Гаврил Попов: «Кэрэни кэрэһилээбит, үйэлээҕи үөскэппит эһэлээхпин…»

Быйыл ыам ыйын 7 күнүгэр Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын аҕатынан ааттаммыт Саха АССР бастакы норуодунай худуоһунньуга, живописец, икона ойуулааччы, этнограф, фотограф Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылын туолла. Онон өрөспүүбүлүкэ ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотыгар улахан бэлиэ түгэн. Онуоха кини өбүгэлэрэ аҕабыыт Поповтар Уһук Илиҥҥэ үөрэх, духуобунай культура сайдыытыгар, сахалар уонна нууччалар алтыһыыларыгар хаалларбыт бэлиэ суолларын-иистэрин, баай историяларын эптэххэ чахчы да суолталаах кэрдиис.

Бу кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн күннэтэ кытыйа-хамыйах бырахса алтыһар, убайым тэҥэ саныыр киһибин «Полярная звезда», «Далбар Хотун» сурунааллары дьүһүйэн-таҥан оҥорор СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна Гаврил Иванович Попову муннукка хаайан өбүгэлэрэ аҕабыыт Поповтар, эһэтэ Иван Васильевич тустарынан сэһэргэстим.

– Гаврил, сахалыы сиэринэн эһэҥ Иван Васильевич төрдүн-ууһун кэпсээниттэн саҕалыахха.

– Эһэм Иван Васильевич – протоиерей Димитриан Попов улахан уонна тапталлаах сиэнэ. 1874 сыллаахха саҥа истиилинэн ыам ыйын 7 күнүгэр уруккунан Боотуруускай, билиҥҥинэн Таатта улууһун 2-с Дьохсоҕон нэһилиэгэр таҥара дьиэтин үлэһиттэрин кэргэнигэр төрөөбүт. Төрөппүттэрэ – ийэтэ Капиталина Димитриановна, аҕата Василий Степанович Поповтар. Аҕата Василий Степанович эмиэ Попов диэн араспаанньалаах, эмиэ аҕабыыт дьиэ кэргэниттэн төрүттээх. Эһэтэ Рязаньтан силистээх Андрей Попов нууччалар Эмиэрикэҕэ өтөн киириилэрин саҕана Аляскаҕа тиийэн олохсуйбут, алеут кыыһын кэргэн ылбыт. Кинилэр Нуучча Эмиэрикэтин киинэ Ново-Архангельскай куоракка уонна Кадьяк арыыга олорбуттара биллэр. Уоллара Степан төрөппүттэрэ өлбүттэрин кэннэ Вениаминов миссиятын кытта Саха сиригэр кэлэр уонна сүнньүнэн Боотуруускай улууһун таҥараларын дьиэлэригэр сулууспалыыр. Кини уола Василий Дьокуускайдааҕы духуобунай училищены, онтон семинарияны бүтэрэн, төрүттэрин туйаҕын хатаран эмиэ таҥара үлэһитин суолун талар. Кыыһа Анна Бушков диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Дьокуускайга олохсуйбута биллэр. Хос эһэм Василий Степанович Ытык Күөлгэ Преображенскай таҥара дьиэтигэр ананан биир сыл лөчүөктээн баран аҕабыыт санын ылар. Өр кэмҥэ церковнай-приходскай оскуолаҕа учууталлыыр. Бу үлэлии сылдьан Ытык Күөлгэ силиһин түһэрбит былаҕачыынай аҕабыыт Димитриан улахан кыыһын Татьянаны таба көрөн, таптаан ыал буолаллар. Хос эбэм Татьяна эмиэ үөрэхтээх дьахтар эбит – эдэригэр аҕата тэрийбит оскуолатыгар учууталлыы сылдьыбыт.

– Өбүгэҥ протоиерей Димитриан үлэтин-хамнаһын туһунан аҕыйах тылынан билиһиннэрэ түспэккин ээ.

– Димитриан (1827–1896) – нуучча бастакы айанньыттарын кытта Илин Сибииргэ кэлэн олохсуйбут таҥара дьиэтин үлэһиттэрин удьуора.  Кыраайы үөрэтээччи Егор Андросов уонна хос сиэнэ Николай Иванович сэһэргииллэринэн, кини Кытай уонна Монголия быыстарыгар баар Кээхтэттэн төрүттээх, өссө монгол хааннаах үһү. Сиэнэ Пантелеймон Васильевич этэринэн буоллаҕына, Димитриан өбүгэтэ Семен Попов Саха сиригэр XVIII үйэ бүтүүтүгэр Россия соҕуруу-арҕаа уһугуттан кэлбит. Кини Покровскай таҥаратын дьиэтигэр сулууспалаабыт, уола диакон эбит. Димитриан тоҕус саастааҕар аҕата өлбүтүгэр, кинини духуобунай училищеҕа ыыталлар. Салгыы үөрэҕэр дьоҕурдаах уол Иркутскайдааҕы духуобунай семинарияҕа үөрэнэр. Киниэхэ дьонуттан хаалбыт баайа диэн өссө эһэтэ Семен саҕалаабыт сахалыы-нууччалыы тылдьыта эрэ баара…

Дьэ бу тылдьыттан сэдиптээн Димитриан Дьокуускайдааҕы духуобунай училищеҕа учууталлыы сылдьан кэлин Дьокуускай уонна Бүлүү епискоба Дионисий диэн ааттаммыт, «Саха тылын кылгас грамматикатын» ааптара, протоиерей Димитрий Хитров хараҕын далыгар түбэһэр уонна архиепископ Иннокентий Вениаминов таҥара үөрэҕин сахатытар, сахалыы үөрэҕи тэрийэр хамсааһыныгар кыттыһан бу икки бэлиэ киһи соратнига буолар, наукаҕа сыстар. Ол түмүгэр кини Нуучча императорскай географиялыы уопсастыбатыгар ылыллар, номоххо киирбит Сибиряков экспедициятын үлэтигэр кыттар.

Тус олоҕун кэпсээтэххэ, Димитриан Иркутскайга сылдьан Татьяна Федоровна Косыгиналыын бэргэһэлэнэр. Татьяна, ийэбит үөрэхтээх дьахтар, Иркутскайга Медведиков атыыһыт огдооботун үбүгэр тэриллибит сиропитательнай дьиэҕэ иитиллибит. Ийэтэ Агриппина кинээс Сергей Петрович Трубецкой декабрист дьиэ кэргэнигэр оҕо көрөөччүнэн үлэлээбит. Биһиги аймахха баар номоҕунан Трубецкойдар биир уолларын чиэһигэр Агриппина улахан сиэнин Иван диэн сүрэхтэппит. Дьиктитэ диэн Иван Васильевич 1874 сыллаахха билиҥҥи истиилинэн ыам ыйын 7 күнүгэр төрөөбүт буоллаҕына, Иван Трубецкой 1874 сыллаахха кулун тутар 17 күнүгэр отутун эрэ ааһан баран өлбүт. Татьяна Федоровна аҕата Өлүөнэ баһыгар баар Анга сэлиэнньэтигэр аҕабыыттаабыт, бу түөлбэттэн Москва уонна Коломна митрополита буолбут, Эмиэрикэ уонна Сибиир апостолынан ааттаммыт Иннокентий Вениаминов төрүттээх. Онон дьикти ситимнэр үгүстэр…

– Гаврил, дьэ аны Иван Васильевичка төннүөххэ. Кини оҕо сааһа хайдах этэй уонна худуоһунньук үөрэҕэр ханна үөрэммитэй?

– Иван Васильевич – Димитриан улахан сиэнэ. Уон ыйдааҕар уоспанан ыалдьыбытын эһэтэ бэйэтэ ыарыылаан, эмтээн үтүөрдүбүт. Онон сиэнигэр улаханнык убаммыт. Сиэнин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа уонна этнографияҕа сыһыарбыт эмиэ кини. Уолчаан дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн, эһэтэ иконаны, таҥара дьиэлэрин уонна чочуобуналарын ойуулуурга үөрэтэр. Улаатан Дьокуускайдааҕы духуобунай училищены, семинарияны бүтэрэн өбүгэлэрин туйаҕын хатаран таҥара дьиэтин үлэһитин суолун талар – Троица кафедральнай уонна түрмэ таҥараларын дьиэлэригэр лөчүөктүүр, церковнай-приходскай оскуолаларга учууталлыыр. Бу кэмҥэ Дьокуускай уонна Бүлүү епискоба Мелетий эдэр киһи ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа сыстаҕаһын билэн иконопись мастарыскыайын уонна хаартыска лабораториятын тэрийэригэр көмөлөһөр. 1902 сыллаахха бэс ыйыгар Мэҥэ улууһун Холгума таҥаратын дьиэтигэр сыһыарыллар уонна Москва, Санкт-Петербург куораттарга «церковнай» живописка үөрэнэргэ командировкаҕа ыытар. Ийэм Люция Саввична булбут чахчыларынан, Иван Васильевич Санкт-Петербурга тиийэн Императорскай ойуулуур-дьүһүннүүр академия ректора Владимир Егорович Маковскай мастарыскыайыгар уһуйуллар. Бу кэмҥэ этнографиянан үлүһүйэн, түһэрбит чаҕылхай хаартыскалара, хомуйбут сэдэх экспонаттара Россия уонна Европа улахан музейдарын фондаларын байыталлар. Эһэтин курдук Нуучча императорскай географиялыы уопсастыбатыгар киирэр.

– Дьон Иван Васильевиһы сэбиэскэй кэмнээҕи үлэлэринэн билэр. Өрөбөлүүссүйэ иннигэр кини туох уруһуйдардааҕый?

– Иван Васильевич – Саха сиригэр бастакы идэтийбит икона ойууһута. Холобура, киэҥник биллибит «Спас Нерукотворный» диэн үлэтэ күн бүгүҥҥэ диэри Дьокуускай куоракка Ньукуола таҥара дьиэтигэр турар. Ону тэҥэ «Святой Иннокентий Иркутский и Николай Чудотворец», «Вседержитель» диэн иконалардаах. Кини ойуулаабыт иконалара улуус таҥараларын дьиэлэригэр, музейдарыгар, кэтэх ыалга даҕаны аҕыйаҕа суохтар. Худуоһунньук идэтигэр уһуйуллар кэмигэр айбыт «Скала», «Ленский пейзаж», «Череп», «Этюд. Фантазия», «Золотое дерево», о.д.а. хартыыналарыгар оччотооҕу кэм саҥа сүүрээннэрин сабыдыаллара көстөллөр. Портретист быһыытынан Саха сирин аккыырайдарын уонна күбүрүнээтэрдэрин – Иннокентий Вениаминов, Мелетий, Дионисий, Крафт сэбэрэлэрин дьүһүйбүтэ.

– Эн бэйэҥ эмиэ ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа сыһыаннаах киһи көрүүгэр кини дьоҕура, кыаҕа ордук хаһан арыллыбытай?

– Чинчийээччилэр, искусствоведтар кини айар үлэтин чыпчаала ааспыт үйэ 20-с сылларыгар түбэспитин бэлиэтииллэр. Кырдьык, күн бүгүҥҥэ диэри көрбүт эрэ киһи болҕомтотун хатыыр хартыыналара – «Якутск конца XVII столетия» (1928), «Шаман», «Теленок» (иккиэн 1926 сыл) ити кэмҥэ айыллыбыттара. Саха ойуутун-мандарын туһанан «Серп и Молот», «Красная Звезда», «Орнамент из одной бесконечной линии» диэн ураты үлэлэри ойуулаабыта. Олох уларыйыытын көрдөрөр «Строительство школы в с. Ытык-Кюель», «Дирижабли над Верхоянским хребтом», «Электро-почтовая связь», «Первый трактор», «Овощи колхозов Севера» хартыыналара, этюдтара оччотооҕу кэм тыынын дьоһуннук арыйаллар. Ол эрээри, бастакы саҕалаабыт хайысхатын эмиэ ыһыктыбатаҕын «Портрет олонхосута И.Н. Винокурова-Табаахырап мэтириэтэ», «Старик-нищий» үлэлэрэ кэрэһилииллэр.

– Иван Васильевич өрөбөлүүссүйэ иннигэр оччотооҕу түҥкэтэх Ытык Күөлтэн Питергэ, саха саах сыбахтаах балаҕаныттан мрамор дыбарыастарга тиийбит эбит буоллаҕына, сэбиэскэй кэмнээҕи олоҕо хайдах этэй?

– Өрөбөлүүссүйэлэр уонна гражданскай сэрии кэннинээҕи дойду огдолуйбут олоҕун ыар тыына кинини тумнубатаҕа. Идэлээх киһи уруһуйдуур матырыйаалларын, кырааскатын булара уустугуран, урукку бэйэтэ ойуулаабыт иконаларын, мэтириэттэрин кэтэҕэр кытта ойуулуурга күһэллибитэ. Ити кэмҥэ кини Ытык Күөл, Чөркөөх, Уолба, Игидэй оскуолаларыгар учууталлыыр. Ол быыһыгар нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллар. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны сэргэ этнографиянан дьарыктанарын, хаартыскаҕа түһэрэрин бырахпатаҕа. «Саха кэскилэ» наука-чинчийии уопсастыбатын чилиэнэ этэ. Үлэлэрин, матырыйаалларын ити тэрилтэҕэ, «Саха аймах», «Саха омук» культура-сырдатыы уопсастыбаларын, Саха уобалаһынааҕы музейын фондатыгар туттартыыр. Ойуунускай тэрийбит Тыл уонна культура институтун кытта үлэлэһэр. 1941 сыл тохсунньутугар Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһа тэриллибитигэр Иван Васильевич бастакылар кэккэлэригэр П.П. Романовы, М.М. Носовы, Г.М. Туралысовы, И.Г. Избековы уо.д.а. кытта киирэр. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Ытык Күөлгэ метеорологынан үлэлиир. 1945 сыл тохсунньутугар киниэхэ Саха АССР норуодунай худуоһунньугун аата өрөспүүбүлүкэ историятыгар аан бастакытынан иҥэриллэр. Ити сыл бүтүүтэ 72 сааһыгар сылдьан суох буолар.

– Гаврил, Иван Васильевич олоҕунан уһуллубут Любовь Борисова «Кэрэни көрбүт» киинэтэ тахсан дойду үрдүнэн биһирэбили ылла. Бу Бөрөсөөкөбү сэргэ өссө атын ханнык эмэ дьикти түгэннэр бааллар дуо?

– Иван Васильевич мистиканы, таҥханы, ойууннааһыны кэрэхсиирэ. Бэйэтин гипнозтаах курдук этэллэрэ. Биирдэ киэлитигэр оҕото өлөн сытыйбыт дьахтары быыһаан турардаах. Бу дьахтар Лэкээ Уус диэн киһи кэргэнэ эбит. Тимир ууһа идэлээх киһиэхэ бэйэтигэр анал инструменнары оҥорторбут. Итиэннэ ол инструменнарынан дьахтары иһин хайытан эпэрээссийэлээн, эмтээн-томтоон атаҕар туруорбут.

– Иван Васильевич туһунан кэпсэтэн баран кини инитэ Пантелеймон Поповы ахтыбатахха табыллыбат дии саныыбын.

– Пантелеймон Васильевич (1886–1972)  убайыттан уон икки сыл балыс. Аҕалара Василий Степанович билиҥҥинэн Чурапчы Арыылааҕар, уруккунан Хайахсыт таҥаратын дьиэтигэр сулууспалыыр кэмигэр төрөөбүт. Эмиэ өбүгэлэрин туйаҕын хатаран Дьокуускайга духуобунай училищены уонна семинарияны бүтэрбит. Салгыы Казаннааҕы духуобунай академияҕа үөрэнэн 1915 сыллаахха бүтэрбит уонна богословие кандидата наука истиэпэнин ылбыт. Онон өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи өйдөбүлүнэн Пантелеймон Васильевич – учуонай. Дойдутугар эргиллэн кэлэн, 1920 сыллаахха бассабыыктар духуобунай семинарияны сабыахтарыгар диэри преподавателлээбит. Сэбиэскэй былаас сылларыгар бастаан Дьокуускай оскуолаларыгар учууталлаабыт, онтон фельдшер-акушер, түүлээх, балык техникумнарыгар, ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа үлэлээбит. Ол быыһыгар быстахтык Үөрэҕирии наркоматыгар, совнарком иһинэн искусство управлениетыгар инспектордыы сылдьыбыт. Учуонай киһи наукаҕа тардыстара – онон Тыл уонна культура институтугар, Ярославскай аатынан музейга үлэлээбит. Сүрүн үлэтэ – «Историко-графический атлас города Якутска 1917 г.» диэн. Бу үлэ күн бүгүн да суолтатын сүтэрэ илик эрээри, хомойуох иһин, киэҥ эйгэҕэ тахса илик. Арай 2009 сыллаахха бэрт аҕыйах ахсаанынан бэчээттэнэн турардаах. Пантелеймон анал үөрэҕэ суох да буоллар худуоһунньук. Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһун тэриллиитигэр оргбюро бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт. 1941 сыллаахха ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнигэр кандидатынан ылыллыбыт.

– Поповтар худуоһунньук династияларын быһыытынан биллэҕит. Мин санаабар, саамай кырдьаҕас уонна улахан династия да диэххэ сөп курдук. Гаврил, биир-биир аймахтаргын билиһиннэр эрэ.

– Иван уонна Пантелеймон Поповтар туһунан кэпсэттибит. Кинилэр кэннилэриттэн аҕам Иван Иванович Попов (1934–2011) кэлэр. 1975 сылтан ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ. СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ. Чөркөөххө төрөөбүт. Саха сиринээҕи ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа скульптор, живопись уонна муосчут идэлэригэр үөрэммит. Оскуолаҕа учууталлыы, театрга худуоһунньуктуу сылдьыбыт, кэлин худфонд үлэһитэ. Айар үлэтин живописец быһыытынан саҕалаан баран скульптор, кинигэ графига буолбут, 70-с сылларга муосчут быһыытынан арыллан уһаммыт. Кэлин живописка эргиллибит. Этнографиянан эмиэ дьарыктаммыта.

Ол кэнниттэн аҕам эдьиийин Елена Ивановна улахан уола, саха норуодунай худуоһунньуга, живописец Гаврил Гаврильевич Петрову ааттыыбын. Кини 1999 сылтан Россия худуоһунньуктарын чилиэнэ. Саха сиринээҕи ойуулуур-дьүһүннүүр училище кэннэ Уһук Илиннээҕи искусство педагогикалыы институтун бүтэрбитэ. Үйэтин тухары Намнааҕы педагогика колледжыгар үлэлээбитэ, СӨ үтүөлээх учуутала.

Дьэ онтон убайым биһикки кэлэбит. Ванялыын иккиэн Саха сиринээҕи ойуулуур-дьүһүннүүр учищены бүтэрбиппит. Убайым салгыы Красноярскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр институт Саха сиринээҕи филиалыгар, мин СГУ БГФ үөрэммиппит. Бииргэ скульптура, реставрация, дьүһүйүү эйгэтигэр бииргэ үлэлиибит. Убайым кэргэнэ Мария эмиэ худуоһунньук идэлээх, кинигэ иллюстрациятынан дьарыктанар. Кинилэр кыыстара Вера ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа үөрэнэр.

Манна даҕатан эттэххэ, өссө аҕабыт аҕатыгар Иван Васильевич Поповка мэҥэ өйдөбүнньүк оҥорор ыра санаалааҕа. Ол туоһута эскиз, бырайыак оҥорон хаалларбыта. Биһиги, Поповтар, удьуордаан туран сэмэй дьоммут. Ол эрээри убайым биһикки аҕабыт кэриэс хаалларбыт идеятын олоххо киллэриэхпитин баҕарабыт. Дьокуускай куорат биир кэрэ-бэлиэ түөлбэтигэр Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччинэн ааттаммыт уонна өссө тыыннааҕар сыаналанан бастакы норуот худуоһунньугун үрдүк аатын сүкпүт киһи – Иван Васильевич Попов боруонсаттан кутуллубут мэҥэ өйдөбүнньүгэ турара буоллар. Ол, баҕар, ойуулуур-дьүһүннүүр училище биитэр Арктикатааҕы судаарыстыба искусствоҕа уонна культураҕа институн аттыгар дуу турдун… Биһиги, Иван Васильевич сиэннэрэ, эһэбит мэҥэ өйдөбүнньүгүн Дьокуускайга туруорарга туруорсабыт уонна ону олоххо киллэрсэргэ бэлэммит!

Гаврил Андросов сэһэргэһиитэ

Чолбон. – 2024. – №5

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар