(Суруйааччы дневнигиттэн)
***
Мин ыарытыйан баран холкутуйдахпына, кэҥии-хоҥуу, солотуйа түһэбин. Оччоҕо мин чэпчээбит төбөбөр араас санаалар киирэллэр-тахсаллар, ардыгар миигин тэһитэ кэйэллэр.
Киһи сааһырдаҕын ахсын өйдөөҕүмсүйэрэ эбиллэн иһэр быһыылаах.
Тугу-тугу эргитэ санаабаппыный? Барыта, мин санаабар, дьэҥкэҕэ, чуолкайга, мунааҕа суохха дылы. Ону бар дьон хайдах быһаара эрэ охсубаттарын бэркиһиибин.
Мин, бэл, бэйэм поэзиям туһунан олус хоһуун, олус чуолкай быһаарыылары, сыанабыллары биэрэ саныыбын…
***
Мин өйүм-санаам, олоҕум, поэзиям үрдүк сокуона, үрдүк принцибэ нравственнай максимализм быһыы-лаах. Мин киһи быһыытынан майгым, өйүм-санаам, поэт быһыытынан дьоҕурум, өрө күүрүүм – барыта он-тон өрүттээх уонна ону туоһулуур буолуохтаах. Ону дьон, критиктэр, тылбаасчыттар олох өйдөөбөттөр, таба көрбөттөр. Мин хоһооннорум тутуллара, образтара, стиллэрэ оннуктар.
Оттон мин тылбын киэргэтэ сатаабаппынан, хоһоонум ойуута-оһуора кэмчитинэн, хаһыыта аҕыйаҕынан уонна тылга саҥа кыраасканы иҥэрэр, эргэ тылы саҥатыта сатыыр мөккүөрбүнэн туох да кэтэх санаата суох киэн туттуохпун саныыбын.
Тыл урут этиллибитинэн улугуран хаалыа суохтаах. Биһиги, поэттар, киниэхэ саҥаттан саҥа кыаҕы биэриэх, саҥа суолга таһаарыах тустаахпыт. Ити биһиги биир ытык иэспит.
«Дьоро киэһэ» диэн баар. Онтон атыннык этэр табыллыбакка дылы. Оттон мин, ону билэ-билэ: «Дьоро күн», — диибин.
Айар үлэһит дьоҕура, сүнньүнэн, икки суол хайысханан сайдар: бастакытынан, олоҕу, олох чахчыларын хабыыта кэтирээһининэн; иккиһинэн, олоҕу, дьону ойуулааһына дириҥээн, олох чахчытыгар дириҥник өтөн киириитин өртүнэн.
Итинтэн иккис суола саамай наадалаах, художник дьиҥнээх таба суолга туруутун туоһута. Итини художник бэйэтэ, кини талаана, дьоҕура кимтэн да үөрэҕэ, тутулуга суох сайыннарар. Итиниэхэ ханнык да өйөбүл, көмө, өскө таҥара кыыма суох буоллаҕына, кини саҕыллыбат буоллаҕына, сайыннарар, барҕардар кыахтара суох.
Дьон үксэ итини ситэ өйдөөбөтө киһини олус сордуур.
***
Өскө художник дьоҕура кэриҥэ кэтирээһинин эрэ өртүнэн сайдар, дириҥээһинин өртүнэн сайдыбат буоллаҕына, кини сотору кэхтэр. Ити суолунан бардаҕына ханнык да диэбит талаан кэхтиэн, хагдарыйыан сөп. Ити чаҕылхай холобурун биһиги сахабыт литературатыгар хас хардыы аайы булуохха сөп.
***
Таллан Бүрэ – көһөҥө поэт. Көһөҥө тыллаах-өстөөх, көһөҥө образтардаах, кини поэзия ис хоһоонунан буолбакка, аҥардас стилинэн ааҕааччыга настроениены үөскэтэр.
Мин бу күннэргэ «Талыллыбыт Таллан» рукопиһын ааҕа сылдьабын.
Быйылгы былаантан сотон кэбиспиттэр, ону көмүскэһэн көрөөрү.
***
Таллан издательство былааныттан кинигэтин соппуттарын истэн баран, С.И. Неустроевка – издательство директорыгар сурук суруйбут: «…үүнэр сүһүөх эдэр талааннар мин поэзиябар үөрэммиттэрэ, үөрэнэллэр уонна үөрэнэ да туруохтара!» – диэн.
Онтон, кыһалҕатын кэпсээн баран, түмүгэр эппит: «Мин поэт олоҕум итинник».
***
Николай Нэртэ «Кыталык ырыата» диэн сэһэнин олус долгуйа, олус үөрэ, астына аахтым. Дьиҥнээх улахан ойууһут хабааннаах прозаик үөскээн эрэр быһыылаах. Кэпсиирэ лирическэйэ, долгутуулааҕа, дьон майгытын ойуулуура, дьиҥнээҕэ, итэҕэтиилээҕэ, ордук-хоһу деталь, тэнитии суоҕа, тыла барыта суолталааҕа, кырааскалааҕа – дьиҥнээх художник айымньыта – дии санаатым.
Ол иһигэр мастерствота соччо тиийбэтэ онон-манан көстөрө үгүс.
Мин кинини көрсөн кэпсэтиэхпин баҕарабын. Нида, Дьөгүөр, Абакыын уонна Ньукулай оҕонньоттор тустарынан.
Атыттар, итиниэхэ холоотоххо, дьүдэх, бороҥ да эбиттэр.
Аай-да, Нэртэ! Маладьыас!
***
Девиз К. Маркса: «Сомневайся во всем!»
Ити сүдү киһи кэс тылын ис хоһоонун ис күүһүн сөҕөбүн. Туох баар сайдыы, инники хардыы, революция – хамсатар күүһэ, знамята уонна ис дьиҥэ ити биир тылга ууруллубут.
Сүдү киһи сүдү сөҥөдүйүүтэ. Ити сөҥөдүйүүнү биһиги сүтэрбиппит ыраатта. Ол түмүгэр хаалыы-кыайтарыы кырыыһын үгүстэ истэр, билэр, көрөр эбиппит, эппитинэн-хааммытынан билэбит. Хос санаата суох сайдыы суох.
Ол иһин мин бар дьоммор, Ийэ дойдубар нууччалыы: «Сомневайся во всем», – диэн хаһыытыахпын, знамябар суруйуохпун баҕарабын.
Хос санаалаах буолуҥ!
***
Нэртэни уулуссаҕа көрүстүм.
Кынчыатанан, көрдө-көрбөтөх буолан ааһан иһэрин:
– Доҕоор, тохтоо эрэ… – диэн тохтоттум. – Дорообо!
– Дорообо… – киһим иһиллэ-иһиллибэттик хоруйдуур.
– Доҕоор, сэһэҥҥин, «Кыталыгыҥ ырыатын», аахтым. – Киһим сирэйин-хараҕын көрөбүн. Киһим тимир курдук дьиппиэрэн, сүрдээх өһөстүк, миигин тобулу одуулаан турар. – Уонна улаханнык сөбүлээтим. Улахан дьоҕурдаах, сыһыаннаах киһи быһыылааххын…
Киһим сирэйэ хайдах эрэ улам өһүллэн, сырдаан кэллэ уонна бэрт сэмэйдик:
– Баһыыба, – диэтэ.
– Билигин тугу суруйаҕын?
– Суох… Экзаменым буолар… Бэлэм наада… Дойдубар баран, мас кэрдэ сырыттым. Онно тымныйан, күөмэйим бааһыран ыалдьа сыттым.
– Чэ, хаһан эмэ миэхэ киирэ сылдьаар. Кэпсэтиэхпит.
– Сөп… – киһим саҥата суох кырыытынан соҕус хаама турда.
***
Киһи бэйэтин дьоҕуругар саарбахтыырыттан ордук илиһиннэрэр, бүк баттыыр баарын билбэппин.
Ити ыарахан чувство миэхэ өрүү баар. Сотору-сотору сырҕан, оспот баас курдук курулуйан, күөдьүйэн кэлэр. Оччоҕо мин бу киэҥ аан Ийэ дойдубар барар-кэлэр сирбин булбат курдук буолабын: өскө мин поэтическай дьоҕурум бэйэм сананарбыттан татым буоллаҕына – мин бу орто аан Ийэ дойдубар хайдах эрэ олорон ааспыт эбит буоллаҕым дии.
Итинтэн ордук ыар санаа туох кэлиэй?!
Этиҥ эрэ миэхэ, бар дьонум, этиҥ эрэ миэхэ, кэлэр кэмнэр кэнчээрилэрэ: мин олоҕум, мин үлэм диэн тугуй? Дойдум, бар дьонум хотокуларга тугу эмэ туһалааҕы оҥордум дуу, суох дуу?!
***
Куһаҕан, бороҥ хоһоон диэн тугуй? Кини литература сайдыытыгар буортулаах дуу, суох дуу?
Мин итиннэ харда тылы саҥа буллум.
Кэм бэйэтэ сиидэлиир: туох үчүгэй, кэскиллээх оҥоһуллубута улам дагдайан, күөрэйэн, көстүүлэнэн иһэр. Оттон мөлтөх, бороҥ күн-дьыл ааһыыта тимирэн, умнуллан, сүтэн иһэр. Онон, дьиҥинэн ыллахха, дьиҥнээх поэзия сайдыытын куһаҕан хоһоон мотуога төһө да элбэҕин, дэбилгэннээҕин иһин, харгыстыыр, буортулуур кыаҕа суох. Ол эрээри ити мөлтөх хоһоон диэлийиитин утары охсуһар наадата суох диэн буолбатах. Охсуһуохха, кыах баарынан мэһэйдэһэ сатыахха наада.
1. Ааҕааччы чувствотын сыппатар, кинини поэзияттан тэйитэр, үчүгэйи мөлтөхтөн араарбат буолууга тиэрдэр.
2. Үчүгэй кинигэ тахсыахтаах миэстэтин былдьыыр, үтүрүйсэр-хабырыйсар түбэлтэлэрдээх.
3. Куһаҕан поэттар мөлтөхтөрүн билиммэт буолууларыгар, дьиҥнээх поэттар курдук сананыыларыгар тиэрдэр. Ол дьон олоххо бэйэлэрин дьоҕурдарынан дьиҥнээх, сөптөөх миэстэлэрин булбакка хаалаллар.
***
Сүүрбэччэ сыллааҕыта норуот чулуу дьонун араастаан холуннаран, тууһуран сойуоласпыт, утарынан күннээн-күөнэхтээн баран, кэм-кэрдии дьиҥнээх кырдьыгы таһаартын кэннэ, бөрүкүтэ суох олохтоммут сорох-сорохтор дьылҕаларын санаатахпына, өрүү Абуталиб тыла диэн ааттаах өс хоһооно өйбөр охсуллар: «Өскө эн ааспыт кэми бэстилиэтинэн ытар эбит буоллаххына, кэлэр кэмиҥ эйигин тэргэнинэн ньиргитиэ», – диэн.
Ити этиини өрүү өйдүүбүн.
Уонна күрэх дьоммор, ордук ол-бу буолан чорбоҥнуур, ааспыты, былыргы дьону баһааҕырдар урдустарга күннэтэ хатылыахпын баҕарабын:
«Если ты выстрелишь в прошлое из пистолета, будущее выстрелит в тебя из пушки».
Ити олус дириҥ, муударай этии олоххо киириитин, кини чахчыта тахсарын мин күн аайы көрөбүн.
***
Бэҕэһээ Мирнэйтэн, Чернышевскайынан, Айхалынан, Удачнайынан эргийэн кэллибит. Амма Аччыгыйа, Шамшурин уонна Болот буолан.
Саха сирэ наһаа сайдан эрэрин аанньа көрбөккө-билбэккэ сылдьар эбиппит. Сабыс-саҥа аныгылыы кэрэ куораттар, ол куораттарга дыбарыастар, бассейннар, сүдү фабрикалар, заводтар, ол сүдү тэрилтэлэргэ туругурбут автоматика, техника чыпчаала биһигини – саха кэнэн оҕонньотторун дьулатта.
Сүдү диэн баар эбит буоллаҕына, ити тутуулар буолуохтаахтар, дьиҥнээх коммунизм материальнай, техническэй базата.
Алмаастаах кыраай остуол ньуурун курдук шосселарынан сүүс километр түргэнинэн сырылатан иһэн, мин улуу дойдум модун кыаҕын, кини кыаҕа муҥура суоҕун хаһааҥҥытааҕар да ордук итэҕэйдим!
***
Ыччаты үөҕэр адьынаттаах дьону олус абааһы көрө истэр буоллум. Эдэр дууһалаах эмэн да киһи ыччатын, кэлэр кэнчээритин сиилиэ-хоһулуо суох тустаах.
Кэнчээрини кэнчээритин эрэ иһин сэмэлиир түктэри.
Эдэр саас элбэх итэҕэстээх, элбэх эҕэлээх. Ол барыта көннөрүллэр, суолугар киирэр сокуоннаах. Ону санаан эн бэйэҥ эдэр буолан уолуккунан тыынан, оройгунан көрөн сылдьыбыт хаарыан сааскын санаан, ыччаккын өрүү ытыктыы, таптыы көрө үөрэн, мин аҕамсыйбыт үөлээннээҕим!
***
Төрөөбүт дойду художник ханнык баҕарар айыытын-буруйун бырастыы гыныан сөп. Кини аҥардас биири бырастыы гыммат: таҥнарыыны.
Ийэ тылы, төрөөбүт төрүт дойдуну уонна бэйэтин кэмин таҥнарыыны.
***
Биһиги бүгүн төһө күүскэ үрүлүйэн үлэлиибит да, сарсыҥҥы олохпут соччонон кэрэ, баай-дуол, көҥүл буолуохтаах.
Ити санаа биһигини кынаттыыр!
Мин бу түбүктээх күннэргэ мин дойдум хотугутун кэскилин ырыта саныыбын. Мирнэй. Чернышевскай. Айхал. Билигин Удачнай. Ити тыйыс айылҕа кыракый лоскуйдарын дьон төһө бэйэлээх сыранан, ону тэҥинэн төһө бэйэлээх үбү кутан сылыппыттара, дьиэтиппиттэрэ буолуой?!
Ити билиҥҥи эрэ сайдыы таһымыгар, кыаҕыгар кыаллар суол…
Итинник ырыта санаатахпына, мин аата суох умнуллубут өбүгэлэрбин, «саха» диэн ааттаммыт бар дьоммун ордук ытыктыах, аһыныах санаам кэлэр.
***
Талаана, дьоҕура суох киһини көрөн туран: «Эн талааннааххын, эн поэккын!» – дииртэн ордук хара айыы бу орто дойдуга, арааһа, суох буолуо. Ону ааһан сорохтор, бэйэлэрин хараҥа сыалларыгар туһанаары, ол муҥнаахтары тумаҥҥа муннаран өйдөрүн сүүйэн, ханна эмэ «талаан» диэн суруйан биэриэхтэрэ. Ол аҥала муҥнаах ону итэҕэйэн, туттуоҕунан туттан, сохсойуоҕунан сохсойон хаалар. Атын көнө дьон кырдьыгы этэллэрин холуннарыы курдук санаан, өһүргэнэн, өстүйэн, айдаан бөҕөнү тардар.
Оттон ону көрө-көрө, сымыйанан хайҕааччы күлүгэр имнэнэр, оттон күлүк сиргэ тиийдэҕинэ, ким да көрбөтүнэн саһыгыраччы күлэр.
Хайҕаппыт эристиин кинини буоллаҕына мантан антах таҥара курдук көрөр, кини тугу «тук» диэбитинэн сылдьар. Ону таһынан үйэлээх сааһыгар халтайга хаамар, сииккэ сиэлэр. Атааннаһыы сиэртибэтэ буолар.
***
Мин, балыыһаттан тахсан баран, бу икки күнү «Москва» гостиница чуҥкук, сабыстыгас хоһугар соҕотох сытан, сүүс санааны эргитэ санаатым.
Ол санааларбын дьиҥнээх көнө советскай киһи, суруйааччы быһыытынан манна түмүк курдук суруйан кэбиһэргэ быһаарынным.
Төһө да мин бэйэм, аныгылыы эттэххэ, хаан-уруу советскай былааспын, бэйэм партиябын, аныгылыы саҥа олох-дьаһах майгытын ис сүрэхпиттэн сөбүлээтэрбин, төһө даҕаны мин правительством уонна партиям дьаһалын туох да эҥкилэ суох толордорбун, толорор туһугар туох баар күүспүн, олохпун, сүрэхпин уурдарбын – эргитэ, быырпаһыннара санаан көрдөхпүнэ, биһиги дьиҥ үчүгэй ис хоһоонноох социалистическай обществобыт, хайа-хайа эрэ өртүнэн ыарыһах общество быһыылаах. Мин ити санаам, түүл-бит курдук, күһүҥҥү чэпчэки туман курдук, өрүү мин төбөбөр охсуллан ааһааччы. Ол санаа билигин мин дууһабар дьиҥнээхтик олоҕураары гынна диэн куттанабын. Кырдьык даҕаны оннук быһыылаах.
Ол гынан баран, ону хайдах эмтиири, ол ыарыы төрдө-төбөтө ханна сытарын, олох сатаан субу диэн өйдөөбөппүн. Ону өйдүүр дьон баар буолуохтаахтар. Оннук дьоннор (Л. Леонов, М. Шолохов, А. Твардовскай курдуктар буолуохтаахтар) тоҕо саҥарбаттар?!
Өскө мин былааска улахан киһи эбитим буоллар, Л.И. Брежневкэ сүбэлиэм этэ: «Л.И., тугу барытын умнан туран, бэйэҥ санааларгын барытын саба баттаан туран, биһиги дьиҥнээх советскай улуу дьоммутун, Л. Леоновы, А. Твардовскайы, онтон да атын күн төбөлөөх, итии сүрэхтээх оҕонньоттору ыҥыран кэпсэтэр, сотору-сотору сүбэлэһэр буолларгын! Оннук үгүс ытык-кырдьаҕас санаатыгар олоҕуран, биһиги олохпут майгытыгар, биһиги демократиябытыгар, биһиги сыһыаммытыгар, биһиги ис, тас даҕаны политикабытыгар муударай саҥа хардыылары харса суох оҥортоо!» – диэн. Итиниэхэ эбиэм этэ: «В.И. Ленин хайаан даҕаны итинник гыныах этэ. Ону өйдөө. Уопсайынан, сотору-сотору өйдөөх дьону кытта, туох баар субординацияны умнан туран, сотору-сотору сүбэлэһэр туһалаах буолуохтаах!»
Итинник санаалар Л. Леонов «М. Горькай туһунан» хаһан эрэ эппит тылын аахпыппыттан үөскээн таҕыста. Ити санаа мин кыайан сүрэхпэр сөҥөрдө кистээн сылдьарым сатаныа суох курдук ыараата, миигин баттыыр, муучу гынар буолла.
***
Критика туһунан тугу эрэ суруйуохпун саныыбын. Критика хайдах буолуохтааҕын туһунан саныыбын: үчүгэйтэн, ситиһииттэн сатаан үөрүөхтээх, үөрүүттэн дьону үөрдэрдик этиэхтээх; куһаҕантан, кыаллыбатахтан хомойуохтаах, кини хомолтото айымньы куһаҕанын таба өйдүүргэ үөрэтиэхтээх; оттон атын санааны этэр, өстөөх өйү үөскэтэр искусство айымньытыгар уордайары сатыахтаах, онно омуннаахтык, охторуулаахтык утаран, урусхаллыахтаах. Ол иһин айымньыны сыаналыыр критика «Уустук, литературнай критика» диэн ааттанар.
***
Литератураны, уус-уран айымньыны сыаналаан ырытыы өрүү олоҕу, ол айымньыга ойууланар, эбэтэр онно сыһыаннаах олоҕу ырытыы уонна сыаналааһын буолуохтаах. Онон критик олоҕу дириҥник билэр киһи буолуохтаах.
***
Ефим Шапошников төгүрүк өртүнэн кэрэ киһи этэ. Киниэхэ сыһыаннаах барыта киэркэйэр, туспа ис хоһооннонор курдук буолара.
Мин бүгүн кини үлэлэрин быыстапкатыгар сырыттым. Уонна ол урукку кэрэ киһи туһунан санааларбын өссө төгүл бигэргэттим.
Кини үлэлэрэ биир сиргэ мунньулуннахтарына ордук суолталанар, ордук киэркэйэр эбиттэр: мин хайдах эрэ ордук үрдүк күннээх, ордук сырдык халлааннаах дьикти дойдуга сылдьыбыт курдук сананным. Манна дьоно-сэргэтэ, кыыла-сүөлэ, айылҕата даҕаны барыта кэрэ, барыта сайаҕас, барыта тапталлаах. Барытыгар ол кэрэ киһи сырдык таптала сыдьаайар.
Бу дьиҥнээх художник талаанын күүһүнэн, сырдык санаатынан айбыт сырдык саарыстыбата.
Киһи өллөҕүнэ эрэ кини дьиҥнээх мөссүөнэ, кини дууһатын баайа көстөр. Киниэхэ баар бары быстах, бытархай бодоҥнор умнуллаллар, аҥардас кини ис дьиҥэ эрэ хаалар, ол ордук чаҕылхайдык арыллар. Ефим арыллыыта итинник.
***
Пленум кэнниттэн санаалар:
Саҥа суруйааччыны булбут буоллаххына – кытаатан илдьэн, сирдээн ис! – диэн тускуллаах үлэлиир наада буолсу.
***
Талаан, дьоҕур ыһылла сыппат. Кини тыһыынчанан тонна кимберликкэ биир алмаас туораҕа кыламнаан көстөрүн курдук. Онон бачча-оччо талааны булуом диэн былааннааһын табыллыбат, кыаллыбат суол. Ол иһин семинары, сүбэ мунньаҕы ыыттым да, талааннар тэллэй курдук үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэр сыыһа.
***
Литература таҕыл, саатал, иллэҥ кэмҥэ оонньуу оҥостуу, хобби буолбатах. Киниэхэ бүттүүн бэриниэххэ, тарҕаммакка ылсан үлэлээтэххэ эрэ, туох эрэ тахсыа.
***
Эдэрдэр сүбэ мунньахтара, семинардара аҥардас дьоҕурдаах эрэ дьону булар, кинилэри өйүүр, кинилэргэ суол аһар эрэ соруктаах буолбатах. Ону тэҥинэн, маннык мунньахтар талаана, дьоҕура суох дьоҥҥо кинилэр дьоҕурдара суоҕун, литература кинилэргэ табыгаһа суоҕун көрдөрөн, атын кинилэргэ сөп түбэһэр үлэҕэ көһөн, олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булалларыгар көмөлөһүөхтээх.
***
Ардыгар биһиги олус амарах, аһыныгас буолан дьон олоҕун алдьатабыт: эдэр киһи дьоҕура суоҕун көрөн туран, сирэйинэн эппэккэ, кубулдьутан, онно суох хайҕаан. Оччоҕо биһиги аһыныгаспыт алдьархайданан, алдьатыыланан тахсар.
Аһынар буоллаххына кыладыйан турар кырдьыгынан, уот харахха биэрэн сыаналаабыт быдан ордук буолсу.
***
Үрдүттэн хайҕал дьоҕура суоҕу эрэ буортулаабат, дьоҕурдааҕы эмиэ алдьатар адьынаттаах эбит. Төбөтүн эргитэн.
***
Сорох ардыгар сытыы-хотуу, хайҕанар ыччат бэрт түргэнник литературнай эйгэҕэ киирэр, оттон дьиҥнээх литературабытыгар киирбэккэ хаалар. (Бу Мустай тыла).
***
Эстетическэй үөрэх, майгы-сигили өртүнэн иитиллии, бэйэ дойдутун, норуотун историятын билии – дьиҥнээх суруйааччы уратыта.
***
Билиҥҥи суруйааччылар биһиги, кэлэр кэмнэр суруйааччылара кинигэлэрбитин ааҕан баран: «Суруйуоҕу барытын суруйбуттар, миэхэ тугу да арыылаан хаалларбатахтар», – дииллэрин курдук үлэлиэх, айыах тустаахпыт.
***
Национальнай стиль. Урут биһиги поэзиябытыгар олоҥхо стилэ, оһуокай стилэ уонна чабырҕах стилэ бааллар этэ.
Норуот литературатын стилэ байар, кэриҥэ кэҥиир, олоҕу кытта тэҥҥэ саҥа стиллэр үөскүүллэр. Биһиэхэ ону кыайан өйдөөбөт дьон үгүстэр. Кинилэр олоҥхоттон атын стилинэн суруйар киһини национальнай поэт буолбатах, космополит, ону ааһан халтурщик курдук көрөллөр. Ити – консерватордар.
Уурастыырап, Эллэй, И. Гоголев, И. Арбита стиллэрин сахалыы буолбатахтар диир киһини мин консерватортан атыннык ааттыахпын баҕарбаппын.
***
Күһүн.
Санаан көрдөхпүнэ: миэхэ күһүн туһунан хоһоон олус үгүс эбит. Мин дьыл түөрт кэмиттэн күһүнү ордук таптыыр быһыылаахпын.
«Очей очарование», – ити биирэ, иккиһэ, үсүһэ… – барыта атын дьон эппиттэрин, сөбүлүүллэрин курдук.
Ол эрээри мин күһүнү чорботон таптыырбар биир саҥа, сонун төрүөттээхпин: күһүн мин айылҕаны кытта алтыһар, силбэһэр кэмим эбит.
Мин саас уонна күһүн хайаан даҕаны айылҕаҕа тахсабын, кинини кытта булчут быһыытынан, кини төрөппүт оҕотун быһыытынан, ол эрэ кэнниттэн поэт быһыытынан үөрэ-көтө, астына көрсүһэбин.
Баҕарабын мин күһүн өлүөхпүн. Ийэ айылҕабын кытта киэҥник-холкутук бырастыылаһан баран, эһэ арҕахха иһийэ киирэринии, ийэ буорбар киириэхпин.
Мин саас айылҕа уһуктуута күн сирин көрбүппүн. Айылҕа кэхтиитэ күн сириттэн барыахтаахпын.
Дьоллоох дьон күһүн өлөллөр.
***
Аҥардас туспа эрэ тыллаах буолан ханнык баҕарар норуот өлбөт үйэлээх. Туспа тылыҥ суоҕа буоллар, ким эйигин саха эҥин диэн аччыаһырдыай!
Ону өйдөө эрэ, доҕор!
(Бессмертие народа – в его языке!!!)
Эйиэхэ ийэ тылы биэрбит норуотуҥ, бар дьонуҥ иннигэр эн хаһан да булгутуллубат улуу гражданскай иэстээххин. Ону эн хаһан да умнуо суохтааххын.
Эн ийэ тылгын төһө күүһүҥ, кыаҕыҥ тиийэринэн байыт, тупсар, харыстаа. Ити эйиэхэ сүктэриллэр гражданскай иэһиҥ. Байыт хайа сатанарынан, ийэ тылгын бэйэтин сайыннаран атын үрдүк сайдыылаах тыллары сатабыллаахтык туһанан… Байыт үйэҥ, олоҕуҥ сайдыытын таһымын кытта тэҥҥэ, саамай үрдүк сайдыылаах улуу тыллар таһымнарыгар тиийиэр диэри.
Төрөөбүт норуотуҥ иннигэр бэйэҥ ытык иэскин итинник эрэ өйдүүр буоллаххына, эн бэйэҕин ити норуот оҕотунан ааҕыныах кэриҥнээххин.
***
Мин дойдубар кэлбитим 2-3 хонно. Ичигэс, баара-суоҕа 2-3 кыраадыс тымныылаах дойдулартан эмискэччи көтөн кэллэххэ, дойдубут хотоку аарыгыран, тумаҥҥа мунан, чоҥкуйа тоҥон түһэн амырыын, ыччака дойдута эбит.
Манна тымныыта 50-ҥа чугаһыыр. Хаара буоллаҕына суох. «Көтөр-сүүрэр быстар, атыыр үөрүн быраҕан, бүгэр алдьархайдаах дьыла кэлэн турар», – диэн Маҕан аэропордугар сахалар отур-ботур кэпсэтэллэр.
«Атыыр үөрүн быраҕар алдьархайдаах кыһына» баар буоларын туһунан мин урут истэрим… Ол саамай ынырык, сүөһү-ас быстар дьыла буолуохтаах…
Дойдум обургу!
Бу үлүгэрдээх дойдуну тоҕо, туох кэрэтин иһин ымманыйа ахтарбын, таптыырбын таайа сатыыбын да, кыайан таайбаппын.
Тоҕо?!
***
«Саха музыкатын фестивала» диэн дорҕоонноох ааттаах мероприятиеҕа сырыттым. Ити барыта 5-6 хонук устата барда.
Онно сылдьан көрдөхпүнэ, биһиги – сахалар диэн дьон – музыкальнай культурабыт дьадаҥыта, мөлтөҕө олус наһаа эбит. Онтон олус санаам түстэ.
Мин санаабар, итиннэ буруйдааҕынан аҥардас композиторбыт суоҕа буолбатах быһыылаах.
Биһиги национальнай музыка, эбэтэр музыка национальнай уратыта диэни олус тутахтык, дьаратык өйдүүр быһыылаахпыт. 5-6 былыргы сахалыы мелодияны булан баран, аҥардас ону тула эргийэ сылдьабыт. Ону байытар, саха музыката диэни айар (Айар!) туһунан сорунан да көрө илик быһыылаахпыт.
Музыканы кэриҥин кэҥэтиэххэ, киэҥник истиэххэ, саҥа форманан, саҥа дуорайыынан байытан, саҥа мелодияны айан харса суох байытыахха, ол аата аныгы сахалыы, киэҥ эйгэҕэ тахсар саха национальнай музыкатын үөскэтиэххэ наада.
Итинник музыканы төрүттүүргэ биһиэхэ сөптөөх төрүөт, фольклор, былыргы музыка культурата баар. Толору баар.
***
Суруйааччы, ордук хоһоонньут киһи, бэйэтин кыаҕар, дьоҕуругар, хас биирдии суруйуутугар саарбахтыы саныыр, эрэҥкэдийэр буолара хаһан да ааспат, арахпат ыарыы быһыылаах.
«Айаным аргыстара» диэн кинигэбин туттарыам иннинэ, билигин даҕаны – элбэххэ мунаарабын, саарбахтыыбын.
***
Сарсын БАМ тутуутугар бараары олоробун. Тоҕо эрэ сүрэҕим ыарыйда. Бэҕэһээ түүн приступтана (таарымтара) сырытта. Ону ол диэбэккэ баран эрэбин.
Күүрээн, бар дьон турунуутун уххана соччо күүстээх, соччо угуйар аптаах, онно барбатахпына табыллыа суох, туохтан эрэ кэрэттэн, сүдүттэн матыах курдукпун.
Ол иһин: «Биир сымыыт ханна сытыйбатай?» – диэн тыллаах баран эрэбин.
***
Баран, илэ харахпынан көрөн кэлбиппиттэн олус үөрэбин: хайдах эрэ улуу тутуу саҕаланыытыгар эт бэйэбинэн кыттыспыт курдук чувстволаахпын.
***
Онно үлэлиир саха оҕолоруттан үөрдүм: барахсаттар олус үчүгэйдик, ис сүрэхтэриттэн ылынан үлэлии сылдьаллар эбит.
Биһиги тиийбиппитигэр олус үөрдүлэр.
***
«ЭК» хаһыат 50 сыллаах юбилейыгар Хатас оскуолатыгар үөрэнэр кыыска, юбилейга туох да сыһыана суох «Оо! Айыым-Таҥарам!» диэн тылларынан саҕаланар Суорун «Сайсарытын» монологун аахтардылар.
Бачча сааспар диэри аан дойду үгүс театрдарын, улуу артистарын иэйиилэрин-туойууларын иһиттим ини, истибэтим ини. Ол тухары мин ситиччэ күүстээх, ситиччэ киһи дууһатын ытарчалыы ылар ааҕыыны, монологу ончу истибэтэх курдукпун. Ити уонуттан эрэ тахсыбыт оҕо ааҕыыта, кини куолаһын оонньуута, кини ааҕар тексин ис хоһоонугар киириитин күүһэ (перевоплощение) соччо модун, соччо сүҥкэн.
Ити улуу актриса, дьиҥнээх айылҕаттан гений буолан айыллыбыт оҕо быһыылаах: «Оо! Айыым-Таҥарам! Кинини былаҕайга былдьатыма, хайдах эмэ гынан Саха театрын сценатыгар таһаар, дьиҥнээх суолун буллар!» – диэн үҥэ-сүктэ турабын.
Кини аатын-суолун билиэххэ, өйөбүл, көмө наада буоллаҕына, көмөлөһүөххэ наада.
Соторутааҕыта саха баар-суох улуу актрисатын Дария Даниловна Слепцова муҥнааҕы көмпүппүт.
Ити кинини солбуйар аналлаах оҕо элэс гынан көстөн ааста быһыылаах… Оннук буоллаҕына, саха тыыннаах, саха өһөс! Саха аата ааттанар аналлаах буоллаҕа.
Ити ким диэн гениальнай оҕонуй? Саха таҥарата буолуох барахсаный?
***
Кырдьан, ыарыһах буолан тугу да кыайбат-хоппот буолбут сааспар балачча ыйааһыннаах суруйааччылар ахсааннарыгар киирбитим – албаннаах даҕаны, абалаах даҕаны суол.
Бэҕэһээ «Совет национальных литератур» диэн мунньахха аны сайын туох туһунан дакылааттыахтаахпын саныырбын кэпсээбиппин үс дойду үрдүк мындаалаахтара бэркэ диэн хайҕаатылар.
***
ССРС Суруйааччыларын союһун секретара О.Н. Шестинскэй диэн поэт: «ССРС эдэр суруйааччыларын сүбэ мунньахтарыгар семинар салайааччытынан ананныҥ. Онон дойдулаама, путевка булан биэрэбит», – диэн ынньаҥалатта.
– Кэбис. Дойдулаахтахпына сатанар. Үлэм-хамнаһым… Уонна туругум мөлтөх! – диэбиппэр:
– Инньэ эрэ диэмэ, барыта Киин Комитетынан эҥин бигэргэнэн, биһирэнэн турар дьыала! – диир.
Онтон Горбачев диэн киһи хаайда. Мин иэммин-дьааммын биэрбэккэ сылдьабын.
Туругум, кирдик, улахан мөлтөх.
В.П. Туркин уонна А.И. Пузиков диэн дьон икки томнаах кинигэҕин таһаарабыт диэн үөртүлэр.
Барытыгар наар «Семен Петрович» буолан хааллым.
***
Олус хойутаан
Ырыам ымыытын туттум мин.
***
Москваҕа улахан пленумҥа тиийэн саха литературатын туһунан дакылааттаан, киэҥ кэпсэтиигэ таһааран, аар-саарга аатыран кэллибит.
«Кыратык да буоллар, саха литературатын аатын үрдэттибит, кини иһиллиитин кэҥэттибит», – диэн санааттан мин дууһабар, кыра да буоллар, киэн туттуу уоттара кылам гынан ааһыталыыллар.
***
А. Коптяева эмээхсини олус хайҕаатым, астынным уонна сөхтүм. Олус судургу, күүстээх-уохтаах, эр санаалаах дьиҥнээх нуучча дьахтара эбит.
Оҕо сааһын, эдэр сааһын кэпсээтэҕинэ, инчэҕэй эттээх долгуйбат буолуон түктэри.
– Итини тоҕо суруйбаккын?..
– Хаһан эрэ суруйуом. Билигин атыттары суруйабын…
Хаһан эрэ?! Ити сэттэ уончалаах киһи санаата модунун!
Таатта төрдүнэн Алдаҥҥа уста сырыттыбыт. Түүн үс чаас саҕана палубаҕа тахсабын. Онно биир бүччүм сиргэ Антонина Дмитриевна кистээн ытыы турар эбит.
– Хайа, бу тугуй? Антонина Дмитриевна?
– Ээ, бэйэм… Эдэр сааспын санаабычча… – кыбыстыбыта өтө көстөр. – Бырастыы гын… Бу өрүс мин эдэр сааһым өрүһэ эбээт…
Итинтэн салгыы эдэр сааһын кэпсиир.
– …Незаметнайга үлэлии сылдьан сэттэ көстөөх бириискэҕэ үлэлиир ийэбэр өрөбүл аайы, соҕотоҕун тайҕаны быһа түһэн, сатыы баран кэлэрим, – диир. Кини оччолорго 16-17 саастаах кыыс эбитэ үһү.
Оччолорго мин эмиэ онно баарым. Ол дойду илэ сылдьар адьырҕа кыылларын, оннооҕор ордук суостаах адьырҕа дьонун билэрим. «Оо, ол курдук модун санаалаах, хайдахтаах эрэ кыыс оҕо эбитиҥ буолла!» – диир санаанан эмээхсини, билигин даҕаны тэтиэнэх, хоһуун эмээхсини дьулайа-чинчилии, сөҕө-махтайа көрөбүн.
***
Доня Сосин аҕатын Ырыа Уҥуоҕа диэн сиргэ көмпүт. Ырыа уҥуоҕа… Кэрэ даҕаны, курус даҕаны тыллар. Кинилэр мин сүрэхпэр хараастыы музыката буолан киирэллэр.
Ити ааты истибитим сүүрбэччэ хонно. Ол тухары ити сырдык, курус музыка ааспат-арахпат, сотору-сотору диэлийэн, сыналыйан кэлэр. Ырыа уҥуоҕа…
Хоһоон суруйдахха сатаныыһы.
***
Музыка.
Үйэбэр кэрэ дорҕооннортон кулгааҕым сымныыр, дууһам сылаанньыйар. Ол гынан баран, ити киһи аймах сүҥкэннээх дьолугар дьиҥнээхтик, дириҥник уонна умсулҕаннаахтык умсуохпун культурам суоҕа, этим дьилэйэ уонна төрдүм-ууһум ньүкэнэ кытай истиэнэтэ буолан, бүөлээн турар.
Оттон дууһам, хараҥаҕа харбыалаһар ийэ кутум, музыка умсулҕаныгар ымсыырарын туохха тэҥниэм баарай?!
***
Саха литературатын икки бэлиэттэн бэлиэ, урантан уран дьоно: Таллан Бүрэ уонна Н.М. Заболоцкай аата, албана суох аа-дьуо, им-дьим сылдьаахтыыллар. Биирдэрэ – Хатыҥ Арыы түҥкэтэх түбэтигэр, биирдэрэ – ханнык эрэ Өймөкөөн түгэҕэр.
***
Электрокардиограмма устан баран, врачтарым эттилэр:
– Үнүргү кэннэ эн сүрэххэр блокада үөскээбит.
Ол аата үс инфарктым, бары склерозтарым, аневризмам таһынан, аны эмиэ биир хаһан да ааспат ыарыы мин бүлтэтэ суох сүрэхпэр үөскээтэҕэ…
Хайыамый! Хаһан охтон түһүөхпэр диэри тыыннаах буолар иһин охсуһан, хатаамахтаһан көрүөм буоллаҕа дии.
Санаан көрдөххө, кытаанах дьыала: кыайар – кыайан, ылар – ылан истэҕэ.
***
Олоҥхо тахсыбыта 4-с ыйыгар барда. Мин биир даҕаны экземпляры илиибэр тута иликпин.
…Дьиҥэ даҕаны мин салайааччы быһыытынан ылыммыт, хара маҥнайгыттан сордонон, үгүс тылбаасчыты сыымайдаан, правительствоттан харчы умналаан ылан оҥорторбут, үгүс көлөһүммүн тохпут, олоҕум, үлэм сүрүн ис хоһооно оҥостон дьаныһан ситиспит, киэн туттар ситиһиибин мэлдьэһэллэрэ, өйдүөхтэрин баҕарбаттара абакката сүрдээх.
***
Аны билигин Ойуунускайы, Кулаковскайы, Софроновы үчүгэйдик нууччаҕа таһаартарар сүрүн соруктаахпын.
Ойуунускай «Б. серия поэта», Кулаковскай «Советская Россия», «Поэзия России».
***
Дьылҕам, аналым, аны миигин Москва таһыгар Волынскай диэн сиргэ «Больница Минздрава РСФСР» диэн балыыһаҕа аҕалан бырахта.
***
Үйэбэр хаһан да көтөҕүллүбэтэхпин көтөҕүллэн үлэлээтим: отуттан тахса хоһоон, двухтомник оҥоһуута, автобиографияларбын оҥордум. Уонна олус элбэх бириэмэбин олоҥхо пропагандатыгар, Кулаковскай кинигэтин оҥорууга биэрдим.
***
Өрдөөҕүттэн саха айыыларын туһунан цикл суруйар санаалаах этим. «Айыыһыт», «Байанай» уонна «Уот иччитин» тустарынан суруйтаабытым. Онтубун ситэрэн, биир кэлим саха дьонун үтүө санаатын, сырдык баҕатын туһунан өйдөбүлү биэрэр, кини курдук мындыр өрөгөйдөөх уонна дьикти-кэрэ тугу эрэ суруйан хаалларар дохсун баҕа үөскээбитэ ыраатта да, билигин соччолоох туох да тахса илик.
***
Итини (саха айыыларын, үтүө санаалаах иччилэрин) түмэн үөрэппит киһи төһөлөөх эрэ кэрэ балеттары, опералары, болотуналары (хартыыналары), поэмалары дьон суруйар этилэр. Ону баара, били А. Софронов этэригэр дылы, кыахпыт, дьоҕурбут, киһибит суоҕа сиэн сыттаҕа. Итинник, өбүгэлэрбит айан хаалларбыт үрдүк айыыларын, образтарын, бөлөһүөппүйэлэрин күнү көрдөрбөккө, умуннаран, өлбөөдүтэн, өлөрөн кэбиһиэх хара сорбут буоллаҕа!
***
«Чэчир-76» аахтым. Улаханнык астына, киэн тутта, үөрэ аахтым.
Оҕолор, саха оҕолоро хоһоону үчүгэйдик суруйа үөрэммиттэр. Бу кинигэҕэ киирбит 8 оҕо – бары поэзия диэн тугун-ханныгын, хайдах суруллуохтааҕын уонна сурулларын өйдөөбүттэр: манна биир даҕаны үрдүттэн күппээллээһин, эбэтэр наар уруй-айхал тылларынан, эбэтэр наар дарбааннаах тылы наардаан суруйуу суох. Бары тугу эрэ сонуну, ааҕааччы санаатын тардары, сүрэҕи тыытары этээри суруйаллар. Ити биһиги поэзиябыт үрдүк таһымнаммытын халбаҥнаабат чаҕылхай туоһута.
Иккиһинэн, манна киирбит оҕолор бары туох эрэ сонуннаах, туох эрэ уратылаах, биллэр-көстөр дьоҕурдаах да оҕолор.
Холобура, Н. Харлампьева дьиҥнээх улахан талаан быһыылаах, кини кэхтэн хаалбакка, дьоҕурун өссө сайыннаран истэҕинэ – улахан поэт тахсар киһитэ быһыылаах. Мин аны кини суруйарын барытын батыһан, таптаан, тартаран, долгуйа ааҕар киһим буолсу быһыылаах.
Билигин биһиэхэ мин ымсыыран, умсугуйан ааҕар поэтым суох ээ.
В. Саввин уолу көһүтэр этим да, киһим арыгы, дьалбаарыы суолун ордорор быһыылаах.
М. Михайлова эмиэ, төһө да наһаа кыараҕас ыырдааҕын иннигэр, олус нарын, намчы, кыраҕы харахтаах, олус мындыр киһи быһыылаах. Хаары хоһуйан баран эргитэн таһаарбыта сүрдээх.
Холобура, Спиридонова. Кондратьевыҥ даҕаны. Оттон Филиппов!
Кэнники оҕолор традиционнайдар. Ол эрээри новатордар. Олоҕу, дьону, быһыыны-майгыны бүгүҥҥү күн дьонун хараҕынан көрөн, кулгааҕынан истэн, бүгүҥҥү күнү хоһуйаллар.
Поэзияҕа поэт тугу эппитинээҕэр, ону хайдах эппитэ ордук суолталаах.
Поэт ойуулуур, санаатын этэр ньымата тупсаҕай, ааҕааччы сүрэҕин-быарын ортотунан кииримтиэ буоллаҕына, ол дьэ үчүгэй. Урукку «Чэчирдэртэн» өссө биир инники чүөмчү курдук көрдүм бу «Чэчири».
Манна хомуйан оҥорбут, оҕолору кытта эрэйин харыстаабакка бүөбэйдэһэн үлэлээбит киһи, редактор М. Тимофеев суолтата олус улахан. Ону ити оҕолор өйдүүллэрэ эбитэ дуу?!
***
Биһиги сахабыт литературатыгар аныаха дылы аччайбыта «а», оччойбута «о» диэбит курдук наһаа примитивнэй, кэр-дьэбэр суруйуу ахсаана күнтэн күн ахсын элбээн иһэр. Биһиги ааҕааччыбыт ол иһин, онно үөрэнэн хаалан, таһымнаах, ис хоһоонноох айымньыны өйдөөбөт, өйдүү да сатаабат буолан иһэр.
Аны оннук суруйууну сууххайдыы куду анньар урдустар, ону ыйаары гыннахха: «Национальнай уратыбытын, сахалыыбытын сөбүлээбэт», – диэн куоталлар.
Мин итинник литературабыт таһымын намтатар кэр-дьэбэр (примитивнэй) айымньылары утары охсуһуубун бэйэм «интернациональнай» эбээһинэспин толоробун оҥостобун.
Ити охсуһуу таһымы үрдэтии иһин охсуһуу, литература сайдарын иһин охсуһуу. Оннук.
Семен Данилов
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Н.А. ЛУГИНОВ
Хотугу сулус. — 1987. — №3