Ахтыы
Биһиги 12-с гвардейскай танковай дивизиябыт Германия илиҥҥи уобалаһыгар Померанияҕа тохтоон, Берлиҥҥэ бүтэһиктээх кимэн киириигэ бэлэмнэнэрэ. Мин сулууспалыыр 48-с Вапнярскай — Варшавскай Ленин орденнаах гвардейскай танковай биригээдэм Нойдамм диэн нэһилиэнньэлээх пуун чугаһыгар халыҥ ойуур иһигэр турара.
1945 сыл, муус устар 12 күнэ үүммүтэ. Чаҕылхай күннээх сарсыарда этэ. Халлаан түүн им-балай хараҥарбытын, дьыбарсыйбытын кылбаччы мэлдьэһэн кэбиспитэ. Биһиги экипажпыт хара сарсыардаттан танк иһин-таһын сууйа-сото сырыттаҕына, ротабыт командира старшай лейтенант Кардашин тиийэн кэлбитэ. Взвод командира лейтенант Никитенко киниэхэ биһиги тугунан дьарыктанарбыт туһунан дакылааттаары гынан эрдэҕинэ, Кардашин таҥнары сапсыйан тохтотон кэбиспитэ.
- Тугунан дьарыктанаргытын көрөбүн… — диэбитэ кини. — Дьэ, кытаатан туттуҥ-хаптыҥ, өрүөллэрим. Командованиеттан улахан киһи кэлэр диэн сурах баар. Кини эһиги интернацио- нальнай экипажкытын быһа ааспата буолуо. Мин кинини бэркэ билэр киһим… Рота уонна взвод командирдара баралларын кытары биһиги, саллаат аймах, ким кэлиэхтээҕин араастаан таайа сатаабыппыт.
Биһиги үлэбитин бүтэрэн, массыынабыт люктарын сабыталаан баран, танк окуопатын иннигэр күн уотугар сыламныы олордохпутуна, лейтенант Никитенко сүүрэн кэлбитэ.
- Дьэ, оҕолоор, командующайбыт генерал- полковник Богданов иһэр! — диир кини. Кини ити биһиги 2-с танковай армиябыт командующайа генерал-полковник Семен Иванович Богданов туһунан этэр.
Командующай өр кэтэһиннэрбэтэ. Сотору танкалар окуопаларын кэрийэ барар ыллык устун дьоннор иһэллэрэ көстүбүтэ. Инники үрдүк уҥуохтаах, танкистскай фуражкалаах, генеральскай погоннардаах төрөл киһи иһэрэ. Кини погоннарыгар үс улахан сулустардааҕа уонна түөһүгэр Кыһыл Көмүс Сулус чаҕылыйара. Дьон адьас субу кэлэрин кытары биһиги взводпут командира лейтенант, Никитенко, тип-тап курдук туттан утары хааман тиийэн дакылааттаан субуруппута:
— Табаарыс полковник! Миэхэ итэҕэйиллибит взвод танканы бойобуой бэлэмнээх оҥоруунан дьарыктанар. Дакылааттыыр взвод командира лейтенант Никитенко!
Дорооболоруҥ, табаарыс танкистар! — диир сөҥ куолаһынан командующай уонна Никитенконы кытары илии тутуһар.
Кини онтон биһигини биирдиибитин кытары кэпсэтэн барар.
- Эн омугуҥ ханныгый? Дойдуҥ? — командующай хас биирдиибитигэр итинник ыйытыылары биэртэлиир. Уочарат миэхэ тиийэн кэлэр.
- Сахабын. Дьокуускай чугаһыгар төрөөбүтүм, — диибин мин.
- Олус бэрт, табаарыс сибиряк! Сахалар мин армиябар аҕыйахтар, ол эрээри биирдии бэргэн ытааччы саха биэстии саллааты толуйар… Эн дуоһунаһыҥ, табаарыс старшай сержант?
- Орудие командирабын.
- Олус бэрт, олус бэрт! Ити эһиэхэ айылҕаттан анаммыт идэ. Кытаат, тиһэх кимэн киириигэ туттуммахтаан хаал, табаарыс сибиряк! Эһиги бэһиэн биэс омук уолаттара эбиккит. Ити олус бэрт! Норуоттаргыт аатын өрүүтүн үөһэ тутуоххут диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэбин.
Биһиги командующайбыт саллаакка итинник истиҥ-эйэҕэс сыһыаннааҕа. (Кэлин кинини кытары иккитэ көрсүспүппүт: биирдэ — Берлин операциятын кэмигэр, иккиһин — 1946 сыллаахха Ной-Руппин куоракка, кини ССРС Верховнай Советын депутатынан талыллар кэмигэр).
Командующай бэйэтин чаастарын туох эмэ улахан событие буоларын чугаһыгар биһирэмнээн кэрийтэлиир идэлээх быһыылааҕа. Кини кэлэн барбытын сарсыныгар батальоннарга партийнай-комсомольскай мунньахтар буолуталаабыттара. Онтон өйүүнүгэр, муус устар 14 күнүгэр, түүн биһиги биригээдэбит турбут сириттэн хоҥнон, аргыый фронт инники кирбиитин диэки сыҕарыйбыта.
1945 сыл, муус устар 16 күнэ. Сарсыарда 4 чаас. Халлаан өссө да сырдыы илигэ.
Биһиги,«немецтэр дьылҕаларын өрүһүнэн» ааттаммыт Одеры туораан, муоста хаҥас өттүгэр баар биир бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пууҥҥа турдахпытына, эмискэ сир-халлаан өрө титириир тыаһа ньиргийэ түстэ, Тыһыынчанан орудиелар тыастара холбоһон, биир дьүрүс тыас буолан уһуура-ньиргийэ турда. «Катюшалар» уот сарадах снарядтара, хараҥа халлааны хайыта салааннар, тус арҕаа сирдиргии көттүлэр.
Артиллерийскай бэлэмнэнии икки чаас кэриҥэ лигийдэ. Биһиэхэ батальоммут комиссара старшай лейтенант Розанов тиийэн кэллэ.
— Дьэ, оҕолоор, билигин кимэн киирии саҕаланыа! Эҕэрдэлиибин эһигини улуу тиһэх киирии саҕаламмытынан! — диэтэ кини.
Ол түгэҥҥэ киниэхэ хас да киһи партияҕа киириэхтэрин баҕаралларын туһунан сайабылыанньалары биэрдилэр. Ити кэнниттэн сүүрбэччэ мүнүүтэ буолаат, биһиэхэ кимэн киирии туһунан бирикээс кэллэ. Батальон атаакаҕа киирдэ. Биһиги бэйэбит пехотабыт сытар инники кирбиитин нөҥүө түстүбүт. Сотору өстөөх инники линиятыгар баар буоллубут. Дьэ манна көрдүбүт эбээт биһиги артиллериябыт. «үлэтин». Өстөөх инники линиятын былаһын тухары — өлбүт, бааһырбыт дьон, орудиелар стволлара, көлүөһэлэрэ, алдьаммыт массыыналар, дэлбэритэ тэптэриллибит дзоттар, блиндажтар… Ынырык хартыына!
Биһиги батальоммут Альте-Одер диэн кыра үрэҕи туоруур. Онтон иннибитигэр бурдук сирин нөҥүө өттүгэр Ригенвальде диэн улахан нэһилиэнньэлээх пуун көстө түһэр. Батальон, киэҥник тараахтаан, онно атаакалаан киирэр. Биһиги пушканан, пулеметынан харса суох ыта-ыта, иннибит диэки дьулуруйабыт. Ол истэхпитинэ өстөөх иннибититтэн артиллериянан харса суох ытыалыыр. Биһиги танкабыт уҥа өттүгэр иһэр танк умайан уотунан кытыастар. Ол түгэҥҥэ танкаттан икки эрэ киһи ыстанан тахсыбытын көрдүбүт.
Биһиги күчүмэҕэй балаһыанньаҕа киирэбит. Онуоха эбии эмискэ биһиги үрдүбүтүгэр уонча «юнкерстар» баар буола түһэллэр. Кинилэр бэйэлэрин кыра калибрдаах пушкаларынан биһигиттэн аҕыс танканы уматаллар.
Эмискэ радиостанциянан: «Отступать!» — диэн бирикээс кэлэр. Биһиги чугуйарга күһэллэбит. Ол эрээри биһиги ити күн киэһээ хараҥаҕа иккиһин атаакалаан, Ригенвальдыны эргийэн, улахан сиэртибэтэ суох ылбыппыт.
С. НИКИФОРОВ, суруйааччы.
Чолбон. — 2015. — бэс ыйа