Болот моһуогуруулара

(Кэпсээннэр)

«Ньыламан маҕаттар»

Болот, үтүө айылааҕа буоллар, оскуолаҕа киирэр сааһа ситэн эрэр кэмэ буолуо эбит, ол эрээри кинини ким эмэ үөрэххэ тэрийэр сибикитэ биллибэт этэ. Чугаһынан оскуола да суоҕа. Ханна эмэ, биир эмэ сиргэ аһыллар да эбит буоллаҕына, онно кини курдук дьадаҥы ыал оҕото кыайан түбэспэт этэ. Онон Болокко оскуоланы, кыһамньылаах учууталлары уонна уон араас өйдөөх кинигэлэри бука барыларын соҕотох биир киһи – кини ийэтэ солбуйара. Ийэ үөрэҕэ ардыгар олус соһумарынан дьулатара, оттон сороҕор олус сымнаан абырыыра.

Дьэ онон биир бэртээхэй күн арай Арапыана, ханнык эрэ мааны ыалдьыт таарыйбытыгар күндүлээри, дьааһыгын хастан хачыгырайбыта, саамай түгэххэ тэрэппиискэҕэ суулаан илдьэ сылдьар аҕыйах куһуок саахара мэлийэн хаалбыт этэ. Арапыана төбөтө үллэн хаалыар диэри суулаах саахарын көрдүү сатаан-сатаан баран, булбакка, сиргэ сиик да буолан симэлийбитин, халлааҥҥа күдэн да буолан көппүтүн билбэтэҕэ. Онон мааны ыалдьыты саахара суох чэйдэтэн, ийэ муҥнаах кыбыстыы бөҕөтүгэр түбэстэ.

Ыалдьыты атааран баран, Арапыана уһата-кэҥэтэ барбакка, силиэстийэҕэ туруммута.

– Нохоо, саахары эн моһуоктаабытыҥ дуо? – диэтэ ийэтэ, Болоту аҥаар илиититтэн күүскэ харбаан ылан баран.

– Суох, ол ханнык саахары? – диэн Болот соһуйда, адьаһын тугу да билбэтэх, сымыйанан балыллан эрэр киһи курдук дьиэс-куос буолбахтаата. Ол да буоллар кини тоҕо эрэ ийэтиттэн харахтарын кистии туттубута. Оннук киһи ханнык баҕарар доппуруоска улаханнык эриллэрин, уорбаланарын кини өссө даҕаны билэ илик быһыылааҕа. Кини оннугар, хата, ийэтэ, ону үчүгэйдик билэр буолан, уолу иилэ хабан ылбыта.

– Эн биир-биэс диэмэ, булгуччу эн ылбыккын!.. Эрэйдээх баара, онтукаҥ ити хараххар да баар. Ыл, бэттэх көр, көҥдөйдүү көстө сылдьаллар.

Болот ити тылтан букатын өмүттэн, бөтө бэрдэрэн хаалла. Аата, кини туһугар, хайа эмэ дьэҥкир таас иһит курдук, көҥдөйдүү көстөн хааллахтара!.. Онуоха эбии Арапыана оһох чанчыгар сытар эргэ сиппиир талаҕын сыыйа тардан ылбытыгар, Болот, төрүт да үөрүйэх баҕайы киһи, этэ салаһа түстэ.

– Чэ, этэ тарт! – диэт, ийэтэ сытыы чыпчаххайынан салгыҥҥа быһа биэрэн «куус» гыннарда.

Ол тыас доппуруоһу ньачаас быһаарбыта. Уолчаан, кэдэс гынан баран, саҥа аллайбыта:

– Ийэкээ, тохтоо, этиэм-этиэм.

– Эһээ, оннук эбит дуо? Чэ, этэ тарт, хайаабыккыный?

– Хайаабатаҕым даҕаны…

– Эмиэ мэлдьэһэн эрэр!.. – Итини кытта тэҥҥэ сытыы чыпчаххай хат өрө күөрэйдэ.

– Бааллар-бааллар, сыталлар.

– Сыталлар даа? Ол ханна?

– Оттон онно, ол онно, – дии-дии уол дьиэ иннигэр күлүгүрэн турар өтөх диэки кирдээх сөмүйэтинэн чөчөҥнөттө.

– Хайдах, ол өтөххө дуо? – соһуйда ийэтэ. – Чэ, барыах, сымыйалыаҥ да сэрэн! – диэн баран уолчааны саҕатыттан харбаан ылан иннигэр укта уонна, ыһыктыбакка эрэ, эргэ өтөх диэки дьулурутта. (Уолчаан атаҕынан быһыйын ийэ үчүгэйдик билэрэ.)

– Манна кистээбитиҥ дуо? – диэн ыйытта Арапыана уолчаанын саҕатыттан бобо туппутунан өтөххө киллэрэн туран.

– Манна, – диэтэ Болот симиттэн.

– Чэ, була тарт!

– Ыыт ээ оччоҕо, – уол кыҥкыйдаста.

Ийэ өс киирбэх Болоту төлө тутан кэбиспитэ, киһитэ, түөрт атах буолаат, бастыҥ орон анныгар сылыпыс гынан хаалла. Ийэтэ хата соһуйда.

– Нохоо, ханна куоттуҥ, сэрэн, син биир ситиэм!

Уола онуоха тугу да хоруйдаабата, орон анныгар чочумча буолан, тугу эрэ хаһыспахтаан баран, буор-сыыс буолан хаалбыт обургу соҕус куһуок саахары ийэтигэр, иһиллэр соҕустук өрө тыынан баран, уунна.

Маны эрэ күүппэккэ турбут ийэ улаханнык соһуйда, ол да буоллар өссө да сөп буолбатахтык ыйытта:

– Хайа, оттон сорҕото?

Болот итиннэ хоруйдаһар солото суоҕа, ортоку орон аннын диэки саҥата суох ат буолан, быарынан сыылаҥхайдыы турда уонна онно тиийэн эмиэ хаһыспахтаата, эмиэ өрө тыынна, онтон эмиэ биир куһуок, мааҥҥытааҕар өссө буор-сыыс буолбут саахары уунна. Итинтэн ийэтигэр саҥарыах да бокуой биэрбэккэ, атах орон аннын диэки сулбу ааста.

– Ылыҥ, көрөн кэбиһиҥ! Манна букатын, били Чаачахаан курдук, көҥдөй хороон хаһынан кэбиспит сирэ эбит буолбат дуо? – диэн саҥа аллайда ийэтэ.

Утаакы буолбата, Болот тиийбит сириттэн өссө биир эмиэ бэркэ буор-сыыс буолбут куһуогу уунна.

Ити кэнниттэн уочарат хаҥас, кэтэҕэриин, биллэрик ороннор анныларынан ааһыталаата. Туох барыта бүтэрин быһыытынан, Болот ууруммут саппааһа кэнникинэн баранан барбыта. Саамай бэстилиэнэй куһуок хостонуутугар Болот, киһи эрэ буоллар, улаханнык уйадыйбыта.

– Саахардарым, бу ньыламан маҕаттар, маҕаҥҥытыгар уонна минньигэскитигэр ымсыырдаҥҥыт, бу айылаах оҥордоххут, ыый-ыый-ыыйбыан, ыыйыкабыан, туох эһигини ситиһиэ баарай? – дии-дии, оронун анныттан тахсыбакка сытан, ытаан сыҥсыйбыта.

Буруйдаах уолчааны үчүгэй аҕайдык кэһэтэн биэриэх буолан сытыы чыпчаххайын бэлэм тутан турбут ийэ барахсан, ону истэн, бэйэтэ уйадыйбыта.

– Сээн, оҕокком сыыһа, ама да биһиэхэ куһуок саахар баҕалааҕын иһин, саҥардаҕа баҕас сүрүккэтэ… Болот, кэл, таҕыс, дьиэбитигэр барыах, – диэн баран, ийэтэ хараҕын соттуммахтаан ылбыта.

Кинилэр оргууй дьиэлэригэр төннөн истилэр. Ийэтэ «ыйытыыта суох ылар да, хаһаанар да» сатамматын, оннук киһини үчүгэй аҕайдык иэнин хастаан, үөрэтэн биэриллиэхтээҕин, киһи үчүгэй, көнө суобастаах буолуох тустааҕын уолчааҥҥа өйдөтөр.

– Суобас диэни билбэт, ымсыы дьон арай баайдар бааллар, эн кинилэр курдук буолуоххун баҕараҕын дуо?

Суох, Болот кинилэр курдук буолуон ончу баҕарбат эбит.

– Былырыын Дьэкиим кинээс сымыйа, кур иэһигэр баар эрэ биир ыанньык ынахпын туттаран ылбыта. Ол үчүгэй этэ дуо?

Суох… үчүгэйэ суоҕа. Ынахтарын аһыйан, кини ийэтинээн ытыы хаалбыттара. Онон кини ийэтигэр улаханнык көмөлөспүт, күчүмэҕэй күнүгэр өйөбүл буолбут курдук санаммыта. Ону Болот бэркэ өйдүүр. Ону ааһан, хойут, улааттаҕына, кинээһи кэһэтэ түһэн биэрэр санаалаах. Ол санаата, хата, билигин хат көбөн кэллэ.

Ити кэнниттэн кинилэр балачча саҥата суох испэхтээтилэр. Болот тугу эрэ толкуйдуур, онтон, эргиллэ түһэн баран, ыйытар:

– Ийээ, саахарым харахпар тоҕо өтө көстө сылдьыбыта буолуой?

– Оботуҥ олус иҥмитэ буолуо.

– Оттон билигин көстөллөр дуу?

– Суох, булан биэрбитиҥ кэннэ, тоҕо мээнэ көстө сылдьыахтарай?

«Туй-сиэ, бу өйдөрүн!» – диэн саахардартан салла санаата Болот уонна, эмиэ тугу эрэ толкуйдаан баран, ийэтигэр хат эргилиннэ:

– Ийээ, оччоҕо Дьэкиим кинээс обото эмиэ хараҕар көстөрө буолуо дуу?

– Көстүмүнэ, хайыа этэй?

– Оо! – диэн унаарытан кэбистэ Болот уонна, тугу да саҥарбакка, ийэтин кытта сэргэстэһэ хаамсан истэ. «Дьэкиим кинээс хараҕар төһөлөөх эрэ элбэх оботтоох соллоҥ бииһин ууһа: ынах буута, таба тыла, сылгы тараһата, эһэ тыҥыраҕа уонна бөрө тииһэ элэҥнээн ааһан иһэллэрэ буолла?» – дии санаата Болот.

 

Маҥхааһай күтэрэ

Кыһын Болот дьонугар ыал кэлэн дьукаахтаста. Дьукаахтара Күтэр Уйбаан нэһилиэк маҥхааһайыгар харабыллыыр этэ. Биирдэ саас, быстарыы саҕана, нэһилиэк дьоно, уурумньу бурдуктарын түҥэттээри, маҥхааһайдарын аспыттара, соччо дуоннаах ас-үөл орпотох, хата, ол оннугар иитиллибит сохсо, чааркаан араас ампаар иһигэр туолан хаалбыт этэ.

Күтэр Уйбаан буоллаҕына бурдугу ыйытыыта суох бараабыт моҕотойдору, күтэрдэри үҥсэн айаҕа хараара турда:

– Уһун кыһыны быһа бултаһа сатаан кэбистим, бэйэҕит көрүҥ, – диэн баран, Күтэр сохсолорун диэки ыйан кэбистэ. – Онно кыайтарбатахтарын иһин, өссө ол куобаҕым айаларын эһэн киллэрэн, эбии тардыталаабытым, олор ол муннук аайы аҥаабыллаан сыталлар… Бэйи, хата сэрэниҥ, барымаҥ, бэйэҕитин былдьатыаххыт! – диэн күө-дьаа буолла харабыл.

Онтон дьулайан дьон кэннилэринэн тэйдилэр…

– Кырдьык, дьэ улаханнык эрэйдэммит киһи эбит, арааһа, эрэйин туспа сыаналаатахха табыллыыһы, – диэн ким эрэ дьон ортотуттан саҥарда.

Ону истэн эр ылбыт харабыл эбии аймана түстэ:

– Бэйэм да инньэ дии саныыбын. Онуоха эбии, айаларым манна киирэн хааланнар, быйыл кыһын куобах этин дуостал амсайбатым!

– Бу хаарыан киһи буорайдаҕын!

– Онто суох Уйбаан мээнэҕэ саҥара, үҥсэргии сылдьыбат идэлээх, кырдьыгын этэн эрдэҕэ буолуо.

– Аньыы даҕаны, эһиэхэ сымыйалыы сырыттамый!.. Чиччик кыыллары эккирэтэрбэр утуйар уум уу буолбата, аһыыр аһым ас буолбата. Доруобуйа төһө-хачча көҕүс түспүтүн этиллибэт даҕаны. Чэ, онон, быһата, уопсастыбам, дьонум-сэргэм, тугу эмэ санаатаххытына табыллар киһигит буоллум.

Күтэр Уйбаан, аһыннараары, быар куустан баран, сиргэ тиийэ үҥэн-сүктэн тоҥхойон сытта. Дьон даҕаны кини тылыттан улаханнык долгуйда. Күтэри аһыммыт омуннарыгар сорохтор харахтарыттан уу таҕыста.

Итини истэн, Болот дьукааҕар көмөлөһөргө сананна.

– Биһиги дьукаахпыт кырдьыга, – диэтэ кини дьон кэнниттэн кэлэн.

– Бай, бу хантан кэлбит уолчааный? – ыадаҕар истээх, бөдөҥ-садаҥ киһи соһуйбут омунугар уостара оппойон хааллылар.

– Ити дуо? Ити барбах киһи ахсаана итэҕэһин ситэрэ кэлэ сылдьар киһи. Аата Болот диэн, били Арапыана уола.

– Ээ, кырдьык.

– Нохоо, эн кырдьык Болот диэн буоллаххына, кырдьыккынан эт эрэ: маҥхааһай бурдугун күтэр таһан сиэбитин эн хаһан уонна хайдах бадахтаахтык көрөр этигиний?

– Оттон… оттон кууллаах бурдук бөҕөтүн маҥхааһайтан сүгэ-сүгэ, көтөҕө-көтөҕө мадьалыт да мадьалыт буолара.

– Бай да доҕоор, Болоот, ол күтэрбит оччо улахан буолар этэ дуо?

– Улахан буолумуна…

– «Улахан буолумуна». Ол аата төһөнүй – эн саҕа?

– Миигиннээҕэр быдан улахан, саманнык! – маҥхааһайы кураанахтаабыт күтэр улаханын көрдөрөөрү, уолчаан икки илиитин өрө уунар.

– Һы! Ол аата төһө буоларый, чэ, мин саҕа?

– Арыый намыһах уонна иһэ кыра.

Уол, кырдьыгын көрдөрөөрү, иһин хапсыччы туттар. Дьон антах хайыһаллар, биллэ-биллибэтинэн мичээрдээн ылаллар. Хаһатын таарыттарбыт суон киһи эмиэ кулук-халык туттан аһара сатыыр.

– Бэйи-бэйи, эн киһи тылын өйдөөн истэн баран саҥарар буол. Дьэ онон, нохоо, быһатын эттэххэ, ол оботтоох күтэр кимиэхэ маарынныан сөбүй?

– Туох, күтэр дуо?.. Оттон күтэр… күтэр биһиги Уйбааммытыгар маарынныыр, үүт-үкчү…

– Ээ, иттэни уур, умса уур – үүт-үкчү диэ!

– Үкчү…

– Доҕоттоор, оттон маҥхааһайбытын кураа-нахтаабыт күтэрбит бэйэтинэн бу турар эбит буолбат дуо? – дэстилэр дьон.

Ол курдук маҥхааһай күтэрэ көстөн кэлбитэ.

 

Маҥнайгы билсиһии

Ити кэнниттэн күн-дьыл сыыйа-сыппайа баран, ааһан истэ. Уолчаан биллэрдик улаатта. Уончатын ситтэҕэ буолуо. Ол тухары оскуола кини аттынан, муҥ саатар, чугаһынан эҥин аһыллан көрбөтө. Аһыллыбыта да буоллар, Болот курдук дьадаҥы киһи онно түбэһэрэ бэрт саарбах этэ. Онон Болот оскуола туһунан түүлүгэр-битигэр да оҕустарбакка улаатан истэ. Хата, ол оннугар кини элбэх эрэйгэ киирэн эрилиннэ, муҥҥа түбэһэн мускулунна.

Бу сырыыга кини моһуогуруута «куораттан улахан тойон тахсан иһэр үһү» диэн суһал сурах тарҕаммытыттан саҕаламмыта.

Нэһилиэк кинээһэ Уордаах Дьэкиим, ол би-риэмэҕэ атаҕын арамачыыһа бэргээн, улаханнык сарбыллан сытара. Сураҕы ылаат, кини сонно тута үтүөрэ охсубута уонна иһэр тойону ородобуой дьиэҕэ тоһуйа барар буолбута.

Ол кинээс бэйэлээх айгыстан иһэр сураҕа бэйэтэ биир суол туспа түбүгү-эрэйи, сүүрүүнү-көтүүнү үөскэппитэ. «Манан кэлэн аастаҕына, бука, таарыйыа, онон эрдэттэн сэрэнэн-сэрбэнэн олоруҥ», – диэн буолта.

Ол сурах дьонтон дьоҥҥо бэриллэн, толоону-сыһыыны уҥуордаан, улам улаатан, үҥкүрүйэн-күөлэһийэн кэлэн, кэнники Болот дьонун аахха тиийбитэ.

– Дьэ, сэгээр, булгуччу сэрэн, кинээһи моһуоктаан алдьархайы тардаайаҕын! – диэбитэ Болот ийэтэ.

Болот ийэтин тылыгар сөбүлэһэн, төбөтүн бэрт улгумнук төҥкөх гыннаран кэбистэ. Ол да буоллар кини дьиксиргэммиттик ыйыппыта:

– Ийээ, оттон кинээс биир эмэ ынахпытын эмиэ үүрэн илдьэ барыа суоҕа дуу?

– Ханна баппатах элбэх ынахпытыттан сырыы аайы былдьаттаҥый! – диэн ийэтэ кыыһыран кэбистэ.

– Оннугун иһин, кини суохтан да илдьэ барыа диэн дьулайабын ээ, – диэтэ Болот.

– «Дьулайардаах» ээ өссө, хайа эмэ улахан киһи курдук тыллаһан түһэн бу уол! – ийэтэ уолун тылыттан сонньуйан ылла.

Ити итинэн ааста.

Болот оһох хаҥас чанчыгар бэркэ ууһун киллэринэн, талах ынах оҥосто олорбута. Аттыгар сайыҥҥы уу чуумпу улугурбут аатыгар сахсырҕалар, куолуларынан, туох да быһаарыыта суох сааҕынаһаллар, онно бырдах саҥата биирдээн-иккилээн кыттан, тыһы кыл быстыаҕынан сыыйан ааһара. Уһана олорор уолчаан аттыгар итинтэн атын астык туох да тыынар тыыннаах бииһин ууһа баара биллибэт этэ. Ийэтэ хотоҥҥо киирэн тугу эрэ түбүйэ сылдьара. Аҕата… аҕата өлбүт киһи иинин хаһа тахсыбыта. Кинилэр ырааҕынан уруулара, быстар дьадаҥы киһи, Имииһит Тиэхээн эрэйдээх өлөн хаалан, түбүк үрдүгэр түбүгү оҥордо. Бокуонньугу бэйэтин сууйан-сотон, таҥыннаран бэлэмнээн баран, туора ороҥҥо быыс тардан, атааннаах, арҕастаах аан ийэ дойду түбүгүттэн арахсан, быстыбат уһун сынньалаҥҥа барбыт бэлиэтин – быар кууһуннаран баран, сытыараллар.

Болот ынаҕын бүтэрэ охсоору ырычаахтаһа олордоҕуна, тас аан халҕана бэрт оргууй, боччумнаах баҕайытык тэлэллэн кэлбитигэр, кини өрүү да сэҥээрбэккэ хаалла. Бэйэтэ да бу үйэҕэ аан аһыллара-сабыллара кэмнээх буолуо дуо? Ол аайы быһа сээбэҥнээн, хантаҥнаан-чолоҥноон хааллахха, киһи сатаан тугу да бүтэриэ-оһоруо суох буолбат дуо? Ол иһин Болот мэнээк аан тыаһын ахсарбакка үлэлии олордо. Онуоха эбии кини үлэтин киэнин саамай нарыныгар, мындырыгар – ынаҕын ойуутун быһыыга киирбитэ. Бэйэтэ да олус сиэдэрэй, мааны сүөһү түбэһэн эрэйдээтэ.

Ынах ойуута иэдэппэтэҕэ буоллар, аан тыаһыырын кытта төбөтүн өндөтө түстэр, Болот кэнники моһуогурууларыттан бэрт элбэхтэрит-тэн, баҕар, быыһаныа эбитэ буолуо. Ону баара кини, өлөр-өһөр быаҕа, ити бириэмэҕэ туох баар болҕомтотун ынах ойуутугар туһаайбыта. Өскөтүн кини арыый иллэҥэ буоллар, төбөтүн өндөтө түстэр, оччоҕо кини хара хаарыс сонноох, уолугар төгүрүк үрүҥ көмүс мэтээллээх, халлаан кустугунуу арылхай куһаат курдаах киһи аҥаар илиитигэр сыыйыллаҕас уһун, хап-хара кыл дэйбиирдээх ыадахаччыйан киирэн кэлбитин көрүө этэ, оттон нөҥүө илиитигэр икки салаалаах өрүү кымньыытын көрдөр, Болот төрүт да уһун кэпсэтиитэ-айдаана суох, эрдэ-сылла сууламмыт буолуо этэ. Болот, солото суох киһи, ол үлүгэри-алдьархайы көрүмүнэ халаахтаабыта.

Киирбит киһи биллэрик орон үрдүнээҕи өһүө диэки көрөн, таҥараҕа үҥпүтэ буолан, түөһүн соттумахтаан ылла, ол таҥараны аанньа ахтыбатаҕыттан буолбатах, киирэн турар ыалын ахсарбатаҕыттан уонна олус тиэтэйэн иһэр буолан.

Болот ону эмиэ көрбөккө хаалла. Солото суох буолар, көр, оннук!

– Дьиэлээхтэр, кэпсээҥҥит! – диэтэ сөҥ куоластаах киһи саҥата сыыйа баттаан. Онуоха хоруй иһиллибэтэ. – Хайа, иччитэх дьиэҕэ киирэн турабын дуу, тугуй?! – номнуо кыйахаммыттык ботугураата ыалдьыт.

Дьэ ити бириэмэҕэ үлэтин бүтэрэн, ханнык эрэ саҥа баарын хоту төбөтүн өндөппүт Болот соһуйуу бөҕөтүн соһуйда. Соһуйбут омунугар тылыттан матан хаалла.

Ыалдьыт буоллаҕына «дьиэлээх киһини» дьэ хараҕар таба ылла уонна, хара маҥнайгыттан суоһурҕаммытынан, күөмэйин соноппутунан барда:

– Нохоо, тоҕо кэпсэппэккэ, ууну омурпут курдук буолан олороҕун? Дьоҕойон, эн кулгааххар куба саахтаан кэбиспит дуу?

Ол эмиэ хантан кэлбит куба Болот кулгааҕын моһуоктуо буоллаҕай. Хайа уонна, кырдьыгы баран эттэххэ, Болот хас ааһар халлаан көтөрүн аайы кулгааҕын буортулата оонньуон, кини оннук сыппах да, хоргус да киһи буолбатах. Барбах, эмискэтэ бэрдиттэн, өмүттэн хаалбычча, сарбыллан олорор. Тойон буоллаҕына киниэхэ өй-төй биэриэх киһи буолбатах.

– Нохоо, саҥарыаххын диибин буолбат дуо?.. Саҥарбат буоллаххына, ону эн эрдэтинэ эт.

Болот итинтэн эбии симитиннэ, ойуулаах ынаҕын бобо туппахтыы-туппахтыы, куоттар-бын диэбит курдук, ол-бу диэки көрөн кылахач-чыппахтаата.

Киирбит киһи, төһө да бардамсыйдар, ону сэрэйдэ быһыылаах, ол иһин уолчааны намыратардыы саҥаран ылла:

– Бэйи эрэ, эн маннааҕы ыал оҕото этиҥ дуо?

– Ээх, – дьэ нэһииччэ саҥа таһаарда Болот.

– Сылаа-бог!.. Көр, биирдэ сыҥааххын хоҥнорордоох эбиккин ээ. Мин өссө, букатын ньомуой уол олорор диэммин, арыый кымньыыбынан таарыйталаан ыла сыстым эбээт!…

Кымньыыттан үтүөнү көрө илик киһи Болот ити тылтан этэ саласпахтаан ылла.

– Дьонуҥ ханна барбыттарай диибин дии?

– Үлэлии барбыттара!..

– Үчүгэй аҕай сүрэхтэрэ-бэлэстэрэ киирбит. Оттон кинээстэрэ иһэр үһү диэн истибэтэхтэрэ дуу?

– Истэн.

– «Истэн» даа? Уонна оттон тоҕо кэтэспэтилэр?

Болот эрэйдээх дьэ ити тылга кэлэн бүдүрүй-дэ. Тоҕо оннугун кини бэйэтэ да ситэ өйдөөмүнэ хаалла. Быһата, кини «кэтэспэтилэр» диэн тылы тоҕо эрэ «тэскилээтилэр» диэх курдук истэн хаалла. Маннык киһиттэн тэскилээбит, куоппут ордук буолсу дии санаабыт бэйэкэтэ дуу, биитэр атын ханнык санаа киирэн кини өйүн бутуйбута дуу? Ону кини быһаарса туруох түгэнэ суох этэ.

– Оттон тэскилээбиттэрэ! – диэн «чап» гыннарбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

Дьэ ити кэнниттэн соһуйааччы-өмүрээччи аны наар киирбит киһи буолла.

– Туох даа, нохоо? – дии түстэ кини.

– Тэскилээбиттэрэ.

– Бай, ол туох кинилэри үргүттэ?

– Суох, туох да үргүппэтэ.

– Оттон оччоҕо туохтан тэскилээтилэр, хоҥ мэйии?

– Куттананнар.

– Нуо, ол туохтан куттаннылар, кинилэри уу ылла дуу, уот сиэтэ дуу?

– Суох, уу да ылбата, уот да сиэбэтэ…

– Оттон оччоҕо кинилэр туох буоллулар?

– Тэскилээтилэр.

– Туй-сиэ, доҕоттоор, бу туох мас акаары-ный?! Мин тоҕо тэскилээтилэр диибин эбээт?

– Кинээстэн.

– Нуо! Ол кинээс кинилэри хайдах куттаабыт?

– Билбэтим. Ийэм, ынаҕын иннигэр үүрэн баран, куттанан, тэскилээбитэ.

Киирбит киһи төһө да ыган-түрдэрэн кыракый уолтан итинтэн ордугу тугу да ситиһиэ суоҕун биллэ быһыылаах уонна тиэтэйэн да иһэрэ бэрт этэ.

– Оттон бэйи, орой мэник, аахсыахпыт, ону искэр саныы сырыт! – диэн киирбит киһи сааммытын уолчаан соччо улахаҥҥа уурбата быһыылаах.

Киһи өссө ол-бу диэки көрбөхтөөтө, өрүү кымньыытынан оонньоомохтоото уонна уолга хат эргилиннэ:

– Нохоо, ити олорбут сиргэр хам сыстан хаалбатах буоллаххына, тахсан суолу ыйан кулу – ородобуой дьиэҕэ ханан быһалыыр сир баарый?

– Билбэтим. Ити быыс иһигэр сытар киһиттэн ыйыт, – диэн баран, уолчаан атах орон диэки ыйан кэбистэ.

– Бай, ол эмиэ киммит кэлэн, ыалдьыт-хоноһо сырытта диэн дьаахханан көрбөккө, быыс тардына-тардына даххаһыйда? – диэн «утуйа сытар» киһини мөҕө былаастаан, киирбит киһи улуутуйбуттук туттан, быыс диэки хааман түөһүллэҥнээтэ.

Болот ол бириэмэҕэ оһох хаҥас чанчыгын былдьаспыта.

Тойон буоллаҕына быыс иһигэр «даххаһыйа» сытар киһини үчүгэй аҕайдык уһугуннаран, дьарыйа түһэн биэрээри, быыһы күүскэ аһа тарпыта баара, доҕоор – букатын атын, куһаҕан киһи быар куустан чиккэллэн сытар эбит этэ…

– Һук, бу үлүгэри! – дии түстэ били суоһурҕаммыт тойон саҥата уонна маа бэйэлээх аат аҕай харата алтахтыыр, ааҕан хардыылыыр бэйэтэ кутталыгар атын үлүгэрдик тибигирэйэн хаалла.

– Һаай эмэтээ, көр итинник буолар эбит дуо? – диэн Болот уоһун иһигэр ботугураата.

– Ити кими кытта кэпсэттиҥ? – диэн ийэтэ ыйыппытыгар, Болот биир билбэт киһитэ киирэн тахсыбытын кэпсээтэ.

Онуоха ийэтэ туох-ханнык иннинэ киирбит киһи дьүһүнүн, таҥаһа-саба төһө көйгөтүн-маанытын, былыргы дьахтар куолутунан, сиһилии, уолу мөҕө-мөҕө, ыйыталаста. Киһи куолаһа сөҥүн, иһэ улаханын, ордук төгүрүк көмүс мэтээлин, хара хаарыс сонун, хара дэйбиирин уонна өрүү кымньыытын истэн баран, ким киирэн ааспытын сэрэйдэ. Оччолорго бүтүн нэһилиэк үрдүнэн тымтыктанан да туран көрдөөбүтүҥ иһин, кинээстэн атын, мэтээллээх киһини көрбөт буоларыҥ.

– Кинээс киирэн тахсыбыт буоллаҕа, – диэн куттаммыттык сибигинэйдэ Болот ийэтэ. – Хата, кини киһи хайаан кыһарыйбакка, мөхпөккө-эппэккэ сүгүн-саҕын тахсан барбыт бэйэтэй?

Уолчаан итиниэхэ тугу да хоруйдаабата. Уола саҥарбатаҕар, кинээс, кырдьык, суоһурҕаммакка тахсан барбыт буоллаҕа диэн ийэ уоскуйа санаата. Оттон улаххаан-улахан өһүн-сааһын ситистим оҥосто санаабыт быыкаайык киһи, Болот, кыайбыт-хоппут курдук туттан, тула көрөн чаҕылыҥныы турбута.

 

Кини бэйэлээх

Ити кэнниттэн Болот бэйэтин тэҥнээхтэригэр «бэл кинээһи куттаабыт киһи» диэн сураҕырбыта.

Онтон сотору буолан баран атын аймалҕан ааҥнаабыта: били куораттан тахсан иһэр диэн өртөн сураҕырбыт, кэтэһиннэрбит ыспыраанньык тойон бэйэтинэн бу айгыстан тиийэн кэлбитэ. Киниэхэ холуйдахха, Уордаах Дьэкиим букатын оҕо оонньуута буолан хаалбыта. Сураҕын иһиттэххэ, били Кэбээйигэ баар Ньидьили диэн ааттаах күөлүнэн кыһын тымныыга айанныы сатаан баран, тоҥон уонна айан уһунуттан салҕан, дьаамсык муҥнааҕы хаста эмэ таһыйан туораабыт тойон кини эбит.

– Оо дьэ, кырдьык оннук буоллаҕына, оччоҕо олорбуппут сыччах! – дэспиттэрэ дьон, тойон сураҕыттан куттанан. Тойон, дьэ кырдьык да, муода киһи түбэһэн биэрдэ. Били эһэни кэпсииллэригэр дылы, моонньо сатаан өҕүллүбэккэ, ханан тосхойбутунан иннин диэки бара турар идэлээх эбит. Эн кинини, бэйэҕэр өһө суох буоллаххына, эргилиннэрэ сорунуо да суох тустаах үһүгүн.

Тойон ити идэтэ төһө аһыытын-ньулуунун аан маҥнай Болот аҕата эрэйдээх амсайарга тиийбитэ. Сорох туустаах тумустаахтар этэллэринэн, Болот аҕата суостаах тойоҥҥо дьаамсыгынан анаммытын иһин бэйэтин уолчааныгар, Болокко, махтаныахтаах эбит. Уолчаан кинээһи хайдах ыалдьыттаан таһаарбытын биһиги билэбит. Уол ол «үтүөтүн-маанытын» кинээс умнубатах. Дьэ ол махталыгар уол аҕатын дьаамсыгынан анаан, «дуоһунаска өрө ытыарбыт». Болот аҕата ол «өрө ытыарыллан» төһө абыраммыта, үөрбүтэ-көппүтэ биллибэт. Оттон тойоҥҥо дьаамсык буолан айаннаспыта маннык.

Кини тойонун тэлиэгэҕэ олордон баран, аргыый айаннаан аалларан испит. Куйааһа, бырдаҕа, уута-хаара диибин диэн, киһи эрэ даҕаны киҥэ-наара алдьаныах айана буолбут. Бэйэтэ да, өлүөх быатыгар, оччолорго тэлиэгэттэн атын ханнык да массыына, самолет эҥин сураҕа да иһиллибэт үйэтэ этэ. Ол бытаан тэлиэгэҕэ да олорсон хаалар улахан баҕалаах эбитэ үһү. Дьэ онон Болот аҕата, хайаахтыай, тойону бытаан тэлиэгэҕэ олордон, аа-дьуо айаннаан Муҥ күөл аттыгар кэлбитэ (ааттыын да кинилэргэ түбэстэҕэ бэрдин!). Бу күөл, аатын хоту, ааттаах бадарааннаах сир этэ. Онон Болот аҕата күөл атаҕын тумнан, тыа диэки эргилиннэрэн эрдэҕинэ, тойон соҕотохто бардьыгыныы түспүтэ. Кини, бытаан айантан салҕан, адьас быһатын туһаайарга санаан испитэ, онтон дьаамсыга тэлиэгэтин өҕүлүннэрэн, ханна эрэ тумнаары, айаны бостуой бытаардаары гыммытын көрөн, тулуйбатаҕа:

– Эй-эй, эй ханна, ханна? – диэт, тойон Болот аҕатын сонун саҕатыгар түһэн илгиэлиибин диэн, эргэ таҥас муҥнааҕы көтүрү тардан кэбиспитэ. Болот аҕатын бастакы ночоото ол этэ. Онтон аны аттара, тойон тиэтэйэрин истибэккэ, бадарааҥҥа киирэн, тэлиэгэлиин батыллан хаалбыттара. Болот аҕата иккиһин ол айдааҥҥа обургутук буруйданна. Ол кэнниттэн аттара обоччоҕо чаас аҥаарыттан ордук мөхсөн, күөлэһийэн, нэһииччэ орҕостон, кураанах сири булбуттарыгар, тойон дьаамсыгын онно «үөрэтэ» түһэн биэртэ – аны киһини мээнэ бадарааҥҥа киллэрэн тэбистэрбэт буол диэн. Тиһэҕэр, айаҥҥа туран баран, бырдаҕын, куйааһын, суол салгымтыатын иһин таһыйбыт. Быһата, били кутургуйа талбытынан тахсар, тойон таптаабытынан дьүүллүүр диэн өс хоһоонун этиитэ онно кэлбит.

Ол курдук көрүлээн, кинилэр Мэхээстээх диэн, суол ортотугар олорор сэниэ соҕус ыалга этэҥҥэ тиийэн кэлэн тохтоотулар.

Сурах буолан баран, сытыа баара дуо, кинилэр айаннаан иһэр аймааһыннара Мэхээстээххэ кэлиэхтэрин инниттэн иһиллэ охсубута. Ол иһин, «хоолдьуга өҕүллүбэт» тойону көрөөрү, балачча элбэх киһи мустубута, ол ортотугар Болот кытта баара. «Эһэ курдук кылгас, суон моойдоох күтүр буоллаҕа дуу» дии санаабыттара, оттон сорохтор «өҕүллүбэт буоллаҕына, ол аата, төрүт да моойо суох киһи буолуо» дэспиттэрэ. Кинилэр онтон, тойон син биир киһи курдугун көрөн баран, хомойо санаабыттара. Кини арыычча атына диэн, сиһэ олус көнөтө бэрт этэ, моойдуун, кэтэхтиин барыта биир күдьүс буолан, киил мас биитэр иэҕиилээх хайыһар курдук чинэччи тарда сылдьар эбит. Болот ону тоҕо эрэ сөбүлүү көрбөтө.

«Мин аҕам кэтэххэ сырбаппыта буоллар, холоон да буолуо эбит», – дии санаата Болот, кэлбит тойону көрөн баран.

Тойон ыалга кэлэн хаамарыттан саҕалаан тугу оҥороро барыта Болот тириитин таһынан буолан истэ. Бэл, остуолга олорордуун толоостук көһүннэ. Ким да диэки көрбөккө, көҥөммүт курдук, умса туттан олорон ыал аһын саамай күндүтүн, үчүгэйин кыанар күтүр буолан биэрдэ. Тото-хана аһаан, сырҕаан туран баран, аны биир-икки күөс быстыҥа «өлөн ылар үһү» диэн ыалы куттаата. Онтуката көннөрү утуйа, сынньана түһэн ыларын эппит эбит.

Ону истээт, дьиэлээхтэр тойоҥҥо анаан таһырдьа, ампаар ойоҕоһугар, күлүккэ орон оҥоро охсон биэрдилэр.

– Бары үөһэ-аллара туруҥ, хамсаамаҥ, тыынымаҥ, – диэн буойуу, бакаат бөҕөтө буолла.

Оҥоһуллубут сымнаҕас ороҥҥо тойон тахсан даххаһыйан сытынан кэбистэ.

Болот ампаар муннугар аргыый, атаҕын тумсунан хааман сыбдыйан кэлэн, утуйа сытар тойону өҥөс гынан көрбүтэ, кини бэйэлээх иттэннэри түһэн баран, утуйан тыылла сытара, бытыга уруккутунан сэбирийэн, баттаҕа уон араастаан арбайан көстөрө. «Аата, даххаһыйан түһэн!» диэн абара санаан баран, уолчаан төттөрү эргиллэн, тусаһа аттынааҕы ойуур диэки суһал соҕустук хаама турбута.

Ити бириэмэҕэ Болоту таһыттан көрбүт киһи, көрсүө да уолчаан, буойууну истэн, тыаһа-ууһа суох хааман сыбдыйан эрдэҕин диэн хайгыы саныан сөп курдуга.

Оттон, дьиҥэр, Болот былаана атын этэ. Ол иһин кини ойуурга тахсан, уһун синньигэс ураҕас быһынан, ампаар диэки хат үөмэр былаастаан төннөн испитэ. Болоту хайҕаабыт киһи ону көрдөр, бука, обургутук мунаарыа эбитэ буолуо, биитэр бу ураҕаһынан сахсырҕаны арааһы үүрэн, тойон сынньалаҥын харыстыы иһэр диэн эбии хайгыа эбитэ дуу?

Уолчаан туох-ханнык былааннааҕын бил-бэккэ, көннөрү кэнниттэн батыһан испиппит буоллар, биһиги манныгы көрүө эбиппит. Кини ураҕаһын, көстүбэтин диэн, аргыый соһон, мааҕыҥҥы сиригэр кэлэн тохтоото, тыаһы-ууһу иһиллэстэ. Тойон бэрт кытаанахтык утуйбут, муннун тыаһа араастаан соноон-синньээн, атын үлүгэрдик баччыгынаан ылбахтыыр. Дириҥник утуйбут. Хайыай, утуйумуна, хайа аара уһун айан суолугар сылайан, кини аҕатын илгиэлээн, эттээн, эт киһи илистэн кэлэн сыттаҕа дии!.. Сыттын, биһиги киниэхэ кыһаммаппыт. Оттон кини бу арбаллыбыт баттаҕын ыллахха, биһиги ону аргыый боруобалаан көрүөхпүт. Бэйи, кини да кыратык билэ, амсайа түстүн атаҕастанар диэн төһө аһыы-ньулуун буоларын!.. Инньэ дии саныыр Болот уонна кини ураҕаһын уһуга утуйа сытар киһи бэртээхэй куударатын аргыый ибигирэтэн барбыта…

Тойон буоллаҕына түһүү сытта. Кини дьиэтигэр эбит. Эбиэт кэнниттэн сымнаҕас дьыбааныгар иттэнэ түһэн кэбистэ. Арай аттыгар толору эттээх-сииннээх, мөтөгөр түөстээх эстэрээпэ кыыс баар буолбут, тойону баттаҕыттан имэрийэр, күлэн мичилийэр. Илиитэ сымнаҕас да сымнаҕас. Кыыс толлорун да, кыбыстарын да умнан кэбиспит быһыылаах. Тойон киниэхэ кыыһырбат, төттөрүтүн, хата эбии сы-лаанньыйан, хараҕын быһа симириктээн ылар. Авдотия Юрьевна, баҕар, билэн кыыһырдын, кини оннооҕор буолуохтан кыыһырааччы… Көр, аны кыыһа баттаҕын эрийбэхтээн эрэр, соруйан ыарытыннара, хоччоххойдук туттубута буола сатыыр. «Ээх, оттон оччоҕо синэ биир!» – диэн саҥардыы хоруйдаһан иһэн, эмискэ сырдык-хараҥа икки ардыгар киирэн ылла. «Һуук, айакка, абытай!» – диэн сарылаабытынан, баттахтарын кытта өрө тустубутунан тойон олоро түстэ. Тарбах диэн кэлиэ дуо, баттаҕар сөрүөстүбүт ураҕас төбөтүн мүччү-хаччы харбаан хаалла.

Тойон хаһыытын истэн, өлө куттаммыт дьиэлээх дьон сырсан кэлбиттэрэ, киһилэрин сирэйэ сөрүөччү тардан хаалан баран олорор этэ, баттаҕын таптаммахтаан ылара, онтон атын туох да саҥа-иҥэ суоҕа. Онтон кэмниэ-кэнэҕэс: «Тутуҥ түөкүнү, тута охсуҥ!» – диэн хаһыытаабытыгар, дьон «түөкүнү» тута мээлэ атах-балай сырса сатаабыттара да, тугу да булбатахтара. Арай ампаар кэннигэр синньигэс, сабыс-саҥа сулламмыт ураҕас сыппыта да, ону ким да айдааҥҥа өйдөөн көрбөтөҕө уонна ол ураҕас төбөтүгэр үкчү ыспыраанньык баттаҕын курдук аҕыйах кугас түү эриллэн хаалбытын эмиэ ким да болҕойботоҕо.

«Түөкүн» ол курдук көстүбэтэҕэ. Тойон кэнники өй-төй ылан баран, бэйэтэ да кыбыстан, оччо айдааны тарпакка, баран хаалта. Хата ол оннугар антах тиийэн, кинээһи сэттэтин ылбыт этэ. Ол кэнниттэн Уордаах Дьэкиим Болокко таала ордук кырыыламмыта диэн буолар…

 

Тайах мас

Сыралҕаннаах сылаас сайын кэнниттэн, куолутунан, көрдөөх-нардаах күһүн көтөн-мөҕөн кэлбитэ. Үтүө айылааҕа буоллар, билигин оскуола аһыллан, Болот бэһис-алтыс кылааска үөрэнэн, өрөгөйдөөн эрэр буолуох эбит. Ол оннугар, былыргы хараҥа үйэҕэ төрөөбүт буолан, Болот үөрэх үтүө быйаҥыттан буукуба аҥаарын да саҕаны үллэстибэккэ, Уордаах Дьэкиимҥэ тутуллан барда. Кинээс кинини бэйэтэ «үөрэтиэх» буолбут.

Тиийбиттэрэ, Дьэкиим дьиэтигэр суох эбит. Сылайбыт, сырата быстыбыт уонна олус диэн аччыктаабыт уолчааны хара дьиэҕэ, хамначчыттар олорор сирдэригэр, көтүтэн түһэрдилэр. Куһаҕан, илдьиркэй таҥастаах хатыҥыр дьахтар киниэхэ куһуога суох сылбаххай чэй кутан биэрдэ.

Уолчаан, утаппыт киһи быһыытынан, ол чэйи үрэ-үрэ иһэн бурулаппахтыы олордо. Хамначчыт дьон тутуллан кэлбит Болоту одууласпахтаан ылаллар.

– Минньигэс да чэйдээх ыалга кэлбит эбиппин! – диэн баран, Болот, өссө иһээри, чааскытын дьахтар диэки аста.

– Ылыҥ истиҥ, киһигит, хата, үгэх иччитин саҕа буолан баран, үгэлээх олорор!

– Бэйи, уолчааннара хата борбуйун көтөҕөрө буолбут, ол иһин сүгүн сылдьыбат эбит! – диэн хамначчыттар Болоту хайгыыр саҥалара онтон-мантан бытарыйан иһилиннэ.

– Тукаам, эн мыыныма, барыбыт да аһаан олорор аспыт туома бэйэтэ да ситинтэн оччо ордуга суох, – диэн баран, Огдооччуйа (дьиэлээх дьахтар аата итинник эбит) ытыс хаптаҕайын саҕа хатан хаалбыт икки чаччаа сыыһын аҕалан, уол иннигэр ууран биэрдэ. Болот ону тэһитиэх киһи буолуо дуо, сонно тута ыстаан хачыгырата охсон кэбистэ.

Ити кэнниттэн Болот ыйыталаһан истибитэ, кинээс олус ыгым, буруйдуур киһитин тайах маһынан да мииннэрбитинэн барарын кэрэйбэт үһү. Хата, утуйа сытар киһини, аньыырҕаан, тыыппат үгэстээх эбит. Ону истэн баран Болот: «Аата муодата, арай эһэни оннук дииллэр», – диэн эбии дьулайа санаата.

Кинээс киириитигэр, Огдооччуйа сүбэтинэн, Болот утуйбута буолан хаалла. Кини бэйэлээх киирбитин уол суостаах тайах мас сиргэ эрчимнээхтик тирэммэхтиир тыаһыттан сэрэйэн билбитэ. Саҥаран-иҥэрэн, уотунан умайан, ордоотоон киирбитэ буруйдана кэлэ сытар киһи истиэҕэр, кырдьык, дьулаана сүрдээх этэ, хайдах эрэ арҕахтаах эһэ, субу ыстанан тураары, ардьыгынаан эрэрин өйдөтөрө. «Дьиҥнээх эһэ эбит!» – дии санаата уолчаан. Болот кэлбитин истэн баран, «эһэтэ» тугу эрэ убахтаан, тутан эрэр курдук буолбахтаата. Онтон тайах тыаһа субу лиһигирээбитинэн тиийэн кэлбитигэр, уол иһигэр: «Күн сирэ, бырастыы!» – дии санаата уонна оронугар чиҥии-чиҥии сытта.

– Бу сытар дуо ол ороспуой? – диэн «эһэ» субу үрдүгэр кэлэн саҥарда.

– Утуйа сытар, – диэтэ Огдооччуйа аргыый, симик куолаһа.

– Аньыы, ол эмиэ тугай? – диэн хомойдо кинээс саҥата.

– Ыраахтан сатыы хааман олус илистибит быһыылаах, – диэн намырата сатаата Огдооччуйа.

– Илистибит буола-буола, туох аанньа киһиэхэ дылы. Бэйи, утуйан оҥторон эрдин, илистибитин үчүгэй аҕайдык таһааран бэриллиэ. Оттон эн аһыммыта-араастаабыта буолан кубааскайданан көр эрэ, бэйэҕин кэһэтиэм…

Ити сааныыны истээт, дьахтар саҥата суох бараахтаата. Тайах мас тыаһа буоллаҕына ыраах ханна эрэ талыргыы турда.

Бу киэһэ бэрт өргө диэри Болот «уһуктубата». Онуоха эбии кинээс бэйэтэ даҕаны бүгүҥҥү түбүгүттэн илистэн (ыаллартан кур иэһин хомуйа-рыгар сырата бараммыт!) эрдэ өттүгэстээтэ.

Тойон утуйбутун билэн баран, Огдооччуйа кистээн хааһы сыыһа буһаран, иһит түгэҕэр кутан чалыгыратан аҕалан, Болоту аһатта. Уол Огдооччуйаҕа олус диэн махтанна. Сарсыҥҥы күн киниэхэ хайаан даҕаны уйан-хатан биллэр күнэ буолуохтаах, онно бэлэмнэнэн, арыый өл ылан хаалбыт ордук.

– Эн бастакы уоҕун-кылынын хайдах эмэ тулуйарыҥ буоллар… Көрөөт, тайах маһынан мииннэрэн кыайыа, – диир Огдооччуйа.

– Онтуката төһө модьута буолла? – диэн уолчаан ыйытар.

– Сыан, ыйытаахтыыгын ээ, кыраабыл уга диэн баар дуо! Онтукайынан сырбаттаҕына, тугу хоргутуоҥуй, тайаҕы да охторуон сөп. Оҥотторбута саҥардыы буолла. Урукку, эргэ тайаҕын саах күрдьээччи уол көхсүгэр тоһуппута, били Дьөгүөссэ муҥнаахха, билэриҥ буолуо… Уолу букатын иэдэтиэҕин, хата, өлбөт быаҕа, тайаҕа тостон ый-күн буолбута…

– Тыый, оччо күүскэ саайбыт бэйэтэ дуу?! – диэн Болот улаханнык чаҕыйда.

– Күүскэ буолумуна, харыстыа диэхтээтэҕиҥ дуу! – диэтэ дьахтар тохтуу түһэн баран. – Ол эрээри бэйэтэ да кэбирии сылдьар, өссө ким эрэ биллибэт гына кэччийэн дуу, кэрбээн дуу кэбиспит тайаҕа түбэһэн, тостон, уол эрэйдээҕи тыыннаах ордорбута дииллэр, баҕар, оннук киһи буолар оҥоруулаах барахсан эбитэ буолуо.

– Кырдьык оннук эбит… Оттон тойон бэйэтэ тайаҕа кэбирээбитин билбэтэх бэйэтэ дуу?

– Тоҕойуом, биһиги тойоммут көрөрүнэн мөлтөх, сорох ардына букатын даҕаны сабыллан хаалааччы уонна өс киирбэх буолан абырыыр үгэстээх, баччаҕа тиийиэххэ.

– Ок-сиэ, эдьиэй, билиҥҥи тайаҕын эмиэ ол курдук кэбирэтэн биэрбит киһи, – диэн баран, уол өрө тыынна.

– Сыан, оҕом барахсан тылын!.. Биллэҕинэ, киһини кыайыа буоллаҕа дии.

– Эдьиэй, оттон миигин букатын өлөрүө турдаҕа дии бүтүн тайах маһынан.

– Ой, өлөрүө, өлөрүө! – диэн өмүрэн ылла дьахтар. – Арай, онон барбах, холобурун кэриэтэ, сүбэлии таарыйа эттэххэ…

– Оннук-оннук, сүбэлии таарыйа, холобурун эрэ, эдьиэй, уоннааҕытын, баҕар, бэйэм да удумаҕалыам этэ.

– Оттон оннук буоллаҕына сэрэнэн, бэрт сытыы быһаҕы булан, тайах маһы биллэр-биллибэт гына кэччийэн, үөһүн аһара… эчи даа, айыы даҕаны тугу-тугу тыллаһан бардым! – диэн баран, хамначчыт дьахтар куттаммыттыы ол-бу диэки көрөттөөн ылла.

– Сөп-сөп, үөһүн аһара буолумуна, эдьиэй…

– Сыан, оҕом сыыһа, сөп буолаахтаан. Мин ити, барбах, холобурун эрэ этэбин.

– Эдьиэй, өйдүүбүн, мин да холобурун эрэ ыйытабын… Эн куттаныма, мин киһини уган биэрбэт үгэстээхпин.

– Оҕом, сөпкө этээхтиигин, аньыы даҕаны киһини уган биэрэр диэн баара дуо?

– Эдьиэй, эрэн, ол кэриэтэ миигин сүнньүбүн да үүттээтиннэр.

– Аньыы даҕаны!.. Аата, саҥардаҕыҥ сүрүккэтин! Тоҕойуом, сүбэлиирим кэриэтэ сүбэлээтэхпинэ, тайах мас ол кэччиллибит сирин биллибэт гына күлүнэн үчүгэй аҕайдык… Чэ, тоҕойуом, быһата маннык…

Инньэ диэн баран, Огдооччуйа төбөтүн уолчаан төбөтүгэр холбоон олорон, тугу эрэ өр сибигинэйбитэ…

…Саах күрдьээччи уолу, быыкаа арыы дуома сүппүтүн иһин буруйдаан, тайах маһынан сууттаабыт. Мас охсууну уйбакка төһө да тосту барбытын иһин, уолу улаханнык эмсэҕэлэппит, төрөппүттэрэ оҕустаах сыарҕанан кэлэн тиэйэн барбыттар. Ол кэнниттэн кинээс саҥа, өссө суон, чиргэл тайах маһы оҥорторон, хамначчыттарын систэригэр, көхсүлэригэр дөрүн-дөрүн ыаллаталаан ылыталыыр буолбута. Кырдьыгын кистээбэккэ эттэххэ, Огдооччуйаны даҕаны ол мас тумнубатах. Онон дьиэ иһинээҕилэр бука барылара даҕаны дьулайар, толлор мастара буолбут.

Болот итини барытын бэркэ чуумпуран уонна, кырдьыга, куйахата күүрэн олорон иһиллэстэ, абарда, сөхтө-дьулайда даҕаны.

– Мин эйигин урут, сураххыттан истэн, окко-маска ымньаммат мэник уолчаан буоллаҕа дии саныырым, онтукам сыыһа эбит, тылыҥ-өһүҥ олохтоох, киһи тахсыах киһитин кыайыах бэйэлэрэ буоллаҕа, – диэн баран, Огдооччуйа уолу кырыллыбатаҕа ырааппыт, тарааҕы билбэтэх адаархай баттаҕыттан сүр сымнаҕастык имэрийбэхтээн ылла.

Болот онтон улаханнык уйадыйда. Туора киһи итиччэ аһыныа дии санаабат этэ.

Уолчаан кыламаннарыгар эмискэ кылапач-чыһа түспүт харахтарын уутун, биллэримээри, мүлүр-халыр соттон кэбистэ.

Кинилэр ол курдук иккиэйэҕин умуллан эрэр көмүлүөк оһох иннигэр олорбохтоотулар. Онно көрдөххө, Огдооччуйа төрүт да ньимийэ сылдьар уостарын эбии быһа ытыран, уһун синньигэс хара-бараан сирэйэ тугу эрэ толкуйдаабыттыы, дьэбин уоһуйбут этэ. Болот харахтара умуллан эрэр оһох уотугар чаҕылыҥныы умайаллара.

 

Кинээс дьүүлэ

Болот тугу эрэ түһүү сыттаҕына, киһи күүскэ соҕус ибигирэтэн уһугуннарда. Кини маҥнай ханна баарын, тугу гына бу билбэт сиригэр кэлэн, өрбөҕү сыттанан утуйа сытарын кыайан өйдөөбөтө.

– Чэ, тур, туруоҥ үһү, ыҥыттараллар, – дии-дии, Огдооччуйа уһугуннара турар эбит.

Болот ханна баарын уонна манна тоҕо баар буолтун дьэ өйдөөтө уонна, саҥардыы өндөйөн туран эрдэҕинэ, үрүҥ дьиэ аана эмискэ тэлэллэн хаалла. Болот ол хоту эргиллэ биэртэ – доҕоор, тайаҕын туппутунан били баҕайы орҕостон тахсан иһэр эбит ээ. Болот кинини көрөөт биллэ. Кыыһырбыт омунугар кытаран, үллэн хаалбыт, мунна буугунас, айаҕынан сатаан саҥа тахсыбат буолбут.

– Ма-ма-ҕай-каан аллаах, от-ттон т-т-түбэһэр күннээх э-эбиккин ээ! – диэтэ да, кэлэн, бабыгырыы түһээт, тайаҕынан, били сэрэйбит курдук, уолу төбөтүн сиигинэн мииннэрдэ.

Бөлүүн төһө эмэ үлэлэһэ, кистээн кэччийэ сатаабытын, ыксаан, тамты умнан кэбиспит Болот муҥнаах, «өллүм» дии санаата уонна аргыый кыҥнас гынан аһаран биэрбитэ, тайах мас кини даллаҕар кулгааҕын сиирэ-халты солоон, санныгар кэлэн сырбатта уонна икки аҥыы «харк» гынан хаалла. Болот «өллүм» диэн хаһыытаабытынан сонно турбут сиригэр сууллан түстэ.

Тайах маһа тосту ыстаммыта кэбирэҕиттэн бэркиһээбит уонна уол часкыйбытыттан өмүт-түбүт Дьэкиим, киһи эрэ буоллар, чуумпуран, «киһини өлөрдүм дуу, тугуй» диэн, аллара төҥкөйөн көрдө. Болот сирэйэ бүтүннүүтэ хаан-сиин буолан хаалбыт, өлбүт курдук, тыыммакка да, чыпчылыйан да көрбөккө тыылыы тэбэн сытар эбит. «Бу баҕайы өлбүт ээ, быһыыта», – диэн куттана санаата тойон уонна, тайах маһын аҥаарын ыһыктан кэбиһээт, үрүҥ дьиэтин былдьаста.

Өллүм диэн толкуйдаан сыппыт Болот аргыый хамсаан, көбүөхтээн кэлбитигэр, муннукка саһан турбут Огдооччуйа сүүрэн кэлэн уолу өҥөйөн көрдө.

– Хайа, хайдаххыный? – диэн аргыый аҕай уолтан ыйытта.

– Өллүм быһыылаах, аан дойду, күн сырдыга, быралыйар бырастыы! – диэтэ Болот.

– Туоххун ордук кыайда?.. Били кэччийэн көрбүтүҥ эмп буолбатах буоллаҕа дуу?

– Өстүбэһи, оннуктаах этибит дуу?! – уол өлбүтүн-тыыннааҕын билинээри, хараҕын чыпчылыҥнатта. Бу өйдөөтөҕүнэ, тайах мас тосту ыстанан эрэр этэ. Оччоҕо кини өлбөтөх эбит. Кулгааҕа эрэ аһыйар, көр, хаан буолбут уонна санна дьаралыйар.

– Халымыр соҕус быһыылаах дуу, хайдаҕый? – диир Болот.

Огдооччуйа, уол бааһын көрөн, куобах тириитин уокка кэриэрдэ охсор уонна кулгааҕар саба биэрэр, ону таһынан саал былаатынан үллэччи эрийэн кэбиһэр.

– Чэ, билигин хамсаабакка сыт, төһө кыайаргынан ынчыктаа. Тойон, дьиҥэр, улахан куттас уонна уора аастаҕына, тута сымныыр үгэстээх, аны тыытыа суоҕа, – диэтэ дьахтар.

Кини сүбэтин ылынан, Болот туох да тулуйбат улахан ынчыгын түһэрдэ. Туораттан истибит киһи уолчаан муҥнаах өлөн эрэр диэн сөп эбит.

Ити кэнниттэн Огдооччуйа, тойоҥҥо киирэн, Болот «чэчэгэйэ дэҥнэнэн» арыый өлө сыспы-тын, «төбөтө бүтүннүү үллэ иһэн хаалбытын» улаханнык куттаммыт киһи быһыытынан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү кэпсээтэ. Тиһэҕэр, уолга мииннээн сиҥэ сыыһа иһэрдэргэ, күһүҥҥү идэһэ ынах толунньаҥын буһаран тиниктэтэргэ көҥүллэтэн таҕыста. Дьэ ол курдук нэдиэлэ кэриҥэ Болот ыалдьар үлэлэннэ.

Огдооччуйа эппитин курдук, Дьэкиим, уора тахсан, «уолу өлөрдөҕүм, эппиэккэ тардыллар киһи буоллаҕым» диэн улаханнык куттаммыта. Төһө-хачча бэрик биэрэн ордуохтааҕын дуу, суоҕун дуу ааҕына сатаабыта. Онуоха баара, уолчаан олус бөҕө киһи буолан биэрэн, тыыннаах хаалан, кинини ордук-хоһу түбүктэн өрүһүйдэ. Кэнники, Болот тиллибитин кэннэ, уолу бэйэтэ «үөрэтиэх» буолан, дьиэтигэр төнүннэрбэккэ, хамначчыт, ынах сааҕа күрдьээччи уол оҥоһунна.

– Сыһыйа түстүн, өлбүт киһинэн суол ыйдарбат буоллун, – дии санаабыта кинээс иһигэр.

 

Ас мээрэйэ

Дьэ онон Болот Дьэкиим кинээскэ саах күрдьээччи уол буолан хаалла. Киниэхэ Дьэкиим икки киһи курдук көстөр. Бииринэн кини – кинээс. Ол өттүнэн Болот кинини уруккуттан билэр. Кинээс батталын-атаҕастабылын тайах маһыгар тиийэ амсайда. Иккиһинэн, Дьэкиим – баай. Ити өттүнэн Болот кинини эмиэ билэр курдук саныыра, ол ситэтэ суох эбит. Дьэкиим батталлаах баайдартан саамай кэччэгэйдэрэ уонна ымсыылара эбит. Онон Болот дьиҥнээх «түүлээх ытыска» түбэстэ. Аһын-үөлүн барытын хатыы, күлүүскэ тута сылдьарын ааһан, барытын кэмнии, мээрэйдии сылдьар тойон эбит.

Дьахталлар сарсыарда эрдэ туран ынахтарын ыан, үүтү чабычахха кутан чалымнаталларын кытта, Дьэкиим аттыларыгар субу бэкис гыммы-та баар буолар эбит. Ол кэлэн туос иһиккэ уон араас кэрдиистээх, кэрчиктээх мээрэй маһы түһэрэн, кэмнээбитинэн барар. Мантан кыра эмэ да көҕүрүө, энчириэ суохтаах, онтон атын буоллаҕына, били тайах мас даҕаны үлэлээн бардаҕына көҥүлэ эбит. Хата, ол оннугар кини хамначчыттара төһө аччыктыылларын, ааһалларын-туоралларын – хата, ол туһунан кини төбөтө ыалдьыбат эбит.

Күһүнү уонна кыһыны арыый аһаран иһэн, сааһыгар кэлэн хамначчыттар, урукку куолуларынан, ааһан-туоран бардылар. Болоту, букатын иэдэйиэх киһини, Огдооччуйа кистии-саба тутан, тар сыыһа, үөрэ эҥин бэрсэн абырыыр.

Дьэкиим хаһаас аһа барыта мээрэйдээх. Кини обургу өтөр-өтөр ампаарыгар тахсан тарын-хайаҕын арааһын мээрэйдээн киирэр. Оччолорго хамначчыт дьахтарга улахан суостаах кэм үөскүүр. Кыра эмэ итэҕэстийбит, энчи тутуллубут буоллаҕына, ампаар иһигэр уон ыт охсуһан эрэриттэн итэҕэһэ суох маргыар түһэр. Оччоҕо Дьэкиим эһэтэ киирдэҕэ диэн буолар. Биирдэ били кистии-саба симэлийэр тар улаханнык итэҕэстийэн хаалбыт этэ.

– Тарбыт көҕүрээн хаалбыт, аныгы мээрэйгэ тойон кыайара буолуо, – диэн дьахтар Болокко сибигинэйдэ.

Дьэкиим аһы хайдах мээрэйдиирин Болот көрөр этэ. Мээрэй маһа сөп түбэстин да ааһа турааччы. Кырдьыга да, хайа ампаар муҥунан аһы түөрсэ, эргитиһэ туруой?

– Оттон аллараа өттүгэр мууста-хаарда тибэн, көтөҕөн биэр да сөп буолуо, – диэтэ уол. Хамначчыт дьахтар Болоттуун иккиэ тахсан көҕүрээбит тары, хайаҕы «өрө көтөҕөн» биэртэлээтилэр.

Киэһэлик Дьэкиим мээрэй мастарын Болокко сүктэрэн, хамначчыт дьахтары иннигэр үүрэн, ампаар диэки тайаҕар тирэнэн, кыыкырдыы турбута. Хамначчыт дьахтар, төрүт да аанньа аһаабат эрэйдээх, сирэйэ кубарыйан хаалтын, күлүүһү аһыытыгар тарбахтара титирэстээн мөх-сөн ылбыттарын Болот көрөн ааспыта. Онтон Болот бэйэтэ эмиэ этин сааһа аһыллымахтаан ылбыта.

Дьэкиим тайаҕын туппутунан ыараан-дьиппиэрэн киирэн, ампаар хаба ортотугар олорунан кэбистэ. Билигин кини аата эрэ киһи, оттон дьиҥэр эһэтэ киирэн олорор. Ханна эрэ ыраах, көхсүн иһигэр ол «эһэ» уһуктан эрэрэ чахчы. Ону одуулаһар, иһиллиир бокуой суох. Болот мээрэйдээн, кэмнээн киирэн барда.

– Үһүс кэрдиис… сэттэ кэрдиис кэрдиис аҥаара, оруобуна, бэһис кэрдиис! – уол саҥата чаҕылла түһэр.

Дьэкиим тугу да хардарбат. Саҥата суох көхсө эрэ буугунуур. Кинилэр ол курдук били «көтөҕүллүбүт» астарга тиийэн кээлтэрэ.

– Оруобуна аҕыс кэрдиис кэрдиис аҥаара! – диэн баран, кырдьык, бэйэҥ көрөн астын диэбиттии, Болот мээрэй маһын чороччу анньан баран, турунан кэбиспитэ.

Ас барыта оннунан турар, көҕүрээбэтэх буолла. Эһэтэ киирэн иһэн арыый ааһан барбыт Дьэкиим тайаҕын тыаһа аан диэки лоһугуруу турбута. Алдьархай ааһа барбыта. Улахан сүгэһэри санныттан түһэрбиттии, дьон өрө тыыммыттара. Онтон аан боруогун атыллыахча буолан иһэн, Дьэкиим кэнниттэн батыһан иһэр дьахтарга эргиллибитэ.

– Арба, били күһүн кэһиигэ кэлбит түөрт чоҥку ханнаный? – диэн бэрт хатыылаахтык ыйытта тойон.

Ити букатын умнан кэбиспит сүтүгүн Дьэкиим өйдөөн, сөргүтэн таһаарбытыгар, «барыта этэҥҥэ ааста» диэн чэпчии саныы испит дьахтар мух-мах бараахтаата. Хайыы-үйэҕэ мэлийэн хаалбыт чоҥкулары кини хантан хат эргитэн, «түүлээх ытыска» төннөрүө этэй?

– Чоҥку ханна барда диибин! – дии-дии, кинээс бардьыгынаан, ыган-түрдэрэн киирэн барда.

– Бэйэм сатаан билбэтим! – дии-дии, Огдооччуйа умса туттан, харахтарын кистии, тоҥ сиргэ тимиччи көрө сатаата.

– Билбэт буолумуна, кубулҕат! – диир көбүө былаастаах хаһыы субу дьахтар кулгааҕын үрдүгэр бардьыгынаата, бэйэтэ буоллаҕына салгына тиийбэттии тыын быһаҕаһынан тыыммахтаата.

Ыксабыл буолла. Били саҥа оҥоһуллубут тайах мас чараас таҥастаах дьахтар эрэйдээх көхсүгэр, төбөтүгэр түһээри субу өрө күөрэйдэ.

Маны барытын көрөн турар Болот хамначчыт дьахтары олус диэн аһына санаата уонна, туох да үксү толкуйдуу барбакка, буруйу бэйэтигэр ылынарга сананна. Киһини быыһыыр омунугар кини икки ардыларыгар ыстанан киирдэ.

– Мин… мин билэбин! – диэтэ уол быһа-бааччы.

– Мин даа?! – диэн баран, уол кэлбитэ эмискэтиттэн уонна билиммитэ кэбэҕэһиттэн сөхпүт курдук, тойон өрө көтөхпүт тайах маһын тоҥ сиргэ «лик» гына ыга баттаата.

– Мин ылбытым.

– Эн? Эмиэ эн?

Эмискэ быыһаммыт хамначчыт дьахтар арыый кэннилэрин диэки тэйэн биэрдэ, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар куолута. Икки эр дьон, кинээстээх Болот, утарыта турсан хаал-лылар. Кинээс, тылыттан матан хаалан баран, өрө бабыгырыы түстэ уонна уолу уолугуттан бобо харбаан ылан, субу аан холуодатыгар үлтү сабыах курдук өрө көтөҕөн таһаарда. Болот ирим-дьирим буолбут харахтарыгар Уордаах Дьэкиим сирэйэ хас эмэ буолан көһүннэ, онтуката сөрүү тардан хаалбыт, биирэ бииртэн ынырыкка дылы.

– Сиэбитиҥ дуо, сиэхсит, этэ тарт! – диэн баран, ампаар истиэнэтигэр уолу ыга аста.

– Суох, сиэбэтэҕим, – нэһииччэ ыган саҥарда Болот.

– Оччоҕо хайаабыккыный, хара баранаак?

– Үөһээ, ампаар үрдүгэр бырахпытым.

– Ампаар үрдүгэр?.. Чэ, оччоҕо онтукайгын сибилигин булан, түһэрэ тарт! – диэн баран уолу саҕатыттан кытаахтаата уонна ампаар үрдүгэр тахсар соҕотох биир кирилиэс баарыгар аҕалан, өрө үтэн кэбистэ, бэйэтэ кирилиэс анныгар, ханан да куоппат гына, бүөлүү олорунан кэбистэ. – Хара ыт баара, булуоҥ суоҕа да, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар.

Болот, быстыа дуо, кирилиэс устун өрө ыттыбытынан барда. Кини дьэ түбэстэ быһыы-лаах, атын ханан да куотар сирэ суох, онон, хай-дах быыһаныан кыайан булбакка, үөһэ тахсан мээлэ сыа хаары тэбиэлии оонньуу сырытта. Чоҥку ампаар үрдүгэр буолбатаҕын, ол оннугар минньигэс бэйэлээх силии оһоҕоско киирэн буспута быданнаабытын кини бэрт үчүгэйдик билэрэ.

Чоҥкуну буолбатах, хайдах быыһанар суолу сыа хаар анныттан хаһан таһаарыах киһи курдук, үлэлэһэ сатыы сырытта Болот.

Тойоно буоллаҕына аллара, кирилиэс төрдүн былдьаан баран, сүгүн олорбот, дөрүн-дөрүн хаһыытаан ыйытар уонна саанар: чоҥкуну булбатаҕына, уол бэйэтин чоҥкутун охсон ыкка быраҕыах, бэйэтин буоллаҕына иһинээҕэр таһын сымнаҕас оҥоруох, тугун да ордорбокко үлтү тэпсэн кэбиһиэх буолар, ол да кэннэ иллэҥ баҕайы киһи арааһы оҥоруох буолара, саанара-куттуура кэмнээх буолуо дуо?

– Хаар тибэн кэбиспит, көрдүү сатыыбын, – диир Болот үөһэттэн.

– Була тарт, мин манна уһун күнү быһа кэтээн олоруом үһү дуо? – диир кинээс аллараттан.

Ол сылдьан арай Болот атаҕа, кырдьык, хаар анныгар туохха эрэ кэлэн иҥнэ түстэ. Хаһан таһаарбыта, эргэ сыарҕа ылахтара буоллулар. Балары куһаҕан харахтаах киһи ыраахтан чоҥку диэн сөп эбит. Болот, туох да үгүс толкуйа суох, хас да ылаҕы ылан, ыраах, оҕуруот нөҥүө, кыыраталаата.

– Аһыйбыт чоҥкуларыҥ бу бааллар, мэ, ылаттаа, бэлэскэр туора бырах, ыстаабакка ыйыһын, обоккун-соллоҥҥун дьуххарт! – дии-дии, Болот хаһыытаан бытарытта.

– Доҕоттоор, кырдьык даҕаны, бу баранаак, маҕайкаан аллаах баара, үөһэ таһааран хаһаана сытыарбыт эбит дуу, тугуй? – диэн кигинэйбэхтээтэ «эһэ» уонна орҕостон туран, «чоҥкуларын» өрүһүйэ, оҕуруот аанын диэки ыадахаччыйа турда. Хаһан кини оҕуруот аанын эргийэн талахтарга тиийиэр диэри Болот, кирилиэһи таҥнары сурулаан түһэн, дьиэни былдьаста.

Дьэкиим уолу өр көрдөөн булбута. Уол ханан эрэ эргийэн кэлэн оронугар утуйан хаалбыт этэ. Дьэкиим туох да саҥата суох үрүҥ дьиэтин диэки сүөдэҥнии турбута.

 

Балык сыаната

Сааскы уһун күн аччык киһиэхэ ордук уһуур. Онуоха баара Огдооччуйа моһуогуран хаалла. Биир уочараттаах мээрэйдээһин саҕана туох эрэ дуона суох итэҕэстийэн, ыксабыл бөҕө буолла. Ол көрдөбүлүгэр сылдьан дьахтар, туохтан эрэ иҥнэн, атаҕын бүлгүрүтэн сытар. Кубулҕат баара, «соруйан ыалдьыбыта буолаҕын, тиллэ охсубаккын» диэн Дьэкиим кинини мөхпүтэ ыраатта. Дьахтар кинитээҕэр тиллиэн баҕарар этэ, ону ыарыыта ыһыктыбат, кэнники диэкинэн, хата, эбии ыбылы ылан барда. Огдооччуйа тоҕо эрэ, түөһүн харбана-харбана, быһа сөтөллөн хахсыйан тахсар. Быһыыта, тыҥата бэргээтэ. Болот ону көрөн аһата, мииннии түспүт киһи дии саныыр да, күүс-кыах суох.

Дьэ ити бириэмэҕэ хантан эрэ ыраахтан кэһии кэлбитэ – сүүнэкэн улахан тууччах. Хамначчыт-тар көрөн, бэркиһээн, быһа чыпчырыналлар. Ол эрээри бу айылаах эмис, үтүө балыктан кинилэргэ кутуруга да тиксибэтэ чахчы, биир эмэ мааны, ол аата, бэйэтин курдук баай хоноһоҕо сиэтиэ биитэр бэйэтэ соҕотоҕун кыаныа. Дьэкиим оннук киһи.

«Ок-сиэ, мантан баҕас Огдооччуйаҕа мииннээбит киһи, төһө эрэ абыранаахтыыр этэ», – дии саныыр Болот. Үкчү ол кини санаатын таайбыт курдук, хамначчыттартан ким эрэ киниэхэ кулгааҕар сибис гынна: «Иһит эрэ, Болот, киэһэ, эттэнэр бириэмэтигэр, ити балыктан биир обургу соҕус үөрэҕэһи сулбу элитэн ылан, ыалдьа сытар эдьиийгэр мииннээ, таарыччы бэйэҥ да кыратык амсайыа этиҥ».

– Биллэҕинэ, киһи баһын быһа охсуо, – Болот дьулайар.

– Биллэр эрэ, охсоро чахчы…

– Оттон эн хайдах эмэ биллэрбэккэ кыһан.

Биир балык үөрэҕэһин иннигэр санныга бачча саллайа сылдьар төбөттөн матан хаалар ыар сыана буолсу. Ол да буоллар ыарыһахха миинниир олус да бэрт буолуо этэ. Огдооччуйа киниэхэ дэлэлээх кыһалла, дэлэлээх быыһыы-өрүһүйэ сатаата этэ дуо! Оттон кини, Болот, Огдооччуйа кыһалҕалаах күнүгэр тугу туһалаата? Биир кырбас балык этинэн миинниирэ баҕалаах, куттаннаҕа, дьулайдаҕа аатыран. Дьэ ол кэннэ Болот эр киһи аатырар. Холоон эбит. Оччону көрсүбэтэҕэр дылы!..

Болот, инньэ дии санаан баран, бэйэтиттэн бэйэтэ улаханнык кэлэннэ уонна өлөн эрэри өрүһүйэр, хаалан эрэри харыһыйар санаа бары кутталын, мунчаарыытын ханна эрэ күлүккэ үтэйдэ. «Аата, оҕолоор, ол кэриэтэ оттон биир уол оҕо ханна өлбөтөҕөй, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай» диэн, саха киһитэ мүччүргэннээх күнүгэр туттар өһүн хоһоонун өйдөөн ылла, ол кэннэ кини өйдөөтө атаҕастаммыты араҥаччылыыр айыы бухатыырдара, бэл, абааһы ааттаахтарын, көстүбэт күүстээхтэрин кытта күөн көрсөллөрүн. Болот оннук олоҥхолору, уһун түүнү утуйбакка, сыҥаах баттанан мылаллан олорон иһиллиирин таптыыр да бэйэтэ буоллаҕа, ол бухатыырдарга хайа эмэ өттүлэригэр маарыннаатарбын диэн ымсыырар да этэ. Ол бэйэтэ балык биир үөрэҕэһиттэн иҥнэн хааллаҕа, били Чаачахаан-Чаачахаан этэрбэһин быата сөллөн, иҥнэн түспүтүгэр дылы. Аата, Дьэкиим кинээс киниэхэ Алаа Моҕус дуу, Уот Уһутаакы дуу буоллаҕа! Кини уохтаах-кылыннаах үһү. Уордайан да көрөөхтөөтүн, оннооҕор таһырдьа тыал хаһыырар…

Инньэ диэн бэйэтин бэйэтэ бөҕөргөтүнэ санаабыта Болот. Кини урут итиччэ улахан дириҥ өйгө хаһан да киирэн көрө илигэ. Дьэ ити биирдэ киирэн таҕыста. Көр, кыһалҕа киһини ити курдук үөрэтэр…

Киэһэ, хараҥаран, дьиэ муннуктарыттан дириҥ күлүктэр сыылбыттара. Ардыгар маннык күлүктэр киһи өйүттэн сүппэт суолу-ииһи хаалларан көтөөччүлэр.

Тигинэччи оттуллубут көмүлүөк оһох иннигэр эт эттиир мас ууруллубут, ол үрдүгэр били кэһии тууччах туора түһэн кэбиспит. Хартыынаны ситэрэр туһугар Дьэкиим кинээс икки илиитин ньыппарынан, субу бүгүҥҥү түбэлтэҕэ ананан буруустаммыт кэтит биилээх тэрээк сүгэтин ылан, балыгы үөһэттэн таҥнары көрөн, олох маска саба аччайан олорор. Ити аата кими да итэҕэйбэккэ, балыгы бэйэтэ эттииргэ оҥоһуннаҕа диэн буолар. Ол иннинэ кини бэйэлээх хамначчыттарын диэки кытаанах үлүгэрдик кынчарыйбахтаан ылла:

– Үөһээ-аллараа туруҥ, киэр буолуҥ, мэһэйдээмэҥ! – диэн мөҕөр, кыйдыыр былаастаан үрүт-үрдүгэр бардьыгынаамахтаата. Оһох тула үмүөрүспүт хамначчыттар, ону истээт, тэскилээн, кэннилэрин диэки тэйэн биэрдилэр. Арай Болот эрэ чугасаһан, тойоҥҥо илии-атах буолан, сүр кыһамньылаахтык көмөлөһө сырытта.

Хамначчыттарын киэр үүртэлээбит кинээс, уоскуйан, аа-дьуо балыгын эттээбитинэн барда. Бастаан утаа кини сыыһа охсон, олуктаан балыгы буортулаабатарбын диэн, бэркэ сэрэнэн, муннунан да, айаҕынан да тыыммакка олорон, балыгы кутурук өттүттэн саҕалаан, кылгас-кылгастык кэрчиктээн испитэ, онтон кэнникинэн эр ылан, илиитэ-атаҕа баран, сүгэ биитэ кылбаҥнаабытынан, бөһүөнэх, эмис, ап-араҕас тууччахха ымсыырбыт, иҥсэтийбит курдук, батырҕаччы кииртэлээн, сүтэ-сүтэ күөрэйтэлээн барда. Ол аайы тойон эбии имэҥирэн, этэ-сиинэ кычыгыланан, уҥуоҕа-иҥиэҕэ кыйыттан, үлэлии-хамсыы олордо. Быһа охсо-охсо, аттынааҕы нэлэгэр иһиккэ симэр. Хараҕа наар иннигэр, балыкка. Онтон атыны кини аан дойдуга барытын умунна да быһыылааҕа. Омунугар, өтөр-өтөр уоһун чорбоҥноппохтуур, тугу эрэ муннун анныгар ботугураан ылар.

Болокко кыһалҕалаах түгэн тирээтэ. Кини хайыыр? Билигин маны куоттардаҕына, аны иккиһин маннык тоҕоостоох кэм киниэхэ эргийэрэ саарбах. Хайа, онуоха эбии Дьэкиим бүтэрэ чугаһаата. Онон, хараҕы быһа симэн баран, киирбитинэн барыахха дуу? Биитэр тохтуур дуу? Дьэкиим биллэр эрэ, төбөҕүттэн матарыҥ чахчы. Ити айылаах сытыы сүгэ ас гыныа үһү дуо сип-синньигэс, бэйэтэ да ааһан-туоран эбии синньээбит моой туоматын. Дьэкиим соруйан да өлөрөрдүү санамматаҕын иһин, ыгымар, уоҕар кыайыа. Оннук киһи. Болот ити мунаахсыйа түһүүтэ, суруйдахха уһун курдугун иһин, дьиҥэр, чыпчылыйыах түгэнэ киирэн ааспыта. Киниэхэ өр толкуйдуур бокуой суоҕа. Хайаабыт да иһин, ыарыһаҕы миинниир бэрт буолуо этэ…

Инньэ дии санаан баран, Болот сиргэ хаптас гына түстэ уонна тойон кэннинэн балык үөрэҕэстэрэ кыстана сытар сирдэрин диэки аргыый үөмпүтүнэн барда. Дьэкиим, бары сэрэҕин-сэргэҕин умнан, үлүһүйбүттүү үлэлэһэ олордо.

Болот тыаһа суох үөмэн ньылбыйан истэ. Харыс, сүөм, бөрсүөк сири ылан, букатын Дьэкиим кэннигэр кэллэ, өссө кыратык сыҕарыйдар, балыктаах иһиккэ илиитэ тиийиэ эбит. Кини, онно тиийиэхчэ-тиийбэккэ, тохтоон, тыыммакка иһийэн сытта. Мүччүргэннээх күн-дьыл дьэ үүннэ. Ону сэрэйэн, элбэх харах бары муннуктартан кини тарбахтарын төбөтүн уонна Дьэкиим сүгэтин биитин хардары-таары кэтэһэн кыламнастылар. Ол эрээри тугу да билбэтэх курдук, атын сири көрбүтэ буолаллар. Барыта иһийэн хаалбыт курдуга. Бэл, тигинэччи оттуллубут оһохтуун сөҥөн ыллылар. Ол улугурбут уу чуумпу тойону бэйэтин кытта абылаабыт курдуга.

Дьэ ити бириэмэҕэ алдьархай букатын күүппэтэх атын өттүлэриттэн адаҕыйан таҕыста. Муҥар, онно буруйдаах Болот бэйэтин өлөр атаһа буолан хаалла: иннэни ыйыстыбыт курдук, иинэ-хата, иинэрин ааһан, эриллэ сытыйбыт, көтөх, өкчөгөр ыттаахтара, ол сордоох, иччитин батыһан, балыкка кытта үөмсэн, бу ситэн тиийэн кэллэ. Болот ыты имнэнэн буойа, кынчарыйа, сутуругун көрдөрө сатаата, – суох, ыта эбии, ньылаҥныы-ньылаҥныы, кини диэки үөмэр.

«Бэйи, атас, биир өлүүгэ өлө сылдьан көҥөөмө, оһоҕос обургу олуйарын бэйэҥ да билэр буолуохтааххын, хата, туохха эмэҕэ тииһиннэрэ түс», – диир курдуга ыт умса туттан иһэр дьүһүнэ.

Болот хайыан булбата. Бу курдук буоллаҕына, кини ытынаан иккиэн бииргэ тиийииһилэр, ыта өссө уруттууһу. Оччоҕо Дьэкиим билэн, алдьархайы тардар!.. Инньэ дии санаан, уолчаан, төннүөн дуу, хайыан дуу билбэккэ, саараан сытта. Ол мүччүргэннээх бириэмэҕэ хамначчыттартан ким эрэ хаҥас муннуктан ыты ыҥыран өрүһүйдэ. Ыт саҥа хоту сүүрэн сэрбэкэччийэн истэҕинэ, Дьэкиим суордуу түһэн баран, тэрээк сүгэтинэн арыый сыыһа охсон хаалла. Онно аралдьыйан кини, ол-бу диэки эргиллэ-араастыы барбакка, эт эттииригэр хат умса-төннө түстэ.

Ону туһанан Болот, биирдэ-иккитэ арыый сыҕарыс гынан, балыкка илиитэ тиийэр сиригэр кэлбитэ. Кини аргыый, сэрэх бөҕөнөн биир кыр-баһы харбаан ылаат, кэннинэн төттөрү үөмтэ. Ол төттөрү үөмэн, куттала суох сиргэ тиийэн баран, тиритэн уу чоккурас, илии-илиилэрэ титирэс буолбуттарын билбитэ.

Болот көлөһүнүн соттон, нэһииччэ аҕай уоскуйан эрдэҕинэ, кинээс бүтэн, кинини ыҥырбыта. Ол ыҥыран, кинини көмөлөһүннэрэн, хас кырбас тахсыбытын аахпыттара, балык үөрэҕэстэрин хат самсыы тутталаан көрбүттэрэ да, сүтүк тахсыбытын иккиэн билбэтэхтэрэ.

Болот, төһө да тыынын атыылаан туран мииннии-оттуу сатаатар, Огдооччуйаны кыайан өрүһүйбэтэҕэ. Кини өссө да өр ыалдьан, иинэн-хатан баран, кэнники өлөн хаалта. Болот дьахтары олус аһыйбыта уонна кини өлүүтүгэр Дьэкиим кинээһи буруйдуу санаабыта, кини эрэ да буолбатах, дьон бары…

 

Болот дьүүлэ

Күн-дьыл көтөн-сүүрэн, аастар-ааһан истэ. Болот Уордаах Дьэкиимҥэ дьиэ кулута буолан бэрт өр олордо. Ол тухары кини хас төгүл өлө-өлө тиллибитин, быста-быста салҕаммытын бэйэтэ да билбэт. Олортон биһиги ити биирин эмэтин эрэ таарыйдахпыт буолуо.

Болот ол кытаанахтарга, эрэйгэ-кыһалҕаҕа бэриммэккэ, эбии буһан-хатан, сирэлийэ үүнэн истэ. Арай ол сылдьан кини кинээһи кытта тото-хана кэпсэтэр тоҕоостоох бириэмэҕэ түбэспитэ…

Дьэкиим, хараҕынан төрүт да улахан мөлтөх киһи, саас букатын иэдэйэн ылар үгэстээх. Кини күөх салгын ачыкылаах, ону хараҕым диэн ааттыыр. Биирдэ олустаабыт, кэргэттэрин үөһэ-аллара түһэртээбит кэмигэр бу ачыкы сүтэн хаалла. Дьэкиим киэһэни быһа көрдүү сатаан баран, кыайан булбата.

«Чөчүөккэ уларыстаҕа, олус эмискэ сүттэ» диэн быһаарынна кини уонна, төннөрөр ини дии санаан, утуйан хаалла. Сарсыарда, кырдьык, кини эрэммитин курдук, ачыкы төннүбүтэ, ол эрээри Дьэкиим онтун туһамматаҕа. Куолутунан, кини, үүтүн-аһын (ынах элбэхтик төрөөн эрэр кэмэ этэ) кэмнии, мээрэйдии охсоору, сарсыарда эрдэ туран, таҥнан хачыгыраһа сылдьан, тугу эрэ хампы үктээбитэ. Кини, туох эрэ улахан туһалаах алдьанна быһыылаах диэбиттии, бүтэйдии соһуйан, «һуук!» диэн баран, турбут сиригэр үрүт-үрдүгэр тэпсэҥэлээн, өрө бэдьэҥэлээн ылбыта. Онтон кэнники өй ылан, төҥкөйөн, били айылаах абырыыр ачыкытын икки иитин эрэ өрө ыйаан, салгыҥҥа салыбыратан таһаарбыта.

Дьэкиим, аһыы бөҕөтүн аһыйан, бара сатаан, Болоту уорбалыах киһи уола бэҕэһээ киэһэ бэркэ кыһанан кинини кытта сүтүгү бииргэ көрдөһө сатаабыта. Оттон бу сарсыарда: «Бука, эн сиргэ быраҕан алдьаттардаҕыҥ буолуо?» – диэн үтэн-анньан ыйытан көрбүтүгэр, уола ытыы-ытыы мэлдьэстэ. Дьэкиим бачча тухары Болот ытаабытын көрө илигэ, онон итэҕэйбитэ. Итэҕэйбэтэҕэ да буоллар, кини онон ачыкытын син биир төнүннэрбэт этэ.

Аҕыйах хонон баран кинээс хараҕа салгыннаан, букатын сабыллан хаалбыта. Ыаммыт үүтүн, арыытын, сүөгэйин илиитин иминэн кэриэтэ кэмниир. Ампаарыгар сиэттэрэн тахсар буолла. Киҥэ-наара эбии холунна. Бары кыһыытын-абатын хамначчыттарыгар түһэрэрин ааһан, хараҕа көрбөтүгэр балыттаран, туох иннигэр барыарбытын барытын – олох мастары, оһох чанчыктары, дьиэ тулааһыныгар тиийэ – тайах маһынан сабыыр буолта. Бэл диэтэр, олооччутугар тиийэ охсуһар буолта үһү диэн баар.

Биир күн Дьэкиим, иэһин иэстии, чугастааҕы ыалларын түүрэйдэтэлээн, итиигэ-буһууга киллэртээн баран, дьиэтигэр төннөн испитэ. Ол иһэн эмискэ көрбөт буолан хаалбыта. Киниэхэ ол үгэһэ. Ол курдук сабыллан хаалан баран, кэнники син хат кылатан кэлэр үгэстээх. Дьэ ол курдук алдьархайга киирэн, көрбөт буолан хаалан, дьиэтин таһыгар тэлиэс-былаас хаама сылдьарын Болот көрбүтэ.

Ону көрөн баран, Болот күлүгэр имнэммитэ. Кини соруйан иһиллэр гына кинээс аттыгар эрчимнээх соҕустук хааман тыбыгырайан кэлбитэ. Киһи тыаһа кэлбитин истэн, кинээс үөрбүтэ.

– Ким сылдьарый? – диэн Дьэкиим ыйыппыта.

– Ким буолуой, мин, Дьэбдьиэбин! – диэн кинилэртэн балтараа көстөөх сиргэ олорор эмиэ биир биллэр соҕус баай ыал өй аҥаардаах кыыстарын куолаһынан саҥарда Болот.

– Тыый, ол эйигин манна туох үүрэн аҕалла, хотуой?

– Туох үүрүөй, бэйэм сири-дойдуну көрө сырыттаҕым дии.

– Оо, муҥнаах, ону көрөн тугу эмэ туһанар киһиэхэ дылы.

– Туһаныллыа даҕаны. Манна ханна эрэ ааттаах ымсыы, кэччэгэй Дьэкиим кинээс диэн «түүлээх ытыс» олорор дииллэр. Кинини да көрөн барыллыа этэ, – диэн астыга, оттомо суох убайыктанна өй аҥаардаах кыыс куолаһа.

– Бу өй аҥаардаах тылын истиҥ эрэ! Хотуой, ол ким инньэ диирий?

– Киһи барыта. Бэл, аччык ыттыын үрдэхтэринэ: «Ар-ар, Дьэкиим кинээс «түүлээх ытыс» баар!» – дэһэллэр үһү.

Ити тылтан кинээс улаханнык өһүргэннэ.

– Арай ол кинээһиҥ эйигин туттаран ылан, ибили таһыттардын, оччоҕо эн туох диэ этигиний? – диэн бардьыгынаата Дьэкиим, саанар былаастаан.

– Ол иннинэ мин бэйэтин иэнин хастыам! – диэн чап гыннарда «кыыс» туох да иҥнигэһэ суохтук.

Итини истэн, кинээс кыайан тулуйбата, тайаҕынан салгыны далбаатыы-далбаатыы, иннин диэки, кыыс саҥата кэлэр сирин диэки харбыаласта.

– Мин эйиэхэ сип-сибилигин кинээс иэнин хайдах хастыыры көрдөрүөм. Бостуой хамсыы, куота сорунума. Маҕайкаан аллаахтар хастара хаһынан туой кинээстээн сиэбиттээхтэр баҕастаахтар! – диэн кинээс кинээһи көмүскүүргэ күүскэ турунна.

– Мин эйигиттэн куотан бэрт! – диир кыыс саҥата субу чугас иннигэр.

– Куотан да син биир ханна да ыраатыаҥ суоҕа, кинээс илиитэ уһун! – дии-дии саҥа хоту салгыны быһыта дайбаамахтаата, ол сылдьан суол кытыытынааҕы хомурахха батары түһэн, атаҕын кыайан хостообокко, көлөттөн хаалла. Аҕылаабыта, уордайбыта-кыыһырбыта көрүөххэ сүрдээх этэ.

«Аата, абата, бэйэтин үчүгэй аҕайдык үөрэтэн биэрбит киһи баар ини!» – дии санаата Болот уонна тойон түһэн иһэн мүччү тутан кэбиспит тайах маһын сулбу тардан ылан тойону сискэ мииннэрбэхтээтэ.

– Таһыйан үөрэтэр үчүгэйэ бу баар, тайах маһынан түһэртиир минньигэһэ бу баар, ыл амсай, аһыытын-ньулуунун бил! – дии-дии, Болот балачча куһуйбахтаан биэрдэ.

Инньэ диэн баран «кыыс» элэс гынан хаалбыта. Кинээһи кэмниэ-кэнэҕэс Болот торбосторун уулата сылдьан, ойбон аттыттан булан, дьиэтигэр илдьэн өрүһүйбүтэ.

Ити кэнниттэн балачча ыарытыйа түһэн турбут, хат харахтаммыт кинээс бары моһуогу-руутун Болокко түһэрэ санаан, дьэ үчүгэй аҕай-дык иэстэһиэх санаалааҕа, онтуката уолчаана мэлийэн хаалбыта. Кини сирдээн да тимирбитэ, халлааннаан да көппүтэ биллибэтэҕэ. Төрөппүттэриттэн ыйыталаһа сатаан көрбүттэрэ да – туһалаабатаҕа.

Ийэтэ Арапыана: «Оҕобун Дьэкиим кинээс сиэн баран кубулунар», – диэн ытыыр-соҥуур сурахтааҕа. Ол эрээри, оччолорго дьадаҥы киһи хараҕын уутугар улахан сыананы биэрбэт буолан, ол онон хаалбыта. Онтон кэнники, өр буолан баран, уолчаан бэрдэ ханнык эрэ ааттаах булчукка сыстан, дьэллигирэн хаалбыт диэн сурах иһиллибитэ да, ол кырдьыга-сымыйата биллибэккэ хаалбыта.

Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн эмиэ Болот кэнники дьылҕатын туһунан ирдэһэн көрүөхпүт. Туох эмэ суол-иис көстүөх буоллаҕына, ол туһунан биһиги күндү ааҕааччыларбытыгар иһитиннэрэргэ тиэтэйиэ этибит.

Николай Заболоцкай-Чысхаан

Чолбон. – 2024. – №1.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар