Ытыктабыллаах Саха сирин ыалдьыттара!
Күндү Саха сирин дьоно!
Биһиги республикабыт столицатыгар, Дьокуускай куоракка, 2000 сыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы II спортивнай Оонньуулар аһыллаллар. Бу доруобуйа, эрэл санаа уонна кэрэ эйгэтин дьиҥнээх бырааһынньыга — биһиги республикабыт эрэ буолбакка, ону тэҥэ Российскай Федерация бүттүүнүн событиета. Бүгүн аан дойду экономиката дохсуннук сайдыытын процеһыгар киэҥ нэлэмэн сирдээх Азия-Тихэй океан регионун саҥаттан саҥа дойдулара көхтөөхтүк киирэн иһэллэринэн ураты дьоһун суолталаах.
Киһи аймах саҥа үйэҕэ, саҥа тыһыынча сылга үктэнэр. Өрүү буоларын курдук, дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса бодоруһуулара, дьиҥнээхтик доҕордоһууларын үорүүтэ саамай үрдүк барҕа баай. Биһиги бары омукпу- туттан уонна тириибит өҥүттэн тутулуга суох, биир Сир олохтоохторобут. Сайдыыга уонна культураҕа бииргэ дьулуһабыт, проблемаларбыт уонна инники кэскилбит биирдэр.
Үйэттэн үйэҕэ хас биирдии көлүөнэ историяҕа бэйэтин страницаларын суруйан хаалларар. Тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык, кичээҥитик сыһыаннаһыы, киһи ис санаатын дьүөрэлэһиигэ, бэйэ икки ардыгар сыһыан- наһыыларга санааны аһаҕастык атастаһыы саҥа үйэ киһитин ураты бэлиэтэ буолуохтаах. Ол иһин республикабыт сайдыытын сүрүн туһаайыыларыттан биирдэстэринэҥ биһиги үүнэр көлүөнэ эт-хаан уонна сиэр-майгы өттүнэн доруобуйатын бөҕөргөтүүнү талан ыллыбыт.
“Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы II спортивнай Оонньуулар түһүлгэлэригэр ким даҕаны кыайбытын иһин, кэлин тиһэҕэр ити биһиги уопсай кыайыыбыт буолуо, ол эбэтэр эдэр саас уонна олоҕу бигэргэтии бу бырааһынньыгар хас биирдии эдэр спортсмен кыттыыта норуоттар уонна дойдулар икки ардыларыгар саҥа сыһыаннаһыылары, саҥа көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрин икки ардыларыгар доҕордоһуу уонна бииргэ үлэлээһин бөҕө ситимнэрин олохтооһуҥҥа көмөлөһөр.
Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай Оонньуулары ыытыы хаһаайына иккис төгүлүн буолан туран, Саха Республиката эйэҕэ уонна сөбүлэҥҥэ бэриниилээҕин, кэлэр көлүөнэлэр уйгуларыгар туох кыаллары барытын оҥорорго сорунуулааҕын көрдөрөр. Ыалдьыттар иннилэригэр спортивнай түһүлгэлэри эрэ буолбакка, ону тэҥэбиһиги театрдарбыт уонна музейдарбыт, научнай институттарбыт уонна үрдүк үөрэх заведениелара, производственнай предприятиеларбыт уонна туристическай агенстволарбыт ааннарын үөрүүлээхтик аһан туран, Хотугу сир тыйыс усулуобуйатыгар биһиги баай историябыт, айымньылаах үлэбит, умсугутар этиилэрбит билигинда дьыалабыайдык бииргэ үлэлээһин идеяларын сүрэхтэринэн ылынар дьону Саха сирэ өссө уонна өссө ыҥыра-угуйа туруоҕа диэн эрэнэбит.
Саха сирин дьоно Олоҥхо дойдутун дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит ыалдьытымсах быһыытын бигэргэтэргэ уонна Азия континеныттан бүтүннүүтүттэн кэлбит күндү ыалдьыттары көрсөргө. Туймаада долгуйар хочотугар турар столицабытын бэлэмнииргэ ис сүрэхтэриттэн кыһаннылар.
Эһиэхэ барыгытыгар чэчирии сайдыыны уонна олоххутугарситиһиилэри баҕарабын! Биһиги сирбитигэр-уоппутугар дьоллоохтук-соргулаахтык сылдьыҥ!
МИХАИЛ НИКОЛАЕВ
Саха Республикатын Президенэ.
Туймаада эбэ хотуҥҥа Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» II спортивнай Оонньуулар өтөрүнэн буолбатах өрө көтөҕүллүү, төрөөбүт республика аатын тула сомоҕолоһуу тыыныгар үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.
Атырдьах ыйын 5-гэр стадиоҥҥа Оонньуулары үөрүүлээхтик аһыы церемонията буолла. 14 араас омук сирин, Россия регионнарын 22 хамаандалара бэйэлэрин дойдуларын былааҕын күөрэччи көтөхпүтүнэн киирдилэр. Стадиоҥҥа мустубут 12 тыһыынча көрөөччү күндү ыалдьыттарын истиҥ эҕэрдэнэн уруйдуу тоһуйдулар. Саамай элбэх киһилээх делегацияларынан Монголия (122), Индия(120), КНДР (109) буоллулар.
Бу долгутуулаах түгэҥҥэ РФ Президенэ В.Путин, Норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай комитет президенэ Хуан Антонио Самаранч эҕэрдэлэрэ ааҕылыннылар. Оонньуу церемониятыгар икки сыллааҕыта Москваҕа ыытыллыбыт оҕолор Бүтүн Аан дойдутааҕы ооньууларын талисмана эһэ Миискэ уонна саха оҕолорун куттарын туппут Бэргэн уол өргө диэри ырыа-тойук ортотугар бэлиэ миэстэни ыллылар. Дьэ ити курдук Дьокуускай куорат атырдьах ыйынааҕы киэһээҥҥи хараҥа халлаана салют араас өҥнөөх саппа-садарах сандаархай кыымнарынан күлүмнүү оонньоото. Ол чаҕыл сырдыкка кимҥэ эрэ тиксиэхтээх 631 кыһыл, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэр чулууттан чулуулар ааттарын көһүтэ, көөчүктэнэ күлүмнэстилэр.
Оонньуулар куорат улахан спортивнай комплекстарыгар көрүҥнэринэн арахсан үгүс көрөөччүлээх ыытылыннылар. Ол түмүктэриттэн ойо тутан билиһиннэрдэххэ:
Бокс
Бокс финалыгар «Эллэй Боотур» саалата быһаарыылаах киирсиилэри көрүөн баҕалаахтары барыларын батарбатаҕа. 57 киилэҕэ финалга икки уолбут — Алексей Иванов уонна Макар Малина тахсан, биир кыһыл көмүс мэтээл биһиэхэ кэлэрэ эрдэттэн биллибитэ. 45 киилэҕэ Монголия боксера ордук Бумчин Чойжижлав уонна Индия чулуута Белвал Химананд кииристилэр. Монголия боксера ордук бэлэмнээҕэ көһүннэ. Бу ыйааһыҥҥа сахалар мэтээлгэ тиксибэтибит. дэмнээҕэ көһүннэ. Арай 48 киилэҕэ Николай Дмитриевпыт көмүс мэтээли иилиннэ. 51 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсии тыҥааһыннаахтык ааста. Сергев Баций (Хабаровскай край) Семен Гривачеву (Читинскэй уобалас) кыайда диэн иһитиннэрии кэнниттэн көрөөччүлэр судьуйалар быһаарыыларын сөбүлээминэ биэс мүнүүтэ тухары иһиирэ-хаһыытыы олордулар. Ол да үрдүнэн, судьуйалар кыайыыга Баций тигистэ, 54 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах уолаттарга биһиги боксербут Дмитрий Максимов Индия спортсменын кытта кииристэ. Максимов толкуйдаахтык киирсэрин бэлиэтиэххэ сөп. Күүһүн-сэниэтин харыстана сылдьан баран аҕыйахта эрээри күүстээхтик охсуталаан кыайан таҕыста. Малиналаах Иванов киирсиилэрэ олус интириэһинэйдик ааста. Хаҥалас уола Иванов утарсааччытыгар толкуйдуур бокуой биэрбэккэ, хорсуннук киирсэн кыайыыга тигистэ. Бу кэнниттэн 81 киилэҕэ сахалар өссө биир кыһыл көмүс мэтээли ыллыбыт. Пстр Фокин ыйааһыннаах охсууларыттан Приморскай кыраайтан ыалдьыппыт рингэни кыйа куота сылдьарга тиийдэ. Финал түмүгүнэн Саха сирин икки хамаандата холбоон түөрт кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс уонна аҕыс боруонса мэтээллээх таҕыста. Инньэ гынан уопсай түмүккэ Саха сирэ бастаата, Монголия иккис, Хабаровскай кыраай үһүс буоллулар.
Баскетбол
Бастакы оонньууга Корея, Тайвань хамаандалара сытыытык киирсибиттэрэ. Кореялар сымсаларынан дьон болҕомтотун күүскэ тардыбыттара. Сынньалаҥ кэнниттэн тайваннар лаппа баһыйаллара көстүбүтэ. Сотору буолаат Кореялар оонньуур тактикаларын уларыта охсон утарылаһааччыларын ууга-уокка кил- лэрэ сырыттылар. Тайваннар 87:81 ахсаанынан хоппуттара.
Иккис оонньууга Саха сирин бастакы хамаандата буряттары кытта кииристэ. Буряттар тайваннарга хотторбуттарынан сылыктаан көрөөччүлэр хара ааныттан кыайыы биһиэнэ буолуохтааҕын курдук санаан олорбуттара. Ол эрээри Бурятия хамаандата улахан кимиилээхтик оонньоон биир кэмҥэ балайда чугаһыы сырытта. Түмүккэ 93:77 ахсаанынан саха хамаандата ыл- ла.
Финалга “Саха сирэ-1” уонна Тайвань хамаандалара тахсаллар. Саха сириттэн Михаил Гюнтер хайа да оонньооһуҥҥа сымсатын, сатабылын көрдөрдө. Улахан эрийсиитэ суох 77:62 ахсаанынан биһиэннэрэ хоттулар.
Остуол тенниһигэр, волейболга илии соттуталаабыт кыһыыны-абаны баскетболистар көннөрдүлэр.
Дуобаччыттарбыт дьоннорун-сэргэлэрин итэҕэллэрин түһэн биэрбэтилэр. Россияҕа түөрт сыл тухары бастакы миэстэттэн түспэккэ сылдьыбыт Башкортостан хамаандатын иккис миэстэҕэ үтүрүйдүлэр. Башкортостан 21 очколанан иккис, Саха сирин иккис хамаандата 15 очкону ылан үһүс буоллулар.
Хотугу многоборьеҕа, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар улахан эриһиитэ суох мэтээллэрбит бэйэбитигэр хааллылар, чуолаан хотугу многоборьеҕа ситиһиилэннибит. Сүгэни быраҕыыга үс бастакы миэстэ биһиэнэ. Денис Пастухов 9 м 31 см ыстанан уолаттарга Саха сирин рекордун олохтоото, Россия спордун маастарын нуорматын толордо. Бу көрүҥҥэ бириистээх миэстэни барытын бэйэбит дьоммут ыллылар. Спортивнай үҥкүүлэргэ, дзюдоҕа, спортивнай, художественнай гимнастикаларга, остуол тенниһигэр, саахымакка доҕолоҥнуурбут билиннэ. Спортивнай гимнастикаҕа кореецтар күннээтилэр. Кыра саастаах уолатгарга алта көрүҥ снарядка (көҥүл хамсаныыларга, акка, кольцоҕа, тирэнэн ыстаныыга, бурууска, перекладинаҕа) күрэхтэһэн саастыылаахтарыгар үрдүк көрдөрүүлээх Индия уолчаана Саджсй Чолдари бастаата. Иккис, үһүс миэстэни Хабаровскай оҕолоро ыллылар. Обургу уолаттарга КНДР үс спортсмена бастакы үс миэстэҕэ кими да чугаһаппата. Кыра саастаах кыргыттарга Новосибирскай кыыһа кыайыыны ситистэ. Иккис, үһүс миэстэлэри эмиэ хабаровскайдар ыллылар. Улахан кыргыттарга КНДР спортс.меннара аҥардастыы аатырдылар. Оттон художественнай гимнастика кыайыылаахтарын ортоту- гар биһиэннэрэ эмиэ суохтар. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Галима Шугурова күрэхтэһии таһымын ортотук сыаналаата. Маны таһынан кини күрэхтэһии хаһаайыннара кэлэр өттүгэр маннык үрдүк таһымнаах күрэхтэһиини бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар ыытар былааннаах буоллахтарына, кыттааччылара сөптөөх бэлэмнээх-таһымнаах буолаллара наадатын ыйда.
Күрэхтэһиилэр түмүктэннилэр. “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы II Оонньууларга КНДР, Индия күүстээх, бэлэмнээх хамаандалара кэлэн олохтоохтору сөхтөрөн бардылар.
“Азия оҕолоро” Оонньуулар ыытыллар кэмнэригэр Саха Республикатын Президенэ М.Е.Николаев улуустар баһылыктара, спорт араас көрүҥнэригэр Федерациялар салайааччылара, республика спортивнай общественноһа уонна ыалдьыттара кыттыылаах сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта. Сүбэ мунньахха спорт проблемаларын ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр, спорду олохторун сорҕотунан ааҕар улахан күрэхтэһии тэрийээччилэрэ, спорт ветераннара тыл эттилэр.
Республика Президенэ М.Николаев тус бэйэтин көҕүлээһининэн спорка болҕомтотун уурарын уонна бу боппуруоска чахчы государственнай сыһыан олоҕурарыгар туруулаһарын “Азия оҕолоро” Оонньуулары тэрийэр Национальнай комитет председателэ А.Е.Алекссев, спорка уонна туризмҥа комитет председателэ А.П.Керемясов эттилэр.
Российскай Федерация спорка уонна физическэй культураҕа госкомитетын председателин солбуйааччы В.А.Хоточкин уонна Россиятааҕы Олимпийскай комитет вице-президенэ В.А.Логинов “Азия оҕолоро” оонньуулар тэрээһиннэрэ үрдүгүн | бэлиэтээтилэр. “Спорду бу курдук өйүүр регион Россияҕа ахсааннаах» диэтэ кини. Маны таһынан «Азия оҕолоро» оонньуулар инициативалара Россия таһымыгар өйөнүллүөхтээҕин тоһоҕолоон ыйда.
Кэлэр өттүгэр спорт республикаҕа салгыы өрө тутуллар кыаҕырда. Үүнэр сыл бюджетыгар 150 мөл спорт сайдыытыгар ананыахтааҕын Республика Прсзиденэ иһитиннэрдэ.
Элбэх кэскиллээх боппуруостар тула сэһэргэһиигэ«Спортивнай Саха сирэ” диэн ыҥырыыны ылыннылар. Саха Республикатын спортивнай федерацияларын Ассоциациятын тэрийии туһунан боппуруос көрүлүннэ. Ассоциация президенинэн М.Е.Николаевы таллылар.
«Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай Оонньуулар суолталара үрдүк. Онон даҕаны чрезвычайнай уонна боломуочуйалаах посоллар, генеральнай консуллар федеральнай органнарын, Р.Ф. физическэй культура, спорт уонна туризм дьыалаларыгар государственнай комитет салайааччылара, аатырбыт спортсменнар уонна Россия регионнарын дьаһалталарын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн эт харахтарынан көрөн, астынан төнүннүлэр. Тас дойдулартан кэлэ сылдьыбыт үрдүк сололоох ыалдьыттар ааттаан-суоллаан кэлиилэрэ Саха сирэ АТР дойдуларын кытта экономическай уонна культурнай бииргэ.үлэлээһин боппуруостарыгар саҥалыы сыһыаннары олохтуурга аартыктары арыйыа диэн бигэ санааны үөскэтэр.
Атырдьах ыйын 13 күнүгэр «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы II Оонньуулары үөрүүлээхтик сабыы, кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин буолла. Бу долгутуулаах түгэҥҥэ Республика Президенэ М.Николаев аны түөрт сылынан «Азия оҕолоро» III Оонньуулар эмиэ Саха сиригэр ыытыыллалларын туһунан иһитиннэрдэ. Оонньуулар салҕанан үтүө үгэскэ кубулуйуулара үүнэр көлүөнэни чөл өйгө-санааҕа, чэгиэн-чэбдик эккэ-сииҥҥэ эрчийиигэ чиҥ олбох буолуоҕар итэҕэйэбит.
Атын дойду ааттаахтарын кытта курэстэһиигэ оҕолорбут кыайыы өрөгөйүн тутуулара, Саха республикатын авторитета аан дойдуга үрдүүрүгэр сабыдыаллыа.
Виктория Контоева, журналист.
Саха Республикатын Президенэ М.Е.Николаев 2000 сыл атырдьах ыйын 13 күнүгэр “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы Иккис спортивнай Оонньуулар сабыллыылларыгар этиитэ
Күндү «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы Иккис спортивнай Оонньуулар эдэркээн кыттыылаахтара!
Биһиги ытыктабыллаах ыалдьыттарбыт!
Бар дьонум!
Бүгүн биһиги Норуоттар икки ардыларынааҕы Иккис оҕо спортивнай Оонньууларын былааҕын түһэрэбит. Итини тэҥэ Оонньуулар факелларын умуруорабыт. Ол эрээри мин Дьокуускай куорат спортивнай түһүлгэлэригэр доҕордуу күрэхтэһиилэр уонна көрсүһүүлэр, истиҥ илии тутуһуулар сылаастара эһигиттэн хас биирдиигит дууһатыгар өрүү хаалыахтара уонна Эллэйаада дойдутун, ирбэт тоҥ сирдээх кыраай уолаттарын уонна кыргыттарын тустарынан үтүө өйдөбүллэри үөскэтиэхтэрэ.
«Азия оҕолоро» иккис Оонньуулар биһиги уопсай баайбытынан-дуолбутунан буоллулар. Олор бары кыттыылаахтара — спортсменнар, судьуйалар, тэрийээччилэр биир уопсай сыалга-сорукка түмсүүлээх, үтүө дьулуурдаах буоланнар үрдүк таһымҥа ситиһиилээхтик аастылар.
Күрэхтэһиилэргэ Азия-Тихэй океан регионун 13 дойдутуттан, итини тэҥэ Российскай Федерация 25 республикатыттан, кыраайыттан уонна уобалаһыттан 1514 оҕо кэлэн кытынна. «Азия оҕолоро Оонньуулар» аан дойдутааҕы Олимпийскай Комитет өйөбүлүнэн туһаналлар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы Бүтүн Азиятааҕы спортивнай күрэхтэһиилэр дьиҥнээх анал туруктарын ыллылар.
Мин МОК президенэ тойон Антонио Самаранчаҕа «Азия оҕолоро» Иккис Оонньуулар кыттыылаахтарыгар истиҥ-иһирэх тыллардаах эҕэрдэтин иһин дириҥ махталы биллэрэбин.
Билинии тылларын эдэр спортсменнарга манна бэйэлэрин дойдуларын интириэһин турууласпыт,Оонньуулар идеяларын үчүгэйдик өйөөбүт бары государстволар салайааччыларыгар туһаайабын.
Мин Российскай Федерация президенэ Владимир Владимирович Путиҥҥа бу оонньуулары ыытыыга өйөбүлүн уонна көмөтүн иһин улахан махталбын биллэрэбин.
Оҥорбут көмөлөрүн иһин Российскай Федерация физкультураҕа уонна спорка госкомитетыгар, Национальнай олимпийскай комитекка, улахан баһыыба.
Мин тренердэргэ, судьуйаларга дьиҥ-чахчы дьон-сэргэ болҕомтотун улаханнык тардыбыт күрэхтэһиилэри ыытыы үлэтин бүтүннүүтүн олус бэркэ тэрийбиттэрин иһин махтанабын. Биһиги бары даҕаны «Азия оҕолоро» Иккис спортивнай Оонньуулар кыттыылаахтарын истэриттэн олимпийскай оонньуулар уонна аан дойдутааҕы күрэхтэһиилэр чемпионнара үүнэн тахсыахтара диэн биир уопсай өйдөбүллээхпит буолуо дии саныыбын. Ол туһугар үлэлиирбит, спорт кэнэҕэски сулустарын иитэн таһаарыы дьыалатыгар талааммытын уонна эрчиммитин биэрэрбит наада.
Спорт – эйэ дьиҥнээх илдьитэ, норуоттар доҕордоһууларын уонна хардарыта өйдөһүүлэрин эрэллээх ситимэ.
Оҕо спортивнай оонньуулара бэртээхэй үгэстэри олохтоотулар, олор бэйэтин өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн сүһүөҕэр туруутугар бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, билиигэ-көрүүгэ, культура уонна спорт саҥа чыпчаалыгар тардыгастаах саҥа үйэ эдэр көлүөнэтин иитэн таһаарыыга көмөлөһүөхтэрэ. Мин Иккис оҕо Оонньууларын бары кыттыылаахтара чэгиэн-чэбдик, киһи инникигэ эрэмньилээх буолуутун бэртээхэй уонна уостубат эрчимин ылбыттарыгар бигэ эрэллээхпин.
Аныгыскы «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы Үһүс оҕо спортивнай Оонньуулара эмиэ биһиги Сахабыт Республикатын киин куоратыгар — Дьокуускай куоракка ыытыллыахтара. Бу хайы-үйэ кэлэр үһүс тыһыынча сылга Бастакы Оонньуулар буолуохтара.
Мин Оонньуулар кэмнэригэр норуоттар икки ардыларыгар олохтоммут доҕордоһуу уонна сөбүлэҥ төрүттэрэ инники өттүгэр сайдан иһэллэригэр бигэ эрэмньилээхпин.
Ис сүрэхпиттэн Оонньуулар кыттыылаахтарын эҕэрдэлиибин уонна бары кыттааччыларга чэгиэн доруобуйаны, дьолу, үөрэхтэригэр үрдүк түмүктэри уонна саҥа спортивнай ситиһиилэри баҕарабын!
Эдэр дьоҥҥо арахсыы өрүү даҕаны курус санааны үөскэтэр. Биһиги ис сүрэхтэн тахсар тыллары этэбит: Саха сирин ыалдьытымсах сиригэр-уотугар аныгыскы көрсүһүүлэргэ диэри. Аныгыскы көрсүөххэ диэри!
Күндү доҕоттор! Ыалдьыттар! Бар дьонум!
“Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы Иккис спортивнай Оонньуулары сабыллыбытынан ааҕабын.
«Азия оҕолоро» II спортивнай Оонньууларга хамаандалар ылбыт мэтээллэрэ
Страны | Золото | Серебро | Бронза | Всего медалей |
1. Республика Саха (Якутия)-1 | 33 | 23 | 34 | 90 |
2. КНДР | 32 | 15 | 11 | 58 |
3. Индия | 9 | 10 | 15 | 34 |
4. Тайвань | 8 | 4 | 2 | 14 |
5. Хабаровский край | 7 | 15 | 10 | 32 |
6. Монголия | 6 | 13 | 10 | 29 |
7. Республика Саха (Якутия)-2 | 4 | 8 | 14 | 26 |
8. Казахстан | 4 | 4 | 3 | 11 |
9. Кыргызстан | 3 | 1 | 5 | 9 |
10. Иркутская область | 3 | 1 | 2 | 6 |
11. Вьетнам | 3 | 1 | — | 4 |
Читинская областьХанты-Мансийский | 2 | 4 | 2 | 10 |
автономный округ | 1 | 2 | 1 | 4 |
14. Малайзия | 1 | 3 | 5 | 9 |
15. Омская область | 1 | — | — | 1 |
16. Бурятия | — | 4 | 8 | 12 |
17. Башкортостан | — | 3 | 2 | 5 |
18. Амурская область | — | 2 | 3 | 5 |
19. Сахалинская область | — | 2 | 2 | 4 |
Приморский крайУсть-Ордынский | — | 2 | 2 | 4 |
автономный округ 22. Ямало-Ненецкий | 2 | 1 | 3 | |
автономный округ | — | 1 | 5 | 6 |
23. Республика Алтай | — | 1 | 2 | 3 |
Новосибирская областьАгинский Бурятский | « | « | 3 | 3 |
автономный округ 26. Еврейская автономная | « | « | 1 | 1 |
область | — | — | 1 | 1 |
27. Республика Тыва | — | — | 1 | 1 |
«Чолбон». – 2000. – 9.