Бүгүн, алтынньы 31 күнүгэр, Дьокуускай куорат Горькай уулуссатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Казань скверэ арылынна. Сквер сүрүн киэргэлинэн Сэбиэскэй Сойуус Геройа, ССРС Ленин бириэмийэтин лауреата, поэт, байыаннай суруналыыс Муса Джалиль боруонсаттан кутуллубут мэҥэ сэбэрэтэ буолла. Тэрээһиҥҥэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин премьер-миниистирин солбуйааччыта, Татаардар аан дойдутааҕы конгресстарын төрүт сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Василь Шайхразиев салайааччылаах дэлэгээссийэ кытынна.
Бу уруулуу регионы кытта ситим 2021 сыллаахтан ордук бөҕөргөөтө, ити сыл Татарстаҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытыллыбыттара. Ол чэрчитинэн биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев уонна Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Рустем Минниханов экономика, култуура уо.д.а. эйгэлэргэ бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥ баттаспыттара. 2022 сыл бэс ыйыгар Саха сиригэр Татарстан күннэрин чэрчитинэн Рустем Минниханов кыттыылаах Дьокуускайга Казань скверин оҥоруу олуга ууруллубута.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыбыт Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов: «Муса Джалиль мэҥэ сэбэрэтэ Дьокуускай куоракка туруута биһиэхэ, саха суруйааччыларыгар, ураты суолталаах. Бу – Саха сирин уонна Татарстан Өрөспүүбүлүкэлэрин суруйааччыларын сойуустарын өр кэмнээх доҕордоһуутун бэлиэтэ. Татаар буойун-поэтын өйдөбүнньүгэр биһиги син биир Өксөкүлээхпит, Ойуунускайбыт мэҥэ бэлиэтигэр курдук ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахпыт, сүгүрүйүөхпүт. Биһиги айар холбоһуктарбыт 2015 сылтан ыла биир ситимнээхтик үлэлииллэр. Хардарыта саха уонна татаар поэзиятын, прозатын антологияларын таһаарыстыбыт. Билигин СӨ бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Тас сыһыан миниистирэ Гаврил Кириллин өйөбүллэринэн татаар оҕо литературатын антологиятыгар үлэлэһэ сылдьабыт. Бу уустук жанрга ылсыы бырааттыы норуоттар сыһыаммыт өссө истиҥ буолбутун кэрэһилиир».
Аҕа дойдуга таптал чаҕылхай холобуругар кубулуйбут татаар поэта Муса Джалиль мэҥэ сэбэрэтин аллараа өттүгэр поэт Архип Абаҕыыныскай 1960-с сылларга сахалыы тылбаастаабыт строкалара көмүс буукубаларынан суруллубуттара тылларбыт уруу буолалларын сэргэ саха уонна татаар литератураларын доҕордоһуута дириҥин кэрэһилииллэр.
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ