ИККИ АЛААС ОТЧУТТАРА

 Павлик уол сайын куораттан Аммаҕа эбэлээх эһэтигэр оттоһо диэн ааттаан аан бастаан кэллэ. Амма өрүс ыраас уутугар дуоһуйа сөтүөлээтэ, сыыла сылдьан дьэдьэн бөҕөнү тото мотуйда, убайын Сааска алааһыгар оттосто. Онтон аны «үчүгэй отчут» аатыран, эр ылан, биир күн улахан убайыгар Өлүөскэҕэ көмөлөһө барыста. Күнү быһа буһа-хата үлэлээн, бугул бөҕө туруоран, киэһэ сылайан-элэйэн кэлэн дьиэ күүлэтин кирилиэһигэр тугу эрэ толкуйдаабыттыы туттан олордо.

Эһэтэ Ньукулаас кэлэн аттыгар олорон оргууй аҕай санныттан кууста уонна:

— Тукаам, Павлик, хайа, төһө бугулу туруордугут? Саҥаһыҥ Мааса атаахтатта аҕай дуу? — диэтэ.

— Күнү быһа мустаран, бугуллаан 98 улахан бугулу туруордубут. Убаай Өлүөскэ толору дьоллонуохпутун икки эрэ бугул тиийбэтэ диэн кыыһырда. Саҥаһым Мааса бэрэски бөҕө сиэттэ.

Чочумча саҥата суох олоро түһэн баран, Павлик эһэтиттэн ыйытта:

— Эһээ, Өлүөскэ тоҕо наар ити курдук кыыһыра сылдьарый?

— Бай, ол хайдах?

— Аҕыйаҕы үлэлээтибит диир… Үчүгэй тыраахтар наада диир… Оппут үүммэтэх диир… Мин көрдөхпүнэ, убаай Сааска алааһыттан быдан хойуутук үүммүт ээ. Ону төттөрү убаай Сааскаҕа үчүгэй оттоох сир түбэспит диэн Маасатыгар үҥсэргиир. Миигин кып-кыра бугуллары оҥороҕун, уолун оту бытааннык харбыыгын диэн мөҕөр. Мин сарсын убаай Өлүөскэлээххэ барбаппын. Хата, Сааскалаахха күрүө оҥорсо барыам.

— Тукаам, Павлик, өйдөөн кэбис. Ити икки алааска оттуур убайдарыҥ олох икки өттүн көрдөрөллөр. Ол курдук куруутун атыттары ордуҕургуур, бэйэтэ эрэ байарын туһугар үлэлиир-хамсыыр киһиэхэ ымсыы обото олорор. Ол обот киһини сүрэҕин-мэйиитин тэһэ кэрбээн кыыһырымтаҕай, куһаҕан санаалаах оҥорор. Оттон куруук дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар, үтүөнү дьайар дьону кытта хас күн аайы аҕыс айыыһыттара аргыстаһар, сэттэ иэйэхситтэрэ эҥэрдэһэр. Оннук дьон үөрэ-көтө үлэлииллэр, туппуттара тупсан, ылсыбыттара ыпсан иһэр буолааччы. Онон эн ити икки алааска хайатыгар барарыҥ бэйэҥ көҥүлүҥ буоллаҕа дии. Күрүө тутуута, биһиэхэ, сахаларга олус туһалаах дьарык буоллаҕа…

Илья Семенов

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар