Кэнники кэмҥэ Россия байыаннайдара аан дойду араас муннуктарыгар тактическай уонна стратегическай суолталаах боппуруостарынан дьарыктанар буоллулар. Ол сорудахтары толорор анал байыаннай тэрилтэлэр уонна контрагынан сулууспалыыр идэтийбит байыаннайдар араҥалара үөскээтэ. Бу дьон үгүстэрэ билигин Украинаҕа анал сорудаҕы толоро сылдьаллар. Күн бүгүн кинилэр төһө сөптөөх дьайыылары, хамсааһыннары оҥорбуттарын сыаналыыр уустук, ол гынан баран биһиги билигин өйдүүрбүтүнэн кинилэр аҕа дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин төлүү сылдьар дьон буолаллар. Кинилэр кэккэлэригэр Саха сирин ыччаттара, чуолаан саха омук уолаттара эмиэ баалларын туһунан дьон-сэргэ үһү-тамах курдук да буоллар истэ-билэ сылдьар. Биир оннук саха чаҕылхай ыччата, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ Бэргэн Петров туһунан уочарканы билиһиннэрэбит.
***
«Түҥ-түҥ! Эн өллүҥ!». Уончалаах уолаттар тэлгэһэ тутууларын быыстарыттан мас саанан ытыалаһан сэриилэһэ оонньуу сылдьаллар, аптамаат тыаһын үтүктэр саҥалара биир кэм тирилээн-бирилээн олорор. «Бэргэн наар үөһэттэн ытыалыыр буолбат дуо, ол иһин барыбытын өлөрдө», – диир эрдэ табыллан «өлөн» хаалан оонньууттан астымматах кыра уолчаан. «Кырдьык, Бэргэн наар саһан баран ытыалыыр уонна барыбытын булар», – диэн ким эрэ саҥата кыра уолчаан диэки буолар. Бэргэн ампаар үрдүттэн бэрт сымсатык сиргэ ыстанар. Бииргэ сэриилэспит оҕолоро кини тула чөмөхтөһө түһэллэр: «Ити дии! Үөһэттэн барыбытын өлөртөөтүҥ», – дэһэллэр. «Үөһэ эмиэ көрүөххүтүн. Сэриигэ үөһэттэн эмиэ ытыалыыллар», – Бэргэн доҕотторугар холкутук быһаарар. Доҕотторо, мөккүһэн көрөн баран, син биир санааҕа кэлэн, киэһээҥҥи борук буолуута дьиэлэринэн тарҕаһаллар. Сарсын киэһэ эмиэ сэриилээх оонньуохтара турдаҕа…
***
Уоттаах сэриигэ маҥнайгы айан барыларыгар долгутуулаах этэ. Бастыҥтан бастыҥ уонча байыас сааланан-саадахтанан, кустук курдук куоһанан, урут киинэлэргэ эрэ көрбүт кыргыһыы толоонугар айаннаан испиттэрэ. Ханна, кимнээҕи кытары сэриилэһэ баран иһэллэрин хайалара даҕаны билбэтэ. Ол эрээри кинилэр биири билэллэрэ – эйэлээх дьон олоҕун аймаабыт бандьыыттары утары киирсэ айаннаан иһэллэрин. Уолаттар балачча өр саҥата суох бэйэлэрин санааларыгар бүгэн олордохторуна, куйахтаах «Камаз» тохтуу биэрбитэ. Массыынаттан ким эрэ ыстанан түһэр тыаһа иһиллибитэ, онтон хамандыырдарын саҥата «кэллибит» диэбитэ.
Уолаттар, массыынаттан таһырдьа тахсаат, харахтара тэйиччи төбөлөрө сараадыһан турар пальмаларга хатаммыта. «Ханна кэлбиппит буолуой?» Бэргэн үктэммит сирин кырса ханнык дойду буоларын таайа сатаабыта. Куораттан чугас, босхоломмут дэриэбинэҕэ быраҕыллыбыт оскуола иккис этээһигэр олохсуйбуттара. Уолаттар тиийээт даҕаны сири-уоту үөрэтэн барбыттара. Үрдүк пальмалаах дойду күнүс итии, түүнүн тымныы этэ. Олохтоохтор нууччалыы өйдөөбөт этилэр. Уолаттар кинилэри кытары көрсөн тылбаасчыт көмөтүнэн өстөөхтөр ханна уйаланан олороллорун сураһан билбиттэрэ. Уоттаах сэрииттэн уолуйбут олохтоох дьон, Бэргэннээх кимнэрин-туохтарын билэн баран, үөһэ тыыммыттара, тугу билэллэрин барытын кэпсээбиттэрэ, бу эдэркээн уолаттарга харыстыыр, араҥаччылыыр халыҥ хахханы, суон дурданы көрбүттэрэ.
Аныгы сэрии – Аҕа дойду Улуу, Афганистан, Чечня сэриилэриттэн чыҥха атын. Тиэхиньикэ сайдыытын хаамыытынан сэрии сэптэрэ эмиэ сайдан иһэллэр. Урукку өттүгэр саанан-саадаҕынан, эт илиилэринэн киирсиһэр буоллахтарына, билиҥҥи кэмҥэ арааһынай тепловизордар, прицеллэр, ыраахтан билэр-көрөр аппаратуралар, дроннар көмөлөрүнэн сэриилэһэллэр. Онон саһарга ыарахан, көрдүүргэ чэпчэки курдук буолан тахсар.
Икки ый курдук сэриилэһэн баран биирдэ Сирия Пальмира куоратыгар сэриилэһэ сылдьалларын билбиттэрэ. Сэрии урусхаллаабыт куората көрүөххэ ынырык хартыына этэ. Хаһан эрэ иллээх-эйэлээх олох күөстүү оргуйа турбут куората билигин оччотооҕу көстүүтүн уоттаах сэрии будулҕаныттан ордон хаалбыт эркиннэригэр барбах иҥэринэн, күөдэн-таһаа буолан турара көрүөххэ ыарахана. Хаһан эрэ, түҥ былыр атыы-эргиэн муҥутуу сайдыбыт куората көмүһүнэн, солконон сууланан кэрэ кыыстыы киэркэйэн турбута. Бу куоракка бастыҥтан бастыҥ табаарынан эргинэллэрэ, араас туманы, солко таҥаһы атыылыыр аар-саарга аатырбыт эргиэн кииннэрдээҕэ. Тыһыынчанан сыллар тухары киэргэниэҕинэн киэргэммит кэрэ куону санатар куорат, былдьаһыкка түбэһэн, хас да уоттаах сэриини көрсөн, билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ баарын барытын сүтэрбит, сыккырыыр тыына эрэ ордубут тулаайах эмээхсини санатара. Ордон хаалбыт дьиэлэр оҥойон турар түннүктэрэ-үөлэстэрэ маннык олохтон сылайан, ытаан-ытаан хараҕын уута кэлбэт буолбут сирэйдэргэ майгынныыллара, хас биирдии тутуу «аны кэлэн синэ биир» диэбиттии көстүүлээҕэ. Хаһан эрэ манна эйэлээх олох, үөрүү, дьол баар буола сылдьыбытын ити дьулаан көрүҥнэрэ тамты мэлдьэһэр курдуктара. Арай бу көстүүнү халлааҥҥа сандаарыччы тыгар күн, «чэйиий, чэлгийиий!» диэбиттии, сырдык сардаҥаларынан кууспахтыыра, итии тыал онуоха арыт көрдөһөрдүү наҕыллык, арыт кыыһырбыттыы холустук үрэн олох баарын биллэрэ сатыыра.
Аан бастаан сэриигэ киирэн баран эдэркээн уолаттар уолуйаллара, куттаналлара ханна барыай? Сэрии диэн – эн эбэтэр кини, өлүү уонна олох. Олохтон арахсыы уонна тыыннаах хаалыы – икки утарыта турар күүстэр хабыр хапсыһыылара, тыын былдьаһыылара. Бэргэн, инчэҕэй эттээх, тэбэр сүрэхтээх киһи, сэрии толоонугар аан маҥнай сүрэхтэнэригэр хайаан долгуйбат, куттаммат буолуой?!
Кини сэриигэ бастакы киириитигэр операция хаамыыта хамандыыртан улахан тутулуктааҕын бигэтик өйдөөбүтэ. Хамандыыр ханнык соругу ыларыттан, ону хайдах толороруттан уонна саллааттарга толортороруттан кыргыһыы хаамыыта салаллара. Саллааттар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара, бу иннинэ ылбыт үөрүйэхтэрин, уһуйуллубут үөрэхтэрин тус кыахтарын, дьоҕурдарыны барытын толору туһаналлара эмиэ улахан төһүү буолара. Бирикээс аата бирикээс, уолаттар хамандыырдарын сорудаҕын тута толорон иһэллэрэ. Бэргэн бэйэтигэр бэриллибит сорудаҕын толороругар саха булчутун сонордьут хаана, ылсыбытын хайаан даҕаны тиһэҕэр тиэрдэр сахалыы ньоҕой майгыта уонна уйулҕа өттүнэн кыраттан ымыттыбат, тыыннаах хааларга дьулуһар ис күүһэ улаханнык көмөлөспүттэрэ. Кини сэриигэ уйулҕа өттүнэн барыга бары бэлэм буолуу улахан суолталааҕын билбитэ. Төһө да эт-хаан өттүнэн күүстээх, быыппаста оонньуур быччыҥнаах буол, уйулҕа өттүнэн бэлэмэ суох буоллаххына – сэрии сиэртибэтэ эрэ буоларга тиийэҕин. Хаантан-сиинтэн ымыттыбат холку уонна өлүүттэн уолуһуйбат, куттаммат буолуу аан бастакынан ирдэнэрэ. Сэриигэ түргэнник толкуйдаан уонна ыксаллаах түгэҥҥэ тута сөптөөх быһаарыныыны ылынан, өстөөх хайдах дьаһанарын өтө таайан, ырыҥалаан билэр дьоҕур улахан суолталаах.
Сэрии толоонуттан биһиэннэрэ туруоруллубут соругу чиэстээхтик толорон, операцияны сүтүгэ суох кыайыылаах тахсан түмүктээбиттэрэ.
Күн дьонун көмүскээри
Бэргэн балаҕан ыйын саҥатыгар, айылҕа күөх нуолур солко көстүүтэ көмүскэ сууланар кэмигэр, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут кыыс кэрэ айылҕалаах Сахабыт сирин биир ытык-мааны Эбэтин үрдүгэр турар сэлиэнньэҕэ күн сирин көрбүтэ. Ийэлээх аҕатын күүтүүлээх кэтэһиилээх бастакы оҕолорун, саха боотурун Бэргэн диэн сүрэхтээбиттэрэ. Бэргэн аҕатын кытары тэҥҥэ үлэлэһэн, оттоон-мастаан, муус-мас тиэйсэн, тыа сирин оҕотун сиэринэн барыны бары сатыыр буола улааппыта.
Оскуола боруогун атыллаан үөрэнээччи буолуоҕуттан бэйэтин кыанар, илиитигэр-атаҕар күүстээх уол спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттан, өрүү түөһүгэр мэтээл иилиниилээх кэлэрэ. Үөрэҕэр эмиэ тыыппалааҕа, онон бары өттүнэн дэгиттэр үөрэнээччи буолбута.
Үрдүкү кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, оскуола оҕолорун сэбиэтин быһаарыытынан оскуола президенинэн талбыттара. Үөрэҕэр ситиһиилээх, спорка көхтөөх кыттааччы быһыытынан Президент харыйатыгар барар чиэскэ тиксибитэ. Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлбит, үөрэхтэригэр үчүгэй, оскуола олоҕор көхтөөхтүк кыттар үөрэнээччилэри кытары сылдьыбыта. Атын оҕолорго холобур буолар үөрэнээччи быһыытынан туйгун бэрээдэктээх, үчүгэй үөрэхтээх, барытыгар дэгиттэр уол оскуолаҕа тиһэх чуорааны тыаһатан олох киэҥ аартыгар үктэнэр күнэ-дьыла тиийэн кэлбитэ.
Араас үөрэхтэри сыымайдаан көрөн баран, уһанар дьоҕуругар эрэнэн, олоҕун тутуу идэтин кытары ситимнииргэ санаммыта. Саха сиригэр үөрэх туттарсыыта буолуон иннинэ киин куорат үөрэхтэрин кыһатыгар туттарсыы буолара. Бэргэн, бэрт улахан тургутууну ааһан, киин куорат үрдүк үөрэҕин кыһатыгар архитектор идэтигэр үөрэххэ киирбитэ.
…Бэргэн ол сыл үһүс куурус буолбута. Устудьуон, үөрэнээччи эрэ барыта сайыҥҥы сынньалаҥнарыттан ахтыһан түмсэр, саҥа үөрэх дьылын уруйдуур-айхаллыыр балаҕан ыйын маҥнайгы күннэрэ үүммүтэ. Аан дойду үрдүнэн эйэлээх олоҕу айхаллыы турбут чаҕылыччы тыкпыт күннээх халлаан маҥан баанчыктаах кыргыттары, сибэкки тутуурдаах суумка сүкпүт уолаттары ыраахтан имэрийэ көрөрө. Оскуола боруогун аан маҥнай атыллыыр кырачааннар үөрэнээччи аатын сүгэр үөрүүлээх күннэрэ этэ. Хомойуох иһин, бу үөрүүлээх күҥҥэ ыраах Беслан куорат олохтоохторо сидьиҥ, киһи киэбиттэн тахсыбыт аһыҥас хааннаах сиэрэ суох дьон илиититтэн хаанынан ытаабыттара, оҕолоруттан, чугас дьонноруттан илиилэрин соттон хаалбыттара. Бэйэлэрин олохторун кэрэйбэт буолбут дьон оскуолаҕа мустубут үөрэнээччилэри, кинилэр төрөппүттэрин, учууталлары барыларын толук ылан хас да күнү быһа сордообуттара, дэлби тэптэрбиттэрэ…
Бу ыар сурах иһитиннэрэр, көрдөрөр, биллэрэр ситим нөҥүө аан дойдуну атыйахтыы аймаабыта. Телевизорга билиэн түбэспит оҕолору, уйулҕалара хамсаабыт учууталлары, уҕараабат аймалҕанынан туолан куттара көппүт төрөппүттэри, өлөрөр-өһөрөр эрэ санаалаах, хааннара турбут, аптамааттарын кыбына сылдьар бандьыыттары көрөн, устудьуон уол санаата оонньообута. Хараҥа күүстэртэн күн дьонун көмүскээн, айыы аймаҕын харыстаан, сир үрдүттэн сидьиҥ быһыыны суох оҥорор туһугар охсуһуон баҕарар санаа өйүгэр-сүрэҕэр өспөттүү күөдьүйэн кэлбитэ. Онтон ыла үөрэнэр үөрэҕэ үөрэх буолбатаҕа, көрбүт хартыыналара хараҕар киинэ лиэнтэтин курдук эргийэн көстө тураллара.
Аҕыйах хоноот, военкомат күһүҥҥү хомуурун саҕана үөрэнэ тиийбитигэр:
– Петров, эйиэхэ аармыйаҕа сулууспалыы барарга бэбиэскэ кэлбит, – диэбиттэрэ.
Бэбиэскэтин тутаат, ону эрэ кэтэһэ сылдьыбыт курдук, тута военкомакка тиийбитэ. Военкомҥа киирэн бэрт холкутук эрээри быһаарыныылаахтык:
– Миигин аармыйа кэккэтигэр ылыҥ, – диэн тылламмыта.
Военком, уолу чинчилиирдии көрөн олорон:
– Үөрэнэҕин дуо? – диэбитэ.
– Устудьуоммун.
– Устудьуон буоллаххына, баран үөрэн, – диэт, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, остуолга сытар кумааҕылары бэрийэн барбыта.
– Мин аармыйаҕа барыахпын баҕарабын! – Бэргэн куолаһа өссө чиҥээбитэ.
– Эн бу туох буолбут киһигиний?! Атыттар аармыйаттан куота сатыыллар, эн буоллаҕына тыллана тураҕын! Баран үөрэххин бүтэр! – диэн бардьыгыныы быластаан саҥаран баран, военком ойон турбута.
– Үөрэх күүтүө! Мин быһаарыммытым – хайаан да барыах тустаахпын! – диэн булгуруйбат быһаарыныыны ылыммытын биллэрэн, хамыһаар хараҕын утары көрбүтэ.
Анарааҥҥыта бу иннигэр турар эдэр киһи аармыйаҕа ыллахтарына эрэ бу хостон тахсардыы туруммутун көрөн:
– Тылланар буоллаххына, ылабыт. Ханнык чааска бараҕын? – диэбитэ.
– Бэйэм талыахпын сөп дуо? – Бэргэн, күүппэтэҕин истэн, соһуйан утары ыйыппыта.
Хамыһаар хас даҕаны спецчааһы ааттаталаабытыттан Бэргэн санаата ГРУ (главное разведывательное управление) аналлаах чааһыгар тохтообута:
– ГРУ, – диэн доргуччу эппитэ.
Снайпер оскуолатыгар
Бэргэн 2004 сылтан күн бүгүнүгэр диэри бирисээгэ биэрбит ГРУ аналлаах чааһыгар сулууспалыы сылдьар. Суһал сулууспаҕа ыҥырыллыбытын кэнниттэн, бирисээгэ биэриэхтэрин иннинэ, стрельбищеҕа илдьибиттэрэ. 15 ботуруон биэрэн баран кэккэлэһэ турар сыаллары ытыалыырга сорудахтаабыттара. Оҕо эрдэҕиттэн булка сыстаҕас уол, бэрт сыыдамнык туттан саатын иитэн баран, биирдии ытыынан сыалларын холкутук охтортообута. Ону көрөн турбут эписиэр сөхпүтүн кистээбэтэҕэ уонна: «200 киһиттэн бэрт аҕыйах киһи эн курдук ытар. Быһаарылынна – снайпер буолаҕын», – диэбитэ.
Байыаннай бирисээгэ кэнниттэн бойобуой подразделениеҕа көһөрбүттэрэ уонна тута снайпер дуоһунаһыгар туруорбуттара. Ити курдук Бэргэн спорт хайысхалаах ротаҕа түбэспитэ. Бэрт сэргэх күрэхтэһиилэрдээх олох саҕаламмыта, разведчиктар куоталаһыыларыгар ротанан ытыыга өрүү миэстэлэһэр, үксүгэр бастыыр этилэр. Хас да сыл араас күрэхтэһиилэргэ кыайан, миэстэлэһэн өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыттара.
Бэргэн дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка снайпер оскуолатыгар туттарсан киирэр сыаллаах кэлбитэ. Уустук тургутуулары ааспыта. Араас сүүрэр сыалы ытыыны таһынан, уйулҕа өттүнэн тургутуу кытаанах ирдэбиллэрдээх этэ. Бэрт эрэйдээх ыйытыктары, тургутуктары толорбуттара. Быһаарыылаах кэпсэтии күнүгэр ытааччы үөрэҕэр туттарсааччылары биир-биир ыҥырталаан ылан кэпсэппиттэрэ. Ытааччы буолуон баҕалаах элбэҕэ сөхтөрбүтэ. Уһун уочарат кэнниттэн кэмниэ-кэнэҕэс:
– Петров! – диэн ыҥырбыттара.
Бэргэн киирэн тоҥхох гынан дорооболоспута уонна полковник иннигэр олорунан кэбиспитэ. Кумааҕыны тутан олорон төбөтүн илгистибитэ:
– Петров, эйигин сатаан ыыппаппыт, барбат буоллуҥ!
Бэргэн тургутууну барытын аастым дии санаан олорбута.
– Тоҕо?! – диэн ыйыппыта.
– Барбаккын, тургутууну ааспатыҥ! – диэт, илиитигэр тутан олорбут кумааҕыларын Бэргэн иннигэр үҥүлүппүтэ.
Бэргэн хайаан даҕаны бу үөрэххэ киирэр санаалаах ыраахтан айаннаан кэлбитэ уонна снайпер буолар кытаанах санаатын ыһыктыбакка олороро. Полковник кумааҕы түмүгүнэн «тургутууну ааспатыҥ» диэбитэ ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии иһиллибитэ. Снайпер оскуолатыгар киирэр ыра санаата тарбаҕын быыһынан кумах курдук тохтор дьылҕаламмытын өйдөөбүтэ. Ытар дьоҕурун көрбөккөлөр ханнык эрэ кумааҕы түмүгүнэн быһаараары гыммыттара, бачча бэлэмнэммитэ халтай хаалан эрэрэ эдэр киһиэхэ олус кыһыылааҕа. Бэргэн иннигэр олорор полковнигы кытары сөпсөһөн кумааҕытын ылан, сыалын ситиспэккэ, туруорсубакка саҥата суох тахсан баран хаалара хобдоҕо бэрт этэ. Ол иһин полковник «тургутууну ааспатыҥ, бар» диэбит тылларын ылымматаҕа, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэ, санаабытын олоххо киллэрэ үөрэммит майгыта утарыласпыта. Синэ биир дии санаабыта уонна быһаарыылаахтык:
– Табаарыс полковник, миигин үөрэххэ ылыҥ, мин үөрэҕи түргэнник ылынар киһибин, – диэбитэ. Онтон: – Ыллаххытына, кэмсиниэххит суоҕа, – диэн эбэн биэрбитэ.
– Хантан сылдьаҕын? – полковник Бэргэни утары көрбүтэ.
– Саха сириттэн, – диэн Бэргэн киэн туттардыы хардарбыта.
Саха сирин тыйыс айылҕатыгар сааны илиитигэр ылбатах диэн оччоттон баччаҕа диэри суоҕун тэҥэ. Былыр-былыргыттан араас хоргуйуу, сут кэмигэр баай барыылаах Байанай биэрэр булдунан аһаан-таҥнан сахалар саха буолан баччааҥҥа диэри тыыннаах кэллэхпит. Төһө даҕаны билигин күн талбыта баар олоҕор олордорбут, саха киһитэ саа тутан көтөр кынаттааҕы, сүүрэр атахтааҕы бултуур айылҕата хааныгар баар буоллаҕа. Ону аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыт саха уолаттара бэргэн ытааччылар, туйгун разведчиктар, бастыҥ сэрииһиттэр кэккэлэригэр сылдьыбыттара да туоһулуур.
Бэргэн икки эһэтэ иккиэн бэргэн ытааччы этилэр. Аҕатын аҕата бэйэтин кэмигэр кадровай булчут, Охотскай байҕалга тиийэ сатыы тэлэһийэн бултаабыт киһи. Оттон ийэтинэн эһэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитэ, үгүс уордьаннаах төннүбүтэ. Онон Бэргэн күөн туттар дьонуттан – икки эһэтиттэн – бэриһиннэрбит бэргэн ытааччы буолуохтаах удьуорун утума хааныгар баара.
Полковник, чочумча соҕус толкуйдаан баран, уруучука ылан биэдэмэскэ илии баттаан эрилиннэрбитэ уонна: «Чэ, көрүөхпүт», – диэбитэ. Полковник эриллэҕэс буочарынан «принят» диэн суруйбутун көрөөт, Бэргэн мичээрдээн маҥан тиистэрэ кэчигирэспиттэрэ:
– Махтанабын! Ылбыккытын кэмсиниэххит суоҕа! – диэбитэ.
Снайпер оскуолатыгар үөрэх саҕаламмыта. Үөрэх сүрүнэ хамсыыр, сүүрэр сыалы ытыы уонна уйулҕа өттүнэн кытаанах буолууга уһуйуу этэ. Уол сүүрэн иһэр сыалы табарга тэҥнээҕин булбатаҕа. Үөрэххэ ылымаары гыммыт полковнига ытыыга дьарыктыыра, үөрэтэрэ. Снайпер оскуолата Бэргэни сааны хараҕын харатын курдук харыстыырга, мэлдьи бэрэбиэркэлии сылдьарга, кичэйэн ыраастыырга үөрэппитэ. Снайперга саа син биир хирург скальпелын тэҥэ буоларын кини бигэтик өйдөөбүтэ.
Ол курдук этэҥҥэ үөрэнэн чааһыгар төннүбүтэ. Снайпер идэлээхтэр спорт ротатыгар киирсэллэрэ, тиһигин быспакка дьарыктаналлара уонна таба ытыыга элбэхтик күрэхтэһэллэрэ. Бэргэн, үөрэнэн кэлээт, уолҕамчы санаатыгар «бэлэммин» диэн командировкаҕа хаһан барарын күүтэрэ. Ол эрээри кинини командировкаҕа ыытар туһунан кэпсэтии суоҕун курдук суоҕа. Онон ылбыт үөрэҕин түмүгэ күрэхтэһиилэргэ бастакы миэстэни ыларынан муҥурданара. Биирдэ разведчиктар күрэхтэһиилэригэр бастаабытыгар ыраахтан хараҕа бэркэ сөбүлүү көрбүт киһитэ: «Петров!» – диэн ыҥыраат, утары хааман кэлэн илиитин биэрбитэ. Өйдөөн көрбүтэ, били Москваҕа үөрэххэ ылымаары гыммыт полков-нига мичээрдии турар эбит.
– Дорообо, табаарыс полковник! – диэбитэ Бэргэн.
– Ситиһиилэргин истэбин, күрэхтэһиилэргэ ытаргын көрөбүн. Сүүрэн иһэр сыалы барытын табаргын сөҕөбүн. Биһиги оскуолаҕа үөрэппит уолаттарбыттан эн саамай бастыҥ ытааччыгын. Снайпер оскуолатыгар эн олохтообут рекордкун билигин да ким даҕаны ситэ илик. Эн ити хайдах ытаҕыный? – диэн полковник Бэргэни хайҕаабыта, кини сөҥ куолаһыгар киэн туттуу дорҕоонноро иһиллэн ааспыттара.
Снайпер оскуолатыгар сыл ахсын ахсаана биллибэт элбэх саллаат кэлэн үөрэнэн барара, барыларын ааттарынан өйдүүр уустук этэ. Арай тарбахха баттанар чаҕылхай үөрэнээччилэри эрэ киһи өйдүөн сөбө. Снайпер оскуолатын полковнига хас да сыл ааспытын кэннэ өйдүүрэ, кэлэн кэпсэппитэ, хайҕаабыта Бэргэн бэйэтигэр эрэлин өссө күүһүрдэн биэрбитэ.
***
Сыл-хонук ааһан испитэ, оттон Бэргэн спецназка киирэригэр туруоруммут сыала күрэхтэһиилэринэн эрэ муҥурданар курдуга. Биирдэ: «Бэлэммин, хаһан барабын?» – диэн этэн көрбүтүн «өссө да эрдэ» диэн буолбута. Ол оннугар суһал сулууспалааччылар чаастарыгар взвод хамандыырынан анаабыттара. Биэс сыл курдук хамандыырдаан баран миэнэ буолбатах диэн түмүккэ кэлбитэ. Эйэлээх нэһилиэнньэни куорҕаллыыр бандьыыттары кытары күөн көрсөр түгэнэ ырааттар ыраатан, ханна эрэ хойуу туман кэтэҕэр суураллан хаалбыт курдуга.
Кэмниэ-кэнэҕэс 2012 сыллаахха бастакы командировкатыгар Ингушетияҕа аттаммыта. Үс ый кэриҥэ хайанан, тыанан сылдьан снайпер идэтэ тугу эрэйэрин, хайдах буоларын илэ хараҕынан көрбүтэ. Маҥнайгы сырыылара буолан, кыраҕы харахтаах ытааччы тугу таҥнан-симэнэн, хайдах сэбилэнэн сылдьыахтаҕын ымпыгар-чымпыгар диэри үөрэппиттэрэ. Командировкаттан кэлэн баран сүрүннээн эдэр снайпердары, атын подразделениелар снайпердарын дьарыктаан, билиилэрин-көрүүлэрин үллэстибиттэрэ. Күрэхтэһиилэринэн илдьэ сылдьыбыттара.
Бэргэн 2015 сыллаахха Москваҕа баран инструктор-снайпер идэтигэр уһуйуллан инники үөрэҕин өссө чиҥэтэн, сайыннаран кэлэн, эдэр снайпердары салгыы үөрэппитэ. Ньыматын уларытан, эдэр ытааччыларга ханнык саанан, ботуруонунан хайдах үлэлиир ордугун үөрэппитэ, бэйэтин тус үөрүйэҕиттэн үллэстибитэ.
Хайа тыына
Атырдьах ыйыгар күн киһи оройун дьөлө көрүөх айылаах куйааһа этэ. Эгэлгэ бэйэлээх, урут көрбөтөх үүнээйилэрэ элбэхтэрэ. Сиппит фрукталар халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мастартан «миигин сиэ даа» диэбиттии ымсыырда, көөчүктүү үүнэн тураллара. Күн талбыт астара – гранат, виноград эгэлгэтэ, апельсин, дьаабылыка, грек эриэхэтэ.
Биирдэ Бэргэн хайаҕа сэриилэһэ сылдьан, позицияҕа кэтэбилгэ турдаҕына, тыын харбаһыылаах тыҥааһыннаах түбэлтэ буолбута. Балачча олорбуттарын кэннэ арай туох эрэ салгыны хайытан чырылыыр тыаһа иһиллибитэ. Тыас хоту эргиллэ биэрбитэ, кинини көрбүтүнэн тааҥканы урусхаллыыр, салайыынан көтөр ракета – ПТУР иһиирэ-иһиирэ көтөн иһэр эбит. Кыл мүччү хаптас гынаатын кытары ДОТ-тун ойоҕоһугар тиийэн дэлби тэппитэ. Быыл бөҕө соҕотохто бурҕас гына түспүтэ. Хамандыыр ыксаабыт куолаһынан: «Бэргэн, Бэргэн!» – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, быыл күдэригин быыһыттан сүүрэн тахсыбыта. «Тыыннаах!» – диэт, Бэргэҥҥэ утары ыстаммыта. «Барыта үчүгэй, табаарыс хамандыыр», – диэн баран, уол өрө уһуутаабыта. Ити курдук аан маҥнайгытын өлөр өлүүнү уун-утары көрсүбүтэ, кини тыыннаах хаалар быатыгар барыта этэҥҥэ ааспыта.
Ити кэнниттэн Сирия сэрииһиттэрэ кимэн киирбиттэрэ. Онно Бэргэннээх снайпердыы бөлөхтөрө көмөҕө тахсыбыта. Бэйэ-бэйэлэрин тылларын өйдөөбөт буоланнар, тылбаасчыттаах кэпсэтэллэрэ. Сэрии толоонугар кимэн киирии буола турар сиригэр миинэ бөҕө ардах курдук түһэрэ. Кимэн киириигэ кыттыахтаах уолаттар уонтан тахса этилэрэ. Аттыгар турар тылбаасчыт уолга хаһыытаабыта: «Саллааттарга тэйиччи соҕус атаакаҕа сырыттыннар диэн эт!» Онуоха уола хап-сабар: «Сөп», – диэн хардарбыта. Кимэн киирэр сирдэригэр миинэлэр эстэн дэлбэритэ ыстаммыттара. Сотору соҕус баран испит саллааттар аны биир сиргэ чөмөхтөһөн баран олорунан кэбиспиттэрэ. Бэргэн «хайдах буолбут дьонуй?» диэн иһигэр кыыһыра санаабыта. Куолаһын сонотон тылбаасчыкка өйдөнөр гына хаһыытаан бытарыппыта: «Дьоҥҥор эт, тэйиччи-тэйиччи олордуннар!». Тылбаасчыт уол рациятын ылан дьонугар эппитэ, син истибит курдук хамсаммыттара, хас да уол туран барбыттара эрээри, сорохторо олорбут миэстэлэриттэн хамсаабатахтара. «Тоҕо истибэттэрий?» диэн кыһыйа санаан истэҕинэ, миинэ сирилээн кэлбитэ да, олорор уолаттар ортолоругар эстибитэ, уонча уолу дэлби тэбэн кэбиспитэ. Хаарыан уолаттар олорбутунан тыла суох бардахтара ити. Тыыннаах хаалбыттартан ким эрэ уолуйан мээнэ сүүрэкэлиирэ, ким эрэ бааһырыыттан хаһыытыыра…
Сэрэтэ сатаабытын истибэккэ ити айылаах буолбуттарыттан Бэргэн улаханнык абарбыта. Тылбаасчыты ыҥыран: «Көр! Дьонуҥ өллүлэр! – диэн кытаанахтык эппитэ. – Этэрбин истибиттэрэ буоллар, тыыннаах хаалыа этилэр…» – диэн хомойбутун, кыһыйбытын биллэрэн ситэрэн биэрбитэ. Киһитэ буруйдаммыттыы умса туттубута…
Ити курдук хайаҕа ый курдук сэриилэһэн кыайбыттара. Сүтүктэммиттэрэ… Сибилигин тэҥҥэ чэй испит, кэпсэппит киһиҥ дьылҕата сарсын хайдах салаллыа биллибэт. Сэрии аата сэрии, өлүү уонна тыыннаах хаалыы икки ардыгар тардыллыбыт синньигэс быанан хаамар курдук…
ТЫаҕа
Бэргэн бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан аҕатын, убайын батыһан тыаҕа сылдьара. Оттон манна Саха сирин тыатыттан чыҥха атын үрдүк мастардааҕа, араас сүлүһүннээх үөн-көйүүр да аҕыйаҕа суоҕа. Хайалаах сиргэ кыра даҕаны тыас-уус үчүгэйдик иһиллэр, онон сэрэхтээх буолуох кэриҥнээххин. Бинтиэпкэни, ботуруоннары, өр кэмҥэ аһыыр астарын, иһэр ууларын сүгэн сатыы хаамаллара. Куйаас намыраан, күһүҥҥү күннэр тураллара. Нэдиэлэ курдук сатыы сылдьан, үнтү сылайбыттара, астара даҕаны чарааһаабыта. Хайдах даҕаны тоҥ-хат, аччыктаа – уот оттор, буруо таһаарар сэрэхтээх этэ.
Биир күн сис арҕаһынан баран иһэн сынньанаары тохтообуттара. Онно-манна көтөрдөр саҥараллара. Саллааттар чуҥнаан турбахтыы түспүттэрэ – куттал суоһуур сибикитэ суох курдуга. Күнү быһа хаампыт уолаттар малларын биир-биир сэрэнэн тыаһа суох уурталаабыттара. Өйүөлэрин таһааран үссэммиттэрэ, ким эрэ тута тамаҕын ханнаран иҥсэлээхтик уу испитэ. Олоро түһэн, үссэнэн сэниэ киирбиккэ дылы буолбута, харахтара сырдаабыта. Күн киэһэрэн барбыта. Тулаларын кэтэнэ сылдьаллара. Чаас курдугунан хамандыырдара кэлбитэ.
– Уолаттар, аһаҕас сиргэ олорумаҥ, сиргитин уларытыҥ! – диэн хамаандалаабыта уонна түргэн-түргэнник хааман иннилэригэр түһэ турбута.
Уолаттар хап-сабар үрүсээктэрин, сааларын ылан хамандыырдарын батыспыттара.
– Бу диэки кэлиҥ, манна табыгастаах буолсу, – хамандыыр ыҥыра-ыҥыра атыллаан истэҕинэ, атаҕын анныгар миинэ эстэн дэлби тэппитин өйдөөмүнэ да хаалбыттара… Чыпчылыйыах түгэҥҥэ хамандыыр икки атаҕын уонна хаҥас илиитин туура тэбэн кэбиспитэ…
Саллааттар:
– Табаарыс хамандыыр, – диэбитинэн сырсан тиийбиттэрэ.
– Тыыннаах! – диэн саҥа аллайаат, аптечканы ороон таһааран түргэн үлүгэрдик хаанын тохтотор аатыгар барбыттара.
Бастакы көмөнү оҥорор кэмнэригэр Бэргэн радиостанция үрдүгэр түспүтэ, суһал көмөнү ыҥырбыта. Ынырыктаах ыарыытыттан сымыһаҕын быһа ытыран хамандыырдара титирии сытара. Уолаттар абаран үөхсэллэрэ, хамандыыры ыарылыыллара.
– Табаарыс хамандыыр! Тыыннаах хаалыаҥ! Тулуй! – дииллэрэ.
Балтараа чаас эмиэ да аймалҕаҥҥа түргэнник, эмиэ даҕаны кэтэстэххэ бытааннык ааспыта. Хамандыыр номнуо мөлтөөн эрэрэ. Икки атахтаах тулуйбат ыарыыта кинини уотунан салыыра, устунан туймааран барбыта… Кэмниэ-кэнэҕэс борук-сорук буолуута иһийбит чуумпуга бөртөлүөт тыаһа иһиллибитэ.
– Табаарыс хамандыыр! Бөртөлүөт иһэр! Истэҕин дуо? Тулуй! – диэн байыастар үөрэн хаһыытаспыттара.
Хараҕа өһөн эрэр киһини бөртөлүөккэ наһыылканан көтөҕөн киллэрбиттэрэ, бүгүн бары бииргэ бүтэһик сырыылара буолбутун өйдөөбүттэрэ. Бэргэн бөртөлүөт тыаһа сүтүөр диэри иһийэн турбута, хорсун хамандыырын сырдык мөссүөнэ, бүтэһик көрүүтэ кини өйүгэр-санаатыгар сүппэттик хатаммыта.
хааннаах өһү ситиһээччилэргэ
Биир күн Бэргэн бөлөҕүн кытары икки массыынанан тиэллэн сорудахха туруммуттара. Суолларын ортолоон иһэн, Сирия уонна Ирак кыраныыссатыгар дьон түөлбэлээн олорор сиригэр тиийэн кэлбиттэрэ. Кимнээхтэрин билээри массыынаны тохтотон кэпсэтэн ааһарга соруммуттара.
Суол кытыытыгар шатер балаакка тардынан отучча киһи олороро. Бэргэн арабтар буолалларын тута билбитэ уонна бу иннинэ кинилэр тылларын үөрэппит буолан кэпсэтэн көрөргө санаммыта. Түбэһиэх биир шатерга чугаһаабыта, бэрт ыллам-дьэллэм, ыалдьытымсах дьон буолан биэрбиттэрэ. Бэргэн арабтыы саҥарбытыгар сэргэхсийэ түспүттэрэ, дьиэлэригэр киллэрэн остуолга ыҥырбыттара. Чэй кутан, туох баарынан ас тардан кэпсэтэн барбыттара. Сүрүн кэпсэтии өстөөхтөр ханна сылдьалларыгар иэҕиллибитэ.
Дьиэлээх тойон хааннааҕынан көрөн олорон:
– Бэйэм аахсардаахпын. Түөлбэм дьонун игил-лэр кыргыбыттара, ону ситиһэ баран иһэбин, – диэбитэ.
Балачча ону-маны кэпсэппиттэрэ. Бэргэн арабтар туох сэрии сэптээхтэрин, хайдах сэриилэһэллэрин ыйыталаспыта, бэйэтин үөрүйэҕиттэн хас да албаһы көрдөрбүтэ. Дьиэлээхтэр төлөпүөннэригэр устубут видеоларын, дьиэ кэргэттэрин хаартыскаларын Бэргэҥҥэ көрдөрбүттэрэ. Бириэмэ биллибэттик ааспыта, Бэргэн дьиэлээхтэргэ махтанан баран таһырдьа тахсыбыта, массыыналара да, уолаттара да суохтара.
Биир эдэр уол тугу эрэ уһаммыта буола олороругар тиийэн:
– Манна тохтообут массыыналар ханна барбыттарай? – диэн ыйыппыта.
– Саллааттар массыыналарыгар олорон баран барбыттара, – диэт, ыраах тыргыллар айан суолун диэки ыйбыта.
«Ама дуу!» дии санаабыта Бэргэн, ыалдьытымсах дьон итии чэйин иһэ олорон дьонуттан хаалбытын өйдөөбүтэ. «Буолар да эбит, хайдах сүтүктээбэтэхтэрэй?» диэн дьиктиргээбитэ. Тэҥнэһиэ дуо, дьиэлээхтэргэ төттөрү киирбитэ. Иннинэн сирэйдээх биирдэ эмэ охсуллан ааһар дьоно Бэргэн төннөн киирбитигэр үөрбүттэрэ. Бары кини тула муста охсон, остуолга олорон салгыы сэһэргэһэн барбыттара. Туспа сылдьар көс бииһэ буолан, астара-үөллэрэ туох баарынан этэ.
Балык таһааран, муннукка турар ас дьааһыгыттан лэппиэскэ ылан кырбаан эрдэхтэринэ, Бэргэн махтаммыта уонна:
– Кэбис, бэйэҕит сиэриҥ, – диэбитэ. Көс дьон хас эмэ хонукка тиийиэхтээх астарын аһыы олорор сүрэ да, аньыыта да бэрт.
Хаһаайын имнэммитэ уонна:
– Биһиэхэ ыалдьыт сылдьара күндү, – диэбитэ. Лэппиэскэлээх балыгы бэрт күндүтүк тутан-хабан остуолга уурбута.
Бэргэн араб дьонун истиҥ сыһыаныттан астыммыта. Үөрэппит тылын олоххо туттан уонна кинилэр хайдах кэпсэтэллэрин илэ истэн, билбэт тылларыгар эбии үөрэммитэ. Төһө да үөрэ-көтө кэпсэтэ олордор, кини санаата букатын атыҥҥа этэ – хайдах дьоммун ситэбин диэн. Ол курдук олордохторуна, таһырдьа хаһыы иһиллибитэ, сонно саллаат уолаттар сааларын утары туппутунан шатер иһигэр биирдэ баар буола түспүттэрэ.
– Биһиги уолбут ханнаный? Бэргэн ханнаный? – Инники иһэр Яков диэн нуучча уола күп-күөх тымныы харахтарынан остуол тула олорор дьону кэрийэ көрүтэлээбитэ уонна Бэргэн холку сирэйигэр тохтообута, хараҕа өссө кэҥээбитэ. Саллааттар, уолларын көрөн, сирэйдэрэ сырдыы түспүтэ, кыҥаабытынан киирбит сааларын аллара түһэрбиттэрэ.
Бэргэн, дьиэлээхтэргэ махтанан, быраһаайдаһан баран, уолаттарын кытары тахсыбыта.
– Хата тыыннаах эбиккин! – Яков тахсаат табаҕын уматыммыта.
– Бэрт сайаҕас, үтүө дьон эбиттэр, – диэбитэ Бэргэн холку куолаһынан. – Хата кэлбиккит дии, хайдах ситэбин диэн толкуйдуу олорбутум.
– Эн ити дьиэттэн тыыннаах тахсыаҥ суоҕа этэ, – кэпсэтиигэ Юра кыттыспыта. – Билэҕин дуо ити дьон кимнээхтэрин?
– Арабтар. Түөлбэлэрин дьонун игил-лэр кыргыбыттар, ону ситиһэ баран иһэр биис уустара, – Бэргэн саҥа билсибит дьонун туһунан тугу билбитин доҕотторугар кэпсээбитэ.
– Ити хаан өһү ситиһээччилэр уонна киһини сиэччилэр! Хата эйигин сиэбэтэхтэригэр таҥараҕа махтан!
Бэргэн истибэтэҕин истэн олус соһуйбута, итэҕэйиэн баҕарбатаҕа:
– Эс, киһини сиэх айылаах дьоҥҥо маарыннаабаттар, хаһаас астарын кытары таһааран аһата сатаатылар.
– Ол иһин суолга тохтоотохторо, дьону тоһуйан сиэрилэр, – Яков табаҕын умулларбыта.
Ол түбэлтэ туһунан кэнники разведка начальнига Бэргэҥҥэ кэпсээбитэ. Уолаттар массыыналар тохтообут кэмнэригэр Бэргэн дьиэҕэ киирбитин көрбөккө хаалбыттар. Кинилэр бу суол төрдүгэр дьону сиир биис уустара баалларын туһунан уос номоҕун уруккуттан истэллэр-билэллэр эбит, ол иһин массыына тохтоотун кытары, ким табахтаан, ким көҕүрэттэн баран, суһаллык массыыналарга олороот, айанныы турбуттар. Суолларын аҥаарыгар тиийэн баран, тохтобулга икки массыынаҕа олорсон иһээччилэр таһырдьа тахсыбыттарыгар биирдэ Бэргэн суоҕун билбиттэр. Каннибалларга хаалбыт диэн саныырга ыарахан бөҕө буоллаҕа, массыыналарын эргитэ тутаат, төттөрү ыстаннарбыттар. Балаакка аанын тэлэйэ баттаат, Бэргэн остуолга олорорун көрөн дьэ «һуу» диэбиттэр.
Хаан өһү ситиһээччилэр диэн хааннаах андаҕар биэрэн өстөөхтөрүн сонордоһо сылдьар дьон, сэрии уота салаан ааспыт сиригэр ас-таҥас суоҕуттан, тыыннаах хаалар туһуттан баҕар икки атахтааҕы амсайбыттара да буолуо… Туох билиэй?! Тыала суохха мас хамсаабат. Уос номоҕо кырдьыгы кэпсиир буоллаҕына, саха уола оннук алдьархайтан мүччү туттаран тыыннаах тахсыбытыгар үөрүөх эрэ тустаахпыт.
***
Бэргэн, бу сыллар тухары хас даҕаны уоттаах сэриигэ сылдьан, сэрии олохтоох дьон аймалҕаныттан, миитиннэргэ тоҕуоруһан өрө турууларыттан кыым саҕан тахсарын бэлиэтии көрбүтэ. Сирияҕа буолбут сэрии эмиэ оннук торумунан – бандьыыттар дьону дьоҥҥо уган биэрэн, норуоту харсыһыннаран олохтоохтору былааһы кытары утары туруорууттан саҕаламмыт этэ. Салгыы туох да бас-баттах быһыыланан, «ким күүстээх – ол кыахтаах» диэн санаанан салайтарыы сайдан барара. Оннук өйдөспөт буолуу киэҥ аймалҕана үүнэ-тэһиинэ суох бардаҕына, бандьыыттар туһаналлара хара баһаам. Саамай кыһыылааҕа уонна абалааҕа – саҥа олох олорон эрэр, туох даҕаны аньыыта-харата суох кырачаан оҕолору уоран ылан, кинилэр ис уорганнарын үрдэ суох улахан харчыга истэрин-үөстэрин арааран ылан эргинэллэрэ.
Эйэлээх олох соҕотохто күөрчэхтии ытыллан, төһө даҕаны аныгы олох буолбутун иһин, уот-буруо сатыылаабыт куораттарыгар барыта таас үйэҕэ төттөрү түһэрэ. Олохтоохтор дьиэлэрин-уоттарын, көмүс ньээкэ уйаларын хаалларан, турар бэйэлэрэ эрэ, оҕолорун, кырдьаҕастарын кытта тыыннаах хаалаары төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыттан куотар аатыгар бараллара.
Алеппоны босхолооһун
Алеппо куоракка түөрт уонча буолан кэлбиттэрэ. Бу иннинэ кумах куйаарга сэриилэспиттэринээҕэр таһыччы атын этэ. Игил сэрииһиттэрэ дьиэлэргэ хорҕойон олороллоро. Дьиэттэн дьиэҕэ сүүрэ сылдьан ытыалаһыы буолбута. Икки өттүттэн өлүү-сүтүү бөҕө тахсыбыта. Бу – стратегическай сир этэ. Алеппо куорат барыта өстөөх илиитигэр киирэр куттала суоһаабыта. Кырыктаах кыргыһыы үс түүннээх күн тохтоло суох барбыта, ытыалаһыы биир кэм тигинии турбута. Түүнүн хараҥа халлааҥҥа трассер буулдьалар суоллара күлүмүрдээн олороро.
Үһүс күннэригэр Бэргэннээх төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн эргиччи бөҕөргөтүнэн ытыалаһарга күһэллибиттэрэ. Кинилэри төгүрүйэн сытар тыһыынчанан өстөөҕү кытары туруулаһан тыыннаах хаалар Өлүөнэ өрүс сүүрүгэ төттөрү устубутугар тэҥнээҕэ. Ол эрээри сэптэрин-сэбиргэллэрин быраҕан, илиилэрин өрө уунан өстөөххө бэринэр санаа хайаларыгар да суоҕа. Олус кытаанах түгэн тирээбитэ. Өлөр өлүү кэтэхтэригэр тыынарга дылыта. Уолаттар, миинэ эстиитигэр контузия ылан, сорохторо өйө суох дөйөн сыппыттара. Ол да буоллар саллааттар хамандыырдарыгар бүк эрэнэллэрэ, оттон хамандыыр – уолаттарыгар. Туох да буолбутун иһин тиһэҕэр тиийэ ытыалаһа сыппыттара. Өстөөхтөр иилии эргийэн кимэн киирэн испиттэрэ, номнуо кыайбыт курдук санаммыттара илэ көстөрө. Олох кыра хаалбыта.
Эмискэ кыргыһыы буола турар куоратын үрдүнэн тимир тэмэлдьигэн курдук бөртөлүөттэр көтөн тирилэһэн кэлбиттэрэ. Өстөөхтөр хааһылара хаахтыйбытын өйдөөмүнэ да хаалбыттара – бөртөлүөттэр ракеталарынан, туох баар сэптэринэн сабыта ытыалаабыттара. Разведка дакылаатынан авиация көмөҕө кэлбитэ. Көмө кэлбитигэр уолаттар санаалара бөҕөргүү, эрдийэ түспүтэ. Сотору кэминэн Алеппо куорат босхоломмута. Быыл күдэригин, хоп-хойуу буруо быыһыгар дьон өлүктэрэ ыһыллан сыталлара, бааһырбыт саллааттар хаһыылара иһиллэрэ, киһи туймааран барыах хаан-сиин сытынан аҥылыйара. Бэргэннээх бөлөхтөрө кыайыылаах тахсыбытын итэҕэйиминэ хаалбыттара, иккистээн күн сирин көрбүт курдуктара. Өлүөр уолаттар туох-хайа иннинэ контузияламмыт саллааттарга бастакы көмөнү оҥорбуттара. Алеппо куораты туруулаһар сэриигэ түөрт уонча буолан кыайыылаах тахсаннар, төһө кыахтаахтарын билбиттэрэ.
Түүҥҥү быһылаан
Кумах куйаарга биир босхоломмут дэриэбинэҕэ бөҕөргөтүнүҥ диэн бирикээс кэлбитэ. Хамандыырдарын кытары уон түөрт буолан ыйыллыбыт сиргэ тиийбиттэрэ. Дэриэбинэттэн үс-түөрт килэмиэтирдээх сиргэ артиллеристар тураллара. Дэриэбинэҕэ чуумпу этэ, өстөөх ханан эрэ үөмэн кэлэн саба түһүөх сибикитэ биллибэтэ. Икки күн ааспыта. Үһүс түүннэригэр сир аннынааҕы холлорооннорунан хас даҕаны диверсиялыыр бөлөх үөмэн киирбитэ. Ол маннык этэ.
Түүн уочаратынан харабыллыыллара. Бэргэн харабылга турар кэмэ бүтэн, сменатын туттаран баран утуйа барбыта. Уута кэлэн биэрбэтэҕэ, арааһы толкуйдуу, эргитэ саныы сыппыта. Былыттар кэтэхтэриттэн эргэрэн эрэр ый сүрэҕэлдьээбиттии өҥөйөн ыас хараҥа түүнү боруҥуйдук сырдатара. Кумах куйаар тыала түннүккэ охсуллара, аллараа этээстэн ким эрэ муннун тыаһа иһиллэрэ. Утуйбакка балай да сыппыта, санаата буолбакка туран саатын прицелыгар дистанциятын туруорбута. Түүҥҥү прибор аллараа этээскэ сытар пулеметчик уолга уонна Бэргэҥҥэ эрэ баар этэ. Саатын өссө биирдэ көрөн баран тиийэн сыппыта. Уол дойдутун, дьонун ахтыбыт санаатыгар ойор күннээх оҕо сааһа хараҕар тыыннаах хартыына буолан тиллэн кэлэргэ дылы буолбута. Оҕо сылдьан сэрииһит буолуом дии саныыр этэ дуо? Арба дьиҥнээх сааны аан маҥнай илиитигэр хаһан тутта этэй? Бииртэн биир санаа бэйэ-бэйэтиттэн сиэттиһэн тахсан испитэ. Аҕата булка илдьэ сылдьыбытын санаан кэлбитэ.
Бэргэн төрөөбүт-үөскээбит бөһүөлэгиттэн тэйиччи Килэҥниир диэн алаас баар. Онно хаар ууллаатын кытары саас элгээн уута туолан, кус сөбүлээн түһэрэ. Аҕатын уонна аҕатын бырааттарын кытары ол алааска сааскы куска барсыбыта. Хоно сытан кустаабыттара. Айылҕа барахсан унньуктаах уһун кыһын кэнниттэн уһуктан, көтөр-сүүрэр саҥатыттан сэргэхсийэн, салгын сылыйан эрэр кэмигэр кини сааскы куска бастакы сүрэхтэниитэ этэ. Аҕата уолугар уон алталаах саатын биэрбитэ. Кус киирэрин уонна саанан аан маҥнай куһу ытар долгутуулаах түгэнин сэмээр күүтэрэ. Убайа уол долгуйарын сэрэйэн дьээбэлиэх санаата киирбитэ: «Дьэ, нохоо, сэрэнээр, дурдабыт кэннин дьөлөҕөстөөн кэбиһээйэҕин», – диэбитэ. Сотору аны: «Ытаргар сэрэнээр эрэ, аны дөйөн хаалыаҥ», – диир. Ол аайы оччугуй кусчут сүрэҕэ күүскэ тэбэр, булка сүрэхтэнэр түгэнин долгуйа күүтэр.
Сааскы түүн сыыйа хараҥарбыта, элгээн ньуура чуумпуран сиэркилэлии килбэйбитэ. Бэргэн кус кэтии сытан утуйан хаалбыт этэ. Түүн үөһэ аҕата оргууй уһугуннарбыта. Уол бэрт сэргэхтик уһуктан кэлбитэ. Тыаһа суох сэрэнэн саатын ылбыта, аҕалаах убайа куһу ыйан биэрбиттэрэ, хайдах кыҥыырын сүбэлээбиттэрэ. «Бэлэмҥин дуо?» – диэн аҕата ботугураан ыйыппыта. Уол куһун кыҥаан олорон, ытарга бэлэмин биллэрэн кэҕис гыммыта, тыынын ылаат, саатын хамсаппакка чыыбыһын тардан кэбиспитэ. Уста сылдьар атыыр чыккымай бурҕас гына түспүтэ.
Бастакы бултуйуу тылынан сатаан этиллибэт дьоллоох түгэнэ борбуйун көтөҕөн эрэр уолга саамай умнуллубат түгэнинэн буолбута. Бултаабыт куһун туппутунан дьиэтигэр өттүк харалаах, илии тутуурдаах киирэн ийэтин, эбэтин хайдахтаах курдук үөрдүбүтэй! Саха киһитэ былыр-былыргыттан баай барыылаах, барылы тутуулаах Байанайга сүгүрүйэн, киниттэн бэриһиннэрэн бултаан-алтаан, аһаан-таҥнан оччоттон баччаҕа диэри кэллэҕэ…
«Аллах акбар!» диэн хаһыылар иһиллээттэрин кытта автоматтар тыастара бачыгыраһа түспүттэрэ. Бэргэн олоро биэрбитэ. Ойон тиийэн саатын тепловизорын холбообута. Чүмэчи уотун да курдук буоллар өлбөөрбүт ыйдаҥа сырдыгар уолаттарын көрүтэлээбитэ бары хаптаһан сыталлара. Хайдах быһыы-майгы буолбутун үөрэтэн тулатын көрүтэлээбитэ – өстөөхтөр үс өттүттэн киирбит этилэр. Прицелыгар эрдэ дистанциятын туруорбута онно улаханнык көмөлөспүтэ. Кыҥаан баран саатын чыыбыһын тардыбыта, маҥнай инникилээн иһэр бэрт улахан киһи умса баран түспүтэ. Кинини саппай уопсан ытыалыы-ытыалыы утары сүүрэн иһэр сэттэ диверсаны биир-биир тыла суох ыыталаабыта. Кинилэр кэннилэриттэн иһээччилэр куотар аакка барбыттара. Тыаһы намыратардаах саа Бэргэн хантан ытарын биллэрбэтэҕэ. Инникилээн иһээччилэргэ өстөөхтөр хамандыырдара охтубута дуу, бары үрүө-тараа ыстаммыттара. Ити түүн Бэргэннээх бөлөхтөрө бэриллибит бирикээһи чиэстээхтик толорбуттара. Бандьыыттар дэриэбинэни ылбыттара буоллар, артиллеристары кыдыйан, салгыы түгэх дэриэбинэлэри ылаллара хаалбыта…
Дэриэбинэ олохтоохторо Бэргэннээх бөлөхтөрүгэр чугаһаан хас биирдиилэригэр махтаммыттара. Куруук кутталга олорор, атах сыгынньах олохтоох дьон саллааттарга тиийэн бэйэлэрин тылларынан «шуган» диэн махтаналлара, сүгүрүс гыналлара. Бэйэлэригэр астара кырыымчык эрээри лэппиэскэлэриттэн, килиэптэриттэн, астарын сыыһыттан саллааттарга эмти тутан бэрсэ сатыыллара, тыыннаах хаалбыттарыттан үөрэн харахтарын уутун соттоллоро… Саллааттар илдьэ кэлбит өйүөлэриттэн олохтоохторго бэрсэллэрэ, оччоҕуна киһилии ас амтанын умна быһыытыйбыт дьон кыра оҕолуу үөрээхтииллэрэ.
Бэргэн ол командировкаҕа снаряд эмтэркэйиттэн бааһырыы ылан Санкт-Петербург куорат госпиталыгар эмтэнэ барарга күһэллибитэ.
***
Сэрии толоонугар аан бастаан үктэниэҕиттэн Бэргэн Петров араас сиргэ: хайаҕа, кумах куйаарга, тыаҕа, куоракка бандьыыттары кытары хас даҕаны сыл сэриилэспитэ. Тыһыынчанан сыл анараа өттүгэр төрүттэммит икки улахан куораты, үгүс дэриэбинэлэри босхолооһуҥҥа, босхоломмут дэриэбинэлэри көмүскээһиҥҥэ күүһүн харыстаабакка кыргыспыта. Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин аатын ылбыта. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Георгиевскай кириэс» мэтээл үһүс истиэпэнинэн наҕараадаламмыта. Сэрии бэйэтэ туспа сокуоннаах, быраабылалаах. Киһи өлөр даҕаны, киһини өлөрүллэр даҕаны… Ол эрээри бу барыта эйэлээх олоҕу түстүүр, көмүскүүр, харыстыыр туһуттан буоларын өйдүөх тустаахпыт.
***
Бэргэн бинтиэпкэтин кичэйэн ыраастаан бүппүтэ, үөрүйэхтик тутан-хабан саатын хаатыгар укпута. Бойобуой сырыыларга аналлаах таҥаһын таҥнан, үрүсээгин санныгар сүгэн куйахтаах массыынаҕа киирбитэ. Сиэбиттэн төлөпүөнүн таһааран экраҥҥа суруйан барбыта: «Туруннубут! Көрсүөххэ диэри!». Массыына улахан аартык суолугар тахсан, тэтимин ылан тус арҕаа айанныы турбута…
Надежда Ильина
Чолбон. – 2022. – № 5