Саха киһитэ бэрт мындыр. Кини былыр- былыргыттан бэрт уһун уонна олус тымныы кыһыннаах, кылгас сайыннаах сиргэ олохсуйбут буолан, сүөһүтүн-аһын, дьонун-сэргэтин, оҕотун- уруутун этэҥҥэ сыл таһаарар инниттэн, бэрт чуолкайдык күнүн-дьылын ааҕан-суоттаан, көрөн-истэн, сөп буолар гына хаһаанан, дьаһанан, аттарынан эрэ олордоҕуна сатанар этэ. Былыргы саха киһитэ айылҕа, күн, ый, дьыл эргиирин, хаамыытын кэтээн көрөн, дьыл хайа кэмигэр тугунан дьарыктаннаҕына, төһөнү- хаччаны бэлэмнэннэҕинэ, хаһааннаҕына, ханнык быһыылаах-майгылаах сиргэ-уокка олордоҕуна сатанарын бэркэ диэн быһаарынан олорбут.
Фольклор матырыйааллара, миэстэтигэр научнай чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн былыргы сахалар төгүрүк сыллара 12 биитэр 13 ыйтан турар эбит. Олоҥхоҕо көстөрүнэн хас биирдии ый отут хонукка тэҥнэһэр. Бу маны икки олонхо тылыттан ылан бигэргэтиэхпин баҕарабын.
Ол курдук И.Г. Теплоухов-Тимофеев «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» диэн олоҥхотугар этиллэр:
Биир ыйым орулуур отут хонугар,
Икки ыйым алта уон хонугар,
Үс ыйым тоҥхол тоҕус уон хонугар,
Түөрт ыйым сүүс сүүрбэ хонугар,
Биэс ыйым сүүс биэс уон хонугар диэри
Ат биэ курдук охсуһа оонньоотулар.
«Строптивый Кулун Куллустуур».
М., 1985. -104-105 с.
Онтон Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» диэн олоҥхотугар хас да сиргэ бухатыырдар үс ыйы быһа охсуһаллар. Холобура:
Үс ый
Торулуур тоҕус уон хонугун
Усталаах-туоратын тухары
Турбакка-олорбокко,
Тохтообокко-сынньаммакка,
Тура тэбинэн туран охсустулар.
«Тойон Дьаҕарыма». -Якутскай, 1959. -234 с. Ити курдук тэҥ кыахтаах бухатыырдар олоҥхоҕо биир ый орулуур отут хонугун эрэ устата буолбакка, үс, биэс ый устата тура тэбинэн туран охсуһаллара диэн кэпсэнэр.
Аны туран былыргы өбүгэлэрбит хонугу, сылы-дьылы ый, күн эргиирин кытта бэркэ диэн дьүөрэлии тутан ааҕаллара сөхтөрөр. Ый эргииринэн аахтахха биир ый 29-30 хонуктан турар. Православнай итэҕэл киирбитин да кэннэ урукку олох-дьаһах, быһыы-майгы, үлэ- хамнас улаханнык уларыйбакка аар айылҕа хаамыытынан, эргииринэн салайтаран устар- уларыйар. Арай күннээҕи үлэ-хамнас саҕала- ныыта, бүтүүтэ, кус-хаас кэлиитэ, булт кэмэ- кэрдиитэ, сайын, күһүн, кыһын, саас эргиирэ барыта православнай итэҕэл таҥараларын кытта сөп түбэһиннэрэн чуолкайданан биэрбиттэр.
Ол курдук, сайын кэлиитэ Ньукуола күнүн, күһүн кэлиитэ иккис-үһүс Ыспааһаптар күннэрин, кыстыкка киирии Сэмэнэп күнүн, кыһын кэлиитэ Бокуруоп күнүн, саас кэлиитэ Баһылай таммахсыт күнүн кытта сөп түбэһиннэриллибиттэр. Бөтүрүөп күнүн эргин окко киирэллэр. Миитэрэйэп, Мэхээлэйэп күннэрин икки ардыгар идэһэ сүөһүнү өлөрөллөр, муус аннынан муҥхалаан бүтэллэр. Бастакы Охонооһойоп эргин тымныы бастакы муоһа тостор, Дьөгүөрэйэп күнүн эргин бастакы чыркымай, эрдэтээҕи кус-хаас кэлиитэ саҕаланар. Саар Көстөкүүн күн андылыы киирэллэр. Ити курдук кэм-кэрдии хаамыыта оннун булан чуолкайданар. Ыйдарбыт да ааттара саха киһитин күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын кытта ыкса сибээстээхтэр. Саха сылын-дьылын саҕаланыыта, бастакы ый, алтынньы ыйтан төттөрү аахтахха, сайын кэлиитин кытта сөп түбэһэр. Сахалар былыр сайын кэлиитин Ньукуола таҥара күнүн кытта алтыһыннараллара. Оччотугар, хас биирдии ый отут хонуктаах диэн ааҕар буоллахха, сахалар халандаардара, быһа барыйан, маннык көрүҥнэнэр.
Сайыҥҥы ыйдар:
Ыам ыйа — билиҥҥи ыам ыйын 21 күнүттэн бэс ыйын 19 күнүгэр диэри. Бастакы ыйы балык ыырын, сүөһү үүтэ-аһа, ыама биллэрдик дэлэйэрин кытта сибээстииллэр.
Бэс ыйа — бэс ыйын 20 күнүттэн от ыйын 19 күнүгэр диэри. Бу кэмҥэ бэс сутукатын бэ- лэмнииллэр.
От ыйа — от ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 18 күнүгэр диэри. Бу кэм сахаларга от үлэтин үгэнэ. Былыр сахалар Бөтүрүөп, билиҥҥитинэн от ыйын 12 күнүн, кэнниттэн окко киирэллэрэ.
Күһүҥҥү ыйдар:
Атырдьах ыйа — атырдьах ыйын 19 күнүттэн балаҕан ыйын 17 күнүгэр диэри. От кэбиһиитин кэмэ. Сахалар урут от кэбиһиитин хойут саҕалыыр этилэр. От бугулунан бэрт уһуннук турара.
Балаҕан ыйа — балаҕан ыйын 18 күнүттэн алтынньы ый 17 күнүгэр диэри. Балаҕан ыйын 14 күнүттэн, православнай итэҕэл быһыытынан Сэмэнэп күнүттэн, кыстыкка маассабай көһүү саҕаланар. Тайах булда саҕаланар.
Кыһыҥҥы ыйдар:
Алтынньы ый — алтынньы 18 күнүттэн сэтинньи 16 күнүгэр диэри. Бокуруоп күн, алтынньы 14 күнүгэр, күнүскү аһылыкка диэри күһүн, аһылык кэннэ кыһын саҕаланар диэн кырдьаҕастар кэпсэтэр буолаллара. Онон сахалар кыһын кэлиитин айылҕа эргиирин кытта сөп түбэһиннэрэн ааҕаллара көстөр.
Сэтинньи ый — сэтинньи 17 күнүттэн ахсынньы 16 күнүгэр диэри. Олоҥхоҕо көстөрүнэн сэ- тинньи ый иэс-күүс аахсыытыгар, саҥа ыал үөскээһинигэр табыгастаах кэм быһыытынан ойууланар.
Ахсынньы ый — ахсынньы 17 күнүттэн тохсунньу 15 күнүгэр диэри.
Тохсунньу ый — тохсунньу 16 күнүттэн олунньу 14 күнүгэр диэри.
Олунньу ый — олунньу 15 күнүттэн кулун тутар 16 күнүгэр диэри. Бу ыйга тымныы оҕуһун муостара тостор, кыһын бүтэр. Таммахсыт Баһылай күнүттэн, кулун тутар 13 күнүттэн, саас саҕаланар. Холобура былырыын, университет үөрэнэр дьиэтин (ГУК) кырыыһатыттан бастакы таммахтар кулун тутар 14 күнүгэр таммалаабыттара.
Кыһыҥҥы ыйдар ханнык да анал ааттара суох. Бу кэмҥэ урукку бэлэминэн, хаһааһынан аһаан-сиэн, үлэлээн-хамнаан олороллор. Бүтэн биэрбэт сүрүн үлэ-хамнас кэнниттэн кыһыҥҥы уһун киэһээлэри, түүннэри олоҥхо, остуоруйа истэн, хабылыктаан, тыксааннаан, таабырын таайсан, таҥха иһиллээн, Даарыйа эмээхсин алыптаах, кэтэһиилээх сэһэнин-сэппэнин сэҥээрэн атаараллара.
Сааскы ыйдар:
Кулун тутар ый — кулун тутар 17 күнүттэн муус устар 15 күнүгэр диэри. Сылгы барахсан сахаҕа бастыҥ баайбыт, үҥэр-сүктэр таҥарабыт буолара мантан да көстөр.
Муус устар ый — муус устар 16 күнүттэн ыам ыйын 15 күнүгэр диэри. Сылаас буолан, балаҕан түннүгүн мууһа ууллан, чарааһаан уһуллар, уларытыллар, биитэр сайыҥҥы сүлүүдэ, онтон да атын түннүгү олордоллор.
Тиргэ ыйа — ыам ыйын 16 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри. Бу туһунан А.И. Гоголев «Историческая этнография якутов» диэн кинигэтигэр Сунтаар киһитэ И.В. Гурьев биэрбит матырыйаалларыгар олоҕуран суруйар (Гоголев А.И. Историческая этнография якутов. -Якутск: Якутский государственный университет, 1983. -с. 7). Сайын кэлиэр, сыл саҕаланыар диэри хаалбыт аҕыйах күн кэмигэр сааскы кус хойуутук кэлэр. Бу кэми туһанан өбүгэлэрбит, саа сэбэ кэмчи кэмигэр, куһу тиргэнэн бултууллара.
Дьэ бу курдук биһиги өбүгэлэрбит күнү-дьылы ааҕан-суоттаан олорбуттар. Маны таһынан инникитин хайдах дьыл күүтүллэрин, үгүс үйэлэргэ кэтээн көрөн, араас бэлиэлэринэн билгэлээн билэллэрэ. Ол туһунан туспа сэһэн.
в.в. винокуров,
философскай наука кандидата.