***Хоһоонньут олоҕо судургу – кырдьыгы кытары кылыйсыы…

***

Бу түгэҥҥэ иһийэн

Утуйа сытар тыам сирэ.

Биир эмэ киһи дьааһыйа

Турдаҕа, оронун дьаһайа…

Сарсыарда эрдэ

Киэҥ халлаан иэнигэр

Бытархай сулустар

Тыас иһиллиир курдуктар.

…саҥа күнү саҕалыы

Уллуҥум анныгар

Хаар тыаһа хаачыргыы

Уу чуумпуну уйгуурдар.

           

***

Хоһоонньут олоҕо судургу –

Кырдьыгы кытары кылыйсыы,

Хоһоонньут олоҕор соруга –

Кырдьыгын туһугар кыдыйсыы.

Төрөөбүт дойдубут туһугар

Айарга анаммыт ааттаахтар

Төрүт тыл куйаҕа буоланнар

Айаҥҥа туруммут аттаахтар…

Өбүгэ үгэһин салҕааннар

Эр санаа эрчимин эбэллэр,

Өһөртөн толлубат уоланнар

Эйэни эргитэр эбиттэр.

Аман өс тыллыбыт тыллаахтар

Эрэли эбэргэ этэллэр,

Адьаһын тимирбэт тыылаахтар

Эрэйи эһэргэ эрдэллэр.

Хоһоонньут, санаабар,

Хотой кынаттаах.

Хоһоонньут ол иһин

Хорсун буолуохтаах…

           

***

Төһө да кэм аастын –

Мин бу таптыыр тулабын

Аан маҥнайгым курдук

Көрөбүн оҕо хараҕынан.

Оччоҕо барыта саҥаттан

Олох диэн кэрэтин санатар,

Бэл, тымныы кыһын, күн уота

Сүрэхпин симиктик сылытар.

Төрөөбүт-үөскээбит бу сирим

Бүтүннүү мин түөспэр сууланар,

Ытыыры билбэтэх эр киһи –

Хараҕым үөрүүттэн ууланар.

           

***

Күнү күн солбуйа

Күннэр ааһаллар,

Түүлү кытта дуоһуйа

Түүннэр эмиэ саһаллар…

Ситтэрбэтэх кэм-кэрдии

(Дьолбун булан кэмниирдии)

Арыт миигин эрэйдиир,

Ааһан биэрбэт, мэһэйдиир.

           

***

Бүгүн соҕотохпун хоспор,

Арай таптал туһунан санаа

Миигин кытта оонньоһор…

Сытар кураанах ороммор

Сиппэтэх ырам кыттыһа,

Сынньаппакка хоонньоһор…

Ити курдук түүн эрэ

Сабыыта суох түннүктэн

Сулус уотун үтүктэн

Имэҥ иэйии тиллэрэ…

           

***

Күлэ ыраастаммыт оһох

Тыастаахтык умайар,

Сөрүүтүйбүт дьиэ иһин

Түргэнник сылытар.

Күнэ ааҕыллыбыт олох

Ол курдук баранар,

Сөкүүндэ да иһин

Күн сырдыгын былдьаһар.

Оттуллар кэмигэр эрэ

Оһох сылааһынан илгийэр,

Киһи эмиэ тиһэҕэр

Олох дьолун, дьэ, билэр.

           

***

Хас да сыл

Түргэнник ааһар…

Ааспыттан –

Хаартыска хаалар…

Сүппэтэх

Өйдөбүл сылааһар

Сүрэҕим

Өрүүтүн талаһар.

Харааста

Хас да сыл ааста…

Хаартыска

Харахпын аста…

           

***

Түннүктэн күн диэки

Нарыннык талаһар

Дьиэтээҕи сибэкки

Сайыны санатар.

Кырыалаах түннүктэн

Күн уотун батыһар,

Күөҕүнэн чэлгийэн

Кыһыны сымнатар.

Таһырдьа ахсынньы

Тымныынан хаарыйар,

Мин дьиэбэр сибэкки

Сайыны аҕалар.

           

КЫҺЫН

Биир тымныы хартыына

Тумаҥҥа сууланар,

Суол устун хаар тыына

Кыһыны сырдатар.

Уллуҥум анныгар –

Тыһыынча кыраһа.

Хардыыбын ааҕаллар,

Биир тэҥник ыллаһа.

Дьыбары утары

Итиитик тыынабын,

Туттарбат кырыаны

Иилинэ таҥнабын.

Таптыыбын бу маннык

Туруору тымныыны,

Ханна да тэҥнэммэт

Мин дойдум кыһынын.

Николай Васильев-Харыйалаах Уола

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар