Иэппэт буолбут ынах туһунан остуоруйа

Олорбута эбитэ үһү ураа муостаах, ласпаҕар самыылаах, элбэх үүттээх үчүгэйкээн бэйэлээх Маҕаачай ынах барахсан. Дьиэлээхтэр бары оҕолуун-уруулуун, эдэрдиин-эмэнниин Маҕаачайдарын наһаа таптыыллара, күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсара. Ол курдук күөх окко мэччийэн, сандал күҥҥэ сылаанньыйа сытан ыҥырана-ыҥырана кэбинэн, синньэ тэрэйэ тэбиэр диэри ыанньыйан барыларын: торбостору-оҕолору – үүтүнэн аһатар эбит.

Ынахтара аа-дьуо айгыстан иһэрин ыраахтан көрөн, чыычаахтар кыырай күөх халлааҥҥа «чыы­бы-чаабы» күйгүөрү түһэрэллэрэ, дьэрэкээн чэчиктэр чараас эминньэхтэрин тэрэтэллэрэ, алаас күөх ото долгуннура суугунуура. Кыһалҕата суох олохтоох көҥүл көччүйбүт ынах барахсан балҕаччы уойан хаалбыт. Оннооҕор сүрэҕэ тэбэрин-тэппэтин истибэт буолбут. Сонно тулата чуҥкук баҕайы буола түспүт. «Тохтоон эриэххит! Тоҕо мин бэйэлээх бэйэм үүппүн атыттарга таах мээнэ биэриэхтээхпиний? Түксү, аны туох иһин иэппэппин!». Эттэ – бүттэ. Ынах иэппэт буолбут.

Дьиэлээхтэр санааҕа түспүттэр, торбостор ойуоккалаабат, оҕолор көрүлээбэт буолбуттар. Чыычаахтар чуопчаараллара тохтообут, бэл, сибэккилэр сэбирдэхтэрэ ньалбайбыт. Чаҕылхай күн хара былыт быыһыгар саспыт. Тула чуҥку­нуур чуумпу сатыылаабыт.

Өр-өтөр буолбатах, тыал үрэн сирилэппит, ардах кутан курулаппыт, хаһыҥ түспүт, тыйыс тымныы кыһын тиийэн кэлбит. Ынах ырбыт, бии бэйэлээх килбэҥнэс түүтэ тааҕытыйбыт. Иһэ хапсыйан, синньэ тардан хаалбыт. Хотон хараҥа муннугун булан сытынаахтаан кэбиспит. Ыараханнык тыыммыт. Дьиэлээхтэр олус санаарҕаабыттар да, хайыахтарай: ынахтарын өлөрөргө быһаарыммыттар. Тэриммиттэр да, санаалара буолбатах. Маҕаачайдарын үүтүн-сүөгэйин, сытыары-сымнаҕас майгытын ахтан-санаан аһыммыттар. Хайа кыалларынан көрбүттэр-истибиттэр. Маҕаачайдара эмиэ чөлүгэр түспүт: ураа муостаах, ласпаҕар самыылаах, тэрэгэр синньилээх, имигэс дэйбиир кутуруктаах ынах мааныта буолбут.

Онтон ыла чаҕылхай күн күлүмнүү көрбүт, сир симэҕэ сиппит, от-мас чэлгийбит, кыырай халлааҥҥа чыычаахтар чуопчаарбыттар. Эмньик ньирэйдэр тэбэнэттээхтик ойуоккаласпыттар, сылаас хойуу сыалаах үүтү иһэн болтоспут иэдэс­тээх оҕолор оонньоон-көрүлээн барбыттар.

Сатыырын да сүгүн-саҕын оҥорбот киһини «иэппэт ынах курдук» диэн ол иһин этэллэр.

Альбина Борисова

Нууччалыыттан Умсуура тылбааһа

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар