Гамма

(Кэпсээн)

Кинини бэрт эдэр эрдэхпинэ көрсүбүтүм… Билигин ол көрсүһүү мин олохпор улахан суолтаны оонньообот курдук, мин өйүм-санаам эрэ будулуйбут туманын быыһыгар туох эрэ астыгы, кэрэни, остуоруйалыы оҕотук тапталы санатар. Гамма… Дьикти ааттаах кыыс мин олоҕум биир кэрчигэр бэрт интэриэһинэйдик киирэ сылдьыбыта… Ол кэмнэри тоҕо эрэ бүгүн эйиэхэ сэһэргиэх санаам киирдэ.

Эдэрбин. Хараҕым дьиҥнээхтии, киһилии аһылла илик буолан олоҕум тулата бэрт дьиибэтик, бэрт интэриэһинэйдик, сир-дойду миэхэ эрэ анаан айыллыбытыныы көстөр кэмнэрэ этэ. Оччолорго кыаҕым-сэниэм толору, энергия бөҕөтө, калейдоскоптуу олоҕум оргуйан олороро. Үөрэнэ охсорум, волейболлуу ыстанарым, библиотекаҕа кинигэ көрдөөһүнүгэр түбүгүрэрим. Ити кэннэ теннистии ойорум, доҕорбор сылдьан ырыа уста охсорум, сериаллары үрдүнэн-аннынан көрөн аһартыырым. Оннук түбүккэ сылдьан олохтон астынарым, үөрэрим…

Арай биирдэ теннистии туран, хараҕым ааһан иһэр кыыска хатана түспүтэ. Теннис остуола көрүдүөргэ турара, киһи бөҕөтө ааһара да, ала чуо ол кыыһы бэлиэтии көрбүппүттэн бэйэм да сөхпүтүм.

Кини кыра уҥуохтааҕа, хатыҥыр, сырдык эттээх-сииннээх, уһун суһуохтаах этэ. Таба муоһуттан чочуллубут тэҥэ уран, нарын бэйэлээҕэ. Дьүһүнэ-бодото, туттара-хаптара ураты чочуонайа…

Буоларын курдук чугас уолаттартан: «Кимий ити?» диэн токкоолоһон көрөбүн. «Гамма дии, былырыын үөрэнэ кэлбитэ», — дэһэллэрэ уолаттарым. Гамма…Тугунан тыынаҕын, тугу интэриэһиргиигин, тугу сөбүлүүгүн? Испэр өрүү оннук санаа ыалласпыта. Соло булларбын эрэ кинини кэтииртэн-маныыртан бокуой булбат этим. Алҕаска утары көрсө түстэхпинэ сүрэҕим өрө битийэ түһэрэ. Гамма ону сэрэйбит этэ.

Биирдэ оннук саһан кэриэтэ көрөн турдахпына илэ бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ, уонна: «Көрүүй, баһаалыста миэхэ көмөлөһүөҥ дуо?» — диэн туох эрэ таһаҕаһын уопсайыгар диэри иттэрбитэ. Ол баран иһэн дьэ билсибиппит. Арахсарбытыгар кини: «Дьэ бэрт, мантан инньэ билсэр буолуохпут, туох эмит наада буоллаҕына эн да миэхэ биллээр, көмөлөһүөм…» — диэн симиктик эппитэ.

Ол кэнниттэн сүрэҕим күөрчэх курдук өрө ытыллыбыта. Күн аайы, күҥҥэ хаста даҕаны Гамманы эрэ көрсөр, Гамманы эрэ кытта кэпсэтэр күүстээх баҕа санааҕа куустарбытым. Бу санаатахха, наһаа да күүскэ таптаабыт эбиппин.

Доҕордоспуппут. Мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар, олоҕу ыраас өттүттэн эрэ көрөр сырдык санаалаах кыыһы наһаа да сөбүлээбитим. Кини аттыгар сырыттахха тулалыыр эйгэм мэктиэтигэр сырдыыра, кустук араас өҥүнэн оонньуура. Араас өҥ уонна тыас гамматынан… Күн аайы мин киниэхэ тиийэрим. Иккиэн үөрэ-көтө үөрэххэ ыстанарбыт. Биһиги сыһыаммытын доҕотторбут да бэлиэтии көрөллөрө. Ол эрээри тапталбар өссө да билинэ илигим. Ол түгэни долгуйа күүтэрим.

Үҥкүү киэһэтэ, бытаан музыка. Эр санаабын киллэринэн Гамманы тиийэн ыҥырдым. Кыыс санныбар төбөтүн хоҥкутан намыын матыып долгунугар олорсон, оргууй «устан» барбыппыт. Ол түгэҥҥэ мин: «Эйигин ууруохпун баҕарабын», — диэн кулгааҕар сипсийбитим. Гамма мичээрдээн эрэ кэбиспитэ… Биһиги дьоллоох этибит.

Кэлин, биһигини биир киһи курдук көрөр буолбуттара. Ханна Гамма, онно мин. Эбэтэр миэхэ аадырыстаатахтарына, Гамма онно эмиэ сыһыаннааҕа.

Биһиги дьолбутугар ымсыыраллара. Ордук санааччы да баара. Ол — доҕорум Андрей. Кини ымсыырарын мин мэлдьи бэлиэтии көрөрүм. «Эһиги олус да дьоллооххут!» — диэбит түгэнэ эмиэ баара. Мин онно сэрэхэдийиэхтээх, сэрэниэхтээх этим. Ону суох… Доҕотторбутун кытта өрүү суулаһан сылдьарбыт. Киинэҕэ буоллун, айылҕаҕа шашлыктыы тахсыы буоллун… Мин Гамманы сыыйа доҕотторбут быыстарыгар сүтэрэн эрэрбин сэрэйбитим. Уураһыы-сыллаһыы аҕыйаабыта. Гамма миигиттэн сыыйа тэйэн эрэр курдуга. Туох буолбутун ыйыта сатыырым, Гамма буруйдаммыттыы харахтарын куоттара көрөрө. Ылыннарар эппиэти да биэрбэт этэ. Төрүөтүн бэйэбиттэн көрдүү сатыырым, баҕар олус күнүүлүүрбүттэн буолуо дуо диэн бэйэбин буруйдуурум.

Спартакиада этэ дуу, олимпиада этэ дуу, биһиги икки аҥы арахсар кэммит тигинээн кэлбитэ. Ый аҥаарын кэриҥэ күрэхтэһии түбүгэр сылдьыбыппыт. Гамма араас төрүөтүнэн куота көтө сатыыра. Ким кинини ииртэ, өйүн-сүрэҕин сүүйдэ диэн санааҕа ылларбытым. Санаабар, дьоллоохтор очуостарыгар үөһэ турар киһини, ким эрэ кэннибиттэн кэлэн түҥнэри аспытыныы сүр үрдүктэн куҥ сиргэ илдьи түспүт курдугум. Тулалыыр эйгэм боруорбута, хас биирдии күлүккэ куһаҕан санаалар элэҥнэспиттэрэ. Мин биир киэһэ Гамманы көрсөрдүү хоһугар киирбитим.

Кини түннүк диэки хайыһан миэхэ көхсүнэн олороро.

— Иһит, — диэбитэ уонна миэхэ утары хааман кэлэн, уолуктуур кэриэтэ туппута. — Доҕор быһыытынан наһаа үчүгэй киһигин, быраат да курдук чугас киһигин. Ол эрээри, ол эрээри өйдөөрүүй, мин эйигин тапт… сөбүлээбэт эбиппин… Атыны сөбүлүү көрдүм… — диэбитэ тымныытык.

Иэдэһин таһыйар санаа баара эрээри… Түргэнник оргуйар итии хаана суох саха таах туран хаалбытым. Нэһиилэ: «Кимий?» — эрэ диэн ыҥыраммытым. «Чэ ол бэйэм дьыалам. Билэ сатаама…» — диэбитэ, хата бэйэбин сирэйгэ таһыйардыы.

Мин туран хаалбытым. «Бүттэхпит ити…». Ити киэһэ хоспор либиир сыппытым. Арыгы үрдүгэр түһүөх санаа да кииртэлээбитэ. Тапталбын былдьаппыт абабар, ол киһини кэһэтиэхтии сутурукпун сууралаабытым. Уопсайга олорооччулар миигин бокуонньук хаама сылдьарын курдук саныыллара, сорохторо «тыыннаах хаалара дуу, тулуһара дуу…» диэбиттии аһыммыт харахтарынан уоран көрөллөрө. Оттон мин син биир Гамманы эрэ көрүөхпүн баҕарарым. Миигин аралдьытаары доҕотторум киинэҕэ, онно-манна күүлэйгэ ыҥыраллара. Биирдэ мин дьолбун уорбут Андрей: «Гамматтан кэллим, барыах, пивката иһиэх…» — диэбитигэр тоҕо эрэ тута сөбүлэспитим. Андрей барнай стойкаҕа туран: «Биһиги уопсай доҕордууларбыт дии. Ол иһин да буолуо, иккиэн биир кыыһы сөбүлүү көрдөхпүт. Эн сытыы-хотуу буолаҥҥын, миигиттэн быһа түһэн кинилиин билсэ охсубутуҥ, чугаһыспыккыт, сылдьыбыккыт. Миэхэ ол кэм олус ыарахан этэ. Эһигини тулуйан көрбөккө эрэйдэнэрим. Ыар санаабын өр тута сылдьар кыаҕым суох буолан, Гаммаҕа тапталга билинии суругун ыыппытым. Онуоха Гамма: «Тапталым кимин быһаара иликпин», — диэн эрэмньи санааны үөскэппитэ.

Мин көрүүбэр эн Гамманы бас билииҥ тэҥэ сыһыаннаһарыҥ. Аттыгар кими да чугаһаппатыҥ, кини онтон эрэйдэнэрэ. Мин харахпар оннук көстөрө. Гамманы былдьаан ыларга соруммутум…»

Сиргэ тимирдэн баран, аны тиийэн кэлэн сыппах быһаҕынан сүрэхпин тиниктиирин тулуйумуна, сутуругум өрө көтөҕүллэн тахсыбыта. Андрейы хам баттыы сытан лигийбитим. Ол кэннэ «Дьоллоох буол!» эрэ диэбитим. Тыл уонна тахсыбатаҕа. Санаабар, бырастыы гыммытым. Бэйэм эрэ умнуохпун наада этэ. Умуннум да быһыылааҕа…

Сыл-хонук ааһан испитэ. Андрейдаах Гамма олохторун истэрим. Сатамматахтара, сатаспакка арахсыбыттарын, оҕоломмуттарын билэрим. Мин ону туора дьон сонунун курдук истэн кэбиспитим эрээри, тоҕо эрэ итинтэн ис-испиттэн үөрбүт курдугум. «Арахсыбыттара ордук. Хайа- хайалара миигин таҥнарбыттара», — диэн өспүн өһүлэ илигим.

Дьэ биирдэ үлэбинэн куоракка командировкалаабыттара. Кэргэнэ суох киһини өрүү миигин ыытара. Атыттар дьиэттэн-уоттан, хаһаайыстыбаттан тутуллар курдуктара. Төһө да куоракка дьоннордооҕум иһин, соҕотох олорорго үөрэммит киһи олус мэһэйдэтэр буоламмын гостиницаларга түһээччибин.

Дьыала быһаарсыахтаах сирим таһыгар гостиница аһыллыбытын истэн онно тиийбитим. Көрүдүөргэ биир кыыс наушникка ырыа истэ-истэ муоста сото сылдьара. Ааһан иһэн ойоҕоһуттан көрбүтүм, арай Гаммаҕа майгынныыра. Чугаһаан кэлэ чаһыны ыйыппытым. Арай иннибэр мөссүөнэ төрүт уларыйбатах Гамма чоҕулуйан турара. Эдэр сааһым саһа сылдьыбыт иэйиилэрэ эмиэ төлө көтөн тахсыбыттара.

  • Дорообуо! Хас сыл, хас үйэ! Көрсүбэтэхпит ырааппытыын, — Гамма саҥа аллайа түспүтэ.
  • О! Гамма… Хайа… — соһуйан хаалан тылбыттан маппытым.
  • Дьэ бу, Гаммабын. Биллиҥ дии, хата. Эйигин киһини билбэт улахан тойон буолбут диэбиттэрэ. Дьэ кэпсээ, үлэ-хамнас, сонун-нуомас…- диэбитэ Гамма.
  • Онтон… Барыта кэминэн… Кэпсээтэххэ бүгүн-сарсын бүппэт буоллаҕа кэпсээним…

Ээ, бээ даҕаны, бассаап баар диэбиттэрэ ээ, төлөппүөннээҕиҥ буолаарай? Нүөмэргин хаалларыый, ханна да сырыттаргын сибээстэһиэхпит буоллаҕа, — диэбитэ Гамма харса суохтук. Ити кэннэ халаатын сиэбиттэн харандаас таһааран нүөмэрбин суруна охсубута.

Киэһэтин үлэ дьыалата, түбүгэ эрдэ бүтэн, сытан эрэ Гамманы санаабытым. «Дьэ, мантан инньэ билсэр буолуохпут…» диэбитин өйдөөн: «Ханна эмэ, биир эмэ кафеҕа көрсөбүт дуо?» — диэн төлөпүөннээбитим. «Ээ бэрт! Үөрүүнү кытта», — Гамма чуопчаара түспүтэ. Тахсарбар: «Суох! Уруккуну тугу да хостообоппут!» — диэн дууһабар бирикээс биэрбитим.

Гамма утары олорунан элбэҕии элбэҕи кэпсээбитэ. Кини үөрэҕин бырахпыт, олоҕо сатамматах дьахтар эрээри букатын итэҕэстийэ туттубата сөхтөрбүтэ. Кимнээҕэр олоҕунан астынар көрүҥнээҕэ.

Кэпсиирим тухары Гамма ууллубут нарын харахтара миигин таптыырдыы көрөр курдуктара. Аахайбат буола сатыырым да, магниттыы тардан ыла тураллара. «Уруккуҥ курдуккун. Сол да бэйэҕиттэн үрдүгү ойор эрэлгин ыһыкта иликкин, сыал-сорук бөҕөтө…» — диэбитэ Гамма.

Бириэмэ да ыраатан барбыта, остуол да аһылыга бүппүтэ, туохтан эрэ ыксаабыт санаабар кэпсэтиибитин түмүктээн кэбиспиппит. «Ситэри сэлэспэтибит дии… Чэ хаһан эмэ…» — диэбитэ кини арахсар чаас кэлбититтэн хомойбуттуу.

Куоракка сүгүн сылдьыам дуо, үс сүүс тыһыынча киһи бу куоракка батан олорор дииллэр даҕаны, биир эрэ киһи бу куоракка баар курдуга, ханна да сырыттарбын, кинилиин чэйдээбит кафем аана угуйара, сүрэҕим аттыгар сылдьар төлөппүөнүм күөттэнэрэ. Куоракка бүтэһик күммэр, аны бириэмэ төһө да ыгымын иһин, бэ- йэм ис санаабыттан Гамманы көрүөхпүн, кини саҥатын истиэхпин баҕарбытым. Эмиэ урукку кафебытыгар, урукку остуолбутугар олорбуппут. Кэпсэтиибит сүнньэ Андрейтан саҕаламмыта…

  • Оо, олохпун төнүннэрэрим буоллар! Бу курдук тойон кэргэнэ буолан олоруох эбиппин! — диэбитэ Гамма күлэ-күлэ.
  • Ол эрээри син биир Андрейга барыаҥ эбитэ буолуо.
  • Тоҕо? Мин иккиэҥҥитин сөбүлүүр этим. Эн куттаан, кыыһыран, күнүүлээн тахсарыҥ дии…
  • Эс! Чэ билбэтиим, — тапталым күүһүгэр баҕар, чахчы, тугу да бэлиэтии көрбөтөҕүм буолуо.
  • Куттанар этим эйигиттэн. Элбэҕи эрэннэрэр, сүүрүүлээх-көтүүлээх киһи кэннигэр күлүк буолан хаалыам диэн…
  • Эппит тылларын ис номоҕун өйбөр сыымайдыы, бэрийэ олорбутум. Төттөрүтүн, күлүк буолан мин хаалан хаалбытым буолбатах дуо? Туох баар инники эрэлбин быһа сотон, баҕа санааларбын киэр кыйдаан, үөрэхпин эрэ бүтэрэ охсубут киһи диэн санааҕа сылдьыбытым. Бүтэрээт да, дойдубар төннүбэттии үлэлии күрэммитим. Билигин даҕаны сиргэ таптал диэн баарын умнан, олох сыалын үлэҕэ эрэ көрөн олордоҕум бу дии, — диэбитим. Ити кэннэ киниэхэ эрэли үөскэтимээри салгыы, — Гамма, былыргыны былыт саппыта. Эн миигин аһыммыттыы көрүмэ. Мин барытын уйбутум, тулуйбутум. Киһи эрэлин тэпсии төһө ыарыылааҕын билбитим.
  • Мин да чэпчэки олоҕу олорботоҕум. Эрэйи билбитим. Андрей арыгы истэҕин аайы эйиэхэ күнүүлээн кырбыыра, — Гамма хараҕа кытаран, уунан туолбута.

— Арахсыбыккыт да сөп эбит… Бырастыы гын, өр сылларга илдьэ сылдьыбыт ыар санаабын эттим, эйиэхэ кыыһырбаппын, толору дьоллоохпун диэбитиҥ дии, салгыы дьоллоохтук олоруоххун баҕарабын! — Эдэр сааспар тапталбын сиргэ-буорга тэпсибит Гамматтан тугу эрэ ситиһиэхтии сүгэ-балта тыллары төлө ыһыктыбытым.

  • Дьоллонуоххун баҕарар буоллаххына билсэ туруох ээ…
  • Суох,Гамма,билсимэ,нүөмэрбин соттор. Оспут бааһы хаҕылаама, — диэбитим тымныытык.

Гостиницабар төннүбүтүм. Гамматтан иэстэстим дии санаабытым эрээри, мин онтон чэпчээбэтэҕим. Төттөрүтүн өссө ытыах курдук туруктаммытым. Чэ, ити бүгүн эрэ. Сүрэх уоскуйуо, кэм-дьыл оһордуо. Гамма да миигин умнар ини.

Гамма — эдэр сааһым нарын, истиҥ таптала, таба муоһунан оҥоһуллубут статуэтка, остуоруйа фарфоровай куукулатын тэҥэ сүрэхпэр-дууһабар ханан эрэ анал миэстэ булан туруоҥ буоллаҕа…

Анатолий Кириллин-Толикус

«Чолбон». — 2019. — атырдьах ыйа

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар