Күһүн суол саҥа турбутун кэннэ бу эҥэр көстүбэтэх сиэдэрэй оҥоһуулаах турку сыарҕаны көлүммүт ат кэлэн биһиги тэлгэһэбитигэр тохтоото. Мин күөрт күөртүү турар уолбун Бүөтүччэни «тахсаҥҥын көр» диэтим. Уолум, муннун саҥа быктаран иһэн, төттөрү түстэ. Оҕо эрэйдээх кэлбит дьон олус мааныларыттан симитиннэҕэ. Ити кэмнэргэ элбэх үлэлээх буоламмын кыһам уотун түүннэри суулаабакка үлэлиирим. Сөбүлээбэккэ гына-гына арбаҕаспын бүрүнэн таҕыстым. Ахсым көлө барахсан, хантан эрэ ыраахтан кэлбитин биллэрбиттии, кырыарбыт таныытын тардырҕатан тыбыырбахтаата, онуоха бүтэй маһыгар көнтөһүн иилэ бырахпыт бөрө истээх сонноох киһи мин диэки хайыһан:
– Ыаллар, кэпсээҥҥиэт! – диэтэ.
Хардарыам икки ардыгар, түү олбохтон орто уҥуохтаах, сүрдээх мааны таҥастаах аҕам киһи турда. Үүс бэргэһэтин кырыатыы-кырыатыы мин диэки барыҥнаан иһэрин көрдүм. Күнү-күннүктээн кыһа сыралыгар хатар буоламмын, хараҕым бэрт мөлтөхтүк көрөрө. Киһи ону сэрэйбиттии бэйэтэ кэлэн, намчы эрээри тир курдук илиитин туттаран, дорооболосто. Аата суох тарбаҕар уран уус таптайан оҥорбут ыйааһыннаах көмүс биһилэҕэ кылбас гыммытыгар, тугу эрэ уратыны оҥотторо кэлбит диэн таайа санаатым. Маннык дьон сиэдэрэй киэргэлгэ ирдэбиллээх, сэрэх уонна сэдэх да буолалларын билэр буоллаҕым дии. Кинилэр көмүс оҥоһук сыанатын бэрт үчүгэйдик билэллэрэ уонна сөбүлээтэхтэринэ, тугу даҕаны кэрэйбэккэ төлөһөрү эмиэ сатыыллара. Бу эҥээр оннук дьонунан Оруоһуттар, Кулачыактар, Дабыыдаптар, Сэлэпсиэптэр аймах биллэллэрэ. Кинилэр дьахталларын симэхтэрэ, аттарын таҥаһа ураты буолуохтааҕын ирдииллэрэ. Мин ити кыахтаах аймахтарга элбэхтик уһаммыт буоламмын, барыларын кэриэтэ билэрим. Кэлбит ыалдьытым кинилэргэ майгыннаабат, онон ыраахтан, атын сиртэн иһэр буолуон сөп.
– Дорообо, доҕоор, Боппойоон Уус диэн эн буоллаҕыҥ? – диэн, хатан куолаһынан ыйытта.
– Ээ, мин. Туох сонуннаах дьон сылдьаҕыт? – саха үгэһинэн хардары ыйыттым.
– Кэпсээтэххэ, элбэх буолуо. Бу эйигин сураһан-сураһан тиийэн кэллим. – Киһим саҥардаҕын аайы хайдах эрэ ыгдах гыммахтаан ылар идэлээх эбит. – Халлаан да киэһэрбит, манна тохтоон, хонон ааһар инибит, – диэн ыйытар икки, санаатын иһитиннэрэр икки ардынан этэн баран, мин диэки көрдө.
– Тыый, хонумуна, бачча хойут ханна айанныаххытый? Сыччыай, Бүөтүччэ, ити көлөнү сойбутун кэннэ оннун буллараар.
Үөс сиртэн сонун истэр биһиэхэ дьол кэриэтэ этэ. Балаҕаҥҥа киирбиппит, дьонум хайыы-үйэ дьиэлэрин-уоттарын өрө тардынан, мааны хоноһолору көрсөргө бэлэмнэнэ охсубуттар. Эмээхсиним Аана уонна балтым Балбаа мааны таҥастарын таҥнан, балаҕаным иһин сырдаппыттар. Иним Көстөкүүн, туһах көрө барбыт буолан, суоҕа, ойоҕо Сүөкүлэ тугу эрэ тигэн бодьуустаһа олорор. Көстөкүүн биһикки сыры-сыллата кыргыттарбыт төрдүөн уот иннигэр сыахай оонньоон букунаһаллар.
Дьон, ис киирбэх, чэбэр балаҕаҥҥа киирэн, санаалара лаппа көтөҕүлүннэ:
– Ыаллар, дорооболоруҥ. Туох айылаах кэрэ саарыстыбатыгар түбэстибит… – диэн, балаҕан иһэ толору дьахтар аймах буоларын көрөн, киһим дьээбэлэннэ.
Ити тыллартан дьонум, симиттибит майгылара көнөн, мичээрдэһэ түстүлэр.
– Баһаалыста ааһыҥ, ыалдьыт буолуҥ, – Аанчыгым, үөрэхтээх, сайдыылаах дьон кыыстара буолан, биир баайыылаахтарын көрсөрүн сөбүлүүрэ. Баар-суох мааны иһитин-хомуоһун хостоон остуол тарта. Үөрэммэтэх буоламмын мааны остуолу тартаҕына, мин илиим-атаҕым баайыллан, айахпар ас даҕаны барбат буолара. Ол оннугар бор-тор аһылыкпын ордорорум. Ити эрээри мааны дьон үгэстэрин ытыктыырым кэмнээх буолуо дуо, биир үксүн эһиги эбэҕит Аана санаата табыллан хааман-сиимэн дугуйуктанарын көрөрбүттэн да дуоһуйарым. Сотору Көстөкүүн киирэн, үөрэ-көтө аһаатыбыт.
– Кэрэ сибэккилэр ортолоругар олорон аһыыртан ордук дьол бу орто дойдуга баара буолуо дуо? – кэрэни сыаналыы үөрүйэх киһи сиэринэн хоноһобут, тулатын эргиччи көрө-көрө, сотору-сотору өрө тыынар.
Онно көрбүтүм, кырдьык, биһиги дьахталларбыт талбыт курдук олус да кэрэлэр эбит этэ.
– Соппуруон, дьоллоох да дьоҥҥут, – диэмэхтиир. Кини дириҥ дьирбиилээх хараҕын түгэҕэр туох эрэ санаарҕабыл толбоно арахпаттык олорсо сылдьара. – Онтон бу мин ыраах, Суола үрэх төрдүттэн, баар-суох мааны оҕобор анараа дойдуга аттанар кэриэс симэҕин куттарар баҕалаах кэлэн олоробун.
Итини истэн, этим тымныйан ылла. Күлэ-үөрэ олорбут дьонум ах бардылар.
– Тылым тахсыбата сүрдээх… Антах ким даҕаны ылымматаҕа… – Ыалдьыппыт ыгдаҥныыра бэргээн, бөтөн ылаттыырга дылы гынна. – Мин даҕаны чыычааҕым киһилии киһиэхэ түбэспитэ буоллар, ама, айбыт аҕата аан дойдуну кэрийэн ытыы-соҥуу сылдьыам этэ дуо?.. – килбэҥнии түспүт хараҕын уутун умса туттан сотунна.
Аргыһа, киһитин көхсүн таптайа-таптайа:
– Миитэрэй Уйбаанабыс, эрдин… – диэмэхтээтэ.
– Ээ-э… Санаатым эрэ итирдик буолан хаалабын…
– Ыарахан санааҕа баттатан сылдьар киһи быһыылааххын, тыыҥҥын таһаарыаххын санаатаххына, симиттибэккэ кэпсээтэҕиҥ дии… – Аанам сэрэнэн тыл ыһыгынна.
– Ээ-э… – Миитэрэй саараабыттыы мулук-халык тутунна, сиэдэрэй ойуулаах саппыйатыттан удьурдай хамсатын ороон, табах уурунна. – Ээ, оннук этэ, аны кэлэн тугу кистээн. Тыл өрт уота барарын курдук түргэнник тарҕанан, бэйэбин урутаан даҕаны иһэр буоллаҕына көҥүлэ. Бу да эҥээргэ хоп-сип кэллэ ини. Былыр үтүөбүтүнэн аатырарбыт, аны мөкүбүтүнэн биллэн эрдэхпит… Соппуруон, мин кэпсээммин сүөргүлээбэккэ дириҥэтэн иһит, дьэ ол кэнниттэн аккаастыыр буоллаххына, аккаастаар. Биһиги мээнэҕэ бачча ыраах суолу быспат дьоммут, саас даҕаны ыраатта. Оҕобутун күндүтүк саныырбыт бэрдиттэн бу сылдьабыт. Хайаан Ныһар Баай саарбаҕа сууланан улааппыт мааны кыыһа, айыы таҥара иннигэр умнаһыт курдук таҥнан-саптан, киэргэнэн-симэнэн тиийиэҕэй? Айыыта да бэрт буолаарай. Оччоҕо тоҕо үйэм тухары байар туһугар өрө хачымахтаспыппыный?
II
Оҕом, маҥан туллугум, алта уол кэнниттэн сэттис оҕонон төрөөбүтэ. Мин кинини саҥа төрөөтүн кытта, тута таптаабытым. Ийэтин хоһугар киирбиппэр, соҕурууттан анаан булан аҕалбыт куба куорсунун курдук муус маҥан куруһуба таҥаспар сууланан, эмиэ оннук билэлээх сыттык үрдүгэр сүрдээх көрсүөтүк тойтоллон сытара. Оокком сыыһа, аанньал курдук ып-ыраас харахтарын сыыһынан миигин «көрөөччүм-харайааччым бу кэллэ» диэбиттии, күн курдук күлүм аллайа көрсүбүтэ. Уоһун оҕото быһа онньоҥноон үөрбүтэ буолан үмүрүҥнүүрэ. Арай, суутун сүөрэн өрө анньан иһэн көрө түспүтүм, кыысчааным сүнньүн уҥуоҕун үрдүнэн мэҥ оҕото хараарыс гынна. Ону дьиктиргээн одуулуу турдахпына, ийэтэ: «Сэрэнэн тут, иннэнэн кэйээрэй, дөлүһүөн сибэккилээх…» – дии-дии күллэ. Чахчы, мэҥэ үүт-үкчү атан эрэр дөлүһүөн сибэккитин курдук этэ. «Кырдьык даҕаны, тоҕо дьээбэтэй… Чэ буоллун, хата хатыытыттан куттанан мээнэ дьээбэлиэхтэрэ суоҕа», – диэтим.
Кыыс оҕону кэтэспитим ырааппыта бэрдиттэн уонна таҥара маннык кэрэ киһини бэлэх ууммутуттан долгуйан, иккиэннэрин кууһан сытан ытамньыйан ылбытым. Чэ, быһата, бэйэм алыс уйан куттаахпын диэххэ да сөп. Убайдара, кинини харахтарын кырыытынан уоран көрөөт, тута сүрэхтэрэ ууллубута. Оо, оҕолорум эрэйдээхтэр, хайдахтаах курдук балыстарын таптыылларай… Кыыстан эрэ барытыттан кинилэр Кэтиилэрэ ордук буолан тахсара. «Биһиги Кэтирииспит суһуоҕа быдан уһун», «биһиги Кэтиибит хараҕынааҕар хараҕа кыараҕас», «маҥан эрээри, Кэтириис курдук буолбатах»…
Кыысчааммытын эбэтин аатынан Хаача, Кэтириис диэн ааттаабыппыт. Бэйэбит таптаан Кэтии диэн ыҥырарбыт. Оҕом бой курдук сыа сымнаҕас илиитинэн моонньубуттан куустаҕына, миигиттэн ордук дьоллоох киһи суоҕун курдук саныырым. Эмээхсиним Суоппуйа күнэ эмиэ кыыһыттан тахсара, онон биһиги араастаан атаахтатарбытын букатын утарбат этэ. Уонна итинник кэрэ киһини киһи хайдах таптаабат, атаахтаппат буолуой? Бэйэтэ оннук намчы, нарын этэ. Кини алта-сэттэ сааһыттан уратытын билинэр курдук туттара: арылхай хараҕын чыпчылыҥнатан чыычаах кынатын курдук уһун кыламаннарын быыһынан тырып-ирип көрдөҕүнэ, хайа бэйэлээх тугун харыстыай, оҕолордуун-улаханныын тиһэх амтаннаахтарын мүччү туталлара. «Бу туох үчүгэй чыычааҕай…» диэн көрбүт эрэ барыта хайгыыра. Дьон хараҕа иҥнэриттэн мин, төрөппүт киһи, ардыгар дьааххана саныырым эрээри, аартык айаҕар үүммүт кэрэ сибэккини кыайан кистээбэтиҥ курдук, кыайан кистээбэтэҕим…
Оҕобут алта убай, аҕалаах ийэ, икки эбэ, биир эһэ, бүтүн тэлгэһэ хара үлэһиттэр илиилэрин үрдүгэр улааппыта. Таҥас сиэдэрэйэ, ас амтаннааҕа, көлө бастыҥа, бэл, талыллыбыт дьүөгэ кыргыттар барыта киниэхэ эрэ бааллара. Төһө даҕаны далбарга сырыттар, Кэтии сүрдээх көрсүө-сэмэй, килбик кыыс буола улааппыта. Уон биэһин туолуор диэри ийэтин халадаайын кэннигэр саһан турар буолара. Сааһын ситэн, уҥуох-тирии бэйэтэ эт тутан барбытыгар, киһи хараҕын араарбакка, кинини эрэ көрө сылдьыах курдук кэрэ кыыска кубулуйбута. Такымынан охсуллар хойуу хара суһуохтааҕа, хатыҥ мас курдук дьулугур көнө уҥуохтааҕа, ийэтинии куба маҥан субалааҕа, үргүбүт таба курдук киэҥ хара харахтааҕа. Дьээбэлэнэн хойуу кыламаннарын быыһынан түөрэ-таары көрбөхтөөн, саарба кыыл хойуу кутуругун курдук кылааннаах хаастарын хамсатан тэбэнэтирэн турдаҕына, уолан сүрэхтээх эрэ барыта ууллара. Хара үлэни туппатах куобах кулгааҕыныы намчы илиилэрин, кулунчук курдук дугуйан хаамар атахтарын ырыаҕа ылланыах, хоһооҥҥо хоһуллуох эрэ курдук саныырым мин, аҕа киһи. «Аҕаа, миигин күүскүнэн эргэ биэрээйэҕин, мин эн эрэ курдук киһиэхэ тахсыаҕым… Онтон атыҥҥа биэрдэххинэ, хомолтобуттан хотон иһигэр киирэн баран тахсыам суоҕа…» – диэхтиирэ, оҕом сыыһа… Онто ханна баарый… Ыы-ы-ыы… – киһибит сүрэҕин бааһа аһыллан, төтөлө суох ыгдаҥныы-ыгдаҥныы ытамньыйан барар. Биһиги кыргыттарбыт онтон куттанан, куобах суорҕаннарын анныгар дьылыстылар.
– Ол бэйэлээх таҥара маанылаах оҕотун, күн анныгар төрөөбүт саамай таптыыр чыычаахпын бэйэм баҕабынан анараа дойдуга атаарбыт аньыылаах бу олоробун… Мин хараҕым уутун сир тоҕо уйара буолуой? Чэ, быһата, маннык буолла.
Оҕобут сааһын ситиитэ киһи эрэ барыта илиитин ыйытар идэлэннэ. Кыыспыт сөбүлээтэҕинэ, ийэтэ биһикки буолуммаппыт, биһиги сөбүлээтэхпитинэ, убайдара букатын чугаһаппат аатыраллар, аны кинилэр сөпсөөтөхтөрүнэ, оҕобут сирэр. Ол курдук туох эрэ улуу табаардаах атыыһыт дьон курдук дьаабылана олордохпутуна, Дьокуускайтан атаһым, аатырбыт Хаарпап атыыһыт түөһүллэн кэллэ. Кэтиибитин көрөөт, ол күнтэн оҕолорун, ойоҕун умнан, биһиэхэ тиэстэртэн ордубат буолла. Миигин арыгылата-арыгылата: «Кыыскын миэхэ биэр», – диэн хаайар. Сыыттаһа кэлбит дьону күлүү-элэк оҥостон аараттан төнүннэрэр сураҕа иһилиннэ. Улахан уолум Уйбааскы, сүрдээх ордуос майгылаах этэ, биирдэ итирэн баран дьаабылана сырыттахпытына, Хаарпаппын үлтү сынньан кэбистэ. Тойон кыыһыран, куораттан хаһаактары таһааран уолбун туттаран ылан куорат түрмэтигэр илдьэ киирдэ. Кэтирииһим эрэйдээх ону буруй оҥостон, букатын хоһуттан быкпат буолан хаалла. Ол күтүр өстөөх сотору дьонунан сурук ыыппыта: «Уолгун тыыннаахтыы көрүөххүн баҕарар буоллаххына, кыыскын миэхэ эргэ биэр…» – диэн. Хор, оҕобут киниэхэ, бырааптаах дьоҥҥо, биһиэхэ, оонньуур сыахай курдук буолан хааллаҕа ити. Эмээхсиним уолун аһыйан ытааһын-соҥооһун бөҕөтө: «Ити үлүгэр киһиэхэ туохпутунан тэҥнэһэн оҕобутун быыһаан ылыахпытый, кыыскын биэр…» – эҥин дэтэлиирэ элбээтэ.
Биир күн сарыарда эрдэ баҕайы таһырдьа тахсыбытым, оҕом дьиэтин чанчыгар турар оҕус маска санаа бөҕөтүгэр баттатан бүк түһэн олорор эбит. «Хайа, сыччыай, хайдах буоллуҥ?» – диэн ыйыппыппар, сүр хомойбут, уу-хаар баспыт хараҕынан миигин көрөн ылаат: «Чэ, аҕаа, убайым оҕоккотун төһөҕө диэри хаайтаран үлтү сыстара сытыарыамый, барарбар эрэ тиийэбин. Ол эрээри Ныһар Баай кыыһа итинник атаҕастабылы бырастыы гыныам биллибэт. Кэм көрдөрүө, кини даҕаны үөһэ тэстэр ини…» – диэн киһи куттаныах кытаанахтык этэн баран, тир гынан хаалла. Мин оҕом хатыылааҕын онно аан маҥнай билбитим. Дөлүһүөн сибэккитин үргээри гыннахха, тоҕо иннэнэн кэйэрий? Кэрэтин харыстаан. Үчүгэй ас кутаары. Онтон кылгас кэмҥэ тэтэрэр сибэккитин алдьаттахха, хатыыта эрэ хаалан үйэ тухары кэлбити-барбыты тэһитэ кэйэ туруоҕа.
Далбарга сылдьыбыт киһи атаҕастаммыт иэстэбилэ ыарахан буолуохтааҕын сэрэйдэрбин даҕаны, ытыы-ытыы аанньалбын ол дьаабалга көҥүллээн ыыппытым. Оо, бу акаары, ол дьиккэр угаайытыгар киирэн тэҥҥэ арыгыласпакка, хара ааныттан ылыммаппын эппитим буоллар дуу… Эбэтэр били санаата сыппыт эдэр дьонуттан хайаларыгар эмэ сөбүлэҥмин биэрбитим буоллар дуу… Билигин кэлэн кэмсинэн да диэн.
Ол курдук кыыспын далга баппатах хара далаҕаҕа уруута-тарыыта суох сүгүннэрбит курдук буолан биэрэн ыыттаҕым үһү. Хас эмэ ый хаайа сытан кырбаан ыарыһах оҥорбут уолбутун сиргэммит курдук эмэһэҕэ тэбиэлээн киллэрбитэ. Кыһыйбытым иһин хайыамый, күүс күүстэн сөллөрө диэн итини этэллэр. Кэтии барыаҕыттан биһиги тэлгэһэбит күнэ киирбитинэн барбыта. Суоппуйам ыарытыйан икки, санааҕа баттатан икки суһал баҕайытык айаннаан хаалбыта. Уйбааскым, сыл эрэ курдук өкөҥнүү сылдьан баран, хаанынан хотуолаан эмиэ таҥаралаабыта. Быарын быһыта тэбиэлээбиттэрэ хайа аанньа буолуой? Уолаттарым, атаҕастанан санаалара оонньоотоҕо аатыран, иһэр-аһыыр, хаартылыыр дьаллыкка ылларбыттара. Сыыйа муспут баайым торумнанан, саппыйам түгэҕэ хапсыйан бардаҕа дии…
III
Ол муор-туор олордохпутуна, биир сааскы күн сыыдам атынан намыһах уҥуохтаах киһи тилигирэтэн кэлэн тиэргэҥҥэ киирдэ. Оччугуй уолум Сэмэн ойон тахсан иһэн: «Кэтии!!!» – диэн саҥа аллайаат, аттан түһэн эрэр киһиэхэ утары сүүрдэ. Бары таһырдьа ыстанныбыт. Сэмэнчик тиэргэн ортотугар били киһини өрө кулахачыта сылдьар. Өйдөөн көрбүппүт, эр киһилии кылгас халтаҥ сонноох, сулардыы кыргыллыбыт хойуу баттахтаах Кэтирииспит илэ бэйэтинэн кэлэн күлүм чаҕылла сылдьар эбит. Биһиги саба сырсан тиийэн, үрдүгэр түстүбүт. Оо, оҕом сыыһа, дэлби дьүдьэйэн атар аҥаара эрэ хаалаахтаабыт этэ. Солуута суох кэҥээбит хараҕа мин билбэт өһөс өһөх уоппунан кутталлаахтык ирбинньиктэнэ умайара. Ыарахан олоҕун туоһулуур кубархай имэ тоҥ муус өҥүнэн дьэҥкэрэрэ. Ол эрээри төрүөҕүттэн билэр кэрэ сэбэрэм букатын кэхтэн көрбөтөх. Арай намыын бэйэтигэр туох эрэ уот ыстаммытын курдук эрчимнээх эр киһилии туттуу иҥмит курдуга. Оҕобун кууһарбын кытта бары кыһалҕам, эрэйим букатын үргэн хаалбыт курдук буола түспүтэ. Киэһэ уот иннигэр олорон кини санньыччы көрбүт хараҕын түгэҕэр туох эрэ ыар санаа саһан сытарын, дьэ, таба көрбүтүм. Онно, били, бараары туран эппит тылларыттан сүрэхпин дьөлө кэйбит иннэтэ сүр ыарыылаахтык эмиэ тэһэ аспыта. Биһиги кини олоҕун туһунан тугу даҕаны ыйыталаспатахпыт, бөрүкүтэ суох дьылҕаламмыта тас көрүҥэр көстө сылдьара.
– Аҕаа, аҕам оҕотоо… Мин эн санныгар түһээн көрбөтөх алдьархайгын соһон аҕалан турарбын таайбытыҥ эбитэ дуу?.. Эрэйгэ төрөөбүт эрэйтэн атыны утары уунарым суох… – диэн саҕалаабыта сарсыныгар, от тордуохтуу турдахпына бүтэйгэ өйөнөн туран.
Мин, илиим тордуохтаах оппун кыайбакка нукаай буолбутун көрдөрүмээри, олоро түспүтүм.
– Сыччыай, тугу таһаҕас гына сылдьаргын сүөкээ, барытын уйуоҕум, буруйдаах мин баарбын… – диэтим.
– Һы, эн буолуоҥ дуо?… Буруйдаах миэхэ ньыламан маҥан бодону биэрбит Таҥара баар. Буруйдаах күнүүһүт Дьаабал баар. Ол иһин мин кинилэртэн иккиэннэриттэн аккаастанным, – диэтэ сүрдээх иччилээхтик.
Ити саҥаттан мин этим атыйан ылла.
– Тукаам, ити аата тугу этэҕин? Таҥараттан аккаастанар киһи суох ээ…
– Ол аата мин суох буолбутум быдаарыйдаҕа дии… – ынырыктык ботугураата.
Онно тоҕо эрэ харахпар саҥа тыллаат эминньэҕэ тононон түспүт хатыылаах дөлүһүөн көстө түспүтэ.
– Тугуҥ тылай, Кэтириис?!
– Эппитим дии, эрэйтэн эрэй төрүүр диэн. Быһата, мин анараа абааһыны дьаһайан баран кэллим… – диэн баран, санна ыгдаҥнаата.
– Туох даа? Тугу-тугу тыллаһаҕын, хотуой!!!
– Аҕаа… миигин үөт түрэҕинэн таһый, саатар мөх, күргүйдээ… Баҕар, уһуктуоҕум, баҕар этим ыалдьыаҕа, баҕар дууһам ырааһырыаҕа… – дии-дии атахпын кууһа түстэ.
– Оо, оокком, холумтаныҥ күлүн көмөн баран кэлэн тураҕын дуу, тугуй?!
– Оннук аҕаа, оннук… Кини киһи буолбатах, дьиикэй кыыл. Аньыытын оҥорон, эн кинини аһынаҕын дуу, тугуй?! Ама, миигин оннооҕор эн өйдөөбөтүҥ буолуо дуо? Оо, ол аата кэлэйии кэриим ыта кэм даа батыһан кэлбит буоллаҕа… Аҕаа, бу орто дойдуга тулуур күөрчэҕин тохтоло суох ытыйа турар өс баарын билэриҥ эбитэ дуу, суоҕа дуу… Өс өнчөҕүн таарыйбыт киһи иэстэбилтэн куоппат. Ол эрээри аны ол сүлүһүннээх оноҕос тэйэн кэлэн бэйэҕин дьөлө түһэрэ өссө ыарыылаах буолар эбит. Мин онно таптаран бааһыран кэлэн турабын. Аҕаа, эн эрэ миигин бырастыы гын, оччоҕо кэнтиккэ да барарбар чэпчэкитик айанныаҕым… – дии-дии умса түһэн сытан ыйылыыр.
Кини сулардыы кыргыллыбыт өрө тура сылдьар хойуу хатыылаах баттахтаах төбөтүн имэрийэ олорон, «ама, бу мин Кэтиим, мин аанньалым дуо? Тоҕо түргэнэй кэхтибитэ…» диэх курдук санаталаан ыллым. Онтон төҥкөйөн сыгынньах моойугар дөлүһүөн сибэккитэ мэҥин көрөөт, бүтэр бүппүтүн кэннэ дьэ көмүскүөх киһилии, бүтүн бэйэбинэн көхсүгэр саба түстүм.
– Сыччыай, кэбис, бүппүт буоллаҕына муҥнаныма. Тугу эрэ толкуйдуохпут… Бааһы сүһүрэ илигинэ эмтиир судургу буолааччы… – диэн баран, өрө тардан түөспэр сыһыары туттум. Оҕом муҥнаах көмүскэтиэх киһилии кыра эрдэҕинээҕитин курдук кумуччу туттан түөспэр хам барда.
– Аҕаа, ол эрээри миигин олус дьоло суох дии санаама, мин син кыл түгэнэ да буоллар дьол дьүһүнүн көрбүтүм. Тустаахха ол да баҕалаах… –
итини этэригэр уу-хаар быыһынан чаҕылыһа түспүт харахтарын көрөөт, кыаммакка ыгылла-ыгылла ытаан бардым.
Миигин дьон: «Ныһар дьахтар курдук хараҕын уута чугас», – диэччилэр. Ким билэр, хайа тимир тириилээх итинниги уйуо эбитэ буолла, онно биһиги оҕобунаан кыамтата суох уһуннук ытаспыппыт. Быһыыта, бырастыылаһар тиһэх иэйиибит буоларын бүтэйдии сэрэйэн буоллаҕа буолуо. Ол түүн оҕом оронугар сытан көһүйэн хаалбытын булбуппут. Кэлин убайдара сонун сиэбиттэн туох эрэ мэлииккэ бурдук курдук кумааҕы суулаах дьааты булбуттара. Ити кэриэс эппит ынырык тыллара сүрэхпэр хатыы курдук хатанан ааспаттык аала сылдьалларыттан, үөлүллүбүт мунду курдук хаҕым эрэ хапсыҥныыр… Ити курдук аймана олордохпутуна, Хаарпап атыыһыт чаҕара Ньукулай икки хаһаактаах Кэтирииһи көрдөөн кэлбиттэрэ. Туох буолбутун ол Ньукулай дьоллоохтон истибиппит.
IV
Ылдьаа Хаарпап санаата, дьэ, табыллан, икки сыарҕалаах атынан күһүҥҥү тоҥот суолунан чэпчэкитик айаннаан куораты булла. Киин уулуссаҕа турар улахан дьиэтигэр тохтообокко, быһа түгэх диэки ааста. Хараҥа уулуссалары нөҥүөлээн, саамай уһук турар самнайбыт дьиэҕэ тохтоото. Бастакы сыарҕаттан бэйэтэ ыадастан туран, чаҕар киһитигэр тугу эрэ бардьыгынаан баран, дьиэ намыһах аанын арыйан иһирдьэ киирдэ. Чаҕара Ньукулай, иккис сыарҕаттан тииҥ истээх сонун хардары тардыммыт олох оҕолуу быһыылаах кыысчааны сулбу ойутан туруоран, үөс батааска биэрбэккэ, дьиэҕэ дьөгдьөрүттэ. Кэтириис барык-сарык умайар уоттаах, ыһыллыбыт-тоҕуллубут дьиэни өҥөйөөт, туохха түбэспитин, дьэ, өйдөөтө. Тугу гыныан булбакка ааҥҥа тэпсэҥнии турдаҕына, төгүрүк остуол аттыгар аччаччы тэбинэн олорбут дьаар-арыгы сытынан аҥылыйбыт, топпут киһи, сымса үлүгэрдик илиититтэн харбаан ылан, оһох кэннин диэки состо. Кутталыттан ииримтийбит кыысчаан часкыйа-часкыйа төттөрү сосуһан көрдө даҕаны, анарааҥҥыта ону истиэх киһи буолуо дуо, тилигирэппитинэн мас ороҥҥо тиэрэ аста. Кэтириис хаһан даҕаны күүппэтэх алдьархайыгар түбэһэн, сарылыы-сарылыы туох баарынан өрөлөһөн көрдө да, сүүлэ киирбит киһи утарылаһыннара барбата, күүһүнэн хам баттаата. Тииҥ истээх саҕынньаҕын хастыы тардан ылан киэр элиттэ, таҥнан кэлбит мааны таҥаһын сыыһын тырыта тыытан өрө бүгүллэхтэннэ. Кыысчаан сэниэтэ эстиэр диэри көмүскэнэ сатаата даҕаны, хардаҥ эһэ курдук күүһүгэр сылдьар баҕадьы кинини тулутуо дуо? Оҥорорун оҥорон баран, ытаан ыгдаҥныы сытар кыысчааны сиргэммиттии истиэнэ диэки сыҕаччы тэптэ.
– Аҕаҕар атаахтаабытыҥ таҕыста ини… Манна мин сокуоммунан олоруоҥ! Иһиттиҥ дуо?! Уһаты-туора хаамыаҥ даҕаны, бэйэҕин ааһан, чугастааҕыларгын кытта эһиэҕим. Бүгүҥҥүттэн бу дьиэттэн быкпаккын. Мин кэлэн тыыммын таһааран аралдьыйан барар буолуоҕум. Дьахтар дьахтар курдук дьиэҕин уоккун харан уонна тойонуҥ кэлэрин ыт иччитин кэтэһэрин курдук кэтэһиэх тустааххын. Миигин үөртэххинэ – үчүгэйдик аһыаҥ-таҥныаҥ, хомотуоҥ – туга да суох хаалыаҥ! – диэн баргыытаан баран, ааны сэгэтэн Ньукулайы ыҥырда. Киһитэ киирбитигэр: – Эн бүгүҥҥүттэн бу дьахтар илиитэ-атаҕа, хараҕа, кулгааҕа буолаҕын. Тугу гыммытын күннэтэ миэхэ тиэрдэн иһээр. Араас буолан кыймаҥнаатаҕына, үлтү сынньан биэрээр. Билигин ити таҥаһын барытын хомуйан ылан мин сыарҕабар таһааран уур. Сыгынньах буоллаҕына, ханна ыраатар үһүө… – диэн тойомсуйан баран, ааны хайа быраҕан тахсан барда.
Кэтии эрэйдээх бу ынырык атаҕастабылтан хараҕын үүтэ көстүбэт буола куттаннар, абаккардар даҕаны, тугу даҕаны гынар кыаҕа суоҕа. Ытыы-ытыы туран уот иннигэр кэлэн олох маска олордо. Бэйэтиттэн бэйэтэ сиргэммиттии, хайыта тыытыллыбыт таҥаһын самсыы тутан көрө-көрө өрүтэ бахсырыйбахтаата. Кини кырачаан төбөтүн иһигэр тугу толкуйдуурун ким таайыай, кыыллыы атаҕастаммыт аатын ким кэлэн көмүскүөй?
Сотору Ньукулай киирэн, буруйдаммыт киһилии ааҥҥа тэпсэҥнээмэхтээн баран, тиэрэ хайыһан олорор кыыска туһаайан:
– Тоойуом, мин билигин оһох оттон уу сылытыаҕым… – диэтэ.
Онуоха Кэтириис куттанан өрө сарылыы түстэ даҕаны, оһох кэннигэр ыстанна.
– Миигиттэн куттаныма, мин киһини атаҕастаабат сордоохпун. Түбэһэн баран хайыаҥый, тулуйаргар тиийэҕин. Мин да, эн да үөн курдук өлүөхпүтүн баҕарбаппыт буолбаат… – дии-дии, оһоҕун оттон хачыгырайда.
Син ким эрэ аһыммытыттан, Кэтириис оһох эркинигэр сыстан туран маккыраччы ытаата. Ньукулай тулуйумуна, таһырдьаны былдьаста.
– Мин киниттэн син биир иэстэһиэҕим… Кини даҕаны хара буору уобара кэлиэҕэ. Кэтэһиэххэ, тулуйуохха эрэ. Хара ыты хара ыттыы дьаһайыллыа… Өрүү өһөспөр өспүн ситиһэ иликпинэ өлүөм суоҕа. Оо, аҕаа, оо, ийээ… – диэн, уйа-хайа суох ытаан чараас санна ибирдии тураахтаата. Сарсыарданан арыый уоскуйан, Ньукулай бэлэмнээбит уутунан суунан, биир куһуок аһы айаҕар укпакка утуйда.
Ити күнтэн киэһэ аайы халлаан хараҥарыыта Хаарпап баҕадьы түөһүллэн кэлэн, араастаан атаҕастаан барар идэлэннэ. Кэтириис сирдээн тимириэн сир кытаанах, халлааннаан көтүөн халлаан ыраах буолан тот киһи тэпсилгэнигэр кубулуйан, эрэй-муҥ эҥээрдэнэн олордо. Ардыгар бэйэтигэр тиийинэр санаалар кииртэлээн ылаллара даҕаны, иэстэбил туһунан санаатаҕына, онтукайа тоҕо эрэ уостан хаалара. Дьэ ити курдук туора топпут Хаарпап атыыһыт сэмсэ дьахтара буолан түөрт ый курдук дьиэттэн быкпакка, халлааны харахтаабакка хаайыллан олордо.
Биир киэһэ тойоно, таҕылын ханнаран баран, уот иннигэр түөһүллэн олорон Ньукулайы соруйда:
– Нохоо, тахсаҥҥын мин аппыттан бэрэмэдэйи киллэр эрэ.
Ньукулай тута балачча ыйааһыннаах бэрэмэдэйи көтөҕөн мадьалытан киллэрдэ.
– Кэтириис, кэл эрэ бэттэх, – диэн Хаарпап бэрт ньуолбар куолаһынан ыҥырда.
Кэтии хайыай, чугуруҥнуу-чугуруҥнуу уот иннигэр чугаһаата.
– Бу бэрэмэдэйгэ мааны таҥастар бааллар, ону сарсын таҥнан бэлэм олороор. Омук дойдутуттан кэлбит атаһым аатырбыт атыыһыт Вульфсон тойон кэрэ саха дьахтарын көрүөн баҕарар. Мин киниэхэ эйигиттэн атын кими билиһиннэриэмий, эн курдуктар элбэҕэ суохтар. Ол-бу буолан мунньаҥнаайаҕын… Омук тойонугар сирдэриэҥ даҕаны, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар! – диэн баран, харда күүппэккэ аан диэки баадаҥнаата.
Кэтии синигэр түһэн туохха даҕаны кыһаллыбат буолан сылдьара, онон ымырдаан даҕаны көрбөтө.
Тойон барарын кытта, Ньукулай киирэн:
– Баҕайы, ол эйигин улахан сулууга атаһыгар атыылаары оҥостор. Чэ, хата, баҕар анараа киһини кытта саатар кылгастык да буоллар, арыый киһилии олоруоҥ… Бэйи, таҥара дьиэтигэр сырыттарбын эн ааккар үҥэн көрүөм этэ… – диэтэ.
Кинилэр кэнники кэмҥэ бодоруспуттара, онон ботугураһаллара элбээбитэ. Кэтириис бу муҥа-таҥа суох эмиэ бэйэтин курдук нэктэл кулут буолан титирэстии сылдьар киһини аһынара. Ол эрээри киниэхэ бэйэтин санаатын аһаҕастык кэпсииртэн туттунара.
– Хайыамый, аналым оччо буоллаҕа. Хаста-хаста көрдөһөөхтөөтүҥ, туох да сырдык ыйдаҥаран көстүбүтэ суох. Арааһа, таҥара миигиттэн кэлэйэн тиэрэ хайыспыта ырааппыт быһыылаах, хата ол оннугар тулам араас абааһыларынан туолла ини. Испэр кытта киирбиккэ дылылар, тоҕо эрэ санаам барыта хара… – диэн санаатын иһитиннэрдэ.
– Кэбис, тоойуом, итинник тыллаһар аньыы, син тот олордохпут дии. Эн эдэргин, онтон кини сотору кырдьыа-ахсыа, оччоҕо, баҕар… – диэн баран, Ньукулай тылын быһа ыстаата.
Кэтириис Ньукулай кэпсээниттэн Хаарпап Өстүөһэ диэн алдьархайдаах уордаах хотун ойохтооҕун, үс улааппыт уолаттардааҕын билэрэ. Ньукулай кэпсээнинэн, уолаттар аҕаларын курдук буолбакка, киһилии дьон быһыылаах. Тойон эдэриттэн ымсыырбыт дьахтарын барытын араас албаһынан эрийэн ылан, суорума суоллуур идэлээх эбит. Туһанан баран, кими атах балай үүрэрэ, кими атыылаан харчы оҥосторо бэйэтин дьыалата курдук. Оннооҕор аҕыйах сыллааҕыта хантан эрэ эдэркээн баҕайы кыысчааны аҕалан, соҕурууну соҕуруунан соһо сылдьан баран, биирдэ мэлитэн кэбиспит. Ньукулай: «Дьууктаабыт даҕаны буоллаҕына көҥүлэ», – диэн түмүк оҥороро. Ити сидьиҥ быһыытын үрдүк тойоттор биллэллэр даҕаны, тоҕо эрэ билбэтэх-көрбөтөх курдук тутталлар үһү. Баай буолан эппиэккэ турартан дөбөҥнүк куотары сатыыр.
– Чэ, кини даҕаны үтэһэтэ туолуоҕа, – Ньукулай сырыы аайы кэпсээнин ити тылларынан түмүктүүрэ.
Кэтириис сымыһаҕын хаан оҕуолуор диэри быһа ытыран саҥата суох хаалара эрээри, Ньукулай этэрбэһин оһугар анньына сылдьар кыыннаах быһаҕар ымсыырбыт хараҕын уотун быраҕан ылара.
– Кэтириис, оҕом эрэ буолларгын эрэйи этирик түөһүнэн эрдибит, муҥу муннунан тыырбыт киһи биир күттүөннээх тылын долоҕойгор хатаан өйдөөн иһит. Мин тойоҥҥо бэрт буолан эппэппин, эйигин сыыһа быһыыламматын диэн этэбин. Төһө даҕаны ыарахан буоллар, тойон тугу эппитин эҥкилэ суох толоро сатаар. Анараа атаһа эйигин сэҥээрбэтэ даҕаны, дьылҕаҥ төннүбэттик түҥнэстэр. Кини хаһан баҕарар туһаммыт дьахтарын маҥнай үрдүк сололоох тойотторго көрдөрөн, улахан сыанаҕа атыылыы сатааччы. Онтукайа табыллыбатаҕына, намыһах сыанаҕа ким ыларга батарар. Ол дьоно туох диэтэҥий, арбаҕастаах даҕаны аргыстаспат абааһылара буолааччылар. Мин эйиэхэ итинтэн атын тугунан даҕаны көмөлөһөр кыаҕым суох. Бүгүҥҥү тойон ханнык эрэ омук сириттэн сылдьар, туох да сытала суох байбыт киһи дииллэр. Кини эйигин кытта манна баарын эрэ тухары олоруоҕа, онтон сөбүлээтэҕинэ кэллэҕин аайы илдьэ олорор дьахтар оҥостуоҕа. Сөбүлээбэтэҕинэ, ким баҕарбыкка уларсыкка сылдьар тэпсилгэн дьахтар гыныахтара. Кэтириис, аны кэлэн туох кистэлэй, дьахтар кубулҕатынан туһанары сатыырыҥ буоллар, барыта бэйэҥ илииҥ иһигэр буола түһүө этэ. Кинилэр туһанар буоллахтарына, эн даҕаны туһанарыҥ тоҕо сатаммат… Саппыйалаах баай улахан кийиитин Татыйааһы көрөрүҥ буоллар, Хаарпап атыылаабыт дьахтара диэҥ суоҕа этэ. Кинини Хаҥаластан аҕалбыта. Сыл курдук буолан баран, аймах дьахтарым диэн албыннаан эргэ биэрбитэ. Татыйаас сүрдээх сытыы-хотуу кыыс буолан, тойону бэйэтин төбөтүн эргитэн, тылыгар киллэрбит этэ. Эн даҕаны киниттэн туох итэҕэстээх буолуоххунуй, арай өсөһүҥ эрэ мэһэйдиир. Куруук бүргэскин көрдөрө сылдьаҕын, албыннаһары сатаабаккын. Эр киһи ардыгар кыра оҕо курдук кэнэн соҕус буолар, ону туһанары сатаатаргын. Аны уруккугар хайдах даҕаны төннүбэккин, ону өйдөө… – Ньукулай ити киэһэ сатыырынан, кыайарынан сүбэлээбитэ буолбута.
– Ньукулай, эн кинини итиччэ абааһы көрөр эрээригин, тоҕо баччааҥҥа диэри арахпакка нэктэл кулут буолан сылдьаҕын?
– Мин эр киһи элээмэтэбин, миигин ким даҕаны атыылыы даҕаны, атыылаһа даҕаны сатаабат. Кулут ыамата күн сирин көрүөҕүттэн моонньугар сыаптаах, атаҕар-илиитигэр хандалылаах, көхсүн эрэ тоһуйары сатыыр аналлаах төрүүр. Ону кытта эйэлэспэтэххинэ, ыт курдук быаргын быһа үктүөхтэрэ… – Ньукулай умса нөрүйэн олорон сибигинэйэ былаан саҥаран баран, ким эрэ истиэ диэбиттии, тулатын өҥөҥнөөмөхтөөн ылла. – Онтон эһиги үтүө дьонтон төрөөбүт эрээри, тэҥнээххит атаҕастабылыгар түбэһэн муҥу көрө сылдьаргыт сүрүккэтэ бэрт. Чэ, ити курдук… Кытаат, бөрөлөр ортолоругар түбэһэн баран, бөрөлүү майгыланнаххына эрэ тыыннаах хаалыаҥ. Мин ити эйигин кытта бодороспуппунан аһаҕастык этэбин, өсөһөн туһа суоҕун билээхтиир буоллаҕым дии… – диэн баран, бэйэтэ эппитин итэҕэйбэтэхтии, Кэтирииһи куттаммыт харахтарынан кылап гына көрө охсон ылла. Анараата кини оһугар анньылла сылдьар быһаҕыттан өссө даҕаны хараҕын араарбакка турарыттан, этэ тардан дьик гынна, уонна: – Оо, муҥнаах, мэйиигэр биилээх киирбит ээ, бадаҕа… Ити үтүө тыллартан хадьарыҥ оҕоккото хааҥҥын хамнаппата тоҕо бэрдэй. Дьахтар да дьулаан дьүүлү дьууппатын анныгар куду анньан кистиир эбит буоллаҕа. Арах, арах… Тугу-тугу оҥостоохтуугун… – диэн баран тиэрэ хайыста.
V
Сарсыныгар киэһэлик мааны турку сыарҕаны икки көтөл акка көлүммүт, киһи билбэт буолуор диэри ыбылы киэргэммит Хаарпап дьиэҕэ көтөн түстэ. Хостон дьиктитик холкутуйбут Кэтириис мааны таҥаһы таҥнан тахсан кэлбитигэр, эргийэ сылдьан көрбөхтөөтө уонна уруккутун курдук самыыга охсон лап гыннарбакка, астыммытын биллэрэн, тоҥхох гынна.
– Дьэ, Кэтириис, Вульфсон тойоҥҥо сөбүлэттэххинэ, бары даҕаны табыллыахпыт, онон бэйэ бодоҕун тардын. Мин киниэхэ мээнэ дьахтары илдьибэппин, эйигин сыаналыырым, ытыктыырым оччо буолан билиһиннэрэбин. Ону түһэн биэрдэххинэ, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар… – диэтэ, онтон хатыылаах соҕустук көрөн ылан баран: – Тыытыллыбатах кыыс курдук тыҥыраххын көрдөрөн мунньаҥныы сылдьаайаҕын. Эйигин эрэнэрим бэрт буолан, олоххун оҥоруохпун баҕарарбыттан илдьэ баран эрэбин, онон миэхэ махтаныах эрэ тустааххын, – диэн туох эрэ үтүөнү оҥорон эрэр киһи курдук өссө лаппыйан эттэ. – Дьэ үчүгэй бытааһах буолбат дуо, Ньукулаай?! һа-һа-һа… Мин туһанары эрэ буолбакка, туһалыыры эмиэ сатыыбын ээ, Кэтириис, кэлин махтанаргыттан соло булуоҥ суоҕа… – күлэн алларастыы-алларастыы, Кэтирииһи иннигэр уктан илдьэ таҕыста.
Суһуктуйан эрэр эрдэтээҥҥи сааскы киэһэ этэ. Халлаан чараас итир былыттарга хараҥаран эрэр күөх хараҕын килбигийэ кистиирин Кэтириис сонургуу көрөн эрдэҕинэ, сыарҕалаах ат Вульфсон тойон баараҕай тутуулаах дьиэтин иннигэр тохтоото. Онуоха санаата халыҥ суорҕаны саба тардыммыттыы эмиэ хараҥара түстэ. Атыы-эргиэн дьиэтин кэтэх өттүнэн киирэр улахан олбуор аана тэлэллэрин кытта, Ньукулай атын ол диэки салайда. Кэлбит дьон үрдүк кирилиэһинэн өрө хаамсан тахсан, киэҥ аанынан иһирдьэ киирдилэр. Кэтириис маннык сиэдэрэй маллаах-саллаах, сырдык-ыраас, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ хаһан сылдьыбыта баарай, толлон аан чанчыгар тэпсэҥнии турда. Өр-өтөр буолбакка, ханнык эрэ нуучча дьахтара кэлэн, илиититтэн сиэтэн уһун көрүдүөрүнэн түгэх хос диэки дэллэритэн илтэ. Балачча кэҥэс, эмиэ олус сырдык уоттаах ис киирбэх хоско киллэрэн, бүрүнэн кэлбит тииҥ истээх сонун устан көхөҕө ыйаата. Төннөн кэлэн сүр эйэлээхтик эмиэ илиититтэн ылан, «мин бу баарбын» диэбиттии, мэтэрийэн турар түрүмүө сиэркилэ иннигэр ууруллубут сымнаҕас олбоххо олорто уонна:
– Илюша албыннаабатах, эн чахчы саха кырасаабыссата эбиккин… Мин кып-кыратык бүрүчүөскэҕин көннөрөн, сирэйгин-хараххын тупсаран биэриэҕим да, бүтэр, – диэтэ уонна, ыйыта барбакка, Кэтириис уһун хойуу баттаҕын өһүлэн, тараабытынан барда. Ол туран, Кэтириис куттанан титирэстиирин сэрэйдэҕэ буолуо. – Милочка, тоҕо олус долгуйаҕын, уоскуй, Эдгард олус үчүгэй киһи, туох даҕаны куһаҕаны оҥоруо суоҕа, – диэн олуттаҕастык сахалыы кулугуратта.
Кэтириис көрөн олордоҕуна, суһуоҕун араастаан эрийэн-мускуйан үйэтигэр көрбөтөх бүрүчүөскэтин өрөн таһаарда. Итинэн бүппэтэ, эрчимнээхтик бэйэтин диэки хайыһыннары тардан, хомуот үрдүгэр турбут кыра иһиттэртэн минньигэс сыттаах кырааскалары, буударалары ымньаан ыла-ыла, сирэйин-хараҕын тупсара оҕуста уонна астыммыттыы төттөрү сиэркилэ диэки эргилиннэрдэ. Хартыынаттан түһэн кэлбит курдук олох атын кыыс иннигэр кынтайан олорорун көрөн, Кэтириис соһуйан ходьох гынан ылла.
– Олус даҕаны кэрэҕин, мин олох биллэ-биллибэт эрэ тупсардым, – диэн баран, дьахтар ханна эрэ элэс гынан хаалла.
Кэтириис, бугуһуйбут сылгы курдук тугу гыныан булбакка, тура-тура олоро балачча сырытта. Көрүдүөргэ дьахтар хобулугун тыаһа тоһурҕаан иһэрэ иһиллэрин кытта, кырынаас хаарга умсарыныы Кэтириис маҕан кырааскалаах аан кэннигэр түспүтүн бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла.
– Где ты, милочка? Да не будь такой дикаркой… Господин ждёт… – диэн дьахтар хойуу куолаһынан нууччалаан кулугуратан баран, үөрүйэх баҕайытык аан кэннин харбаата.
Кэтириис өсөһөн көрдө да, анарааҥҥыта эрчимнээх илиитинэн туһахха иҥнибит куттас куобаҕы сылбах анныттан ырычаахтаһыннарбытынан өрө ыйаан таһаарар курдук, ньылбы соһон таһааран иннигэр туруорда. Көмүс дуйдаах сылабаары мааны остуолга уура илдьээри быылын, күлүн ыраастыы сотор курдук баттаҕын, таҥаһын көннөрдө, онтон:
– Ну-с, богом… – диэтэ да, үөс-батааска биэрбэккэ Кэтирииһи көрүдүөр диэки дьөгдьөрүттэ.
Икки аҥы тэлэллэн аһыллар сиэдэрэй оһуордарынан бачыгыраабыт аан иннигэр кэлэн, дьахтар Кэтириис таҥаһын-сабын өссө төгүл көннөрдө. Онтон үөрэнээччититтэн астыммыт учууталлыы тоҥхох гынна уонна ааны аһа баттаата. Кэтириис, хос сырдык уотуттан хараҕа саатан, кынат курдук куруһуба бэлэнньиктээх харытын оҕотунан сааппыт хараҕын хаххалана түстэ. Сүрэҕэ тиргэҕэ иҥнибит хабдьы курдук биир кэм өрө тилигириир. Төттөрү сүүрүөҕүн, дьахтар кэнниттэн үтэйэн турар.
– Катерина Дмитриевна, киир, аас… – тойонун саҥата бу сырыыга олох атыннык, өссө хайдах эрэ истиҥник иһилиннэ.
Хайыай, манна билэр эрэ киһитэ кини буоллаҕа дии. Өрө салыбырыыр атаҕар уйуттубакка сууллан түһүөх курдук кэннинэн чинэккэлээн эрдэҕинэ, били дьахтар хонноҕун анныттан харбаан ылан хос ортотун диэки илтэ. Кэтириис ким баарын даҕаны дьүүллээн көрбөккө, атаҕын тумсун одуулуу истэ. Иһиттэҕинэ, иннигэр ыараханнык ыскамыайка буруһууната кыычырҕаата. Дьахтар тохтоото. Сүүнэ үлүгэр күлүк кэлэн иннигэр тохтообутун Кэтириис сэрэйдэ.
– Катерина Дмитриевна, я польщен… Прелестно… – диир сөҥ куолас төбөтүн үрдүнэн ой дуораанын курдук иһиллэн ааста.
Төһө даҕаны куттаннар, өрө көрбүтэ, иннигэр икки саһаан холобурдаах, үллүбүт тиэстэ курдук маҥан сирэйдээх, халлаан өҥө оонньуур күөх бүлтэччи көрбүт харахтаах, хонтоллубут улахан муруннаах, убаҕас чачархай баттахтаах сүрдээх мааны таҥастаах киһи аҥаар илиитин уунан турар эбит.
Киһи сымнаҕас көрүүтүттэн Кэтириис арыый уоскуйбукка дылы буолан, салыбырас буолбут илиитин хардары уунна.
Анараата, сымнаҕас эттээх илиитинэн сэрэммиттии кыыһы тарбаҕын төбөтүттэн ылла:
– Мне очень приятно… – диэн хайдах эрэ долгуйбут куолаһынан эйэргээбиттии этэн баран, илдьэн дьыбааҥҥа олорто.
– Билсэн кэбиһиҥ, бу мин атаһым Аппанааһыйап Миитэрэй Уйбаанабыс кинээс кыыһа Катерина Дмитриевна. Онтон бу Тойон Эдгард Вульфсон. – Хаарпап арыгы иһэн ньалҕарыйбыт сирэйэ омук атыыһытыгар илин-кэлин түһэн мылаарыҥныыр. Кини били Кэтириискэ тойомсуйан хаһылыччы көрөрө, баргыытаан саҥарара ханна даҕаны суох буолбут.
– Олус үчүгэй… Катерина Дмитриевна биһикки биир тылы булуохпут дии саныыбын. Маннык кэрэ сибэккини баччааҥҥа диэри ханна кистии сытыарбыккыный? Уонна кини маннык дьиикэй дойдуга хантан баар буолан хаалбыт розаный? Дьэ соһуттуҥ дии, доҕоор… – дии-дии Вульфсон Кэтириистэн хараҕын араарбакка кириэһилэҕэ олорон ыйыталаһар.
Киһитэ:
– Хантан булбутум ол мин бэйэм кистэлэҥим. Үчүгэй диир буоллуҥ да, кэпсэтии онон бүтэр. «Доҕор туһугар сото тостор» дииллэрэ биһиги өбүгэлэрбит… – ити курдук киһиргээн чабылана олордоҕуна, Вульфсон саҥа кыһыллыбыт мас хамыйах курдук бөлтөйбүт илиитин көмүс биһилэхтээх тарбаҕынан Хаарпабы ыҥыран ылла уонна кулгааҕар тугу эрэ сибигинэйдэ.
Киһитэ, күлүм аллайаат, Кэтириискэ тиэхэлээхтик хараҕынан имнэнэн баран, аан диэки дьөгдьөрүйдэ. Кэтириис тойону кытта соҕотох хаалла. «Билигин үрдүбэр түһүөхтээх» диир санааттан кумуйуоҕунан кумуйан, тэтиҥ сэбирдэҕинии титирэстии олордо. Киһитэ балачча саҥарбата, онтон: «Да-с…» – диэбитинэн эрчимнээхтик ойон турда. Онуоха Кэтириис сарылаабытынан аан диэки ыстанна.
– Господи… Дорогая, туох буоллуҥ? Ким даҕаны эйиигин тыыппат ээ… Фекла!!! – диэн өрүһүттэриэхтии били дьахтары ыҥырда.
Анараата сымыйанан эппит курдук хос ортотугар биирдэ баар буола түстэ.
– Уведи Екатерину Дмитриевну в свою комнату. И успокойте же… Что это с ней? – ииримтийбит курдук сарылыы-сарылыы куота сатыыр Кэтирииһи аһыммыттыы көрөн туран соруйда. Вульфсон омуктуу тартаран сахалыы-нууччалыы булкуйан саҥарара. – Мин кинини кытта кэлин кэпсэтиэҕим.
Фекла, ону истээт, аан аттыгар турар суон остуолба кэннигэр саспыт Кэтирииһи харытыттан харбаан ылан, били хоһугар төттөрү илтэ. «Сөбүлээбэтэ быһыылаах… Төттөрү ыытар эрэ хайыыр. Чэ, хас киһи тэллэҕэ буолуохпунуй, биир даҕаны сөп…» дии санаат, Кэтириис атаҕар уйуттубакка нукус гынна.
– Ты что, милочка?! Ыарыйдыҥ дуу тугуй? Итиччэ улахан тойоҥҥо сөбүлэтэн баран үөрүөххүн билбэккэ, туохтан куттанан салыбырыыгын? – Фекла сэмэлиир икки, саатата сатыыр икки ардынан баллыгырыы иһэн ыйытар.
– Билигин… Билигин туруоҕум… уонна барыаҕым… – Кэтириис ону истэн санаата бүтэһиктээхтик холунна. Хараҕын уута икки иэдэһинэн омуннаахтык таҥнары суккулунна.
– Ханна бараары гынаҕын, манна хаалаҕын! –
Фекла кытаанахтык этэн баран, Кэтирииһи синньигэс биилиттэн ылан хоско киллэрэн дьыбааҥҥа сытыарда.
– Билэбин. Көннөрү санаабын этэбин… –
муннун анныгар ботугураан баран, хараҕын быһа симнэ. Кини уһун кыламаннарын быыһынан сиик таммаҕын курдук ыраас уу бычыгыраан тахсыбытыгар кыһаммата. Арай, синигэр түспүтүн биллэрэн, биллэ-биллибэт мүчүк гынна.
– Странная ты, барышня. Эйигин киһи өйдүүрэ уустук… – диэтэ Фекла таас куукула курдук кэрэ кыыһы дьиктиргээбиттии одуулуу туран. –
Төбөҥ иһигэр тугу буһара сылдьаргын айбыт таҥара даҕаны таайыа суох. Однако, далеко пойдёшь…
– Мин Таҥара көйгө оҕотобун. Буруйа суоҕум үрдүнэн бэйэтэ миигин атаҕастыыр… – Кэтириис тиэрэ хайыста.
– Кэнэн даҕаны сордооххун. Төттөрүтүн, Таҥара эйигин олус хатаҕалаабыт, ол иһин торбос курдук өһөскүн, – диэн баран, Фекла бэйэтин хатаччы хаппыт кускуур курдук быһыытын, суордуҥу тоҥсоллубут муннун, алаадьы курдук улахан уостарын, тимиччи түспүт кыараҕас өҥө суох хараҕын сиэркилэҕэ көрүнэ охсон ылла. Кэлэйбиттии бэйэтин бэйэтэ кынчарыйда, уонна: – Төһөлөөх дьахтар эн оннугар буолуон баҕарбыта буолуой… – диэн түгэхтээхтик этэн баран, аан диэки сукуҥнаата.
IV
Сарсыарда Фекла киирэн Кэтирииһи ытыар диэри киэргэтэн, тойон аһыыр «остолобуой» диэн ааттыыр улахан хоһугар таһаарда. Муҥура суох уһун остуол уһугар Эдгард аһыырдыы оҥостон олорор. Кэтириис киирбитигэр ойон туран, толору кутуллубут ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнаан кэлэн, эмиэ тарбаҕын төбөтүттэн ылла:
– Баһаалыста, миигин кытта сарсыардааҥҥы аһылыкпын үллэһин, – диэтэ, сымнаҕастык. Уонна эппиэт күүппэккэ сиэтэн илдьэн бэйэтин утары остуол аҥаар уһугар олорто. Онтон оннун булан баран: – Екатерина Дмитриевна, эн миигиттэн куттаныма, мин эйигин тыытыам даҕаны, тыыттарыам даҕаны суоҕа. Көннөрү манна баар кэммэр дьиэм хаһаайката буол. Аттыбар кэрэ дьахтар баарын оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Тугу гынаргынан гын, тугу таҥныаххын-аһыаххын баҕараргын Феклаҕа эбэтэр миэхэ кыбыстыбакка этэр буол. Мин биир дьахтары аһатар-таҥыннарар кыахтаах киһибин. Оттон эн кураанах дьиэбин бэйэҕинэн киэргэт эрэ. Сахаҕа маннык кэрэ кыыс баара буолуо дии санаабат этим, көннөрү атаспар Хаарпапка дьээбэлээн кэриэтэ эппитим. Манна олус соҕотохсуйабын, ол иһин. Кини эйигин аҕаҕыттан көҥүл ылан аҕаллым, онон эппиэтинэһэ билигин эйиэхэ диэбитэ. Дьонуҥ утарбат буоллахтарына, мин курус олохпун киэргэт… – диэн бэрт боччумнаахтык быһаарар курдук эттэ.
Кэтириис тугу даҕаны хардарбата. Киһитэ балачча күүтэн олоро түстэ, онтон харытын ньыппарынан аһаан кимиритэн барда. Кэтириис көрөн олордоҕуна, биэс-алта толуу киһи аһыыр аһын биирдэ чыпчырынан кэбистэ уонна сыа-арыы ньалҕарыйбыт илиитин, уоһун маҥан былаатынан сотто-сотто:
– Билигин утарбат буоллаххына, дьон кэлэ илигинэ факториябын көрдөрүөҕүм, баҕар, тугу эмэ сөбүлүөҕүҥ. Соторутааҕыта Париж салоннарыгар эрэ атыыланар сэлээппэлэри аҕалбытым, эйиэхэ олус барсыахтара, – диэн баран, кэлэн илиитин уунна.
Кэтириис кэтэмэҕэйдии барбата, оҕолуу намчы илиитин Эдгард мыс курдук эттээх илиитигэр уурда.
Вульфсон суол туруор диэри Дьокуускайтан хамсаабата. Кэтириис киниэхэ дьукаах буолан эйэ дэмнээхтик сааһаата, сайылаата. Киһитэ кинини дьоҥҥо: «Бу мин кэрэ компаньонкам», – диэн билиһиннэрэр. Доҕордуу сыһыантан атыны ирдээбэт буолан, кэнникинэн Кэтириис уоскуйан, Хаарпаптан ылбыт ыар атаҕастабыла арыый мүлүрүйэ быһыытыйбыта. Эдгард доҕотторо «кэрэ компаньонканы» билсэ, симэҕин, таҥаһын-сабын көрө сыбыытыыллара элбээбитэ. Тойон онно баҕас үбүн харыстаабат. Кэтириис хараҕын эрэ быраҕыа кэрэх, киэһэ ол мал иннигэр сытар буолара. Сотору Екатерина Дмитриевна куорат мааны эрэ ыалларыгар сылдьар сураҕа иһиллибитэ. Дьахтар эрэ барыта сураһа-сураһа эккирэтэ сылдьан көрөр, хайгыыр, үтүктэн таҥна сатыыр үгэстэммиттэрэ. Кырыылаах тыллар даҕаны ханна барыахтарай, бааллара эрээри, Кэтириис синигэр түһэн ону аахайбаттыы туттара.
Кэмниэ кэнэҕэс сыарҕа суола туран Вульфсон дьэ дойдулуурдуу тэриммитэ. Кэтириис аны сааска диэри дьиэ дьиэлии хаалыахтааҕа. Биир күн тойон атастарын ыҥыртаан, атаарыы бэчэрииҥкэтин тэрийэр санаатын иһитиннэрдэ. Биллэн турар Хаарпап онно ойоҕун, уолаттарын илдьэ ыалдьыт буолан кэлиэхтээҕэ. Кэтириис, ону истээт, санаата алдьанна:
– Төбөм ыарытыйар, мин бэчэрииҥкэни көтүттэхпинэ хомойуоҥ суоҕа дуо? – диэн сарсыардааҥҥы остуолга олорон ыйытта.
Кэтириис Хаарпап кэллэр эрэ хоһугар хорҕойорун Эдгард хайдах бэлиэтии көрбөт буолуой, билэрэ.
– Илья Карпов эн аҕаҥ атаһа буолбат дуо, тоҕо кини кэллэр эрэ харах далыттан сүтэ сатыыгын? Кини эйигин күөмчүлүүр дуо, эн миэхэ эт ээ. Оннук буоллаҕына, мин кинини оннугар туруоруоҕум, – диэн соһутта.
Кэтириис, били Ньукулай «дьахтар кубулҕатынан туһан» диэбит сүбэтин өйдөөн хаста даҕаны «оннук» диэҕин санаталаан баран, «бэйэм» диир киччим санааттан тылын быһа ыстаата.
– Бу киэһэ манна баар доҕотторум бары кэлиэхтэрэ, онуоха хаһаайката суох чуҥкуга бэрт буолуоҕа, хомунан көрөөр, көрдөһөбүн, – диэн баран, таптаабыт хараҕынан Кэтирииһи имэрийэ көрөн ылла.
Чахчыта даҕаны сулумах киһи чуҥкук олоҕун киэргэппит, элбэх саҥата-иҥэтэ суох эрээри, үрдүктүк тутта сылдьар кэрэчээн кыыска Эдгард дөбөҥнүк убаммыта. Төһө даҕаны үрүҥ эһэ курдук баараҕай буоллар, бу кырачаан кылбаа маҕан кырынаас курдук саха кыыһын хатыылаах хараҕыттан уоттан куттанар курдук саллара. Ол оннугар Кэтириис тыа кэрэ чыычааҕын курдук чыбыгырыырын истэ-истэ, кута-сүрэ көтөҕүллэрэ. Саҥа былаачыйа кэтэн баран иннигэр эргичиҥнээтэҕинэ, кууһан ылан ууруон-сыллыан туохтааҕар даҕаны баҕарара эрээри, кини билбэт туох эрэ ыарахан охсуутун ылбыт кыысчаана, эр киһи имэҥнээх санаатын сэрэйэ охсон, дьигиҥнии түһэриттэн туттунара. Кэлин бэйэтин сыһыана дириҥээтэҕинэ хардары сылааспытын үллэстиэхпит, билигин сыһыйдын, үөрэннин диэн уоскутунара.
VII
Күүтүүлээх бэчэрииҥкэҕэ куорат бары үтүөлэрэ тоҕо анньан кэллилэр. Кэтириис Вульфсон аттыгар сымнаҕас дьыбааҥҥа төбөтүн кынтаччы туттан олорор. Хаарпаптар саха тэҥэ суох киэргэнэн киирэн кэлбиттэрин чыпчылыйбакка өһөстүк утары көрө тоһуйда. Ылдьаа үөннээхтик мүчүйбүтүнэн кэлэн Кэтириис илиитин уураан ылла уонна:
– Бу мин хотун ойоҕум Өстүөһэ Ыстапаанабына, – диэн аттыгар турар маҥан толуу дьахтары билиһиннэрдэ.
Дьахтар Кэтирииһи сэнээбиттии үрдүттэн анныгар диэри сыаналыыр харахтарынан самнары көрөн түһэрдэ:
– Бу дуо Ныһар Миитэрэй кыыһа? Ыы-ых… – диэн туох эрэ түгэх санаалаах ынчыктаан баран, халбарыс гынна.
– Бу Кыра Ылдьаа, Илья Ильич, мин улахан уолум, – Хаарпап үс уолтан биирдэстэрин диэки илиитин даллах гыннарда.
Дьонугар холооно суох сэмэй-көрсүө көрүҥнээх, толбоннурар хара куударалаах, хойуу хаастарын аннынан буспут моонньоҕон курдук төгүрүччү оттомноохтук көрбүт, инилэриттэн төбө холобурдааҕынан үрдүк уҥуохтаах уолу көрөөт, Кэтириис сүрэҕэ мөҕүл гынна. Уол эмиэ, кыыс илиитин сэрэммиттии ылан иһэн, тоҕо эрэ итии чоҕу туппуттуу маҥан сирэйэ кытаран таҕыста. Кэтириис илиитин элбэх киһи туппута эрээри, Кыра Ылдьаа илиитин сылааһа уһун киэһэни быһа туох эрэ урут билбэтэх сылаас долгуннарынан хаарыйа сырытта. Ону сүтэриэм диэбиттии, сотору-сотору дьон быыһыттан уолу хараҕынан көрдөөн булара уонна илиитин муннугар саба туттан сыллаамахтаан ылар. Сонун, омуннаах иэйии күүппэтэх өттүттэн үүйэ туппутун аралдьытаары, аттыгар турар Эдгард сымнаҕас илиитин ыга тутта. Киһитэ, үөрэн сэгэс гынаат, хардары улахан ытыстарынан Кэтириис намчы илиитин хаайа тутан ылан, инчэҕэй эттээх уоһугар даҕайда. Кыыс сиргэммиттии илиитин сулбу тардан ылбытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла. Киһитэ ону дьахтар хаппырыыһын курдук санаан, килбиктик мүчүҥнээтэ. Кэтириис эмиэ тулатыгар эймэҥнэһэр дьон ортотугар Кыра Ылдьааны хараҕынан көрдөөтө. Соһуйуон иһин, киһитэ олох чугас кинини тонолуппакка одуулаан турарын көрөөт, тыына хаайтаран аан диэки харбыаласта.
«Бу тугуй, иирдим дуу? Суох, суох, итинник сатаммат… Кини эрэ буолбатах. Оо, Айыы Таҥара, миигин олус даҕаны оонньуу оҥоһуннуҥ… Кыра Ылдьаа миигин тоҕо итинник сылаастык көрөрө буолуой… Оо, суох, суох, алҕас! Билигин тымныы салгынынан тыыннахпына, ааһыаҕа… Кини мин илиибин кимнээҕэр даҕаны истиҥник туппута ээ, ол аата туох эрэ дириҥ санаалаах буолуон сөп… Бу туох буоллум? Кини мин өлөр өстөөҕүм уола эбээт… Киниттэн хайдах аккаастанабын…» диэн санааларын ыырыгар мунан оронугар умса түһэн сытта.
– Хайа, Кэтириис, миэхэ, тойоҥҥор, махтаныаххын баҕарбаккын дуу? – диир Хаарпап сидьиҥ саҥата кулгааҕын үрдүгэр сибигинэйбитигэр олоро түспүтэ, холуочук киһи дьиикэй сирэйэ иннигэр бу марбайан турар эбит. – Наһаа даҕаны тупсубуккун, эр киһи эрэ сүлүһэ хамсыах. Дьэ эрэ, миигин хайдах уоскутаҕын… – дии-дии, санныттан ылан ороҥҥо тиэрэ баттыы сатаата.
Кэтириис ытыһынан сирэйгэ биэрэн хабылыннарда да, киһитэ ымырдаан даҕаны көрбөтө.
– Аһаа, охсуһар дьахталлары мин туохтааҕар даҕаны сөбүлүүбүн. Кэтириис, мин эйигин олох умнубатым ээ… Чэ, ол-бу буолан ыарыы-чэпчии олорума, хата дьон суоҕунан туһанан манна хайаан кэбиһиэх…
– Киэр буол, сидьиҥ!!! Билигин тойону ыҥырыаҕым… – Кэтириис суостаахтык ырдьыгынаата.
– Ол кини анныгар сытарыҥ мин анныбар сытартан туох уратылааҕый ээ-э?! Миигин, бастакыгын баҕас, умнубатыҥ ини… Чэ, сиччиэй, эрэйдээмэ, уруккубутун саныах… Үчүгэй этэ буолбат дуо? – дии-дии Кэтирииһи түбэһиэх уураан-сыллаан барда.
– Дьиккэр, мин олохпун түҥнэри ууран баран, сааппакка манна киирэн атаҕастыы сатыы тураҕын?! Эн миигин өлөрбүтүҥ, аны билигин мин эн тыыҥҥын иһиллиэҕим!!! –диэт, Кэтириис сыттыгын анныттан бүтүн харыстаах, сытыы өргөстөөх быһаҕы сулбу ойутан таһаарда. – Иэстэбилэ суох талбыт дьахтаргын атаҕастыы үөрэммиккин дии… Суут-сокуон туһалаабат буоллаҕына, тэпсибит сибэккиҥ дьаатыттан өл!!! – диэн, киһи куйахата күүрүөх өһүнэн туолбут куолаһынан хаһыытаан баран, куттанан кубарыйа өлөн турар киһини искэ анньан кибилиннэрдэ.
Хаарпап бастаан иһин туттубутунан ойон турда, онтон итэҕэйбэтэхтии илиитин нэлэттэ. Хараҥа хаан ытыһыгар толору тохтубутун көрөөт, хараҕын турулус-тарылыс көрбүтүнэн, тобуктуу түстэ:
– Ол иһин аҕаҥ сэрэппитэ ээ, ити дөлүһүөн сибэккитэ диэн. Чахчы сытыы иннэлээх эбиккин… – диэн бөлүөстүбүт куолаһынан бөллүгүрээтэ уонна умса баран түстэ.
Кини анныттан кырааскалаах муостаҕа солуута суох элбэх хаан халыйан таҕыста. Кэтириис, оҥорбутуттан бэйэтэ бэркиһээбиттии хааннаах быһаҕын эргим-ургум тутан көрүөлээтэ, онтон «кэбирэх да эрээри киэптээбиккин» диэбиттии, Хаарпап өлүгүн эргийэ хаама сылдьан дьиктитик умайбыт харахтарынан дьөлө үүттээтэ. Кыһыыта-абата киирэн, ис-иһиттэн имэҥирэн тыһы эһэ курдук часкыйбахтаан ылла. Ити икки ардыгар ким эрэ ааны тоҥсуйан тобугуратта. Кэтириис булка үөмэр бэдэр кыыл курдук сымсатык аан кэннигэр ыстанна.
– Катерина Дмитриевна, тоҕо хаһыытыы-гын? – диэбитинэн боруҥуй хоско ким эрэ көтөн түстэ. Кэтириис бэйэтэ даҕаны билбэт эрчиминэн биирдэ ойоот, киһи кэннигэр баар буола түстэ. Киһитэ эргиллиэн икки ардыгар маҕайа түһэн баран быһаҕынан бүөргэ анньан кибилиннэрдэ. Киһи соһуйан «Ыы-ых!» диэтэ уонна аал хоҥнорун курдук бытааннык эргийдэ.
Муҥунан көрбүт Кыра Ылдьаа:
– Тоҕо? Мин эйигин быыһыы кэлбитим дии… –
диэтэ уонна уйуттубакка кыыс атаҕын кууспутунан сиргэ олоро түстэ.
Итинтэн букатын соһуйбатах көрүҥнээх Кэтириис быһаҕы ыбылы харбаабыт титирэс илиитинэн уол хойуу баттаҕын истиҥник ааттаһардыы имэрийдэ. Онтон тоҕо эрэ тобуктаан сойо илик уоһуттан умнубатарбын ханнык диэбиттии уһуннук уураата:
– Баһыыба, доҕоччуок… Эн миигин чахчы быыһаатыҥ эбээт… Утарбат буоллаххына, сотору бииргэ буолуохпут. Бырастыы… Таах мин ааммын тоҥсуйан уһуктаахха атылыннаххын… –
диэн, уол өһөн эрэр хараҕын долгуйбуттуу утары көрөн олорон өрүһүспүттүү саҥарбахтаан хаалла.
– Барыта сөп… Мин мантан ордук эйиэхэ биэрэрим суох ээ, көмүһүөм… Көрөөт сүрэхпин анаабыт сэгэрбэр эйиэхэ олохпун бэлэхтээбитим дьолум буолбатах дуо, Кэтии? Кэтэһиэҕим… – Кыра Ылдьаа утуйан эрэр киһилии бөлүөстүбүт куолаһынан хардарда уонна мичээр олорбут уоһун ньимиппэккэ хара харахтарын хаһан да аспаттыы быһа симнэ.
Кэтириис уол налыйбыт илиитин сойуор диэри иэдэһигэр сыһыары тутан олордо, онтон туран хайыы сах көһүйбүт өлүгү ыалдьыа диэбиттии сэрэнэн сиргэ сытыарда. Холкутугар түспүт киһилии байааттаҥнаан тиийэн ааны иһиттэн хатаата. Хаан билик буолбут таҥаһын устан дьыбааҥҥа бырахта. Чочумча тугу эрэ толкуйдаабыттыы тура түһэн баран, хаһан эрэ Эдгард ат миинэригэр анаан атыыласпыт эр киһилии ыстаанын хатыҥыр таһаатыгар тардынна, халыҥ түү сибиитэрэни утуйар ырбаахытын таһынан кэттэ. Онтон түрүмүө иннигэр олорон, «өстөөҕүм эн эбиккин» диэбиттии, уһун суһуоҕун бобуччу харбыы-харбыы хааннаах быһаҕынан сулардыы сэлээн кэбистэ. Муостаҕа түспүт баттахтар иччилэрин кытта бырастыылаһардыы хара долгуннарынан килбэчиһэ оонньуу сыттылар. Кэтириис, үллэ сытар суһуоҕун көрөөт, хараҕын уута икки уһун утахтыы субурус гына түспүттүн сөбүлээбэтэхтии харытын оҕотунан туора ньуххайан кэбистэ да, баттаҕын түүрэ харбаан ылан тыылыы тэбэн сытар Кыра Ылдьаа маҥан ырбаахытын уолугар симнэ.
– Сотору тиийиэҕим, кэтэһээр… – диэн бүтэҥитик ботугураата уонна үөрүйэҕинэн суһуоҕун силэйэрдии кэҕис гынаат, хомуот тардарыттан туох эрэ кумааҕы суулааҕы ылан ытыһыгар кумуччу тутта. Балааскайдаан тиийэн аанын аһан, көрүдүөргэ таҕыста. Ким даҕаны аахайбата, ханнык эрэ уолчаан дииллэр быһыылаах. Аан аттыгар тиийэн көхөҕө ыйанан турар билбэт киһитин сүртүүк сонун харбаата даҕаны, суһаллык таһырдьаны былдьаста. Хаһааҕа баайыллан турбут таптыыр атын сиэтэн таһааран сыбыдахтыы мииннэ да, илин диэки туһулаан түһүнэн кэбистэ.
VII
– Өлбүт киһини, буолаары буолан ытаан-соҥоон куһаҕаннык барбыт эдэр оҕону таҥастыыр былыр-былыргыттан сүрдээх кэптээх, энньэлээх даҕаны буолар диэни истэрим, – эһэм балачча саҥата суох олорбохтоон баран, кэпсээнин салгыыр. – Сиэрин-туомун даҕаны толорор биһиги кэммитигэр уустуктардаах этэ. Ол иһин тута тугу даҕаны хардарбатаҕым, биир түүн толкуйдуурга быһаарыммытым. Аанчыгым ол түүн суорума суолламмыт Кэтириис муҥнааҕы аһынан ытаан сыҥсыйан хоммута. Мин бэйэм оҕолорбун эмиэ ити Миитэрэй курдук бу дьалхааннаах олохтон көмүскүүр кыаҕым суоҕун санаан, сүрэҕим анньыалаан харахпын симпэтэҕим. Сарсыарда туран кэтэһэн мылаллан олорор хоноһобор: «Доҕоор, дьэ ыарахан көрдөһүүлээх кэлэҥҥин, санаабын олус хаайдыҥ. Интикэбит сэмэтэ-суҥхата хачча буоларын билэр буолаҥҥын, оҕолордоох киһиэхэ кэлэн олордоҕуҥ! Мин иэстэбилэ оҥорооччу киһиэхэ буоларын сэрэйэбин, онон сиэрбин-туоммун тутуһан үс түүннээх күн кыһабыттан арахпакка, икки харахтаахтан кистээн уһаныахтаахпын. Эн ыар санааҕын хайдах бу балаҕаҥҥа киллэрбитиҥ курдук илдьэ таҕыс. Уонна икки харахпар көстүбэккэ сүтэн хаал! Үс хонон баран бэйэҥ буолбакка, атын киһини ыытаҥҥын ыллараар… – диэбитим. Былыргы сиэринэн куһаҕан өлүүлээх киһини дьиэҕэ көрбөт куолу, эбэтэр муус ураҕаһынан кыйдаан ыытар сиэр баара. Онон үөттүрэхпин харбаан ылан, ойон турбут киһини сыыһа-халты охсон хааллым. Киһим буолуохтааҕын курдук бэлэм турбут сыарҕатыгар ыстанан тахсан олордо да, эккирэтэн бачыгыраһан тахсыбыт Көстөкүүн биһикки ыйбыт-хайбыт ортотугар куотан тибилиннэрэ турбута.
Салгыы тугу гыммыппын кэпсиир табыллыбат. Үс күнүнэн ууһум балаҕаныттан букатын көрбөт буолан балааскайдаан тахсан, күрдьүк хаарга охтубуппун булбуттара. Көстүбэттэр көрөрбүн супту эмэн барбыттарын тута таайдаҕым дии. Онтон ыла бу хараҥаҕа мунан сылдьабын… Ол эрээри били сордоох тиһэх таҥаһын таҥастаабыппын улахан аньыынан аахпаппын, кыратык да кэмсиммэппин. Дьэ ити ээ, көмүскэлэ суох көстүбэккэ да көлөттөрө диэн. Аанам хара өлүөр диэри тыа саҕатыгар үүнэн турар дөлүһүөн сибэккитин көрдөҕүнэ, хараҕа ууланар буолаахтыыра.
Эһэм санаата алдьанан, куруускалаах чэйин абарбыттыы тыастаахтык иһэн киллиргэппитэ.
Куорсуннаах
Чолбон. – 2021. – №3