«Хаарынан дуоһуйа хаамаллар саҥа тыллар…»

ЭБЭМ ТИКПИТ СОНО

Оҕо сааһым кылгас сиэхтээх,
Эбэм тикпит кыра соно
Дьааҥы тымныытын тулуйара,
Орто дойдулуун ситимниирэ.

Кыһыны оннук туоруурум –
Улуу тымныы учууталлаах
Кыһалҕата суох сир быта,
Орто дойду гражданина!

Хаһан оннук санаа иҥэн
Гражданин буолбуппунуй?
Ол сону кэтиэхпиттэн,
Тымныыны билиэхпиттэн!


Эбэм бэлэх ууммут эбит
Киһи буолар таҥаспын,
Орто дойдуга аахсыллар
Докумуон буолар соммун…

Суох билигин ол сонум,
Оннук тикпэт да буолбуттар.
Баар арай тымныы дойдум –
Гражданин буолбут сирим.

ХАЛЛААН БИЛГЭТЭ

Халлааны көрөбүт, сулуһу көрдүүбүт,
Былыты быыһынан, ардах-хаар аннынан…
Халлааммыт соҕотох, сир эмиэ төгүрүк,
Ким көрөр ардаҕы, ким көрдүүр сулуһу?!

Ардаҕы көрөөччү таҥаһын үллүнэр,
Сулуһу көрдөөччү сарсыҥҥа эрэнэр…
Халлааммыт тымныйар, хаар хаары бүрүйэр,
Тураллар дьон-норуот халлааны манаһа.

Күн сарсын туох буолуон билгэлии сатыыллар:
Хаар түһүө диэччилэр халыҥнык таҥналлар,
Хаар ааһыа диэччилэр өтүүнү өрөллөр…
Бит-билгэ араастаах, халлааммыт соҕотох!

Хотуттан соҕуруу былыттар усталлар –
Хаар хаарга дьапталлар, сир үрдэ туртайар,
Илинтэн тус арҕаа сырдыктар сырсаллар –
Күн кылгыыр, түүн уһуур, кыстык кэм эргиллэр.

Кэмэ суох хаар түһэр… Сир тыына иһиллэр,
Халыҥ хаар анныгар, тоҥмут буор түгэҕэр!
Оттон Эн сарсын туох кэлиэ дии саныыгын?
Бүппэт хаар? Күөх халлаан? Туох күүтэр саханы?


ИККИС БОДО ТУҺУНАН

Хара хааным хоту халлаан
Тыйыс тыалын биллэҕинэ,
Сүүмэх буолан өрүллэн
Тылбар-өспөр тиистэҕинэ

Ханнык да улуу очуос
Туундараҕа кубулуйар,
Хайдахтаах да сүүрүк уу
Мин баҕам хоту устар!..

Ылласпат маннык кэмҥэ
Чараас тылым кырыымпата,
Тымныы тимир кылааннанар
Санаа дэтиэх саҥа этии…

Иэйии күүппэт күннэрин
Хоту халлаан арыаллыыр,
Быһа түһэр, тылбар иҥэр,
Иккис бодом дэттэрэр…

ВЛАДИВОСТОК КӨРӨ

Тураах турааҕы үгэргиир,
Тумсун тааска сытыыланар:
«Хайдах маны сатаабаккын,
Хайдах маны билбэккин?!»

Ыраах байҕал тоҥ ааллара
Тумаҥҥа иэннэрин ааллара
Хараҥаҕа кыланаллар,
Айан түүлүн үргүтэллэр.

Нуучча көнтөстөөх күрбэтэ
Үөһэттэн тардыылаах курдук:
Үс үөстээх мэҥэ тэһииннээх,
Былыты тыырар мөккүөрдээх.

Манна өбүгэ суолун батан
Үс салгын өрүү эргийэр:
Ааспыт, кэлэр кэм тыаллара
Уонна ийэ сир сиик тыына.

Туола илик баҕа санаа
Үөрдэрэ көтөн ааһаллар.
Ону көрөн хара сордоох –
Тураах турааҕы үгэргиир…

ИЛИҤҤИЛИИ АЛГЫС

Күлүмнэс куйаххын кэтимэ –
Өстөөҕүҥ өйдөөн көрүөҕэ,
Ыарахан батаскын ылыма –
Элбэхтэн элбэх охтуоҕа…

Ааҕыма оноҕос ахсаанын,
Төһөтө эйиэнин билэҕин;
Истимэ соноҕос кистиирин,
Киниттэн атыны күүппэккин.

Бит-билгэ кэлэрин кэтээмэ –
Кэмэ суох алдьархай ааҥнаабат,
Төрөөбүт дьиэҕиттэн тэйимэ –
Өбүгэҥ оннугу таптаабат.

Устан уур оһуордаах кэһэххин,
Эн бүгүн сөптөөҕүн биттэнниҥ.
Сэриини саҕалыыр судургу,
Ыарахан түмүгүн оҥорор.

Сэбиргэл арааһын өбүгэҥ
Көмүскүүр толкуйдаах оҥорбут.
Ону эн сэрэйэр инигин?
Ким кэпсиир эйиэхэ атыны?

ВАСЯ РОЖИҤҤА

Эн аны эргиллиэм диэбэккин,
Сарсыҥҥы суолларгын күүппэккин,
Дьоһуннаах арчылыыр тылларгын
Ыһыахха бэлэмнии уурбаккын.

Кэрэ кыыс эн дьоһун суруккар
Аны суох киэркэйэ тупсара,
Суох аны Дьааҥыттан поэппыт,
Кэрэни кэрэхсиир уоламмыт…

Эн билбит курдуккун барытын –
Бараргын, ол кэннэ кэлбэккин,
Бэйэҥ да билбэккэ эппиккин –
Дьылҕаҕар имнэнэн ааспыккын.

Эн хорсун сүрэҕиҥ тэбиитэ
Хоһооҥҥор салҕанар, тохтообот,
Атыннык ааҕыллар айымньыҥ –
Аны эн хоһооҥҥор тыыннааххын!

***

Хаарынан хаампыттар
Суоллара хаалаллар –
Дьылҕа Хаан ыллыгар,
Аан дойду аартыгар.

Эн эмиэ ол хаарга
Суолларгын хааллардыҥ,
Ол аата Дьылҕа Хаан
Суругун суруйдуҥ.

Ол иһин сыл аайы
Хаар түһэр кэмигэр
Эн хаарга суолларгын
Мин өйдөөн көрөбүн.

Хаарынан хаамаҕын,
Саҥа суол үктүүгүн –
Дьылҕа Хаан ыллыгар,
Үйэлээх аартыгар.

МОСКВАҔА СЫРЫЫ

Мин манна үөрүүлээх кэлэрбин
Санньыарга туттаран турабын,
Аахайбат эн үрдүк мындааҕын
Аҕабар эппэтэх эбиппин.

Хаалбыт ол көрсүһүүттэн арай
Тыйыс тыыннаах тымныы дьыбарыҥ,
«Хаһан да» дэттэрэр кырыгыҥ,
Хаһан да мөлтөөбөт түбүгүҥ!

Эйигиттэн алгыс көрдөһөбүн:
Аһынар аҥардаах албаскын,
Хараҕым олоруутун кэтээбэт
Туохха да тэҥнэммэт көҥүлү…


…Мин кэһиигин көрдөһөр бэйэм
Бу бэйэм кэһиилээх турабын,
Эн үрдүк мындааҕын умнаммын
Аҕабын эн ньуургар көрдүүбүн…

БЫЛЫТТАР, ЫРАЛАР

Мин билбэт эбиппин бу куорат
Тапталын мэлдьи этэрин,
Сордоҥнооҕу билэрим иһин дуу
Күн үөрүүтүн миэхэ уунарын.

Хаһан да туолбатах ыралар
Элбэхтик да устан аастылар,
Суох, бу былыт буолбатах,
Дьон сиппэт санаата, ырата.

Мин эмиэ таптыыр эбиппин
Сороҕор олоҕу кэтиирбин,
Түннүктэн түннүккэ сыыйыллар
Олох муҥутуур эргиирин.

Мин билиэм, хайаан да ситиэм
Москва күндүлүүр кистэлин,
Миэхэ эрэ көрдөрөр халлаанын:
Дьон ыратын, ааһар былытын.

МЕТРОҔА САНАА

Олоппос ылабын, үрдүгэр ыттабын,
Турабын соҕотох айан суол үөһүгэр.
Сүрэҕим тылларын, сүрэҕим тэбиитин
Утары уунабын – хоһооммун ааҕабын.

Суол дьоно тохтообот, мин син биир ааҕабын!
Саҥаттан саҥаны! Быыһа суох ааҕабын!
Өндөйөн көрбөттөр айан суол түбүгэр,
Сүүс төгүл ааһаллар, сүүс төгүл төннөллөр…

Ол сүүстэн көстүбэт биир хоһоон истээччи,
Ол сүүстэн биллибэт биир иэйии буолааччы.
Ол иһин күн аайы мин манна кэлэбин,
Олоппос ылабын, үрдүгэр ыттабын!


***
Хаарынан бүрүйдүм биир суолбун…
Ааспыт сыл хонноҕор кистээтим,
Өссө биир кыһыҥҥы ыллыкпын
Кэм-кэрдии күөнүгэр хааллардым.

Кыраһа чап-чараас суорҕаҥҥа
Кичэллик ол суолбун бүрүйэр.
Ааһар суор халаатыы айманна,
Атын суол иннибэр тыргыллар.

Көрүлээн буолбатах, улаатан,
Ааспыты астыктык ахтаары,
Хаһан да диэбэккэ, холкутук,
Эһиилги хаар суолун көрөөрү.

ХААР ТЫЛА

Хаарынан дуоһуйа хаамаллар
Саҥа тыллар, саҥа ыралар.
Ол хаарга эн ааккын суруйан
Ыллаабатах олус ырааппыт.

Бүрүйүө сурукпун саҥа хаар,
Кистиирдии оҥостон, кичэллик –
Туора харахтаах көрбөтүн диэн,
Түүҥҥү дьыбар тыыппатын диэн.

Мин санаам түгэҕэр эн аатыҥ
Тоҕус хаар анныгар кистэнэр,
Тоҕус хос саҥалыы суруллар,
Тоҕус аат тоҕуста ааттанар.

Саҥа хаар ньуурунан саҥа тыл
Эн ааккын көрдүүрдүү сүүрүөҕэ,
Хардатын көрдөһөр саҥа ый
Былытын түргэнник үөрдүөҕэ.

Хаарынан дуоһуйа хаамыаҕа
Саҥа тыл, ыралаах саҥа тыл.
Оттон мин эн ааккын суруйуом,
Ол тылга тапталбын иҥэриэм.

***

Үс чараас чуумпу хаар бүрүйэр
Ааспыт сыл үгүс суолларын,
Үс туман үллүйэ бутуйар
Эйиэхэ тиэрдэр муус ыллыкпын.

Арай уларыйбат ый уота,
Суолбун ыйар, тэҥҥэ ыллаһар,
Хаар саппыт ыллыгын көрдөрөр,
Урукку барыта ааспат дэтэр.

Ким билэр… Сороҕор ол ааспыт
Бу ыйдааҕар сытыытык көрөр,
Хаһан да дэттэрэн да баран
Иккиһин эргиллэн соһутар.

Рустам Каженкин

Чолбон. – 2022. – №2

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар