ТЫЛБААС САЙДАР КЫАХТААХ
Мин соторутааҕыта саха литературнай тьлбааһа сайдарыгар сыралаһан үлэлэиир дьоннортон биирдэстэрин —суруйааччы тылбаасчыт, критик, Российскай Федерация уонна Саха сирин культуратын утуөлээх үлэһитэ Дмитрий Васильевич Кириллини көрсөн айар үлэтин тула сэһэргэстим.
— Дмитрий Васильевич, эн урут улахан салайар үлэлэргэ үлэлээбит киһи хаһааҥҥыттан ыла тылбааһынан үлүһүйэн дьарыктанаҕыный?
— Литературнай тылбааһынан хаһыакка үлэлиэхпиттэн, ол аата 1950-с сыллартан саҕалаан ылсыбытым. Литератураны чугастык ылынар буоламмын, бэйэм да суруйан бэчээттэппэтэҕим иһин, хара бастааҥҥыттан нуучча литературатын бастыҥ айымньыларын сахалыы тылбаастыыр баҕалааҕым. Оччолорго республика xaһыаттapa «Эдэр коммунист» уонна «Кыым» тылбаастары элбэхтик бэчээттиир этилэр. Ол кэми туһанан нуучча бастыҥ суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастыырга сыыйа ылсыһан барбытым. Хаһыат кээмэйигэр сөп түбэһэр кэпсээннэри элбэҕи тылбаастаабытым. Олортон Юрий Рытхэу, Юрий Шамшурин, Антон Чехов уонна Максим Горькай чаҕылхай кэпсээннэрэ хаһыакка бэчээттэнэннэр үөрбүппүн-көппүппүн бэлиэргэ диэри өйдүүбүн. 1960 сыллаахха Даниэль Дефо «Робинзон Крузо олоҕо уонна дьикти мүччүргэннээх сырыылара» диэн кинигэни тылбаастаан бэчээттэппитим. Бу аан бастакы улахан үлэм этэ. Онтон эрдийэн Валентин Катаев «Соҕотох баарыс туртанхыыр» уонна Михаил Шолохов «Дон кэпсээннэрэ» айымньыларын тылбаастаабыллын дьоһуннаах үлэ быһыытынан сыаналыыбын. Ити курдук сыыйа улахан айымньыларга киирсибитим.
— Нуучча классиктарыттан аан бастаан кимтэн саҕалаабыккыный?
— Куприн аатырбыт «Олеся» сэһэнин уонна кэпсээннэриттэн тылбаастарбын аабааччылар сэҥээрбиттэрэ. Сыыйа Лев Толстой оҕолорго кэпсээннэрин, үгэлэрин, остуоруйаларын кытта ылсаммын сүүрбэччэ бэчээтинэй илиистээх улахан кинигэни бэчээттэппитим. Маны сэргэ Киргизия, Казахстан суруйааччыларын айымньыларын бэчээттээһиҥҥэ кыттыыны ылбытым. Бэйэм матырыйаал хомуйан элбэҕи үлэлэспитим. Саамай уһуннук казах классига Мухтар Ауэзов икки туомнаах «Абай суола» роман-эпопеятын тылбаастаабытым. Саха ааҕааччылара билэллэрэ буолуо, 1995 сыллаахха Абай үбүлүөйүнэн сибээстээн бастакы туома 40 бэчээтинэй илиистээх бэчээттэнэн турар. Иккис туома харчы көстүбэккэ баччааҥҥыга диэри бэчээттэнэ илик. Ол да буоллар Мухтар Ауэзов 110 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн иккис туома бэчээттэниэхтээҕин туһунан кэпсэтиилэр бараллар. Кэнники сылларга Саха республикатын бастакы президенэ Михаил Николаев «Родом с Севера» диэн Саха сирин былыргытын уонна билиҥҥитин хабар икки туомнаах улахан публицистическай кинигэтин тылбаастаабытым. Бу кинигэ 2 тыһыынча экземплярынан тахсыбыта.
— Билиҥҥи үлэҥ туһунан кылгастык тугу кэпсиэн этэй?
— Тылбааспынан салгыы үлэлиибин. Быйыл Саха сиригэр Россия суруйааччыларын секретариатын көһө сылдьар пленума буоларынан сибээстээн Россия суруйааччыларын бастыҥ айымньыларын тылбааһын народнай поэт Савва Тарасовтыын бэлэмнээн таһааттаран эрэбит. Бу күннэргэ Москваҕа бэчээттэниэхтээх. Үлэлиир баҕа хара 6aһaaм. Эбээн биллиилээх суруйаччыта Андрей Кривошапкин оҕолорго аналлаах кэпсээннэрин былырыын бэчээттэтэн турабын. Литературнай тылбааһы улаханнык сөбүлүүбүн, ааҕааччыларга туһалаах, саха суруйааччыларыттан итэҕэһэ суох ааҕаллар дии саныыбын.
— Дмитрий Васильевич, саамай улахан айымньыгын «Абай суола» кинигэҕин кытта төһө өр үлэлэспиккиний?
— «Абай суола» кинигэбин сүүрбэттэн тахса сыл устата тылбаастаабытым. Үлэм кэнниттэн бириэмэ ордорунан сыраласпытым. 80 бэчээтинэй илииһи тылбаастыыр олус сыралаах, илистиилээх. Онтон суруйааччы хараҕынан көрөн тылбаастыыр өссө ыарахан, эрэйдээх.
— Чахчы оннук. Эн санааҕар Саха сиригэр литературнай тылбаас суолтатын төһө өйдүүллэрий?
— Ити ханнык кэмҥэ олороргуттан тутулуктаах. Сэбиэскэй кэмнҥэ тылбааһы улаханнык өрө туталлара. Ол да иһин Россия саамай элбэх ааҕааччылаах дойдунан буолбута. Холобура, Орто Азия, Кавказ, Прибалтика норуоттарын тылларынан суруллар айымньы тутатына нууччалыы тылга тылбаастанан бары норуоттар иккис төрөөбүт тылларынан — нуучча тылынан ааҕар кыахтанара. Дьыала онон эрэ бүтэн хаалбата, аны национальностар тылларынан суруллубут чулуу айымньылар нууччалыы тылтан атын национальностар тылларыгар тылбаастанан, өссө элбэх, өссө киэҥ ааҕааччыланаллара. Кэнники сорох ааҕааччылар тылбаас суолтата сүттэ диэн этэллэр. Сахалыы тылынан дьиҥ’нээхтик дьарыктанар киһиэхэ тылбаас суолтата хаһан да сүппэт дии саныыбын. Ханнык суруйааччы айымньыта биһиги ааҕааччыбытыгар ордук ааҕылымтыатын, туһалааҕын уонна таба түбэһэрин булан таба тайаныахха наада. Мээнэ үлүбээй аҥаар кырыытыттан түбэһиэх тылбаастааһын сыыһа. Бэчээккэ өр сыл үлэлээбит уонна көннөрү ааҕааччы да буоларым быһыытынан ааҕааччы ханнык айымньыларга наадыйарын сүрэхпинэн сэрэйэн билэбин. Киһиргээбэккэ эттэххэ, ол да иһин мин тылбаастаабыт кинигэлэрим хамаҕатык атыыламмыттара.
—Тылбаас инники кэскилин туһунан туту этиэн этэй?
-Тылбаас сайдыыта үрдүкү органнар өйөөһүннэриттэн, сэҥээриилэриттэн тутулуктаах. Тылбааһы оригинал айымньыны кьтта тэҥҥэ тутан суолталыахха наада. Онно биллэн туран тылбаас хаачыстыбата үрдүк көрдөбүллээх буолуохтаах. Литературнай критиктэр анаан-минээн дьарыктаныахтаахтар. Биһиэхэ ити кыаллыбата улахан мэһэйдэри үөскэтэр. Анал литературоведтар эмиэ наадалар. Оччоҕо тылбаас сэҥээриллэн суолтата үрдүөҕэ. Биһиги анал тылбаас хомуорунньугун бэчээттээн тaһaaрарга тылбаасчыттар бөлөхтөрүн тэрийээччибит. Кэнники кэмҥэ идэтийбит автордарбыт бу үлэҕэ хамаҕатык ылсыбат буоллулар. Ол биричиинэтэ — төлөбүрэ кыратыттан тутулуктаах. Дьиҥэ да Михаил Шолохов, Лев Толстой курдук классик суруйааччылар айымньыларын тылбаастаабыттарга төлөбүрэ улахан да буолуон сөп этэ.
— Эдэр тылбаасчыттар сайдалларын, таһаарыылаахтык үлэлииллэрин туһyrap туох үлэ ыытыллыахтааҕый?
— Кинилэр үлэлэрин сурунааллар, хаһыаттар бэчээттиэхтэрин наада. Холобура, «Чолбон» сурунаал сорох автордарыгар нуучча литературатыгар тахсыбыт саҥа айымньылары сорудах быһыытынан биэрэн толотторуон сөп. Уопсайынан тылбааска улахан суолта биэрдэххэ билиҥҥи ыччаттар уонна литератураҕа киирбит саҥа күүстэр тылбааһы сайыннарыахтарын сөп. Мин онно бигэтик эрэнэбин.
Кэпсэттэ Иван ОСИПОВ.
Чолбон. — 2006 — №10