ЭРЧИМЭН ДНЕВНИКТЭРЭ

Саха литературатын биллиилээх кириитигэ, поэт, учуутал, публицист, кэпсээнньит Егор Петрович Шестаков–Эрчимэн олоҕун кэрчик кэмнэрин, кини кыһалҕатын, оҕолоругар кыһамньытын уонна тус бэйэтин бу сыллардааҕы духовнай туругун өйдөөһүҥҥэ салгыы бэчээттэнэр бу дневниктэрэ кэрэһиттэринэн буолаллар.

Биһиги СГУ ИФФ-н саха салаатыгар үөрэнэр кэммитигэр, кини бэртээхэй лекцияларын истэрбит, “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүгэ сылдьарбыт. Егор Петрович Шестаков–Эрчимэн кыһалҕалаах олоҕу олорбутун оччотооҕу устудьуон дьон адьас да билбэтэх эбиппит. Билигин аахтахха олус да эрэйи көрөөхтөөбүт эбит, киһи харах уута суох аахпат страницалара бу дневниктэргэ үгүстэр.

Эрчимэн бу дневниктэрин бэчээккэ таһаарыы сыала-соруга – кини киһи, гражданин уонна педагог-суруйааччы быһыытынан олоҕу, обществоны кытары алтыһыытын көрдөрүү.

Сэмэн ТУМАТ

  1. сыл. 12.10.68.

Мин истээх бэргэһэбин кэппитинэн гостинайга утуйаары сытабын. Түүн хоһум тымныытынан батарбакка манна үүрэн таһаарбыта. Ийэм кухняҕа сытаахтыыр. Уу-чуумпу. Оҕолорум билигин туспа ыалгау туйаары сыттахтара. Алеша эбэтин кытта, Таня эдьиийин аах хоойдоругар. Дьэ, олох-дьаһах…

13.10.68. Ийэм дьиэтин сууйан, оһохторун оттон, эбиэтин өрөн баран быйыл күһүн сабыс-саҥа босхоломмучча хаама барар. Мин лекциябын бэлэмниэх курдук гынан иһэн хоһоон суруйан эрдэхпинэ аан аһыллар. Ону кытта хас да киһи атаҕын тыаһа сурдурҕаһан, тоһугураһан киирэн кэлэллэр. Көрбүтүм истээх от күөҕэ сонун нары-наҥначчы кэппит, кугас бэргэһэтин аннынан атаахтаабыттыы, ахтыбыттыы хап-харанан көрбүт Танюшка бастаабыт, оттон киһи күлүөх барыта сатала суох таҥныбыт Алеша моҥур-соҥур буолан, оттон Кеша, Устя утуу-субуу суксуруһан киирэн кэлэллэр.

– Оо, дьон бөҕө тиийэн кэллилэр дии! – мин үөрэн саҥа аллайа түһэбин. Кырдьыга бүгүн аҕалтыахтара диэн күүппэккэ олорбутум. Иллэрээ күн бара сылдьыбыппар эбэлэрэ өссө да сылдьа түһүөхтэрэ диэбитэ. Оттон Таня: “Паапаа, эн тугунан кэллиҥ, мин бассыам”, – диэбитэ. Алеша буоллаҕына эбэтин аттыттан миэхэ чугаһаабатаҕа. “Барсыаҥ дуо?” –диэбиппэр, холкутук “Суох!” – диэн биир тылынан бүтэрэн кэбистэ. Мин оҕолорум тулаайах хааланнар, билиҥҥэттэн үтүөх-батаах сылдьан эрдэхтэрэ дии санаат харахтарым туманныран барбыттара. Ону көрөөт Таня, миигин аһыммыттыы, хап-харанан төп-төгүрүччү ийэтин харахтарынан көрөн хаалаахтаабыта. Дьиэм сылааһа буоллар, оҕобун илдьэ кэлиэх этим. Бөөлүүн былыттаах, бүгүн ичигэс күн буолан хата оҕолорум кэлэллэригэр арыый мүлүйэн тоһуйда.

– Хайа, дьиэҥ сылыйда дуо? – Кеша хараҕын атын сир диэки куоттара-куоттара ыйытар.

– Таһырдьа сылаас, онон сылыйбыт курдук буолла. Оһохторбун харыыта суох оттобун да олох билиммэт. Муостатынан үрэн сирилэтэ турар.

– Охсуһаллара бэрт. Сатаан сылдьыбаттар. Ону-маны былдьаһа-былдьаһа ытаһан-соҥоһон дьиэбитин ылан кэбистилэр, – диир Кеша, сол да атын сир диэки көрө-көрө.

«Ол иһин эһиги эрэйдээхтэр оҕо оҕолоохтуоххут дуо?» – дии саныыбын мин испэр.

Кинилэр туох эрэ улахан кыһалҕаттан босхоломмуттуу сулбу тахсан бараллар. Мин да оҕолорум кэлбиттэриттэн хомойо барбаппын. Дьиэм иһэ сэргэхсийэ түһэр.

17.10.68. Икки чаас саҕана Ваня Соловьев киирэн кэлээт: “Хайа, барабыт дуо?” – диир.

– Чэ бээ, соҥҥун уһул. Эбиэттээн баран… – диибин. Биһиги иккиэн сатыы кылабыыһа диэки хаамсабыт. Хаар түһэ турар. Уулусса халтархайа сүрдээх. Бүгүн Маша өлбүтэ түөрт уон хонугун туолла.

Кылабыыһа аанын иннигэр сол да хас да массыыналар, автобус кэлэн тураллар. Биһиги иннибитигэр кими эрэ көмө бөлөх дьон баран иһэллэр. Оонньуулларыттан хал буолбут музыканнар бэрт бассыыбайдык бэс чагда иһин эҥсэлитэллэр. Ваня биһиги урут Турпанов сибиэһэй веноктардаах уҥуоҕун булабыт. Онтон Маша көмүллүбүт сирэ ырааҕа суохха дылы этэ.

Мин ааһа баран истэхпинэ киһим: “Бу баар” – диир. Төннөн кэлэбин. Урут кини, туох да буолбатаҕын курдук күлэ-үөрэ олорор саамай үчүгэй кэмигэр, Ленинградка үөрэнэ сылдьан түспүт хаартыската харахпар быраҕыллар. Аҕыйах хаамыы, олох аттыбытыгар, били саҥа кэлбит дьон бокуонньуктарын иинигэр түһэрээри үөмэхтэһэн тураллар, туох да тыл этиитэ эҥинэ суох кистээбитинэн бараллар. Музыка өрөгөйдөөхтүк эҥсэлийэр. Оттон Маша күлэ-үөрэ олорор. Оччотооҕуга бу фотообъективы утары көрөн олорон, субу кэмҥэ саамай үчүгэй настроениелаах сылдьан түспүт хаартыскам куорат кылабыыһатыгар сааллан туруо диэхтээбитэ буолуо дуо? Суох! Суох!

Ваня, Маша уҥуоҕун кэннинээҕи остуоллаах икки ыскамыайка хаардарын сотон барар.

– Кэбис, туора дьон олохторугар олорумуох, – диибин мин өлбүт доҕорбун тугунан эмэ хомотумуох курдук. Уонна өлүөхсүттэрдээххэ кэннибинэн, Маша хаартыскатын көрбүтүнэн бэс аттыгар турунабын. Биһиги былыргы үгэстэри дьиҥ ис сүрэхпититтэн итэҕэйэр дьонтон итэҕэһэ суох, илдьэ тахсыбыт үрүүмкэлэрбитигэр кыһыл арыгыны толору кутан Маша буоругар уурабыт. (Кини тыыннааҕар да испэт этэ). Оттон бэйэбит субу-субу куттан иһэн барабыт.

– Вера бөөлүүн түһээбит, – диир Ваня эмиэ сүрдээх итэҕэйээччи киһилии долгуйан.

– Ол тугу?

– Түһээтэҕинэ, арай аһара улахан лабаалардаах аарыма кэрэхтээх тиит турар үһү. Ол тиит үөһэ өттүгэр оҕо дуу, оҕо саҕа эмэгэт дуу ыйанан турар үһү. Ону мин тахсан түһэрээри ылбыппын. Кэрэхтээх тиит анныгар мин аймахтарым бары мустан өрө мыҥаан тураллар үһү. Атаҕа суох Маайа миигин: “Ити оҕону тоҕо ыллыҥ. Оҕоҥ-урууҥ барыта эстиэ. Ылыма! – диэн миигин мөҕөн барбыт. Ону истэн, мин ол оҕону ситэ түһэрбэккэ тиит ортоку мутугар кириэстии даллаччы ыйаан кэбиспит үһүбүн…”

– Дьэ дьиибэ эбит! – мин эмиэ түүл наһаа архаическай сюжетын бэркиһээн кэбиһэбин. Уонна кини куттаммытын аһараары соруйан онуоха сөп гына тойоннуубун.

– Ол, бу бүгүн манна кэлиэҥ иһин, мин сүрбүн түһээн көрбүтэ буолуо. Миигин аймахтарым өрүү ойуун оҥорон түһээччилэр. Оттон ол оҕо, мин кэнэҕэс баҕар тугу эмэ айыахтааҕым кэрэхтээх тиит иччитэ, оҕо буолан ыйанан турбута буолуо.

– Баҕар буолуо… – Кини өс киирбэхтик сөбүлэнэр. Маша туһунан тугу эмэ суруйдаххына сатанар. Өрүү кинини санатарын курдук…

18.10.68. Дьиэбэр кэлбитим, ийэм оронун үрдүгэр Устя соно быраҕылла сытарын көрөөт: “Оҕобун ыла кэлбиттэр!” – дии санаат, хараҕым уута ыгыллыбытынан барар. Кытаанахтык, холкутук туттуохпун баҕарабын да кыаммаппын. Аҕыйах хонуктааҕыта төттөрү аҕалан бараннар, олох да аны оҕо ылыа суох курдук тылласпыттарын иһин мин кыысчааммын детсадка биэрээри кэпсэтэ сылдьыбытым. Дьиэм тымныыта улаатан иһэр. Уолбун хоонньоһон, Танябын бэйэтин оронун аттыбар ыга тардан сытабын. Түүн суорҕанын аһан тымныйыа диэммин субу-субу уһуктан сабан биэрэбин.

Оттон бэҕэһээ Устя кэлэ сылдьан Таняны детсадка биэрээри кэпсэппиппин истэн: “Биһиги оҕо гыныах этибит. Эмээхсиммит тэһийбэккэ олох иэдэйдэ. Биһиги үлэбититтэн тиийиэхпитигэр диэри кэтэҕиттэн тардыстан баран дьиэ үрдүн одуулуу сытар буолар. Бэҕэһээ ыаллар оҕолорун киллэрэн биэрбиттэрин көрбүт этэ”, – диэн бэрт элбэхтик уруккуттан илдьэ сылдьар санааларын салгыы эппитэ. Мин соҕотох бэйэм үс оҕону кыайан көрбөтүм чахчы. Оттон Танюшкабын саамай аһынар, таптыыр киһим. Ол иһин хайдах эрэ сатаан көрүөм суоҕа диэн куттанар курдукпун. Кинилэр да Танюшкаттан атыны көрдөөбөттөр. Онон, хайдах эрэ олуллан бэрт кэбирэхтик сөбүлэһэн кэбиспитим:

Таня эдьиийэ аах атыыласпыт розовай платьетын кэппит. Түгэх хос ааныгар, эбэтэ оҥорон биэрбит хачыалыгар төттөрү-таары биэтэҥнии олорор эбит.

– Тукаам, дьонуҥ кэлэн күүтэн олороллор, – диир ийэм кухняттан тахсаат. Мин бытааннык таҥаспын уларытынабын. “Паапыччаа!” диэбитинэн Танюшка утары сүүрэн кэлэр. Мин тыынарбар салгын тиийбэт курдук буолан хаалар.

Остуолга улахан кэпсэтии тахсыбат. “Биһиги төһө кыайарбытынан көрө сатыахпыт. Эн өрүү сулумах сылдьыаҥ дуо, кэргэн ыллаххына сатанар. Кыыс оҕону маачаха ийэ ордук атаҕастыаҕа, оттон уолаттар иһирдьэ-таһырдьа түһэ сылдьыахтара”, – эҥин диэн Устя ньылҕаарытар.

– Ыал курдук олорбуппут буоллар, бастакы оҕобун ама кимиэхэ биэрэр этибиний?! – диибин мин, соччо улаханы тугу да өйдүүр-саныыр кыаҕа суох олорон. Оҕом дьоло-доруобуйата буолуо. Оттон ол баар буоллаҕына, атына барыта бэйэтиттэн тутулуктаах буолуо…

Оҕобун автобус тохтобулугар диэри атаарсабын. Дьэ муҥ диэтэҕиҥ! Бэйэм сүрэхпин туора дьоҥҥо биэрэн ыытарым диэн. Ама мантан ордук киһи олоҕор ыарахан, тыйыс түгэннэр баар буолуохтара дуо? Хаар түһэ турар. Бороҥуй тоҥмут кыра күөлү уҥуордаан иһэн кэннибин хайыһабын. Оҕом Кешалаах Устя икки ардыларыгар сонун сыыһа тойтойон тураахтыыр.

19.10.1968. Түгэх хоһум долбууругар, бу саас дойдубар тахсарбар ыгыта симитэлээн кэбиспит кинигэлэрбин, гостинайга таһааран саҥа оҥотторбут улахан долбуурбар, бэйэм өйдүүрбүнэн наардаан кырыы-кырыыларынан уурталыыбын. Оттон күнүс хаама барбакка аһара мунньуллан хаалбыт сурунаалларбыттан наадалаах буолуо диэбит, сорҕотун урут ааҕыталаабыт ыстатыйаларбын бысталаан ылыахпар диэри киэһэ буола охсор. Ол былаһын тухары Танюшкабын суохтуубун. Кини баарына дьиэбит “ньир” курдук этэ. Оҕобун эдьиийин аахха биэрэн сыыстым эрэ, таптым эрэ?..

Мин кини иннигэр туох эрэ көннөһүллүбэт ыар буруйу оҥорбут курдук санаан кэллэхпинэ хараҕым уута ыгыллан кэлэр. Эдьиийэ да, күтүөтэ да доруобуйаларынан саарбахтардаах дьоннор. Кеша тыҥатынан, тохсунньуга эппэрээсийэлэнэ балыыһаҕа киириэхтээх. Устя эдьиийэ өлүөҕүттэн ыла сүрэҕим ыалдьар диэн тыллаһар буолбут. Онуоха эбии олорор дьиэлэрэ кыараҕас.

Оҕо сүүрэр-көтөр миэстэтэ суох. Мин соҕурууттан кэлэр сылбар Маша ити икки хоһу ылбатаҕа буоллар, билигин дьиэтэ суох сылдьыах эбиттэр.

27.10.68. Дьиэбиттэн тахсарбар хаар түһэ турара. Мин Танюшка олоппоһун туппутунан (Устя көрдөөбүтэ) Сэргэлээх кэр-дьэбэр квартаалын ортотунан, былыргыттан уолбакка олохсуйан сытар кыракый төгүрүк көлүкэни туораан, 2-с автобус тохтобулугар кэлэбин. Күүтээччи киһи аҕыйаҕын көрөн, ыскамыайкаҕа хохоллон олорор хатыҥыр саха дьахтарыттан: “Автобус кэлэн барбыта сотору буолла дуо?” – диэн си буолуохтааҕар ыйытабын.

– Оннук быһыылаах, мин билигин кэлбитим. Танюшка олоппоһун аттыбар туруораат, ыскамыайкаҕа били хатыҥыр дьахтар аттыгар олорунан кэбиһэбин. Кэннибититтэн көрдөххө кэтэхпит иккиэн хохойон олордоҕо диэн санаан ылабын. Дьоннор эбилиннэр-эбиллэн бараллар. Ол быыһыгар былырыын баччаҕа кыыс эрдэҕинэ көрбүт студенкам кэлэр. Оччотооҕуга чэгиэн-чэбдик бөҕө этэ. Билигин номнуо сиргэ түспүт хаптаҕас курдук уостан хаалбыт. Кыыс оҕо кырааската сууллара дөбөҥ даҕаны диэн испэр саныы олордохпуна, элбэх киһилээх автобус ынчыктаан тиийэн кэлэр.

Автобуска бэйэлэрэ туспа кыһалҕалаах, ол эрээри миигиттэн бары этэҥҥэ үөрэ-көтө сылдьар дьон сирэйдэрин одуулаһа барбаппын. Оҕом туһунан санаан хараҕым уута баһылла турар. Дьонтон кыбыстан түннүк диэки хайыһан олоробун.

“Туох буолан ытаан сирэйим быһа сытыйдаҕай” диэн испэр бэйэм бэйэбин мөҕүнэбин да, онтон ордук кэбирээн уйадыйан барабын. Биир тохтобулу ааһан баран, төннөн кэлэн, киһи сүрэ-кута тохтообот, бүтүн квартаалга бары бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаһар дьиэлэрдээх Халтуриҥҥа киирэбин. 10-с дьиэ иккис мэндиэмэнигэр тахсан бэркэ билэр ааммын тоҥсуйабын.

ؘ– Кимий? – иһирдьэттэн тыйыс саҥа иһиллэр.

– Мин, дьэбир буола сатаабыт санаабар бэйэм саҥабар маарыннаабат куолаһынан хардарабын.

Эбиэттээн эрэллэр эбит. Оҕом остуол аттыгар сылдьар.

… Дьиэм түүн 13-с кыраадыс буолар. Улахан тымныы өссө түһэ илик. Онон киһи хайдах да кыстыа суох. Дьиэ булуохпар диэри сылдьан эрдин диэн Алешаны ыалбар илдьэн биэрбитим. Бэҕэһээ Кеша улахан эрэйи көрбүт киһи быһыытынан: “Уолгун детсадка биэр. Биһиги оҕолоох дьон, оҕобутун боруоктуурун сөбүлээбэппит. Ииссэллэрэ бэрт”, – диэбитэ. Дьон киһи кыһалҕалаах кэмигэр кыһайалларыттан ордук кыһыылаах, абалаах туох баар буолуой?!

Былырыын манна Маай бырааһынньыгын биир хонук иннинэ ийэбинээн көһөн кэлбиппит. Киэҥэ, үчүгэйэ бэрдэ. Балачча өр олорорбут буолуо дии санаабытым. Хайа баарый? Бу дьиэни быйыл көтүрүөх буолаллар, мин олоҕум биир саамай ыар кэмин илдьэ тураахтыа буоллаҕа.

Бүгүн кинигэлэрбин, сурунаалларбын табаар хопполоругар хаалыырбар, литературнай хаһыаты сэймэктиирбэр күнүм бүттэ. Маша үөрэнэ сылдьан суруммут конспектарын уура сылдьыбытын уот аһылыга оҥортоотум. Олох олороору, үлэлээри итиччэ бэлэмнэнэн баран, ону сүһүөҕэр туруорбакка туоруур диэн баттыгастаах суол буоллаҕа. Оттон үрдүнэн, аннынан үөрэммит, олоҕу олус да улахаҥҥа уурбат дьоннор төһөлөөх өр олороллоруй, соһуллан-сыһыллан сылдьалларый?!

Бөлүүн түһээн, аһара туруору таас хайаны өрө тахсан иһэн төптөрү түһэбин.

16.11.68. Ийэбинээн, бэҕэһээ киэһэ көһөн кэлбит суос-соҕотох хоспут ортотугар туох да бэрээдэгэ суох ууруллубут, тардыллыбыт малларбыт быыстарыгар турдахпына И. Федосеев сэрэммит курдук туттан киирэн кэлэр. Биһиги ити эрэ иннинэ, төһөттөн мунньуллубутун билбэтим, истиэнэлэрбит халыҥ сыыстарын сотон бүтэрбиппит.

– Дорооболоруҥ!

– Дорообо!

– Мин бу ыҥырыыны бэҕэһээ биэриэхтээх этим. Ол гынан баран эн суох этиҥ. Бүгүн Сэргэлээххэ кэлэллэр.

Остуолга олоруу саҕана Л. Попов чугуруҥнаһа турар ыалдьыттар иннилэригэр миигин анньар. Үгэс быһыытынан, ытыктабыллаах ыалдьыттар олорор туорайдарыгар тиийэн кэлэллэр.

– Кэбис бээ, манна дьоннор олороллоро буолуо?

– Онтон биһиги дьоннор буолбатахпыт дуо?..

Амма Аччыгыйа Уурастыырабы күүтэн балачча кэтэһиннэрэн баран киирэр. Биһигиттэн чугас соҕус сэргэстэһэр чиэскэ тиксэр.

Ыалдьыттар бары киирэн миэстэлэрин булуналлар. Мин хаҥас өттүбэр чарчыстыбыт маҕан сирэйдээх ханнык эрэ эмээхсин (кэлин билбитим уруккута П. Ойуунускай, билигиҥҥитэ Н. Павлов-Тыаһыт кэргэнэ эбит) уонна Л. Попов, Н. Тобуруокап уо.д.а. түбэһэллэр. Уурастыырап хойутаан кэлэн Эллэйи кытта сэргэстэһэр чиэскэ тиксэр. Софрон Данилов тамадаалыыр. Маҥнайгы тылы уруккута П. Ойуунускай эмээхсинин аттыгар олорор Амма Аччыгыйыгар биэрэр. Хаһан эрэ мин ити саалаттан арахпат этим. Оччотооҕуга бу утары дьиэҕэ кэлэн маннык быһыыга-майгыга олоруом диэн түһээн түүлбэр да суоҕа.

* * *

Алеша: “Итинник буолбатах!”, “Итинник буолбатах!” – дии-дии олоппостору түҥнэртээн массыына оҥостон оонньуу сылдьар. Бэйэтэ билбитин олох туохха да биэриэ суох киһи буолсу. Арааһа мин итэҕэспин утумнаабыт быһыылаах.

Мин дневникпин сурумматаҕым ыраатта. Суруйуохпун да баҕарбаппын. Төһө кыалларынан мин туспар аһары ыараабыт сыл ааһа охсуон баҕарабын.

Бэҕэһээ Н.К. Антоновтыын Саха театрыгар “Ый өлүүтүн түүнүгэр” диэн М. Карим трагедиятын көрөн кэлбиппит. Байбише Танкабине оруолун А. Иванова оонньообута. Оттон Аквьегет уонна Шафрак оруолларын Н. Попов уонна Рожина оонньообуттара. (Москваҕа саха тылыгар үөрэппит оҕолорум) тылбааһа хотон кыаллыбатах быһыылаах. Декорацията да дьадаҥы. Ол да буоллар мин урут аахпатах буоламмын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри олус тартаран көрбүтүм.

20.12.68. Бэҕэһээ баанньыктанан баран күнү быһа сэниэтэ суох сылдьыбытым. Олус эмискэ ыарахан гантелларынан дьарыктанаммын дуу, хайдах эрэ сүрэҕим баарын биллэрэр. Ийэм “түүн үлүгүнэйэҕин, куһаҕаннык утуйаҕын” диэн тимир оонньуурдарбын абааһы көрөр.

Ийэм урут оннооҕор буолуоҕу кыайар-хотор бэйэтэ билигин суос-соҕотох хоспутун нэһиилэ күҥҥэ биирдэ сотоохтуур. Сылаас сиргэ кэлэн баран ыалдьан куттуу сырытта. Билигин даҕаны үчүгэйэ суох.

Мин гастрономҥа продукта ыла турдахпына издательство кассира “Баран аахсаар эрэ” диир. Мин эбиэт кэнниттэн үгэспинэн утуйа түспэккэ (гантелларбынан эрчиллиибин эмиэ көтүтэбин) издательствоҕа тиийэбин. Кинилэр барыта 1100 солк. суруйбуттар. Оттон урут икки төгүл, барыта 700 солк. ылбыппын. Мин биирдэ эрэ 300 солк. аванса ылбыт курдук санаан сылдьыбытым. Инньэ гынан соһуйан хааллым. Итэҕэйбэккэ ведомоһы көтөхтөрө сылдьыбытым…

Сыыр анныгар Саҥарбат Сахаардаах урукку дьиэлэрин иннигэр ким эрэ мас хайыта турар. Мин Силип дуу диэбитим Прохоров буолан биэрэр. Дорооболоһоот, мүччү түһэн ааһан эрдэхпинэ, туох эрэ соруктаах аҕайдык ыҥыран тохтотор.

– Мэхээлэ киирдин эрэ. Табыгастаах киһи булан илдьиттээбэккэ сылдьабын.

– Тугу?

–Тиэлиги оскуолатын директора телефоҥҥа ыҥыттарар. Ксенофонт оҕолору кырбаабыт үһү.

Мин үчүгэйдик айаннаан кэлбиппиттэн син үчүгэй соҕус санаалаах иһэммин сирэйгэ бэрдэрбит курдук буола түһэбин.

Мэхээлэ хотоҥҥо көөнньөрбө оҥоро сылдьан миигин көрөөт, кэннибиттэн сүүрэн кэлэр. Кэргэним өлүөҕүттэн ыла быраатым миигин аһынар, ордук чугас буолбукка дылы. Дорооболоһоот, дьиэбитигэр иккиэн тиийбиппит оҕом Дьөгүөссээн көлөөскөтүгэр суос-соҕотоҕун ытыы аҕай олороохтуур эбит. Харахтара кытарбыттар… Кэлэр понедельниктан субботаҕа диэри (24/III) кафедра сүрүн састааба Ньурбаҕа командировкаҕа барар буолла. Бүлүү оройуоннарын бөлөҕүн учууталларыгар 4 күннээх семинар ыыта. Командировката Институт усовершенствование учителей киэнэ.

1969 сыл. 12.03.69.

Эрдэ уһуктан баран кыайан хос утуйбаппын. Бу күннэргэ Алеша ыалдьан уубун көтүттэ. Онуоха эбии бэҕэһээ күрэ балтым хотун Танюшкабын биэрэрим туһунан сурукпун хос суруйан хаалларбатахпыттан кыыһыран барбыт этэ.

Тураммын “Ойуун түүлүн проблематиката” диэн ыстатыйабын устан дьоннорум уһуктуохтарыгар диэри бүтэрэбин. Аһара өр мүлүктээтим.

31.03.69. Лоп курдук түөрт сыл анараа өттүгэр мин аан маҥнай аҕа буолбут дьоллоох күнүм этэ. Оттон ол күн эмиэ ийэ буолар улуу дьолун уонна муҥун аан маҥнай билбит Маша баччаҕа өлүү-тиллии кирбиитигэр сыппыта.

Икки хонон бэҕэһээ дойдубуттан киирбитим. Алешаны уонна ийэбин таксинан быраатым аахха таһаарбытым. Оҕом барахсан, сарсыарда аһыы олорон “Эн барыма, манна сырыт”, – дии хаалбыта.

Соҕотохпун. Танюшабар, төһө да баҕардарбын, барбатым.

08.04.69. Киэһэ. Дойдубар тахсан түөрт хонон баран бэҕэһээ Ая массыынатынан киирбитим. Бүгүн туох да сэрэтиитэ суох кафедра үлэһиттэрэ бүтүннүү көһөн лекциябар киирэ сырыттылар.

27.04.69. Өрөбүл. Баскыһыанньыкка барбакка кэпсээммин салгыыбын.

Күнүс 1 чаас саҕана гантелларбынан гимнастика оҥоро турдахпына алтан тэриэлкэ тыаһа “лыҥк” гынар. Оттон бассыыбайдык да буоллар санаарҕабыллаах мелодияны кларнет мэнэрийэр. “Эмиэ кими көмө иттилэр”, – диэн түннүкпүнэн көрбүтүм, суруйааччылар баран эрэллэр эбит. “Ээ, Баал Хабырыыс сордооҕу илдьэн эрэллэр эбит дуу” дии санаат, мин кинилэри кытта атаарса барсыбатахпыттан кыбыстаммын түннүкпүттэн тэйэбин.

29.04.69. Иккистэргэ лекция ааҕан кэлэбин. Бу дьиэбитин кырааскалаан, штукатуркалаан сыыс, бөх үөдэн-таһаан бөҕө. Бэркэ сэрэнэн хоспун булабын. Студеннар дипломнай үлэлэрин ааҕартан соло буолбаппын. Салгымтыалаах дьыала буолар эбит.

Бэҕэһээ киэһэ Ефим балтын Ольганы көрсүбүтүм. “Оҕолоруҥ этэҥҥэ сылдьаллар дуо?” диэн өскүөрүтүн соҕус ыйыппыта. Киэһэ утуйаары сытан, баҕар, кини тугу эрэ билэн баран кистиирэ буолуо диэх курдук уорбалааһыннаах санаа өйбүттэн тахсан биэрбэт. Ол санаабынан Халтуриҥҥа тиийэбин.

Биирдиҥи көрүҥнээх иккилии мэндиэмэннээх дьиэлэр. Чалбаҕынан көрө сытар кирдээх тэлгэһэлэр. Дьонум олорор дьиэлэрин таһыгар тиийбитим, оҕом биир нуучча кыыһын кытта кумаҕынан оонньуу сылдьар эбит. Миигин көрөөт, туох эрэ куһаҕан киһи кэлбитинии атахха биллэрэр.

– Сыллыый, Таня, кэл эрэ! – диэн ыҥырабын.

Суох, кыысчааным чугаһыахтааҕар буукса антах куотар. Оҕом этэҥҥэ сылдьарын үөрэ көрө-көрөбүн эмээхсини кытта кэпсэтэбин. Сирэйин салгын сиэбит.

Дьиэҕэ киирбэккэ таһырдьанан төннөбүн.

Чэ үчүгэй. Үчүгэйдик эрэ сырыт. Дьэ иитии. Оҕом номнуо абааһы курдук көрөр буолбут…

08.05.69. Малярдар биригээдэлэрэ көрүдүөрү кырааскалаары миигин хоспуттан таҕыс дииллэр.

Мин аллара хаһаайыстыбаннай чааска Седиковка киирэбин. Суох. Оттон Стрекаловскайы көрсөн: “Баҕар бүгүн көһүөм, көрүдүөрү кырааскалатымаҥ, ханан сылдьыахпытый?” – диибин. Куолутунан тугу да быһаарбат. “Тыраап тэлгиэхтэрэ, онон сылдьыаҥ” – диир.

Мин хоспор тахсан малларбын, кинигэлэрбин табаар хопполоругар хаалаталаан барабын. Аллара: “Хоһугар баар дуо?”, “Баар. Баар”. “Буоллун, кырааскалаан кэбиһиҥ”. “Хаһыат тэлгээн тахсыах буолар”. “Кырааскалааҥ, кырааскалааҥ!” диэн кэпсэтэллэрин истэбин.

Арктикаҕа ханнык эрэ уста сылдьар мууска суос-соҕотоҕун олорон хаалбыт айанньыттан атына суох сирэйдээхпин быһыылаах. Түөрт уоммун ааһан эрэбин. Ол тухары олоххо бэйэм миэстэбин, дьолбун, бэл түптээн-таптаан олорор дьиэбин була иликпин.

Бондарев бүгүн дачатыгар көһүөхтээх. Миэхэ кини дьиэтин өссө кыһын анаабыттара. Ону “Дачаҕа тахсыахпар диэри күүт” диэбитэ. Киниэхэ таас дьиэттэн үс хостоох квартираны биэрбиттэрин, кэлин киин диэки тутуллар дьиэттэн ылаары главнай архитекторга атастаһан кэбиспит этэ. Бэйэтэ архитектор. Баара-суоҕа икки этажтаах таас дачалаах. Оннук дьиэ Сэргэлээххэ кимиэхэ да суох. Билигин эмиэ таас дьиэттэн квартира ылан баран өссө ордугу булаары таптаабытынан атастаһа сырыттаҕа ол. Дьон син сатаан олороллор. Оттон мин?..

21.05.69. Бүгүн О. Бальзак төрөөбүтэ 170 сылын туолбут күнэ (1799-1850). Мин кини туһунан А. Вюрмсер “Бесчеловечная комедия” диэн сүүнэ улахан монографиятыттан онон-манан быһа түһэн ааҕан иһэн төттөрү уурабын. Кини этэринэн Бальзак талаана, вкуһа суох суруйааччы, аҥардас үлэһитинэн, тимир волятынан ити үлүгэрдээҕи айбытын курдук буолан тахсар. Бальзак курдук “талаана суох буолбут” киһи баар ини…

Бүгүн мин дьиэм ордерын ыллым. Инньэ гынан ити икки бэлиэ түбэлтэ бииргэ түбэспититтэн сибээстээн, таһаҕаспын көһөрөн аҕалсыбыт студент уолаттары кытары “сууйдубут”. “Киһи ойоҕо ойох буолбат” диэн баарыгар дылы, мин бүгүҥҥү күҥҥэ диэри дьиэбин бэйэм киэнинэн аахпакка сылдьыбытым. Мантан дьэ хаһан, ханна көһөр буолабын, эбэтэр букатыннаах сирбэр барыахпар диэри олоробун дуу, биллибэт.

…Быйыл кэргэммин кыайан эргийбэтим. Баҕа баара да, сүһүөҕэр туруорбатым. Тугатына кыайтарбатаҕына кыаллыбат дииллэр. Дьэ хайдах буолар…

Бэҕэһээ, өлүү болдьохтоох, киэһэ Алеша ыалдьан куттаан санаабын аймаан кэбистэ. Аллара Тоҥоллоҕо дьахтар төрөөбүтүгэр Хочо враһа тахсыбытын Мэхээлэ ыҥырбыта. Көрөн баран күөмэйэ ыалдьыбыт уонна быара улааппыт диэн быһаарбыта. Температурата 38 этэ. Бу сарсыарда врач куораттыы сыһан баран, кыратык кэтии, уһукта-уһукта хос утуйар. Чаас курдук буолан баран оҕом дьэ букатыннаахтык улаханнык ыалдьыбыт көрүҥнээх көрөн кэлэр. Харахтарын маҕана хайдах эрэ көҕөрөн, харааран хаалбыттар. Ону көрөөт да, мин ийэтин санаат, сүрэхпэр ытыара түһэбин. Ол да буоллар туруоран таҥыннарабын.

Кыратык сэргэхсийэн күнүс сылдьа түһээхтиир. Мин киэһэлик кыратык аралдьыйа түһээрибин велосипедынан Өҕүлээккэ урут госфонд сирэ диэн ааттаан хас да сыл оонньообут өтөхпүн көрө барабын. Бу тииттэр, хатыҥнар силигилии сиппиттэрэ, мутукчалара, лабаалара муҥулуу тупсубута, дьэдьэн уга элбэҕэ сүрдээх. Киһи айылҕа ортотугар арахсыбакка сырыттар-сылдьыан курдук. Ол оннугар мин сүрэхпэр ыар баттатыылаах, кыһалҕалаах буоламмын үөрэр-көтөр, айылҕа кэрэтиттэн сүргэм көтөҕүллэрэ диэн кэлиэ дуо.

04.07.69. Дойдубар кыракый, кырдьаҕас дьиэбэр олоробун. 1/VII сайыҥҥы сынньалаҥмын ылан куораттан бэҕэһээ тахсыбытым. Чаҕылхай ыраас күн эрээри күнүс даҕаны куйаарбатаҕа. Быйыл дьыл баччата буолуор диэри итийэн көрө илик. Ити өттүнэн уратылаах сайын буолан эрэр. Чурапчыга, Аммаҕа ардах түспэт үһү. Оттон аара айаннаан иһэн көрдөххө биһиги дойдубутугар уу дэлэй, үрэхтэр көҥүстэрэ дьэ туолан сүүрдэ тураллар эбит.

Мин бэҕэһээ сарсыарда куораттааҕы дьиэбиттэн кэлээри тураммын былырыыҥҥы сайыммын, Маша биһиги кыччыгый уолчааммытын, Танюшканы илдьэ Сэргэлээхтэн хоҥнубуппутун санаан кэлбитим. Дьиэбитин, иһиппитин-хомуоспутун сууйан, таҥаспытын, малбытын дьаарыстаан, туохпут да бүтэн биэрбэккэ түүн бэрт кыратык утуйбуппуг. Аны туран сарсыардааҥҥы трамвайы куоттаран иккистээн кэлиитин кэтэһэ Даркылаах биэрэгэр түһээри бу тохтоон олоробун. Балыыһаттан киирэн “Оҕо сайдыытын историята” диэн, бы саас куораттан таһаарбыт киниискэбин ыллым.

Врач икки сирэй тухары киһини үөрдүбэт тыллары суруйталаабыт. Бу киэһэ бэргээтэҕинэ сарсын булгуччу барарбар тиийэбин. Тымныйбыт быһыылаах, сөтөллөн тахсар. Иккиэннэрин ийэм эрэйдээх оҕолоохтуур. Кыратын хоонньоһон илдьэ сытаахтыыр. Ол барыта оҕону харыстааһыҥҥа уун-утарытын төһө да биллэрбин хайдах да гынар кыах суох. Аны туран оҕолуу сордоно сылдьар киһини, куттаммыта, сэрэммитэ буоламмын хомотуохпун эмиэ баҕарбаппын.

Күнүс оҕобун ороммор илдьэ сытан утуйабын. “Паапыччаа!”, “Паапычча!” дии сытан мунна сурдурҕаабытынан барар. Мин оргууй турабын. Үгэспинэн нухарыйа түһэн ылыам дуу диэбитим, эйиэхэ уум кэлиэ дуо?

Алеша уһугуннаҕын ахсын уутун быыһынан “Паапаа!” диэхтиир. Мин “сыллыый, мин баарбын, утуй тоойуом, утуй” диибин. Ол курдук көрөн баран “түргэнник Майаҕа дуу, куоракка дуу киллэрдэххитинэ сөп буолсу” диэн күһэйэр быһыынан врач түмүктээн барар.

Бу иккиэн ороммутун сэргэ тардан баран сытабыт. Оҕом ыараханнык ыалдьар быһыынан ынчыктаан, саҥа таһааран “ыы-ыы”, “ыы-ыы” диэн эрэйдээхтик тыына сытар. Ол барыта баҕарбатарбын да, сүрэҕим оһо илик бааһын ыарыылаахтык таарыйар, муҥнуур. Араас кыһыылаах-абалаах санаалар киирэллэр. Сарсын куораттыырга быһаарынан сытабын. Онуоха диэри олус бэргээбэтэ буоллар үчүгэй этэ.

05.08.69. Түүнү утуйбакка аһарабын. Субу-субу оҕом мөхсөн оронуттан сууллаары гыннаҕына көннөрөн, “утуй, тоойуом, утуй, мин баарбын” диэн уҕарытан биэрэбин. Мунна бүтэн айаҕынан тыынар. Ол да иһин күөмэйин ыарыыта олус бэргиир быһыылаах.

09.07.69. Оҕобун таҥыннара олорон: “Эбээбит билигин биһигини саныыра буолуо, Алеша хаһан кэлэр, Дьөгүөр хаһан кэлэр диэн эрдэҕэ”, – диибин. Ону тута хабан уолум: “Мин өлөөрү гынным, оҕолорум хаһан кэлэллэр диирэ буолуо”, – диэн эбэтин оннугар этээччи буолар.

– Кэбис, инньэ диэмэ! – Былыргы эбитэ буоллар “Айыы!” диэ эбиппин. Ол оннугар илиитин уокка даҕайбыт киһи эмискэ эһэ тардан ыларыныы түргэнник көннөрө охсобун. Кини өйүгэр ити барыта хантан кэлэр? Баара суоҕа үс саастаах киһиэхэ…

Алеша иигин, хаанын түмүгүн лаборатория биэрбит. Мааҕыын учааскабыт враһа бэркэ аһыммыт куолаһынан: “Балыыһаҕа сытарыгар тиийдэ”, – диэн эппитэ. Мин испэр тоҕо эрэ бөҕөх соҕус санаалаах тиийэн бараммын албыннаппыппыттан хомойон эрэ хаалбытым.

– Өскөтүн сыстыгана, олус куттала суох буоллаҕына көҥүллүө этигит. Мантан инньэ мин бэйэм бииргэ сылдьабын. Онон бэргээтэр эрэ күнүнэн киириэхпит. Балыыһаҕа ордук дьүдэйиэ. Хаарыан сайыны туһаныах этибит. Сатанар буоллаҕына ол кэриэтэ күһүн наҕылыччы эмтэтиэхпит.

– Кэбис, кэбис папаша, инньэ диэмэ, маннык түмүктээх оҕону ыытарбыт сатаммат.

– Мин модьуйбаппын. Ити көннөрү баҕабын биллэрэбин.

– Оннугунан оннук буолуо да…

– Ити оҕо уруккуттан да быара улахан этэ, – врач кабинетыгар олорор маҕан халааттаах эдэр нуучча дьахтара тыл кыбытар. Сүбэлэһэн бараннар сарсын үөс тымырыттан хаан ылан анализтатарга этэллэр.

10.07.69. Бөөлүүнү быһа ардах түспүт. Билигин да ситэ-хото аста илик тымныы. Ону ол диэбэккэ Алешаны үксүгэр көтөҕөн 8 чааһы куоттарымаары ыксаан оҕо консультациятыгар тиийэбин. Лаборант кыыс 8 ч. 30 м. саҕана эрэ кэлэр. Алеша хаҥас илиитин үөс тымырын булбакка уҥа илиититтэн, мин көрдөхпүнэ, фиолетовайдыҥы хааны оботторон ылар. Оҕом тулуурдааҕын көрдөрдө – ытаабата. Мин баҕарбатарбын да Маша илиитигэр ити тымыра сүтүөр диэри дьөлүтэ аспыттарын санаан уҥуоҕум кытта кыйыттарга дылы.

12.09.69. Кыһайбыт курдук тыаллаах, тымныы күн. Бырамаҕа киирэн автобуһу кэтэһэн суол кытыытыгар олоробут. Мин кыра уолбун суорҕаҥҥа суулаан уларыйа сылдьан үрэр тыалга көхсүбүнэн буола сатыы-сатыы ыскамыайкаҕа олоробун. Ийэм Алешалыын чугас тыа диэки баран бараннар төннөн иһэллэр. Мираида, биһигини атаарса диэн, эмиэ кэлэн турар. Ис сүрэҕиттэн буолбакка, күһэллэн барсан иһэрэ, тэһийбэтэх, киҥнэммитин кистии сатыыра сирэйиттэн көстөр. Былаата, бэргэһэтэ да суох. Тоҥнор да биһиги туспутугар тоҥор быһыынан кыһайбыттыы туттар.

Дьиҥинэн, сарсын барар былааннаах этим. Ол гынан баран Дуня, ийэбэр, холдьоҕор курдук тылласпытын истэн, соччо истиҥэ, эйэҕэһэ суохтук арахсан, бу бүгүн бараары айан суолугар киирбиппит икки чаас буолан эрэр. Биһигини кытта аарааҥҥа диэри аргыстаһаары Е. Соловьев оҕолорунаан эмиэ кэтэһэн олороллор. Уонна былыргы, мин “Суолтан туора” диэн кэпсээммэр ахтан аһарбыт Уоһук Мундуускайым кыыһа эмээхсин сиэнинээн бааллар.

Өрүү буоларын курдук, сайыҥҥы хонуктар биллибэккэ ааһа оҕустулар. Уолбунаан куораттан тахсан иһэрбит эрэ баара. Уонна бу эмиэ төннөөрү киирэн олордохпут. Бу суолга кэтэһэр чаастарым, сайыҥҥы сынньалаҥмыттан быдан уһуҥҥа, салгытыылаахха дылылар.

Бэҕэһээ Аржаковы кытта Чүөллэргэ, Хойуоҕа бара сылдьыбыппыт. Төннөн иһэн эбэбиттэн икки куоҕаһы уонна биир чыккымайы өлөрөммүт син бултаабыт саҕа сананан кэлбиппит. Ардах түһүөх курдуга. Суолу алдьатар дуу, хайыыр диэн дьиксиммитим. Бүгүн да саарбах. Түстэҕинэ түһүөх курдук. Тымныы аҕай. Онон тардыллаа ини. Хаары аҕалбат буоллаҕына.

1971 сыл. 28.01.71.

Мин бэйэбин түүлү-бити оннук-маннык абааһыны, үөрү, дьылҕаны итэҕэйээччилэр кэккэлэригэр туох иһин киллэриэм суоҕа этэ. Атом, кибернетика, космос үйэтигэр былыргы үйэтинээҕи хараҥа өбүгэлэрбит өйдөрүн, билиилэрин таһымыгар сылдьар ханнык да логикаҕа сөп түбэспэт. Ол да буоллар киһи мэйиитин сорох кистэлэҥнэрин, ордук түүл дьиктилэрин ситэ-хото наука арыйа илигэ чуолкай. Мин кэлин сылларга түүл уонна түһээһин туһунан балачча хасыһан аахтым да тоҕо эрэ астынар быһаарыыларбын ыла иликпин.

Өскөтүн киһи инникитин түүлүнэн урут таайара буоллар, кини олоххо барыны-бары өйдөөн-санаан оҥороро уонна ол курдук ханнык эмэ туруоруммут сыалыгар чопчу дьулуһара даҕаны солуута суох курдук буолуох этэ. Киһи барыта түүн аайы түһүүр. Онтон хайата эмэтэ кэлин олохпутугар, дьылҕабытыгар сөп түбэстэҕинэ өйдөөн кэлээччибит. Билбит, эрдэттэн биттэммит саҕа сананабыт. Мин төһө да ити курдук материалистическайдык өйдөөтөрбүн даҕаны, өссө туох эрэ итинэн астыммат, сороҕор ылыммат даҕаны хос санаалаах хаалар курдукпун. Ол баҕар саҥардыыҥҥа диэри аһара хаалыылаах, хараҥа норуоттан хааннааҕым, а.э. национальнай психологиям уратыта буолуо.

Мин Машаны кытта холбоһоот да иккис дуу, үһүс дуу түүммэр түһээбит түүлүм кэлин сөп түбэһэн хаалбытын оннук муодарҕаабатаҕым, бэркиһээбэтэҕим да иһин умнубаппын. Ыалдьар сайыныгар даҕаны кыра дьиэбэр соҕотоҕун утуйа сыттахпына, эмиийдээх оҕотун, Дьөгүөссэни, туора көтөхпүтүнэн, баттаҕа ыһыллыбытынан киирэн кэлбитин кэпсии олордохпуна Ефрем оҕонньор телеграмманы аҕалан туттаран кэбиспитэ тутатыгар сүрдээх этэ.

Мин бөөлүүн эмиэ бэрт дьикти түүлү түһээн уһуктубутум. Киһи олорор сирин аттынан хаан буолбута сууйуллубута кыайан барбатах, урут кэтиллибит эргэ маҕан баккыны кэтэбин. Хайдах эрэ балыыһа таҥаһа дуу дии саныыбын. Сарсыарда ол туһунан ийэбэр кэпсээбиппэр: “Оҕо өлүүлээх дьахтары ойох ылаары гыннаҕыҥ”, – диэн тойоннообута санаабыттан хаалбат. Онуоха суолта биэриэ да суох киһи соруйан, тугун-ханныгын билиэх баҕаттан эрэ бу бэлиэтии олоробун. Дьиҥинэн биһиги түүлбүт туһунан сиһилии, дьиҥ кырдьыгынан суруйан иһэрбит буоллар, наукаҕа улахан туһаны оҥоруох этибит. Киһи түүлэ даҕаны кини психологиятын, майгытын быстыспат сорҕото, уратыта буоллаҕа. Мин урут түһээн эрдэ билбит курдук быһыыбар, түбэлтэбэр, олохпор сылдьардыы санаан кэлэрим аҕыйаҕа суох буолааччы. Баҕар ол да иһин буолуо, көрөр түүллэрбин кэмигэр тута бэлиэтээн иһэргэ быһаарынным. Муҥ саатар, биир эмэ уус-уран айымньыга наада буолуохтара.

27.01.71. Алеша билигин даҕаны санаторийыгар сытар түннүгүнэн, сорох эйэҕэс сиэстэрэлэр ааҥҥа дьөлө быһыллыбыт хайаҕас иннинэн көрсүһүннэрэллэр. Ойуулаах кинигэ, уруһуйдуур тэтэрээт илдьэн биэрдим. Уонна бүгүн, хайа да сылбынааҕар эрдэ, хаатыҥкалаах хайыһардыы бара сырыттым. Соччо тоҥмотох курдукпун. Хата хайыһарым быата аанньа табыгаһа суох, олус эрэйдээхтик кэтиллэр. Үнүрүүн Уйгуурап уонна Левин кэлэ сылдьаннар иҥиннэрэн биэрбиттэрэ. Мин иннибинэ ким да сылдьыбатах. Сэтинньигэ диэри сылдьыбыт хайыһардьыттар омоон суоллара баар эбит.

15.02.71. С-40, к-29, -30 кыраадыс. Аны ити курдук радионан истибит күммэр салгын температуратын сарсыардааҥҥытын, күнүскүтүн бэлиэтиир буолуом. Бүгүн хайыһардыы барбатым. “Үөлээннээхтэрбитин өтө көрөн” диэн В. Яковлев романын туһунан ыстатыйабын дьэ мүлүктээн бүтэрэн “Хотугу сулуска” илдьэн биэрдим. Хара маҥнайгыттан аатыттан иҥнэ түстүлэр.

07.03.71. Бүгүн дьэ аан маҥнай бачыыҥканан хайыһардаан мырааҥҥа тиийэ сырыттым. Былырыын, иллэрээ сыл манна кэлбэтэҕим. Урут Короленкоҕа олорон уонча сыллааҕыта сылдьарым. Уонча сыл! Хайдахха дылы элбэҕий! Ол икки ардыгар төһөлөөх уларыйда. Мин Маша тиһэх күннэригэр сыппыт балыыһатын көрө-көрө ааһабын. Барыта харахпар субу баар…

20.04.71. Күнүс аһара корректнай, эйэҕэс нуучча саха былаастаах билбэт эдэр киһим мин ааппын ааттаабытынан киирэн кэлэр. Улахан суумкатын муостаҕа туруоран баран хонноҕун сиэбиттэн КГБ үлэһитэ буоларын туоһулуур билиэтин көрдөрөр.

22.04.1971. Сарсыарда хаама сылдьан проф. Романов өссө да хайыһардыы сылдьарын көрөбүн. Мин бэҕэһээ хаар түспүтүн иһин илдьэ кэлээри гынан баран хаалларбытым.

28.04.71. КГБ инспектора.

01.06.71. Түүл. Ханнык эрэ дьиэҕэ баарбыт диибин. Кирсанова Варвара эмээхсин бэргэһэбин кистээн кэбиспит. Хара бэргэһэбин. Мин ханнык эрэ өссө кугас бэргэһэбин көрдөөн ону-маны сүргэйэбин да булбаппын. Эмээхсиҥҥэ кыыһырабын. Кини миигин физика уруогар туттулар геометрическай фигураларынан быраҕаттаталыыр. Мин аһаран биэрдэҕим ахсын онтуктара умайа турар көмүлүөк оһоххо түһүтэлииллэр.

Уһуктабын. Эмээхсин хара бэргэһэбин кистээбитин урукку хомолтолоох санааларым миигиттэн тэйээри гыннахтара диэн итэҕэйээччи киһилии тойонноот, эмиэ утуйан хаалабын.

Кыччыгый уолум, Дьөгүөссэм, биһиги ханнык эрэ лүҥкүр хара тыа усгун баран иһэбит. Түҥкүтэх маарыкталары, дулҕалаах куһаҕан үрэҕи, ханнык эрэ ис киирбэҕэ суох сирдэри ааһарга дылыбыт. Оттон оҕобун соҕотохтуу урут иннибэр ыыппытым сырдык халлаан күөҕэ ырбаахыта тойтоһуйбахтаат тыа быыһыгар сүтэн хаалар. Эккирэтэбин. Сиппэппин. Булбаппын. Ханна баран хааллаҕай диэн өҥү көрөөрү үрдүк тиит дуу, бэс дуу үрдүгэр ыттабын. Олох үөһэ таҕыстым, икки аҥы салаалаах эбит. Онтон тутуһуох буолтум нуоҕайан сууллуох курдук иҥнэйэр. Иннибэр хоп-хойуу кутуруктаах тииҥчээн утары турар бэс лабаатыгар олорорун сууллан иһэн көрөргө дылыбын. Оттон оҕом саҥата “Паапаа!” диэн ыҥырар. Оҕобун булан үөрүүбүттэн уһуктан кэлэбин.

Сааскыттан быһа оҥостуммут режиммин уларытаары утуйа сатыы-сатыы утуйабын. Бэҕэһээ сарсыардааҥҥа диэри 5 чаас иннинэ туран хаама-сүүрэ, эрчиллэ барарым. Аны сылаас буолан паркаҕа дьиэтэ-уота суох, кимнээхтэрэ биллибэт дьон үгүстүк хонор буоллулар. Онуоха бытыылка хомуйааччылары уонна түүнү быһа күүлэйдээбит, көрүлээбит пааралары эбэн кэбис. Дьэ ити иһин, аны 6 чаастан бараары найыланан сытабын.

Бүгүн Алеша биһиги төрөөбүт күммүт. Киэһэ Дьөгүөр, Хабырыыс, ийэм буоламмыт биир коньягынан бэлиэтиибит.

Тыаллаах хаҕыс тымныы күн буолла.

03.06.71. Бүгүн ГЭК үлэтин саҕалаата. Мин дипломун салайбыт студеным И. Левин 4 сыанаҕа көмүскээтэ. Биэһи да биэриэхтэрин урукку өттүгэр бэрээдэгэ мөлтүү сылдьыбытын аахтылар.

06.06.71. Үгэспинэн сарсыарда паркаҕа тахсыбытым, били мин иилии эргийэ сүүрэр стадионум дьон олорон көрөр сирдэрин уоттаан кэбиспиттэр. Өссө еврейдэр кылабыыһаларын аттынааҕы эстраданы эмиэ хара хоруонан көрдөрбүттэр.

07.06.71. Соҕотоҕун Күөххонууга киирэ сырыгтым.

11.06.71. Үс дипломаным ситиһиилээхтик көмүскээтилэр. Киэһэ Ф.С. кэргэнинээн тиийэн кэлбиттэр. Бу күннэргэ сарсыарда паркаҕа бардаҕым ахсын, гражданскай таҥастаах КГБ үлэһиттэрэ кэтииргэ дылылар. Арааһа, миигин уоттаабыта буолуо дииллэр быһыылаах. Хаамааччылар үксүлэрэ, барылара даҕаны диэххэ сөп, даачаларыгар көспүттэрэ. Арай мин эрэ ол дойдуга дуурданабын.

Быйыл кыһыҥҥытааҕы олохпун, үлэбин устунан Маша туһунан санаан харахпын симмэтим. Уруккум курдук дойдубар да соччо дьулуспаппын. Ол да буоллар хаһан эргийэн кэлиэхпэр диэри дьиэбин хатаан баран, Даркылаахтыыр автобус тохтобулун диэки суос-соҕотоҕун сукуҥнуубун. Оҕолорбор уонна дьоммор ону-маны ылбытым эчи сүгэһэрим улахана, ыарахана бэрт. Трамвайга Е.И-ны уонна А-ны көрсүтэлиибин да хайаларын да кытта кэпсэппэккэ бэйэм санаабын кытта бэйэм каюта ойоҕоһугар олоробун. Туох да миигин сэргэҕэлэппэт. Бэл, бу аатырар улуу өрүс көстүүтэ даҕаны мин күннээҕи олоҕум курдук чуҥкук, туох да киһи кэрэхсиэҕин булбаппын. Сайыҥҥы да олоҕум ол курдук ааһарын биллэрбин даҕаны, инним диэки устан иһэбин…

27.07.71. Быйыл моой оттуубун да, ходуһам аанньа үүммэтэх буолан хотуурум да, санаам да хоппот. Аҕыйах бугулланным. Чүөллэрэҕэ бара сылдьаммын балаҕаммыт иһигэр бочугурастар киирэн олороллорун көрөн баран былыргылыы айыырҕаан ыппатым. Тыаҕа тахсан түспүттэрин эккирэтэн көрдүм да, булларыахтара дуо?.. Төннөн кэлиибэр түннүгүнэн өссө үс бочугурас оҕолоро көтөн тилигирэһэн тахсыбыттарыттан соһуйан эрэ хаалабын. Быйыл сайыны быһа оһох, холумтан ыраас буоругар суунан, сөрүүкээн суоллара-иистэрэ сүрдээх эбит. Сарсыарда өттүгэр биир улары өлөрбүппэр икки куһу ханыылыыбын.

… Кыра дьиэбэр кэлэн баран утуйан биэрбэппин.

Хаһааҥҥа диэри бу курдук сулумах сылдьабын? Оҕолорум барахсаттар, ийэм даҕаны, аһыыр-аһаабат кэриэтэ сылдьаахтыыллар. Быйыл сайын үс мөһөөҕүнэн кыттыспытым да, хотууска ону улахаҥҥа уурбат. Кинилэр астара да диэхтээн биллэр буоллаҕа. Ол гынан баран дьыала онуоха эрэ буолбатах. Оҕолорум, мин бэйэм даҕаны наһаа тулаайахсыйдыбыт, туоххаһыйдыбыт.

13.08.71. Кини мааҕыын миигин уһугуннарарыгар номнуо биэс чаас ааһан эрэрэ. Мин олох даҕаны утуйан хаалыах эбит этим. Сылайбытым, төбөм да ыалдьара соччо. Билигин даҕаны үчүгэйэ суохпун. Ол гынан баран кэргэним өлүөҕүттэн ыла аан маҥнай бу кыракый дьиэбэр дьахтары кытта, буолаары буолан эдэркээн дьахтары кытта (мин маҥнай көрөөт кыыс дии санаабытым) хоммут минньигэс өйдөбүлүм тахсан биэрбэт.

20.08.71. Сарсыарда хаама барабын. Күнүс оҕолорбун кытта тэллэйдиибин. Киэһэ аһылык кэнниттэн Мэхээлэ Ксенофоннуун мас эрбииллэр. Лээлэ уонна Алеша онтон кылгас гына эрбэммиттэриттэн хайыттаран мин дьиэбэр көтөҕөн аҕалаллар. Тимир оһохпун оттон баран хаһыатынан саҕаһалаан уматан көрөбүн да умулла турар. Кыратык хаама таарыйа аллара киирэбин. Төннөрбөр кураанах амынньыардары тоһутан уоппун күөдьүтэр санаалаах дьиэбэр кэлэбин.

Ааммын аспытым, оһох кытыытыгар борук-сорукка ханнык эрэ кыыс олорорун эмискэ көрө түһээт, били Н. Заболоцкай Марфатын саныы биэрэбин. Оттон билээт да: “Эн кэлбиккин дуу?” – диэн үөрэн саҥа аллайабын. Кырдьыга, көһүппэтэҕим. – “Уотум кыайан умайбакка моһуоктаатаҕа үһү. Чэ, үчүгэй. Плащкын уһул, ыалдьыт буол”, – диибин. – Мин бу илиибин өлөрөн куоратынан эргийэн таҕыстым. Истибитиҥ дуо?..

– Истэн.

– Чэ билигин баҕас оһоҕум уота үөрэ-көтө күөдьүйэр ини.

Мин быйыл хайаан да кэргэн көрдөһөр санаалааҕым. Ол гынан баран ону олоххо киллэрбэккэ сырыттар сылдьыбытым. Икки оҕолоох сааһырбыт киһиэхэ оннук умсугуйан туран кэлээччи ханна эмэ баара дуу, суоҕа дуу?.. Ону даҕаны биир эмэ бэйэм курдук олоххо табыллыбатах эҥин. Аны кэлэн кими эмэ кытта тапталынан холбоһор туһунан саныы да барыахха табыллыбат.

Олоҕум саамай ыарахан кэмигэр бэйэтинэн кэлэн биэрбит дьахтартан аккаастаннахпына, баҕар, Атаҕа суох Дьөгүөр курдук сааһым тухары огдообо хаалыахпын эмиэ сөп. Үгүһү өйдүү-саныы токкоолуу барбакка, сарсыарда кэргэннии дьон буолан турабыт.

Сыыстым эрэ, таптым эрэ. Наһаа эдэрэ бэрт. Миигиттэн сүүрбэччэ сыл балыс. (1947 сыллааҕы төрүөх). Быйыл эриттэн арахсыбыт. Арыгыһыта, күнүүһүтэ бэрт эбитэ үһү. Биир кыра оҕолоохпун диир. Үнүрүүн онно тахса сылдьыбыт.

Бастакы да кэргэммин кытта уот ыстанарын курдук холбоспутум. Бу сырыыга өссө оннооҕор түргэнник быһаарынар киһи буоллум.

Быллаа Үлүксээстээххэ Кэлэҕэй Юрий баарын истэммин мотоциклынан Эмистиибит. Машаны сүгүннэрэн кэлбиппэр эмиэ кини Сатаҕайга таһааран биэрбитэ. Барыта хайдах эрэ ситимнээх, сөп түбэһиилээх, быалаах-туһахтаах курдук буолан иһэр. Эт, арыы таһааран, холбоһуубутун дьоммун кытта уонна Костялааҕы ыҥыран бэлиэтиибин.

24.08.71. Шура детсадка ремоҥҥа үлэлээн түннүк самааскалаан баран, күнүс чэйдии тахсан иһэрин мин дьиэм түннүгүнэн ыраахтан көрөбүн. Кинини кытта Алеша киирсибитэ. Аллараттан Паша, Рита аргыстаһан, хаһыа да буолан ферма хотонун аттыгар кэлэллэр.

Мин сарсыардаттан туох иһин тахсыбат уонна соччонон абааһы көрбүт ыстатыйабын мүлүктүү олордохпуна Хабырыыс киирэн кэлбитэ. Мин үлэбин быраҕан, быйыл сайыны быһа ыаһахтаспыт холустуой олох туһунан кэпсээммитин салгыы олорбуппут.

Шура улахан дьиэҕэ ааспакка туораан, миэхэ быһа Алешалыын киирэн истэхтэринэ, Хабырыыс дорооболоһоот, тута тахсар. Сыала – кинини көрүү быһыылааҕа.

Сотору чэйгэ ыҥыраллар. Кыһайбыт курдук быйыл маҕаһыыҥҥа: эт, атын да туох эмэ үчүгэй суох. Арыылаах, сүөгэйдээх килиэбинэн эбиэттиибит.

Шура биһиги С. Щипачев, Н. Доризо хоһооннорун ааҕа-ааҕабыт ороммутугар сытан сынньана түһүөх буолбуппутун, оҕолор биһиэхэ оннук дуоһуйууну уһуннук көҥүллээбэттэр. Биһигини кытта тэллэйдии барсаары кэтэһэ сылдьар Дусяны, Ританы уонна бэйэм уолаттарбын илдьэ чугас тыаҕа барабыт. Шура уолаттары кытта отоннуу хаалар. Оттон Рита биһиги тэллэй хомуйаары хочуолбутун туппутунан арыычча тэйдэр-тэйэн дьиэбитигэр кинилэрдээҕэр хойутаан кэлэбит.

Шура оҕото ыалдьан Табаҕаҕа барар буолбутун истээт, мин хомойон хаалабын.

Уйбаанныырдаахха, ол илдьит аҕалбыт Табаҕа газига кэлэн турар эбит. “Толорубут!” – диэн Шураны илдьэртэн аккаастаммыттарын иһин бэйэм тахсан көрдөһөрбөр тиийэбин.

– Уһуох буоллаххына биллэрээр. Ыксаайаҕын-хайаайаҕын, сылдьыаххынан сырыт, – диибин Шура илиитин кылгастык бобо тутаат. Төһө кыалларынан долгуйбуппун биллэрбэт курдук тутта сатыыбын.

Кинини атааран баран, балачча куһаҕан аҕай буолаат, кыратык дьиэм диэки сукуҥнуубун. Киирэн ааммын саптан тугу гыныахпын булбакка сибилигин аҕай газик барбыт суолун одуулаан олоробун. Соҕотохсуйуу диэн тугун элбэхтик билбит кыччыгый, кырдьаҕас дьиэм иһэ эмиэ бэйэм курдук хомойбуттуу им-ньим…

Бу дьиэҕэ, Чүөллэрэ халдьаайытыгар турдаҕына, былыр ийэм барахсан Маймаайыттан кийиит оҕо буолан сүктэн кэлбитэ үһү. Төрөппүттэрим мин маҥнайгы оҕолоро этим. Онон мин күн сирин көрүүбэр бу дьиэ быһаччы да сыһыаннаах буоллаҕына көҥүлэ.

Машаны дьонугар Сатаҕайга урут илдьибэккэ маҥнай мантан сүгүннэрэн аҕалбытым, баара суоҕа үс түүн утуйбута. Онтон биирин мин Уус Хабырыыһы кытта балыктыы барсаммын, кини оҕону доҕордонон бэйэтэ хоммута.

Бу дьиэҕэ, ити барбыт иккис кэргэним, эмиэ урут киирбитэ. Онон бу мин өбүгэлэрим дьиэтэ (эһэм аҕата дуу, эһэтэ дуу оҥостубут буолуохтаах) мин кутум-сүрүм уйата буолуон буолла. “Аргыс тыалым” кэпсээннэрин биир сайын устата Чүөллэрэҕэ, эмиэ бу дьиэҕэ суруйбутум. Бастакы кинигэм гонорарын өйүөлэнэн, борогуоннанан Москваҕа үөрэнэ тиийбитим. Ол барыым дьоллоохтук түмүктэммитэ.

Оттон бу саҕаламмыт иккис олоҕум хайдах ис хоһооннонон тахсара буолла?..

Сэмэн ТУМАТ бэчээккэ бэлэмнээтэ.

Чолбон. – 2007. № 5

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар