Гаврил Андросов «Yттээҕи тэтэрээтиттэн» хоhооннор

Чолбон журнал сүрүннүүр редактора Гаврил Андросов «Пути великих свершений» бырайыак Чумикааннааҕы экспедициятыгар сылдьан суруйбут хоhоонноро. Экспедиция туhунан эбии манна ааҕыахха сеп.

Үккэ yктэнии, аа5ар автор

ҮККЭ ҮКТЭНИИ

Үт сиригэр, ыт мунна баппат ыркыйыгар,

Ат сиһэ уйбат санаалары ындан,

От-мас төрдүн аайы өбүгэбин алҕаан

Өтөр-наар хамнаабатах салгыны хамсата,

Этэ-тыына, истэ-сэргэҕэлии үктэнним.

Өксөкүлээх күтүөт ыырын батан,

Үөрэҕи, билиини, сырдыгы барҕарда,

Саха сүрүн, ийэ тылбын туругурда

Лаамы кытылыгар суолбун хааллардым,

Хаайыы эркинэ хайалары дабайдым,

Оҕобун, олоҕум аргыһын ыраах

Муустаах муора хонноҕор хааллардым.

Гаврил Андросов Yт Сиригэр, 2019 сыл са5аланыыта

Үт

Үтүө айылгытыгар,

Үтүөкэн дьонугар-сэргэтигэр эрэнэ,

Үтүөрдэр эми-тому сүрэхпэр оргута

Үтүргэннээх аартыктарынан,

Үтүктүспэт дьылҕалаах биир санаалаахтарбынаан

Үүтээнтэн саҕалаан аан арыйдым.

Үс саха дойдутун биир түөлбэтигэр –

Итии байҕал эҥэрдээх,

Адаар хайа бүтэйдээх

Үт сиригэр,

Өксөкүлээх Өймөкөөнүнүү өр көрдөөн,

Ырыа ындыылаах, иэйии өйүөлээх мин кэллим…

18.01.2018 с.

Үт сирэ

* * *

Хаһыын эрэ…

Хабыр үйэ чоху көхсүнүү

Халтархай ыҥыырыттан кытаахтаһан:

Хабырыйсыы, үтүрүйсүү –

Хара саарба тириитинэн

Хаарыаннаах олоҕу толук ылыы,

Хабарҕаҕа кылыһынан тириир

Хабараан кыһалҕалартан атахха биллэрии,

Хабырына-хабырына

Хабаровтартан, Бекетовтартан

Хайыһар кэтэн күрэнии

Халбас хара быатыныы тыҥаабыт кэмигэр

Ханнык эрэ

Хардааччы мохсоҕол өбүгэм

Хараарбыт күнүн, кыараабыт көхсүн

Хайдах эмэ гынан сырдатар, кэҥэтэр

Хаҥыл ыралаах

Халыҥ хаары оймоон,

Харбаһар хайалары дабайан

Хадаар Амыр намыын кытылыгар

Хатырык отуу туттан,

Хачаайы да буоллар сэргэ туруоран

Хааллардаҕа омоох суолун…

…Ол

Оспута ырааппыт

Охсуллубут олугу бүгүн,

Обургу куорат тигиниир олоҕуттан

Ордорон,

Отордоппута мин сүрэхпэр

Олох отуора – кирбии өрүс уонна

Олоҥхолуур булчут оҕонньор – Амыр…

14.01.2018 с.

Хабаровскай куорат

КӨҤҮЛ КУОРАТ ТУҺУНАН ЭТЮД

(эгэ хоһоон)

Көҥүл дойду, көҥүл норуот

Көҥүл куоратыгар, биллэн турар,

Көҥүл дьиэлэргэ, уулуссаларга

Көҥүл эрэ дьоннор

Көҥүл көччүйэн олох олороллор,

Көҥүллэринэн-дьаалаларынан устан

Көҥүлү көҕүлүттэн туталлар.

Көҥүл дойду, көҥүл норуот

Көҥүл куоратыгар

Көҥүллэринэн үлэлиир-хамсыыр,

Көҥүллэринэн аһыыр-таҥнар,

Көҥүллэринэн таптаһар-өстөһөр

Көҥүл дьоннор

Көҥүл олохторо көҥүллэммит.

Көҥүл дойду, көҥүл норуот

Көҥүл куоратыгар,

Көҥүл сокуоннарга олоҕуран

Көҥүллэтиитэ суох

Көҥүл ааннарын арыйаллар,

Көҥүллүк тэргэннэри эһэллэр

Көҥүллэрин көҥүллэппит дьон.

Көҥүл дойду, көҥүл норуот

Көҥүл куоратыгар, биллэн турар,

Көҥүл болуоссаттарга, кафеларга

Көҥүл кыргыттар

Көҥүллэрин өрө тутан олороллор,

Көҥүллэппэккэ кэлбит уоланнарга

Көҥүллүк мичээр бэлэхтииллэр…

…Көҥүл дойду, көҥүл норуот

Көҥүл куоратын

Көҥүлэ суох ыалдьыта

Көҥүл мичээрдэри көрдөөммүн

Көҥүллэтиитэ суох тулабын көрөбүн!

18.01.2018 с.

Үт сирэ

БҮТЭҺИК ГРАЖДАНИН

Минос иирбэ-таарбатынааҕар сүүс төгүл баараҕай

Сибиир хайаларын

Таҥара, Сатана уонна президент тамты умнубут

Түҥкэтэх муннугар,

Көҥүл Арассыыйа абырахтаах, сэбиэскэй хаартатыттан

Харандааһынан сотуллубут,

Аадырыһа суох, суола ыйыллыбат, бомж кэбин кэппит

Самнархай бөһүөлэк

Суос-соҕотох иччитэ Балантыын оҕонньор

Тиһэх күннэрин

Мокоруон буһара, ыттарын аһата, сэдэх айанньыттары

Чарапчыланан көрө

Хаарга уонна тыҥааһыҥҥа көмүллүбүт үүтээнигэр

Киристиэстии кэтэһэр…

Тус баҕатынан Прометейы хатылаан санааҕа

Тобулу тоҥсуйтарбыт,

Сэксэйбит бытыгын иһигэр хас сарсыарда ахсын

Кистээн мичээрдиир,

Бороҥ халлааны, хара сиһи, үрүҥ хаары одуулаһан

Күөх харахтарыгар

Күн аайы олоххо, кырдьыкка, аҕа дойдуга

Сааскы эрэли саҕар

Уруккута булчут, былыргыта көмүсчүт оҕонньор

Кыстык угун саҕа

Эргэ үүтээнин иһигэр, кыараҕас тиэргэнигэр,

Куустарбат тайҕатыгар

Бүтүн аан дойдуга, урусхалламмыт Арассыыйаҕа

Субу манна эрэ,

Дьиҥнээх олох тааска силис тардар талахтыы

Дьэбирдик, тыйыстык, көҥүллүк үүнэрин

Саҥата суох туоһулуур…

Маяковскайдыы чыҥкыл тимир тэтимнээхтик:

«Маннык дьонтон

Ыстаал тоһоҕону уһааран таһаарар буоллар

Сир чолбону

Бүтүннүүтүн да талбыт уйуох этэ…» диэн иһэн,

Тылбын быһа ытыран,

Эмиэ эрэйдээх-буруйдаах төрөөбүт дойдум

Арассыыйа муҥнаах

Бороруок буолан кириэскэ тиириллэр соро дуу,

Жуков маршаллыы

Берлиҥҥэ маҥан атынан барааттыыр соргута дуу

Тирээн кэлэриттэн

Дьиксинэн, этим тардан, толук ахсааныттан толлон

Тоҥуу хаарга

Ыллыгы ситэри тэлбэккэ тохтоон турдум –

Хайаларга хантайдым!

…Тоҥуу хаары иэдьэгэй курдук илдьи тэпсэр

Тимир көлөлөр –

Сорсуйдаллар да күүстээх сүрдэрин сүтэрбэтэх

Сэбиэскэй «ураллар»

Сонно тибиинэн көмүллэр, тумаҥҥа ууллар

Эрийэ-буруйа суолларын

Эстибит бөһүөлэк уонна ССРС тиһэх гражданина –

Балантыын оҕонньор

Сайыһа дуу, алҕыы дуу өр туран хаалбыта,

Ытын оҕотунуун…

17.01.2018 с.

Хабаровскай кыраай,

Тугуур-Чумукаан оройуонун сирэ

* * *

Саҥа күн сардаҥаларыттан, аныгы дьон итии тыыммытыттан

Түүҥҥү түннүк кырыатыныы

Ньолҕоруйа ытаан ууллубут

Быдан сахтарга, өспүт кэмнэргэ

Киэҥ кэйээрдэри кээмэйдээн,

Улуу дуоллары усталаан,

Харах ыларынан хайалары уҥуордаан,

Халлаан сулуһунааҕар

Хас эмэ бүк элбэх мастаах аар тайҕаны анааран

Саһыл саҕаламмыт булчут уонна

Сылайбат сындааһыннаммыт маныыһыт өбүгэлэрим –

Кылыстыы сытыы кыараҕас харахтаах төрүттэрим

Көс олохторун, айанньыт айылҕаларын

Лабахай сыттаах хатырык отуулара,

Ойууннуу өрө мөхсөр көй кутаалара,

Итиинэн угуттуур хаар суорҕаннара,

«Алакыы!» хаһыытыыр дьолуолаах түгэннэрэ,

Хаары хабыалаан аччыгы албынныыр бүппэт күннэрэ

Түбүктээх түүллэрим киинэлэрэ,

Таайбат этиттэриим таабырыннара буолан

Дьүкээбиллии чаҕылыйа-суһумнуу далбаатыыллар,

Сороҕор эҕэрдэлиир, ардыгар сэмэлиир да курдуктар…

18.01.2018 с.

Тугуур-Чумукаан

БААРАҔАЙ ТИИТ

Чумукааҥҥа, тумарыкка, халыҥ хаарга,

Кураанахсыйбыт алыыга, силлиэ тыалга,

Олоҥхо чиргэл, ньыгыл сэргэтин курдук,

Суос-соҕотох, кыырыктыйбыт баараҕай тиит

Көстөөх сиртэн дурда-хахха, куйах буолан

Лаамы кытылыгар турар, хоруол курдук…

Ойо охсуллубут сүгэ олугунуу

Алаастартан, Өлүөнэттэн, Сайсарыттан

Көҥүл салгын, итии дойду көрдөөн-суоллаан,

Үтүргэннээх үйэлэр арҕастарыгар

Үт сиригэр силис тарпыт саха дьонун

Тыынын маныыр баараҕай тиит ити үүммүт.

Көнө сиһин, бигэ төрдүн, модун сүрүн

Хаар силлиэлэр, муус толоннор, буурҕа тыаллар

Булгурутар, тулхадытар алыптарыгар

Хотторботох, бэриммэтэх баараҕай тиит

Лаамы байҕал кытылыгар, таас очуоска,

Сэргэ буолан, майаак буолан турыыр-турар…

Чумукааҥҥа, тумарыкка, холорукка

Суос-соҕотох, кыырыктыйбыт баараҕай тиит

Кый ыраахтан көстөн, игиилиир сүрэхпин!

22.01.2018 с.

Чумукаан

ҮҮТЭЭҤҤЭ КӨРСҮҺҮҮ

Ыраах Үт сиригэр, кыараҕас үүтээҥҥэ

Бүтэһик булчут, тиһэх табаһыт

Кэлэр кэм урааҥхай сахаларын көрсөн

Күннээҕи кыһалҕатын кэпсиир,

Билиҥҥи олох очурдарыгар охсуллубут

Оройун имэринэр, кэтэҕин тарбанар…

Кини саха аатын абырахтаах сон оҥостон

Кыһыҥҥы чысхаантан хаххаланар,

Тоҥус тугу да биэрбэт үрдүк солотун сүгэн

Тоҥ маардары, хаардаах тайҕаны

Соҕотоҕун иччилээн бултуур, буруо таһаарар,

Эһэкээнигэр күн аайы ас кээһэр…

Сахалыы ситэ саҥарбатар даҕаны

Уу саха оҕонньорунуу сэмэйдик дьаһанан

Чаахаан иитэр, илим үтэр, уот оттор,

Сахалыы олоҥхолуур сайдам ыччат

Парижка, Шанхайга албан аатырар кэмигэр

Кини эрэ соҕотоҕун саха олоҕун салгыыр…

Ыраах Үт сиригэр, кыараҕас үүтээҥҥэ

Бүтэһик булчут, тиһэх табаһыт –

Саха тылын умнан эрэр саха оҕонньоро

Сахалыы олоҕун салгыы туруулаһан

Саарбаны сонордуур, собону илимниир,

Байанай бэлэҕин харах уутугар мэнэйдэһэр…

20.01.2018 с.

Удской

ҮТ ОСТУРУОГА

Нуучча ньургуннарын кытта биир тэҥҥэ,

Хааннартан хааннаах сүрэхтэрэ тэбэн,

Улуу дойду уһук кырыытын туруулаһан

Сүрэхтэммэтэллэр да биир өлүүгэ өлбүт,

Өлүү-тиллии биитигэр бииргэ үктэммит:

Үт сиригэр үрүҥ тыыннара быстыбыт,

Сиик буолан симэлийбит сахалар

Көмүс куйахтара, өргөстөөх батастара,

Бигэ тыллара илэ көстөргө дылы

Сиргэ тимирбит, халлааҥҥа көппүт,

Хаар саҕынньахтаах, таас дуулаҕалаах,

Киһи уҥуохтара өстөөх оноҕосторунуу

Салаҥнык адаарыччы хатаммыт

Былыргы остуруок турбут очуоһугар –

Ол сахтан ыла баар баараҕай тиит

Үрдүк мындаатын чарапчыланан көрөбүн,

Тыҥабын толору салгыны ыймахтыыбын…

20.01.2018 с.

Удской

ЛААМЫ БАЙҔАЛА

Кыһыҥҥы байҕал тоҥ долгуннарыгар

Үйэлээх чыпчылҕан уран үҥкүүтэ,

Кылыс биитин курдук кылбачыйар

Сытыы кыдьымах ойууругар

Эккирэтиһэ оонньуур мэник хаардар…

Күн аайы мунар-тэнэр санааларым

Күөрэ-лаҥкы барбыт, хас эмэ хос

Күөх байҕал мууһунуу барамматтар,

Лаамы сирилэччи үрэр силлиэтинии

Амалыйар олоҥхом хаһан да бүппэт.

Кытылга үүммүт сэдэх мастар

Кыра, хачаайы эрээри тулуурдаахтар,

Төһө да күн аайы тыал мускуйдар

Үйэ-саас хараҕар үүт ыктарбатах

Кыра омугум курдук бигэ ньыгыллар.

24.01.2018 с.

Үт сирэ

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар