуйар, оттон күөх окко сууламмыт буспут кус, куобах этэ өссө аҕыйах күн тулуктаһыаҕа.

Сордоҥнорун сиэн баран, үрэхтэрин туораан салгыы бардылар. Киэһэлик хойуу сугуннаах маар кытыытыгар сугуннаан сии сырыттылар. Истэрэ тотон эрдэҕинэ эмискэ иннилэригэр туох эрэ саҥата киҥинэйэн иһилиннэ, уол хонос гынан көрө түспүтэ, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ, сугун угун быыһыттан кытарымтыйан көстөр түүлээх эһэ быган кинилэри көрөн турар эбит. Дьулус тугу гыныан билбэккэ таалан олордо. Балта кэннигэр сугун угун быыһыгар сылдьар, кыылы көрбөтөҕүнэ табыллар, аны куттанан ытаан сарылыаҕа. Эһэҕэ кыһаллыбакка, эмискэ хамсаммакка сугуннуу сылдьыахха. Кыылы тыыппатахха, кини да тыытыспат. Ол эрээри сэрэххэ сиэбигэр баар испиискэтин илиитин иминэн бигээн көрдө. Төһө өр итинник олорбутун билбэт, өндөйөн көрбүтэ, эһэтэ көстүбэт буолбут. Аргыый туран тула өттүн көрүммэхтээт, кыыһын ыҥыран ылан, көхсүгэр сүгэн, тиэтэйэ-саарайа салгыы бардылар. 

Киэһэ хоноору тиит төрдүгэр пуховик сону бүрүнэн сытан Аайа эттэ:

– Дьиэбитигэр сотору тиийэрбит буоллар. Наһаа үчүгэй буолуо этэ дии, убаай?

Дьулус итини истэн хайдах эрэ саараабыттыы толкуйдаан олордо. Кинилэр дьонноох сиргэ тиийиэхтэрэ дуо? Тиийиэхтэрэ, кинилэр сөптөөх хайысханан иһэллэр. Кини – эр киһи. Күүстээх санаалаах саха уола. Балтын кытта халыҥ тайҕаттан этэҥҥэ тахсыаҕа. Саха киһитэ аан дойдуга ханнык да омуктааҕар тыйыс эйгэҕэ олорор. Сэттэ ыйы быһа кыһыҥҥы тымныы. Дьэ туох барыта чоҥкуйа кырыарар бытарҕан тымныылаах кыһыҥҥы ыйдарыгар кини ынаҕын, сылгытын көрөр-харайар, мас мастаан, дьиэтин сылытан дьонун, оҕолорун иитэн-аһатан киһи оҥорон таһаартыыр. Сахатын сирин чымаан айылҕата саха киһитин ыарахаттартан толлубат, мындыр уонна булчут гына оҥорон таһаарбыта. Дьэ ол онно тирэҕирэн, мындыр уонна булчут буолуу идэтэ кини удьуордарыгар бэриллэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалан истэҕэ.

Сэттис күннэригэр били сордоҥнорун үөлэн сиэн, бэркэ тотон баран хааман иһэннэр, томтоспут үрдүк туруору хайаларга иҥнэ түстүлэр. Маннык туруору хайалары дабайарга сэниэ, кыах ирдэнэр. Ол иһин хайаны эргийэн, симилэх, талах аабылаан быыһынан салгыы хаамсан истилэр. Хаамарга сүрдээх эрэйдээх, бытаан буолла, көлөһүн-балаһын бөҕөтө алынна. Балачча уһуннук айаннаан күүстээх сүүрүктээх хайа үрэҕэр кэтиллэ түстүлэр. Ханан эрэ синньиир, эбэтэр туора түспүт мастаах сири булан туоруох тустаахтар. Оннук сири көрдүү үрэҕи кыйа хааман истилэр. Үрэх кытыыта барыта ньирээйи талах, дөлүһүөн уга, уу сыбаабыт сылбаҕа, аппа-дьаппа сир – хаамарга куһаҕан дойду. Оннук муҥнанан үрэх арыый кыарыыр сиригэр уһун тиит үрэҕи туора охтон сытарыгар тиийдилэр. Дьулус тыаҕа тахсан бэрт уһуннук көрдөөн уһун синньигэс икки хаппыт ураҕаһы булан кэллэ. Олоро түһээт пуховик ис биэтэһин таҥаһын быһаҕынан хайыта тыытан быа оҥоһунна. Пуховик сону быраҕыан санаата буолбата, төһө да улаханын иһин кэтэн кэбистэ. Балтын көхсүгэр сүгэн, илиилэриттэн атахтарыттан хамсаабат гына оҥостубут быатынан ыбылы баанна.

– Аллараа үрэҕи көрүмэ. Инниҥ эрэ диэки көр уонна адьас хамсаабакка миигин кууһан олор, – диэн кытаанахтык балтын сэрэттэ.

– Сөп.

Ураҕас мастарынан тайахтанан, охтубут тиити далаһаланан үрэҕи туораан барда. Оскуолаҕа «Зарница» күрэхтэһиитигэр дириҥ аппаны маннааҕар синньигэс маһынан далаһаланан туорууллара. Кустуу сылдьан биирдэ сүүрүктээх үрэҕи далаһанан туораабыттаах. Сүүрүгү эрэ көрүө суохтаах. Көрдө да, ол хоту умса барыан сөп. Икки ураҕаһынан ыйааһынын тэҥнээн хаамыаҕа. Уол итинник аргыый аҕайдык хааман, кутталлаах далаһанан үрэҕи туораан таҕыста. Туораан баран олус сылайбытын, тириппитин дьэ өйдөөтө. Иккиэн отон угар сытан сынньана түһэн бараннар, өйүөлэрин таһааран үссэннилэр.

Салгыы кыаҕа эстибит балтын сүгэн баран истилэр. Хараҥа харыйа ойуур быыһынан баран иһэн балта өрө умайыктана түстэ:

– Оо, убаай, көр эрэ, ыт оҕолоро! Тохтоо эрэ, көрүөххэ!

Дьулус дьиибэргээн балта ыйбыт сирин диэки көрбүтэ, кыра ыт саҕа икки эһэ оҕото сүүрэн бойборуҥнаһан кэлэннэр атаҕар иилиллэ түстүлэр. Бу алдьархайы! Ийэлэрэ ханна эрэ чугас бултуу сырыттаҕа. Кэллэ да кинилэри киһи гыммат, тырыта-хайыта тыыталыаҕа! Уол тайах маһынан аттыгар өрүтэ эргичиҥниир эһэчээни муннуга биэрдэ, кыылчаан «ньух!» диэт туора ыстанна. Дьулус кыыһын сүкпүтүнэн түҥ-таҥ түһэн сүүрэ сатаата да, сотору аҕылаан бытаарда.

– Убаай, эн тоҕо ыт оҕотун оҕустуҥ? «Ньух» диэтэ, – диир Аайа аһыммыт куолаһынан.

– Ити ыт оҕолоро буолбатахтар. Адьас атыттар, – дии-дии убайа тиэтэлинэн иннин хоту харбыалаһар.

Балта тугу эрэ чуопчаарар да, уол онно кыһаллыбат. Кини элбэҕи саҥардаҕына сэниэтэ түргэнник эстэр, ол иһин саҥара сатаабат, мантан түргэнник куота эрэ охсуох тустаах. Балачча ыраах сири баран, сэниэтэ эстэн, балтын сиргэ түһэрэн аргыый хаамсан истилэр.  

Ахсыс күннэригэр астарын кэмчилээн, лиҥкир мастаах тыаҕа тохтоон, отонноон сии сырыттылар. Дьулус кэннилэригэр чэпчэки атах тыаһа сыбдыгырыйарын истэн, дьааххана санаан эргиллэн көрбүтэ, тэйиччи соҕус күрэҥ дьүһүннээх сүрдээх улахан ыт кинилэри көрөн салбана-салбана олорор. Бөрө! Хайы-ыы, хаһыаларый? Уол тула өттүн көрүтэлээтэ даҕаны, атын сиэмэх кыыл көстүбэт. Сороҕор ардай аһыылаахтар туохтан эрэ иирсэннэр, биир эмэ бөрөнү үөртэн үүрэллэр, оннук кыыл соҕотоҕун сылдьар үһү диэн истэрэ. Бөрө кинилэри көрөн олорор, тоҕо эрэ иҥсэрбиттии салбанан ыла-ыла балтын одуулаһар.

– Туох ыта сылдьарый? – Аайа көрө оҕуста.

– Ити куһаҕан ыт. Биһиги кинини үүрүөхпүт, – диэт Дьулус улахан киил мутук сытарын ылан, ойон тиийэн хаһыытыы түһээт бөрөнү бырахпытыгар анарааҥҥыта тииһин килэс гыннараат, тэйэ сүүрэн купчуруйда, тэйиччи арбах кэннигэр тиийэн олордо.

Уол балтын бэйэтиттэн араарбакка чугас сылдьан отону тото сиэн бараннар, салгыы хаамтылар. Сотору кыыс сылайан, убайа эмиэ сүктэ. Хонор сирдэрин оҥостон баран, Дьулус төттөрү тахсан тула көрүтэлээтэ, бөрө тэйиччи мастар быыстарыгар хороллон, харахтарын уота кылахачыйан көстөр. Түүн улахан кутаа уоту оттон, ол кытыытыгар арбах анныгар утуйа сыттахтарына, чугас тыаҕа ардай аһыылаах улуйан онолуйда. Итинник улуйан аны бэйэтин үөрүн ыҥыран ылыа диэн Дьулус иһигэр дьаархана санаата.

Сарсыарда эрдэ туран уол орто титириги быһан хатырыктарын суллаан, куобах туһаҕын баайан, ыбылы тардан ох саа оҥордо. Ол кэннэ аны маарга үүнэр синньигэс талахтары быһыталаан оноҕостору оҥортоото. Биир кылааска үөрэнэр атаһынаан, Туолуктуун, ох саа оҥостоннор элбэхтик сыал ыппыт буолуохтаахтар. Хаппыт хатыҥ туоһун хомуйталаан, бүүрүтэ баайталаан оноҕос төбөтүгэр кэтэрдитэлээтэ. Хайдах тэбэрин билээри дулҕа төбөтүгэр туоһу ууран баран ытыалаата. Оноҕосторо кэлин син чопчу сыалга түһүтэлиир буоллулар. Былыр Манчаары Баһылай ыраахтан туран, умайа сылдьар кыалаах оноҕосторунан ытыалаан, баайдар кэбиһиилээх отторун уматара үһү.

Оннук тэринэн айаннаан, аара уһун синньигэс от үрэҕи туораатылар. Уҥуоргу өттүгэр тиийэн, Дьулус оҕун, испиискэтин бэлэмнээн, суон тиит кэннигэр кэтэһэн турда. Сонно тута бөрө тыа саҕатыттан ыстанан киирэн уун-утары сүүрэн субуруйда. Уол туостаах оноҕосторун умата-умата кыҥыы-кыҥыы ытыалаата. Икки бастакы оноҕостор умайбытынан кыылы сиирэ-халты аастылар, үһүс оноҕос тиийэн бөрө көхсүгэр хатана түспүтэ, хагдаҥ түүтэ умайан өрө күлүбүрээн таҕыста. Кыыл соһуйан куһаҕаннык орулаабытынан умайа-умайа абыраллаах тыатын диэки сүүрдэ, онтон кулахачыс гынаат тиэрэ баран түһэн, көхсүнэн сиргэ өрүтэ мөҕүллэҥнээн, бэрт эрэйинэн уотун умулуннарда уонна тыа үөһүн диэки көрдөөбүтүн ылбыттыы туттан купчуруйа турда. 

Дьулус дьэ «һуу» гынан Аайатын сиэтэн, сэнньэлиһэ турдулар. Ити күн балтын аҥаар атаҕа ыалдьан, үксүн сүгэн таҕыста. Киэһэлик тэйиччи соҕуһунан вертолет ааһан эрэр тыаһын иһиттилэр. Дьулус кыыһын сиргэ олордоот, арыый да аһаҕас сиргэ ыстанна да, ол тыа иһигэр сылдьар оҕолору үөһэттэн хантан көрүөхтэрэй?

Маар, от үрүйэ сирдэринэн хаамарга олус эрэйдээх. Быардарыгар тиийэр үрдүк дулҕалар, сэтиэнэх хойуу от, анна бычыахтас оборо сытар бадараан. Маардары тоҕус сорунан туораан, кураанах сиргэ тахсаат балачча өр сытан сынньана түстүлэр. Хата күһүөрү соҕус буолан бырдах аҕыйах. Сайын ортото эбитэ буоллар, киһини тыыннарбат үлүгэр буолуох этэ.

Били буспут кустара, куобахтара бүтэн, аны отонноон, сугуннаан эрэ сиир кыһалҕаҕа киирдилэр. Дьулус дьонноох сиргэ син чугаһаатыбыт ини диэн иһигэр эрэл санаалаах. Сороҕор кыыллар орох тэппит омоох ыллыктарынан хаамаллар.

– Биһиги, убаай, барабыт да барабыт. Оттон дьиэбит хаһан кэлэрий? Төһө чугаһаабыппыт буолуой? – Аайа ыйыталаһар.

– Син чугаһаата, доҕоор, сотору тиийиэхпит. Билигин бу манна олорон, бу үүммүт бөдөҥ отону сиэн баран, салгыы барыахпыт.

– Мин бэлэһим аһыйбыта ээ, убаай.

– Суох, аһыйдын да хайаатын, син биир сиэхтээххин. Отоҥҥо элбэх битэмиин баар, киһиэхэ күүһү биэрэр. Атын аспыт суох.

Хойуу отон угар тиэрэ түһэн сытан балта эмиэ чуопчааран барар:

– Биһиги дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ, ийэбит бэрэски бөҕөтүн астыаҕа дии?

– Астаан бөҕө буоллаҕа дии. Элбэх эттээх бэрэскини буһарыаҕа. Эн киниэхэ көмөлөһүөҥ.

– Мин хайаан да көмөлөһүөм. Бары көмөлөһүөхпүт. Ол кэнниттэн өссө бөрүөк буһарыахпыт.

– Уонна өссө минньигэс туорт астыахпыт.

– Оо, наһаа үчүгэй буолуо дии.

Аайа кылгастык лэппэччи кырыттарбыт баттаҕа онон-манан иилистэн киртийбит, сэрбэйбит аҕай. Убайа олоро түһэн, тарбахтарын сарбатан балтын баттаҕын тараан, көннөрөн биэрдэ.

– Үчүгэй буоллум дуо? – диэтэ балта бэркэ көнньүөрэн.

– Ааттаах үчүгэй кырасаабысса буоллуҥ!

Онус күннэригэр бу кэлиҥҥи кэмҥэ куруук хаампыт буолан, балта атахтара уулла сылайаннар, олорунан кэбиһэр буолла: «Мин атахтарым сылайдылар ээ», – диир. Оччоҕуна Дьулус кыратык олоро түһэн сынньанан ылаат, балтын көхсүгэр сүгэр уонна салгыы хаампытынан барар. Балта сүктэрэн иһэн оскуолаҕа үөрэппит ырыаларын ыллыыр. Убайа истимэхтии түһэн баран этэр:

– Аайа, ырыа ыллаама ээ. Сэниэҥ өссө эстиэҕэ.

Онуоха балтын саҥата өрө чуопчаарар:

– Убаай, ити мин эйигин саататаары ырыа ыллыыбын ээ… Мин ийэбитин наһаа аҕынным…

– Чэ, оччоҕуна ыллаа…

Түөртүүр ыам саҕана халыҥ тыа иһиттэн тахсан, синньигэс ыллык суолга иҥнэ түстүлэр.

– Суол! Дьон суола! Чугаһаатыбы-ыыт! – диэн Дьулус балтын өрө көтөҕөн туран хаһыытаамахтаата.

Балта үөрэн сэниэтэ суохтук ытыһын таһынна:

– Ураа! Сотору дьиэбитигэр тиийиэхпит!

Ити күн ыллыктарын батыһан, күн киирэн эрдэҕинэ дьон оттообут ходуһаларыгар тиийдилэр. Дьон баар сиригэр кэлэн, Аайа санаата наһаа көтөҕүллэн, били сылайбыта ханна да суох курдук чэпчэкитик өрө сэгэйэ сырытта. Убайа эмиэ көтүөн кыната эрэ суох – тулалыыр отторо-мастара төһө да киэһэрбитин иһин сырдаан, ырааһыран, кинилэри үөрэ-көтө сандааран эҕэрдэлиир курдук. Кинилэр дьоҥҥо таҕыстылар эбээт!

Сайыҥҥы хаптаһын сарайтан мас дьааһыкка хаалбыт мокоруону булан, истиэнэҕэ ыйанан турар хочулуокка буһаран сиэтилэр.

Нөҥүө күнүгэр Аайа уһуктаат, санаата көтөҕүллүбүт киһи быһыытынан кыра сарай иһин чугдаархай ырыатынан толорон кэбистэ:

Мин дууһам ыллыыр,

Күөх халлаан ыллыыр,

Күөрэгэйим эмиэ ыллыыр!

Сотору иккиэн тура эккирээннэр, чугас чөҥөрүйэн көстөр көлүкэҕэ элээрэн тиийэннэр, сирэйдэрин-харахтарын сууна охсоот, бэҕэһээҥҥи ордубут астарын тобоҕолоот, арыыйда кэҥээбит суолларын устун салгыы баран истилэр.

Күн ортото ааһыыта суолларыгар хас да суол холбоһон, киэҥ айан суола нэлэһийэн барда. Соһуччу иннилэригэр мотуор бирилиир тыаһа иһиллэргэ дылы гынна да, суол тоҕойугар «Беларусь» тыраахтар тахсан кэллэ.

Оҕолор суол кытыытыгар туораан тахсан, саҥата суох кэтэһэн турдулар. Дьулус хайдах эрэ кыбыстыбыттыы балтын уонна бэйэтин таҥаһын-сабын өҥөнөн көрүннэ. Бириһиэн ыстааннара балачча киртийбиттэр, уол куурката хас да сиринэн сиритэ-хайыта барбыт.

Тыраахтар бирилээн кэлэн тохтуу түһээтин кытта, үөһэттэн бэркэ билэр киһилэрэ, Мэхээнньик Кууһума, үөрэн сэгэйбитинэн ыстанан түстэ:

– Оо, хата көһүннүгүт дии? Биэс хонуктааҕыттан бэттэх эһигини көрдөөн эрэбит. Аҕаҕыт ол баҕайылартан куотан, өрүскэ дьоҥҥо түбэһэн бөһүөлэккэ кэлэн, нэһилиэги атаҕар туруорбута. Дьэ, уол оҕото, эр бэрдэ маладьыас! – диэт Кууһума улахан киһилии уолга илиитин биэрээт, хам кууспаҕалаан ылла. – Ол иһин аҕаҥ эйиэхэ эрэнэр этэ…

Ити тыллартан Дьулус симиттибиттии умса көрөн турбахтаата, онтон уоһун иһигэр ботугураата:

– Оттон… Балтыбын быыһыыр буоллаҕым…

Соҕурууттан илгийэр сиккиэр тыал оҕолор үөрэн сэгэспит сирэйдэрин сылаастык имэрийэн ааста. 

Константин Эверстов

Чолбон. – 2023. – № 3

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар