Барон Мюнхгаузен Саха сиригэр мүччүргэннээх сырыылара

Оҕолоор, эһиги, баҕар, ньиэмэс суруйааччы­та Рудольф Эрих Распе барон Мюнхгаузен туһунан кини­гэтин ааҕан баран, бу суон сураҕырбыт айанньыт сөҕүмэр сырыытын барытын биллибит дии санаабыккыт буо­луо. Соторутааҥҥа диэри мин да инньэ дии саныырым. Ол эрээри аҕыйах сыллааҕыта Германияҕа сылдьыахпыттан ыла ол көрүүм уларыйда. Мин, Мюнхгаузен туһунан элбэҕи билиэх-көрүөх баҕам бата­рымына, икки үйэ анараа өттүгэр аатырбыт барон үйэтин моҥообут Везер өрүс кытылыгар турар Боденвердер куоратыгар таарыйбытым.

Манна даҕатан санатыахпын баҕарабын – ол туһунан бэрт аҕыйах киһи билэр эбээт – улуукан сэрииһит уонна айанньыт барон саллааттыы сулууспатын Россияҕа саҕалаабыта уонна кэлин ис­торияҕа Улуу Кэтириинэ сарыысса диэн аатынан биллибит эдэркээн принцессаны бочуоттаах хара­был кэккэтигэр туран кыраныыссаҕа көрсүбүтэ.

Дьэ, Боденвердергэ тиийээт, кыра болуоссакка барон былыргы дьиэтин буолбутум. Аттынааҕы күөх хонууга миигин Мюнхгаузен өйдөбүнньүгэ үөрэ-көтө көрсүбүтэ – кини мииммит ис быһаҕас атыттан уу тохтон чырылыыра. Били, кыргыһыы кэмигэр иһэ ортотунан быһа охсуллубут буолан, төһө да ууну истэр, испит уута тута тохтон хааларыттан кыайан утаҕын хамматах ат барахсан турара!

Мюнхгаузеннар олорбут дьиэлэрэ аныгы үйэҕэ куорат мэриятын дьиэтигэр кубулуйбут. Ол эрээри Боденвердер дьаһалтатыгар ончу наадыйбатаҕым, миигин барон Мюнхгаузен дьылҕата умсугутара. Ол иһин оргууй хас да үйэ анараа өттүгэр тутуллубут дьиэ чардаагар ыттыбытым. Чардаак иһэ хабыс-хараҥа, быыллаах уонна кутталлаах соҕус этэ: үрдүбүнэн чыбыгырыы-чыбыгырыы сарыы кынаттар көтөллөрө, муннук­ка туох эрэ хачыгырыыр тыас баара. Мин, ол да буоллар, чардаагы чинчийбитим – санаабар, баҕар, Мюнхгаузен малларыттан тугу эмэ булуом дуу диэммин.

Хорсун быһыым таах хаалбатаҕа – саа­май түгэх муннуктан ооҕуй ситиминэн бү­рүллүбүт, саһар­быт илиистэрдээх биир эргэ халыҥ тэтэрээти булан ылбытым. Таһы­гар кубарыйан көстөр-көстү­бэт буол­бут суруктааҕа: «Саха сиригэр көрсүбүт мүч­чүргэннээх түбэлтэлэрим туһунан сиһилии кэпсээн», – диэн. Уонна ол анныгар «Күннүкпүн бастакы булбут киһиэхэ бэлэхтиибин» диэн кыһыл чэрэниилэнэн бэлиэтээбит уонна «Мюнхгаузен, барон» диэн илии баттаабыт этэ.

Ол дьиктилээх тэтэрээти мин сонно чардаакка олорон сиэппэр илдьэ сылдьар банаарбынан тык­таран аахпытым уонна хайаатар да ис хоһоонун эһиэхэ тиэрдэргэ быһаарыммытым.

Маҥнайгы кэпсээн

Саха сиригэр хайдах тиийбиппиний?

Саха сиригэр адьаһын алҕас түбэспитим. Киһи барыта мин ыйга иккитэ тахса сылдьыбыппын билэр. Бастакы сырыыга ыйга сүрдээх уһун горуох умнаһынан өрө ыттыбытым, оттон иккис сырыыга муоранан устан испит баарыстаах хараабылбын буурҕа ытыйан таһааран ыйга бырахпыта. Ол эрээри билиниэхпин ба­ҕарабын: мин ыйга уопсайа үстэ бара сылдьыбы­тым уонна ол үһүс түбэлтэм, дьиҥэр бастакы, ити санап­пыт икки айаным иннинэ этэ.

Дьэ ол сырыыны мин уруккуттан туһанар ньымабынан олоххо киллэрбитим, кэлин ону атын да дьон элбэхтик туһаммыттара – табаарыстарбын көрдөһөммүн бэйэбин улахан тэргэнинэн ыттарбытым. Ол туһунан эһиги да истибиккит буолуо. Арай ыйтан хайдах төттөрү кэлбитим буолуой? Билбэккиэт? Ээ, ама ону билиэххит дуо!

Ол кистэлэҥин мин субу күннүкпэр эрэ итэ­ҕэйдим. Тоҕотун эһиги сэһэн түмүгэр ааҕыаххыт.

Арба, этиэхпин баҕарабын, маҥнайгы уонна тиһэх айаннарбар миигин түбэһэ көрсүбүт ый олохтоохторо олох маарыннаспаттар этэ. Бука, ыйга мин тус туһунан дойдуларга сырыттаҕым буолуо…

Дьэ онон миигин ыйга наһаа үөрэ-көтө тоһуйбуттара. Көтөн иһэн салгыҥҥа оҕустаран итийбит уонна икки сиринэн метеориттарга дьө­лө сиэтиллибит хомуһуолум, үс муннуктаах сэ­лээппэм сойо иликтэринэ, кыта-кыйма курдук үгүс ый олохтоохторо – от күөҕэ өҥнөөх бээгэйдэр саба сырсан кэлбиттэрэ. Айхаллыы-айхаллыы миигин салгыҥҥа өрүтэ быраҕаттаабыттара, онтон хоруол олорор дыбарыаһыгар көтөҕөн илпиттэрэ. Мин хорсун быһыыбын биһирээбит Үрдүкү Баһылык сонно миэхэ онус истиэпэннээх уон биир сарадахтаах Ый Дьоруойун Сулуһун туттарбыта уонна сарсын миигин оннооҕор үрдүк наҕараадалар күүтэллэрин эппитэ. Бү­түн ый үрдүнэн хас да хонуктаах өрөгөйдөөх бырааһынньык саҕаламмыта. Дэҥҥэ көстөр сэмэй киһи буоламмын, ол хайҕалы нэһииччэ тулуйбутум. Биир нэдиэлэнэн хомуһуолум иннэ-кэннэ быыһа-арда суох гына уордьанынан уонна мэтээлинэн туолбута. Онон мин дьиэлииргэ соруммутум. Ый дьоно-сэргэтэ, ордук кэрэ аҥаардара, ыыты­маарылар араастаан ааттаспыттара. Ол эрээри мин бэриммэтэҕим. Хомойоннор барахсаттар икки нэдиэлэлээх кутурҕаны биллэрбиттэрэ. Күлэр, муусуканы тыаһатар бобуллубута, сибэкки лааппыларыгар аҥаардастыы хара оруоса сибэккилэри атыылыыр буолбуттара.

Мин ый кытыытыгар кэлэммин адаар тааска ыттыбытым. Ханна эрэ ыраах аллараа Сир оргууй эргийэн долгуйара, континеннар уонна эҥин дойдулар устан ааһаллара. Соругум судургута суоҕа: кыҥаан-кыҥаан баран ыстаммытым кэннэ Сиргэ чугаһыыр сахпар анныбар төрөөбүт түөлбэм көстөн кэлиэхтээҕэ, оттон бэйэм эрдэттэн тиэргэммэр бэлэмнээбит кэбиһиилээх соломобор оройбунан түһүөхтээх этим.

Ааҕан-суоттаан баран, мин хабыс-хараҥа далайга ыстанан кэбиспитим. Сулустар уоттарын сыдьаайыттан килэччи кэппит уордьаннарым чаҕылыйа оонньууллара, бука, Сиртэн көрбүт дьоҥҥо мин сурулуу көтөр бөдөҥ метеориты санаттаҕым буолуо. Сүргэм олус көтөҕүллүбүт этэ, ол эрээри Сиргэ чугаһыырым саҕана күүтүллүбэтэх мэһэйи көрсүбүтүм. Мин үлүгэрдээх халыҥ хаардаах былыкка батары түспүтүм. Ол былыт хойуу уонна тымныы тумана аллараа көтүүбүн лаппа бытаардыбыта, онно батыллан тохтуохпун, ыйга тиксибит наҕараадаларым, салгыҥҥа аалыллан кытарыахтарыгар диэри итийэннэр, былыты дьөлө сиэннэр холлороон таһаарбыттара, мин ол холлороонунан сыыллан испитим.

Кэмниэ кэнэҕэс тоҥ былыттан дьөлө көппүтүм, ол эрээри – дьэ кыһалҕа! – мин төрөөбүт Германиям хайыы-үйэ ыраатан хаалбыт этэ, анныбар биллибэт дойдум хаардаах хайалара адаарыһан сыталлара. Хомуһуолум эҥэрдэрин тиирэ тардаммын, хайа кыалларынан сиргэ сааллар түгэммин сымнаппытым, ол эрээри син биир атахпынан олус күүскэ саайылламмын, хобу­лукпуттан кыым бөҕөтө саҕыллан, хас да хаппыт абырҕал умайан тахсыбыта. Мин, өй хаата киһи, тута кутаа уот оттуна охсубутум, тоҕо диэтэххэ маннык тымныы дойдуга тоҥон өлүөхпүн сөбө.

Уокка хас да сыгынаҕы симэн бараммын, аттыгар утуйан хаалбытым. Оо, ирбэт тоҥ араҥа үрдүгэр кутааламмыппын билбитим буоллар даа! Сарсыарда уһуктубутум, дириҥ баҕайы муус шах­та түгэҕэр сытарым. Кутаа уотум түүн устата ирбэт тоҥ мууһун уулларан, миигин илдьэ аллараа түспүт этэ. Мин саҥа кыһалҕаҕа түбэспитим: муус килиэ эркиннэринэн хайдах да хатаастан тахсар кыах суох этэ. Төһө да мин буолбутум инни­гэр тоҥоммун титирээбитим, ол иһин кутаабар саҥа уккунньахтары укпутум, онуоха атаҕым анныгар туох эрэ хамсаан сүгүллэҥнээбитэ, онтон сүрдээх модьу кутурук миигин охсон саа­йаатын, мин эһиллэн хаалбытым. Шахтаттан өрө кыырайан иһэммин мууска бохсуллан утуйа сыппыт сүүнэ улахан динозавры уотум суоһунан уһугуннарбыппын өйдөөбүтүм. Үөһэ тахсаат, били шахтаны түргэн үлүгэрдик көһөҥө таастарынан бүө­лээбитим уонна биир тааска сурук суруйбутум: «Сэрэниҥ, манна адьырҕа моҕой кыыл баар!»

Саха сиригэр, Тымныы Полюһун аттыгар, мин быһылааннаах сырыыларым сити курдук саҕа­ламмыттара.

Иккис кэпсээн

Лабыҥкыр адьарай кыыла

Олус дьиибэтик билиэҥҥэ түбэспит муус куйаарбыттан мүччүрүйэрбэр биир эрэ суол баара – харса суох инним диэки баран иһиэхтээҕим. Ол иһин тус арҕааны тутуһан инним диэки диэки түһүммүтүм. Онно, кый ыраахха, мин тапталлаах герцогствам баара.

Кыратык дьүккүйэн биэрээт, хас даҕаны үрдүк уонна туруору аартыгы уҥуордааммын киэҥ нэ­лэмэн күөлгэ кэлбитим. Бастакы дьы­бар тоҥорон, кини ньуура чап-чараас, дьэп-дьэҥкир мууһунан бүрүллэ охсубут этэ. Үктэнэрбин кытта ол муус хотойон тыһыгыраан киирэн барбыта. Миигиттэн атын киһи, саллан, күөлү эргийэ хаамыа эбитэ буолуо. Оттон мин оннооҕор буолуох кутталлаах түгэннэри этэҥҥэ туораабыт барон Мюнхгаузен буоллаҕым дии, ама, кэннибинэн чинэрийиэм дуо. Хаҥас илиибинэн баттахпын харбанаат, өрө тардынан ыйаа­һыммын лаппа чэпчэппитим уонна инним диэки дьулуруйбутум.

Аҕыйах мүнүүтэнэн мууһурбут күөлү туоруур – наһаа астык дьарык буоларын өйдөөбүтүм. Мин өстүөкүлэтиҥи дьэҥкир муус устун хатыыскалыыбын, оттон атаҕым анныгар от күөх уонна кытархай уу чалахайдара долгулдьуйа хамсыыллар, үрүҥ көмүс хатырыктаах улахан уонна бытархай балыктар устаҥныыллар, арыт эбирдээх тириилээх сүүнэ улахан сордоҥнор элээрэн ааһаллар – барыта сонун, дьикти. Уу аннынааҕы эйгэ хартыынатыгар умсугуйаммын, күөл ортотугар тиийбиппин билбэккэ хаалбытым.

Дьэ ол иһэн эмискэ көрбүтүм, кэннибиттэн, арыый уҥа өттүбүттэн, муус аннынан араҕас уоттаах банаар тыган иһэр эбит. Уу иһигэр банаары көрбүккүт?! Оннугу мин хаһан да харахтаабатаҕым! Толкуйга ылларан, антах хайыспыппар, доҕоор, хаҥас өттүбэр эмиэ соннук банаар чаҕылыччы тыган иһэрэ. Төһө да булугас өйдөөх буолларбын, ол банаардар миигин эккирэтэн иһэр аарыма адьырҕа кыыл харахтарын уота буолалларын тута өйдөөбөтөҕүм. Соһуйбуппун биллэрбэккэбин сы­ныйан көрбүтүм, ол кыыл сүҥкэн улахан бастаах, боллоруттаҕас көҕүстээх уонна сарбайбыт уһуктаах тыҥырахтардаах лапчааннардаах эбит. «Долгуйума, барон, – диэн бэйэбэр сипсийэн эппитим, – хайа да түгэҥҥэ, күүскэ хамсанымыах тустааххын». Соччо аахайбаттык туттан, таптыыр ырыам матыыбын иһиирэ-иһиирэ, кытыл диэки тэбиммитим.

Ол эрээри мин ханна ыраатыамый: эмис­кэ иннибэр уонна кэннибэр баараҕай тиистэр мууһу тыастаахтык тоҕо солооннор субу күө­рэйэн таҕыстылар. Мин туох баар күүспүн түмэн баттахпыттан өрө тардынным да, хойу­таабыт этим! Амырыын тиистэр лаһыгырыы ып­сыстылар, мин ньалҕаархай холлоҕос устун аллараа көтө тур­дум. Туох эрэ кытаанахха хаста да охсуллаат, хайа хаспаҕын саҕа куртах иһигэр биирдэ баар буоллум.

Харахтарым хараҥаҕа үөрэммиттэригэр хаайыыбын чинчийдим. Утары эркиҥҥэ ким эрэ аймаммыт тылларын уһуктааҕынан хайыта тардан суруйбут этэ: «Быраһаай, күн сирэ! Абааһы адьарайа кыраннын!».

Куртах түгэҕэр араас кыыллар уҥуохтара күөрэ-лаҥкы түһэ сыталлара, олор ортолоругар сүүрбэччэ киһи баһын уҥуоҕа туртайара. Ол эрээри ынырык кырамталар быыстарыгар миэхэ туһалаах маллары – хас да кылыһы уонна тостубут үҥүүнү булан үөрдүм аҕай. Сонно тута ол кылыстартан биирин хаба тардан ылан сүдү адьырҕа иһин-үөһүн үлтү кырбастыах санаа киирдэ, ол эрээри туттуннум. Оннук гыннахпына бэйэм бэйэбин суорума суоллуохпун сөп эбит: дьөлөҕөстөрүнэн уу киирэн, мин чачайан өлүүһүбүн. Тоҕо диэтэххэ адьырҕа би­лигин ханна эрэ күөл түгэҕэр утуйа сыттаҕа эбээт. Суох, атыннык дьаһаннахха табыллар…

Арай көрбүтүм, аттыбар хойуу лабархайдаах харыйа лабаата сытар. Мин сонно хайдах быыһанарбын биллим! Куртах иһигэр ол бу дүлүҥ, сыгынах, хардаҕас, мутук элбэх. Олору чөмөхтөөн, хатаппыттан кыым саҕан уот отуннум. Кутаам умайан күлүбүрээтэ, хойуу буруо аарыма кыыл куолайын диэки субулунна. Сотору куртах иһигэр уот сыралҕана сүрдэннэ, мин саамай түгэх мун­нукка симилинним. Абытайдаах ыарыыны тулуйбакка адьырҕа моҕой өрө мөхсөн, кутуругунан уонна моойунан ууну лаһыйда, лапчаанынан иһин тарбыы-тарбыы өрүтэ ыстанна. Мин кини куртаҕын эркинигэр икки кылыһы батары саайан, олортон тутуһа сылдьан тулабар туора-маары көтөр уҥуохтартан уонна мастартан аһаран биэрэбин. Уотунан салыыр алдьархайдаах ыарыыны тулуйбакка, сүүнэ кыыл ууттан төлө көтөн тахсан кытылга сууллан күр гынна уонна өлөр мөхсүүтүн мөҕүһүннэ. Мин ону эрэ күүппүт буоламмын, кылыспынан кыыл иһин хайа анньаат, көҥүлгэ таҕыстым.

Сити курдук мин Лабыҥкыр күөл абааһыты­нан аатырбыт амырыын адьарайын идэмэрдээх тыынын быспытым. Ол эрээри хорсун-хоодуот быһыыбын билбэт олохтоох дьон сол аарыма кыылы күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах дии саныыллар, сорохтор, бэл, илэ харахтарынан көрбүт аатыраллар. Ким билиэ баарай, баҕар күөлгэ хас даҕаны сүҥкэн адьырҕа олорбута буолуо…

Үһүс кэпсээн

Түүлээх сулуоннар

Лабыҥкыр сиэмэх кыылыттан этэҥҥэ быы­һанаат, кыратык сынньанан олоро түспүтүм уонна олус аччыктаабыппын билбитим. Буолумуна даҕаны, тиһэҕин ыйга үссэммитим, итиэн­нэ онно олорор от күөх бээгэйчээннэр ама мин курдук бөдөҥ-садаҥ эр киһини өллүүр тотоойу астаах буолуохтара дуо?!.. Оттон маннааҕы муус кыйаарга буспут аһылыгы булар күчүмэҕэйин, аһыырбын бултаан эрэ булунар кыахтаахпын өйдөөтүм. Атын киһи онтон санаарҕыа этэ, оттон миигинньик бэргэн ытааччы, соргулаах булчут, эбиитин туйгун сэрииһит уһуннук өйүн сынньыбат: түргэн үлүгэрдик чугастааҕы хайаҕа ыттан тахсаат, уҥа таныыбынан салгыны сытырҕаатым. Арай төрөөбүт Германиям хайысхатынан – арҕааҥҥы сис хайалар уҥуордарыгар үһүс дабаан тэллэҕэр сытар хочоттон сытыы баҕайы кыыл сыта аҥылыйан кэлэн муннубун кычыгылатта.

Чэпчэкитик хардыылаан икки бастакы аартыгы уҥуордаан үһүс сис хайа дабаанынан сүүрэн тахсаат, сэрэнэн-сэрэнэн аллараа сытар хочону өҥөйөн көрдүм. Мин диэтэх кыраҕы харахтаах киһи булт чулуутун таба тайаммыт этим! Ол булду ким баҕарар бэлиэтии көрүөхтээҕэ: хочо хабайар хаба ортотугар биэс уонтан итэҕэһэ суох ахсааннаах баараҕай сулуоннар мэччийэ сыл­дьаллара! Африкаҕа уонна Индияҕа булка хастыы да сүүс сулуону сууһарбыттааҕым, дэлэҕэ олохтоох булчуттар миигин «Улахан Кулгаахтаах Кыылларга кыр өстөөх Мюнх» диэн хос ааты иҥэриэхтэрэ дуо… Ол эрээри бэтэрээҥҥи сулуоннар урут көрбүт сулуоннарбыттан алта төгүл улахан уонна оройдоруттан тилэхтэригэр диэри хойуу түү саба үүммүт, түүлэрин быыһыттан килэҥниир уһуктаах сүүнэ аһыылаах, уоттаах харахтаах харамайдар этилэр.

Эһиги саарбаҕалаамаҥ: мин куттамматаҕым да, ол кыыллары кыайан бултуом суох диэн саллыбатаҕым да. Барон Мюнхгаузен оннук киһи буолбатах! Мин аартык устун арыый аллараа түс­пүтүм, биир талыы эмис сулуону кыҥаат, мушкет саам чыыбыһын тардан кэбиспитим. Сулуон ымыр да гымматаҕа. Дьэ онно өйдөөтөҕүм дии, аан дойду үрдүнэн саамай күүстээх уонна бөдөҥ калибрдаах мушкет буулдьата сулуон хойуу түүтүгэр батыллан, халыҥ тириитин хоппотоҕун. Сулуон, мин диэ­ки кынчарыйан көрбөхтүү-көрбөхтүү, кып-кылгас кутуругунан сапсына-сапсына, оту-маһы турута тыытан аһыырын тохтоппотоҕо.

Сыырынньалыы сылдьа үөрэммитим буол­лар, баҕар, мах бэрдэрэн, кэбэҕэстик бултанар кыылы көрдүөм этэ, ол эрээри мин чугуйары сатаабат эрэт буоллаҕым. Толкуйдаамахтаат, мушкетым уоһугар туох баар буорахпын (нуорматтан 50 төгүл элбэҕи) симтим, ол кэннэ саамай ыарахан буулдьабын уктум. Ити кэмҥэ сулуоннар тотоннор мууһунан бүрүллэн эрэр үрүйэҕэ уулуу бардылар, мин оруобуна ол үрүйэ баһыгар саһан сыттым. Кинилэр ыллык устун биир-биир субуруһан хааман истилэр. Инники уордаах көрүҥнээх аарыма үөр баһылыга сүөдэҥнээн иһэр. Кини уһуктаах аһыыларыгар ким эрэ кыа хаана биһиллибит курдук. Мин илиим хата салҕалаабата. Саабын сулуон уоттаах харахтарын икки ардынан туһаайаат, чыыбыспын төлө тартым. Сонно этиҥ курдук хабараан тыас лүһүгүрээтэ, ол дорҕоонун арай Рейн өрүс кытылыгар буолбут кыайыылаах кыр­гыһыым ньиргиэригэр холуом эбитэ буолуо. Саа күүстээх тэбиитэ миигин сиртэн эһэ тардан кэнним диэки бырахта.

Өйдөнөн кэлбитим, Лабыҥкыр күөл кытылыгар тиэрэ таһылла сытар эбиппин. Хата туох имнэммитэ буолла, түөрт арсыыны аһара көппөккөбүн муустаах ууга умсар дьолтон быыһаммыппын. Уонна ким билиэй, баҕар, күөл түгэҕэр миигин өссө биир эмэ сиэмэх адьырҕа кэтэһэн сыппыт да буолуон сөп…

«Мушкеттан ытыы тугунан түмүктэммитэй?» – диэн ыйытыаххыт. Мин даҕаны ону билиэхпин баҕараммын, күүспэр күүс эбиллэн, муҥ кыраайбынан төттөрү сүүрдүм, итиэннэ уонча мүнүүтэнэн үһүс дабаан оройугар баар буоллум.

Дьэ дуо!.. Мин маннык бултуйууну көһүппэтэҕим! Үрүйэ баһыттан хочо ортотугар диэри мин өлөрбүт түүлээх сулуоннарым сылбах курдук охто сыталлар. 50 төгүл модун эстиилээх буулдьам барыларын хоһулаһыннаран тобулу ыппыт. Бука барыларын! Уонна бүтэһигэр хочо анараа уһугар турар аарыма тиити ортотунан тосту ытан кэбиспит. Өссө элбэх алдьатыыны оҥоруоҕун, ол мас кэннигэр чымаан гранит таас очуоска кэтиллэн тохтообут, таас кээрэттэн сиргэ ыһылла сытара.

Мин булдум ахсаанын тарбахпар тиспитим: биир, икки… биэс… уон икки… сүүрбэ… отут икки! Оннук, отут икки сулуон тыына быстыбыт этэ. Маннык ытыынан үйэ тухары киэн туттуохха сөбө, ол эрээри мин соччо астымматаҕым. 32 сулуону хайыамый?! Төһө да аһанньаҥ буолларбын, биир сулуонтан ордугу эбиэккэ уонна киэһээҥҥи аһылыкка сиирим биллибэт, өссө биири баҕар, ыһык гынан, сүгэн илдьиэм даҕаны. Хаалбыт отуту сиэрибин биир сиргэ олоруом дуо, кыһын обургу ыган кэлэн иһэр, онон суһаллык дьиэлээтэххэ табыллар. Ол гынан баран үтүө булчут булду мээнэ бырахпат үгэстээх – мин сууһарбыт сулуоннарбын харайар түбүккэ түстүм. Инньэ гынан киэһээҥ­ҥи аһылык кэнниттэн хайа бар­быт мушкетым уоһунан күрдьэх оҥордум уонна муустаах тоҥ буору хаһан киирэн бардым. Отут сулуону ба­тарар булууһу хаһар манан аҕай үлэ буолбатах, ол эрээри түүн ортотун саҕана сорук­пун толо­роммун, сарсыарда тыҥ хатыыта бултуйбут булпун барытын сүгэн-көтөҕөн муустаах омуһахха дьаарыстаатым уонна көмөн кэбистим. Дьоҥҥо үчүгэйи эрэ саныыр киһи буоллаҕым, булууһум үрдүгэр «Барон Мюнхгаузен аһылыгын хасаа­һа. Кыбыстыыта суох туһаныҥ. Минньигэстик аһааҥ!» диэн суруктаах хаптаһыны саайдым.

Бэҕэһээ сиэбит сулуонум тобоҕунан сар­сыар­да үссэнэ түһээт, иккис сулуонум этин талба кырбастарын матаҕабар хаалаатым уонна дойдубар аттанным.

Кэлин истибитим, түүлээх сулуону дьоннор мааман диэн ааттаабыттар итиэннэ быдан үйэҕэ мэлийбит кыыллар көрүҥнэригэр киллэрбиттэр. Дьиктитэ диэн, уонунан сыллар ааспыттарын кэннэ мин булууска укпут хаһааспын учуонайдар булан ыланнар «мааманнар кылабыыһалара» диэн быһаарбыттар. Дьэ онно мин, хамсабын соппойо-соппойо, үөрэхтээхтэр сабаҕалааһыннарын уонна эридьиэстээх толкуйдарын истэ-истэбин, күлүкпэр имнэммитим…

Төрдүс кэпсээн

Муус кириэппэс

Хоту дойду кыһына олус тымныы буолуох­тааҕын сэрэйэр этим, ол да буоллар бачча түргэнник уонна суоһардык дьыбарсыйыа дии санаабатаҕым. Сэрииһит, булчут кытаанах олоҕор үөрүйэх этим, тоҥууга-хатыыга дуос­тал кы­һаммаппынан аргыстарбын уонна доҕотторбун мэлдьи соһутарым. Ити гынан баран, бу сир айылҕата сөҕүмэр уратылааҕа. Тымныыта бэрдиттэн киэһэлик салгын аһары хойдон, хаамарбар илиибинэн силэйэргэ күһэллибитим. Ол судургута суоҕа, тоҕо диэтэххэ илиим атыҥҥа эмиэ наадалаах этэ – сотору-сотору икки таныыбыттан үүнэн тахсар муус чопчулары тосту тутар уонна кыламаннарбын силимнээн харахпын бүөлүүр кырыаны ыраастыыр үлэлээҕим. Мин өйдүүрбүнэн, дьыбар Цельсийинэн 120 кыраадыс тымныыга тэҥнэспитэ!

Кулгааҕым икки муус болгуоҕа кубулуйбут­тара быданнаабыта, көхсүм уонна түөһүм халыҥ муус куйаҕынан бүрүллүбүттэрэ, оттон бачыыҥкам оннугар ыбыс-ыарахан муус адаҕаны кэтэ сылдьар курдугум. Тулуура суоҕум буоллар, ыксааммын хараҕым уутунан суунан баран чоҥкуччу тоҥон өлүөх этим, ол эрээри мин бэйэм кыахпар уонна булугас өйбөр эрэнэрим.

Өр-өтөр буолбатаҕа, көрсүбүт иэдээммэр өссө биир алдьархай ааҥнаабыта: ханна эрэ чугас бөрөлөр улуйар саҥалара иһиллибитэ. Мин өйдөөбүтүм – хоп-хойуу тымныы тумаҥҥа силэйэн ааспыт суолбун бөрөлөр буланнар миигин батыһан иһэллэрэ. Маннык ынырык тымныыга кини­лэр сылаас хааннаах киһи этин сиэннэр ириэхтэ­рин баҕараллара баа буолуо дуо. Мушкетым хай­дыбатаҕа буоллар, ымыр да гыммакка утары­лаһыам этэ… Ол эрээри син биир тугу эрэ гыныах кэриҥнээхпит. Улуйар саҥаларын дорҕоонуттан сылыктаатахха, сүүс түөрт уон үс бөрөттөн аҕыйаҕа суох сиэхсит миигин сырсан иһэрэ.

Санааҕа түһэммин умса көрдүм уонна эҕирийбит салгыммын таныыбынан атаҕым туһаайыытынан үрэн таһаардым. Итиэннэ тыыным бургучуйар паара чыпчылҕан түгэнигэр тоҥ сиртэн муус быллаары үүннэрэн таһаарбытыттан атаҕым иҥнэн, сууллан түһэ сыстым. Уонна «Быыһанар суол баар эбит!» диэн хаһыытаары гыммытым, тоҥон ыбылы ыпсыбыт уостарым сатаан аһыллыбатылар. Ол, баҕар, дьолго эбитэ буолуо, сур бөрөлөр мин үөрбүппүн билбэти­лэр, ыраах холлороон түгэҕэр кинилэр от күөҕэ харахтарын кыыма кылахачыйар.

Икки илиибинэн хойуу салгынтан анньынаат уонна аҥаар атахпын токуччу тардынаат, турар атаҕым мууһурбут уллуҥаҕар тирэнэн, ынырык түргэнник эргичийэн кулахачыйдым. Итиэннэ эргийэрим тухары омуннаахтык тыын да тыын! Дьэ дуо, миигин тула сөҕүмэр түргэнинэн муус эргимтэ улааттар улаатан барда ээ. Ол төгүрүк эркин бастаан тобукпунан, онтон курданарбар диэри үрдээн, салгыы түөспэр тиийдэ… Өссө кыл түгэнэ эргийдэххэ туох да хоппот муус кириэппэс иһигэр хорҕойор кэриҥнээхпин!..

Ити эрээри бөрөлөр бултуйбакка аччык хонор кутталламмыттарын сэрэйдилэр уонна кимэн киирдилэр. Өрө ыстаммыт адьырҕалартан хас да бастакы кыыл, тиистэрэ, тыҥырахтара муус эркиҥҥэ сааллан, тимири тимиргэ охсордуу «лыҥ» гыннылар, итиэннэ халтарыйан сиргэ сурулаан түстүлэр. «Кыайыы!..» Ол эрээри, үөр баһылыга дьиктитик ырдьыгынаат, атыттар­га аҥаар ха­раҕынан имнэннэ уонна илин баппаҕайынан үөһэ диэки ыйаат, эркин анныгар турунан кэбистэ. Онуо­ха иккис сур бөрө кини үрдүгэр ытынна, ол үрдүгэр үһүс хатааһынна, онтон төрдүс, бэһис… Кыаҕым баарынан эргийэн кулахачыйарбыт­тан эркиним үрдээн истэ, ол эрээри бөрөлөр кирилиэстэрэ оннооҕор түргэнник улаатар! Мин тохтооммун эркиним үрдүттэн төҥкөйөн тураммын, эҕирийэ-эҕирийэ, иккитэ тыынан уһуурдум. Ыбылы тоҥмут салгын көһөҥөлөрө үөһээҥҥи бөрөлөр бастарын хампы түстүлэр, ол да буоллар кинилэри солбуйа саҥа адьырҕалар ыттан таҕыстылар. Илиинэн киирсии ыган кэллэ!

Хас даҕаны тыыныынан эркиним кытыытыгар туруулаһарга табыгастаах муус үктэли үүннэрдим, итиэннэ онно тахсаммын охсуһууга бэлэмнэнним. Сур бөрөлөр үрүт-үрдүлэригэр дьаарыстана ыттаннар, субу тиийэн кэлээттэ­рин, мин эркин үрдүттэн төҥкөйөөт, эмискэччи икки үөһээҥҥи бөрөнү кутуруктарыттан харбаат, ыбылы мууһурбут айахпын атаммын би­ли өстөөхтөрү тэскилэтэр аатырбыт хабараан хаһыыбын түһэрдим! Кыргыһыыга киирдэххэ мин уорум-кылыным ынырыксыйара биллэр, оттон субу сырыыга, бука, дьулаан сирэй-харах көстүбүт бадахтаах. Таныыбыттан салыбыраан түспүт муус чопчулар модьу аһыы, кырыа-чэҥ бүрүөһүннээх кулгаахтарым сүрдээх-кэптээх муос курдук, оттон сулардыы бытыгым – икки токуккай турок кынчаалыныы килбэҥниир, сатарыыр саҥам уора-кылына ханнык да өстөөҕү куотарга күһэйэр эбит! Бөрөлөр дьаарыстаа­быт кирилиэстэрэ биирдэ бурал гынна, дьэ онтон кутуруктарыт­тан харбаппыт түөкүттэр, кутталларын омунугар тириилэриттэн уһулу ыстанаат, үс да арсыын сири өнүйбэккэ то­ҥон өллүлэр. Онтон ордубут сур бөрөлөр, аймах­тара сол курдук суорума суолламмыттарын көрөн, үтүрүһэ-үтүрүһэ, охто-охто холлороон устун куотар аакка бардылар; кинилэр ыраатан эрэр ыйылас ытабылларын итиэннэ кумуччу тардыммыт тыҥырахтарын мууска охсуллар тыаһын мин икки чаас устата иһиллээбитим.

Бөрө тириилэрин киэр элитээт, эмиэ эргичийэн бардым, Ол эрээри бу сырыыга эргиирбин улам бытаарда, бургучуйар тыыммын кылгата сатаатым. Дьэ ити түмүгэр үүннэрбит төгүрүк эркиним үөһээ өттө улам үмүрүйэн, салгын киирэригэр кып-кыра үөлэс эрэ хаалар гына бүтэйэн хаалла. Иһирдьэ лаппа сылыйда. Муус куйаҕым ууллан тохтон түстэ, туох да буолбатаҕын курдук, сымнаҕас уонна сылаас тириигэ олору­нан кэбистим. Биир аарыма бөрө тириититтэн мин бэйэлээх бөдөҥ-садаҥ киһиэхэ хомуһуол уонна ыстаан таҕыста, оттон иккис тирииттэн утуйар мөһөөх оҥоһуннум. Аны тымныыттан куттаммаппын дии санаатым. Матаҕабыттан маа­ман этин кырбаһын хостооммун тото-хана аһаатым уонна холкутук утуйан хааллым.

Бэһис кэпсээн

Кыс ортото сайын!

Муус ордуу иһигэр төһө баҕарар өр, саатар матаҕалаах этим бүтүөр диэри, сынньалаҥнык таалалаан сытыахха сөбө. Ол эрээри төрөөбүт дойдубар миигин элбэх уталыйбат дьыала-куолу күүтэрэ. Онон, сарсыарда тураммын муус дьиэм эркинин дьөлө тыынаммын хайаҕас таһаарбытым уонна түүлээх таҥастарбын кэтэн баран, тахсан арҕаа диэки хаама турбутум.

Манна даҕатан эттэххэ, чысхааннаах тымныы, миигин араастаан тургутан тоҥорон хо­туппатын билбиттии, хайдах эрэ муоһа тостубут курдук буолбута. Хойуу туман тарҕанан, күн тыкпыта, үрдүк дабаан чыпчаалыттан миэхэ тыытыллыбатах хаарынан бүрүллүбүт уйаара-кэйээрэ биллибэт сис хайалардаах дойду нэлэһийэн көстүбүтэ. «Тыытыллыбатах» диэн этии соччо табыгаһа суоҕа: бииртэн биир үрдүк очуостан сотору-сотору ынырык тыастаахтык хаар-муус халҕалаһалара уонна бөдөҥ таас­тар сиҥнэннэр таҥнары сурулууллара, оттон аллараа сытар хочолор хаардарын мин харахтыы илик адьырҕа кыылларым хаалларбыт кэтит аартыктара туора-маары уҥуордууллара, ол сиэмэхтэр мин иһэрбин истэннэр эрдэттэн тэскилээбит этилэр. Быһата, итинник быһыы-майгы уйулҕабын кычыгылатара, сэргэхситэрэ.

Арай дуу, аныгыскы дабааҥҥа ыттаат, хам­сабын тардаары олоро түстүм итиэннэ биэс биэ­рэстэлээх сиргэ туох эрэ күлүмүрдэс туочуканы өйдөөн көрдүм. «Дьикти, – дии санаатым, – ити туох буолуой?!» – уонна хоннохтоох хаамыыбын өссө түргэтэтэн биэрдим.

Уонча мүнүүтэнэн күн уотугар чаҕылыйа килэбэчийэр барамайга лаппа чугаһаан кэлээт быһаарбытым: хайа модьоҕотугар үөһэттэн сууллубут сөҕүмэр улахан дьэҥкир таас сытара. Кини кээмэйэ мин тоҕус сыллааҕыта штурмалаан ылбыт турок султаанын дыбарыаһыттан аччыгыйа суоҕа, оттон эҥкилэ суох дэхси ньуурдаах, киһи хараҕын саатырдан уотунан күлүмүрдүүр кырыыларыттан талбыта кэтитинэн хоруол ыалдьыттарын үҥкүүлэтэр саалатын муостатыгар холооннооҕо. «Хайа курустаала, – диэтим мин. – Хантан маннык бөдөҥ таас баар буолла? Дьэ сөҕүмэр дьиктилээх дойду эбит!..»

Онтон ол курустаалга диэри уонча хардыы хаалыар диэри чугаһаан баран, кини сытыытык сандаарар сырдыгын нэһииччэ тулуйан симириктии-симириктии көрбүтүм, тааһым төрүт даҕаны баараҕай алмаас буолан таҕыста! Итэҕэйбэт дьон, баҕар, төһө баҕар күллүннэр, ол эрээри мин чахчы күндү тааһы булбутум, ол тааска тэҥнээтэххэ илиҥҥи раджалар уонна султааннар бас билэр баайдара барыта кумахха кубулуйбуттара.

Дьэ ол эрээри бу алмаас саамай сүрүн уратыта атыҥҥа этэ. Кини икки өттө хаптаҕай соҕус быһыылаах буолан, аарыма улаатыннарар таас кэриэтэ, ньуурдарыгар тыгар күн сардаҥаларын түмэн, олус күүстээх сырдык сүүмэх уокка кубулутан, утары турар хайа тэллэҕэр тыктарара. Итиэннэ ол сардаҥа сүүмэҕэ түспүт сиригэр, маҥан хаар үрдүгэр балачча киэҥ чаҕылхай от күөҕэ сир көстөрө.

Сэргээммин мин ол чэлгийэр күөх сирэм диэки хаамтым. Итиэннэ онно үктэнээт, түүлээх та­ҥаспын устарга күһэлинним. Маннааҕы салгын Африкаҕа баар Сахара кумах куйаарын киэни­нии куйаас эбит, ол эрээри сирэ сииктээх булан, тула өттүбэр ыт мунна баппат джунгли ойуур ситэн силигилээн ахан турар. Аттыбар араас өҥнөөх улахан баҕайы үрүмэччилэр көтөн дайаллар, лианалар лабааларыгар попугайдар биэтэҥнии оонньууллар, уонча пальма маска кокос эриэхэлэр симсэ кэчигирэһэн тураллар, оттон чугастыы арбаспыт сэппэрээктэр ананас отоннорун ыйааһынын тулуйбакка тоҥхоҥнууллар. Ама мин, төһө да инникини өтө көрөр өйдөөх буолларбын, бэҕэһээ тоҥон тоһугураан иһэммин, бүгүн маннык ырайга кэлэн хаалыам диэн санаабытым дуо?! Суох буоллаҕа дии! Ол иһин дьылҕам үтүө бэлэҕин туһанарга тиэтэйдим.

Сымсам бэрт буоламмын, таспар баар пальма маска эрэйэ суох өрө хатааһынным уонна уонча эриэхэни туураммын сиргэ бырахтым. Онтон ананас үргүү баран иһэн мандариннаах маска кэтилинним. Фруктаны булгунньах курдук чө­мөхтөөн баран, өттүгэстээн сытан амтаһыйан сиэ да сиэ! Итэҕэйиҥ, чуп-чугас тоҥ хаардаах хайалар сымарыттан туралларын көрө-көрө ананаһы сииртэн үчүгэй туох да суох.

Минньигэс симэһинтэн алаарыйан хааламмын, джунгли ойуур иһигэр соҕотох айанньыкка араас куттал суоһуон сөптөөҕүн отой умнан кэбиспиппин, кэһэлтэтэ уталыйбата. Очуос кэнниттэн миигин өр кэтии сыппыт анаконда моҕой тыаһа суох сыыллан кэлээт, оҕууру быраҕар кэриэтэ соҕотохто өрө көппөт дуо, итиэннэ уон биир биһилэҕинэн миигин чороччу кэлгийэн кэбиһээт, харахпын үөннээхтик көрө-көрө улам хам тутан барда. Атахпыттан төбөбөр диэри сүүс саастаах дууб мас курдук суон тыбыс-тымныы инчэҕэй эттээх эриэн үөҥҥэ ыбылы куустарар куһаҕана сүрдээх, илиибин да, атахпын да хамнатар кыах суох. Миигин оҕуруктаах албас эрэ быыһыан сөптөөҕө. Тыҥам иһигэр баар салгыммын бытааннык таһааран бараммын, моҕой кыыл миигин өссө эбии туу­йарын кэтэһэ түһээт, соһуччу түөһүм муҥунан салгыны эҕирис гынным. Агдакам түөрт төгүл кэҥээн түллэс гыммытыгар, ону эрэ күүппэтэх анаконда, быч­чыҥнарын ыһыктыбакка хаалан, сытыйбыт быа курдук алта сиринэн быһа ыстанан хаалла. Моҕой быстаҕастара үрүө-тараа сыыллыбыттарын хаба тартым, итиэннэ бэйэ бэйэлэригэр туомтуу баай­талаат, күөх хонуу уҥуоругар баар халыҥ хаарга кыыратан кэбистим. «Мюнхгаузен, олус бэрт!» – диэн мас­ка олорор попугайдар, мин хорсун быһыыбын хайҕааннар, өрө хахаара түстүлэр. Үс муннуктаах сэлээппэбинэн сапсыйан махтанаат, соһумар­дык тохтотуллубут киэһээҥҥи чалбараҥмын сал­ҕаатаҕым дии.

Өтөрүнэн аһаабатахпын аһаат, толкуйга түс­түм: «Маннык кэрэ ырай сиригэр кыһалҕата суох мандарин сии-сии сытар үчүгэйэ сүр, ол эрээри, тойон барон, дойдулаах киһи буоллаҕыҥ дии, аймах-билэ дьонуҥ иннигэр иэскин умнууга хаалларар табыллыа дуо? Эн ити булбут алмааскыттан саатар тыһыынчаттан биирин быһа охсоҥҥун төрөөбүт судаарыстыбаҕар илдьэн биэрдэххинэ, баҕар, дойдуҥ кыра-хара дьонун самнархай үүтээннэрин дыбарыастарынан солбуйуоҥ, барыларыгар байылыат олоҕу хааччыйыаҥ этэ. Бар дьонуҥ үйэлээх махтала барон Мюнхгаузеҥҥа ханнык даҕаны мэҥэ таастааҕар быдан үтүө, кэрэ өйдөбүннүк буолуох этэ!.. Ыл, баран били таастан матаҕаҕар батар куһуогу тойон ыл…»

Күн киэһэрэн эрэрэ. Мин санаарҕаатым: күн хайа кэтэҕэр састаҕына туох буолуой? Бачча мааны ырай сирэ ама түүн устата тоҥон кэхтиэ дуо? Ол эрээри пальма мастар уонча чаас иһигэр итиччэ улахан буола үүммэтэхтэрэ буолуо ээ!..

Ол эрээри, сардаҥалар уохтарыттан итийбит хайа тэллэҕин хонуутун таас олоҕо сарсыардааҥҥа диэри соччо сойбото. Мин ол сиргэ наһаа үчүгэйдик хонон турдум.

Алтыс кэпсээн

Хагдаҥ эһэ хайдах үрүҥ түүлэммитэй

Сылааһынан угуттуур тропическай ойууртан тахсан тымныы хаарга үктэнэр соччото суоҕа. Ол эрээри – иэс аата иэс. Халыҥ түүлээх ыстааммын, хомуһуолбун кэтэммин, оройбор үс муннук­таах сэлээппэбин уурунаммын, хаардаах сыырга ыт­тыбытынан бардым.

Сотору соҕус били тааспар тиийэн кэллим. Күлүмнэс дьэргэлгэҥҥэ сууланан таас өссө туп­сан көһүннэ. Тула хаама сылдьаммын, кини ыраас ньууругар, саатар сутурук саҕа үлтүр­кэйи охсон ыларга дьиэк биэрэр биир да эндири булбатым. «Хайа барыыта суох буоллаҕына ону бэйэм оҥо­рор эбиппин, – диэн хомойдум мин. – Алмааһы олус кытаанах таас дииллэр, ол да буол­лар күн сиригэр мин ылбатах бөҕөргөтүүм суох этэ!»

Сиртэн ортоһуор тааһы ыламмын, алмаас муннуктарыттан биир алларааҥҥыны туһаайан, охсон саайдым. Алмаас кырыытыгар биир да суол хаалбата, хата тааһым ортотунан хайдан хаалла. Мин өссө улахан тааһы буллум. Оҕустум! – Эмиэ алмааһым бүүс-бүтүн, оттон илии­бэр туппут кварц тааһым үлтүрүйэн бытарыс гынна. Онуоха тэйиччи соҕус сытар бэйэм саҕа гра­нит сомоҕо сытарын көрдүм. Баран ону көтөҕөн ыллым уонна төттөрү сүүрэн иһэммин мии­гин кыйахаабыт алмааһым үрдүгэр бырахтым. Дьэ маныаха көһүппэтэх үлүгэрим адаҕыйда: күндү таас дор­гуйан хамсаата, иҥнэйдэ уонна эмискэччи турбут сириттэн хоҥнон сыыртан аллара диэки көтөн куугунуу турда! Хайа хапчаанын түгэҕэр түһэн, онно сытар ньыгыл көһөҥөлөргө сааллан, алмаас алдьар­хайдаах тыаһы кытары тулатыгар элбэх да элбэх уоттаах кыымнары ыста.

Уҥуоргу сис хайа тэллэҕэр көҕөрөн-наҕаран сыппыт хонуу, аптаах алмаас таас курдат тыган күүһүрбүт күн уотун сылааһыттан матан, улам кэхтэн барда. Миигин кырыыр-таныйар сүүһүнэн попугайдар саҥалара хойунна. Таас хампарыйыыта – маннык сууллуу кэннэ алмаастан туох ордуоҕай! – кинилэргэ тоҥон өлүүгэ тэҥнээҕэ.

Ол диэн кыра, алмаас сахпыт кыымнара өссө биир алдьархайы аҕаллылар. Кыымнар утары хайа сыырыгар уот ардаҕы түһэрэн, онно сыппыт хаары сыыгыначчы уулларан, хас да маһы уматан, арҕахха холкутук утуйа сытар үс хагдаҥ эһэни уһугуннардылар. Уокка салаппыт адьырҕалар уолуйан уһуктаннар, көрүөх бэтэрээ өртүгэр уйаларыттан ойон тахсаат, тыҥы­рахтарынан сири-буору хайыта тыыттылар. Дьэ уонна, попугайдар айдааннарын истэн, ким маннык араллааны тардыбытын тутатына өйдүү оҕустулар.

Дьэ дуо, арҕастарын кэриэрбит түүтэ туран хаалла, кыыллар сыыр устун мин диэки сүүрэн үллэрэҥнэстилэр. Маннык түгэҥҥэ кинилэргэ тугу эрэ өйдөтөн туһа суох, куотан эмиэ ырааппаккын. Хайыыр да кыах суох – сиэмэх тыатааҕылардыын охсуһарга бэлэмнэнним.

Хааннаах харахтарынан миигин уордаахтык супту көрбүт хагдаҥ эһэлэр хайаҕа өрө хатаастан субу чугаһаан иһэллэр. Туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох киһи маннык түгэҥҥэ хайыамый?! Миэхэ соҕотох биир эрэ быыһанар суол баар, кырдьыгын эттэххэ, бэйэбэр соччо үчүгэйэ суох. Мин уҥа харахпын симириччи көрдүм уонна онтубунан маҥнайгы эһэни кыҥаан бараммын, туох баар күүспүнэн сол харахпын сутурукпунан саайдым. Харахпыттан төлө көтөн тахсыбыт кыымнар, биллэн турар, алмаас таас суулларыгар ыһыллыбыт кыымнардааҕар мөлтөх этилэр, ол да буоллар, өс­төөҕүм уҥа кулгааҕын, былас түһэрбит тылын, алта сиринэн түөһүн уонна көхсүн түүтүн уотунан сиэттилэр. Абытайдаах ыарыыттан орулуу түһээт, эһэ сыыртан сууллан аллараа төкүнүйэ турда. Өссө икки төгүл харахха охсунаммын итиэннэ сэрииһиттии кырыктаах хаһыыбын түһэрэммин, икки адьырҕа кыыл чугуйар аакка барда. Уҥа хараҕым тугу да көрбөт, халтаһам дьолточчу иһэн хаалла, ол эрээри өмүрэ куттаммыт эһэлэр, хайа тэллэҕэр төкүнүйэн түһээт, часкыйа-часкыйа тус хоту ыстаннылар. Уолуйбуттара бэрдиттэн уокка кэриэрбэтэх түүлэрэ үп-үрүҥ буолла. Наһаа быыппаста сүүрбүттэриттэн эттэрэ-сииннэрэ, төбөлөрө ууннары тардыллыбыттыы уһаан хааллылар. Хойутун хойут бу эһэлэр үрүҥ түүлээх оҕолору төрөтөннөр, кинилэр­тэн Хотугу Муустаах акыйааҥҥа үрүҥ эһэлэр үөскээбиттэрэ. Итиэн­нэ миигиттэн куттаммыт кутталлара кэнэҕэски ыччаттарыгар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, кинилэр онтон ыла сиргэ үктэммэт буолтара, наар уста сылдьар муустарга уонна ырыых-ыраах муора арыыларыгар олохсуйаллара.

Оттон алмаас туох буолла? Аллара түһэн көрдүм… таас бүүс-бүтүн! Бу кэннэ кинини алдьата сатыыр туһата суох. Ол иһин, төһө да хомойдор­бун, төрөөбүт дойдубар үгүөрү соҕустук баайынан-дуолунан туһалыыр былаам­мын хааллардым.

Буоллун чэ, суоҕу суоруом дуо, хата ол оннугар попугайдар эрэйдээхтэри хайдах эрэ быыһыахха дии санаатым. Төһө да кинилэр миигин араас үөҕүү тылынан хатаҕалааталлар, мин хаһан даҕаны өһү-сааһы испэр иитиэхтии сылдьыбат буоллаҕым дии.

Ама да мин күүстээҕим-уохтааҕым иннигэр, аарыма алмааһы хайа үрдүгэр төттөрү төкүнү­тэн таһаарар кыаллыбата өйдөнөр, ол иһин мин уонча улахан суорба тааһы анныгар ытаһалыы кыбытаммын, алмааһы түспүт сирин ортотугар туруору астым итиэннэ киниттэн тэйэн ип-итии күн сардаҥатын сүүмэҕэ били хонууга тыгарын ситистим. Инньэ гынааппын кытары ол көҕөрүмтүйэ чэлгийэр кэрэ сиртэн попугайдар бастаан соччо дорҕооно суохтук, онтон улам күүскэ күйгүөрэллэрэ дуорайда: «Туругур, барон! Туругур, Мюнхгаузен! Быыһааччыга уруй-айхал!..»

Бараары туран, төһө сатанарынан үчүгэйдик өйдөөн хаалаары бу хайалаах дойдуну эргиччи одуулаатым, санаабар хаһан эмэ манна экспедиция тэрийэн кэлиэм уонна миэхэ иннин биэрбэтэх көһөҥө алмаастан булгуччу сөп соҕуһу эмти охсон ылыам дии санаатым.

Сэттис кэпсээн

Кыыл дьоҥҥо билиэҥҥэ түбэһиим

Ол айан балачча сылаалаах этэ. Сүүһүнэн биэрэстэ үрдүктээх хайалар систэрэ бииртэн биир элэҥнээн испиттэрэ, санаабар, чыпчаалларыгар киһи сүүрэн кэлэн тэбинэр сөптөөх лоскуй сир баара буоллар, мин көннөрү дабаантан дабааҥҥа ойуоккалыам этэ. Хомойуох иһин, кинилэр арҕастара олус уһуктаах этилэр, мин, илдьирийэн хаалбыт бачыыҥкам уллуҥун хайытымаары, сэрэнэн-сэрэнэн хаамарым.

Биир күдьүс хараҥа уонна кыбычыын хайалар хапчааннарынан салгымтыалаахтык түһүү уонна тымныы былыттар быыстарынан өрө дабайыы эһигини да кыыһырдыа эбитэ буолуо. Мин эмиэ улам киҥим-наарым холлон барда. Ол иһэн арай көрбүтүм, хайа хаардаах эниэтигэр ким эрэ биэс тарбахтаах атаҕын суола көстөр, адьас соторутааҕыта ааспыт. Атах сыгынньах, наһаа ула­хан уҥуохтаах киһи суола. Кини ол хаардаах дойду киһитэ буоларын өйдүү оҕустум – хайалаах сирдэргэ элбэхтик сэриилэспит, айаннаабыт, арааһы көрбүт-истибит эр бэрдэ буоллаҕым. Дьэ бу сырыыга миэхэ ол киһини илэ көрөр кыах үөскээ­тэ. Уһуннук толкуйдаабакка, мин кини­ни батыһан бардым, хата ол суол эмиэ арҕаа диэ­ки баран иһэр.

Икки чаас түргэн хаамыынан очуос хайа модьоҕотугар таҕыстым, онно улахан сомоҕо тааһынан хаххаламмыт хайа хаспаҕар киирэр хайаҕас баар. Хаспах иннигэр, кинини тыалтан-куустан уонна болҕомтото суох туора харахтартан хаххалаан хас даҕаны аарыма харыйа үүнэн турар. «Дьэ бэрт ордууну оҥостубут!» – дии санаат, дьикти киһи уйатын диэки хар­дыы­лаатым.

Киириэм иннинэ тохтоон эйэ дэмнээхтик дорооболостум. Ким даҕаны хоруйдаабата. Онуоха мин ааны солбуйар тааһы сыҕарыттым уонна ыйытыыта суох киирэргэ быһаарынным. Киириэм эбитэ буолуо, ол эрээри үөһэттэн уһун синньигэс тирии быаҕа ыйанан турар тиниктэммит кыракый уҥуоҕу көрдүм. «Бадаҕа, бу ыалдьыт киириэн иннинэ дьиэлээхтэргэ кэлбитин биллэрэн тардыалыахтаах чуораанын тутааҕа быһыылаах», – дии санаат, мин, бэрээдэктээх киһи идэтинэн, оргууй ол уҥуоҕу тартым. Оо, тоҕо инньэ гыммытым буолуой! Айылҕаттан бэриллибит сэрэҕим, булугас өйүм ханна сүтэн хаалбыттарай?! Тардарбын кытары чугастааҕы харыйа үрдүттэн көстүбэт гына кистии ыйаммыт сүрдээх модьу, ыарахан дүлүҥ мин үрдүбэр сууллан түспэтэ дуо! Төбөбөр саайыллыбыт охсуу күүһэ бэрдиттэн, мин мууһурбут, чай таас былааһыктаах буорга курданарбар диэри батары түһэн хааллым. Уон­на хас да сөкүүндэҕэ өйбүн сүтэрэн ыллым.

Өйдөнөн кэлбитим, хаспах хараҥа муннугар, илиим-атаҕым ыбылы кэлгиллэн, кус сыгынньаҕын кэриэтэ сытар эбиппин. Хаспах ортотугар кутаа уот умайан күлүбүрүүр, ол сырдыгар уонча хаардаах дойду дьоно барыҥнаһан көстөллөр. Атын киһи, ол баҕайылары кө­рөөт, уолуһуйа куттанан хаһыытаан ыыра барыа эбитэ буолуо, оттон мин соһуйбуппун букатын биллэрбэтим. Хас биирдии харамай икки этээс­тээх дьиэ үрдүгүттэн кырата суох, бары бастарыттан атахтарыгар диэри хойуу хоҥор түүнэн бүрүллүбүттэр. Арай харахтарын тулата эрэ түүтэ суох.

Бука бары эһэ тириитэ олбоххо аргынньахтаан оло­рор сүҥкэн улахан кыыл киһи туох эрэ туһунан кэпсээбитэ буолан ордоотуурун болҕойон истэллэр.

Өйдөөн көрдөххө, баһылыктара үрдүк соло­тун бэлиэтэнэрин сирбэт эбит: кини кэтит түөһүн хаҥас өттүгэр икки кэккэнэн биэстии бөдөҥ аһыыны иилиммит. Онтон миэхэ уҥа ойоҕоһунан олорбутугар, уордайбыппын арыычча туттуннум: иилистэн хаалбыт түүтүгэр ый дьоно хомуһуолбар ыйаабыт уордьаннара кылабачыйа сылдьаллар эбит! Сэрэйдэххэ, миигин тутууну ситиһиилээхтик дьаһайбытын иһин бэйэтин бэйэтэ оннук наҕараадалаабыт. Кыыһыраммын тииспин хабырыммыппар, хаспах эркиннэриттэн тоҥ кумах саккыраата.

Мин одуулуурбун билэн, кыыл дьон тойонноро төбөтүнэн кэҕиҥнээн хас биирдии аймаҕын ыйа-ыйа: «Чу-чу-наа!» – диэн хардьыгынаата. Онтон сутуругунан бэйэтин түөскэ охсунан баран: «Туй-гун Чу-чу-наа!» диэн дорҕоонноохтук уонна киэн туттуулаахтык ордоотоон саҥарда. Ити кэннэ миигин ыйда, онтон кутаа уоту, итиэннэ хоһооно суохтук: «Аам-аам-аам», – диэмэхтээтэ. Уонна астыммыттыы күлэн күһүгүрээтэ. Атыттар кинини үтүктэн эмиэ күлүстүлэр.

– Манна киһи күлүөҕэ туох баарый?! – хаһыытаатым мин абарбычча. – Түргэнник миигин сүөрүҥ уонна наҕараадаларбын төннөрүҥ!

Кыыл дьон өссө тэбиэһирэн алларастаатылар. Субу кэмҥэ кэннибэр киһи саҥата, буолаары булан дьахтар куолаһа иһилиннэ. Оттон мин аттыбар эр дьон эрэ бааллар дии санаабытым. Үс сүүс сүүрбэ алта тылы өйдүүр буоламмын, дьахтар миигин кытары өймөкөөннүү кэпсэтэрин биллим. Эргиллибитим, аттыбар үчүгэйкээн бэйэлээх сэбэрэлээх кыыс олорор эбит, быһыыта уһуннук ытаан халтаһата испит. Мин кинини уоскутаммын мичээрдээтим уонна эттим:

– Кэрэчээн фроляйн, салгыы кэпсээн ис!

– Үтүө санаалаах боотур, биһигини кыыл дьон билиэн ылбыттара. Мин дойдубар кинилэри чучунаалар диэн ааттыыллар. Миигин кинилэр тойонноругар кэргэн биэрээри ыраах баар нэһилиэктэн уоран ылбыттара. Ол эрээри киниэхэ ойох буолуом кэриэтэ өлүөм!

– Хомойума, тоойуом, – кыыһы мин уоскута сатаатым, – эн билигин барон Мюнхгаузен аттыгар бааргын, ол аата…

– Р-р-р-р! – ырдьыгынаата, миигин тохтотоору, чучунаалар баһылыктара, онтон кыыска туох эрэ диэтэ. Мин санаабар, кыысчаан кинилэр тылларын онон-манан син өйдүүр буолбут. Миэхэ тылбаастаан биэрдэ:

– Кини этэр: өскөтө эн кинилэр саамай кутталлаах өстөөхтөрүн кыайарыҥ буоллар, эйигин босхолуохтарын сөп үһү. Оттон көмөлөспөт буоллаххына чучунаалар эйигин кутаа уокка үтэн сиэхтэрэ. Олус аччыктаабыттар.

– Эт эрэ киниэхэ, – бэйэбин билиммит киһилии саҥардым мин. – Барон Мюнхгаузен хаһан даҕаны атын дьон ирдэбилин толорорго тиэтэйбэт, кини мэлдьи бастаан бэйэтин баҕатын толорор. Бу да сырыыга оннук буолуоҕа. Мин кинилэр өстөөхтөрүн булгуччу торутуом, өскөтө ол дьиҥнээхтии кырыктаах өстөөхтөр буоллахтарына. Манньатыгар чучунаалар эйигин төрөппүттэргэр төннөрүөх тустаахтар уонна мантан антах кими даҕаны талыа-халыа суохтаахтар.

Маны истээт, чучунаалар тойонноро сэнээбиттии силбиэтэнэн кэбистэ, оттон кини биир хааннаахтара бастыҥ киһилэрин быһа-хото саҥар­тараннар олох дөйөн хааллылар. Ол эрээри мин чугуйар былааным суоҕун көрдөрөн, модьуйдум:

– Өһүлүҥ быаҕытын! Эр киһилии биир биир­гэ киирсиэххэ!

Биир мүнүүтэнэн кини биһикки хайа модьоҕотугар күөн көрсөрдүү оҥостон турдубут. Чугастааҕы хайаттан хаар халҕаһата доргуйан сурулаан түһүөр диэри хаһыытаан бытарытаат, чучунаа баһылыга миэхэ утары ыстанна. Сордоох, мин элбэх сыл устата илиҥҥи дойдулар күөн көрсүһэр ньымаларын чинчийбиппин билээхтээбэт буоллҕа! Саамай сөбүлүүр 895-с ньымабын туһанан, чучунааны тас уорҕатынан сиргэ ньиччи бырахтым, онуоха кини иилиммит наҕараадалара туллан бурҕас гына ыһылланнар, тааска саалланнар кыымнары сахтылар, сорох­торо харыйалар хатырыктарыгар батары түстүлэр. Дьиикэй дьон кутталларыттан үрүө-тараа сырыстылар, оттон тойонноро сиргэ хаптаччы сытан хаалла. Өйдөнөн мин диэки хардыылаан эрдэҕинэ, ытыһым кырыытынан били төбөбөр сааллыбыт дүлүҥү ортотунан быһа охсон кэбистим. Баһылык, саллан, мин иннибэр сөһүргэстии түстэ. Оттон атыттар сиргэ умса түһэн сыттылар.

Мин табахтаах хамсабын уматтаммын, хаста даҕаны обордум уонна эйэ дэмнээхтик эттим:

– Чэ сөп, ситэ өйдөспөтөххө араас буолар баҕайыта, уоскуйуох. Хаспахха төннөммүт кыр өстөөхтөр уонна дьиҥ доҕоттор диэн кимнээхтэрин быһаарсыахха.

Ахсыс кэпсээн

Адаар аһыылаах адьырҕа сылгылар

Түүнү быһа чучунаалары кытары кэпсэтэммин, кинилэр бэйэлэрин тустарыгар олус дьоло суох уонна амарах санаалаах барахсаттар буолалларын билбитим. Кутаа уокка үтэн сиэхпит диэн миигин, ыҥырыллыбатах ыалдьыты, көннөрү куттаабыттар, онон күһэйэннэр миигинэн бэйэлэрин иэдээннэрин үтэйтэрээри гыммыттар. Чучунаалар сордоохтор эрэйдэрэ элбэх: киһиттэн ураты кыыллыы дьүһүннэрин иһин дьон кинилэри былыр-былыргыттан сойуолаан, эккирэтэн ыраах сис хайаларга кыйдаабыттар, онно чучунаалар, ирбэт муус уонна хаар хайыҥнаах таас хаспахтарга тоҥо-хата олорорго күһэллибиттэрэ ырааппыт. Арыт чучунаалар кыһалҕаттан дьон олорор сирдэриттэн эдэр кыргыттары уонна оҕолору уораллар эбит, хайыахтарай, олохторун оҥостоору, кэнчээри ыччаттанаары оннук быһыыланаллара буолуо.

Оттон өтөрдөөҥҥүтэ бу муҥнаахтары аны саҥа өстөөхтөр буулаабыттар, кэпсииллэринэн – сылгылар. Маннааҕы хайалар тэллэхтэригэр элбэх ахсааннаах сылгы үөрэ кэлбит. Ол эрээри мин биири өйдөөбөтүм: тоҕо ол дьиэтийэр кыыллары айааһаан иитэ ылбаккалар, биитэр бултаан сиэбэккэлэр, өлөрдүү куттана, куота сылдьалларын? Мин ону билиэх тустаах этим.

Тыҥ хатыыта биһиги чугастыы дабааҥҥа таҕыстыбыт. Чучууналар баһылыктара, салҕалас буолбут тарбахтарынан аллараа сытар хочо диэки ыйа-ыйа, куттаммыттыы саҥа таһаарда: «Анньаһа! Анньаһаа!» Ол диэки көрбүтүм, доҕоор, аата-ахса биллибэт ахсааннаах сылгы үөрэ туос бөтөрөҥүнэн үс атыыр бөрөнү эккирэтэн ситиэхчэ буолан эрэр. Мин Эмиэрикэҕэ мустанг диэн дьиикэй сылгы­лары көрбүттээҕим, ол гынан баран кинилэр саман­нык харса суох быһыыламмыттарын истибэтэҕим! 

Хаһан мин соһуйан-өмүрэн баран өйдөнүөх­пэр диэри били сылгылар сур бөрөлөрү ситэ баттаан үрдүлэригэр түстүлэр. Өрө ытыллы­быт хаар күдэрик хаптайбытын кэннэ мин халампаастыы туппут сутурукпун хаҥас харахпар даҕайан кыҥастаспытым, маҥан хаарга бөрөлөр сордоохтортон үс хааннаах толбон эрэ хаалбыт. «Дьэ буолар да эбит!» – соһуйаммын «халампааспын» арыый бэттэх сылдьар сылгыга туһаайдым. Дьэ онно өйдөөн көрдүм: сылгы хааннаах айаҕын аллараа сыҥааҕар үүммүт сөҕүмэр уһун сытыы анаҕастар күн уотугар килбэҥнииллэр эбит. Маннык улахан аһыҥастаах хахайы даҕаны, эһэни даҕаны көрбөтөҕүм. Мин онно түҥ былыр сир үрдүгэр саамай ынырык сиэмэх кыыллар – кылыс тиистээх баабырдар олоро сылдьыбыттарын өйдөөн кэллим. Ол аата кылыс тиистээх сылгылар эмиэ үөскүөхтэрин син эбит. Син буолуо дуо, үөскээбиттэр уонна билигин да бааллар! Бу сылдьаллар!

Баһылык сылгылары ыйан баран, бэйэтин титирэс буолбут дьонун ыйда, уолуйбут куолаһынан: «Аам-аам-аам!» – диэтэ. Уонна уон тарбаҕын саратта. Мин сонно өйдөөтүм: сиэмэх аттар кини аймахтарыттан уонунан киһини суорума суоллаабыттар.

Дьэ бу алдьархайтан быыһаныах кэриҥнээх­пин. Хайдах? Мин көрдөхпүнэ манна сүүс үс сылгыттан аҕайаҕа суох кыыл баар этэ, онон илиҥҥи тустуу уонна охсуһуу ньымалара кинилэри кытта охсуһарга туһата суохтара: биири кытары кыргыһар түгэммэр атыттар кэлэннэр миигин холкутук тырыта тыытан кэбиһиэхтэрэ.

Тулабын эргиччи көрө-көрө кыратык толкуйдаатым, онтон көрбүтүм, чугас хайалар быыстарыгар дип-дириҥ уонна тубус-туруору эниэлээх дохсун өрүс тоҕо сүүрбүт хапчаҕайа баар эбит; ол хапчаҕайтан соҕотох биир эрэ кыбычыын аппа тахсар. Мин начаас былаан оҥордум. Бу былааны сүрүн толорооччунан бэйэбин ананным, оттон кубарыйа куттаммыт чучунаалар көмөлөһүөх буоллулар. Икки чааһынан мин хочоҕо сылдьар сиэмэх сылгылар иннилэригэр сүүрэн таҕыстым уонна муҥ кыраайбынан куоппута буоллум. Сотору-сотору кэннибин хайыһаммын сиэмэх сылгылары үөх да үөх, ол аайы кинилэр букатын миигин сиэх-аһыах курдук кыйаханаллар. Кыыл­лара туран тугу да көрбөт буола кыыһырбыт сылгылар мин кэннибиттэн хапчаҕайга сырсан киирдилэр. Утары эркиҥҥэ сүүрэн тиийэммин чучунаалар үөһэттэн бырахпыт уһун тирии быаларыттан тардыһаммын көрүөх бэтэрээ өттүгэр хайа эниэтигэр ойон таҕыстым, эниэ кытыытынан хапчаҕайтан тахсар аппаҕа сүүрэн тиийдим уонна эрдэттэн бэлэмнэммит аарыма сомоҕо тааһы аллараа анньан кэбистим. Сылгы үөрэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр угаайыга хаайтаран хаалла.

Барар-кэлэр сирдэрэ суоҕуттан уордайан сылгылар өрө көтө-көтө хайа ньыгыл таас эркиннэригэр түһүөлээтилэр, ол содулугар сорохтор анаҕастарын тоһуттулар, онтон киҥнэрэ-наардара холлон иэдээҥҥэ тэппит үөрдэрин атыырыгар саба түһэннэр, тырыта тыытан кэбистилэр.

Барыта бүппүтүн кэннэ чучунааларга кыайыыны үчүгэй аҕайдык бэлиэтэххэ баара, хас да чубукуну бултааммыт аһыаххайыҥ диэн этии киллэрдим. Сотору эгди буолбут саҥа доҕотторбунаан бырааһынньык кутаатын тула түмсэммит үөрдүбүт-көттүбүт. Чалбараҥҥа саамай амтаннаах кырбас эти миэхэ ууна-ууна, тойонноро өрө күүрээннээхтик эттэ: «Туйгун-чу-чу-наа!» Кини түөһүгэр иилиммит аһыыларын устан ылан хомуһуолбар ыйаата. Манна даҕатан этиэх тустаахпын – били миигиттэн уордьаннарбын былдьаабытын кини өссө сарсыарда төннөрбүтэ. Таспар олорор кэрэчээн тылбаасчытым быһаарда: «Кинилэр эйигин баһылык буол диэн көрдөһөллөр». Уонна эбэн эттэ: «Сөбүлэһэриҥ буоллар, миигин дьиэбэр төннөрүҥ диэн туруорсуом суоҕа этэ…»

Кырдьыгын эттэххэ, итинтэн мин олус долгуйбутум уонна астыммытым. Ол эрээри төрөөбүт дойдубар миигин араас үлэ-хамнас уонна дьиэ кэргэн аҕатын түбүгэ күүтэрэ. Чучу­нааларга ону быһааран биэрбитим. Кинилэр онтон сүөм түспүттэрэ, оттон билиэҥҥэ түбэспит эдэркээн кыыс хаста даҕаны ытамньыйан ылбыта уонна дойдутугар аттанаары малын хомуммута.

Хаайтарбыт дьиикэй сылгылары хайа хапчаҕайыгар хаалларан кэбистэххэ, кэлин тиһэҕэр кинилэр бэйэ-бэйэлэрин сиэһэн өлүөхтэрэ. Ол сүрэ бэрт дьаһал. Онто да суох утарсааччылара ким буоларын өйдөөннөр сылгылар биллэр­дик сыһыйбыттара. Хапчаҕайы бүөлүүр тааһы кыратык сыҕарытаммын, сылгылары биир-биир таһаартаан, анаҕастарын туура-туура, босхо ыыттым. Кылыс курдук уһун аһыыларыттан матаннар, сылгылар чочумча дөйүөрэн турдулар, онтон өй ылан атахтарынан халыҥ хаары табыйан, тоҥ оту, чыыбаҕаны буланнар, амтаһыйа-амтаһыйа аһаан-сиэн кимириттилэр. «Хата бу үчүгэй», – дии санаатым мин уонна хас даҕаны «муос саабыланы» курбар кыбытаат, тус арҕаа бара турдум.

Тохсус кэпсээн

Аллараа дойду

Тоҥмут өрүстэри, күөллэри, хаардаах хайа­лары уонна хапчааннары уҥуордаан арҕаа диэки дьулуһан испитим. Биир саамай үрдүк чымаан чыпчаалы дабайан тахсаат, көрбүтүм, арай дабаантан аллараа диэки кэлим муус халҕаһата, өрүс уутун курдук күн уотугар кылабачыйан түспүт, ол көстүү миигин олус диэн астыннарда. «Тоҕо астынныҥ?» – диэн ыйытыаххыт. Хоруйдуом – адаар таас хайалар үктэллэринэн түһэн-тахсан эрэйдэммэккэ ол сиэркилэ курдук муус ньууругар олорон кыл түгэнинэн аллараа баар буолуохтаахпыттан үөрдүм.

Халтархай мууска олороот, мин кыратык илиибинэн анньынным уонна тыал курдук түргэнник аллараа сурулаатым. Аҕыйах сөкүүн­дэ­нэн унаар күөх муус суол миигин хайа тэл­лэҕэр түһэрдэ, ол гынан баран, соһуйуом иннигэр, муус суол манна кэлэн быстыбата, мин өссө түргэтээн, утары турар хайаны- кыйа эргийэн, ол анныгар баар хараҥа холло­рооҥҥо дьылыс гынным. Айаным маннык салҕааһыннаах буолбута миигин үөрдүбэтэ: онто да суох соһуччу көрсүбүт тардыллыым элбэх! Халтарыйарбын тохтотоору, бэйэм бэйэбин саҕабыттан тардыалаатым, ол эрээри хойутаабыт этим – өссө биир чыпчылҕан ааһаатын кытта – хабыс-хараҥа муус холлоҕос устун аллараа диэки куугунуу турдум.

Бастаан дириҥ баҕайы хайа хаспаҕар түһэн эрэбин диэммин, ол хаспах түгэҕэр охсулларга бэлэмнэнним. Ити эрээри тыһыынча да арсыынынан «түгэҕэ» баара биллибэтэ, икки да, биэс да тыһыынча арсыынынан кэлбэтэ… Ол икки ардыгар салгын улам сылыйан барда. Дьэ манна мин таайдым – сир шарын киинигэр тиийэр тоннельга түбэспиппин. Ким уонна туох сорукка анаан маннык тоннелы хаспыта буо­луой?

Ыйытыыбар хардарыам иннинэ биллим – аны тоннель холлоҕоһун устун көтүүм уурайан, буруо уонна сытыйбыт сымыыт сыттаах салгыҥҥа уйдаран түһэн эрэрбин. Бу сырыыга айаным соччо уһаабата, өр-өтөр буолбакка туох эрэ кутаҥныыр, хатырыктаах эттик үрдүгэр сууллан түстүм. Дьэ таабырынтан таабырын диэтэҕиҥ!

Борук сорукка ханна туох көстөрүн быһаара иликпинэ, төбөм үрдүнэн биэс кыһыл уот кы­лахачыйарын кытары ол уоттартан биир­дэстэрэ мин диэки уһун төлөнү уһуурдан ыытта. Мин төҥкөс гынан аһаран биэрдим уонна сирэйбин кистии туттум, ол эрээри бөрө хомуһуолум тириитэ уокка салатан түрдэс гынна, кэҥсик сыттаах буруо таҕыста. «Манна ыалдьыты мааныылыыр үгэһи билбэттэр эбит», – дии санаат, туора ыстанным. Сөрү-сөпкө гыммыт этим: мин бастаан турбут сирбэр саҥа уот сүүрээн кутулунна! Биир түгэҥҥэ тулам эмискэ сырдаата, онуоха иннибэр амырыын сүрдээх-кэптээх дьикти күтүр көстөн кэллэ, мин сэрэҕэ суохтук кини кутуругар сууллан түспүт этим. Кини ынырык баҕайы ардьаҕар тиистээх биэс төбөтүгэр биирдии уоттаах харахтаах, аарыма тыймыыт курдук салыҥнаах эттээх-сииннээх, өттүктэриттэн чоройон тахсыбыт кынаттара абына-табына үүммүт хара куорсуннаах, бөрө кутуругар майгынныыр кутуруга балык хатырыгынан бүрүллүбүт этэ. Дьэ мин өйдөөтөҕүм дии, ханна түбэспиппин. Үгүс хотугу норуоттар былыр-былыргыттан олорор сирдэрин үрдүн Орто дойду диэн ааттыылларын истибиттээх этим. Хал­лаан, кинилэр санааларынан, Үөһээ дойду этэ, онно айыы саҥнаах сырдык таҥаралар уонна иччилэр олохторо баара. Оттон ханна эрэ сир анныгар – Аллараа дойду диэн аатырбыт араас хара дьай­даах күүстэр: куһаҕан тыыннар, кубулҕаттаах абааһылар, сиэмэх үөрдэр, ынырык бэйэлээх улуу күтүрдэр олорор сирдэрэ баар диэн кэпсииллэрэ. Мин, дьиҥинэн, ону соччо итэҕэйбэт этим, ол эрээри бу сырыыга ол төһө кырдьыктааҕын билэр кыахтанным.

Манныкка тутуу былдьаһар ордук, хойутаатыҥ да бүтэҕин. Мин бастакынан киирсиини саҕалаан, муос кылыһым биир охсуутунан күтүр моҕой биэс баһын барытын быһа охсон түһэрдим. Ол эрээри сэппин иккистээн далайыам иннинэ быстыбыт төбөлөр оннуларыгар саҥалар үүннүлэр. Олор миэхэ уотунан тыбыыралларын кэтэспэккэ иккиһин дайбаатым. Ити эрээри күтүр кыыл бастара начаас үлүгэр чөллөрүгэр түстүлэр. Мин эмиэ кылыспын күөрэттим…

Сүҥкэн моҕой төбөлөрүн сүүс биир төгүл кэр­дибитим кэннэ өйдөөн көрбүтүм, саҥа төбөлөр сырыы аайы кыччаан, оттон күтүр харамай этэ-сиинэ хайдах эрэ уолан иһэр эбит. Дьэ манна мин биллим: өстөөҕүм улам мөлтөөн эрэр диэн. Өссө биэс уончата кылыспын дала­йааппын кытта, мин иннибэр биэс бастаах, куу­русса дабыдалын курдук куорсуна үргэммит кынаттаах, куобах кутуругун саҕа кутуруктаах камбала балыкка майгыныыр харамай ыстаҥа­лыы сылдьар буол­ла. Күлэн баран мин ол харамайы бачыыҥкам тумсунан туора эһээт, салгыы хардыылыы турбутум.

Владимир Федоров
Аита Шапошникова тылбаастаата

Чолбон. – 2023. – № 3

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар