Тохсунньу 11 күнүгэр, Россия Бэчээтин күнүн көрсө, «Сахабэчээт» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтэ ааспыт сыл түмүктэрин таһаарда. Ол курдук, «Сыл бастыҥ редакцията» анал аатынан «Чолбон» сурунаалбыт бэлиэтэннэ.
Сурунаалбыт корректора Анна Прудецкая Ил Түмэн Культураҕа уонна биир кэлим иһитиннэрэр-көрдөрөр ньымаларга сис кэмитиэтин,
эппиэттиир сэкэрэтээр Туйаара Павлова «Сахабэчээт» тэрилтэ бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар.
«Чолбон» сурунаал сурутааччыларыгар, ааҕааччыларыгар уонна доҕотторугар үлэбит сыаналаммытыгар күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буола тураргытыгар махтанабыт!
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!