Хабырыыс Ондороос

«ПОЭТ — ҮРҮҤ, БООТУР – ХАРА СААХЫМАТ ХАРАҔА СУОЛЛААХТАР…»

КАЗАНЬ

Казань үрдүнэн — былыт куруһубата,

Кабаан күөлүгэр — ырам үрүҥ кубата.

Бу куорат тэргэн аартыктарын анныгар

Үйэлэр быыллаах ыырдара саһан сытар.

Бу куорат күлүмүрдэс күөнүн күлүгэр

Татаар боотурун дьэс оноҕоһо бүгэр.

Манна — илин арҕаалыын илии тутуһар,

Манна — баай Азия Европалыын куустуһар.

Тардыһабын Казань уйгулаах буоругар,

Доҕорум минньигэс астаах олгуйугар…

Таптыыбын Кабаан күөлгэ устар кубаны,

Саҥаттан ыллыыбын былыргы ырыаны:

Өргөстөөх өбүгэм айанын саҕана

Баара үһү булгаар кэрэ удаҕана,

Үрүҥ кубаҕа кубулуйара үһү,

Айанньыт эр бэрдин угуйара үһү…

* * *

Улахан омуктар суоллара

Уһуннар итиэннэ көнөлөр.

Кыра омуктар ыллыктара

Кылгастар итиэннэ токурдар.

Күһүҥҥү санньылҕа самыырдар,

Сааскы омуннаах холоруктар

Ол суоллар үөстэрин кэрбииллэр,

Ыллыктар чэрдэрин тибэллэр.

Бар дьонум ындыытын үллэстэн

Ычам ыырынан дьүккүйэбин,

Кутанан, хайанан суол тэлэн Тоҕобун үгүс көлөһүммүн.

Очуоһу, хайаны дабайан,

Бары халтарааны, никсиэни

Эппинэн-хааммынан амсайан

Көрүстүм үтүөнү, мөкүнү.

Бүгүн эмиэ хара былыттар

Саҕахха ньылбыйан киирдилэр,

Этиҥи, силлиэни ынданнар

Суостаахтык дьөлүтэ көрдүлэр.

ХОТУНЧУКПАР

Кулунчугуом-хотунчугуом,

Куйаар тыалларын сонордоһор

Кулан-дьэллик олохтоох аҕаҥ

Кутаа уотун иннигэр

Курун устан, аргынньахтаан олорон

Кутуран алҕаабыт аман өһүн

Куруук саныы сырыт дуу:

— Кубулҕаттаах куорат эбэлэр

Кустук дуйдарынан сотуллубут,

Кулукка, тыыннаах өлүккэ кубулутар

Кус-хаас тойуктарын

Кутургуйа курдук ас таттаран

Куккар-сүргэр иҥэрбэккэ

Кулгааҕыҥ таһынан иһиттэргиэн,

Куоппаһа сөҥнөҕүнэ

Кур бөх иһитэ буолар ис дьиҥин

Куойаҕар-маҥкыгар түһэрдэргиэн!..

Куччугуйуом,

Кучуллума дуу,

Кулунчугуом-хотунчугуом,

Куттанныма дуу,

Кураахтаах саата,

Кустук оноҕоһо баарын тухары

Кулан-дьэллик олохтоох аҕаҥ

Куйаар уҥуоргу да уһугуттан

Куйах буолан араҥаччылыа!

…Кулунчукпун-хотунчукпун

Кууһан сыллыыбын,

Кутаа уоппар ас кээһэн

Кутулук алгыһы ыытабын…

* * *

Күөх халлаан көҥүл түөһүгэр

Күн көмүс атыыра хаҥыллык сиэлэр,

Сайдар казах сааскы истиэбигэр

Саха көй тойуга саҥаттан дьиэрэйэр.

Ол тыл буурҕатыттан кынаттанан

Олоҥхо сахтара илэ уһукталлар:

Айыы боотурдара дьэс кылыстанан

Адьарайдары уодьуганныыллар,

Туйаарыма Куолар хара харахтара

Тупсууну биитэр кыргыһы тэрийэллэр,

Уран уостарыттан сөллөр тыллара

Уолан дьону үтүгэҥҥэ тиэрдэллэр,

Көмүөллүү оргуйар дохсун биистэр

Көҥүл соноругар күдэриккэ сүтэллэр,

Кырдьык иһин үрүҥнээх хара күүстэр

Кыйаары хааҥҥа сөтүөлэтэллэр…

Этитиилээх түүн хараҥа хоонньугар

Эдэр ый кылыстыы килбэчийэр,

Аныгы казах баараҕай куоратыгар

Ааспыт кэм сахатын ата мэччийэр…

25.04.2022,

Казань к.

***

Поэт икки, боотур икки

Кыргыс үйэтигэр төрүүллэр,

Кырбый икки, бөрө икки

Көҥүллүк охсуһан өлөллөр.

Поэт — үрүҥ, боотур — хара

Саахымат хараҕа суоллаахтар,

Кырбый — үөһэ, бөрө — сиргэ

Кырдьыгы тургутар сиэрдээхтэр.

Поэттар уонна боотурдар

Өлөрү ырыаҕа холууллар,

Кырбыйдар уонна бөрөлөр

Күүстээхтиин күрсэри талаллар.

Поэт икки, бөрө икки

Өспөт ырыаларын күн салгыыр,

Боотур икки, кырбый икки

Өлбөт подвигтарын сир алгыыр.

***

Бэс ыйа. Үрүҥ түүн кырынаас суорҕана

Аар тайҕам, күөх хайам үрдүнэн тарҕанна…

Уйгулаах ыһыаҕы ыһыахтаах Өймөкөөн,

Умсабын эн олоҥхоҕор өрөгөйдөөн:

Онно түҥ былыргы дуулаҕа боотурдар

Көҥүллэрин көмүскээн бастара быстар,

Онно кырдьыгы куйах туттан эр бэрдэ

Өстөөх үөрүгэр соҕотох кимэн киирдэ,

Онно кэрэ куолар сырдык мичээрдэрэ

Кэлэр кэм саһарҕата буолан тэтэрэр,

Онно таптал таас хайалары хамсатан

Өлбөт мэҥэ уутун бар дьоҥҥо амсатар.

Хотугу халлааҥҥа чаҥ болот биитинии

Күн тахсар кылбайа, дьол-соргу битинии!

Өрүү кырдьыгын туруулаһар Өймөкөөн,

Саха омук истэр кэс тылгын, дьэ, өйдөөн…

ЧАДАҔАН

(Былыргы түүр кыллаах музыкалыыр тэрилэ)

                                       Ногон Шумаровка

Уо, умнуллубут өбүгэм

Уран тарбахтарын чэрин билбит,

Уйан иэйиилэрин төлөн иччитэ буолбут

Уһун үйэлэр улаҕаларынааҕы Улуу чадаҕан…

Оонньооботох ох саам кирсинии,

Оҕуруктаабатах сылгым оҕуурунуу

Оттооҕор синньээтэр да бөҕө кылыҥ

Ыһыахтыыр дорҕоонноруттан

Ытаан хараҕым уута халаанныыр…

Кутаа буолан күүдэпчилэнэн өспүт

Кулан сахтар уорҕаларыттан

Куттанары, аньыырҕыыры умнан,

Хайалара хаһан таһааран

Хайҕахтаах хара быарбын хамсатта?..

Чараас мастан чартаммыт,

Чаҕаан утахтарынан кылламмыт

Чаҥ үйэтинээҕи чадаҕантан

Этиҥ буолан ньириһийэр тойуктар

Этим сааһын устун эҥсиллэ түстүлэр…

Оо, ол улуу дорҕооннору кытары

Одун кэмнэр охсуһуулаах күлүктэрэ,

Олоҥхо боотурдарын мүччүргэннэрэ

Күрүс олох күн кыһалҕаларын кыйдаан,

Көмүөллүү көҥү анньан аймаатылар…

Тымырым устун былыргы ырыалар

Тыҥ хатыытынааҕы өбүгэм

Тыыннаах хаалаары тыын харбаһар

Тыйыс мөккүөрүн тилиннэрдилэр,

Тыгыннар чыыннарын иҥэрдилэр…

Доом ини домм!

Добун бэйэлээх сүдү чадаҕан,

Дохсун дьүһүлгэҥҥин дьаҥсый,

Этиттэриилээх идэмэрдээх тэрил,

Эллээ инникибин аллар аман өскөр…

***
Атын санаалар аргыардарын
Аптаах тылым алтанынан
Абырахтаан көмүс дуйдуу,
Туспа дьоннор туруктарын
Тупсараары сүрбүн барыы
Туох иһин тууга хаайтарабын?
Хомуһунум хоҥор соноҕоһун
Холуннарын ыга тардан
Хол дойдуларым суолларынан
Көтүттэрбиэн көҥүл тыаллыын,
Көрдөөтөрбүөн үрдүк дьолу –
Көмүстэн ордук биир тылы.
Баҕардар, ол аартыктарым
Байҕал түгэҕэр тиэрдиэхтэрэ,
Балай хараҥаҕа сирдиэхтэрэ:
Кыһыл тылбын кылыс гынан
Кыргыс түөрэҕин кээһиэҕим –
Кыайыам биитэр кыым саҕыам…

  ***
Петербурга — сырдык.
Дьиҥнээх үрүҥ түүн.
Хоту дойдуга курдук тыаллаах, сөрүүн.
Мүөттээх кофелар, кэридэх музыканнар,
Иҥиэттэр байҕал, таастыйбыт атланнар.
Петербург — муораһыттар, суруксуттар
Улуутуппут поэзия куораттара.
Буурҕалар, кыргыһыылар, хааннаах суттар
Дириҥ чэрдэрэ түөскүн быстахтара…
Бүгүн Петербург — Азия кириэппэһэ,
Манна уһаарыллар кыайыы кириэһэ.
Буулдьа оннугар — бэргэн тыл ардаҕа.
Кыла быстыахтыы ытыыр түҥ чадаҕан*.  

22.05.2022, Санкт-Петербург, Улахан Конюшеннай уулусса, 25  

* * *
Эн миэхэ сүрэх туруорума,
Эн миэхэ сурах ыытыма –
Ытыс саҕа холбукаҥ иһигэр
Батарар куйаарыҥ илимигэр
Эн мин күлүкпүн сөрөөмө.
Сүүһүнэн баттанар сүрэхтэр,
Суоһаабакка уостар сурахтар
Эн биһикки
Харахтарбыт харсыһан саҕар
Сындыыс уоттарыттан
Сүүс төгүл өлбөөркөйдөр,
Эн биһикки
Ытыстарбыт таҕайсан иитэр
Сылаас сыһыаннарыттан
Тыһыынча төгүл тымныылар —
Сыппахтар,
Быстахтар,
Барбахтар,
Дьиҥнээҕи мууһурдар аналлаахтар.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар