БАРЫТА ДААДАРТАН САҔАЛАММЫТ ЭБИТ

(Ахтыыттан быһа тардыылар)

Винокуров Федор Григорьевич-Даадар 1911 с. Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайытыгар төрөөбүтэ. «Маҥнайгы хардыылар» диэн ырыа-хоһоон кинигэтин 1934 с. бэчээттэппитэ. П.А. Ойуунускай Суруйааччылар союзтарын Правлениетын председателэ эрдэҕинэ ответсекретарынан үлэлээбитэ. Ол иһин буолуо 1938 сыллаахха хаайылла сылдьыбыт. Онтон ыла тыа оскуолатыгар урукку идэтинэн учууталлаабыт. Ол да буоллар 12.06.1949 с. хара өлүөр диэри суруйар үлэтин бырахпатах, хата сэтэрэн туран дьарыктаммыт. «Өлөртөн орпут» диэн гражданскай сэрии тематыгар 2212 строкалаах поэматын алта сыл устата суруйбут. Ол үрдүгэр 1943 с. диэри хаста эмэтэ устубут. «Улуу сарыал иннинэ» диэн 1418 строкалаах поэматын 1947 с. бүтэрбит. Биир сэһэни суруйбута биллэр да, рукопиһа көстө илик. Үгүс ырыата-тойуга эрэммэт буолуу сылтаҕынан бэчээттэнэн испэтэх суруйааччылартан Даадар биирдэстэрэ буолар.

***

Фольклор хомуйуутугар үлэлээбитим төрдүс сылын иккис ыйыгар барда. Үллүбүт штаты тыҥааһын диэн бастаан истэргэ үтүөкэн сылтаҕынан норуот айымньытын дьиэтиттэн уураттылар. 1941 с. ыам ыйын 20 күнэ миигин үлэтэ суох оҥорон ааста. Суруйааччылар союзтарын Правлениета 1941 с. 25/II уурааҕар фольклорга үлэлиириттэн уурайарга көрдөһөргө диэн суруйбуттарын мин оччотооҕуга төрүт да умнан кэбиспитим. Сотору сэрии буолла. Миигин Армия кэккэтигэр үйэм да тухары киирэр кыаҕым суоҕун харахпынан быһаардылар.

Балачча сылдьымахтаан баран балаҕан ыйын бүтүүтүгэр прокуратураҕа практикант-следователинэн ылылынным. 1942 сыл олунньутугар Горнай оройуонугар ананан Бэрдьигэстээххэ тиийдим. Үгэспинэн оройуоннааҕы литкружок дьоннорун билистим. Сороҕу биирдэ-иккитэ көрсүбүтүм кэннэ, «заговор арыллыбыт, уонча киһини хаайбыттар» диэн сибигинэһии буолла. Дьыала тэрийэбин, түбэһиннэрэргэ уураахтыыбын, хаайабын, буруйдуур түмүк диэн тыллаах бланкалары толортуурум бастаан утаа олус дьулаан этэ. Прокурордар тугу дьаһайалларын түүл-бит курдук оҥорон иһэрим, эбээһинэһим да оннук этэ.

Колхозтаахтарга от, бурдук авансалаабыт диэн хайыы-үйэ САССР Прокурорунан, райпарткомунан буруйдуурга быһаарыллыбыт Иванов диэн киһи дьыалатын бүтэрдим. Билиһиннэрдим. Дьыала суукка барар буолтун истээт аатын, үс буукубаны үтүгүннэрэн илии баттыыр бу үтүөкэннээх, чулуу үлэһит киһи, колхоз председателэ оҕолуу ытаата. Суут диэн тыл итинник ыараханнык, сабардааһыннаахтык иһиллэр эбит. Кини тахсан барда. Мин Иванов кэнниттэн кини дьыалатын саныысаныы ытыы олордум. Санаабар маҥырыы-маҥырыы хаары салыы сылдьар сүөһүлэр, кыра остуолларын тула олорон саҥата суох хара чаанньыктарыттан кылыгыр ууну иһэ олорор тулаайах оҕолор, дьахталлар, оҕонньоттор, эмээхситтэр көстөн кэлэргэ дылылар. Үлэ чааһа бүтүөр диэри үлэлиир остуолбуттан кыайан турбатым, таһырдьа быкпатым.

Биир түгэҥҥэ Армияҕа ыҥырыы кэлбитигэр мин Военкомат представителин көрсө сырыттым. Ону кини сыыйыллан бүппүт киһиэхэ тугу да көмөлөһөр кыаҕа суоҕун кэпсээтэ. Күн-дьыл ааһан истэ.

– Кравченко Ф.М. фельдшер биир киһини хоргуйан өлбүт диэн сымыйа диагноз туруорбут. Бу дьыаланы ИДЬНК райотдела биһиэхэ биэрэр. Чуолкай баҕайы. Хайҕыахтара. Ылан бүтэрэн кэбис, диэтэ прокурор. Мин олус кыһыйа санаатым, фельдшер диэки буоллум. Онтон мөккүөрү уһатар туһата суох буолуох курдук быһыытыйда.

– ИДЬНК райотдела бэйэлэрин үлэлэрэ дии, кинилэр бүтэрдиннэр, диэн сылтаҕырдым. Онтон хойут фельдшер диагноһын көннөрбүт диэн буолта.

– Оскуола дьиэтин салҕатабын диэн сымыйа докумуон оҥорон Даадар элбэх бурдугу карточканан ылан сиэбит. Маалтааныга тиийэн силиэстийэлээн бүтэр. Үлэтин атын учууталга туттаран бэйэтин хаайыылааҕынан аҕал, диэн дьаһайда.

Саамай ыраах нэһилиэккэ тиийэн начальнай оскуола заведующайа Ф.Г. Винокуров-Даадар дьыалатын проверкалаатым. Үлэһит илии олус аҕыйах кэмигэр үтүмэн үгүс мас кэрдиллэн таһыллыбыт, салҕааһыны эркинин таһааран эрэллэр эбит. Биирдии сул дүлүҥэр тиийэ ааҕан төһө киһи, төһө өр үлэлээбитин, нэһилиэк салалта дьонун кытта ким лимиттээх бурдугу ылан сиэбитин барытын аахтыбыт. Баһаам үлэ үлэлэммит, итини барытын туоһулар көрдөрүүлэринэн, докумуонунан бигэргэтэн Даадар буруйа суоҕун чуолкайдаан, дьыала тэриллибэт гына түмүктээн төнүннүм.

Абааһыны, бэйэм барымынабын. Дьыала буолар дьыаланы соруйан бутуйбуккун, диэн, о.д.а. элбэҕи саҥаран прокурор миигин бэркэ хомуруйда.

Дьэ итинтэн ыла Даадар миигиттэн арахпат буолла. П.А. Ойуунускайы кытта хаайылла сылдьыбытын быстахтык кэпсэтэлээтэ. Автографтаах П.А. Ойуунускай фотокарточкатын илдьэ сылдьарын көрдөрдө. П.А. Ойуунускай кылгас баттахтаах, туус маҥан ырбаахылаах…

(Манна суруллубут строкалар илдьирийэн, түһэн хаалбыттар)

… фроҥҥа атаарар посылкатын (арыы, саахар, печенье, конфет) бэйэтэ сиэн баран оччо ыйааһыннаах кирпииччэни, мас сыыһын уган райпочтаҕа туттарбыта көстөн учууталыттан, комсомолуттан уһуллан дьыала тэрийэргэ прокурор уураахтаах миэхэ кэллэ. Бу уол убайа учуутал-историк киһи миэхэ сылдьан дьыаланы сап диэн көрдөстө. Мин ону ылымматым. Бу учуутал-историк киһи ИДЬНК райотделын кытта ыкса сибээстээх эбит. Онон аны иккис заговор дьыалата диэни бооччойбуттар. Ол заговор кыттыылаахтарынан миигин, Даадары, Сергеевы, Мамаевы, Тимофеевы ааттаабыттар. Дьэ итинник сылтаҕынан мин иккис эрэйгэ тэбиллиим саҕаламмыт эбит. Бу эрэй салгыы барарыгар Н. Павловы-Тыаһыты үс төгүл, Ф. Винокуровы-Даадары икки төгүл, Н. Заболоцкайы, И. Чаҕылҕаны, Ст. Саввины, С. Омоллоону биирдии төгүл олоҕо суох хаайа сырыттылар. Г. Поскачин хаайыыга өллө, билигин «Сааскы кэм» романы суруйбут Амма Аччыгыйа бу айымньытын иһин политическай буруйдабылга тардыллан эрэр. Онон биһиги суруйааччыларбытын олоҕо суох буруйдааһынтан араҥаччылааҥ диэн 13.У.1946 с. Генеральнай Прокурорга тыллабыр ыытан боппуруоһу сөпкө туруорбуккун дэттим.

Дьэ итинтэн сиэттэрэн ССРС Генеральнай Прокуратуратын следственнай отделын оччотооҕу начальнига, суруйааччы Лев Романович Шейнины 25.IХ.1947 с. Москваҕа көрсөн кэпсэппиппэр олохтонон, П.А. Ойуунускай революционнай суруйууларын туһанар сөп этэ диэн 2.I.1948 с. ССКП Саха ОК заявление биэрбитим. Ону ССКП Саха ОК бюрота 21.I.1948 с. кистэлэҥ мунньаҕар дьүүллээн миигин Партия кэккэтиттэн устубута. Сарсыныгар үлэбиттэн уурайбытым. В.И. Ленин өлбүт күнүгэр кини партиятыттан уһуллубутум мин санаабын эбии баттаабыта, ыарыппыта. Өрүү туох эрэ итэҕэстээх, өрүү туох эрэ сүтүктээх, өрүү туох эрэ ыарыылаах курдук буолтум.

Дьэ итинтэн ыла норуот өстөөҕө туох алдьархайы оҥорбутунан иккистээн хомуруйуу (бастакыта Н.Д. Субуруускай, Н.В. Дьячковскай этилэр) үксээбитэ. Буруйдабыл ити өттө, ол гэннэ Горнай оройуонун 1942 с. бастакы заговор дьыалата диэннэрэ ССКП XX съеһин кэнниттэн көннөрүллүбүтэ. Оттон Даадар бэйэтэ 22.II.1946 с. суд уурааҕынан буруйа суоҕа көһүннэр да, кини саллааттара аатырбыт А.И. Тимофеев, С.Г. Сергеев буруйдаммыт уураахтара көтүллүбэтэҕэ, хас да туруорсуу кэнниттэн ССКП КК орооһуутунан Тимофеев, Сергеев дьыалалара РСФСР Верховнай суутун 1965 с. уурааҕынан көтүлүннэ. Кинилэри Арбыыта «Долгуннарын» аахпыттар диэн эмиэ буруйдаабыттара. Оттон Арбыыта 1965 с. эмиэ реабилитацияланна.

Историк-учуутал уодаһыннаах холуннарыыта 20 сыл тухары кыларыйан турар кырдьык аатыран баран сымыйата дьэ тутулунна. Бу уодаһыннаах сымыйалааһына, остуоруйа баҕанатын модьу туорайыгар түөкүн ыт курдук часкыйбытынан-улуйбутунан эриэн ситиигэ таҥнары ыйанна. Олох суостаах кырдьыга бу уодаһыны өлүү дьэбэрэтигэр хорҕойо сыппытын ороон таһааран бар-дьон иннигэр түүрэ кэлгийэн аҕалан умса анньан биэрдэ. Сымыйаны кырдьык кыайда. Даадар суруйааччы буоларга дьулуспут сырдык ырата дьэ кынаттанан көттө.

Попов Петр Никифорович,

Дьокуускай к.

30.05.1965 с.

Чолбон. – 2011. – № 2

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар