Чэриктэй Биэрэтин куйаара

(Эссе сэһэргэһии)

– Биэрэни суруйабын даа, айака-а, куттаммаккын дуо? Ол киһиҥ куйаартан да истэ сылдьар ини. Мин ааппын тоҕо ааттаатыҥ диэт, саныах бэтэрээ өттүгэр баар буола түһүө дии… 

Кэпсэтээри гыммыппар,

сорукпуттан соһуйууларыттан 

***

Хомпоруун хотой кыыл буоламмын,

Күүстээхтик өрө көтөн күпсүйэн,

Салгынтан тайанан сабырыйан,

Чаҥ алтанныы чаҥырҕаан,

       Киҥкиниир киэҥ халлаан

       Килбиэннээх курбуутугар тахсан,

       Кэдирги түһэн

       Кэтэһэн олордум,   

Ордоо-добун халлаан

Уордаах оһуутун дугуйданан

Одуулаан олордум,

       Үрдүк күндүл халлаан

       Үрүт мөҥүөнүн миинэн

       Өҥөйөн олордум…

Орто курбуу-дьаҕыл дойдум

Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ

Туһахтатын курдук буолан

Туналыйан-туйааран көһүннэ.

       Сир ийэ хатыны

       Сиксик-сиксиктэринэн

       Сидьэйэн-ситэн көрдүм,

Улуу муоралары

Улаҕа өттүлэринэн

Одуулаан урбачыттым,

       Ааттаах араат байҕаллары

       Анараа өттүлэринэн

       Адыылаан анаардым…

Өксөкүлээх Өлөксөй, «Ойуун түүлэ»

***

– Тыкаларыам, миигин букатын барда дии санаамаҥ. Салгын кутум ыраах көтөр. Сорҕото туох буолан сылдьарын ааҕан сиппэппин, ханна баҕарар баар буолуо. Бэйэм онтон көрө-истэ сылдьан араҥаччы буола туруом. Хомуһунум өссө ордук күүһүрэн иһиэ. Балай да буолан баран орто туруу-бараан дойдуну, киһи аймаҕы көмүскэһэ хаттаан илэ кэлиэм.  

Биэрэ кэриэс этиититтэн

***

Ойуун-удаҕан дьабыҥҥа көтөн баран, орто дойдуга, тус эйиэхэ кэлиитэ хайдах баҕарар буолуон сөп. Баҕар, сорҕото бу кинигэнэн да кэлэн эрэрэ буолуо. Хас тылынан, хаартыскатынан… кэнэҕэһин киинэнэн да дьайыытын кэҥэтиэн, дириҥэтиэн, далааһынныан сөп.

Арай, ама киһи көрдөҕүнэ, тула уҥуора-маҥаара, төһөтө-хаччата биллибэт Улуу Эбэнэн устан истэххэ, уу-халлаан ыпсыыта ыраахха угуйан батыһыннаран ханна тиэрдиэ биллибэт. Акыйаан дириҥ далайын түгэҕин баччааҥҥа диэри ситэ чинчийбэккэ сылдьаллар. Өндөл Хайа оройугар дабайан таҕыстахха, өссө үрдүк очуостар онон-манан тураллар. Доҕорум, аан дойдуга аатырар чинчийээччи, учуонай Эрнст Мулдашев этэринэн, ити хайалар истэригэр пирамида оҥостон атланнар билигин да олороллор. Олор хаспахтарыгар, истэригэр-тастарыгар, үрдүлэригэр-анныларыгар туох-туох баарын ким билиэй? Ханна да тиий, өссө киэҥ, ыраах, үрдүк, дириҥ баар буолан иһэр. Олус түргэн сырыылаах салгын аалынан да көттөххө, сир-халлаан ыпсыыта ырыых-ыраахха тэйдэр-тэйэр. Биһиги сирбит туох баара куйаарга барытыгар холоотоххо кып-кыра сорҕото эрэ. Оттон күн эргимтэтин анараа өттүгэр туох баарын билбит өссө иһиллэ илик. Дьэ итилэргэ истэриттэн-үөстэриттэн арааһы айан соһуталлар.

Оннооҕор быыкаайык чыычаах тумсун уһугун саҕа атом аан дойдуну суох гынар күүстээх. Кыырпахтан хас эмэ тыһыынчанан кыра водород атомнааҕар амырыын алдьатыылааҕа бигэргэтиллибитэ. Оннук киһи хараҕар көстүбэттэртэн, бу сирбит түгэҕиттэн саҕалаан, киҥкиниир киэҥ халлаан уҥуора-улаҕата биллибэт улуу куйаары наука өссө арыйа турар. 

Киһи этэ аһылыннаҕына эрэ көстөр-биллэр айыылар, таҥаралар, аанньаллар, абааһылар төһөлөрүн-хаччаларын быһа барыллаан ааҕан ситэр уустук. Индустар аҥаардас соҕотох ынахха сороҕор биир түгэҥҥэ 33 мөлүйүөн таҥара баар буолар дииллэр. Таҥара үөҥҥэ-көйүүргэ киирэн сылдьар буолуон сөп диэн, алҕаска айахтарыгар киирэн аньыыны оҥортороруттан сэрэнэн мааска кэтэллэрин Эдьиий Доралыын олус дьиибэргии көрбүппүт. Биһиги билбэппитинэн туох-туох аньыыны-хараны оҥоро сылдьарбытын айбыт таҥара билэн эрдэҕэ.

Мин саныахпар, хас биирдии киһи, туох барыта – таҥара айыыта, куйаар сорҕото. Былыр-былыргыттан үрүҥ-хара охсуһуута баарын курдук, үөдэн түгэҕиттэн үрдүк халлааҥҥа тиийэ хара дьайдар Орто туруу-бараан дойдуга кэлэ-бара, ордоотоон олохсуйа сылдьан, сорохтору анаан буулаан, ымсыыран, былдьасыһан-тарасыһан, ыарыы үөскэтэн таҥара айбытын сорҕотун буортулуу, алдьата, сытыта-ымыта сатыыллар. Таҥара барахсан бэйэтин көмүскэнэр, эмтэнэр курдук арчылыыр. Сут-сор кэлээри гыннаҕына, ардаҕы түһэрэр, уйгуну-быйаҥы чэлгитэр. Хомойуох иһин, сорохтор харчыга харбыалаһан, айылҕаны буортулаан, алдьатан, дьоҥҥо-сэргэҕэ куһаҕан дьайыылары оҥорон, бэрт былдьаһан, араастык тыллаһан айбыт таҥарабытын төһө эрэ хомотон, кэлэтэн эрэллэр. Үүнээйилэри буортулуур, үөнтэн-көйүүртэн харыстыыр чыычаахтары илэ көрөн итэҕэйэбит. Таҥараҕа көмөлөһөр үөһэттэн айдарыылаах ойууннар, удаҕаннар, ичээннэр бааллар. Кинилэр киһиттэн таһыччылар, билэллэрэ-көрөллөрө элбэх, этэргэ дылы, ама дьон көннөрү көтөр курдук буоллахтарына, кинилэр хомпоруун хотойго холоонноохтор. Удаҕан-ойуун, мин оҕо эрдэхпиттэн өйдүүрбүнэн, биир киһи эрэ буолбатах. Кини соҕотох тойон кыыл эрэ буолбакка, баҕардаҕына, биир бэйэтэ атын да киһи буолан дуу, көтөргө-сүүрэргэ, от-мас быыстарыгар киирэн дуу тус-туспа сирдэргэ тэбис-тэҥҥэ, урут-хойут даҕаны баар буола түһүөн сөп. Ити курдук дэгиттэр кыаҕы баһылаабыт Вера Михайловна Рожина (1898-1977 сс.), айыллыбыт аҕатынан Давыдова, бэйэтин чугас дьоно ааттыылларынан Эдьиий Биэрэ, улууһуттан атын сиргэ суон сураҕынан Чэриктэй Биэрэтэ, дьоҕурун сөхпүттэр Удаҕан Биэрэ, Сибэтиэй Биэрэ, кэнэҕэски дьон Эбээ Биэрэ диир Ытык киһибит туһунан хоммут уоспутун хоҥуннаран сэһэммин саҕалаары гынным. Санаа эмиэ муҥура суох. Онтон хайатынан айанныыбын?

Кини эппит-саҥарбыт, ыллаабыт-туойбут түгэхтээх, биэтэстээх, эҕэлээх, дьиибэлээх тургутуулара, дьайыылара силистээх-мутуктаах, таптыырдыы, сороҕор кыһарыйар, архааннаах аартыкка алгыыр, киэҥ далааһынныыр, үрдүккэ көтүтэр өбүгэ үгэстэриттэн саҕалаан, киҥкиниир киэҥ куйаар араас эйгэтигэр тиийэ ураты өйдөбүллэри үөскэтэллэр.

Библияны киһи дьоҥҥо анаан суруйдаҕа. Ол «Аан бастаан тыл баар буолбута» диэнтэн саҕаланар. Ол аата сир үөскүөн иннинэ тыл хантан иһилиннэ? Ыраахтан Таҥараттан айыллыбытын биллэрии курдук. Таҥара ханна баарын эттэринэн-хааннарынан итэҕэйэн дьону быыһыыр, айар бу баар диэтэхтэрэ. Таҥаралар, абааһылар баалларын көрөбүн диирэ үһү Чэриктэй Биэрэтэ.

***

1989 сыллааҕы саргылаах сайыным. Москва. Мин Аан дойду ыччатын уонна устудьуоннарын 13-с бэстибээлигэр ССРС делегациятыгар сахаттан соҕотох делегатынан талыллан Пхеньяҥҥа барарга бэлэмниир кууруска сылдьыбын. Тэлэбиисэргэ күн аайы Кашпировскай. Суруксут үлэлээх буолан кэллиэгэлэрим тугунан тыыналларын билээри, хаһыат, сурунаал атыылаһабын. Хайаан да экстрасенстары таһаарар буолбуттар. Бээ, Биэрэ кэмим кэлиэ диирэ. Ол чугаһаабыт дуу? Ийэм эйигин төрүөҥ иннинэ биһигини аар-саарга ааттатыа диэбитэ диирэ… «Биһигини…» Ол кимнээҕи?

***

1989 сыл самаан сайын. КНДР. Пхеньян. Аан дойду ыччатын уонна устудьуоннарын 13-с бэстибээлин тэрийээри киэргэппиттэр аҕай. Болуоссат, уулусса барыта сибэкки. Итиннэ-манна Нация күнэ, Улуу сирдьит Ким Ир Сен кыһыл көмүс дуйдаах боруонса бааматынньыга. Хардыы аайы кини уруһуйдаммыт дьэрэкээн паннолара. Ол бастакы бэрэсидьиэнниин илии тутуһан көрүстүм ээ. Сөбүлээбит. Биир суумка бэлэх ыыппытын тас дойдуларга министиэристибэ улахан үлэһиттэрэ аҕалан туттарбыттара.

Бүгүн японецтар Хиросима уонна Нагасаки иэдээннэрин киинэҕэ устубуттарын дьон айманыа диэн оччоттон баччааҥҥа диэри киэҥ эйгэҕэ көрдөрбөтөхтөрүн улахан экраҥҥа аан бастаан таһаарыыларыттан улахан саалаҕа мустубут барыта долгуйда. Ол сиэртибэлэрэ илэ, баастарын көрдөрө-көрдөрө, кэпсииллэрин истэн иэдэйдибит. Ок-сиэ, ити иэдээн буолуон иннинэ Биэрэ кэпсээбит. Оо, туох буолаары турарын илэ көрөр эбит.

– Кылбаа кыталык буолан кыырай халлаан кырсынан кынтайа көтөн истим. Уҥуора биллибэт дьалкыллар-балкыллар аар акыйаан үрдүнэн тимир көтөр аал тайааран иһэр. Үс Ньүкэн арыытыгар үөһэттэн мас буочука курдугу ытан ыыттылар. Онтуката доҕо-ор, куорат ортотугар түспүтүгэр тыһыынчанан дьиэлэр ыһыллан хааллылар. Били уоттан аарыма холорук өрө ытыллан халлааҥҥа тиийэ таҕыста. Улахан куоракка тыынар тыыннах кытыы эрэ өттүлэригэр нэһиилэ тыынан, охто, дьаадаҥныы сылдьаллар. Били холорук дьаатынан ардаата. Ордубут аҕыйах дьон ириҥэ-хаан буолан эрэллэр. Оо, айабын ньии!

Ити кэннэ хас эрэ ый буолан баран араадьыйаҕа Дьоппуонньуйаҕа ядернай буомба түспүтүн истэн, Биэрэ эрдэттэн көрөрүн, дьэ, өссө итэҕэйбиттэр. Биэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ: «Арҕаа уот бэрэбинэ саҕа тимирдэр түһэн, дьиэлэр испиискэ хаатыныы күлүм гына ыһыллаллар. Киһи уҥуоҕа, этин сэймэгэ ыһыллан олорор. Хаан үрэх буолан сүүрүгүрэр, өлүктэр томтор курдук үллүктэннилэр», – диэн аймаммыт, онтон ыалдьан бэйэтэ бааһырбыттыы айакалыы сытар үһү. Ол презентацияҕа көрө олорон Биэрэ эрдэттэн оруобуна да ойуулаабыт, суруллар кэм, дьэ, кэлбит дии санаабытым. Мантан бараат Чэриктэйгэ ир суолун ирдэһэ тиийэргэ бигэтик быһаарыммытым.

***

Оччолорго мин Биэрэ туһунан суруйарга саҥата суох санаабыппын улахан Эдьиийбит куйаарынан өтө таайбыт. Куойабар-маҥкыбар оҕустарбатахпын. Дьиҥинэн аал уоту оттон айах тутан, сиэри-туому тутуһан, итинник улахан дьыаланы оҥорорго бэйэтиттэн көҥүл көрдүөхтээх эбиппин. Ону баара суо-о-ох. Дьэ онтон кэһэйбитим эбэ-эт.

***

1989 сыл күһүн. Уус Алдан улууһун Бороҕонугар убайым Куола баар-суох доҕоругар Гаврил Семенович Рожиҥҥа анаан-минээн хас да хонукка хоно-өрүү тиийбитим. Кинилиин биһиги бииргэ төрөөбүт курдук сананабыт. Ама, буолумуна. Оҕо эрдэхпиттэн Убайым Куола доҕоро буолан төһөлөөх элбэхтэ дьиэбитигэр хонон-өрөөн ааспыттарай? Бастакы көрсүөҕүттэн фокус-муокас көрдөрөн тахсара. Аан бастаан кырабар Дүпсүҥҥэ: «Ийэҕиттэн манньыатта көрдөөн ыл эрэ», – диэбитэ. Бэйэтигэр элбэх буолуо да, анал оҥоһуулаах буолуо диэн итэҕэйиэ суоҕа диэтэҕэ. Манньыаты игиинэн дуу, тугунан дуу, хайдах сатыырбынан бэлиэ оҥорорбор эппитэ уонна тахсан барбыта. Киирээт, көрдөөн ылбыта. Улахан сандалы үрдүгэр ууран ыйар тарбаҕынан курдат анньан кэбиспитэ. Сиргэ манньыат түһэн эрэрэ: «Ити эйиэнэ. Көр эрэ. Бэлиэтээбитиҥ баар дуо?» – диэн ыйыппыта. Чахчы этэ. Мин остуолу көрөбүн – тэстибэтэх. Дьэ ити хайдаҕый? Ол кыра. Эдьиийим баттаҕын өрүнэр лиэнтэтин ыйбыта. Оччолорго күндү бөҕө. Мээнэ көстүбэт. Харса суох кырыйарбар соруктаата. «Төһөнөн элбэхтик кырыйаҕын, оччонон үчүгэй», – диэтэ. Эдьиийим кытаанах, бу кырыйа олорорбор түбэһэ киирдэҕинэ, оройбун алларар. Атын киһи эппитэ буоллар, кырыйан да бэрт. Гаанньа саҥарара гипнозтааһын буоллаҕа, илиигин-атаххын бэйэтэ хамсатар ини. Тылын иһитиннэрэр дьайыыта куйаартан дуу, хантан дуу, ол лиэнтэ сабын быыһынан дуу кэлэрэ буолуо. «Түргэнник, түргэнник», – ыксаттаҕын аайы кыптыый тыаһа кырдырҕас. Олох бытырыыс курдук оҥорбуппун ылла, икки ытыһын иһигэр тутан туран үрдэ уонна илиитигэр олох да кырыллыбатах лиэнтэни чиккэччи тардан таһаарбыта. Оо, оҕо бастакы көрүүтэ төһө эрэ соһуйда буолла? Ойоҕостон ол бэйэбин көрбүт киһи. Саамай сөхтөрбүтэ, Бороҕоҥҥо үс ураҕаһы муостаҕа туруорбута. Хамсатан көрбүтүм тимир анньыллан турарын курдуга. Буорга батары да анньан оннук туруоруо эбиппит дуу? Саарбах. Онно биир эмис баҕайы уолу гипноһунан утутан баран уурбута, «Т» буукуба курдук. Онтон атаҕыттан биир ураҕаһы ылла. Атаҕа токуруйбат. Сиһиттэн ураҕаһы тарта. Уолбут «Г» буукуба курдук турар. Онтон үһүс ураҕаһы ылбытыгар киһибит салгыҥҥа ыйанан хаалла. Гаанньа ураҕастан биирдэрин ылла: «Көрүҥ, бу туохтан да тирэммэтэх, быһа да ыйамматах, туохха да өйөммөт. Салгыҥҥа турар», – диэн уолу анныттан саҕалаан үрдүнэн, ойоҕосторунан эргитэн көрдөрдө. Ол кэннэ икки ытыһын уунан хайа диэки хамсатар, уола ол салайыытынан көтө сылдьар. Кэлин оннугу Копперфильд оҥорорун тэлэбиисэргэ көрөн «оо, Гаанньа арай Америкаҕа төрөөбүтэ буоллар, итиннээҕэр буолуоҕу оҥоруо этэ» дии санаабытым.

Гаанньалаах Куола сырыыны сылдьыылара, сир астыыллара, бултууллара-алтыыллара барыта киһиттэн таһынан. Мин биэстээхпэр Бороҕоҥҥо кэлэн Куолалаахха сааскыттан күһүҥҥэ диэри олорорбор Гаанньалыын ордук алтыспытым. Онтон ыла Бороҕоҥҥо кэллим да быһа ааспаппын, куоракка киирдэҕинэ биһиги аймахха барыбытыгар кэриэтэ сылдьыбыт буолааччы. Сыһыаммыт биир хааннаахтартан да чугас. Тугу ыйытыам эрэ кэрэх, арааһынан соһутар, күллэрэр, сэҥээрдэн ыраах угуйар. Бастаан хайаан да соһуйар-өмүрэр, дьээбэлэнэр. Сороҕор уустук баҕайыны, киһи толкуйдуу-толкуйдуу торумнуох айылааҕын, кини обургу бүлүмүөт ытарыныы түргэнник тигинэтэр. Хайаттан түһэр күрүлгэннии кутар-симэр.

– Баанньыска, эн, кэлэргин эрдэ билбитим.

– Ыы-ы…

Биэрэ уонна Гаанньа туһунан бороҕоттор кэпсииллэрэ элбэх. Онтон биир номох… Бу мантан Биэрэ уолун ыраахтан киминэн дуу, хайдах дуу араҥаччылыы сылдьара көстөр.

***

1960-с сыллар ортолоро. Сайын. Уус Алдан. Бороҕон. Эмискэ икки кыыс баар буолбута. Хантан кэллилэр? Ырайтан түстүлэр дуу? Барахсаттар эчи, кэрэлэрин. Биирдэрэ фарфор куукула курдук маҥан субалаах. Көбүс-көнө. Номоҕон, холку. Аргыый хааман нуоҕалдьыйдаҕына, Тойон Мүрү ытык сирэ долгулдьуйар. Маннык бэйэлээҕи буорунан булкуйуом, сыыһынан саппаҕырдыам дуо диирдии иһийэр. Иккиһэ, күлэн-үөрэн саһыгыраатаҕына, күн кытта күлүмнүүр сардаҥата эбиллэр. Кыыстыын-уоллуун, эмээхсинниин-оҕонньордуун кинилэри батыһа көрөллөр. Уолаттар обургулар билсиэхтэрин, от-мас үлэтин үгэнэ буолан, киинэ тыйаатыра да, оройуоннааҕы култуура дьиэтэ да ыт баһын саҕа күлүүһүнэн хатанан тураллар.

Сураҕы иһиттэххэ, биирэ оҕото суох ыал, Сөдүөрэлээх Ылдьаа, куораттан тулаайах кыыһы хантан эрэ иитэ аҕалбыттар. Көрдөххө, нуучча курдук. Туох хааннааҕа биллибэт. Ол гынан наһаа минньигэстик уу сахалыы саҥарар. Кинилэр кыыстарын харыстаан былыттаах халлааҥҥа быктарбат кэриэтэ Бороҕон ортотугар сыыр анныгар баар дьиэлэриттэн дэҥҥэ быктараллар. Биирдэ эмэ маҕаһыыҥҥа Сөдүөрэлиин барсан кэлэр. Иккиһэ, сиэстэрэ үөрэҕин бүтэрэн манна ананан кэлбит. Чэриктэйтэн төрүттээх дииллэр. Уолаттар олус ымсыырбыттыы көрөллөр. Кэлэр-барар сирдэрин маныыллар. Билсиэхтэрин баҕараллар да, ыраахтан туора хааман куоталлар. Оннооҕор аттынан атар айахтааҕы алларастаппакка аһарбат Аппанаас айаҕа сыстыбыттыы уу чуумпу, балыктааҕар кэлэҕэй, сымыыттааҕар бүтэй буолбут. Ол барахсаттары кытта хайа бэйэлээх билсиэ буолла?

***

1960 сыл ортото. Күһүн. От үлэтэ бүтэн, «субуотаҕа кулуупка танцы буолар үһү» диэн үөрүүлээх сурах тарҕаммыта. Иллэҥ ыччат барыта кэриэтэ түмсүөхтээх. Били икки кыыс кэлиэхтэрэ дуо? Саатар, ыраахтан көрбүт киһи. Арааһа кубалыы куоҕаһыахтара, кыталыктыы кынталдьыһыахтара. Уолаттар эрдэ тиийэн дьолго тиксээри долгуйа кэтэспиттэрэ. Дьэ, ээ, эргэ кулууп иһигэр киирбиттэригэр тула сырдыырга дылы буолла.

Хас да төгүллээн уруккуттан холбонор муусука тыаһаата. Билсэр оҕолор бары биир чөмөҕүнэн киирэллэр. Саҥа кыргыттар иккиэн бэйэлэрэ туспа кытыы диэки үҥкүүлээтилэр. Кинилэргэ чугаһыах айылаах суох. Ол кэмҥэ икки 20-чэлэрин туола илик истилээгэлии таҥастаах уол хааман сэгэлдьиһэн киирдилэр. Улахан баҕайы суумканы икки өттүттэн туппуттар. Тута үргүлдьү радиолаҕа тиийдилэр. Соҕурууттан кэлбиттэр быһыылаах, бииртэн-биир саҥа тахсыбыт грампластинкаларын холбоон хас биирдэрин тыаһыгар сөп түбэһиннэрэн түргэн муусука холбоммутугар муодунайдык үҥкүүлээн элээртилэр. Дьоҕурдара да бэрт быһыылаах, хамсаныыны барытын сатыыллар. Көрөөччү бары, ордук кэрэ аҥаардар, оннооҕор икки саҥа, харахтара кинилэр диэки.

– Ити кимнээҕий? – хотойдуу одуулуу турар өксөкүлүү туттааччыттан ыйытта. 

– Билбэппин, – сарыннар ыгдаҥнастылар.

– Мантан ханна эрэ үөрэххэ дуу, аармыйаҕа дуу баран кэлбит буолуохтарын сөп да, урут көстүбэттэр этэ.

– Оннук курдук. Чугас эргин харахтаабатах бөтөстөрбүт. Бороҕоттор буолбатахтар.

– Кыргыттарбыт бары вальс буолла да кинилэргэ ыйана сылдьаллар.

– Ээ, баар-суох Мааны Маасабытын ити хатыҥыр уол номнуо иккитэ ыҥырда, кэрэ Кэтирииспитин ол бөдөҥ уол кэккэлэһиннэрэ сиэтэ сылдьар. Таһырҕаталаан биэриэххэ буоллаҕа!

– Доо, таһырдьа тахса сылдьыаҕыҥ эрэ, – диэбиттэригэр ыҥырыллааччылар үөрүүнэн сөбүлэстилэр.

Суоһурҕанааччылар, таһырдьа тахсаат, кулууп кэннин диэки бардылар. Тулаларын көрүннүлэр – ким да чугас иһэрэ көстүбэт. Икки уолу ыҥырааччылар төгүрүйэ туран кэбистилэр, үс бөдөҥ уоллаахтар эбит. Киксибиттэр быһыылаах, биирдэстэрэ күрүө намыһахтыы бастаан дьарамай Коляны ылан таах түҥнэри саайдахпына, доҕоро куттанан ньаппас гыныа, уолаттар төһө эрэ астыналлар, саллаллар, ону кэлин кэпсэтэ-кэпсэтэ төһө эрэ күлэбит диэтэҕэ. Табыллыбата.

– Чэ! – дииллэрин кытта Куола, утары турааччытын сутуруга элэс гынан иһэрин көрөөт, харытыттан харбаат, эргиллэн, санныгар сүгэн көхсүгэр утарсааччытын түөһэ сыстыытыгар бөхчөс гынна. Кинини, кыра дьарамай киһини, үрдүнэн көтөн бөскөөнчө атаҕа күөрэйбитинэн сиргэ тас уорҕатынан таралыс гынна. Ол кэмҥэ Гаанньа дуҥдуҥнаары гыммыттары уҥа-хаҥас илгитэлээн кэбистэ. Кини, күүстээх киһи, уруккуттан аны эчэтиэм диэн сэрэнэ хамсанааччы. Доҕоругар ким эрэ эмиэ түһэн эрэрэ, Куола аны хатыйа тэбэн түһэрдэ.

– Доо, баран убайдары көмөҕө ыҥырыҥ эрэ, – диэн хамаанда биэрдэ били өксөкүтүйэ сатааччы.

Доҕордуулар кимиэхэ да урут түһээччилэрэ суох. Кэтэһэн турдулар. Гаанньа, Куола диэки үөннээхтик хараҕынан имнэнэн баран, мичээрдээтэ:

– Долгуйума, – куолутунан түргэнник саҥара, уоскута турда. – Һэ-һэ, дьэ билигин көрдөрүөхпүт. Элбэхтэн элбэх охтуо, аҕыйахтан аҕыйах адаарыйыа этэ, да эрэйдээхтэри…

Куола Гаанньа тугу эрэ дьээбэлэнээри гыммытын сэрэйэн мүчүҥнээтэ.  

– Убайдар оннооҕор буолуохтары сойуппуттара. Эһигини баҕас ааһан иһэн тэпсиэхтэрэ.

– Чэ, көрүөхпүт!

Сотору улахан уолаттар тибигирэһэн кэллилэр.

– Бырааттары кимнээх тыыталларый?! Ханна баалларый?

– Па, иккиэлэр эрэ дуо? Бу дьону кыайбаккыт дуо?

Оҕо мочороостору ааһан иһэн илиилэрин эрчийээри үөрбүттэрэ атын күтүр буолбута.

– Эй! Гипноз диэни билэҕит дуо? – Гаанньа соһуччу ыйытыытыттан чиккэс гыммыттара. – Мин сибилигин ону көрдөрүөм.

– Оттон эһиги фокуһу сатыыгыт дуо?

– Хантан?

– Мин ону эһиэхэ оҥотторуом.

–Бэрт буолуо эбит.

Гаанньа эҕэлээхтик мичик гыммыта. Дьикти, ол сэбиэскэй кэмҥэ гипноз, фокус оччо көрдөрүллүбэт кэмэ этэ. Онуоха сибилигин кырбаары өрүкүйээччилэри кэһэтэн биэрэргэ санаммыт уоллара таптаабытынан дьаһайан барбыта. Саллаат хамандыыр бирикээһин тук гына толорорунааҕар түргэннэрэ.

– Дьэ бары биһигини тула көнөтүк туруҥ эрэ. Атаххыт иннинэн да, кэннинэн да, уҥа да, хаҥас да хамсаабат буолла. Токуруйбат Баҕана курдук. Тилэххит сиргэ сыстан хаалла.

Дьигиҥнэһии буолла. Ким да бачыыҥкатын сиртэн хоҥнорбото.

– Бу маннык турдаххытына мин барыгытын кэрийэ сылдьан сирэйгитин быһыта сынньан кэбиһэбин дуо?

– Ээ, кэбис-кэбис.

– Элбэх буолан, биир-икки киһиэхэ киэбирбэт буолуҥ. Дьиҥ эр киһилии сананар буоллаххытына, атаҕастаабыты кытта биир-бииргэ киирсэр баҕайыта.

– Сөп, сөп, сөп.

– Мин бэйэҕитин уонна атыттары мантан чугас тугу да көрбөт туманын түһэрдим. Оннук дуо?

– Хайа, доо, хараҕым туох буолла. Барыта туман. Эйиэнэ эмиэ дуо?

– Ээ-ээ-ээ. 

– Оо, иэдээн.

– Ээ, аны бу киһи көрбөт оҥорбута буолуо.

– Туох алдьархайдаах киһитигэр түбэһэн өлө оонньоон эрэбит дуу?

– Саҥарымаҥ.

Уу чуумпу буолла. Гаанньа соруйан тохтоон турда. Ол кэннэ:

– Мин тугу этэрбин толорон иһиҥ. Хамаандабын истибэтэххитинэ, дьүлэй да, балай да оҥортоон кэбиһиэм!

– Аа-а, – турааччылар ньахчас гыннылар. 

Куола иһигэр: «Ээхтэрин этитии диэн сүрдээх да буолар эбит. Бу Гаанньа бэйэтин гипноһа итиччэ күүһүрбүтэ буолуо дуу? Ийэтин туга эрэ куйаарынан кэлэн оҥотторо, этитэ турара буолуо дуу?» – таайа сатаабыта.

– Искит ыарыйда дуо?

– Ыалдьан.

– Олох кыбыстымаҥ. Ыраатымаҥ. Ыстааҥҥыт тимэҕин сүөрүнүҥ. Уонна сулбу баттаат, чохчос гыныҥ.

Күһүҥҥү борук-сорукка бууттар кылбас гыннылар. Гаанньа эмискэ ытыһын ытыһыгар саайан «лаш» гыннарда уонна хаһыытаата:

– Туман көттөө! Кыргыттар иһэллэр!

Чохчоһон олорооччулар хачымахтаһа түстүлэр. Ыксалларыттан илиилэрэ баҕыарбыт. Ыстааннарын өрө тардыммакка булумахтаннылар. Сорохтор соннук бууттара кылбайбытынан охтон көлөттө сыталлар.

– Дьэ гипноз диэн маннык. Аны мин суохпар бу доҕорум соҕотох сылдьар да кэмигэр тыытан көрөөрүҥ эрэ. Ыраахтан баар буола түһүөм. Күрүлүүр күнүс ийэттэн төрүү сыгынньахтаннаран, кулуупка кыргыттар ортолоругар үҥкүүлэтиэм. Үһүс атаххытын балалаайкалата оонньотуом. Хойуугутун убатан ыстарыам.

– Ээ-э, кэбис.

– Чэ, гипнозпун уһуллум. Дьиэҕитигэр баран сынньаныҥ. Бакааларыҥ. Фокускутугар барҕа махтал! Аны итинниги онно-манна көрдөрө, кэпсии сылдьаайаҕытый. Ыраахтан да истиэм-билиэм.

Кэһэтиэн баҕалаахтар, тосторун ылан, кулуупка чугаһаабакка, аны итиннэ киллэрэн кыргыттар ортолоругар атыннык үҥкүүлэтиэ диэбиттии тарҕаспыттара. Ону көрөн доҕордуулар күлэ-үөрэ хаадьылаһа хаалбыттара.

– Коля, эн, аармыйаҕа сылдьыбатаҕыҥ. Самбо албастарыгар хайдах үөрэммиккиний?

– Быраатым байыаннай буолуон баҕарар. Самбо, бокса, бэйэни көмүскэнии кинигэлэрин бөҕө мунньан үөрэтэр. Киһи суоҕар миигин «чуучула» оҥостор. Онтон син үөрэннэҕим дии.

– Ээ, ол иһин даҕаны. Бээ, ол эрээри мин секретнэй КГБ сулууспатыгар сырыттахпына тренердэр араастаан үөрэтэллэрэ да, сатаабакка эрэйдэнэр аҕай этибит.

– Бээ, интикэм абыраан турар. Эн ийэҥ сүбэтинэн-ыйыытынан Ленинградка клиникаҕа тиийбиппэр, ыалдьан палаатаҕа нэһиилэ ороммор ынчыктыы, харахпын симмэхтии олордохпуна, биир доруобай уол кэлэн үрдүбэр түстэ. Мин икки илиибинэн уолугуттан тартым, тиэрэ мэтэрийээт, аҥаар атахпын өрө тэптим. Кып-кыһыл сирэйдээх төбө оройунан антах барбыта, үөһээ ботолуокка көтөн эрэрэ уонна аттынааҕы истиэнэҕэ кэтиллэр тыаһа иһиллибитэ. Муоста лиһигир-лаһыгыр тыаһаабыта. Ыарыыланан сыппыта. Уонна саҥата суох кыбыстыбыттыы ытаан ыгдаҥныы-ыгдаҥныы тахсан баран хаалта. Сонно оҕолор аймана түспүттэрэ. Ити тойонноро эбит. Барыларыттан астарын туомун, харчыларын сыыһын халыыр, таптаабытынан дьакыйталыыр үһү. Уол орон нөҥүө күүскэ түспүтүн кэннэ аһыммытым аҕай. Алдьархайы оҥордум, дьэ төрөппүттэрэ, балыыһалар кэһэтэллэрэ буолуо диэн куттаммытым. Хата, айдаан тахсыбатаҕа. Кини ол кэннэ биһиэхэ хаһан да чугаһаабатаҕа. Оҕолорго: «Ити самбо приема. Өссө манныктар бааллар», – диэн «тренердээн» тута Ленинградка «звезда» буолан хаалтым. Оҕолор миигин Атамаан диэн ааттаабыттара. Ол курдук киһини биир чыпчылҕан түгэн сулус эбэтэр көлөөк оҥоруон сөп.

– Оннук ээ.

– Арай миигин ким эрэ көрсө кэлбит диэтилэр, соһуйдум аҕай. Миэхэ ким, хантан кэлиэй? Оҕолорго аллара кэлэн ас аҕалалларыгар ымсыырар да этим. Саха сириттэн кэлбиппин билэн, баҕар, ким эрэ көрсө кэлбитин көрөөрү азиат сирэйдээҕи көрдөөтүм. «Аҕам – самбоҕа маастар» диир уол баара. Арай көрбүтүм, ол уолу былинаҕа хоһуллар Илья Муромец илэ көтөҕөн олорор эбит. Кини дагдаллан ойон турда: «Уолум куруутун кэпсиир, биир нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат омук уола биһигини самбоҕа үөрэтэр диир. Эн азиат эбиккин. Ханнык омуккунуй?» «Якут». «Ээ, якуттары билэбин. Вадим Избеков Сэбиэскэй Сойуус чемпиона буолбута. Дьэ бэрт, эр киһи бэйэтин уонна дойдутун көмүскүүргэ, үлэҕэ мэлдьи бэлэм буолуохтаах, – диэн баран эрчиллии туохтааҕар да көмөлөөҕүн быһаарбыта. Санааҥ күүһүн сатаан бөҕөргөтөрү өйдөппүтэ. Оччоҕо кыра киһи эһэ саҕа сүүнэ өстөөҕү биирдэ үнтү быраҕан өлөрүөн сөбүн эппитэ. – Бу доҕотторуҥ ыалдьаллар. Сэрэн», – бэйэтэ миэхэ тустан эрэрдии утары туран маннык-оннук диэн эрчиллиигэ, күрэхтэһиигэ утарсааччыны эчэппэт гына төкүнүтэн быраҕарга, сатаан охтон иһэн үҥкүрүйэргэ үөрэппитэ. «Ити уруоктарым манна бааллар үөрэтиҥ», – диэн «самоучкатын», онно эбии уолугар уонна миэхэ туспа мөһөөччүккэ фрукта, кэмпиэт, ас бөҕөнү аҕалбытын көтөх муҥунан туттаран кэбиспитэ. Онтон ыла кэллэҕин аайы үөрэтэрэ уонна иккиэммитигэр наҕараада, бириис диэн мөһөөччүктэри туттарара. «Самоучкатын» бырааппар бэлэхтээн үөрдүбүтүм. Онон тренер буола сылдьыбыттаахпын. Оҕолор «самбиспын» билиэхтэриттэн араҥаччылыыр, биһигини кимиэхэ да тыыттарбат диэн махтанан дьонноро тугу аҕалалларыттан миэхэ бары бэрсэллэрэ.

– Абыраммыккын дии! Чахчы, эйиэхэ Ленинградка ким кэлиэй?!

– Мин ыалдьыахпыттан ийэм «Таҥара баар, Биэрэ баар» диэн ийэҥ миигин оҕо эрдэхпинэ өлөртөн быыһаабытын кэпсээн тахсара. «Кинилэр ыраахтан да көмөлөһүөхтэрэ» диирэ. Ол ас кэлиитэ чахчы кини көмөлөһүүтэ. Ол уолу да быраҕарбар кини күүһэ көмөлөспүтэ буолуо. Гаанньа, бүгүн эн миэхэ эмиэ көмөлөстүҥ быһыылаах. Албаһым олус табыллан, итинник улахан уолу түү хааһах курдук чэпчэкитик бырахтым.

– Э, суох, э, суох, – Гаанньа мэлдьэспитэ буолла. – Хата, эчэппэтиҥ дии.

***

Оройуон киинин иллэҥ ыччата кэлбит-барбыт саастыылаахтарын дьээбэлииллэрэ. Киһи эрэ буоллар, ол адьынаттарыттан тутуннулар. Мээнэ кэпсэтэр буоллулар. Кинилэргэ доҕордоро доҕолоҥнообокко кэлбитин соһуйа көрдүлэр:

– Хайа, доо, эн тугуҥ да эчэйбэтэх дуо? Үнүр бэйэҕиттэн быдан кыра киһиттэн «кочергаҕа» ынырыктык да көттүҥ.

– Эс, бу киһиэхэ тустарыгар тренэрдэр бырахтаран иһэн хайдах үҥкүрүйэн түһэри сатыырга үөрэттэхтэрэ дии. Онон тыыннаах ортоҕо.

– Ээ, оннук, пахай, биһиги курдук дьон итинниккэ туохпут барыта хампарыйар.

– Ээ, суох. Ити уол ханна эрэ самбонан эрчиллибит быһыылаах. Бэйэм да соһуйдум. Көтөн эрэрим, толкуйдуур түгэн суоҕа. Күппүлүү түһэн истэхпинэ, бэйэтэ тардан төкүнүппүтэ. Соруммута буоллар, сиир эбит.

– Миигин подсечкалаабыта сүрэ бэрдэ. Атахтарым эһиллэн хааллылар. Хайдах эрэ өйүүр курдук түһэрбитэ. Онтон аанньа өттүкпүн үнтүрүтүө хаалбыт.

– Хайа, доо, мин аан аһылларын кытта соһутан саайаары гыммытым.

– Ээ, дьэ оччоҕо кирилиэстэн төкүнүтэлиэ эбиттэр.

– Айака буолуо эбит ээ.

– Хата, кулууп кэннигэр сымнаҕас сиргэ буолан быыһаммыппыт.

Өссө биир бөтөс доҕотторугар саҥаны билбитин иһитиннэрэ охсоору иһэрэ тиэтэллээхтик туттарыттан-хаптарыттан өйдөннө.

– Ээ, ол үспүйүөн кимнээххэ түбэспиппитин билэ оҕустаҕа буолуо.

– Дьэ, уолаттар, үнүр кулуупка гипнозтаныыбыт түүл дуу, тугуй дуу?

– Мин эмиэ оннук саныы сылдьабын.

– Мин эмиэ, мин эмиэ, – дэстилэр.

– Дьэ, доҕор, чахчы иэдээҥҥэ түбэһэ сыспыппыт.

– Дьэ, дьэ эрэ, дьэрэ, кэпсээ.

– Промкобинаттар кэпсэтэллэрин иһиттим. Ити уолаттар иккиэн кинилэргэ миэбэл сыаҕар үлэҕэ киирбиттэр. Улахана кимин истиэххитин баҕараҕыт? Аптаах Чэриктэй Биэрэтин уола эбит.

– Оо, айакыа.

– Ол иһин даҕаны.

– Дьэ чахчы иэдээҥҥэ түбэһэ сыспыппыт.

– Па, хата, кулуупка киирбиппит буоллар кырдьык, кыргыттар ортолоругар сыгынньахтаан үҥкүүлэтэн сиир эбит.

– Саллар сааспыт тухары саакка киллэрбэтэҕэр махтал эбит.

– Ээ-ыы-ээ.

– Өссө истиэххитин, иккиэн ити кыргыттарбытын ойох ылан эрэллэр үһү.

– Оо, билсибэккэ да маппыппыт.

– Ээ, ол иһэр убайбыт онно үлэлиир. Тохтотон ыйыталаһыаҕыҥ эрэ.

– Ок, хайа, бырааттар туохха муһуннугут?

– Ээ, бэйэбит.

– Промкомбинакка туох сонун баар?

– Сураҕа, икки саҥа уолламмыт үһүгүт дуу?

– Ээ, кинилэри кырбаары муһуннугут дуо?

– …

– Дьэ, аны онно сананан өлө оонньоойоххутуй? Сир-буор сирэйдиэхтэрэ, киһини таба көрбөт буолаҥҥыт мантан да куотар оҥоруохтарын сөп.

– Ээ, ону баҕас таах салайаллар.

– Һм, һм. – Ким эрэ сөбүлээбэккэ көхсүн этитэрэ иһилиннэ.

– Иккиэн да саҥаран-иҥэрэн, этэн-тыынан, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн-битийэн, хомустаан-хоһуйан баран кэлээриҥ диэбит айылаах эрэттэр. Эчи, уустарыан! Устуруустаан элээрдии. Маһы оһуордуу-мандардыы охсоллоро түргэнэ. Туттуу-хаптыы мааны. Истиэххитин баҕараҕыт дуо?

– Тугу?

– Ити улахана Чэриктэй Биэрэтин уола. Ийэтиттэн балай да бэрдэриилээх аҕай киһи быһыылаах. Барахсан күүһэ-уоҕа. Баҕардар, көтөҕөрүгэр чэпчэтэн ийэтэ да ол-бу күүстэринэн көмөлөһөрө буолуо. 

– Ол аҕыйах хонук иһигэр тугу көрдөрө оҕуста?

– Эһиги истибэккэ сылдьаҕыт дуо? Бороҕоҥҥо дьон кэпсэтиитэ барыта ол дии. Атын да сиргэ иһилиннэ ини. Фокус, дьээбэ бөҕө. Ханна эрэ кимнээҕи эрэ… Хата эһиги хапсыбатыгыт дуо?

– …

– Иккиэлэр эрэ диэн сэнээн сэттэҕитин ылаайаҕыт. Оҥочолоох оҥоһуугутун оҥоруохтарын сөп. Аны кинилэргэ сананаҥҥыт, күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр киирэ сылдьаайаххытый.

– Ээ-э.

– Ыы-ы.

– Оо, ол иһин да.

– Оттон ити иккиһэ кимий?

– Ити Дүпсүн уола. Мин билэбин. Олох оҕо эрдэҕиттэн ыарыһах, инбэлиит.

– Уонна хайдах итинник быраҕаттыыр? – кэпсэтээччилэр сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр.

– Тугу ханна быраҕаттаабытын этэҕит? Кууллаах бурдуктары да элээрдитэлиэх эрэт.

– …

– Хатыҥырын көрүмэҥ, итинтикэҕит аччыгыйын аанньа Аллан сымара тааһа. Орто уҥуохтаах. Гаанньа аттыгар хатыҥыр буолан кыра курдук көстөр. Буорахтаах боотур. Иһэ истээх.

– Дьэ эрэ, дьэ эрэ, кэпсээ. Төрөппүт аҕата Дьээриллэ, – сэһэргээччи толлубуттуу тохтоон ылла.

– Ыы, ынырыктык кынчарыйар киһи этэ. Киниттэн оннооҕор аар тайҕа адьырҕалара куттаналлара үһү. Буолуон сөп, кута-сүрэ да абытай ини. 113 эһэни дьууктаабыт улуу эсэһит үһү.

– Эс, ама хайаан? Оччо элбэх баар үһү дуо?

– Баар буолбакка. Оччолорго даҕаны сэрии кэмигэр фроҥҥа ыытарга барытын ааҕыы-суоттааһын, статистика бөҕө этэ. Биир сыыппараны сыыһа суруйдаххына, хаайыыга барыаххын сөбө. Ол үөһүн, сыатын эмп оҥороору Байанай тардан да, Биэрэ биэрэр ини.

– Дьиибэ эбит.

– Саҥа кэлбиккэ ханна да ыгыы оҥоһуллар дии. Промкомбинакка бу уолаттарга «промах»!

– Хайдах?

– Доҕор, Куола кыыһырдаҕына хараҕа ынырык уоттаах. Оо, аҕата өссө ынырык буолуо дии. Тыатааҕы бэлиэ охсоро диэни билэҕит дуо?

– Мин истэбин.

Атыттар ыгдаҥнаһаллар.

– Хантан эрэ айаннаан иһэр кыыл. Сөбүлээбит сиригэр көҕүрэттэр уонна, төһө кыахтааҕын көрдөрөн, саамай аарыма маска, атыттар онно тиийиэ суохтарыгар эрэнэн, бэлиэ охсор. Акылаат маһа буолуох бэрэбинэ лиҥкир тииккэ баҕанатыгар кэккэлэһэ туран, алларааттан ыстаммыт атаҕын суола баара. Кытаанах тирэнии. Батары үктээбит. Тыҥырахтарын суола хаалбыт. Ойоругар дуу, ыстанан онно эбии түһэн дуу? Умуһах курдуга. Ол бэрэбинэтэ буолуох маска ыстанарыгар лабаалары тоҕу солоон, хатырыгы иһирдьээҥҥэ баппаҕайын суола хаалыар диэри саайбыт этэ. Итинник кыыл аҥаардас ыраах часкыйдаҕына, үгүстэр чааннара оонньуур. Эгэ, чугас кэллэҕинэ, сирэй-харах, туттуу-хаптыы, кыах, кут-сүр иэдээн буолуо ээ. Айыы-айа. Түбэспэтэх киһи баар ини! Ол үлүгэр Аар Тайҕа хаһаайына, чугаһаан иһэн, Дьээриллэни көрдө да тохтоон чинчийэрдии, ордук хараҕын одуулаан, сытын олоотоон баран, төттөрү барар эбит. Оо, хараҕын уота, кута-сүрэ оннооҕор ол ардайдааҕы баттыыр. Оннук дьон баар буолааччылар. Аттыларыгар тиийдэххинэ, гипнозтаммыт курдук ньаппас гынаҕын. Ити уолга аҕата Дьээриллэттэн туох эрэ бэриллибит. Булчутунан-асчытынан эмиэ атамаан.

– Ээ.

– Ыы.

– Спорт ханнык эмэ көрүҥүнэн дьарыктанар дуо?

– Хантан, ол да гыннар эһигинньиктэри көбүөргэ тахсан иһэн кутунан өлөрүө этэ.

– Дьэ, ким билэр. Күрэхтэһии атын ээ.

– Куттанымаҥ, инбэлиит. Спорт секциятыгар да сылдьарга биирдэ да көҥүл ыспыраапка биэрбэтэхтэр. Дьэ быраата Дьөгүөр – бухатыыр. Байыаннай буолуон баҕарар. Онон дьиэтигэр самбонан, боксанан дьарыктанар сурахтааҕа. Тустуу секциятыгар дэҥ сылдьар да, оччо күрэхтэһэ сатаабат. Аатырбыт Күүстээх Куонаан ийэтин абаҕата. Ол Өлөөнө былыргылыы оҕолорун биллэрэ-көрдөрө сатаабат. Иитэр аҕата аатырбыт Түспүт Бүөтүкэтэ олох дуолан от охсооччу, рекордсмен кыдамаһыт. Сельпо умуһаҕын томторо ол булгунньах саҕа. Иһэ киэҥ бөҕө. Физзал да оҥостуохха сөбө. Ону соҕотоҕун үс нэдиэлэнэн хаспыта дииллэр.

– Тугун сүрэй?!

– Эмиэ, баҕар, айылҕа, Биэрэ да эмээхсин күүс биэрэллэрэ буолуо. Ойуун аҥаардаах оҕонньор. Хантан күүс эбинэрин туох билиэй? Куйаартан да ылыа. Алгысчыт бөҕө. Ардыгар кутуран да турааччы. Ол ииппит уолун уһуйуон сөп бөҕө буоллаҕа. Куола иллэҥэр хаһан барытын ситэрэ буолла? Дьон араадьыйатын, матасыыкылын, иистэнэр массыынатын, тэлэбиисэрин ааһан иһэн оҥорор. Мин хаста да итэҕэйбэккэ батыһан барсан көрдүм. Бэйэтэ ойуун аҥаардаах киһи.

– Тыый.

– Ону сөҕөн ийэбэр кэпсээбиппин истэн ытарҕа оҥортордо.

– Онтуката хайдаҕый?

– Хайдах буолуой? Ол улуу киһи оҕотугар, уолун доҕоругар ыраахтан алгыһын анаабыта буолуо ээ. 

– Ээ, буолуон сөп.

– Чэ, бээ, уолаттар мин ыксаатым, бардым.

***

– Дьэ, доҕоор, убайбыт истибэтэхпитин кулгаахпытыгар кутта.

– Мин маннык санааҕа кэллим. Оннук дьону кытта доҕордоһо охсуохха.

– Хата, бу сөп этии буолла.

***

1989 сыл, күһүн. Гавриил Семенович Рожин дьиэтэ.

– Ээ, ол Баанньыска, манна бастаан Бороҕоҥҥо кэлбиппитигэр уолаттар кырбаары тииспиттэрин тута тохтоппуппут. Ити убайгын нэһиилэ иэҕэҥнии сылдьарын көрүмэ. Кэлин хаста да күүскэ ыалдьан уонна олоххо ыар охсуулары ыллаҕа. Оччолорго уол оҕото этэ, тэйиэккэлээн түһэн.

– Билигин даҕаны туругар киирдэҕинэ, сүрдээҕин үҥкүүлээн тилигириир. Тыла-өһө сүрдээх. Хас да киинэҕэ уһулунна. Сороҕор тустан иһэн: «Хара хаалдьыкпын хайытаары, дабыдалбын тоһутаары гыннылар!» – диэн күллэрээччи. Ийэм онно Чэриктэйгэ да олорон харааннаан көмөлөстөҕө. Ол гынан сөп буолуо, ити баардааххытын кистэниҥ диэбитэ. Куола да мээнэ киһи буолбатах. Ол гынан спорт курдук, мэлдьи дарыктаммат буоллаххына, эрчиллибэтэххинэ, гипноз, ап-хомуһун сайдыбат. Төттөрү түһэр. Дьиҥэ, ийэбэр көҥүл биэрбит буоллуннар, өссө тугу көрдөрүө эбитэ буолла.

Мин, Гаанньаны истэ олорон, соторутааҕыта онно-манна, ордук Чэриктэйгэ бара сылдьан, ийэтин ыйыталаһаары куйахам күүрбүтүн, этим саласпытын туһунан быктарбатым. Аны суруйарбар көмөлөс диирбиттэн миигин харыстаан:

– Баанньыска, ийэбин ыйыталаһыма , – диэтэ да бүттүбүт.

Убай аһа-үөлэ мэлдьи буоларыныы дэлэй-холой. Киэһэ чэйдии олорон:

– Убаай, ийэҕин суруйар кэм кэллэ ээ.

– Буолуон сөп.

– Ону бу Кореяҕа бара сылдьан бигэтик өйдөөтүм. Куйаарынан билбитин киинэҕэ көрөн, өссө ордук күүскэ итэҕэйдим. Ити Кореяҕа тоҕо мин тиийдим? Тоҕо аан бастаан ону көрдөрдүлэр? Барыта куйаар нөҥүө ситимнээх курдук.

– Ээ, ону этэҕин дуо? – курдат билбиттии тутунна. 

– Кореяҕа тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр норуот медицинатын, эмтээх оттору хаһан, хантан булан хайдах, туохха умньаан оҥордоххо ордук туһалаах буоларын туһунан энциклопедиялары таһаарбыттар эбит.

– Ээ, ийэм көстүбэт, саҥата суох өйдөһөр күүстэринэн билэрэ.

– Убаай, ийэҕэр саамай чугас киһи эн бааргын. Мин ийэҕин суруйарга эн нөҥүө эрэ көҥүл ыллахпына кыаллыаҕа. Атын дьон кыайан кэпсиэ суохтар. Эн көмөлөс.

– Сөп, Баанньыска. Киһи бөҕөҕө кыһанабын, эһиэхэ анаабатахпына, ама, кимиэхэ?..

***

– Эдьиий туһунан суруйаары гынабын да, айака-а-а, – тугу-тугу истэбин диирдии, итэҕэйбэтэхтии тутталлар.

1989 сыл күһүн. Хас да күн ардыы, тохтообокко уунан саккырыы турар хара былыттарга бэйэм да баттатан, санааҕа хараҕым хам баттанан, өйүм өһүөлэнэн сылдьарым. Бу аата Эдьиий, кинини ирдэһэрбин сөбүлээбэккэ, батыһа сылдьан самыырдатар, суолбун алдьатар дуу? Баҕар, атыны көрдөрөөрү-биллэрээри гынара дуу? Кини кыаҕа диэн киһини эрэ буолбакка, сүөһүлэри, тиэхиньикэни хамсатара. Эгэ, өйү баҕас тааҕы-таах акыйаанныы хамсатар. Тимир көлөнү туохтан да буксуппат оҥорор диир буолаллара. Мин сорукпун ситэ иликпинэ, төһө да ардах түстүн, мантан барыам суоҕа. Эдьиийим онно хайаан да көмөлөһүө, онно эрэнэбин. Гаанньа тоҥтон толлуо дуу, ириэнэхтэн иҥниэ дуу? Мин ийэтин суруйаары оҥосторбун биллэрбиппин ылыммыт курдук. Ол гынан туох эрэ сулус инньэ диэтэ диэн баран төттөрү эргийиэн сөп. Сэрэх.

Күн киэһэрэн барыарда. Гаанньа үлэтиттэн дьиэтигэр «Урал» тимир көлөтүнэн бирдьигинэтэн кэллэ.

– Баанньыскаа! – диэн хаһыыта иһилиннэ.

Ааны өҥөйөрбүн кытта түргэнник саҥарар үгэһинэн «бардыбыт» диэн кэбистэ. Киниэнэ барыта итинник сып-сап. Таҥна охсоот, сүүрэн тахсан кэлээскэҕэ киирэн хааллым. Ханна баран иһэрбин ыйытар кыах суох. Бадараана бэрт. «Урал» уҥа-хаҥас халыһыйар, сиргэммит оҕустуу сирдьигиниир, харсаары гыммыттыы, буору хаһардыы, бадарааны өрө ыһар, суоһурҕаммыттыы сурдургуур, муннунан түһэрдии бордургуур. Убайым бэйэтэ үрдүк уҥуохтаах, халыҥ, бытыылка курдук сарыннаах, мөтөҕөр түөстээх, толору эттээх киһи. Эйэҕэһэ муҥ. Аны ханна да тиийдин, «ии, Эдьиий Биэрэ уола» диэтилэр да түргэнник аһара биллиилээх буолан хаалар. Эчи, көрүҥүнэн да бэлиэ. Мультикка эһэ, бегемот «Уралы» ыыталлара көстөөччү. Ол илэ кэлбитин курдук оҕолор ыраахтан көрөн тохтууллар быһыылаах. Оҕомсоҕо да бэрт, мичээрдиир, бачча ыксалга дьээбэлээхтк хамсанар. «Ээ» диэн хардьыгыныыр. Уулуссаҕа тырааныспар да аҕыйах. Оннооҕор «Уазиктар», тыраахтардар кытта батыллаллар. Биэрэ тугу да буксуйбат оҥорорун истэрим.

Кэрэ аҥаардары сүгүн аһарыа дуо.

– Кыргыттаар, биһиэхэ олорсуҥ!

– Пахай, бадараанынан ыстарыаҥ дии!

– Суох, эһиэхэ туох да сыстыбат.

Ити тыллары истэн баран, матасыыкыл кэнниннээҕи олбоҕун көрөн, онно таммах да саҕа кир-хах түспэтэҕиттэн наһаа дьиктиргээтим. Маннык күүс хантан кэлэрий, арааһа, эйгэттэн-салгынтан. Плащтаах, буоталара бадарааннаах кыргыттар күлэн сыһыгыраһан баран, кыбыстыбыттыы олбуордарыгар киирэллэр.

Гаанньа тимир оҕуһун муоһун, кини киһи буолан, нэһиилэ муоһалыыр.

– Хайа, бу туох алдьархайдаах дьоной?! Бу үлүгэргэ матасыыкылынан тааҥка курдук сылдьаллар, – саҥа аллайда хааман иһээччилэртэн биирдэстэрэ.

– Оттон мин мааҕын матасыыкылбын хонууттан буорга үктэннэрээт, ийэ сиргэ сирэйбинэн палк гына түһэн, харахпынан, айахпынан, муннум хайаҕаһынан инчэйбит төлкөлөөх буорбун булкуйбутум.

– Дьэ, доҕоор, сатаан ыытар киһи эбит. Нохоо, болҕойон көр диибин дии мааҕыттан. Киниттэн үөрэнэн биһиги эмиэ сатыы хаампакка итинник сылдьыа этибит, – диэтэ утары иһээччилэртэн аҕа саастааҕа. 

– Кырдьык ээ, – уол омуннурда. – Красавчик! Ван Дамм, Шварценнеггер…

– Ээ, бастаан итинник ыытар буол…

Мин долгуйдум, ити үлүгэр киһиргэттэрэн баран, аны буксуйан хаалан саат. Өссө билэр дьон кэлэн: «Пахыай! Били Аатырдар Биэрэлэрэ тугу да буксуйбат оҥорор дииллэрэ. Кини да уолугар көмөлөспөт эбит дуу?» диэн эдьиийбитин үөхтэрэр дьаабы. Кини күнтэн истэр дииллэр. Көмөлөһүө. Гаанньа гипнозтааҕын эмиэ бары билэллэр. «Гаанньа-а, кытаат. Эдьиий Биэрээ, көмөлөс ньии», – испэр ботугуруу олоробун. Атахпын тирэччи тэбиммиппин.

Өссө икки киһи тахсан кэллэ. Кинилэри көрөөт, Гаанньа эйэҕэс муҥутаан бачча ыксалга:

– Эҕэрдээ, эҕэрдэ! – диэтэ, өссө уҥа күүстээх илиитинэн далбаатаан, «тимир бухатыырын» хаҥаһынан эрэ салайда. Кинилэргэ тиийэн үгэһинэн кэпсэтэн-ипсэтэн сыһыгыратта, күлэн-үөрэн күлүбүрэттэ.

Онтон тоҕо эрэ биирдэһэ Гаанньаны кууһан:

– Ол диэки барыах, кэпсэтии баар, – диэтэ.

Арааһа, тугу эрэ эмтэтээри, алҕатаары, дьайдараары гынара буолуо. Тиэйтэрэргэ, оҥорторорго көрдөһөргө туох кистэлэ кэлиэй?

– Сөп-сөп, санааҕын түһэримэ, долгуйума.

Ити баар, убайым ити, арааһа, кыһалҕалааҕын өтө билэн бу тохтообут. Эҥин араас улахан кыһалҕалары ааһан иһэн кытта быһаарар идэлээх. Ол кэмҥэ уол матасыыкылы көрүү-истии.

– Ымсыырдыҥ дуо? – Гаанньа оҕомсох бөҕө, дьээбэлэнээри гыммытын сэрэйдим.

– Ымсыыран.

– Тоҕо?

– Эргэ баҕайы дии.

– Эс, зверь дии, зверь, зверь…

– Дьоҥҥор үчүгэйдик көмөлөс. Аҕаҥ маннааҕар буолуоҕу ылан биэриэ.

– Кырдьык дуо?

– Ээ, бастаан бу Гаврил Семенович курдук да буолбатар, ыытарга үөрэн.

– Матасыыкыла суох. Туохха үөрэнэбин? – бээ, уолуҥ да муннукка ыкта ээ. – Мин маннык зверьдээҕим буоллар.

– Туох буолуо этэй?

– Мин суп-пер-мен буолуом этэ!!!

– Убайыҥ тимир атыгар бастаан ыытарга үөрэн.

Аҕата иннигэр турааччыга тиийдэ. Онтуката дьонум уонна атаһым хайдах курдук доҕордооҕуй диэн киэн туттардыы Гаанньаны астыммыт аҕай сирэйдээх. Хаста да тардыалаабытын кэннэ дьэ киниэхэ эргилиннэ, оччо айылаах абылаппыт:

– Ээ, тугуй? 

– Доҕор, эһиги билэҕит дуо?

– Тугу, кими?

Мин убайым диэки ыйда, соһуйан чинэрэстии түстэ.

–Хайдах буолбут киһигиний? Рожин Ганя дии. Фокуснигынан, юмориһынан, экстрасенсынан да өрөспүүбүлүкэҕэ тэҥнээҕэ суох буолуоҕун наадыйбат. Манна сылдьар дии.

– Кини ити техник дуо?

– Эс, урут, промкомбинакка миэбэл оҥорор маастар этэ. Айылҕаттан айдарыы диэн атын. Туох да үөрэҕэ суох оол куйаардартан билии, күүс ылар буоллаҕа. 

Гаанньаны билээччилэргэ хайаан да далбаатаһан, тыл бырахсан ааһар. Кинилэр улахан гипнозтааҕын, ийэтиттэн бэриллиитин манныкка хайдах туһанарын билээри ордук болҕойон көрөллөр быһыылаах.

Ленин уулусса арҕаа маҕаһыынын аартыгын суолун Тойон Мүрү диэки өттүгэр эрийэ тутан тохтоот:

– Эн манна хаалаҕын. Мин сотору кэлэн ылыам, – диэт, аттынааҕы тиэргэн диэки хаамта. Мэлдьи буоларыныы бадарааҥҥа кыамматтар батыччахтаһабыт. Гаанньа билиммэт. Хаалсымаары тилэх уопсабын. Былыр үйэтээҕи эп-эргэ ньаппайбыт дьиэ аанын аста.

– Эдьиий дорообо!

– Ээ, оҕом Гаанньам дорообо-о!

– Хайа, чүмэчиҥ суох дуу?

– Ээ, ити сотору кэлэр ини диэн ылларбакка олоробун ээ.

– Массыына дуу, тыраахтар дуу халтарыйан остуолбаны түҥнэри көппүт. Сырдык өр-өтөр ол лаампаҕыттан кыламныа суоҕа.

– Оо.

– Долгуйума, мин билигин уонча чүмэчини аҕалыам, – саҥардыах биэрбэккэ хап-сабар Гаанньа эрэннэрэ оҕуста. – Бу эйиэхэ өрөспүүбүлүкэ кэрэспэдьиэнин аҕаллым. Ийэм туһунан суруйаары гынар. Бырааппар хайаан да тугу билэргин кэпсээ. Мин бардым. Сотору кэлиэм, – диэт, тахсан баран хаалла.

Дьиэ кып-кыараҕас түннүктэрдээх буолан, хабыс-хараҥа. Дьиэлээҕи куолаһыттан, иһиттэхпинэ эдэр курдуга. Хаһан эрэ эмтэммит дуу, кыһалҕатын быһаартарбыт дуу дьахтарга аҕалла дии санаатым. Суол куһаҕана бэрдиттэн ыйыппакка да хаалбытым. Ачыкым сиигин ыраастаныахпар диэри:

– Тукаам, кэл, манна олорон кэпсэтиэх, – диэн имик-симик умайа турар аһаҕас ааннаах оһох иннигэр ыҥырда. Ити гынан тоҥмут эбиппин. Итии чохтор аттыларыгар иттэ олордум. – Бу оһох атта арыый сырдык. Эн куттаммаккын дуо? Биэрэлиин бу курдук оһох иннигэр олордохпутуна, аттыбытыгар ким эрэ кэлэн уоту үрээччи. Бэйэтэ көстүбэт. «Ити кимий?» диэн ыйыттахпына: «Манна киһи элбэх. Иккиэбит эрэ дии саныыгын дуо?» диэн бу курдук сирэйбин утары көрөөччү.

Арай, уот сырдыгар өйдөөн көрбүтүм – иннибэр утары сирэйэ барыта мыччыстан хаалбыт кып-кырдьаҕас эмээхсин олорор эбит. Этим атыйда, куйахам күүрдэ.

– Тукаам, мин ону итэҕэйэбин ээ. Бу хараҥаҕа аттыбытыгар туох барыҥнастар баалларын туох билиэй?

– …

Тулабын сэрэнэн көрүнэн оһоххо арыый чугас, ол диэки чугаһыыбын.

– Эрбэһиҥҥэ сылдьыбытыҥ дуо?

– Сылдьааччыбын.

– Эстибит ыал өтөҕөр олордохпуна, муннуктан сирэйэ барыта мыччыстан хаалбыт кып-кырдьаҕас эмээхсин тахсан миэхэ чугаһаан истэ. Онтон эмискэ маннык гынна, – диэт, икки ытыһын миэхэ уунна.

Оруобуна били кэпсиирин харахпар ойуулуу олорон, көрбүтүм, бу илэ кэлбит. Оннук санаан чуут тиэрэ бара сыстым. Ойон турдум, түннүккэ бардым. Кэннибиттэн батыһан кэллэ. Кэккэлэһэ таһырдьаны одуулаһа турда.

– Биэрэ, – салгыы ахтар, – Эрбэһиҥҥэ бииргэ үөскээбит буоламмыт, миэхэ ханна тиийэбин, кэлэ турара. Бэйэтэ эбитэ дуу? Туга дуу? Бу дьиэҕэ элбэхтэ хоммута. Билигин да баар буоллаҕына көҥүлэ.

Мин кэннибэр ким, туох турарын көрүөхпүттэн саллан эргиллиэхпин куттанабын. Моонньум иҥиирэ кытаатта.

– Биэрэ биирдэ оруобуна бу түннүккэ маннык иккиэн кэккэлэһэ турдахпытына кыбдьырынна: «Оо, эмиэ кэлэн-баран эрэллэр». Кимнээҕин туоһулаһан көрө сатаатым, ким да суох. Киэһэ маннык борук-сорук этэ. «Ээ, кэлээччи-барааччы дьон эрэ үһү дуо? Ээ, эн, бүтэй эт, хантан билиэххиний?» – диэн сэнээбиттии көрөн ылла уонна кыыһырда: «Ити аралдьытаҥҥын хаарыан кыыһы быыһыахтаахпын, баҕайыларга былдьаттыҥ». Буруйдаммыттыы ытаары гыммыппар: «Көр, – ыйда, – ол халлаан арыллан эрэр». Кырдьык, ол туһаайыытыгар былыттар халбарыстылар. Күөх халлаан мэндээрдэ. «Болҕой эрэ, Тойон Мүрүгэ аанньаллар түһэн эрэллэр». Соһуйдум аҕай, кырдьык дуу, сымыйа дуу, түүл дуу, бит дуу диэн туппахтанан, кымаахтанан ылбытым, илэ этэ. Баҕар, Биэрэ көрдөрбүтэ буолуо.

Ити Варвара Константиновна Стрекаловская-Новгородова 80-ча саастааҕар көрсүһүүбүттэн улаханнык этим салаһан эрдэҕинэ убайым Гаанньа обургу кэлэн быыһаабыта.

–Ок-сиэ, Биэрэ кыаҕа улахан да эбит. Суруйарга хайдах тулуһаахтыыбын?..

Иван Ущницкай

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар