«Сарсыҥҥыга сурук суруйуохха…»

Поэт Елизавета Мигалкина аата 2006 сыллаахха Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар саҕыллыбыта. Поэзия семинарыгар оччолортон даҕаны Саха сирин араас муннугуттан кэлбит үгүс хоһоонньут кыттара. Бу үгүс киһи быыһыттан норуот поэттара Савва Тарасов уонна Наталья Харлампьева тута Дьааҥыттан кэлбит эҥээркэй куоластаах учуутал кыыс тэттик хоһоонноругар харахтара тута хатаммыта. Эһиилигэр сүбэ мунньаҕынан мэктиэлэнэн поэт «Сулустар ыҥыра көрөллөр» диэн хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта.

Билигин Елизавета Мигалкина түөрт поэзия хомуурунньугун ааптара, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Хоһоонноро нууччалыы, поляктыы, татаардыы, казахтыы тылбаастаммыттара. Ыам ыйын 26 күнүгэр кини олоҕун орто омурҕаныгар үктэнэринэн эҕэрдэлээн туран, саҥа хоһооннорун ааҕааччыларыгар билиһиннэрэбит.

Гаврил АНДРОСОВ,

«Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ

       ***

Уулларбыт үйэм аҥарын эргиллэн      

                                          көрдөххө –

Сууллаллар судаарыстыбалар,

Суураллаллар дьоннор, ааттар,

Саҥардыллаллар каарталар,

Үксүүр элбэх араас теория,

Үйэлэргэ сүтүө, бүтүө суохтаах история –

Суруллар сырыы аайы саҥа трагедия…

Арай саас син биир тыллар, тиллэр,

Уол кыыска илиитин долгуйа биэрэр,

Аргыый бу олоххо сиэтэн илдьэр

Уонна барыта этэҥҥэ буолуоҕар эрэннэрэр…

Ону көрө олорон биири эрэ баҕарабын:

Лоокуут-Ромео Ньургуһун-Джульеттаны

Өлүүттэн сиэтэн тахса туруоҕун,

Олоххо үһүйээн, олоҥхо куруук баар

                                          буолуоҕун,

Сэҥээрэ истэн: «Ноо!» – диир

Сэргэх оҕолор элбээн иһиэхтэрин!..

       ***

Хаһан эрэ,

Ханнык эрэ үйэҕэ

Халадаайым эргийэрэ

Холумтан эрэ таһыгар –

Араа-бараа күннэр

Ааһаллара

Алаадьылыыр курдук

Аа-дьуотук.

Эрим ээх хоту үлэҕэ эриллэн,

Элбэҕи эппэтинэн

Эрэйбэт буола сатыырым

Эгэлгэни.

Эрээри,

Эрээри…

Эймэнийэрэ сүрэҕим

Эмиэ биир бороҥ күн бүтүүтэ,

Эмиэ күн саҕахха

Элгэлээҕинэн көрөн түһүүтэ…

Кистииллэрэ ыраах тыаллар,

Кибиргэччи сүүрдэн ааһаллара

Аттыбынан, ырааҕынан,

Ама киһи билбэт суолларынан…

Биир күн

Битигирэс сүрэхтээх

Харбаан ылбытым биир тыалы,

Хап гына олоро түһээт,

Хабылыннара турбутум

Халыан аартыгы тутуһан!..

Хаҥыл тыалы айааһаабытым

Ол курдук,

Хаалларбытым урукку олохпун,

Одурууннаах атын мөҥүөннэргэ

Салайбытым көнтөспүн,

Охсуһуулаах атын үйэлэр

Сааллаах сабырҕахтарын

Сахсыйталаан көрбүтүм,

Саатыыр кэриэтэ

Сабыта үктээн ааспытым!

Билигин чуумпуну тутан

Бигиир түгэммэр

Харахпар тиллэллэр

Хааннаах кыргыстар,

Мааны куораттар,

Маҥан кумахтар,

Бастыҥ да дьоннор,

Бараан да үөрдэр,

Кумалаан да кэмнэр,

Көмүс үйэлэр…

Төннүөм дуо

Көҥүл бу көтүүттэн

Төттөрү

Күөх кыра дьиэбэр,

Муммут киэһэбэр,

Муҥнаммыт эрбэр?

Муннукка сытар ийэбэр?..

ҺӨҔҮҤ алгыһа

Ойуулаах-оһуордаах

Орто туруу-бараан дойдуга

Отутунан түмэн

Омук дьон ортотугар

Ордон олорор эбиппит –

Ордук тымныы, ордук куйаас

Оонньуулардаах олохтордоох

Урааҥхайдыыр сахалар.

Көрө һөҕүҥ,

Истэ һэргээҥ.

Тиллэ турар,

Тылла турар

Тылбыт курдук

Алгыс аспыт

Аал Луук маспыт

Арчыламмыт буолуохтун.

Сарсыҥҥылаах үрүҥ былыт,

Бэттэх гына мичик гын.

Сарсыҥҥылаах үрүҥ күлүк,

Саарыгыра сырдыы тур.

Алам чалам.

Дуомал айхал.

       ***

Көй үгүс кэмҥэ

Күҥҥэ сыралла,

Көлдьүн тыалларга уонна

Көһүүн тылларга –

Көрүнньүккэ күлүктэтэ

Көтөн күпсүйэртэн

Күүһэ бараммыт көтөр

Күөдэкис гына түстүм

Күөх лабааҕар.

Көрбүтүм:

Көбүөхтэс тыыным намыраан,

Көхсүм түүтэ сыппаан-намтаан,

Кырыы-кыра чыычаах буолан

Кыччыгыый-кыччыгыйдык

Кыл күөмэйбинэн

Кырыымпалыы олорор

Эбиппин…

       ***

Тулам бары тилиннэ,

Хоһоон тылын сипсийдэ –

Икки Ытык Хайалар

Туймааданы куустулар,

Эбэ устар уутугар

Күлсэ-күлсэ сууннулар.

Тунах ыйа уһаата,

Кэҕэ тохтоон ылбата,

Мыраан аайы сүүс араас

Чэчик үөрэ көрүстэ,

Өрүү эдэр сүрэҕим

Күүскэ-күүскэ мөҕүстэ!..

Икки хайа иннигэр

Киириэм илииҥ иһигэр,

Уонна чэлгиэн бу күөххэ

Тылбын биэриэм эйиэхэ…

Мин сааһым мунан ханан эрэ эргийдэ,

Миигин сиэппитинэн куорат устун сүүрдэ,

Имэрийдэ баттахпыттан, иэйдэ,

Иэдэстэрбэр күн чаҕылыттан түһэрдэ!

Саас кэлэр да, сыл ылбат,

Санаа кынаттарын сарбыйбат,

Таптыыр харахтарын араарбат,

Сиэппит илиитин олох ыыппат.

Чэ, итэҕэйиим бу күлэр күҥҥэ,

Чэ, сиэттиһиим эйигин кытта –

Бу куораты бүтүннүү ылла

Саас барахсан үөрүүнэн тылла!..

            ***

Хаһыс сылын

Тунах аайы,

Сайын аайы

Уокка сыралла,

Буруоҕа тумнаста,

Ууга чачайа

Сытаан-сытаан баран,

Кураанах кытылга

Тыын былдьаһыгар

Бөтүөхтүү сыттахпына,

Сиккиэр илгийдэ,

Баспыттан ылан

Утахпын ханнарда,

«Уоскуй, чыычаах, уоскуй…» –

диэн сипсийдэ.

Өрө көрбүтүм:

Эдэркээн чиргэл тиит күлүгэр

Сытар эбиппин,

Сындалыйбыт да эбиппин,

Эстибиппин…

Күүс ыла түһүүм чэ,

Бу сөрүүн күлүккэ…

       ***

Олоробут биһиги одурууннаах олох

                                                      хонуутугар,

Күн аайы киирсэбит өһөгөйдөөх күүһү утары –

Үрүҥ-хара охсуһуута күн аайы аймыыр,

Тыын былдьаһыга баар сэниэни эһэр-

                                                      барыыр.

Олорбута өбүгэм эмиэ күн аайы

                                          туруулаһыыга,

Умайардаах уот куйаастан хабараан

                                                      тымныыга

Алгыһынан үрүҥ тыыны өллөйдүүр туһугар

Туллаҥнаабат тулааһын буола турарбытыгар.

Абытайдаах арҕастары туоруурга,

Эстэ-эстэ тиллэ турарга

Баар буоллуннар мин кыракый омукпар

Күн Айыыга этиллибит алгыстар.

Олордохпут буоллун одурууннаах олох

                                          хонуутугар

Арҕаһыгар тэһииннээх күн аймах сахалар

Өндөл халлаан өрүү үрдүү турарын уруйдуу,

Сардаҥалаах санаа сырдыы үүнэрин

                                          айхаллыы!

       ***

«Тугу да күүтүмэ

Бу халлаантан,

Туолан турар харахтаргынан

Көрүмэ,

Буспатах балык миинэ туманы

Кыйдыы сатыы,

Уһуур күөстэ өрүнүмэ,

Устар күннээҕинэн

Бүгүҥҥүгүн толор,

Ол курдук – олор».

Син биир көрүөм

Үрүҥ күнү –

Үрүк-түрүккэ,

Тумарыкка, аам-даамҥа,

Сулустара да суох

Хараҥа халлааҥҥа.

Ханныы эрэ ханна

Ханна-ханна биллэр

Чараас ырыаҕа

Чаалыйа иһиллиэ

Күөх сайын –

«Дьээ-буо», «һыттыа-һыттыа»,

Оччоҕо

Сүтүө-бүтүө бу кыһын,

Сайгыл найгы салаллыа…

«Һыттыа-һыттыа…»

САРСЫҤҤЫГА СУРУК

Сарсыҥҥыга сурук суруйуохха –

Кугас кэмбиэр иһигэр

Араас санаалары угуохха,

Кырыалаах түннүктэн

Кылайан көстөр сулустары хомуйуохха,

Остуолга сытар кинигэбиттэн

Саамай сылаас тылларын

Кичэйэн устан ылыахха,

Иһэ олорор чэйбиттэн

Сибэккилээх хонуу сытын

Сэрэнэн кэмбиэргэ үрүөххэ,

Оҕом уруһуйун кырыйбытын

Таһыгар холбуу тутуохха.

Сарсыҥҥыга сурук суруйуохха,

Мин ситэрбэтэхпин

Эһиэхэ салгыы ыытыахха,

Сир үрдүнэн суруктары көтүтүөххэ,

Сарсыҥҥыттан сарсыҥҥыны баар гына

                                                      туруохха.

Сарсыҥҥыга сурук суруйуохха!..

Елизавета Мигалкина

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар