идэлги рукопиһын туһунан эттэххэ

Саха биллиилээх суруйааччыта, сэһэнньитэ, романиһа, поэта, кириитигэ, публициһа, Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, «Дети Саха- Азия» стипендиата, Төхтүр оскуолатын үрдүк категориялаах учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Василий Васильевич Скрябин-Идэлги 64 сааһыгар сылдьан ыарахан ыарыыттан 2007 сыллаахха, бэс ыйын 25 күнүгэр, биһиги кэккэбититтэн өлөн туораабыта.

Кини олоҕун доҕоро, огдообото, сааһын-үйэтин тухары Төхтүр оскуолатыгар учууталлаан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт Нина Николаевна Скрябина ити сыл күһүнүгэр, Идэлги кэриэс этиитин толорон, муспут кинигэлэриттэн Төхтүр орто оскуолатыгар биэрбитэ уонна Урсун биһигини ыҥыран ылан Василий Васильевич Скрябин-Идэлги кумааҕыларын көрдөрбүтэ, хайдах дьаһайар туһунан сүбэлэспитэ.

Ити балаҕан ыйын тиһэх күннэрин аҕай иннинэ этэ. Нина Николаевна итиэннэ доҕорбут Идэлги Урсун биһиэхэҕэ наадыйар кинигэлэрин библиотекабыттан ыллыннар диэбитин тириэрдибитэ. Ол кинигэлэри билигин биһиги харах харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьабыт.

Идэлги суруйан-бичийэн хаалларбыт кумааҕыларын ортолоругар урут бэчээттэммэтэх «Чабырҕахтар» диэн, сүнньүнэн эттэххэ 1990-с сылларга суруйбут айымньыларын массыыҥкаҕа оҕустаран рукопись быһыытынан бэлэмнээбитэ баар этэ. Биллэрин курдук, Идэлги «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуокка (кириитик

Е.П.Шестаков-Эрчимэн иилиирэ-саҕалыыра, салайара) хоһооннорун үгүстүк ырыттарбыт киһи этэ. Кини лирическэй хоһооннору таптал тиэмэтигэр суруйара. «Дьахтар уонна таптал» диэн 1995 сыллаахха таһааттарбыт хоһооннорун кинигэтигэр киирии тылы доҕоро Николай Егорович Винокуров-Урсун, «Олох амтана» диэн эмиэ хоһооннорун хомуурунньугар (1997 с.) «Поэт туһунан аҕыйах тыл» диэн аатынан киирии тылы мин суруйбутум.

Идэлги кэлин билбиппит, лирическэй хоһооннору таһынан олоххо көстүтэлиир төттөрү өрүттэри кириитикэлиир хоһооннору чабырҕах форматынан суруйан испит эбит, онтун рукопись быһыытынан таһааттарарга бэлэмнээбит. Бу чабырҕах хоһооннор айыллыбыт кэмнэрэ — буккуллуулаах-тэккиллиилээх 1990- с сыллар түһүмэхтэрэ, ону бүгүҥҥү ааҕааччы учуоттуо дии саныыбын.

Хайа баҕарар суруйааччы хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтэ бэчээккэ тахсыахтаах, ол сиэринэн ааҕааччыларбытыгар Идэлги «Чабырҕахтар» диэн рукопиһыттан быһа тардыыны бэчээттиибит. Идэлги бу хоһооннорун «Мэҥэ бэртэрэ», «Боссоойкону эһии», «Оо, олох уустуккун даҕаны» сэһэннэрин суруйар кэми- гэр сэргэ тутан айбытыгар сөп диэн түмүккэ кэллим.

Билсиҥ Идэлги «Чабырҕахтарын»!

Сэмэн ТУМАТ.

ТҮКСҮ. УУРАЙ

Этэр тыла

Үрүмэ буолан үрүлүйэр,

Сакарар саката

Сүөгэй буолан сөкүөдүйэр…

Тохтоо!

Толкуйа суох тоһоҕолоомо,

Сатала суох сакарыма,

Кэскилэ суох кэпсээмэ…

Хаһаакка диэри

Кыһыл кумахтан өтүү хатан,

Ууттан кураанах тахсан,

Дьон хараҕын баайыахпытый?

Атахтарыгар адаҕа кэтэрдэн,

Бастарыгар бакаайы баайан,

Үүйэ-хаайа тутуохпутуй,

Үрүк күннэрин сабыахпътый?

Уонна хайдах уларыта тутуу,

Санааны аһаҕастык этии

Чэлгийиэй, киэҥник тэнийиэй,

Ибир ардаҕынан илгийиэй?!!

Уонна хайдах ойбон олохпут

Олуттаҕас олуга тупсуой,

Саппаҕырбат саҕахпыт

Сардаҥалаах саһарҕата тахсыай?

Дьаһалымсыйыы

Дьарыйар дьааттаах дьаллыга,

Улуутумсуйуу

Улугурбут уххана умулуннун,

Уруккулуу уурулуннун…

Хаахтыйыахха диэри

Хааһылаамыахха,

Күлбүһэх буолуохха диэри

Көлүллүмүөххэ…

Кэм даҕаны кээмэйдээх,

Кэскил эмиэ кэрдиистээх…

Эдэрдэргэ,

Эрчимнээхтэргэ,

Миэстэҕин туран биэр,

Ол дьэ, кырдьык, сиэр…

1990 сыл, ыам ыйа.

ДЬАРЫЙАР ДЬАҺАЛТА

Дьарыйар дьаллыктаах

Дьааттаах дьаһалта,

Эккирэтиһэр эрчимнээх

Эмэх эргимтэ…

Бэйэни эрэ билинии

Бэлэми мэтийии.

Улахаҥҥа эрэ уунаҥныыр,

Элбэххэ эрэ элэҥниир,

Кыраҕа кыһаммат,

Кымаардаабат…

Үлэһиккэ үөтэлээбэт,

Үксүн үөһэ тэстибэт,

Үрдүкүлэри үлүмнэһэр,

Үөрэр-көтөр, өрөйөр-чөрөйөр,

 Итиннэ хаптас,

Манна ньалас…

Ньымааттааһын,

Ньылбыйыы.

Илин-кэлин түһүү,

Илим хараҕа буолуу,

Иҥиннэрэ сатааһын…

Кыраларга,

Кыамматтарга

Кырыылаах харахтаныы,

Кыбдьыгырыыр быһыыланыы.

Уунан биэрбэт уҥа илии,

Харбаан биэрбэт хаҥас илии…

Билсиилээхтэригэр,

Бэртиилэригэр

Бэриктэри таһыы,

Сыһыы-соһуу…

Кутуу-симии,

Культурумсуйуу,

Куруппалатыы,

Кубулдьутан куллугуратыы…

1990 сыл, ыам ыйа.

ҮӨН ХААТА

Биллибити да

Билбэтэҕэ буолан

Ньимилийии,

Ньылбыйыы…

Көстүбүтү да

Көрбөтөҕө буолан

Кубулунуу,

Кубулдьутуу…

Иһиллибити да

Истибэтэҕэ буолан

Илин-кэлин түһүү,

Илибирэйии…

Үөн хаата,

Үөрэ хааһыта,

Үксээбэтин.

Кураанаҕы куустара

Кубулҕат тыын

Кууспатын…

Айдааннаах алдьатыы

Абааһылаах албына

Аралдьыппатын…

1990 сыл, ыам ыйа.

ҮРДЭ ҮРҮҤ СӨЛӨГӨЙ, АННА АДЬЫР УУ…

Охсоору гыннаҕына,

Ороспуой буолар.

Сиэри гыннаҕына

Симиэрт буолуо.

Өлөрөөрү гыннаҕына.

Өргөстөөх буолуо…

Эһээри гыннаҕына,

Эргиэмсик буолуо.

Албыннаары гыннаҕына,

Атыыһыт буолуо…

Салытыннарыан баҕардаҕына,

Саҥарыаҕа, сааныаҕа.

 Суоһурҕаныан баҕардаҕына,

Суугунуоҕа, суланыаҕа…

Тутатына тутуо суоҕа,

Итиитинэ илиилэһиэ суоҕа…

Хоно-тура холуоҕа,

Сыта-тура сыымайдыаҕа,

Сыыйа-баайа сыаналыаҕа…

Ыйааһыкка ууран ыйыаҕа,

Толкуй тобулан таһаарыаҕа,

Ыксаабакка, ыатарбакка,

Ыйыллары ылыаҕа…

Таһыттан көрөн,

Таһы-быһа таайыак суоҕа,

Кэккэлэһэ олорон,

Кэтэх санаатын кэпсиэ суоҕа

Өйдөппөккө өлөрүөҕэ,

Сэрэппэккэ сиэҕэ,

Эппэккэ эһиэҕэ…

Үрдэ үрүк сөлөгөй,

Анна адьыр уу.

1990 сыл, ыам ыйа.

Сорохтор олохтон

Минньигэһин мииннээн,

Сымнаҕаһын сыымайдаан,

Сылааһын сылыктаан,

Ыла, тала, була

Сатыыллар;

Сүүрэллэр-көтөллөр,

Сүпсүгүрэллэр.

Алыптыыллар, албынныыллар,

Айдаараллар…

Малы-салы, такаһы,

 Баайы-дуолу, харчыны

Эккирэтэллэр.

Кэтэх ааннаах маҕаһыыҥҥа,

Барыстаах баһаарга

Элэҥнииллэр…

Ыраас санаалаахтар,

Көнө майгыннаахтар,

Иһирэх сүрэхтээхтэр

Көссүөтүк, аһаҕастык

Үлэлииллэр;

Күнү-дьылы аахсыбакка

 Айаллар,

Сынньаммакка, сыппакка

Сыралаһаллар.

Дьоллорун дьонтон,

Үөрэхтэн, үлэттэн

Булаллар.

Бэйэлэрин туһугар,

Бэрдимсийэр иннигэр

Дьулуспаттар…

1990 сыл, от ыйа.

ДУОҺУНУМСАХТАР

Өйдөөхтөр

Өттүктэригэр өйөнөн,

Өйдөөҕүмсүйүөн баҕарар;

Былаастаахтар

Быыстарыгар кыбыллан,

Былаастаныан баҕарар.

Барытыгар баҕарар,

Баҕарар, баҕарар…

Ньыланнастар,

Ньаалаҕайдар,

Ньаалбааннар,

Сыстаҥнастар,

Сырбакнастар,

Сытыганнар.

Бэйэлэрин

Бэртэринэн биллибэккэ,

Тириппэккэ-хоруппакка,

Эрэйи экэринэн тэлбэккэ…

 Күнүһүн, күлүмэххэ,

Күннэтэ да буолбатар,

Көстөллөр,

Көбөллөр,

Көтөллөр.

Сырдыкка.

Сылааска,

Сырыы аайы да буолбатар,

Сылдьаллар,

Сырсаллар,

Сылыбыраһаллар…

Тоҕотун тоһоҕолообоппун,

Толкуйдаа…

Хайдаҕын хащаабаппын,

Хараххын хатаа…

Кэнникитин кэпсээбэппин,

Кэтэспэхтээ…

1990 сыл, ахсынньы.

СИРЭЙ КӨРБӨХТӨР

Кэтии сылдьан,

Кэмэ кэллэҕинэ,

Кэпсээннэнэр.

Саһа сылдьан

Сап салҕаннаҕына

Саҥаланар.

Хоно сылдьан

Хоп холбонноҕуна,

Хоһооннонор…

Үтүөлэри үлтү үөҕэн,

Үрдээри үлүмнэһэр.

Саталлаахтары

Саба саҥаран,

Сайдаары салҕанар.

Бастыҥнары

Бала баһааҕырдан,

Барҕарыан баҕарар.

Эрбэһиннэр элбээбэтиннэр,

Эһинниннэр!

Хатыылар хатамматыннар,

Хаптайдыннар

Хоруончахалар хойдубатыннар,

Хомулуннуннар!

1990 сыл, алтынньы.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар