Духуобунай эдьиийим

(Филологическай наука доктора, литературовед

Дора Васильева төрөөбүтэ 80 сылыгар)

Биллиилээх литературовед уонна кириитик, филологическай наука доктора Дора Егоровна Васильева биһикки, Баһылай Куолдьарап тылынан эттэххэ, өлөр доҕордуу этибит.

Кини мин эрэ иннибинэ Тыл, литература уонна история институтун аспирантуратын бүтэрээт, 1974 сыллаахха кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ, үлэһит буолбута. Оттон мин университеты бүтэрэн институт аспирантуратыгар 1972-1975 сылларга үөрэммитим. Кини диссертациятын салайааччыта бөдөҥ үлэлэрдээх, ытык-мааны Гаврил Ксенофонтович Боескоров этэ. Мин кинини кинигэлэринэн билэрим уонна идеологическай мөккүөрдэргэ кырдьык иһин турунааччы, литературнай нэһилиэстибэни быһаарыыга халбаҥнаабат литературовед быһыытынан мунньахтарга көрөрүм. Бука ол иһин буолуо, кини үөрэнээччитин Дора Егоровнаны кытта чугасыһан барбытым.

Мин кини дьүөгэлэрин Татьяна Румянцеваны (кинигэ кыһатын редакциятын сэбиэдиссэйэ) уонна Раиса Аммосованы (оччолорго аспирант) кытта эрдэттэн билсэрим. Кэлин үһүөн бэйэлэрин дьиэлэригэр литератураҕа, тыйаатырга сыһыаннаах эдэрчи дьоннору (олор истэригэр, саастаах да буоллар, литератураҕа хойутуу талааннаахтык киирбит Далан баара) тардан, литературнай салон хабааннаах түмсүүнү тэрийбиттэрэ. Онно Николай Лугинов, Андрей Борисов, мин, Харысхал, хам-түм Наталья Харлампьева, түһүк кэмнэргэ Софрон Данилов, Гаврил Колесов сылдьаллара. Бу үс дьүөгэлиилэр биһиэхэ, Айыы Умсуур удаҕан курдук, эдьиийдэрбит диэн ытыктабыллаахтык ааттаналлара. Түмсүүттэн хас да норуодунай суруйааччы (Далан, Лугинов, Харлампьева, Харысхал), Борисов курдук аатырбыт режиссер, норуодунай артыыс, уонна мин, П.А. Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, Дора Егоровна наука доктора, Раиса Терентьевна наука кандидата таҕыстахпыт. Онон ол «салон» бэйэтин кэмигэр улаханнык суолталаммыта. Онно арыый аҕа саастаахпыт Дора Егоровна баһылыыр-көһүлүүр оруоллааҕа.

Дора Егоровналыын үчүгэйдик өйдөһөрбүт, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэрбит, санаабыт, дьулуурбут биирэ. Кини – Бүлүү, мин – Тааттабын. Хайа да өттүнэн хаан аймахтыы буолбатахпыт. Ол эрээри кинилиин адьас аймахтыы сананарбыт. Муҥар кини Егоровна, мин Егоровичпын. Бука ол иһин үгүс кинигэлэрин «бырааппар» диэн истиҥ тыллаан бэлэхтиирэ. Онтон биир холобур. «Народные писатели Якутии» диэн мин киирии тыллаах 1995 сыллаахха «Бичиккэ» тахсыбыт кинигэтин бэлэхтииригэр маннык суруйбут: «Бырааппар, доҕорбор, олох араас күчүмэҕэйдэрин тэҥҥэ үллэстэн иһэр атаспар Николай Егоровичка дириҥ махталы, үтүө баҕарыылары кытта. Д. Васильева. 23.Х.95 с.»

«Олох араас күчүмэҕэйдэрин тэҥҥэ үллэстэн» диэн Дора мээнэҕэ эппэтэх… Россия Суруйааччыларын сойууһугар киирэрбит саҕана Дора биһиккини, биир угунньаҕа уган, киксэн кэлэн, тэбис-тэҥ гына сотон таһаарар түгэннэрэ баара. Оччолорго ол, биллэн турар, олус кыһыылааҕа да, буруйа суох эрээри, абаансанан «куһаҕаны оҥоруохтара буоллаҕа дии» диэн, суоһурҕанан, тохтотон харгыстыы сатаабыттарын да иһин, Дора урут, мин арыый хойутуу син биир Россия Суруйааччыларын сойууһун билиэтин ытыспытыгар тутар күннэммиппит…

Дора элбэх кинигэни суруйан-айан, Казахстан (Орто Азияҕа улахан учуонайы гылым диэн ааттыыллар. Казахстаннааҕы дипломар ити тыл суруллубута – чиэс бэлиэтэ) уонна Россия наукаларын докторын степенин ылыан ылбыта. Сахалыы уонна нууччалыы дэгиттэрдик суруйара. Онно үөрэнэн ылбыт английскай уонна ньиэмэс тылларын эбэн кэбиһиҥ. Уус-уран айымньылары дьиҥнээхтик сыаналыыр кыахтаах, чиҥ билиилээх, мындыр чинчиһит этэ. Дьиҥэр кини сахалыы суруйарын быдан ордороро буолан баран, Россия, атын өрөспүүбүлүкэлэр ааҕааччыларыгар төрөөбүт литературатын ситиһиилэрин тиэрдэр баҕаттан, кинигэтин үксүн нууччалыы суруйарга тиийэрэ. Итиниэхэ кини үс оҕолоох ыал ийэтин эбээһинэһин энчирэппэккэ толоро-толоро, утуйар уутун сарбыйан суһаллык үлэлииргэ үөрэммитэ. Аны күннэтэ Институт үлэтигэр эриллэрэ, бары отчуоттары кэмигэр оҥорон иһэрэ (отчуот диэн элбэх буолара). Олус таһаарыылаахтык үлэлээн, бэйэтин эйгэтигэр баһылаан-көһүлээн испит учуонай буолбута. Онуоха эбии бырабыыталыстыба, Суруйааччы сойууһа, «Чолбон» сурунаал үгүс сорудахтарын кэмигэр толорооччу, үбүлүөйдэргэ дакылааттааччы, тыл этээччи – эмиэ кини.

Литературовед уонна кириитик быһыытынан норуодунай суруйааччылар Николай Якутскай, Софрон Данилов, Болот Боотур, Далан, Николай Лугинов прозаларын дьоһуннук сыаналаабыта, кинилэр бөдөҥ айымньыларын ситиһиитин Сойуус киэҥ ааҕааччыларыгар итэҕэтиилээхтик тиэрдибитэ.

Билигин өйдөөтөххө, олус да элбэх түбүктээх-садьыктаах эрээри, ыктарбытын да иһин, барытын бүтэрэр-оһорор үгэстээх ньуура суох үлэһит эбит. Ол иһигэр аспираннара, устудьуоннара, консультациялаһааччылара бириэмэтин ылаллара.

Чугас дьонун, доҕотторун кыһалҕаларын ис сүрэҕиттэн тэҥҥэ сүксүбүтэ элбэх этэ. Умнууга соҕус сылдьыбыт орто (Семен Никифоров, Тумарча, Эдуард Соколов) уонна эдэр суруйааччыларга болҕомтотун уурары эмиэ сатыыра. Ол курдук, аҥардас мин туспунан «Уол оҕо уйана-хатана биллэн…» (2003), «Көнө суолтан туораабакка» (2007), «Киэҥ билиилээх-көрүүлээх айар үлэһит» (2013) диэн кинигэлэригэр киллэрбит ыстатыйалардаах. Мин айар үлэбэр атын ханнык да кириитик итиччэ суолтаны уура илик. Оттон мин киниэхэ анаан хас да ыстатыйалары кинигэбэр, ордук хото «Чолбон» сурунаалга бэчээттэппитим. Олору санатар буоллахха: «Бүлүү кыыһа», «Туһалаах кириитик», «Түөрт дьоһун кинигэтин туһунан дьоһуннук», о.д.а.

Кэлин сүүрбэччэ сылбын анаабыт историяҕа анаарыыларбын арай Дора сыаналаабыта: «Арааһа, кэлин ааккын ааттатарыҥ итилэр буолууһуктар», – диэбитэ миэхэ күндү. Аны «Куорат уота» проза кинигэтигэр киирбит кэпсээннэрбин, тылбаастарбын кини бастаан сэҥээрбитэ, суруйууһуккун диэбитэ. Ол иһин «Бичиккэ» кэпсээннэри киллэрбитим, билигин тахсарын кэтэһэбин. Дора Егоровна киһиргэтэн эрэ эппэтэх буолуохтаах, бука. Мин бэйэм даҕаны сюжеттаах хоһооннорго охтуулаах киһи кэпсээннэргэ киириэхпин бэркэ баҕарарым да, бириэмэтэ суох аатыран, кэтэмэҕэйдээн, олус хойут саҕалаабыт эбиппин. Урут кэлэ сылдьыбыт башкир суруйааччыта Нугуман Мусин мин хоһоонум подстрочнигын истэн баран эдэр эрдэхпинэ эппиттээх: «Эн хоһоонтон кэпсээҥҥэ киир… Мин маҥнай икки хоһоон кинигэтин таһаартаран баран, прозаҕа көһөн сүүрбэччэ сэһэни суруйдум… Мин санаабар, эн дьоҕуруҥ прозаҕа быһыылаах», – диэбитин дьиибэргии истибитим. Итини доҕорум Дора бэлиэтии көрдөҕө дуу?

Дора биһикки айар эрэ үлэбитин буолбакка, тус олохпутун-дьаһахпытын эмиэ кэпсэтэрбит. Кини хаһан да үҥсэргии сылдьыбат киһи улам ыга ылан иһэр ыарыытын, кэлин сыллардааҕы дьиэтээҕи кыһалҕаларын быктарар буолан испитэ. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ тахса сылдьыбыт иэдээни сүрэҕэр ыттара ылынан, уоскута, ити моһолу туоруурга эрдээх хааҥҥа иитэрэ. Биир кэмҥэ үөрүүнү-көтүүнү өрүкүтэргэ көҕүтэр көҕөрөн көстөр утаҕы өрө туппат буолбуппуттан, туттуммуппуттан, олус үөрбүтэ. Кытаанах санаанан кытаахтаан ылыах кытаҕастан кыайыылаах тахсыбыппар эдьиийдии эйэргээбитэ. Кини оннук, киһи үчүгэй буоларыгар баҕалаах, ыраас куттаах киһи этэ. Харыстыыр, алгыыр сыһыанын эндэппэтэҕим. Миэхэ эрэ буолуо дуо, Дораны элбэх киһи ахтыа, аһыйыа.

Өр сылга Дора Егоровна П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни аныыр хамыыһыйа чилиэнэ буолан, элбэх лауреаты үүннэрбитэ хайаатар да бэлиэтэниэхтээх. Кини саха литературатын проза жанрын бары бөдөҥ айымньыларын сөпкө сыаналаан, литература сайдарыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Поэзияҕа даҕаны бэрт мындырдык, ылыннарардыы чинчийэн, сахалыы дьахтар суруйааччылары өйөөбүтэ.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын биир ытыктанар чилиэнэ кини этэ. Уопсай дьыала туһугар дьиҥнээхтик ыалдьар, кырдьыксыт учуонай. Ол эрээри олус аһыныгаһа, уйан куттааҕа, дьону үрдэтэ сылдьар үтүө майгылааҕа, чахчы саха литературатын Далбар Хотунун аатын ылыан сөптөөҕө.

Кэлиҥҥи икки сылга Дора Егоровна ылсыбыт дьыалатын дьулуурдаахтык тиһэҕэр тириэрэн, Иван Федосеев–Доосо олоҕун, айар үлэтин чинчийбит улахан үлэтин бэйэтин харчытынан күн сирин көрдөрбүтэ. Бу кини кэриэс үлэтинэн буолбута. Миэхэ, үгэһинэн, истиҥ тыллаан бэлэхтээбитэ. Кинигэтин эрэдээксийэлээн эдьиийбэр көмөлөспүтүм. Итиннэ кини тиһэх күүһүн-күдэҕин барытын биэрээхтээбитэ.

Дьэ, нус-хас буолуоҕун сөп этэ да, аны Ойуку романнарын чинчийиитин саҕалаабыта. Ол иннинэ миигиттэн уларсан кини хоһоонунан айымньыларын ырыппыта. Ойуку литератураҕа поэт, кириитик, хомуйан оҥорооччу быһыытынан киирбитэ. Кини түөрт кинигэлээх «Хоболоох суол» романын Дора Егоровна Даланы, Николай Лугиновы уонна «Ол үйэлэр дуорааннара» диэн икки кинигэлээх романы бэчээттэппит Николай Петров (Мэҥэ Хаҥаласка уһуннук олорон үлэлээбитэ) диэн сааһыран иһэн уратылаах айымньыны хаалларбыт суруйааччыны кытта бииргэ тутан ырытар баҕалааҕа. Ол эрээри айбыт таҥарата оҥкуллаабыт кэрдиитэ Ойукуну утары уунар кыаҕы киниэхэ биэрээхтээбэтэҕэ – бу орто дойдуттан илдьэ бараахтаабыта. Арай биир эмэ үөлээннээҕэ Дора Егоровна баҕатын салҕаан, Ойуку курдук улахан суруйааччы бөдөҥ айымньытын сыаналыа буолаарай? Хайыахпытый… Дьылҕа Хаан ыйааҕа кытаанах! Хомойуох иһин, сир ийэҕэ киһи баҕата барыта туолбат. Өлүөр сылдьыбыта буоллар, Дора Егоровна Ойукутун да кыайыаҕар, тиһэҕэр тиэрдиэҕэр ким да саарбахтаабат буолуохтаах.

Дора Егоровна айар үлэһит быһыытынан былааннаабытын үксүн толорон барбыт дьоллоох киһи. Ол бэрт аҕыйахтар аналлара. Бэриниилээх кэргэн, ыал ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ буолан сирдээҕи дьолу толору билбитэ. Кини кэриэһин биһиги, доҕотторо, үйэтитэр ытык иэстээхпит. Кини бэйэтэ үтүө дьүөгэлэригэр – Татьяна Ивановнаҕа, Раиса Терентьевнаҕа аналлаах ахтыы кинигэлэрин таһаартарбыта. Бу бэлэмнэммит кинигэ бэчээттэннэҕинэ үс дьүөгэлии эдьиийдэрбитин кэриэстээтибит диэх этибит.

Күүстээх үлэни үлэлии сылдьан, хомус тыла тосторун курдук, үтүө доҕорбут 80 сааһын туолбакка барбыта төһө да хомолтолооҕун иһин, хаалбыт оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, дьүөгэлэрэ, доҕотторо, биир санаалаахтара Дора Егоровнаны хаһан да умнуохтара суоҕа! Кини оннук олоххо элбэх ситиһиилээх, бэйэтин харыстаммакка дьон туһугар үлэлээбит киһи.

Духуобунай эдьиийим аны суох. Кини айар, общественнай темпераменын салгыыр дьоһун кыргыттар, дьахталлар иитиллэн тахсаллара эрэйиллэр. Биһиги эдэрчи көлүөнэбититтэн, баҕар, тахсыахтара. Дора Егоровна өйөөн сойууска киллэрбит дьоно балаччалар. Ол иһигэр кини институкка бииргэ үлэлээбит ыччаттара бааллар. Олох хаһан да инникилээх, кэтэһиилээх…

Биһиги көлүөнэ Дора Егоровнаны хайаатар да ырайга ыттыа, кут-сүр буолан, ахсыыр-мөлтүүр күммүтүгэр тыыннааҕар курдук дүҥүрүгэр түһэрэн ылыа дии саныыбыт.

Николай Винокуров–Урсун,

П.А. Ойуунускай аатынан

судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар