– Гоша, ити чохороон угун уларытаар эрэ, сүгэ угар аналлаах хатыҥ мас сарайга баар, – уолбун соруйабын.
– Хантан сатыай, бэйэҥ оҥоруоххун, – ийэтэ кыттыста.
– Киһи сатаабата туох баарый? Көнөтүк олорто да бүттэҕэ дии, – диибин мин.
– Ол уолгун хаһан эрэ үөрэппит киһиэхэ диэри, эмиэ булан дьаһайдыҥ дии.
– Оттон көрөн да үөрэнэр кэмэ кэллэ ини, ыйыттаҕына көрдөрөн биэриллиэ буоллаҕа.
Уолбут төрүт да истэрэ дуу, суоҕа дуу, төлөпүөнүн хасыһа олорор.
– Нохоо, Гоша, чэ, кытаат, доҕоор.
– Сөп-сөп, паапа, билигин тахсыам.
Төлөпүөнүгэр оонньуутун кыайда быһыылаах, туох эрэ диэн омуктуу саҥарбытын истэн баран, үөрэн-көтөн бэрт сылбырҕатык ыстанан турда, сытыы саха быһаҕын туппутунан таһырдьа таҕыста.
– Илиитин быстар дуу, хайыыр дуу, – ийэтэ чахчы сөбүлээбэтэх саҥата иһилиннэ.
Мин соччо өйдөөбөккө олордум, уолун көмүскэһэр дьүһүнэ дуу, миигин мөҕүттэрэ дуу.
– Бээ эрэ, эн тоҕо онно кыттыстыҥ? Холонон көрүө буоллаҕа, сүүрбэтин ааспыт, аармыйаттан кэлбит киһи дии.
– Уопсайынан уолу хайдах эрэ ииттиҥ ээ… Үөрэтэргин, такайаргын биирдэ да көрбөтүм. Арай кини сааһыгар ону сатыырым, маны кыайарым диэн эрэ кэпсэнэҕин, – ийэбит тохтоомоору гынна, эбии тэбиэһирэн барда.
Айдаан тахсаары гынна диэн таһырдьа куоттум. Гаражка киирбитим, уолум уһана аҕай сылдьар, тириппит-хоруппут.
– Маһым сааһа хайдах эрэ эбит, угун төрдүттэн кыҥаатахпына, сүгэм син биир туора олорор дии.
– Сөпкө көрбүккүн, сааһа арыый эрийэ. Маны биир эрэ өттүттэн сирэйдээ, дьиппийэн ыга охсон биэрэргэр тардан ылыа, – диэн ыйан биэрдим.
Кырдьык даҕаны, уһанарга бу диэн анаан үөрэппэтэх курдукпун гынан баран, син сатаан эрэр. Өссө биирдэ угун кэдэгэрин хайдах моһуоннаах оҥорорун көрдөрөн биэрдим уонна таҕыстым.
Биирдэ, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ, мотуорунан өрдөтөөҕү сирбитигэр сорудахха ыытаары гыммыппар эбэлиин, ийэлиин отой утарбыттара: «Оҕо ууга түһүө, уу суолун билбэт, мотуор моһуогуран ол-бу буолуо», – диэн буойсуу буолбута. Оччолорго бэйэм туохха эрэ тардыллан солото суох кэмим этэ. Ол да буоллар син иккиэн бултуу-алтыы балачча сылдьар этибит ээ, кыра эрдэҕиттэн. Дьиҥэ баара чахчы соччо такайбат, үөрэтэ сатаабат буоларым. Бэйэтэ көрөн үөрэнэрэ ордук курдук саныырым, ыйыттаҕына эрэ сүбэ-ама биэрэр кырыымчык кэпсээннээх аҕа дуома эбиппин. Улахан кылаастарга тахсыаҕыттан үөрэххэ умса түһэрбитэ буолан тэҥҥэ алтыһарбыт, сиргэ сылдьарбыт адьас аччаабыта, кэлин төрүт да тохтообута.
Онтон мин да оҕо сырыттахпына ким даҕаны бу диэн үлэҕэ, булка-алка үөрэппэтэҕэ ээ. Убайым булка батыһыннаран улаатыннарбыта, онон барыны-бары харахпынан көрөн, үтүктэн, сыыһан, таайан сатыыр буолбутум. Онон олох үөрүйэҕэ киһиэхэ бэйэтин эрэ сырыыларыттан мунньуллар диэн толкуйдаахпын. Үчүгэй анал иитии диэн хайдаҕа эбитэ буолла…
Гошик үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан каникул кэмигэр тыаҕа балачча сылдьыспыттааҕа. Уолбунаан балаакканан көһө сылдьан кыыллаабыппыт, онно улахан булт оскуолатын ылбатаҕа чуолкай. Ол оннугар табанан көһө сылдьар көс олоҕу, хоһуун соҕус сырыылары син биллэҕэ. Ыксаллаах соҕус быһыыга-майгыга холкубун көрөн кини да ыксаабат буолара. Арай биирдэ эрэ оҕом сыыһа соҕотох хаалан ытаабытын санаатахпына, билигин да сүрэҕим нүөлүйбэхтээн ылар.
Сүүрдүүнэн* сиэллэрэн иһэн биир тумулга суолу кыыл табалар туораабыттарын көрдүм. Табаларбын тус-туспа өттөөн хааллардым, Гошаны суолга сүүрдүүтүгэр хааллардым.
– Тоҥноххуна, уотта оттоор, манна кэтэс, бу кыыллары сонордоһон көрүөм, – диэтим.
– Биири бултуу охсон баран түргэнник кэлээр, сөп, – диэн, хата, киһим алгыстаах хаалла.
Соҕотох хаалар киһиэхэ санаатын көтөҕө таарыйа табаларгын харабыллаа диэн туоһапкабын хааллардым.
– Ээх, – диэн сорудахтаах киһи буолан боччумнук туттан сыарҕатыгар олорон хаалла.
Кыра оҕо «сииҥкэнэ», баата күүстээх диэн этэллэрэ кырдьык сүрдээх буолар эбит. Өр эккирэппэтим, икки биэрэстэни батыһаат, хаары хаһан аһыы турар ньэҥчээни** тэйиччиттэн көрдүм, иккиһин одуулаһа сатаатым да, көстүбэт. Уолум ойууннаабытын курдук биир көстүбүтү бултаатым, санаабар, түргэн соҕустук сүлэн хол-буут арааран астаатым. Түргэн-түргэнник дэвун*** оҥоро охсон төттөрү сүүрдүм. Номнуо биллэр-биллибэттик боруҥуйаары гыммыт. Арай тумулу таҥнары киирэн чугаһаан истэхпинэ, туоһапка тас гынар тыаһа иһилиннэ. Сүрэҕим «парк» гына түстэ, төбөбөр араас санаалар көтөн түстүлэр. Һуу… Хата уолум саатын сүкпүтүнэн суолбун батыһан хаары оймоон иһээхтиир эбит. Миигин өйдөөн көрбөккө, ытаан иэрийэрин быыһыгар тохтоон «Паапуоо!» диэн ыҥырар. Оо, барахсаным сыыһа, аар тайҕаҕа кырачаан да киһини быраҕан баран, олус өр күүттэрбиппин. Утары сүүрэн тиийэн уолбун өрө көтөҕөн ыллым, ытаабыта биллэр, хараҕын уута таммалыыр, бэйэм да уйадыйа сыстым.
– Бултаатыбыт, Гошик, маладьыас! Задание выполнено! – диэн уолуйбутун аһара сатаан үөрбүппүн-көппүппүн үллэстибитэ буоллум.
Соннук көтөхсүбүтүнэн аллара табаларбытыгар тиийдибит. Көлүнэн баллааккабытыгар айаннаатыбыт. Оҕо-оҕо курдук ытаабытын түргэнник аһарынан кэпсээн бөҕө буолан айаннаатыбыт. Дьэ ол айан устата элбэхтэ да сыллаабытым буолуо уолбун.
– Тоҕо ыттыҥ? Куттанныҥ дуо?
– Суох, эйигин иһиттин диэн халлааҥҥа ыппытым, быраҕан барбыт диэн куттана санаабытым, – диэн билигин да дириҥник мэҥийэн салгыны эҕирийэ-эҕирийэ, уолум хоруйдуур. Сарсыҥҥы күнүгэр үөрэ-көтө кыылбытын иккиэн ньүһүдьэллээбиппит****, онно аан бастаан илии-атах буолан булт үлэтин билбитэ.
Ол курдук өссө биир кыылы бултаан баран этэҥҥэ дьиэбитигэр төннүбүппүт. Хорсун буолууну, тулуур диэн тугун киһи хайдах үөрэтиэ эбитэ буолла… Кэпсээни истиэхтээҕэр бэйэтэ этинэн-хаанынан билбитэ эмиэ да ордук курдук эрээри, улахан булка барахсаны, кырачаан да киһини, эрдэттэн соспуппун. Кэлин син балачча куска, балыкка сылдьыспыта да, тугу-тугу көрөн иҥэриммитэ биллибэт. Дэриэбинэ, куорат олоҕор уол оҕоҕо хайдах иитии-такайыы ордуга буолла? Спорка кыратыттан сыһыарыы буолуо дуу? Мин санаабар, оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр ини. Бэйэбит куруутун үтүө холобур буолан этэҥҥэ олорорбут оҕолорго үчүгэй, сиэрдээх иитии буолуо ээ. Үлэттэн куттаммат, үөрэхтэн саллыбат гына бэйэбит холобур буоларбыт буоллар. Кыраларыттан тыаҕа, сиргэ-уокка батыһыннарар эмиэ сөп дии саныыбын. Онон бэйэлэрин дьоҕурдарын арыйалларыгар, салгыы сайыннаралларыгар көмө буоллахпытына, этэҥҥэ буолара саарбахтаммата чахчы.
– Тугу гына тураҕын итиннэ? – кэргэним эдэрдии саһыгыраччы күлбүтүгэр хата соһуйдум. – Уолуҥ? Кырдьаары гыммыккын дуу? Өр баҕайы турдуҥ дии. Сотору киирээриҥ, ас буста, – диэн баран быган турбут күүлэтин аанын сапта.
Дьэ сүбэлиирим-амалыырым мунньуллан аҕай гаражка төттөрү киирбитим, уолум хата бэртээхэй угу оҥорон, көбүс-көнөтүк чохороонугар олордон, ытаһатын төрдүн эрбии турар эбит. Эмиэ элбэҕи этэн салгыппакка:
– Үчүгэй, сатаабыккын. Төһө табыллыбыта үлэтигэр көстүө, киирэн аһыах, – диэтим.
– Есть товарищ капитан! – уолум күлэн тиистэрэ сандаарар, уга табыллыбытыттан астыммыта көстөр.
*Сүүрдүү – чэпчэки наарта
**Ньэҥчээн – муоһун түһэрбит кыһыҥҥы кыыл таба
***Дэвун – бултаммыт кыыл этэ астанан хараллыбыт сирэ
****Ньүһүдьэл – булт этин тиэйэн, ындан аҕалыы. Бултаммыт эккэ эрэ сыһыаннаах тыл