Ыам ыйын 15 күнүгэр «Чолбон» уонна «Полярная звезда» сурунааллар эрэдээксийэлэрэ Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи, Саха АССР бастакы норуодунай худуоһунньуга, этнограф, фотограф Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан СӨ ойуулуур-дьүһүннүүр музейга турбут «Иван Попов. Избранное» быыстапканы көрдүбүт. Быыстапканы «Полярная звезда» сурунаал ойууга-дьүһүҥҥэ эрэдээктэрэ, норуот худуоһунньугун сиэнэ Гаврил Иванович Попов билиһиннэрдэ уонна дьиэ кэргэн историятын биһирэмнээх түгэннэриттэн быһа тардан кэпсээтэ.
Удьуор аҕабыыттар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт, хаанынан нуучча эрээри саха эйгэтигэр үөскээбит, онон икки омук культуратын тэҥинэн иҥэриммит билэргэ-көрөргө дьаныардаах, ойуу-мандар эйгэтигэр тардыстар эдэр киһи, эһэтэ протоиерей Димитриан, Дьокуускай уонна Бүлүү аккыырайа Мелетий икки алгыстарынан, 1903-1905, 1912-1913 сылларга Санкт-Петербург куоракка Ойуу-дьүһүн императорскай академиятыгар үөрэммит. Онон дойду тэбэр сүрэҕэр, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство улахан маастардарын эйгэтигэр уһаарыллан суолун-ииһин булбут худуоһунньук төрүт буоругар эргиллэн сэриилэр, өрөбөлүүссүйэлэр буурҕаларын ортотугар айар уонна чинчийэр үлэнэн дьарыктанан барар…
Талыллыбыт быыстапка биир уратыта – кини удьуордарын үлэлэрэ эмиэ киирбиттэр. Холобура, быыстапка Иван Попов Санкт-Петербурга үөрэммит кэмнэрин кэрэһилиир үлэлэртэн саҕаланар. Бэрт номоҕон көрүҥнээх эдэр худуоһунньук үөрэммит академиятын иннигэр, Сфинкс таһыгар турар диптих хартыынаны сиэнэ, саха норуодунай худуоһунньуга Гаврил Петров дьүһүйбүт.
«Бу кини саамай аатырбыт хартыыналара» диэн туран, Гаврил Иванович эһэтин «ХVII үйэтинээҕи Дьокуускай куорат» уонна 71 сааһыгар уруһуйдаабыт бэйэтин мэтириэтин көрдөрдө. Сиэнэ кэпсииринэн, бэйэтин мэтириэтин уруһуйдууругар худуоһунньук сиэркилэ икки өттүгэр чүмэчилэри уматан баран, сэбэрэтин көрүнэн олорон ойуулаабыт. Өссө биир биллэр үлэтин «Ойууну» 1926 сыллаахха уруһуйдаабыт. Бу оччотооҕу биллэр ойууну оҥорбут үһү.
Иван Васильевич 1930-с сыллардааҕы «Оскуола тутуута», «Дьааҥы хайаларын үрдүлэригэр» хартыыналарыгар саҥа кэм кэлиитин бэрт кыраҕытык уонна мындырдык дьүһүйбүт. Ону тэҥэ Саха сирин бэлиэ дьонун сэбэрэлэрин оҥорор үгэһин салҕаабытын Таатта олохҥоһута И.Н. Винокуров-Табаахырап мэтириэтэ туоһулуур.
Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, искусствовед Галина Сафронова быыстапканы билиһиннэрэр ыстатыйатыгар: «Национальнай культура төрүттэниитигэр олук уурбут, саха биир чаҕылхай интеллигенциятын Иван Васильевиһы үксүгэр «Саха Леонардота» диэн ааттыыллара» диэн бэлиэтиир.
1920-с сыллардааҕы «Саха кэскилэ» наука-чинчийии уопсастыбатын чилиэнин быһыытынан историяҕа уонна этнографияҕа болҕомто уурара айар үлэтигэр эмиэ көстөр. Холобура, саха ойуутун-мандарын үөрэтэн, аныгы киэпкэ киллэрэн араас композициялары оҥортообут – «Сиэрпэ уонна молот», «Кыһыл сулус» хартыыналара киһи хараҕар чуо быраҕыллаллар.
Талыллыбыт быыстапкаҕа Иван Васильевич үлэлэрин сэргэ, уола СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Иван Иванович, сиэннэрэ, үөһээ ахтыллыбыт норуот худуоһунньуга Гаврил Петров уонна ини-бии Иван уонна Гаврил Поповтар хартыыналара турбуттара түһүлгэни сүрдээҕин байытар уонна удьуор-харалы диэн саха дириҥ өйдөбүлүн тиэрдэр.
Саха бастакы норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов айылҕаттан дьоҕурдаах, киэҥ билиилээх, уопсастыбаны уонна ис эйгэтин дьүөрэлэһэн олорбут айар киһи буоларын бу быыстапка ырылхайдык көрдөрдө. Кини иконописец, живописец, портретист быһыытынан үлэлэрэ худуоһунньук быһыытынан дэгиттэрин туоһулууллар. Ону тэҥэ этнографиянан, археологиянан, фольклорунан, хаартыска түһэриинэн, педагогиканан идэтийэн туран дьарыктаммыта, бэл норуот медицинатын кэрэхсээбитэ интеллигент быһыытынан киэҥ эйгэлээҕин бигэргэтэр.
Туйаара Павлова