Зоя Ивановна Ксенофонтованы (1928) Дьокуускайдааҕы педрабфагы бүтэрэн баран, Тиит-Арыы оскуолатыгар икки сыл учууталынан үлэлээбитин кэннэ, 1948-49 сс. үөрэх дьылыгар, ыйдааҕы хамнаһын оннунан хаалларан туран, Дьокуускайдааҕы пединститукка, нуучча тылын биир сыллаах кууруһугар кэтэхтэн үөрэттэрэ ыыппыттар.
Пединститукка кинини кытары, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Чурапчы оройуонун методкабинетын сэбиэдиссэйэ, биллиилээх суруйааччы, тылбаасчыт Г.И. Макаров-Дьуон Дьаҥылы уонна эдэр суруйааччы Афанасий Федоров үөрэммиттэрэ.
Оччолорго кинилэри көннөрү Дьуон, Афончик диэн ыҥыраллара. Ити үөрэнэр кэмигэр Дьуон Дьаҥылы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэриллибит куонкуруска суруйбут «Сылгыһыт» хоһооно бастакы миэстэни ылбыта. Онтон Афанасий Федоров тыа сирин сэрии кэннинээҕи олоҕун көрдөрөр «Иннибит диэки» пьесатын театрга ситиһиилээхтик туруорбуттара. Кинилэри кытары Иннокентий Михайлович Тобохов, Николай Михайлович Гоголев, Ирина Винокурова-Пестерева, Аммосова (Лепчикова — Филипп Лепчиков атыыһыт кыыһа) эмиэ үөрэммиттэрэ. Зоя Ивановна барыларыттан эдэрдэрэ этэ. Биир сыл үөрэнэн, экзаменнарын туттартаабыттарын кэннэ, ситэтэ суох үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэрин туоһулуур диплом ылбыттара.
Зоя Ивановна пединститукка үөрэнэ сылдьан Дьуон Дьаҥылыны аан маҥнай көрсүбүт. Отут түөртээх Дьуон (поэты итинник ааттыыллара) сүүрбэ саастаах кыыска, фронтан кэлбит киһи, аҕам саастаах курдук көстөрө.
Үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр, 1949 сыллаахха, Дьуон киниэхэ: «Фелице моей жизни, Ксенофонтовой Зое Ивановне. Хойут, кырдьан олороҥҥун, маннык киһи миигин таптаабыттаах диэҥҥин, ахтан-санаан ааһаар», — диэн автографтаан, хоһооннордоох тэтэрээтин бэлэхтээбитэ. (Фелице — римнэр мифологияларыттан киирбит тыл, ситиһиигэ уонна дьолго өрө көтөҕөр таҥара. Латыыныскайдыы «дьол» — фелицитас. Авт.) Кыыһырбаппын ааттаспаппын,
Кытаанах да киһигин.
Оо, мин хайдах таптаабыппын Билэ илик сүрэҕиҥ.
Олоҕо маҥан куоптанан Бэл түүн сырдыыр, киһини,
Үөрэн-көтөн туллуктанан,
Өйдөөбөтүҥ сүрүн нии.
Ис санааҕын биллэрбэккин,
Эрэйдэнним, доҕорум,
Эн сэрэхтээх да эбиккин,
Баҕар, табан олоруоҥ.
1948 с.
Тэтэрээккэ поэт эдэр кыыска анаабыт хас да хоһоонноро баара. Ол хоһооннор Дьуон Дьаҥылы кинигэлэригэр киирбиттэрин, билигин 90 саастаах Зоя Ивановна үчүгэйдик билэр уонна өйдүү сылдьар эбит.
Поэт эрдэ А.И. Сивцеваҕа анаабыт «Анабыла», «Уйбаанчык» (1945) — хоһоонунан романын
киириитэ буолбута. Онно оскуолаҕа бииргэ үөрэммит, эдэр сааһын доҕор кыыһын аатын аббревиатуратын суруйбута, поэт айымнньыларын чинчийээччилэргэ киэҥник биллэр (Сэмэн Тумат. Дьуон Дьаҥылы. «Бичик». 2013).
Дьуон Дьаҥылы таптаабыт кыргыттарыгар тус бэйэтин ураты истиҥ сыһыанын уонна тапталын, хоһооннорунан, анабылынан билиниитэ, кини киһи уонна поэт быһыытынан аһаҕаһын, сайаҕаһын, умсулҕаннааҕын арылхайдык кэрэһэлиир.
Уоттаах сэрииттэн ыараханнык бааһыран, тыыннаах ордон эргиллибит үөрүүтэ, Александр Пушкин «Евгений Онегин» хоһоонунан романын кынаттаах тылларыгар, иккиһин төрөөбүт поэт ол долгунугар куустара сылдьара хараххар субу көстөр. Кини таптаабыт кыргыттара оччотооҕу саха эдэр ыччатын ортотугар, иккиэн даҕаны талба кэрэ көстүүлээхтэринэн, үөрэхтэригэр эмиэ туйгуннарынан, бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллара. Поэт Дьуон Дьаҥылы истиҥ уйаҕас санаатын аһаҕастык билиммит, иэйиилээх тылларын анаабыт прототиптара кимнээх буолалларын аныгы ааҕааччыларга, тиэрдэрбит хайаан да наада.
Ити икки ааттан Анастасия Иннокентьевна Сивцева туһунан суруллубута, кини кэрэ мөссүөнэ хаартыскатынан, хартыынанан көрдөрүллэн эрдэ кэпсэммитэ. Аҕааччыларга кини саха бастакы художнига Иннокентий Сивцев-Мытыйыкы кыыһа, саха композитора Захар Винокуров кэргэнэ буоларын биллэриэхтээхпит. Оттон Зоя Ивановна Ксенофонтова ким буоларын билээччи эмиэ аҕыйаҕа суох буолуохтаах. Кини Сэбиэскэй кэмҥэ өр сылларга «норуот өстөөхтөрүттэн» аты- нынан ааттамматах Арҕаа Хаҥалас кулубата Василий Никифорович Ксенофонтов төрдүс уолун Иван Васильевич төрөппүт кыыһа. Зоя Ивановна төрөөбүт абаҕалара: Гаврил Васильевич, Павел Васильевич, Константин Васильевич, убайдара Аркадий Васильевич, Илья Васильевич бары репрессияламмыттара, Гаврил уонна Павел ытыллыбыттара, Константин Америкаҕа куотан эмиграцияҕа олорон өлбүтэ. Аркадий Васильевич Магадан уобалаһыгар ГУЛАГ хаайыытыгар, Илья Дьокуускайга педтехникумҥа үөрэнэ сылдьан, чекистэр илиилэриттэн өлбүттэрэ. Аҕата Иван Васильевич уон сылга Беломор канал сыылкатыгар сылдьан эргиллибитэ. Үөрэҕэр эргиччи үчүгэй, сырдык ыраас хааннаах, арылыччы көрбүт, эрэдэһиннээх киэҥ кэрэ харахтаах, уһун суһуохтаах, чаҕылхай өйдөөх уонна чобуо кыыс, төһө да эдэр буоллар, поэт тапталын билинэн «муҥнаммыт» хоһоонноругар, улахан киһилии тоҥуйдук туттубут. Поэт ол туһунан маннык тыллары суруйар:
Аһыммаккын, таптаабаккын,
Кытаанах да киһигин.
Оо, мин хайдах таптаабыппын Билбэт эбит сүрэҕиҥ.
Тоҕо, туохтан эн куттанан,
Туора хаамтыҥ, «ай-лу-лии».
Үөрэн-көтөн туллуктанан
Өйдөөбөтүҥ сүрүн ньии.
Миигин кытта билсибиккин
Кэмсинимэ, доҕоруом.
Эн сэрэхтээх, да эбиккин,
Баҕар, таба олоруоҥ.
Өһүргэппит буоллахпына,
Өйдөт, миигин, — мин көнүөм.
Биирдэ таптыыр хараххынан Көрөн үөрдүөҥ дуо, күнүөм…
(«Аһыммаккын, таптаабаккын»)
Норуот «өстөөхтөрүн сиэннэрэ, балтылара», эдэркээн Зоя кыыс, поэкка тоҕо «кытаанах киһи» буола сатыыра, тоҕо туохтан «куттанара», «сэрэнэрэ», «туора хаама сылдьара» өйдөнөр. Кини норуот өстөөҕүн кыыһа буолара ону этэр. Дьуон Дьаҥалы, кыыс кытаанах дьылҕалааҕын билбэккэ, өйдөөбөккө эрэйдэнэрэ, кыыс аһара «сэрэхтээҕин», «кэмсинэрин» курдук көрдөрөр. Хоһоонун «Баҕар табан олоруоҥ» диэн хаҕыстык түмүктүүр. Ол үрдүнэн поэт таптала олус ыраас, истиҥ, «өһүргэппит буоллахпына, өйдөт, миигин, — мин көнүөм» диэн бырастыы гынарыгар көрдөһөр.
Атын хоһоонугар поэт бу табыллыбатах тапталын туһунан салгыы маннык суруйбут:
Миигин кыратык, бэрт кыратык
Билинэр киһи эбиккин.
Холоон көрөҥҥүн эн муодатык
Хоргутуннарбыт эбиккин.
Ити да иһин мин ситиһиим
Эйигин үөрдэр эбит дии.
Эн ураты этэр киһилиин
Этиһэ сыһар этим дии.
Чэ, тупсуох, истиҥ көрүүгүн
Көрүүй дууһабын курдаттыы.
Хайдахтаах сырдык төлөнүнэн
Бу киһи эйигин таптыыр.
Эйигин кытта күн анныгар
Маннык дьоллоохтук олоруум.
Көҥүллээ, доҕоруом, санныгар
Мин илиибин биирдэ ууруум.
Кистээбэппин: мин
Эйигин
Килбигийэ таптыыбын.
Бэйэм, арыт, бэркиһиибин
Мин туох иһин таптыыбын.
Эн таптыырыҥ буоллар, баҕар,
Бачча таптыа суох этим.
Арай таптаа — ол сыламар
Убайан өлүөх этим.
Эн таптаама, мин таптааммын,
Доҕор туттуум, ытыктыым.
Күүрдэр тапталы ыллааммын,
Күнүс үөрүүм, түүн ытыым.
* * *
Тугу кэпсиэй хаалтыс, көстүүм,
Дууһам сырдыгын биллиҥ эн.
Биирдэ эмэ түүлгэр көстүүм
Сүрдээх үчүгэй киһинэн.
Зояттан уон түөрт сыл аҕа, сэрии иннинэ оскуолаҕа учууталлаабыт, Аҕа дойду Улуу сэриититтэн сыккырыыр тыына эрэ ордон эргиллибит фронтовик саллаат, кэргэннээх, оҕолоох киһи, бэйэтэ эмиэ сонньуйар:
Кистээбэппин: мин эйигин
Килбигийэ таптыыбын.
Бэйэм, арыт, бэркиһиибин
Мин туох иһин таптыыбын.
— диэн билинэр уонна поэты тапталга, айар үлэтигэр өрө күүрдүбүтүн иһин махтанар. Киниэхэ: «Эн таптаама, мин таптааммын, доҕор туттуум, ытыктыым», — диэн түмүктүүр. Итинник күүстээх, романтическай таптал уота-күүһэ поэт айар үлэтин кынаттаабытыгар, ситиһиилээбитигэр уонна дьоллообутугар ханнык да саарбахтааһын суох.
Ити кэмҥэ Дьуон Дьаҥылы Пушкин аатырбыт «Евгений Онегин» хоһоонунан романын тылбаастыы сылдьара. Педкурсаннарга арыт ол айымньытыттан ааҕара. Сотору-сотору бииргэ үөрэнэр уонна суруйааччы доҕотторуттан: «Бу тыл хайда- ҕый? Сөпкө тылбаастаммыт, өйдөнөр дуо?» — ыйыталаһар буолара.
Зоя Ивановна үөрэҕин бүтэрэн баран, эдьиийигэр Евдокия Васильевнаҕа Хачыкаакка тахсан олорон учууталлыыр. Эдьиийэ кэргэнинээн Архип Павлович Протодьяконовтыын иккиэйэҕин олороллоро. Оҕолоро суоҕа. Архип Павлович убайын оҕотун Пана Катаевы (Павелы) ылан иитэллэрэ. Дьэбдьиэй иистэнньэҥ буолан ыалларга наймыга таҥастарын-саптарын тигэрэ. Инньэ гынан кыралаан да буоллар тастан ас-харчы киллэрэрэ. Күтүөтэ Архип Павлович — оскуола дириэктэрэ, хомуньуус, уруккута кыһыл этэрээтин политруга сүрдээх хорчоххой, эппитин энчирэппэтэх киһи этэ. Кэргэнин сиэнин Зояны кэтии-маныы, талбытынан мөҕө-этэ сылдьара. Евдокия Васильевналыын сотору-сотору хаҕыс тылларынан бырахсаллара. Дьэбдьиэй утуйар хоһун оронун үрдүнэн аҕалаах ийэтэ дьиэ кэргэнинэн бүттүүн түспүт хаартыскаларын ыйаан туруорара. Оччотооҕуга Гаврил, Павел, Константин, Аркадий уонна кини аҕата норуот өстөөхтөрүнэн ааттаналлара. Архип ол хаартыскалары ылыталыырыгар, дьоҥҥо көрдөрбөтүгэр көрдөһөрүн эдьиийэ дуостал буолуммат буолара.
- Кинилэр биһиэхэ туох да айыылара-харалара суох дьон. Эйиэхэ даҕаны мэһэйдээбэттэрэ буо- луо! — сырыы ахсын кыккыраччы аккаастыыра. Айдаан онтон тахсара. Аны туран күтүөтэ Зояны биир сулумах учуутал киһиэхэ кэргэн таҕыс диэн сыыт- таан барбыта. Зоя онуоха туох иһин буолумматаҕа.
- Сирэ-тала сылдьаҥҥын сиргидэххэ, кэргэннээх-оҕолоох киһиэхэ ойон тахсаайаҕын, — диэн сирэй-харах анньар буолбута. Күтүөтэ Зояҕа Дьуон Дьаҥылы бэлэхтээбит тэтэрээтин кистээн уура сыл- дьарын киһи суоҕар булан аахпыт быһыылааҕа.
Зоя Ивановна:
- Мин күтүөппүттэн куоттараммын, Дьуон хоһооннордоох тэтэрээтин, эрэнэр дьахтарбар Адар- ба Маарыйаҕа уурдара биэрбитим. Кэлин ылбатаҕым. Хойут дьахтар өлбүт сураҕын эрэ истибитим. Кыыһа баар сурахтааҕа. Билигин кэлэн, тэтэрээт ханнатын билбэппин, — диир.
Зоя Ивановна биирдэ эдьиийигэр:
- Манна сатаан үлэлиэ да, олоруо да суохпун, — диэн үҥсэргээбитигэр, эдьиийэ Дьэбдьиэй сө- бүлэспитэ. Итинник Хачыкаакка биир эрэ сыл үлэлээн баран 1950 сыллаахха Булгунньахтаахха учууталлыы тахсыбыта.
Сотору Архип Павлович кэргэнигэр:
- Ииппит кыыскын ыыттыҥ, аны бэйэҥ тахсаҥҥын иитилин, — диир.
Эдьиийэ кэргэниттэн арахсан, иистэнэр массыынатын туппутунан уонна биир торбостоох кырдьаҕас ынаҕын сиэппитинэн, Булгунньахтаахха, сиэнигэр көһөн кэлбитэ. Кэлин билбитэ ол ынаҕы эһэтэ тыыннааҕар Зояҕа анаан хаалларбыт эбит. Зоя Ивановнаны Булгунньахтаахха сэттэ кылаастаах оскуолатын завуһунан анаабыттара.
Оройуоннааҕы райком сэкирэтээрэ Н.Е. Едисеев, обком иккис сэкирэтээрэ Лямин быыбарга депутакка кандидатынан турбутугар, Булгунньахтаахха таһаарбыта. Ол сылдьаннар оскуолаҕа, биһиэхэ, тохтоон чэйдээбиттэрэ.
- Бу кимнээх хаартыскаларай? — Лямин ыйыппыта.
Евдокия Васильевна:
- Это мои родные. Никто не может за это меня осуждать или запретить. Вот уголок Зои Ивановны. Я ее фотографии и бумаги не трогаю, потому что все это ее вещи и она сама хозяйка этого уголка, — диэбитэ.
Все правильно… — мааны таҥастаах баай, үөрэхтээх ыал, дьиэ кэргэнинэн түспүт хаартыс- каларын көрөн туран, тойон сөбүлэспитэ.
Евдокия Васильевна эдэр эрдэҕиттэн санаабытын тута этэр, ол хоту олорор, кимтэн даҕаны тутулуга суох сылдьар, татыарыйбыт саҥалаах, бэйэтэ туспа дьаһаллаах дьахтар этэ.
Зоя Ивановна үлэтигэр хайҕанар учуутал, завуч, райкомол пленумун чилиэнэ, сотору-сотору оро- йуон киинигэр мунньахтарга баран кэлэрэ. Ол сырыттаҕына биирдэ «Кыым» хаһыат корреспондена В. Христофоров куораттан тахсан, оройуоннааҕы норуот үөрэҕэриитин салаатын сэбиэдиссэйигэр П.С. Скрябиҥҥа киирэн, үчүгэй үлэлээх оскуола үлэтин сырдата тахсыбытын кэпсээбитигэр Булгунньахтаах оскуолатыгар ыыппыта. Ол күн кини Зоя Ивановнаны көрсүспэккэ хардарыта ааһыспыттар этэ. Кэрэспэдьиэн Булгунньахтаахха оскуола учууталыгар С.И. Герасимов хоммута.
Сарсыныгар корреспондент оскуола завуһугар киирэн оскуола үлэтин, үөрэҕин, инникитин туох былааннар туралларын түөрэ барытын ыйыталаспыт. Ол кэнниттэн бииргэ үлэлиир кэлэктиибэ хайдаҕын туһунан кэпсэтэн барбыт.
Зоя Ивановна үчүгэйтэн атыны тугу да кэпсээбэтэх. Онуоха кэрэспэдьиэн, бүтэн тахсаары туран:
- Атыттары олус эрэнимэ, олор истэригэр араас дьоннор бааллар. Миэхэ эн дьиэҕэр Ленин, Ста- лин мэтириэттэрэ суоҕун, ол оннугар норуот өстөөхтөрүн уонна бандьыыт хаартыскалара баалларын үҥсэллэр… — диэн сэрэппит.
Зоя Ивановна, 1952 сыллаахха оройуоҥҥа үөрэҕин саҥа бүтэрэн үлэлии кэлбит Василий Иванович Пухов диэн судьуйа уолга кэргэн тахсыбыта. Холбоһуохтарын иннинэ киниэхэ:
- Миигин хаһан даҕаны норуот өстөөхтөрүн сиэннэрэ, кыыстара диэҥҥин хомуруйбат, биирдэ атаҕастыам суоҕа диэҥҥин мэктиэлиир буоллаххына, кэргэн тахсыам, — диэбитэ.
Онуоха кини:
- Хаһан даҕаны атаҕастыам, сирэй-харах анньыам суоҕа… Өскөтүн бэйэбин үлэбиттэн уһул- лахтарына, учууталлаан даҕаны айахпын булуоҕум, — диэн бигэ тылын биэрбитэ.
Зоя Ивановна кэргэн тахсыбыт сураҕын истэн Дьуон Дьаҥылы Москваттан эҕэрдэлээн телеграмма ыыппыта.
Ити кэнниттэн эдэр судьуйаны Чурапчыга үлэҕэ аныыллар. Зоя Ивановна саҥа сиргэ көһөн
кэлэн Чурапчы орто оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан ананар, кылаас салайааччыта буолар. Дириэктэрэ Гаврил Дмитрьевич Ефимов, завучтара Семен Ильич Жирков уонна Виктор Николаевич Алехин этилэр.
Дьуон Дьаҥылы Москваҕа А.М. Горькай аатынан литературнай институкка үөрэнэ сылдьара. Кини кыыһа Зоя Ивановна салайар кылааһыгар үөрэнэрэ. Дьуон үөрэҕин бүтэрэн 1955 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлэр уонна бу оскуолаҕа саха тылын учууталынан үлэлиир.
Ол сыл Дмитрий Петрович Коркин эмиэ Ленинград куораттан үөрэҕин бүтэрэн кэлбитэ уонна ити оскуолаҕа биир сыл үлэлээн баран педучилищеҕа көспүтэ.
Зоя Ивановна кэргэнэ сэлликтээҕэ көбөн, тыҥатыгар салгын киллэрээрилэр сыыһа иннэлээннэр өлө сыспыта. Кинини быраастар бэрт түргэнник самолетунан Дьокуускайга ыыппыттара. Зоя Ивановна соҕотоҕун, эбиитигэр ыарахан хаалбыта. Оскуола дириэктэрэ уонна кэлэктиибэ киниэхэ улаханнык көмөлөспүттэрэ. Оттук маһа бүппүтүгэр тыаттан оттук мас тиэйэн киллэрбиттэрэ, күөлтэн иһэр мууһун таһаарбыттара.
Биирдэ оскуолаҕа улахан моргуордаах педсовет буолбута. Макаров диэн уолу дьүүллээбиттэрэ. Зоя Ивановнаны мунньах сэкирэтээринэн талбыттара.
Мунньахтыы олордохторуна Дьуон туран ыйытыы, туоһулаһыы бөҕөтө буолар:
- Хайаларын уолай? Туохха дьүүллүүгүт? Тоҕо?
Онуоха Зоя Ивановна:
- Макаровтар манна элбэхтэр. Баҕар аймаҕыҥ даҕаны буолуоҕа, — диэбитэ.
Онуоха Дьуон:
«Чурапчы аҥаара
Барыта биир паара.
Акаары, аллака,
Макаров аймаҕа.
Арай ол иһигэр
Зоя диэн ааттаах суох…
Твой Джон» — диэн адаарыччы илии баттаабыт саппыыскатын, Зоя Ивановнаҕа бырахпыта. Ону Дьуон кэргэнинэн аймаҕа дьахтар Марфа Дмитриевна Соловьева тутан ылан ааҕан барбыта…
- Тоҕо «твой» диэн суруйда? — туоһулаһан турда.
Онтон ылата Зоя Ивановна үөрэтэр кыыһын
дьиэтигэр сылдьыбат буолбута. Дьуон кэргэнин аата Аайа диэн этэ.
Зоя Ивановна ити оскуолаҕа Дьуону кытары бэрткылгастык үлэлээбитэ. Ол дьыл, үөрэх иккис аҥара саҕаланыытыгар Дьуон Зоя Ивановнаҕа:
- Хоту айар командировкаҕа барар буоллум, тугу сакаастыыгын? — диэбитэ.
Онуоха кини:
- Кэргэним ыарытыйар, тыс курумута булан аҕал, — диэн көрдөспүтэ.
Дьуон: «Булан-булан, кэргэнигэр сакаастыыр ээ…» — дии санаан хомойбут.
Дьуон 1956 сыллаахха хоту Аллайыахаҕа айар командировкаҕа сылдьан, тыына быстыбыта. Зоя Ивановна Чурапчыга үс сыл олорон учууталлаабыта. Ол кэнниттэн оройуонугар эргиллэн Покровскай- га өр сыл учууталлаан, завучтаан, 11 сыл дириэктэринэн үлэлээн, ССРС үөрэҕин туйгуна, үтүөлээх учуутал, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, Хаҥалас улууһун ытык олохтооҕо буолбута. 1986 сыллаахха сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Хойут, оччотооҕуга Орджоникидзевскай оройуоҥҥа (билигин Хаҥалас улууһугар), Чурапчы киһитэ Д.Т. Брыскаев өр сыл кылаабынай быраа- һынан үлэлээбитэ. Ыалынан бииргэ доҕордоһоллоро. Биирдэ Дмитрий Титович Зоя Ивановнаны уулуссаҕа тутан:
- Дьуон Дьаҥылы, миэхэ, эйиигин таптаабытын кэпсиир буолара. Ол туһунан Михаил Доҕордуу- рапка уонна Феоктист Софроновка эмиэ кэпсиир эбит этэ. Феоктист Софронов, Михаил Доҕордуу- рапка, эн оччотооҕу хаартыскаҕын көрдөрбүтүн бэйэм эмиэ көрбүтүм… — диэбит.
Кэлин ол туһунан Дмитрий Титович Зоя Ивановнаҕа суругар: «Мой самый любимый друг с юношес- ких лет был Дьаҥылы, он без ума влюблен в Вас, о том милая Зоячка, наверняка, лучше меня помните. О вас у него были стихи сложены, он мне их когда-то читал. Его смерть ранила, подорвала мою эмоциальную жизнь, никогда столько не вылил своих слез. На похоронах друзей и знакомых, как на похоронах Гани!..» — диэн суруйбута.
Билигин 90 сааһын хаардаабыт Зоя Ивановна, оччотооҕуга, Дьуон киниэхэ: «Фелице моей жизни…» — Хойут, кырдьан олороҥҥун, маннык киһи миигин таптаабыттаах диэҥҥин, ахтан-санаан ааһаар», — диэн суруйан хаалларбыт анабыл хоһооннорун биир даҕаны строкатын умнубат.
Ойуку, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата