«CОҔОТОХ БИИР ТЫЛЫ ЭТЭЭРИ…»

***

Cоҕотох биир тылы этээри

Поэт кэлэр бу сиргэ.

Соҕотох бэйэтин суолунан тиийээри

Ааһар кини уон эргиири.

Баҕар, тыллыа кини эппит тыла

Сүүһүнэн сүрэх тыла буолан,

Хатыҥ чараҥ суугунун тэҥэ

Сир үрдүн киэргэтэн.

Баҕар, муммут сулус буолан

Кини тыла тууйуллуо,

Хара сиргэ силис тарпат

Ырыатыгар тулаайахсыйан.

Быһах биитин бигээн көрө

Ырыаһыт аналын талбат,

Халлаан хаһыс хаттыгаһар

Уйалааҕын таайбат.

Арай, сүрэх өрүү куойа

Көрдүө, суохтуо биир тылы,

Кини эрэ этиэх тустаах

Хатыламмат кыл тыынын.

Онно дорҕоон күлүгэр

Баар соҕотох уоскулаҥ –

Өлөн баран тиллии курдук

Күлүм гынар чыпчылҕан.

      

***

Не выходи из комнаты,

не совершай ошибку…

И. Бродскай

Арай, Дали этиэ эбитэ буолуо,

бу туохха майгынныырын.

Көҥүл эрэ ыралаах,

көҥүл эрэ сырсыылаах,

икки атахтаах көҥүлүнэн

түөрт эркиҥҥэ хаайтарбытын,

томторуктаах эрэ олорорго

быыһанар суолун булбутун,

көҥүлүнэн ону талбытын.

Өркөн өйүнэн өҥ тутта,

улуубун дэммит бэйэтэ

бэйэтэ бэйэтиттэн куттана,

кутуйах иинин кэҥэттэ

күнүн, ыйын аахпытын,

Зум нөҥүө саспытын.

«Илиигин суун. Олор дьиэҕэр».

Мэлииппэлии этиллэр

нойосуус үөрэтиллибит тылларга

хайа улуу поэт тыллара

тэҥнэһиэхтэрэй билигин?

Караваджо хааннаах хартыыната

ону ойуулуо суоҕа.

Боттичелли мэтириэттэрин

харахтарыгар булбаккын

уодаһыннаах бэйэтин оҕор

таптарбыт бу мөхсүүбүтүн.

Гойя «Хара дьиэтин» эркиниттэн,

баҕар, булан көрүөхпүт этэ,

ким кими сөмүйэтинэн ыйа

алларастыы күлбүтүн.

Бүгүн Мунк «Хаһыытынан» толоро

аан дойдуну титирэстэппитин,

илэ хаамар Хотуурдаах

умсары көрдөрбүтүн.

Камамбер сыырдыы ууллар кэм

Дали чаһытыгар ыйанар…

«Кыһыл Ойуун» Кутурҕан Куота

кини ким этэй? Таайа сатыыбын мин

илиибин сууна туран…

      

***

Умейте домолчаться до стихов…

М. Петровых

Миигин манна ким да ыҥырбатаҕа,

ким да мэктиэ тыл биэрбэтэҕэ,

мэлдьи күндүлүөм, хадаҕалыам диэн,

көҥүлэ суох күүттэрбэккэ күөх иһити

остуолгар толору кутан ууруом диэн.

Ким да миэхэ «киир, аас» диэбэтэҕэ,

киэһээҥҥи чүмэчини умата,

сөрүө тэлгии уурбатаҕа, баайын,

                                           маанытын

талан бастыҥ олбоҕу ыйбатаҕа.

Арай, тоҕо эрэ, миигин талбытын

                                           биллэрбитэ,

тугу да ирдээбэккэ, иэс баайбакка,

этигэн, истигэн буоларга.

Мин диирбиттэн босхолонорго.

Уу чуумпуттан уонна…

                               уостанан уһуктарга.

     

***

Тугу да саҥарыахпын,

кимниин да кэпсэтиэхпин

баҕарбаппын бүгүн.

Уонна эмиэ хомунан

үлэбэр барабын

кими эрэ, тугу эрэ

кимиэхэ эрэ кэпсии,

истэрэ, истибэтэ

биллибэт истээччигэ:

«Күндү истээччим», – дии…

Ити олох.

Биир күннээх лыаҕы

тоҕо эрэ олус маанылаан

айааччы киэргэтэн ойуулаабыт

быыкаайык чараас кынатыгар

аан дойду хараҕын түһэрэ,

баҕар, мин күлүкпүн

онно эмиэ биир сурааһыҥҥа батара.

Ону мин таайа сатыыбын,

быһыыта. Харалҕан харахпынан буолбакка

көстүбэт көмүскэм иччитинэн

уһуннук одуулаһа.

Тоҕо ол миэхэ наадатын

бэйэм да быһааран билбэккэ.

Бэйэм эмиэ ол лыахтыы

таайыллыбат таабырыммын

сурук суолунан батыһа.

       ***

Адьас соторутааҕыта курдук,

бу сир оттонор этэ,

ити аҥылах кытыыта эмиэ.

Суох буолбуттар ол

оттообут дьоннор –

салаа да оту хаалларары

аньыы курдук санааччылар.

Халдьаайыга көстөр

кинилэр кубарыйбыт уҥуохтара.

Сүөһүтэ суох иччитэх даллар

тиэргэн ахсын оҥоһоллор.

Тыл да, өй да тиийбэт

бу баары туох дииргэ.

Өлүктүйбүт тыллаах тылдьыты

эмиэ баайбыт диибит,

оттоммот буолбут ходуһалыы,

сахалыы саҥарбат да буоллар

саха диибит сиэммитин

нууччалыы кэпсэтэр кырдьаҕастар.

Онтон ким тугу булан таҥан таһаарыаҕын,

хайа халлааҥҥа сааһылыаҕын,

ким, туох дэнэр буолуохпутун

билбэппин мин, билиҥҥи саха.

Арай,

ыйга, күҥҥэ, халлааҥҥа

Олоҥхоттон атыны билиниэхтэрэ

дуо, биһигиттэн?

«Ютуб», «бассаап» хонуутугар

көмүллүөхтэрэ дуо,

уҥуохтарбыт?

      

***

Хаһааҥҥы эрэ ырыа

бүппэт уһун дорҕоонун

күнү быһа сылайбакка тойон ыҥырыа     

                                           тардар

хонуу сибэккитин кэрийэ.

Эфес куорат көмүс манньыатыттан

төлө көппүт үөрүүтүн,

биитэр Артемида жрицатын

аньыылаах-харатын ыраастанар

                                           тойугунан үҥэ

үрүҥ күнтэн көрдөһөр? Айбыт эрэ билэр.

Улуу Геродот суругар киирбэтэҕи да өйдүүр

халлаан үрдүү тунаарар от ыйын

                                               куйааһыттан

өлбөөрбүт суруктаах кинигэлии.

Олоҥхо улуу байҕала бааллыран ааспыт

                                           алааһар

Илиада да инниттэн иһиллибит номохтору

                                           илдьэ сыттаҕа

бу томтор.

      

***

Ойуур иһинэн көстө-сүтэ

ыллык суол угуйар,

чараас тумарык солкотун куруһунан

                                           сандаарбыт

хатыҥ чараҥы туораан тахса.

Чөҥөчөк үрдүгэр тохтуу түһэн моҕотой

дьиктиргии одуулуур,

кыһыҥҥы хасааһын мунньуммакка

биэрэс хаампыты буруйдуурдуу.

Иһийбит чуумпуну суулуу ооҕуй илимин

                                                      тардар

күн тиһэх сылааһын сөбүргэнэҕэ кистии.

Күһүҥҥү кутаа күүһүрэр. Кыыспыт

                               сэбирдэҕинэн умайар.

Айя-София көмүс солотуута, бэл, тылыттан

                                                      матар.

Айылҕа сүдү хараамыгар – Айбыт бэйэтэ

                                                      үҥэр

баары барытын саҥата суох Тапталынан

                                                      алҕыы.

Суоһааны

Чолбон. – 2021. – № 3

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар