Аныгы кэм киһитэ Мэхээлэ Бөтүрүөп быйыл өйө-санаата буккулунна аҕай. Үгүс ырыҥалааһын, төбөнү сынньыы кэнниттэн эр бэрдин мэйиитэ ытыгынан эриллибит чөчөгөй курдук дагда буола хойунна. Өссө эмээхсинэ кыра сиэнэ кыыс кэллэҕинэ оҥорор дьэдьэннээх күөрчэҕин курдук минньийдэ. Билиҥҥи батсаап барахсан кини өйүн санаатын астаҕын көр! Хотонугар үлэлии-хамныы сылдьан, табаахтаан бусхата олорон, Чурапчы киһитэ Уйбаан Ил Дархаҥҥа сүбэ-соргу бөҕөнү биэрэн, өйүн санаатын аһан, тыа дьонугар харчы-үп бөҕөнү ботуччу соҕус көрдөөн суруйбут суругун батсаап барахсантан аахта. Дьэ өйдөөх да киһи быһыылаах, ньалҕаарытан түһэн сурук да сурук! Кэлэр сылтан улахан уларыйыы тахсар, онон сүбэм диэбит. Сүбэһит, өйдөөх элбэх бөҕө быһыылаах да, олортон ити Уйбаан инники сылдьар.
Мэхээлэ бу күһүн эт сыаната биллэ ыарыа диэн тойонноон, уон биэс оҕус борооскуну атыыласпытын кыстатан турар. Кураанах тиэргэҥҥэ улааппыт хачаайы муҥнаахтар түүлэрэ-өҥнөрө ырааһыраахтаан, харахтара уоттанан, син сүөһү курдук буолбуттарын хаһаайын бэлиэтии көрөр буолла. Ол эрээри ити уоттаммыт харахтара топпокко, өрүү от, уотурба көрдүүр буолбуттара Мэхээлэни улаханнык санаарҕатар, күөххэ үктэниэхтэригэр диэри бэрт элбэҕи аһыах көрүҥнэннилэр. Маны билбитэ буоллар… Убайа Миитээ эдэр сүөһү улаатар кыаҕын туһанан үп-харчы өлөрүөххэ сөп диэн этиитигэр төрүт киириэ суох киһи киирэн биэрдим быһыылаах диэн санааргыыр.
Итинник сыыһа-халты үктээн биэрии өрүү кини хаһыаты, ол-бу сураҕы-садьыгы олус итэҕэйэриттэн буолар. Чурапчы Уйбаанын үүт сыанатыгар наһаа күүстээх туруорсуута «Кыым» хаһыат сүрүн сонуна буолбутун аахпыт ыала Миитээс «ити киһи мунна сыттаах, үүт сыаната үрдүүр буолла, онон ынахпытын элбэтиэххэ» диэбитин истэн өрдөөҕүтэ түөрт ыанньыктана сылдьыбыта. Үүт харчыта син үрдээбитэ да, элбэх буолан буоллаҕа буолуо, харчы кэлиитэ-барыыта кыайтарбатаҕа быһыылаах, наһаа хойутаан кэлэр буолбута. Моонньо күөгэйиэр диэри харчы кэлэрин кэтэспит Миитээс: «Сүрдээх үчүгэй уопут баар буолбут, кэлбэт харчыны таах кэтэһиэхтээҕэр, күһүн халлаан хараҥарыыта ньирэйдэри ийэлэрин кытта көҥүл ыытан кэбиһэллэр эбит. Ньирэй диэн ааттаах ыанньыксыт буоллаҕа, ийэтин уолларбат. Онон күһүн хаар түһүүтэ үллэ уойбут ньирэйдээх, уолбатах ынаххын хотоҥҥо киллэрэҕин. Бэйэҥ буоллаҕына күһүҥҥү куска, балыкка төһө санааҥ оҕоккото кыайарынан сылдьаҕын, аһыыгын-сиигин, кытаанах кыстыкка бэлэм буолаҕын. Олус үчүгэй толкуйу булбуттар», – диэн ити сонуну биһирээн, саһааннарын кэннигэр кучу-мачы гынан, санаалара дэлби көтөҕүллүбүтэ. Биир санааҕа кэлбит ыаллыылар ити уопуту олоххо киллэрэргэ быһаарыммыттара. Сайыны быһа муспут биэнсийэлэрин сыыһын илдьэ, оҕолорун олохторун-дьаһахтарын көрө куораттыыр буолбут ойохторо саҥа уопуту мөккүөрэ суох өйөөбүттэрэ. Кинилэр торбостоох ынахтара хотоҥҥо киириэхтэрин эрэ иннинэ куораттарыттан «тыаларын сирин, сэгэрдэрин сыыһын» ахтан аҕай кэлбиттэрэ. Сууйбакка мунньубут таҥастарын үөрэ-көтө сууйбуттара, лаппа киртийбит иһити-хомуоһу хомуйан, эрдэрэ бултаан тоһуйбут кустарын, балыктарын күөстээн бидилиппиттэрэ. Хотуттар куорат аспаалыгар хааман тоһуонньахтанан хаалларбыт сыалара оннугар түспүтэ. Тыа ыалын олоҕо барахсан күөстүү оргуйан, минньигэс сыта дыргыйан бара турбута.
Быйыл Мэхээлэ олоҕор, кини дьиэтээҕи тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар саҥалыы тыыннаах киирбит өйү-санааны күһүҥҥү муҥхаҕа кэлэ сылдьыбыт ойоҕун убайа, улахан учуонай киһи укта. Кини аймахтарын сүөһүтүн-аһын көрөн баран кэпсээбит кэпсээнэ дьиэлээх киһи төбөтүттэн тахсыбакка муҥнаата. Хотонугар табахтаары олоро түстүн да киирэн кэлэр. Ыалыгар Миитээскэ кэпсээбитин, киһитэ соччо итэҕэйбэтэҕэ, кини үйэтигэр бэйэтэ эрэ кэпсээбитин итэҕэйэрин билэр буолан, Мэхээлэ мөккүһэ барбатаҕа. Миитээс кини диэки хараҕын үөһэ-аллара көрөн, эҕэлээхтик ырбаҥнаан, адыр-бадыр аҕыйах тииһэ хаалбытын көрдөрдөҕүнэ, кэпсэтиини атыҥҥа көһөрөр идэлээҕэ.
Орулуур отут сыл ыаллыы олордулар. Эйэлээхтэр, өрүү тулаларыгар оргуйар олох сонунун кэпсэтэллэр, арыт хомойон соҥуоран олорон табахтаан баран тарҕаһаллар. Арыт күлүм гынар үөрүүлэрин «кылк» гына бэлиэтээн, дьиэтээҕи «репрессияҕа» түбэһэн хас да хонукка көрсүбэккэ сылдьаллар. Бэйэ-бэйэлэрин «ити киһи күөртээн» диэн буруйдаһа саныыллар. Өр-өтөр буолбат, олох устар сүүрүгэ ыаллыылары биир тыыга олордор… Хотуттарын санаалара сымнаан, «репрессия» тымныы тыына сылыйан, ыаллыылар олохторо көнөр, ахтыспыт дьон сонуннара, кэпсээннэрэ күөстүү оргуйар.
Барыта уу нуурал буолуоҕун, били учуонай убайдара улууска быраастар мунньахтарыгар кэлэ сылдьан, биир саха учуонайа суруйбут кинигэтин аҕалан аймаата. Оҕонньор нууччалыы суруллубут бэрэпиэссэр научнай үлэтиттэн, күтүөт бэйэтин наадатын булан ааҕыа суоҕа диэн лиистэригэр кумааҕы бөҕөнү сыһыаран аҕалбыт. Өйдөөх оҕонньор адьас сөпкө гыммытын ааҕааччы олус үрдүктүк сыаналаабыта. Улахан үөрэхтээх учуонайдар киһи тыла уҥуоҕа суох да тостуох, мэйиитэ да эриллиэн сөп курдук эриэхэбэй тыллаах дьон эбит диэн Мэхээлэ түмүк оҥорбута. Икки-үс этиини өйүгэр хатаары хас да күн дьаныһан үөрэтэн баран, ыалыгар Миитээскэ кэпсээнин быыһыгар кыбытан, киһитин улаханнык сөхтөрбүтэ. Киһи эрэ буоллар ыала «мах» бэрдэрэн төрүт ханньаҥнаабатаҕа.
Миитээс да буоллар, хайдах да мөккүһэр кыаҕа суоҕа. Ама, кини бэйэлээх бу үлэгэрдээх тымныы кыһыннаах дойдуга сахсырҕаттан саҕалаан, дьабарааскыга тиийэ утуйан буккуруу сыталларын билбэтэ баар буолуо дуо. Тыһы эһэ барахсан тоҥ арҕахха сытан быыкаа эһэ оҕотун төрөтөн, утуйа сытан эмнэрэн, улааппыт котокуну саас батыһыннаран арҕахтан таһаарар. Ону баҕас көрбөтөҕүн да иһин истибит аҕай кэпсээнэ. Миитээс аахпат да буоллар, истибитин баҕас умнубат. Билигин батсаабы көрөн өйө-санаата аһылынна аҕай. Билбэтин көхсүнэн сэрэйэр саха саарыныгар көҥүл олох биэрбит үтүөтэ үгүс.
Күнүс Мэхээлэ ойоҕо Мааса килиэп ыла маҕаһыыҥҥа бараары таҥна турдаҕына, ыала Настааччыйа курбачыйан киирдэ.
Настааччыйа. Дорооболоруҥ! Хайа, Мааса, биһиги аҕабыт суох дуу, эһиэхэ таҕыстым диэбитэ дии.
Мааса. Баар бөҕө. «Приемнайга» кэпсэл-ипсэл бөҕө буола олороллор. Хайа эрэ учуонай кинигэтин ырыппыттара хас да хонно.
Настааччыйа. Мин киһим, Петровтар байар суолларын булбуттар, «оо, кэбэҕэстик да байыахха сөбүн саха норуота өйдөөбөккө сылдьаахтыыр эбит» дии-дии, сүгүн да аһаабат, утуйбат буолла.
Мааса. Чэ, хотуок, ити хааллын, күнү быһа кинилэр айдааннара. Хайа, саҥа кууркаҕын кэппиккин дуу? Тыый, таалыйаҥ синньигэһэ да бэрт эбит дии, быакайан түһэн.
Настааччыйа. Наһаа сөҕүмэ, биир киһиэхэ баар буоллун ээ. Хайа, эн куорат аспаалыгар хааман тоһуонньахтанан хаалларбыт сыаҥ төттөрү үүнэ охсубут дуу? Оо, иннигэр бу үлүгэри көтөҕөн, кэннигэр бачча үлүгэри ыйаан, дьэ кыыс оҕотоҕун дии. Баай ойоҕо буоларга олох бэлэм сылдьаҕын. Тоҕо саҥа кууркаҕын кэппэккин?
Мааса. Ээ, мин кууркабын Сиидэркэ Шуратыгар атыылаатым. Ити эн ымсыырар сыаларгын олус хам тутан көрдөрөр.
Настааччыйа. Сөпкө гыммыккын. Бу үлүгэрдээх кэрэлэр салыбыраан иһэллэрин көрөн эр дьон хараҕа арахпат буоллаҕа. Муҥнаахтар ону одуулаһа иһэннэр суол ханаабатыгар түһүө этилэр. Хата массыына да, дьон да быыһаммыттар. Оо, ким сылаас, түллэҥниир долгуҥҥа таалалыан баҕарыа суоҕай!
Мааса. Мин эн Миитээскин аһынабын ээ. (Настааччыйаны эргийэ хаамар.) Бу үлүгэрдээх хайыр таас курдук уҥуохха хайдах эчэйбэккэ сылдьаахтыыра буолла. Күһүн куораттан кэлбиппит кэннэ, миэхэ ымаҥныы-ымаҥныы «Мааса, наһаа да бэркэ сылдьыбыккыт, мин хотунум ахтан аҕай кэлбит» диэбитэ. (Күлэн сыһыгырыыр.)
Настааччыйа. Ии, сатананы санатыма. Айака, киһи үрдүттэн түспэккэ муҥнуур. Эчэйбитэ көстүбэт. (Эҕэлээхтик күлэр.)
Мааса. Биһиэхэ атын эрэсиим. Мин киһим ол учуонай кинигэтигэр харааччы иирдэ. Ааҕыы бөҕө, өссө тугу эрэ нойосуус үөрэтэр, хаама сылдьан кытары ботугуруур.
Настааччыйа. Ол биһиги киһибитин кытта кэпсэтээри, сөхтөрөөрү бэлэмнэнэр. Ол обургу, тугу да кэпсээ, төрүт итэҕэйбэт. Быһа ханньаҥнаан, ымаҥнаан дьаабыланан тахсар. Ону кэһэтэ түһэн биэрдэхпинэ эрэ киһини истэр, эппиккин толорор. Наар кэтэх санаалаах сордоох.
Мааса. Бэҕэһээ «Настааччыйаттан куотан киирдим, мас арыытын сыаната үрдүүр үһү диэбитин чэпчиэхтээх диэн мөккүһэн үүрүлүннүм. Уордаах Уйбаан кыыһа хаһыыта-ыһыыта сүрдээх, сии сыста» диэбитэ.
Настааччыйа. Дьиикэй, түөрт бытыылката маҕаһыынтан ылан кэл диэбиппэр, сүрэҕэлдьээн дьаабыламмытын кэһэтэ түһэн биэрбитим.
Мааса. Ыараабыт буолбат дуо, сүүрбэ солкуобайынан. Настя, эйигин Миитээһиҥ быйыл кыһыны быһа кибир-… кибирнээ-… кибирнээссийэлиэм диэн саанар.
Настааччыйа. Дьиикэй, өйө-санаата ол эрэ. Атаһа Мардьааһай дьиикэй телефонугар арааһы көрөргө үөрэппит. Биһиэнэ онно харааччы иирдэ. Дьиикэй!
Мааса. Ону эппэппин ээ. (Күлэр.) Эн да санааҥ ол эрэ буолбут дии. Сорохтор байаары кинигэни эрэ нойосуустууллар, бааллара-суохтара биллибэт. Миитээһиҥ эйигин кыһыны быһа борооскулары кытта утутуохха баар, хаһыыта, хотумсуга бэрт диир үһү.
Настааччыйа. Ии, сордоох, мин кыһыны быһа утуйдахпына, аһын сатаан астаммакка хоргуйар, таҥаһын сууммакка быкка ыстарар ини. Дьэ бэйи, аахсыахпыт. Туохтуом диэтэ диигин.
Мааса. Кибирнээссийэлиэм, алта ый утуттарыам диир, соҕотохтуу кинини эрэ утутума, бороонун Молоочугу хоонньоһуннар диир үһү, Мэхээлэҕэ.
Настааччыйа. Чэ, Мааса, барыах. Ол кинилэр баҕа санаалара хаһан туолуон. Мин киһим кырыыһатын аҥаар фронтонун саайыах буолбута уон биэс сыл буолла, билигин да аҥайан турар. Ол кибирнээссийэлэрин дуу, туохтарын дуу, отут сылынан олоххо киллэрдэхтэринэ, кинилэр да көмөлөрө суох этэр эһэлэрин курдук уһун ууга утуйа буорга киирэр инибит.
Мааса (күлэр). Оннук, оннук!
Настааччыйа. Көр эрэ, дьиикэй, мөҕөр ойоҕун, аһатар бороонун утутан баран көҥүл сылдьар толкуйдаах эбит дии. Оо, үлэлээбэккэ байар туһунан баҕа санаатын кытта кырдьан эрэр.
Мааса (үтүктэр). Хайа, бу хаппыт килиэби сиибит дуо диэн сирэн олорор сирэйдэрин көрүөхпүт кэриэтин, килиэппитигэр ыстаныах. Сэгэрдэрбит, тойон эрдэрбит аччык хонуохтара дуо.
Күһүҥҥү муҥха саҕанааҕы ыраас чэбдик салгыны эҕирийэ, дууһалара саамай сырдаан кэлэр маҕаһыыннарын диэки хотуттар бара турдулар.
Ыалын кэпсээнин сөхпүт Миитээс күн аайы Мэхээлэтигэр киирэр, били учуонай кинигэтин эргим-ургум тутан көрөр буолла. Дьэ, бу Гаврил Угаров учуонай барытын билэрэ-көрөрө тоҕо сүрэй, эмиэ да куоракка олорор ааттаах. Мин ыалым эбэн-сабан кэпсиирэ дуу? Эр бэрдэ сахата өтөн эрэммэтэ да элбэх, кини баҕа санаата таба этиллибитэ да баһаам. Аахпыт киһи дии санаан кинигэни ылан эргим-ургум тутан көрөр. Былырыын кыһын биир нууччалыы детективы уола биэрбитин ааҕар ааттаах, уон алтыс эрэ лииһигэр тиийдэ. Маҥнай күн аайы сытан эрэ ааҕыам диэн илиитигэр ылара да, буукубалар барахсаттар дэлби холбоһон баран сүтэн хаалаллара. Ыйга хас лииһи аахпытын быһаарыах курдук санаан иһэн, мүчүк гынан баран тохтообута.
Биирдэ ойоҕо хортуоската киллэр диэн соруйбутугар Мэхээлэ гаражка тахсыбыта. Онно учуонай кинигэтин арыйан көрөн баран, аҕыс лиис тухары барыта омук дьоно бэйэлэрин тылларынан суруйбуттарыттан олус соһуйбута. Итини кини хантан ааҕар?! Аата да дьикти – «Гипобиология». Миитээс ымсыыран, сөҕөн, кинигэни эргим-ургум тута олордоҕуна, Мэхээлэ киирбитэ. Кинилэр табахсыт дьон буолан, дьиэ хочуолунайыгар олорон кэпсэтэллэр. Мэхээлэ онно икки эргэ кириэһилэлээх кыра остуоллаах, бу хоһун «приемнайым» диэн ааттыыр. Онтон хаар хараардаҕына мустан кэпсэтэр сирдэрин «эрэстэрээссийэ» диир. Дэриэбинэлэригэр гаас киирэн баанньыктан атыҥҥа туттуллубат буолбут былыргы саһааннарын тобоҕун таһыгар олороллор, күннээҕи олохторун, аан дойдуну анаараллар, булт, балык сонунун кэпсэтэллэр. Быйыл кыһын приемнай кэпсэлэ барыта наука диэки хайыһар буолла, гипобиология өйдөрүн санааларын, уу нуурал олохторун аймаата. Билиитэ-көрүүтэ кэҥээбит Мэхээлэ табаҕын уматтаат наукатыгар түһүнэн кэбистэ.
Мэхээлэ. Доо, Миитээс, бу кинигэ биһиги дойдубут тыатын хаһаайыстыбата түҥнэстибитин биирдэ өрө тардар кыаҕы биэриэн сөп.
Миитээс. Оннук курдук дии. Гипобиология диэн туох наука диэтиҥ этэй?
Мэхээлэ. Гипобиология – наука о состоянии живых организмов при физиологической ангидрии.
Миитээс (баһын быһа илгистэр). Тоҕо бэрдэй, доҕоор, аата да мудуруойунайа бэрт эбит. Олох улахан наука буоллаҕа ити аата.
Мэхээлэ. Бу дьон, эн биһиги өйдөөбөппүтүн өйдүүллэрэ бэрт буолан, улуу учуонайдар дэнэллэр. Өйдүүгүн дуо, оскуолаҕа үөрэппиккин, баалынайга ууну тобус-толору кутан баран бэйэтэ киирэн олорбутугар тохтубут уутун кээмэйин быһааран, мэтириэтэ биһиги кылааспытыгар ыйанан турбут учуонайы? Ким да билбэтин быһаарбыт үһү.
Миитээс (күлэр). Дьэ, улахан арыйыы эбит. Киһи барыта билэр буоллаҕа дии, тобус-толору иһиккэ ону-маны уктахха уу тохторун.
Мэхээлэ. Бу да учуонай «эһэ арҕахха утуйар даҕаны, тоҥон өлбөт» диэн биир да киһи билбэтин суруйбут үһү дуо?
Миитээс. Сыгынах анныгар чып-чычаас гына арҕах хастан баран аһаабакка, хойуулаабакка, убаҕастаабакка да кыстаан тахсар диэни саха барыта билэр ини.
Мэхээлэ. Тыһы эһэ төрөөн, онтун утуйа сытан эмнэрэн, улааппыт оҕотун батыһыннаран тахсарын эмиэ диэ…
Миитээс. Биһиги ойохторбутугар, арадьыылынай дабаай, оҕолоругар суу наада.
Мэхээлэ. Өссө аныгы дьахталлар оҕолоругар ииктиир турууссук – памперс кэтэрдэллэр. Һэ-һэ. Эһэҕэ ырааҕынан тиийбэт дьон, тыллаах эрэ сыҥаахтара уотунан тамнаан, эн биһиги туспутугар билиилэрэ-көрүүлэрэ, дьаһаллара сүрдэнэр.
Миитээс. Ол аата биһиги сайдыыбыт эһэ сайдыытыгар тиийэ илик буоллаҕа.
Мэхээлэ. Физиологическай ангидрия өттүгэр суох. Чэ, ноо, теорияҕа наһаа дириҥээмиэх.
Миитээс. Сөпкө этэҕин. Дьон быһаарбытын билбэт дьон курдук ону ыатара олоруохпут дуо.
Мэхээлэ. Ноо, мин гибернация өттүгэр охтоору гынабын.
Миитээс. Ээ, били борооскуларгын утутуу өттүгэр диэ.
Мэхээлэ. Ити ньыманы киллэрэр буоллар, дьон барыта борооску көрө барыа этэ. Бары сылгыһыт буолбуппут курдук. Ол гынан баран барыта ноолоох ээ…
Миитээс. Оннооҕор мин сылгыны урут хонууга эрэ көрөр киһи икки биэлээхпин…
Мэхээлэ. Миитээс, эн мин этиим эҕэтин кыайан өйдөөбөтүҥ ээ. Ити дириҥник ырытан көрдөххө, хотон аайы туттуллубат ньыма буолсу. Сылгы иитиитэ буолбатах.
Миитээс. Эс, бу да киһи, утуйан бырылата сытар сүөһүнү киһи барыта көрөр ини.
Мэхээлэ (баһын быһа илгистэр). Дьэ, нокоо, итинтиҥ иһэ истээх быһыылаах. Хотону ксенон диэн гааһынан толоруохтааххын. Хотон онно анаан тутуллуохтаах. Мин уон биэс борооскубун утутуохха сөп. Өссө икки этээстээх наара оҥоттордоххо отуту да утутуохха сөп.
Миитээс. Тыый, олох байыыһыгын дии. Төрүт сытыйа байыы суола онно тыргылла сытар эбит.
Мэхээлэ. Оннук, ыһы-ыһы…
Миитээс. Отут оҕус борооскуну түөрт уоннуу тыһыынча атыылаа, о… о… һо, уон икки, мөлүйүөн алта нууллаах этэ дии. Тыый, мөлүйүөн икки сүүс тыһыынча! Тоҕо бэрдэй, мөлүйүөн! Босхо кэлэр мөлүйүөн!
Мэхээлэ. Наһаа босхо буолбат ини. Син ороскуоттаах буолара буолуо, хотон, гаас.
Миитээс. Хотону сааҕынан моччооруччу сыбыахха буоллаҕа, үөлэһин бүөлүөххэ. Улахан үлэ эбит. Бороонноруҥ хас ый утуйалларый?
Мэхээлэ. Алта.
Миитээс. Тоҕо бэрдэй! Алта ый убаҕастаабакка да, хойуулаабакка да. Саамай сүмэтэ, биир уобуу оту сиэбэккэ…
Мэхээлэ. Уотурба сиэри оботтооҕунан утары көрбөккө…
Миитээс. Оо, бу учуонай өйүн! Оо, Угаарап да Угаарап! Борооскулар утуйан буккурата сыталлар. Үчүгэй түүлү көрөн кыһыл оҕо курдук үөрэн ыла-ыла…
Мэхээлэ. Өссө истэн үөр, икки этээстээх, эн сиэннэриҥ ороннорун курдук этээс оҥордоххо…
Миитээс. Үһүс этээһи да оҥоруохха сөп буолуо ээ.
Мэхээлэ. Сөбүн сөп буолуо да, уһуктан баран охтон эчэйиэхтэрин сөп.
Миитээс. Оннук ээ, этээстээх дьиэҕэ үөрэммэтэх дьон буоллаҕа. Мин быраатым Уйбааскы тойон этээһин кирилиэһиттэн сууллан баһаам уһуннук балыыһаҕа сытта дии. Итиригэ буоллар ини…
Мэхээлэ. Итирик киһи мэнээк оччо элбэх уҥуоҕа тостубат. Итирии диэн бэйэтэ туһунан турук – невесомость!
Миитээс. Оо дьэ, билэн-көрөн түһэҥҥин, адьас сөпкө этэҕин… Дэлэҕэ «чэпчээн аҕай сылдьар» диэн норуот этиэ дуо? Мэхээлэ, ити борооску утуйуута туох диэн ааттаах этэй?
Мэхээлэ. Гибернация дэнэр. Нууччалыыта «спячка».
Миитээс. Тоҕо бэрдэй! Мин Молоочукпун ылан кипэрнассыйалаа…
Мэхээлэ. Гибернациялыаҥ дуо дэнэр.
Миитээс. Оннук. Ылаар эрэ, эрдэтээҕи ньирэй кыһыны быһа улаатыа аҕай диэн санаалаахпын. Утуйа сытан улаатыа дуу?
Мэхээлэ. Улаатымына. Эһэ оҕолоро быыкаайык, балтараа сүүс кыраамнаах төрүүллэр уонна саас ийэлэрэ тахсарыгар номнуо батыһа сылдьар буолаллар.
Миитээс. Хайдах тоҥмотторо буолуой? Арҕах иһэ тымныы буолуо дии? Онно гаас да, хочуолунай да суох ээ. Арай тириилэрэ…
Мэхээлэ. Тахсан булуускар хонон көрүүй, барааҥка кэтэн баран.
Миитээс. Ол оттуллубат булууска дуо? Ыччака-а. Өлөр буоллаҕым.
Мэхээлэ. Сөпкө эттиҥ. Гибернация түмүгэр анабиоз үөскүүр, физиологическай ангидрия түмүгэр гипобиометаболизм – ол аата харамай олоҕун тэтимэ кыччааһына барар. Эн биһиги оннук турукка киирбэт буоламмыт бу гаастаах оһохтоох хочуолунайга олоробут.
Миитээс. Ок-сиэ, ыалым барахсан киһи биэс сүүс кыраама суох өйдөөбөт тыллаах- өстөөх киһи буолан иһэҕин.
Мэхээлэ. Чэпчээн олорон өйүҥ-санааҥ кэҥиэ этэ буоллаҕа. Молооччуккун кытта гибернацияланыаххын баҕарбаккын дуо? Настааччыйаҥ мөҕөрүн истибэккэ утуйан бырылатан баран, күөххэ үктэниигэ туруоҥ этэ буоллаҕа.
Миитээс. Аны ону иһитиннэрэн киһини кии… бэр… наассыйалатаайаҕын. Чэ, Молоочукпун ылаар эрэ, ыалым буоллаҕыҥ дии.
Мэхээлэ. Кыттыстыҥ да дьуһуурустубаҕа тэҥҥэ олорсоҕун. Хайдах утуйа сыталларын көрүөхпүт дии.
Миитээс. Ол хотоҥҥо киирэн көрөбүт дуо?
Мэхээлэ. Телевизор нөҥүө. Ксенон диэн гаастаах хотоҥҥо киириллибэт. Эн дьуһуурустубаҕа босхо үлэлиигин. Онтон ити кириэһилэҕэ олорууҥ иһин күҥҥэ алта мөһөөҕү, эс чэ, бэйэ киһитигэр биэс мөһөөҕү да буоллун, хас дьуһуурустубаҥ аайы төлүүгүн.
Миитээс. Эс, ол аата ый аҥаарыгар түөрт аҥар тыһыынчаны төлүүбүн дуо?
Мэхээлэ. Хайа, нохоо, сымнаҕас кириэһилэ, сылаас чэй, научнай үлэҕэ кыттыһыы…
Миитээс. Кириэһилэ буолан, муҥ саатар орон буолбатах. Биэнсийэм чиэппэрин кэриҥин биэрииһибин дии. Байар сураххын истэн, ымсыы буолан бардыҥ дуу… Кэччэгэй кэриэһэ суох.
Мэхээлэ. Кыраама, доҕор, наукаҕа босхо кыттыһаары гынаҕын дуо?
Миитээс (ойон турар). Маны көрөҕүн дуо? (Хокуоска биэрэр.) Кыттыһан да бэрт. Эн да утуйа сытар бороонноруҥ уойан атыыга барыахтара биллибэт. Мин бассаабынан…
Мэхээлэ. Хайыыгын?
Миитээс. Эйигин холуннарар реклама ыытыам. Мэхээлэ Петров бороонун этин сиэн бу айылаах буоллум диэн сыптарыҥнаах уруунньукпун көрдөрүөм.
Мэхээлэ. Ону ким итэҕэйиэй! «Фейк» диэм. Эмээхсиним эмиһин-тотун көрдөрүөм, эн Настааччыйаҥ уҥуоҕа халыгыраан хааман иһэрин устан ыытыам. Өрүү куһаҕаны, аҕырбыты аһаан бу ыал убаҕастык хойуулууллар, ол иһин сулуйар эт суох дьоно диэм.
Миитээс. Наһаалаатыҥ дии, Настааччыйа үйэтин тухары итинник дии, киһи барыта билэр.
Мэхээлэ. Ампаардаах ыала билэллэр. Оттон атын улуустар, Дьокуускай куорат олохтоохторо хантан билэллэр… Бэрт киһи Миитээс ойоҕун көрөн, онон саатаан олороллор үһүө, улуу актырыыса буолбут дии.
Миитээс. Эмиэ да этэр эттэҕинэ… Чэ, эн да эрдэттэн көҥөнөҕүн да, ыарахан сыаналаах гааскын хантан ылыаххыный, тохтуур инигин. Эн да төһө үптээххин киһи билэр.
Мэхээлэ (дьоһумсуйар). Ити кинигэҕэ суруллубут гаас оннугар Гаврил Спиридонович Угаров профессор олох атын чэпчэки гааһы туттуохха сөп диэбитэ. Телефоннаабыта. Ксенон оннугар углекислай гааһы кислородка буккуйан туттуохха сөп диир.
Миитээс. Ноо! Телефонунан кэпсэттиҥ дуо? (Баһын быһа илгистэр.) Оо, уолаттар ыырбыт кэҥээн иһэр. Тоҕо бэрдэй! Профессоры кытта телефонунан… Чэ, кэбис эйэлэһиэх! Хокуоскабын төттөрү ылабын!
Мэхээлэ. Сөп. Хокуоскалаан дьылтаппытыҥ абаккалааҕын иһин ыстарааба биир иһит.
Миитээс. Сөп. Иккиэн иһэр инибит.
Мэхээлэ. Суох. Мин атаҕастаммыт киһи дууһабын сууйабын.
Миитээс. Чэ, буоллун даҕаны. Ол эрээри утуйан бурулата сытар, аска наадыйбат борооскулары, баҕар, үйэбит уһаатаҕына көрүөхпүт, оннук буолар ини, Мэхээлэ Бөтүрүөп.
Мэхээлэ. Дьабарааскы утуйар.
Миитээс. Моҕотой утуйар. Андаатар?
Мэхээлэ. Андаатар утуйбат. Ити Эмиэрикэ үспүйүөнэ, бирэдьиитэл. Үрэхпит күөллэрин көһөрөн, собо сиэбэт оҥордо. Саха төрүт аһыттан матарда. Иҥсэтэ бэрт.
Миитээс. Киһи утуйбат ини? Мин Настааччыйабын утуппат инигин? Киһи диэн үрдүк харамай буоллаҕа.
Мэхээлэ. Сөпкө этэҕин. Ордук эн Настааччыйаҥ, муҥур хотунуҥ. Кини кыһыны быһа утуйдаҕына, эн аччыктыаҥ, таҥаһыҥ киртийиэ. Таҥаскын да сууммаккын буолбат дуо?
Миитээс. Эс, наһаа түһэримэ, үнүр икки наскыны сууйбутум ээ.
Мэхээлэ. Һэ-һэ. (Күлэр.) Аны сүүлүргүөҥ дии, онтон Настааччыйа туох да кыһалҕата суох утуйан буккуруу сытыа, мин борооскуларым ортотугар, Молоочугун таһыгар. (Күлэр.)
Миитээс. Личноһы, ыал ийэтин алта ый утутуу киһи быраабын кэһии буоллаҕа дии.
Мэхээлэ. Буолуо ээ. Тыһы эһэ утуйар, өссө төрөөн оҕо эмнэрэр. Ол эн хотунуҥ бэйэтин борооскутун кытта хоонньоһон утуйбута диэн… Үнүр бэйэҥ көрдөспүтүҥ дии.
Миитээс. Суох, суох. Учуонайдар борооскуну да утуталлара сөп буолуо. Биһиги сатаан утутуохпут дуо?
Мэхээлэ. Утутан, утутуохпут! (Түөһүн охсунар.) Биһиги, тыа сирин булугас өйдөөх уолаттара! Кэккэлии дьаарыстаан утутуохпут. Пиэрибэй Маайга уһугуннаран хотонтон таһаарыахпыт. Төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй! Суолтата сүппүт Кыһыл Маай саҥа тыыннаныа этэ. Борооску уһуктар Күөх Маайа диэн миитиҥҥэ илдьэ баран көрдөрүөхпүт.
Миитээс. Ии, төһө эрэ үөрэн өрө тэбэ-тэбэ тиэргэҥҥэ сүүрэллэр. Оо, ону көрөрбүт буоллар. Миитиҥҥэ ып-ыраас, кыһыны быһа аһаабакка, хойуулаабакка, убаҕастаабакка утуйан турбут Молоочукпун сиэтэн тиийиэм этэ.
Мэхээлэ. Бэрт буолуо этэ, мин оччоҕо эн хокуоскаҕын буордаан баран төнүннэриэм этэ. Ити Пиэрибэй Маайга үөрүүнү бэлиэтээһин ороскуотун кыччатаары уһугуннарыахпын баҕарабын. Маай аһын кытта уһуктууну бииргэ сууйаары.
Ыаллыылар үөһэ тыыналлар, кинилэр хаһан эрэ от оттообокко, саах күрдьэн балбаах бөҕөнү соскойдообокко телевизор, бассаап көрө-көрө бороон кыстатан таһаарар үтүө кэмҥэ тиийэр дьикти кэми санаан долгуйан имнэрэ кэйэ, иэдэстэрэ тэтэрэ өр куустуһан турдулар.
Ити санаа туолуута хомуньууһум кэлиитэ буолбатах, хайаан да кэлиэ. Онно борооску да баар, элбэхтик эрэйдэммэккэ байыан баҕалаах саха да уолаттара да баар буолуохтара.
Оо, саха олоҥхотун курдук уйгулаах олоххо олорор баҕата баар бөҕө буоллаҕа… Баһаам! Гибернация эрэ тиийбэт… Ол да баар буолуо! Оо, Угаарап барахсан үтүөкэн да бэрэпиэссэр, саха чулуута! Фантаас да фантаас! Суох, тыа хаһаайыстыбатын кэскилин быһаарар Улуу учуонай!
Миитэрэй Наумов