Кэнники кэмҥэ Россия байыаннайдара аан дойду араас муннуктарыгар тактическай уонна стратегическай суолталаах боппуруостарынан дьарыктанар буоллулар. Ол сорудахтары толорор анал байыаннай тэрилтэлэр уонна контрагынан сулууспалыыр идэтийбит байыаннайдар араҥалара үөскээтэ. Бу дьон үгүстэрэ билигин Украинаҕа анал сорудаҕы толоро сылдьаллар. Күн бүгүн кинилэр төһө сөптөөх дьайыылары, хамсааһыннары оҥорбуттарын сыаналыыр уустук, ол гынан баран биһиги билигин өйдүүрбүтүнэн кинилэр аҕа дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин төлүү сылдьар дьон буолаллар. Кинилэр кэккэлэригэр Саха сирин ыччаттара, чуолаан саха омук уолаттара эмиэ баалларын туһунан дьон-сэргэ үһү-тамах курдук да буоллар истэ-билэ сылдьар. Биир оннук саха чаҕылхай ыччата, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ Бэргэн Петров туһунан уочарканы билиһиннэрэбит.
***
«Түҥ-түҥ! Эн өллүҥ!». Уончалаах уолаттар тэлгэһэ тутууларын быыстарыттан мас саанан ытыалаһан сэриилэһэ оонньуу сылдьаллар, аптамаат тыаһын үтүктэр саҥалара биир кэм тирилээн-бирилээн олорор. «Бэргэн наар үөһэттэн ытыалыыр буолбат дуо, ол иһин барыбытын өлөрдө», – диир эрдэ табыллан «өлөн» хаалан оонньууттан астымматах кыра уолчаан. «Кырдьык, Бэргэн наар саһан баран ытыалыыр уонна барыбытын булар», – диэн ким эрэ саҥата кыра уолчаан диэки буолар. Бэргэн ампаар үрдүттэн бэрт сымсатык сиргэ ыстанар. Бииргэ сэриилэспит оҕолоро кини тула чөмөхтөһө түһэллэр: «Ити дии! Үөһэттэн барыбытын өлөртөөтүҥ», – дэһэллэр. «Үөһэ эмиэ көрүөххүтүн. Сэриигэ үөһэттэн эмиэ ытыалыыллар», – Бэргэн доҕотторугар холкутук быһаарар. Доҕотторо, мөккүһэн көрөн баран, син биир санааҕа кэлэн, киэһээҥҥи борук буолуута дьиэлэринэн тарҕаһаллар. Сарсын киэһэ эмиэ сэриилээх оонньуохтара турдаҕа…
***
Уоттаах сэриигэ маҥнайгы айан барыларыгар долгутуулаах этэ. Бастыҥтан бастыҥ уонча байыас сааланан-саадахтанан, кустук курдук куоһанан, урут киинэлэргэ эрэ көрбүт кыргыһыы толоонугар айаннаан испиттэрэ. Ханна, кимнээҕи кытары сэриилэһэ баран иһэллэрин хайалара даҕаны билбэтэ. Ол эрээри кинилэр биири билэллэрэ – эйэлээх дьон олоҕун аймаабыт бандьыыттары утары киирсэ айаннаан иһэллэрин. Уолаттар балачча өр саҥата суох бэйэлэрин санааларыгар бүгэн олордохторуна, куйахтаах «Камаз» тохтуу биэрбитэ. Массыынаттан ким эрэ ыстанан түһэр тыаһа иһиллибитэ, онтон хамандыырдарын саҥата «кэллибит» диэбитэ.
Уолаттар, массыынаттан таһырдьа тахсаат, харахтара тэйиччи төбөлөрө сараадыһан турар пальмаларга хатаммыта. «Ханна кэлбиппит буолуой?» Бэргэн үктэммит сирин кырса ханнык дойду буоларын таайа сатаабыта. Куораттан чугас, босхоломмут дэриэбинэҕэ быраҕыллыбыт оскуола иккис этээһигэр олохсуйбуттара. Уолаттар тиийээт даҕаны сири-уоту үөрэтэн барбыттара. Үрдүк пальмалаах дойду күнүс итии, түүнүн тымныы этэ. Олохтоохтор нууччалыы өйдөөбөт этилэр. Уолаттар кинилэри кытары көрсөн тылбаасчыт көмөтүнэн өстөөхтөр ханна уйаланан олороллорун сураһан билбиттэрэ. Уоттаах сэрииттэн уолуйбут олохтоох дьон, Бэргэннээх кимнэрин-туохтарын билэн баран, үөһэ тыыммыттара, тугу билэллэрин барытын кэпсээбиттэрэ, бу эдэркээн уолаттарга харыстыыр, араҥаччылыыр халыҥ хахханы, суон дурданы көрбүттэрэ.
Аныгы сэрии – Аҕа дойду Улуу, Афганистан, Чечня сэриилэриттэн чыҥха атын. Тиэхиньикэ сайдыытын хаамыытынан сэрии сэптэрэ эмиэ сайдан иһэллэр. Урукку өттүгэр саанан-саадаҕынан, эт илиилэринэн киирсиһэр буоллахтарына, билиҥҥи кэмҥэ арааһынай тепловизордар, прицеллэр, ыраахтан билэр-көрөр аппаратуралар, дроннар көмөлөрүнэн сэриилэһэллэр. Онон саһарга ыарахан, көрдүүргэ чэпчэки курдук буолан тахсар.
Икки ый курдук сэриилэһэн баран биирдэ Сирия Пальмира куоратыгар сэриилэһэ сылдьалларын билбиттэрэ. Сэрии урусхаллаабыт куората көрүөххэ ынырык хартыына этэ. Хаһан эрэ иллээх-эйэлээх олох күөстүү оргуйа турбут куората билигин оччотооҕу көстүүтүн уоттаах сэрии будулҕаныттан ордон хаалбыт эркиннэригэр барбах иҥэринэн, күөдэн-таһаа буолан турара көрүөххэ ыарахана. Хаһан эрэ, түҥ былыр атыы-эргиэн муҥутуу сайдыбыт куората көмүһүнэн, солконон сууланан кэрэ кыыстыы киэркэйэн турбута. Бу куоракка бастыҥтан бастыҥ табаарынан эргинэллэрэ, араас туманы, солко таҥаһы атыылыыр аар-саарга аатырбыт эргиэн кииннэрдээҕэ. Тыһыынчанан сыллар тухары киэргэниэҕинэн киэргэммит кэрэ куону санатар куорат, былдьаһыкка түбэһэн, хас да уоттаах сэриини көрсөн, билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ баарын барытын сүтэрбит, сыккырыыр тыына эрэ ордубут тулаайах эмээхсини санатара. Ордон хаалбыт дьиэлэр оҥойон турар түннүктэрэ-үөлэстэрэ маннык олохтон сылайан, ытаан-ытаан хараҕын уута кэлбэт буолбут сирэйдэргэ майгынныыллара, хас биирдии тутуу «аны кэлэн синэ биир» диэбиттии көстүүлээҕэ. Хаһан эрэ манна эйэлээх олох, үөрүү, дьол баар буола сылдьыбытын ити дьулаан көрүҥнэрэ тамты мэлдьэһэр курдуктара. Арай бу көстүүнү халлааҥҥа сандаарыччы тыгар күн, «чэйиий, чэлгийиий!» диэбиттии, сырдык сардаҥаларынан кууспахтыыра, итии тыал онуоха арыт көрдөһөрдүү наҕыллык, арыт кыыһырбыттыы холустук үрэн олох баарын биллэрэ сатыыра.
Аан бастаан сэриигэ киирэн баран эдэркээн уолаттар уолуйаллара, куттаналлара ханна барыай? Сэрии диэн – эн эбэтэр кини, өлүү уонна олох. Олохтон арахсыы уонна тыыннаах хаалыы – икки утарыта турар күүстэр хабыр хапсыһыылара, тыын былдьаһыылара. Бэргэн, инчэҕэй эттээх, тэбэр сүрэхтээх киһи, сэрии толоонугар аан маҥнай сүрэхтэнэригэр хайаан долгуйбат, куттаммат буолуой?!
Кини сэриигэ бастакы киириитигэр операция хаамыыта хамандыыртан улахан тутулуктааҕын бигэтик өйдөөбүтэ. Хамандыыр ханнык соругу ыларыттан, ону хайдах толороруттан уонна саллааттарга толортороруттан кыргыһыы хаамыыта салаллара. Саллааттар бэйэ- бэйэлэригэр сыһыаннара, бу иннинэ ылбыт үөрүйэхтэрин, уһуйуллубут үөрэхтэрин тус кыахтарын, дьоҕурдарын барытын толору туһаналлара эмиэ улахан төһүү буолара. Бирикээс аата бирикээс, уолаттар хамандыырдарын сорудаҕын тута толорон иһэллэрэ. Бэргэн бэйэтигэр бэриллибит сорудаҕын толороругар саха булчутун сонордьут хаана, ылсыбытын хайаан даҕаны тиһэҕэр тиэрдэр сахалыы ньоҕой майгыта уонна уйулҕа өттүнэн кыраттан ымыттыбат, тыыннаах хааларга дьулуһар ис күүһэ улаханнык көмөлөспүттэрэ. Кини сэриигэ уйулҕа өттүнэн барыга бары бэлэм буолуу улахан суолталааҕын билбитэ. Төһө да эт-хаан өттүнэн күүстээх, быыппаста оонньуур быччыҥнаах буол, уйулҕа өттүнэн бэлэмэ суох буоллаххына – сэрии сиэртибэтэ эрэ буоларга тиийэҕин. Хаантан- сиинтэн ымыттыбат холку уонна өлүүттэн уолуһуйбат, куттаммат буолуу аан бастакынан ирдэнэрэ. Сэриигэ түргэнник толкуйдаан уонна ыксаллаах түгэҥҥэ тута сөптөөх быһаарыныыны ылынан, өстөөх хайдах дьаһанарын өтө таайан, ырыҥалаан билэр дьоҕур улахан суолталаах.
Сэрии толоонуттан биһиэннэрэ туруоруллубут соругу чиэстээхтик толорон, операцияны сүтүгэ суох кыайыылаах тахсан түмүктээбиттэрэ.
КҮН ДЬОНУН КӨМҮСКЭЭРИ
Бэргэн балаҕан ыйын саҥатыгар, айылҕа күөх нуолур солко көстүүтэ көмүскэ сууланар кэмигэр, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут кыыс кэрэ айылҕалаах Сахабыт сирин биир ытык-мааны Эбэтин үрдүгэр турар сэлиэнньэҕэ күн сирин көрбүтэ. Ийэлээх аҕатын күүтүүлээх кэтэһиилээх бастакы оҕолорун, саха боотурун Бэргэн диэн сүрэхтээбиттэрэ. Бэргэн аҕатын кытары тэҥҥэ үлэлэһэн, оттоон-мастаан, муус- мас тиэйсэн, тыа сирин оҕотун сиэринэн барыны бары сатыыр буола улааппыта.
Оскуола боруогун атыллаан үөрэнээччи буолуоҕуттан бэйэтин кыанар, илиитигэр-атаҕар күүстээх уол спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттан, өрүү түөһүгэр мэтээл иилиниилээх кэлэрэ. Үөрэҕэр эмиэ тыыппалааҕа, онон бары өттүнэн дэгиттэр үөрэнээччи буолбута.
Үрдүкү кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, оскуола оҕолорун сэбиэтин быһаарыытынан оскуола президенинэн талбыттара. Үөрэҕэр ситиһиилээх, спорка көхтөөх кыттааччы быһыытынан Президент харыйатыгар барар чиэскэ тиксибитэ. Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлбит, үөрэхтэригэр үчүгэй, оскуола олоҕор көхтөөхтүк кыттар үөрэнээччилэри кытары сылдьыбыта. Атын оҕолорго холобур буолар үөрэнээччи быһыытынан туйгун бэрээдэктээх, үчүгэй үөрэхтээх, барытыгар дэгиттэр уол оскуолаҕа тиһэх чуорааны тыаһатан олох киэҥ аартыгар үктэнэр күнэ-дьыла тиийэн кэлбитэ.
Араас үөрэхтэри сыымайдаан көрөн баран, уһанар дьоҕуругар эрэнэн, олоҕун тутуу идэтин кытары ситимнииргэ санаммыта. Саха сиригэр үөрэх туттарсыыта буолуон иннинэ киин куорат үөрэхтэрин кыһатыгар туттарсыы буолара. Бэргэн, бэрт улахан тургутууну ааһан, киин куорат үрдүк үөрэҕин кыһатыгар архитектор идэтигэр үөрэххэ киирбитэ.
…Бэргэн ол сыл үһүс куурус буолбута. Устудьуон, үөрэнээччи эрэ барыта сайыҥҥы сынньалаҥнарыттан ахтыһан түмсэр, саҥа үөрэх дьылын уруйдуур-айхаллыыр балаҕан ыйын маҥнайгы күннэрэ үүммүтэ. Аан дойду үрдүнэн эйэлээх олоҕу айхаллыы турбут чаҕылыччы тыкпыт күннээх халлаан маҥан баанчыктаах кыргыттары, сибэкки тутуурдаах суумка сүкпүт уолаттары ыраахтан имэрийэ көрөрө. Оскуола боруогун аан маҥнай атыллыыр кырачааннар үөрэнээччи аатын сүгэр үөрүүлээх күннэрэ этэ. Хомойуох иһин, бу үөрүүлээх күҥҥэ ыраах Беслан куорат олохтоохторо сидьиҥ, киһи киэбиттэн тахсыбыт аһыҥас хааннаах сиэрэ суох дьон илиититтэн хаанынан ытаабыттара, оҕолоруттан, чугас дьонноруттан илиилэрин соттон хаалбыттара. Бэйэлэрин олохторун кэрэйбэт буолбут дьон оскуолаҕа мустубут үөрэнээччилэри, кинилэр төрөппүттэрин, учууталлары барыларын толук ылан хас да күнү быһа сордообуттара, дэлби тэптэрбиттэрэ…
Бу ыар сурах иһитиннэрэр, көрдөрөр, биллэрэр ситим нөҥүө аан дойдуну атыйахтыы аймаабыта. Телевизорга билиэн түбэспит оҕолору, уйулҕалара хамсаабыт учууталлары, уҕараабат аймалҕанынан туолан куттара көппүт төрөппүттэри, өлөрөр-өһөрөр эрэ санаалаах, хааннара турбут, аптамааттарын кыбына сылдьар бандьыыттары көрөн, устудьуон уол санаата оонньообута. Хараҥа күүстэртэн күн дьонун көмүскээн, айыы аймаҕын харыстаан, сир үрдүттэн сидьиҥ быһыыны суох оҥорор туһугар охсуһуон баҕарар санаа өйүгэр-сүрэҕэр өспөттүү күөдьүйэн кэлбитэ. Онтон ыла үөрэнэр үөрэҕэ үөрэх буолбатаҕа, көрбүт хартыыналара хараҕар киинэ лиэнтэтин курдук эргийэн көстө тураллара.
Аҕыйах хоноот, военкомат күһүҥҥү хомуурун саҕана үөрэнэ тиийбитигэр:
– Петров, эйиэхэ аармыйаҕа сулууспалыы барарга бэбиэскэ кэлбит, – диэбиттэрэ.
Бэбиэскэтин тутаат, ону эрэ кэтэһэ сылдьыбыт курдук, тута военкомакка тиийбитэ. Военкомҥа киирэн бэрт холкутук эрээри быһаарыныылаахтык:
– Миигин аармыйа кэккэтигэр ылыҥ, – диэн тылламмыта.
Военком, уолу чинчилиирдии көрөн олорон:
– Үөрэнэҕин дуо? – диэбитэ.
– Устудьуоммун.
– Устудьуон буоллаххына, баран үөрэн, – диэт, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, остуолга сытар кумааҕылары бэрийэн барбыта.
– Мин аармыйаҕа барыахпын баҕарабын! – Бэргэн куолаһа өссө чиҥээбитэ.
– Эн бу туох буолбут киһигиний?! Атыттар аармыйаттан куота сатыыллар, эн буоллаҕына тыллана тураҕын! Баран үөрэххин бүтэр! – диэн бардьыгыныы быластаан саҥаран баран, военком ойон турбута.
– Үөрэх күүтүө! Мин быһаарыммытым – хайаан да барыах тустаахпын! – диэн булгуруйбат быһаарыныыны ылыммытын биллэрэн, хамыһаар хараҕын утары көрбүтэ.
Анарааҥҥыта бу иннигэр турар эдэр киһи аармыйаҕа ыллахтарына эрэ бу хостон тахсардыы туруммутун көрөн:
– Тылланар буоллаххына, ылабыт. Ханнык чааска бараҕын? – диэбитэ.
– Бэйэм талыахпын сөп дуо? – Бэргэн, күүппэтэҕин истэн, соһуйан утары ыйыппыта.
Хамыһаар хас даҕаны спецчааһы ааттаталаабытыттан Бэргэн санаата ГРУ (главное разведывательное управление) аналлаах чааһыгар тохтообута:
– ГРУ, – диэн доргуччу эппитэ.
СНАЙПЕР ОСКУОЛАТЫГАР
Бэргэн 2004 сылтан күн бүгүнүгэр диэри бирисээгэ биэрбит ГРУ аналлаах чааһыгар сулууспалыы сылдьар. Суһал сулууспаҕа ыҥырыллыбытын кэнниттэн, бирисээгэ биэриэхтэрин иннинэ, стрельбищеҕа илдьибиттэрэ. 15 ботуруон биэрэн баран кэккэлэһэ турар сыаллары ытыалыырга сорудахтаабыттара. Оҕо эрдэҕиттэн булка сыстаҕас уол, бэрт сыыдамнык туттан саатын иитэн баран, биирдии ытыынан сыалларын холкутук охтортообута. Ону көрөн турбут эписиэр сөхпүтүн кистээбэтэҕэ уонна: «200 киһиттэн бэрт аҕыйах киһи эн курдук ытар. Быһаарылынна – снайпер буолаҕын», – диэбитэ.
Байыаннай бирисээгэ кэнниттэн бойобуой подразделениеҕа көһөрбүттэрэ уонна тута снайпер дуоһунаһыгар туруорбуттара. Ити курдук Бэргэн спорт хайысхалаах ротаҕа түбэспитэ. Бэрт сэргэх күрэхтэһиилэрдээх олох саҕаламмыта, разведчиктар куоталаһыыларыгар ротанан ытыыга өрүү миэстэлэһэр, үксүгэр бастыыр этилэр. Хас да сыл араас күрэхтэһиилэргэ кыайан, миэстэлэһэн өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыттара.
Бэргэн дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка снайпер оскуолатыгар туттарсан киирэр сыаллаах кэлбитэ. Уустук тургутуулары ааспыта. Араас сүүрэр сыалы ытыыны таһынан, уйулҕа өттүнэн тургутуу кытаанах ирдэбиллэрдээх этэ. Бэрт эрэйдээх ыйытыктары, тургутуктары толорбуттара. Быһаарыылаах кэпсэтии күнүгэр ытааччы үөрэҕэр туттарсааччылары биир-биир ыҥырталаан ылан кэпсэппиттэрэ. Ытааччы буолуон баҕалаах элбэҕэ сөхтөрбүтэ. Уһун уочарат кэнниттэн кэмниэ-кэнэҕэс:
– Петров! – диэн ыҥырбыттара.
Бэргэн киирэн тоҥхох гынан дорооболоспута уонна полковник иннигэр олорунан кэбиспитэ. Кумааҕыны тутан олорон төбөтүн илгистибитэ:
– Петров, эйигин сатаан ыыппаппыт, барбат буоллуҥ!
Бэргэн тургутууну барытын аастым дии санаан олорбута.
– Тоҕо?! – диэн ыйыппыта.
– Барбаккын, тургутууну ааспатыҥ! – диэт, илиитигэр тутан олорбут кумааҕыларын Бэргэн иннигэр үҥүлүппүтэ.
Бэргэн хайаан даҕаны бу үөрэххэ киирэр санаалаах ыраахтан айаннаан кэлбитэ уонна снайпер буолар кытаанах санаатын ыһыктыбакка олороро. Полковник кумааҕы түмүгүнэн «тургутууну ааспатыҥ» диэбитэ ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии иһиллибитэ. Снайпер оскуолатыгар киирэр ыра санаата тарбаҕын быыһынан кумах курдук тохтор дьылҕаламмытын өйдөөбүтэ. Ытар дьоҕурун көрбөккөлөр ханнык эрэ кумааҕы түмүгүнэн быһаараары гыммыттара, бачча бэлэмнэммитэ халтай хаалан эрэрэ эдэр киһиэхэ олус кыһыылааҕа. Бэргэн иннигэр олорор полковнигы кытары сөпсөһөн кумааҕытын ылан, сыалын ситиспэккэ, туруорсубакка саҥата суох тахсан баран хаалара хобдоҕо бэрт этэ. Ол иһин полковник «тургутууну ааспатыҥ, бар» диэбит тылларын ылымматаҕа, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэ, санаабытын олоххо киллэрэ үөрэммит майгыта утарыласпыта. Синэ биир дии санаабыта уонна быһаарыылаахтык:
– Табаарыс полковник, миигин үөрэххэ ылыҥ, мин үөрэҕи түргэнник ылынар киһибин, – диэбитэ. Онтон: – Ыллаххытына, кэмсиниэххит суоҕа, – диэн эбэн биэрбитэ.
– Хантан сылдьаҕын? – полковник Бэргэни утары көрбүтэ.
– Саха сириттэн, – диэн Бэргэн киэн туттардыы хардарбыта.
Саха сирин тыйыс айылҕатыгар сааны илиитигэр ылбатах диэн оччоттон баччаҕа диэри суоҕун тэҥэ. Былыр-былыргыттан араас хоргуйуу, сут кэмигэр баай барыылаах Байанай биэрэр булдунан аһаан-таҥнан сахалар саха буолан баччааҥҥа диэри тыыннаах кэллэхпит. Төһө даҕаны билигин күн талбыта баар олоҕор олордорбут, саха киһитэ саа тутан көтөр кынаттааҕы, сүүрэр атахтааҕы бултуур айылҕата хааныгар баар буоллаҕа. Ону аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыт саха уолаттара бэргэн ытааччылар, туйгун разведчиктар, бастыҥ сэрииһиттэр кэккэлэригэр сылдьыбыттара да туоһулуур.
Бэргэн икки эһэтэ иккиэн бэргэн ытааччы этилэр. Аҕатын аҕата бэйэтин кэмигэр кадровай булчут, Охотскай байҕалга тиийэ сатыы тэлэһийэн бултаабыт киһи. Оттон ийэтинэн эһэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитэ, үгүс уордьаннаах төннүбүтэ. Онон Бэргэн күөн туттар дьонуттан – икки эһэтиттэн – бэриһиннэрбит бэргэн ытааччы буолуохтаах удьуорун утума хааныгар баара.
Полковник, чочумча соҕус толкуйдаан баран, уруучука ылан биэдэмэскэ илии баттаан эрилиннэрбитэ уонна: «Чэ, көрүөхпүт», – диэбитэ. Полковник эриллэҕэс буочарынан «принят» диэн суруйбутун көрөөт, Бэргэн мичээрдээн маҥан тиистэрэ кэчигирэспиттэрэ:
– Махтанабын! Ылбыккытын кэмсиниэххит суоҕа! – диэбитэ.
Снайпер оскуолатыгар үөрэх саҕаламмыта. Үөрэх сүрүнэ хамсыыр, сүүрэр сыалы ытыы уонна уйулҕа өттүнэн кытаанах буолууга уһуйуу этэ. Уол сүүрэн иһэр сыалы табарга тэҥнээҕин булбатаҕа. Үөрэххэ ылымаары гыммыт полковнига ытыыга дьарыктыыра, үөрэтэрэ. Снайпер оскуолата Бэргэни сааны хараҕын харатын курдук харыстыырга, мэлдьи бэрэбиэркэлии сылдьарга, кичэйэн ыраастыырга үөрэппитэ. Снайперга саа син биир хирург скальпелын тэҥэ буоларын кини бигэтик өйдөөбүтэ.
Ол курдук этэҥҥэ үөрэнэн чааһыгар төннүбүтэ. Снайпер идэлээхтэр спорт ротатыгар киирсэллэрэ, тиһигин быспакка дьарыктаналлара уонна таба ытыыга элбэхтик күрэхтэһэллэрэ. Бэргэн, үөрэнэн кэлээт, уолҕамчы санаатыгар «бэлэммин» диэн командировкаҕа хаһан барарын күүтэрэ. Ол эрээри кинини командировкаҕа ыытар туһунан кэпсэтии суоҕун курдук суоҕа. Онон ылбыт үөрэҕин түмүгэ күрэхтэһиилэргэ бастакы миэстэни ыларынан муҥурданара. Биирдэ разведчиктар күрэхтэһиилэригэр бастаабытыгар ыраахтан хараҕа бэркэ сөбүлүү көрбүт киһитэ: «Петров!» – диэн ыҥыраат, утары хааман кэлэн илиитин биэрбитэ. Өйдөөн көрбүтэ, били Москваҕа үөрэххэ ылымаары гыммыт полковнига мичээрдии турар эбит.
– Дорообо, табаарыс полковник! – диэбитэ Бэргэн.
– Ситиһиилэргин истэбин, күрэхтэһиилэргэ ытаргын көрөбүн. Сүүрэн иһэр сыалы барытын табаргын сөҕөбүн. Биһиги оскуолаҕа үөрэппит уолаттарбыттан эн саамай бастыҥ ытааччыгын. Снайпер оскуолатыгар эн олохтообут рекордкун билигин да ким даҕаны ситэ илик. Эн ити хайдах ытаҕыный? – диэн полковник Бэргэни хайҕаабыта, кини сөҥ куолаһыгар киэн туттуу дорҕоонноро иһиллэн ааспыттара.
Снайпер оскуолатыгар сыл ахсын ахсаана биллибэт элбэх саллаат кэлэн үөрэнэн барара, барыларын ааттарынан өйдүүр уустук этэ. Арай тарбахха баттанар чаҕылхай үөрэнээччилэри эрэ киһи өйдүөн сөбө. Снайпер оскуолатын полковнига хас да сыл ааспытын кэннэ өйдүүрэ, кэлэн кэпсэппитэ, хайҕаабыта Бэргэн бэйэтигэр эрэлин өссө күүһүрдэн биэрбитэ.
***
Сыл-хонук ааһан испитэ, оттон Бэргэн спецназка киирэригэр туруоруммут сыала күрэхтэһиилэринэн эрэ муҥурданар курдуга. Биирдэ: «Бэлэммин, хаһан барабын?» – диэн этэн көрбүтүн «өссө да эрдэ» диэн буолбута. Ол оннугар суһал сулууспалааччылар чаастарыгар взвод хамандыырынан анаабыттара. Биэс сыл курдук хамандыырдаан баран миэнэ буолбатах диэн түмүккэ кэлбитэ. Эйэлээх нэһилиэнньэни куорҕаллыыр бандьыыттары кытары күөн көрсөр түгэнэ ырааттар ыраатан, ханна эрэ хойуу туман кэтэҕэр суураллан хаалбыт курдуга.
Кэмниэ-кэнэҕэс 2012 сыллаахха бастакы командировкатыгар Ингушетияҕа аттаммыта. Үс ый кэриҥэ хайанан, тыанан сылдьан снайпер идэтэ тугу эрэйэрин, хайдах буоларын илэ хараҕынан көрбүтэ. Маҥнайгы сырыылара буолан, кыраҕы харахтаах ытааччы тугу таҥнан-симэнэн, хайдах сэбилэнэн сылдьыахтаҕын ымпыгар-чымпыгар диэри үөрэппиттэрэ. Командировкаттан кэлэн баран сүрүннээн эдэр снайпердары, атын подразделениелар снайпердарын дьарыктаан, билиилэрин-көрүүлэрин үллэстибиттэрэ. Күрэхтэһиилэринэн илдьэ сылдьыбыттара.
Бэргэн 2015 сыллаахха Москваҕа баран инструктор-снайпер идэтигэр уһуйуллан инники үөрэҕин өссө чиҥэтэн, сайыннаран кэлэн, эдэр снайпердары салгыы үөрэппитэ. Ньыматын уларытан, эдэр ытааччыларга ханнык саанан, ботуруонунан хайдах үлэлиир ордугун үөрэппитэ, бэйэтин тус үөрүйэҕиттэн үллэстибитэ.
ХАЙА ТЫЫНА
Атырдьах ыйыгар күн киһи оройун дьөлө көрүөх айылаах куйааһа этэ. Эгэлгэ бэйэлээх, урут көрбөтөх үүнээйилэрэ элбэхтэрэ. Сиппит фрукталар халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мастартан «миигин сиэ даа» диэбиттии ымсыырда, көөчүктүү үүнэн тураллара. Күн талбыт астара – гранат, виноград эгэлгэтэ, апельсин, дьаабылыка, грек эриэхэтэ.
Биирдэ Бэргэн хайаҕа сэриилэһэ сылдьан, позицияҕа кэтэбилгэ турдаҕына, тыын харбаһыылаах тыҥааһыннаах түбэлтэ буолбута. Балачча олорбуттарын кэннэ арай туох эрэ салгыны хайытан чырылыыр тыаһа иһиллибитэ. Тыас хоту эргиллэ биэрбитэ, кинини көрбүтүнэн тааҥканы урусхаллыыр, салайыынан көтөр ракета – ПТУР иһиирэ-иһиирэ көтөн иһэр эбит. Кыл мүччү хаптас гынаатын кытары ДОТ-тун ойоҕоһугар тиийэн дэлби тэппитэ. Быыл бөҕө соҕотохто бурҕас гына түспүтэ. Хамандыыр ыксаабыт куолаһынан: «Бэргэн, Бэргэн!» – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, быыл күдэригин быыһыттан сүүрэн тахсыбыта. «Тыыннаах!» – диэт, Бэргэҥҥэ утары ыстаммыта. «Барыта үчүгэй, табаарыс хамандыыр», – диэн баран, уол өрө уһуутаабыта. Ити курдук аан маҥнайгытын өлөр өлүүнү уун-утары көрсүбүтэ, кини тыыннаах хаалар быатыгар барыта этэҥҥэ ааспыта. Ити кэнниттэн Сирия сэрииһиттэрэ кимэн киирбиттэрэ. Онно Бэргэннээх снайпердыы бөлөхтөрө көмөҕө тахсыбыта. Бэйэ-бэйэлэрин тылларын өйдөөбөт буоланнар, тылбаасчыттаах кэпсэтэллэрэ. Сэрии толоонугар кимэн киирии буола турар сиригэр миинэ бөҕө ардах курдук түһэрэ. Кимэн киириигэ кыттыахтаах уолаттар уонтан тахса этилэрэ. Аттыгар турар тылбаасчыт уолга хаһыытаабыта: «Саллааттарга тэйиччи соҕус атаакаҕа сырыттыннар диэн эт!» Онуоха уола хап-сабар: «Сөп», – диэн хардарбыта. Кимэн киирэр сирдэригэр миинэлэр эстэн дэлбэритэ ыстаммыттара. Сотору соҕус баран испит саллааттар аны биир сиргэ чөмөхтөһөн баран олорунан кэбиспиттэрэ. Бэргэн «хайдах буолбут дьонуй?» диэн иһигэр кыыһыра санаабыта. Куолаһын сонотон тылбаасчыкка өйдөнөр гына хаһыытаан бытарыппыта: «Дьоҥҥор эт, тэйиччи-тэйиччи олордуннар!». Тылбаасчыт уол рациятын ылан дьонугар эппитэ, син истибит курдук хамсаммыттара, хас да уол туран барбыттара эрээри, сорохторо олорбут миэстэлэриттэн хамсаабатахтара. «Тоҕо истибэттэрий?» диэн кыһыйа санаан истэҕинэ, миинэ сирилээн кэлбитэ да, олорор уолаттар ортолоругар эстибитэ, уонча уолу дэлби тэбэн кэбиспитэ. Хаарыан уолаттар олорбутунан тыла суох бардахтара ити. Тыыннаах хаалбыттартан ким эрэ уолуйан мээнэ сүүрэкэлиирэ, ким эрэ бааһырыыттан хаһыытыыра…
Уочарканы толору «Чолбон» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ.