Күүлэ аанын эрчимнээхтик тоҥсуйан либиргэттилэр. Түлүк уутугар утуйа сыппыт Дьуон Дьоруойап ким эрэ соһуччу өттүккэ анньыбытын курдук хараҕын көрөн кэллэ. Бастаан өйдөөбөтөхтүү сааскы салгын сиэн өссө хараарбыт бытыктаах хара бараан сирэйэ хос борук-соругар чочумча күлүгүрэн сыппахтаата, онтон тоҥсуур хатыламмытыгар «өрүс… уу… дьон…» диэн тыллар төбөтүгэр чаҕылҕанныы күлүмнэспиттэригэр букатыннаахтык уһуктан, оронуттан куруһуна төлө тэбэрин курдук ойон туран ыстаанын кэтээт, атах сыгынньаҕын киирэр аан диэки сүүрэн бэдьэйдэ. Дьиэ аанын аһан тахсан, күүлэ аанын күрүчүөгүн төлө оҕуста. Ыам ыйынааҕы түүҥҥү үөл-дьүөл халлаанын күөнүгэр Дьуон кирилиэскэ баһылык солбуйааччыта уол уонна ЫБММ көрдүүр-быыһыыр сулууспата куормалаах киһи кэлэн туралларын көрдө.
– Дьуон, дорообо! – Маппый Махсыымабыс сирэйэ-хараҕа долгуйбут көрүҥнээх, Дьуону утары тургутардыы көрдө.
– Дорообо… – Дьуон, дьыала мөлтөөбүтүн сэрэйэ охсон, истэргэ бэлэм турда.
– Өрүс биһиги туһаайыыбытынан улаханнык харан, хочоҕо уу бөҕөнү киллэрэн аҕай эрэр, кусчуттар хаайтардылар, ыксал буолла… Бу ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатыттан кэллилэр. Бөртөлүөт, тумана бэрт буолан, кыайан көппөтө. Эйигин сири-уоту үчүгэйдик билэр киһи диэн…
– Оо, бэҕэһээ хойут быраатым Эргис эрийэ сылдьыбыта, уу хайыы-үйэ кэлэ охсубут дуо? Сырдаатаҕына бэйэм да бараары сылдьарым, – Дьуон быһа түстэ. – Мотуоркабын бэҕэһээ көрүммүтүм. Оттон быыһааччылар ууга киирбэтилэр дуо?
– Чэ, ол туһунан кэлин кэпсэтиэхпит, – куормалаах киһи сөбүлээбэтэхтии быһа түстэ. – Бара охсуоххайыҥ, бириэмэ ыгым!
Дьуон дьиэтигэр төттөрү киирэн таҥна охсон таҕыста уонна, мотуоркатын массыынатыгар состорон, өрүһү кыйа субуллар бөһүөлэк соҕотох аспаал кутуулаах уулуссатын устун быыһааччылар массыыналарын кэнниттэн айанныы турда.
Дьуон манна төрөөбүт-үөскээбит саас ортолоох киһи. Оскуоланы бүтэрэн, икки сыл дойдутугар ытык иэһин төлөөн кэлэн суоппар идэтин ылыаҕыттан тимир көлөнү тэһииннээн, массыынатын көлүөһэтэ хотунан-соҕуруунан үтүмэннээх үгүс көһү төкүнүйбүт, сири-дойдуну көрбүт, сырыыны сылдьыбыт ахан киһи. Кини бу идэтигэр кутун туттарбыта үлэтин маҥнайгы сылларыттан биллибитэ – сүүрбэтин эрэ ааспыт уол, хас күн аайы ыһыытыыр эрдэ туран, ыраах айаныгар турунара. Ол курдук олоҕун тухары наар айанныы, түбүгүрэ, үлэлээн хачыгырайа сылдьара киниэхэ үгэһэ буолан хаалбыта.
Бу бэҕэһээ эрэ киниэхэ сыган быраата эрийэн, табаарыстарыныын кус көрө, уу кэрийэ сылдьан боротуоха нөҥүө ууга хаайтаран эрэллэрин, боротуоханы туоруур икки быһыты уу ылан, кирбиитэ улам кэҥээн иһэрин туһунан эппитэ. Дьуон онуоха уу хочоҕо урукку өттүгэр куруутун аа-дьуо киирэрин билэр буолан сарсыарда сырдаатаҕына тахсыах буолбута, боротуоха уҥуор чугас томтор сир баарыгар көһөн эрэллэригэр сүбэлээбитэ. Уу маннык түргэнник хаһан да киирэ илигэ. Ол аата улахан харыы таҕыстаҕа. Арааһа, быйыл өрүс мууһа наһаа халыҥ буолан, кумах арҕаска иҥнэн хардаҕа. Төһөлөөх күүс-уох, барчаланар тыас-уус, ыгыллыы, күүрүү, өрө харбаһыы, тоҕо түһүү, уу дохсун күрүлгэнэ иирбит курдук күөрчэхтии эргийдэ буолла… Дьуон, уруулун эрийэ олорон, хараҕар эбэтин ойуулаан көрдө. Иһигэр: «Улуу Өлүөнэ эбэ хотун, иитэр-аһатар, киһи-хара гынар олохпут хорук тымыра! Эйигиттэн ууланан киһи буолан ууһаан-тэнийэн, эйигиттэн эт-сиин сиҥэлэтэн сир ийэҕэ сириэдийэн олордохпут. Тохтоо дуу, уоскуй, уорда намырый, уоххун харат…» – диэн көрдөһө истэ.
Бөһүөлэк кытыытыгар тиийбиттэрэ – уу хайыы-үйэ кытылга анньан эрэр эбит. Хочо бүтүннүүтэ муус көтөҕүүлээх уу буолбут. Күннэтэ салгын итийэн, сир сылыйан, онно тымныы уу тоҕо анньан тахсыбыта – үөс диэки туох да көстүбэт хойуу тумана түһэн турар. Суругуттан көрдөххө ЫБММ мотуоркалара быһыылаах – биир мотуорка уу кытыытыгар анньыллан турар. Биэрэктэн аҕыйах миэтэрэни бараат, алдьаммыт. Барбыттара да буоллар, бачча тумаҥҥа дьону булаллара саарбах. Аны бөртөлүөт, бу тумаҥҥа көппүтүн да иһин, үөһэттэн тугу булан көрүөй – тыылаах да киһи субу турары көрбөт буоллаҕына… Көтөн көрөөт, аккаастаммыттар. Олохтоох, сири-уоту үчүгэйдик билэр киһи уонна мотуордаах оҥочолоох диэн Дьуону ыҥырдахтара. Дэриэбинэ иһигэр мотуордаах оҥочолоохтор син бааллар эрээри, тоҕо эрэ Дьуон эрэ сөбүлэһэн кэлбит. Кини үгүс сылларга суолга араас мүччүргэннээх түгэннэргэ эриллэн-мускуллан, ыксаллаах түгэҥҥэ хомулла түһэр, түргэнник толкуйдуур, иннинэн буолар үгэһинэн эр киһилии быһаарыныылаах санааны ылынан кэлбитэ тустаах дьону, дьаһалтаны үөртэ. Эр дьон кэлэн илии тутустулар, сүбэ-ама биэрдилэр: «Оҕолору… оҕолору урут таһаар», – дэстилэр. Ууга хаайтарбыт кусчуттар кэргэттэрэ, ийэлэрэ дьоннорунуун төлөпүөннэһэ сатыы биэрэккэ төттөрү-таары хаамса сылдьаллар. Ким эрэ ытыы-ытыы арыыга хаалбыт кэргэнигэр тугу эрэ хаһыытыыр, сорохтор сибээһэ суох сиргэ тиийбит дьонноругар төлөпүөннүү сатыыллар. Обургу уола ууга хаайтарбыт ийэ барахсан, долгуйбутун кыатанан ытамньыйа сыһа-сыһа, Дьуоҥҥа чугаһаата:
– Дьуон, мин оҕом ааҕы урут ылаар, боротуоха нөҥүө бааллар кинилэр, эбэ онтон чугас, урут ууга былдьаныахтара…
– Сөп-сөп, онно барыам дии саныыбын бастаан. Булар инибин… Эһиги эрдэттэн наһаа ытаамаҥ, айманымаҥ, этэҥҥэ буолуоҕа, – Дьуон, сырдык саарыл өҥнөөх быыһыыр сэлиэччигин кэтэ-кэтэ, дьахтарга холкутук, эрэллээхтик хоруйдаата.
Дьуон олорорун кытта хас да ЫБММ сулууспатын үлэһиттэрэ мотуоркатын ууга анньан кэбистилэр. Мотуорка, собуоттанан бирилии түһээт, уу кырсын хайа тыыран айанныы турда. Сотору тугу да, кими да көрүмэҥ диэбиттии, истиэнэ курдук бүөлээн турар хойуу туман мотуорканы ыйыстан кэбистэ…
Күн олох көстүбэт. Дьуон мастар, талахтар ханан бөлөхтөһөн үүнэллэрин өйүгэр биэс тарбах курдук билэр эрэ буолан баран иһэр хайысхатын быһаарынан, сороҕо кыра дьиэ саҕа үрдүктээх муустары тумнан, оргууй аҕай иннин диэки айаннаан иһэр. Үрдүк баҕайы халыҥ халҕаһа муустар, туман быыһыттан тыаһа суох субу аттыгар саба барыйан тахсан кэлэннэр, аттынан оргууй устан ааһаллар. Кыра мотуорканы хампы анньан кэбиһиэх айылаахтар. Дьуон суоппардыыр үөрүйэҕинэн уруулун эрэллээхтик муустар быыстарынан эрийэ тутан истэ.
Бу көстүү бүтэй алаас, кыра үрэх оҕото көрөрүгэр дьулаан хартыына буолуо этэ. Оттон Дьуон – өрүскэ төрөөбүт киһи – манныкка хаанын хамсаппат. Кыра эрдэҕиттэн аҕатын уонна абаҕатын кытта оттуу, кустуу-балыктыы диэн төһөтө улуу эбэлэрин төттөрү-таары сыыйбыттара буолуой. Киниэхэ төрөөбүт-үөскээбит дойдунан маннык – анныгар турдахха күнү-ыйы хаххалыыр үрдүк мөҥүөннээх сүдү мырааннардаах, тыал дьаалатынан таалалыы көтөр киэҥ-куоҥ бэйэкээннээх аҥаат-муҥаат хочолордоох, тилэри киэптээх, толору томоонноох модунтан модун улуу Өлүөнэ өрүс бэриллибит эбит. Киһи эмиэ – төрөөбүт сирин айыыта, кини буорун, кини уутун сорҕото, уоҕун, күүһүн, эбэтэр кэрэтин, уранын көстүүтэ. Ол да иһин Дьуон Дьоруойап хааныгар өбүгэлэрин саҕаттан тиийэн кэлбит, биһиктэммит сириттэн силистэммит туохтан да чаҕыйбат хоһуун санаа уота умайарга дылы.
…Туман быыһынан кыракый томтор сиргэ бөлүөхсэн турар сүөһүлэр көстөн аастылар. Бу диэки мэччийэ тахсан эргиччи ууга былдьатаахтаабыттар. Биир – бас-көс сүөһүлэрэ быһыылаах – үөрүн быыһаары тэйиччи төбөлөрө эрэ ууттан хоройон турар мастар, талахтар харааран турар бөлөхтөрүн диэки харбаан тиийэн, эргийэ сылдьан уу дириҥин тургутан көрөн баран, түгэҕин булбата быһыылаах, доҕотторугар төттөрү харбаан кэллэ. Ынахтар эрэйдээхтэр Дьуону көрөн, истэрин түгэҕиттэн иччилээхтик маҥыраан лаҥкынаттылар. Айыы сүөһүлэригэр хайдах даҕаны көмөлөһөр кыах суох!.. Уу сотору ити турар кыракый арыыларын ылыыһык… Бастатан туран дьон! Дьуон, санаатын кытаатыннаран көхсүн күүскэ этитэн баран, ааһа уста турда.
Кини баран иһэр хайысхатын билэр – мантан чугас соҕус үрдэл сиргэ отчуттар дьиэлэрэ бааллар, онно хайаан да дьон баар буолуохтаах. Уопсайынан, үрдүк сирдэри кэрийиэн наада, барыллаан отучча киһи хаайтаран сылдьар диэн биллэр, олохтоохтортон ураты куорат дьоно эмиэ кустуу кэлээччилэр.
Дьиэлэргэ чугаһаабытыгар, дьон мотуор тыаһын истэн хаһыытастылар:
– Кэлиэ-ээҥ, көмөлөһүө-үөҥ! Бу баарбыа-ыат! Ээй! Оо, Дьуон эбит. Ураа!
– Доҕоттоор! – Дьуон, дьон соччо куттала суох быһыыга-майгыга сылдьалларын көрөн, мотуоркатын бытаардан хаһыытаата. – Эһиэхэ төннөн иһэн сылдьыам, билигин боротуоха уҥуор оҕолорго бардым.
– Ээ сөп, сөп, оннук бөҕө буоллаҕа. Күүтүөхпүт, Дьуон! Аата чэпчээтэхпитин, булан кэлбитэ бэрдин…
– Уолаттар, малларгытын ылар кыах суох, үөһэ дьиэ үрдүгэр таһааран баайталаан кэбиһиҥ, кэлин уу түстэҕинэ ылыаххыт. Дьону эрэ таһаартыыбын.
– Сөп, сөп, оннук… Чэй, доҕоттор, малларбытын үөһэ таһаартыахха.
Дьуон арыыны ааһа барда. Бу арыыга дьиэлэри уу төгүрүччү ылан эрэр. Ыксаатахтарына онуоха-маныаха диэри дьиэ үрдүгэр тахсан олорор кыахтаахтар.
Балачча айаннаан киһи боротуоха ханан баарын арааран билбэт гына уу таһыйа охсубутун ааһан истэҕинэ, иннигэр чугас соҕус саа тыаһаата. Тыас хоту тиийбитэ: оскуола үөрэнээччилэрэ, үс обургу уол, кыра остуол сирэйин эрэ саҕа гына арыыланан хаалбыт кып-кыра томтор үрдүгэр сааларын сүкпүтүнэн киһи аһыныах бу сукуһан тураллар эбит. Уолаттар Дьуону көрөн үөрэн хаһыытаһа, далбаатаһа түстүлэр, кинилэр ортолоругар быраата Эргис баара, долгуйан улахан баҕайытык:
– Оо, Дьуон! Убайым хайаан да булан кэлиэ диэн сөпкө эппиппин дии, уолаттар! Махтал, убаай! – диэн хаһыытаата.
Уолаттар туох да маллара суох сулугур, үрүсээктээх эрэ ууну кэрийэ, кус көрө сылдьан халаан уутугар түбэспиттэр. Бу билигин аны куотан хаалыа диэбиттии, кутталларыттан кэҥээн хаалбыт харахтарын Дьуонтан араарбакка эрэ, сүрэхтэрэ сүр күүскэ тэбэ-тэбэ, оҥочоҕо киирэн олбохторго олоро охсоот, ыксалынан быыһыыр сэлиэччиктэри кэппитинэн бардылар.
– Дьэ, уолаттар, ыт буола сыстыгыт ээ, булан кэлбэтэҕим буоллар, алдьархай тахсар эбит… Билигин үчүгэйдик тутуһан олоруҥ. Аны этэҥҥэ биэрэккэ тиийиэххэ наада, – Дьуон двигателин кикстартерын ууннары тарта.
Уон-сүүрбэ эрэ мүнүүтэ аастаҕа буолуо: били көрөн ааспыт сүөһүлэрэ төннөн истэҕинэ арыылыын бэйэлиин ханна да суохтар – ол сиргэ эмиэ ханна да курдук муустаах уу, мин тугу да көрбөтөҕүм, билбэппин диэбиттии, уста сытар… Дьуон, уу эбиллэр дьулаан тэтимин хараҕынан илэ көрөн, дьон хаалбыт сирдэрэ эмиэ итинник буолуохтара дии санаан, иэнэ тымныйбахтаата: ыксыахха!
Дьуон уолаттары ылан баран, эрдэттэн киниэхэ төлөпүөннээбит билэр дьонун көрдүү уҥа өттүнэн эргийэ барда. Уу күрүлэс тыаһын быыһынан мотуорка тыаһын хайдах эрэ истэ охсон дьон хаһыытаспыт сиригэр тиийбитэ – кыракый сиргэ арыыланан хаалбыт дьон бөлөҕө оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорун иннилэригэр уктан тураллар. Оҕолору урут ылан, төннүөх буолан, Дьуон мотуоркатын биэрэк диэки салайа тутта. Төрөөбүт сирин-дойдутун моһуонун билэрэ бэрт буолан ханан томтор, ханан аппа баар буолуоҕун сэрэйэн, ыараабыт мотуоркатын уруулун эрийэ-буруйа тутан айаннаан истэҕинэ, туман быыһыттан уу төгүрүйбүт кыракый арыытыгар хас да массыына турара көстө түстэ. Массыына таһыгар дьон турар. Дьуон чугаһаан кэлэн кэпсэппитэ: куораттан кэлбит билбэт дьоно эбит. Эр дьон ыксаабыта, ыгылыйбыта сирэйдэриттэн-харахтарыттан көстөр, ону биллэримээри туттуна соҕус: «Биһигини таһаарар инигин? Төннөр инигин?» – дэһэллэр. Биир оҕолоохторун ылан, төннүөх буолан уонна төлөпүөнүн нүөмэрин хаалларан, Дьуон муустаах ууга сатабыллаахтык эргийэ-урбайа айаннаан, биэрэккэ чугаһаата.
– Дьуон иһээ-ээр! Эр бэрдэ буоллаҕа! Бу дьолу! Оо, оҕолорбуот! – диэн эр дьон хайгыыр саҥата, ийэлэр үөрбүт саҥа аллайыылара сырдаан эрэр сааскы халлаан иэнигэр дуораһыйда.
Дьуон, мотуоркатыттан оҕолору сүөкээт, улуус баһылыгар уонна ЫБММ-нарга ыксалынан аҕыйах тылынан балаһыанньаны кэпсээн баран, мотуоркатын эмиэ собуоттаан биллигирэттэ. Мотуорка, кыһыл саарыл өҥнөөх сэлиэччиктээх киһитиниин дьоҥҥо ханнык эрэ остуоруйа көтөрүн санатан, туман быыһынан үөс диэки көтөн эрэргэ дылы гынна.
Сотору соҕус хаҥас диэкиттэн – отчуттар дьиэлэриттэн саа тыаһа сатараата: ити мааҕын хаалларбыт дьоно ыттылар. Дьуон ол диэки мотуоркатын салайа тутта. Ыкса тиийэн кэлбитэ (ити икки ардыгар!) уу арыыны олоччу ылбыт, дьиэлэр кырыысалара эрэ хоройон хаалбыттар, дьон биир саамай үрдүк дьиэ кырыыһатыгар далбаатыы, хаһыытаһа олороллор эбит. Быыһаныы кэлбитин өссө да итэҕэйбэтэхтии, эр дьон кырыыһаттан биир-биир саҥата-иҥэтэ суох түһэн, саалаах эрэ мотуоркаҕа киирэн олортоотулар, быыһыыр сэлиэччиктэри кэттилэр. Кинилэр бу түгэҥҥэ олохторун быата Дьуонтан эрэ тутулуктааҕын билинэр, тыыннаах хаалбыттарыгар үрдүк Айыы Таҥараҕа махтанар быһыылаахтара. Мотуорка уу бүтүннүү ылбыт, кырыыһаны дьоннору баҕастары ыйыстара олох чугаһаабыт дьулаан арыытыттан улам тэйэн, тыыннаах олох, дьон, дэриэбинэ баар биэрэгин туһаайыытынан муус быыһынан айаннаан дьулуруйа турда.
Биэрэккэ кэлиитигэр уу өссө эбиллибит, дьон үөһэ диэки тэйэн биэрбит этэ, туман буоллаҕына өссө хойдон иһэрэ. Дьуон соҕотоҕун дьону барытын уу билиэниттэн куоттарар кыаҕа суоҕун чуолкай өйдөөбүтэ. Хата ону өйдөөннөр, ЫБММ-нар улуус кииниттэн биир мотуордаах оҥочолоох киһини булан аҕалбыт этилэр. Бу киһи маннааҕы сири-уоту хантан билиэй, тумаҥҥа хайдах сирдэтиниэй, онон кини бэйэтэ мээнэ барбакка Дьуон кэнниттэн батыһарыгар этиллибитэ.
Били бастаан манна кэлиэҕиттэн эрийэр билэр дьонугар тиийэн, барыларын икки оҥочонон саамылаан олордон биэрэккэ тиийэн истэхтэринэ, куорат кусчуттара эрийэннэр, массыыналара ууга барбыттарын, бэйэлэрэ күрүө үрдүгэр тахсан олороллорун туһунан эппиттэрэ. Дьуон, дьону биэрэккэ тиэрдээт кэлиэх буолан эрэннэрэн, туруупкатын уурбута. Иэдээн обургу дьоҥҥо атахтарын тилэҕин үктээбитинэн тиийэн кэллэҕэ түргэнин!
…Дьуон киһитин батыһыннарбытынан халааннаан муустаах уунан дэбилийэр, хоп-хойуу туманынан бүрүллэн турар өрүс хочотугар төрдүһүн төнүннэ. Бу сырыыга куорат кусчуттарын быыһыахха наада. Туман быыһынан айаннаан, кинилэргэ олох чугаһаан эрэ баран биирдэ биир да массыына суоҕун уонна тоҕо эрэ сорох дьон суох буолбуттарын дьэ чуолкайдык өйдөөн көрдө. Массыыналара ууга бардахтара, оттон хаалбыт дьон күрүө үрдүгэр тахсан олороллор. Дьуон ытырыктата санаата.
– Хайа? Сороххут?
– Эрэһиинэ тыынан биэрэк диэки бардылар…
– Эс, хайаан оннук тыынан тиийээри. Уонна муннахтара буолуо, саанан ытан көрүҥ эрэ, хайа диэки тиийдилэр буолла.
Саа тыаһа бүтэҥитик «пас» гынна. Чочумча бары кулгаах иччитэ буоллулар. Дьолго, кэтэспит санааларыгар балай да өр буолан баран, ыраах, биэрэк олох даҕаны тиэрэ, утары туһаайыытыттан харда саа тыаһа иһилиннэ.
– Оо, олох даҕаны атын хайысханан барбыттар, – Дьуон билигин биэрэккэ төнүннэҕинэ анараа эрэһиинэ тыылаах дьон харыы төлө барыытыгар түбэһэн мууска хам астарыахтарын сөбүн уонна өссө ыраатан хаалыахтарын сөбүн өйдөөтө. Онон хаалбыт дьону ылан баран эрэһиинэ тыылаахтарга барарга быһаарынна.
Дьуон чопчу саа тыаһа иһиллибит сиригэр айаннаан тиийэн, кып-кыра арыы сыыһыгар тахсан олорор куорат дьонун булан ылла. Кинилэр эрэһиинэ тыыларын мотуоркатыгар холбонон, улахан сэрэҕинэн муустар быыстарынан биэрэккэ айаннаата.
Эмискэ ойоҕоско устан иһэр мууска биир улахан муус кэлэн кэтиллэ түстэ уонна үкчү олоҥхо сүүл оҕуһун курдук ньирилии-ньирилии үрдүгэр ыттыбытынан барда. Кинилэргэ кэннилэриттэн атын муустар кэлэннэр иҥнэ-иҥнэлэр үрүт-үрдүлэригэр сүксүһэн бардылар. Муус тостон барчаланар, кутталлаахтык кыычыгырыыр, уу харса суох тохтон суккуллар тыастара холбоһоннор, харыы дьулааннаах тыаһын-ууһун таһаардылар. Сотору баран иһэр туһаайыыларынан барыта муус буолла, оҥочо муус кытаанах ытарчатыгар буола түстэ…
Чопчу сити түгэҥҥэ өлөр өлүү муус тымныы дэгиэ тыҥыраҕа олох чугас баарын Дьуон этинэн-хаанынан билбитэ. Өлүү тыына илэ кэлэн кэнниттэн үрэн сирилэтэргэ дылы гыммытыгар, сиһин оруутунан тымныы көлөһүн бокуойа суох таҥнары сүүрбүтэ. Ол эрээри кини ханнык да ыарахан быһыыга өйүн ытыйтарбат үгэһинэн, бэйэ бодотун тардынан, муустары сыҕарыта-сыҕарыта, кыбылла-кыбылла, иннин диэки өһөстүк сыҕарыйан испитэ. Бу буола турар быһыыга-майгыга кини хааныгар өбүгэтин үйэлэргэ мунньуллубут үтүө өрүтэ барыта баара биллибитэ: кини кыраҕы сытыы харахтара, сонордьут чуор кулгаахтара, булугас өйө, түргэнник толкуйдуу охсор майгыта, эр хорсун сүрэҕэ, сиэрдээх аһыныгас быһыыта, саха булчутун түргэн сымса хамсаныыта, айылҕанан, күнүнэн-дьылынан, сиринэн-уотунан көрөн дьону бэрээдэктиир, батыһыннарар чопчу дьаһала, буолар быһыыны-майгыны дьэҥкэтик көрүүтэ.
Дьолго, биэрэк чугаһаабыт этэ. Дьон туман быыһынан көрөн турдахтарына, кыракый оҥочо сүүнэ үлүгэр муустар быыстарыгар хаайтарбыт хопто курдук кылбаҥныыра, быыһааччы эрдиинэн чиэстэнэн муустар быыстарынан кыбылла-кыбылла туох баар күүһүнэн биэрэккэ дьулуһара хопто кынаттарынан сапсынарын санатара.
…Дьуон Дьоруойап биэрэккэ толору дьонноох оҥочолоох, эрэһиинэ тыы состоруулаах этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Дьон дьэ өрө тыыммыта – бары быыһаммыттара! Дьуон биэрэккэ таһаарбыт дьоно абыраллаах сир ийэлэригэр үктэнээттэрин кытта кэннилэриттэн сиппэтэх абам да баар эбит диэбит курдук муус күүстээх халҕаһата биэрэккэ тоҕо анньан тахсыбыта…
…Кэлин ааҕан көрбүттэрэ, ол түүн уу билиэниттэн отут икки киһи быыһаммыт курдук этэ, Дьуон дьон чуолкай ахсаанын билигин да өйдөөбөт. Оччолорго ааҕа сатыы сылдьыбатаҕа, ууга биир да киһи хаалбатар эрэ диэн кыһалҕа баара. Куорат дьоно, биэрэги булаат, куотар аакка барбыттара, кинилэр кимнээхтэрин-туохтарын ол курдук Дьуон билбэккэ хаалбыта, билигин да билбэт. Оттон ЫБММ-нар сиэр быһыытынан илии тутуһан арахсыбыттара.
Аҕыйах хонон баран Дьуон уу муустан ыраастаммытын, туман суох буолбутун кэннэ дьону ылаттаабыт сирдэрин баран кэрийэн көрбүтэ: биир да арыы сир хаалбатах этэ – эргиччи сир-халлаан силбэһэр уута мэндээрэ көрөн сытара. Кэлин уу букатыннаахтык түспүтүн кэннэ көрдөххө, дьон үрдүгэр тахсан быыһаммыт дьиэлэрэ да оннуттан суох буолбуттар этэ, бары тутууну өрүс ньылбы сотон ылбыт этэ. Ама, манна отчуттар дьиэлэрэ баар буола сылдьыбыттара дуо диэххэ диэри. Дьуон онно эрэ дьэ киһи олоҕун быата хайдах курдук уйанын, чарааһын, айылҕа уордаах күүһүгэр ардыгар утарылаһар кыах суох буоларын өссө төгүл өйдөөбүтэ, отуттан тахса киһиэхэ олох быатын иккистээн туттарбытын илэ итэҕэйбитэ.
Уу бүтэһиктээхтик түспүтүн кэннэ хонууга онно-манна өрүс аҕалбыт сылбаҕын уонна муустарын быыстарыгар сүөһүлэр, сылгылар барахсаттар истэрэ сараччы үллэн, тылларын былас быраҕан өлөн сыталларын көрөргө дьулаан хартыына этэ. Хаһаайыннара, сүөһүлэрин булан ылаарылар, биир өлүктэн атын өлүккэ хаамса сылдьаллара. Арай Дьуон ол күн ууга тахсыбатах, эбэтэр дьону ситэри булбатах, эбэтэр бэйэтэ ууга дэҥнэммит буоллун – хайдахтаах улахан иэдээн диэлийэн тахсыаҕын киһи саныан да куттанар. Санаан да көрдөххө, ол отуттан тахса киһи, оҕо Дьуон булан тиийбэтэҕэ буоллар, Хотугу Муустаах акыйаан диэки мас сыыһын курдук барса туруохтара эбитэ буолуо. Кинилэр дьоллоругар, Дьуон Дьоруойап сырдык быыһыыр күүс, тыыннаах олох далаһата буолан кэмигэр тиийэн кэллэҕэ.
Дьолго дьон бары быыһаммыта уонна… олохторо уруккутун курдук уу нуураллык устубута, туох да буолбатаҕын курдук, ким даҕаны өлөр өлүү айаҕар киирэн тахсыбатаҕын курдук… Арай Дьуон быыһаабыт отуттан тахса киһитин ахсаана улуустааҕы ЫБММ көрдүүр-быыһыыр сулууспатын үөһээҥҥилэргэ отчуотугар быһа анньыллыбыта.
Онтон ыла уонтан тахса сыл көтөн-мөҥөн ааста. Дьуон Дьоруойап ол бэйэтин олоҕун ыйааһын бэскитигэр ууран туран дьон көтүмэх санаатыттан, дьалаҕай быһыытыттан отуттан тахса киһи (ол быыһыгар оҕолор!) өлөр алдьархайдара тахса сыспытын бохсубут эрдээх быһыытын кэнниттэн алта сыл ааспытын эрэ кэннэ нууччалыы хаһыакка суруллубутун, тэлэбиисэргэ нууччалыы биэриигэ көстүбүтүн туһунан иһиллибитэ. Сэмэй киһи ол туһунан ханна да кэпсии сылдьыбат, арай быыһаабыт бэйэтин дэриэбинэтин уолаттара үөрдэхтэринэ-көттөхтөрүнэ биирдэ эмэтэ санаан аһаралларыгар кылгастык уопсай күлүү-хаадьы долгунугар олорсон ылар. Оттон илиитин да ыга туппакка куоппут куорат дьонун тустара туһунан. Кинилэри суобастара эрэ дьүүллээн эрдэҕэ, онтулара даҕаны баар буоллаҕына. Арай Дьуоҥҥа туга эрэ быһаҕас курдук. Ол быһылаан туһунан ыйыттахха, сапсыйан кэбиһэр, күлүүгэ-оонньууга кубулутар. Арай харахтарыгар туох эрэ ыйытыы хаалан хаалбыт курдук.
…Дьуон Дьоруойап дойдутун үрдүк мыраанын быраман мындаатыттан төрөөбүт-үөскээбит дойдутун эргиччи көрөр. Оол, ыраах Өлүөнэ эбэтэ, уон сыллааҕы ыам ыйын биир уордаах күнүн умнубуттуу күн анныгар көмүс солотуу лиэнтэ буолан суһумнуу оонньуу сытар. Үрдүк кэрискэ мырааннар дойдуларын киппэ түөстэринэн хаххалыы кэккэлээн, олоҥхо бухатыырдарын санатан лиҥкинэһэн тураллар. Оттон оол үүнүүлээх киэҥ да киэҥ бааһыналар саһара долгуһаллар, олору тулалыыр күөх күөгэй тыалар тыалга өрөгөйдөөхтүк суугунуу хамсыыллар. Астыгыан! Дьуон начааскыга дойдутун киэҥ-нэлэмэн иэнин үөһэттэн, кэтит сабарай кынаттарынан салгыҥҥа уйдаран көтө сылдьар хотой кыыл харахтарынан көрөргө дылы гынна…
Киһи киһи кыаҕа, санаатын күүһэ араас. Мүччүргэннээх түгэҥҥэ ким хайдах быһыыланыаҕа биллибэт. Оттон Дьуон Дьоруойапка оччолорго айыллыбыт аар айылҕата, үөскээбит сүдү өрүһэ кини иннигэр уустук тургутууну туруорбутун кини бу дойду дьиҥ тымыр-сыдьаан уола, эрдээхтик, дьоһуннук ааспыта. Кини ууга хаайтарбыт дьону быыһыыр түгэнигэр өбүгэлэринии хаанын хамсаппатаҕыттан, айылҕа уордаах күүһүгэр бэринэн үүдэһинин үрэйтэрбэтэҕиттэн, сирэ-дойдута ииппит чулуу өрүттэрин көрдөрөн быһылаантан кыайыылаах тахсыбытыттан тус бэйэтэ эрэ астына саныыр. Кини – дьиҥ быыһааччы Дьуон Дьоруойап.
Айтылы
Чолбон. – 2020. – №5