«Бараммат-хороммот банаардаах сырдыкка…»

Амма Аччыгыйа
МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛБАР

Бараммат-хороммот
Банаардаах сырдыкка
Баҕабын толорор
Бастыҥныыр доҕорбун,

Ааҕаммын, айхаллыыр
Дьоллордоох тускуга
Уһуйан үөрэппит
Учуутал убайбар –

Эдэрдиир бэйэккэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!

Далайым уутугар
Таҥнастан сытыахпын
Далаһа кэбиһэн
Таһырдьа таһааркар,

Алаарыйар сырдык,
Айхаллаах кырдьык
Айанын суолугар
Атааран киллээркэр —

Эдэрдиир бэйэккэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!

Баайдары бахтатар
Бассабыык суолунан
Барартан кэрэйбэт
Баараҕай санааҕа,

Сырдыктыыр олохпор
Сырсартан хаалбакка,
Өстөөҕү өһөрөн
Өргөһүн тоһутан,

Хааннардаах батталы
Харсаммын кыайарга
Ханыылаах Союзпар
Харахпын аспыккар —

Эдэрдиир бэйэккэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!

Леонид Попов
УЧУУТАЛ ТУҺУНАН

Эн туох эмэ дьоҕурдаах,
Эн туох эмэ туһалаах
Буолар да буоллаххына,
Махталы ыллаххына, –
Учуутал үтүөтэ,
Учуутал өҥөтө!
Кыттыаныҥ да кыра,
Сыһыаныҥ да кыра:
Учуутал эппитин
Толорон эрдэҕиҥ,
Учуутал ииппитин
Толуйан эрдэҕиҥ.
Оттон эн туох да дьоҕура суох,
Эн дьоҥҥо туох да туһата суох
Буолбут буоллаххына,
Халтай хаамтаххына, –
Барыта бэйэҥ буруйуҥ,
Барыта бэйэҥ хоруйуҥ,
Учуутал үөрэҕин
Уу-хаар гыннаҕыҥ,
Күнүн сиэтэҕиҥ,
Күүһүттэн ыллаҕыҥ.
Өссө эбиитин –
Үлүгэрин эбитин! –
Үчүгэй киһини,
Учуутал киһини
Саакка киллэрдэҕиҥ,
Санааҕа түһэрдэҕиҥ…
Учууталлар барахсаттар,
Уу ньирэй бэйэбитин
Улаатыннаран бараннар,
Кэлин туох-ханнык эбиппитин
Кэтээн көрө сылдьааччылар,
Биһи туспутугар ыалдьааччылар.
Үчүгэйбитигэр – үөрэллэрин сөҕүөҥ,
Куһаҕаммытыгар – хомойоллорун көрүөҥ.
Аар кырдьаҕас аҕаларым,
Биэнсийэлээх учууталларым,
Миигиттэн хомойботоллор ханнык,
Өрүү үөрэ сырыттыннар маннык!

Петр Тобуруокап
УЧУУТАЛ ДОҔОРБОР

Долгуннаах хара баттаҕыҥ
Аны кырыата ууллубат,
Арай саһархай хараҕыҥ
Эйэҕэс мичээрэ кырдьыбат.

Сэрииттэн кэлэри кэтэһэн,
Уоттаах олорбут түүннэргин,
Таптыыр үлэҕэр түбүгүрэн,
Умнан ылаҕын билигин.

Сарсыарда үөрэтэ бараҕын,
Тэтэрээт – остуолу толору.
Хойутаан, утуктуур хараҕыҥ
Көрбүт көрдөөх оҕолору.

Урут мэниктээн мөҕүллэр
«Кырачаан» ааттанар Алеша
Үлэтэ дьоҥҥо биһирэнэр,
Ветеринар буолла колхозка.

Кутуйах куттаан ытатар
Сэмэй Димката билигин
Түөһүгэр сулус умайар –
Герой буолбутун билэҕин.

Оччугуй оҕо улаатан,
Табаарыс дэниллиэр диэритин
Учуутал киниэхэ – ийэ, аҕа,
Аныыр тапталын, сүрэҕин.

Кэрэтиэн, олох минньигэһин
Үлэттэн булан, астынар,
Күн-дьыл күндү бэлэҕин –
Ыччат махталын мунньунар.

Иван Арбита
УЧУУТАЛ САНААЛАРА

Билигин мин үөрэппит оҕолорум –
Аан дойду дьоллоох дьонноро,
Кэлэр күн кэскилин оҥороору
Үөрэнэр дьиэҕэ туоллулар.

Билигин мин үөрэппит уолум
Хойут инженер буолуоҕа,
Ким да кыайан оҥоруо суоҕун
Кини маҥнай oҥopyoҕa.

Мин үөрэтэр уолум сайдан-үүнэн
Хойут халлаан далайын дабайыаҕа,
Эльбрус, Этна, Гималай үрдүнэн
Тимир мохсоҕолу салайыаҕа.

Иркутскай куораттан өрөбүл күн
Мин дьиэбэр дьаарбайа кэлиэҕэ,
Киэҥ сиргэ кэрэни көрбүтүн
Миэхэ кэрэхсэтэ кэпсиэҕэ.

Сир картатын остуолга тэлгэтэн
Caҥa куораттары көрдөрүө,
Оччоҕо мин ситэн билбэтэхпин
Киниттэн көрөн, үөрэниэм.

Мин үөрэнээччим улааттаҕына
Ученай буолуоҕа,
Электричество снарээттарынан
Атомы буомбалыаҕа.

Билигин мин үөрэппит кыыһым
Хойут врач буолуоҕа,
Сэллик өлүү xapaҥa кырыыһын
Кини биһигиттэн араарыаҕа.

Биһиги мичээрдиир эдэрбитин,
Биһиги чэлгийэр чэбдикпитин,
Дьулуурдаах үлэбит эгэлгэтин
Кэлэр кэмнэргэ сэргэхситиэ.

Билигин мин үөрэппит кыысчааным
Кэскиллээх үүнэр күннэргэ
Советскай хонуулар аайы
Мичурин саадын көҕөрдүө.

Билигин мин үөрэппит кыыһым
Москваҕа баран ыллаабытын,
Сыньньалаҥым быыһыгар
Радионан истэ сытыам.

Онон мин үөрэтэр оҕолорум
Улахан суолунан барыахтара,
Киэҥ сир киэлитигэр норуот олоҕун
Кинилэр айыахтара.

Чаҕылҕан
УЧУУТАЛГА

Киэҥ ыллыкка киллэрбит,
Үөрэх сырдыгын биэрбит
Ытыкталлаах доҕорум,
Кырдьаҕас учууталым!

Үөрэ-көтө үрүмэччилэнэр
Үөрэх күннэрэ аастылар,
Оҕо сааһы кытары
Олох киэҥэр састылар.

Эн ииппит оҕолоруҥ
Эҥин үлэһит буоланнар,
Олох дьолун оҥоро
Бары тарҕаан бардылар,

Ол да буоллар кинилэр
Үүнэр үтүө саастарын
Сайаҕас сирдьиттэрин –
Эйигин умнубаттар.

Ханнык да сир ырааҕар,
Хаһан, хайдах да буоллар, –
Эн тылыҥ сайаҕаһа
Кинилэри кытта баар.

Көлүөнэ дьону ииппит
Кырдьаҕас учууталым,
Ылыый мин илиибиттэн
Ыччаттарыҥ махталын!

Иван Гоголев
УЧУУТАЛ ЫРЫАТА

Мин уруокпар бэлэмнэнэн
Чуумпу түүн олоробун,
Өйүм-санаам мэлдьи миэнэ
Үөрэтэр оҕолорум.

Тэтэрээккит лииhэ маҥан
Куба буолан сапсынар,
Олох улуу муоратынан
Кылбаҥныы дайар, дайар.

Көтүҥ, көтүҥ ыраах, ыраах
Үөрэтэр оҕолорум,
Ким үрдүккэ көтөр кыахтаах
Ол булар үрдүк дьолу.

Сиргэ дьоллоох эрэ дьоннор
Кэрэни оҥороллор,
Мин үөрэтэр оҕолорум,
Айсыҥ кэрэ олоҕу.

Көтүҥ, көтүҥ ыраах, ыраах
Эдэркээн куба буолан,
Ким үрдүккэ көтөр кыахтaax
Ол үрдүк дьолу булар.

Урсун
УЧУУТАЛБАР

П.И. Оконешниковаҕа

Намыын, намылхай эн саҥаҥ,
Ылыннарыылаах ытык тылыҥ
Оҕо куппар, дууһабар сайан,
Үтүөҕэ, үрдүккэ тардыстым.

Оттон эн, мин учууталым,
Барар аартыкпын ыйардыы,
Үрдээтэр үрдүүр, сис хайалыы,
Улахан дабааҥҥа ыҥырдыҥ.

Ол дабаан олох диэн ааттанар.
Онно анысхан тыал үрэр,
Ардыгар күн уота ылаарар,
Ардыгар самыырдыыр, хаар түһэр.

Хайатын даҕаны тулуйар,
Биир бигэ санаалаах буоларга
Эн миигин өрүүтүн угуйар
Этиҥ, Бороскуобуйа.

Билигин даҕаны миэхэҕэ
Эн намыын, намылхай саҥаккаҥ
Инники ыҥырар эркээйи
Кэриэтэ аартыкпын чуо ыйар.

Дмитрий Дыдаев
УЧУУТАЛБАР Е.Г. СЛЕПЦОВАҔА

Мин таптыыр учууталым
Евдокия Григорьевна,
Устан aahap хас сылым
Улам быһый атахтанна.

Бэҕэһээ курдук этэ
Эйиэхэ үөрэммитим,
Бүгүн уолбун үөрэттэрэ
Оскуолаҕа бу кэллим.

Хара тыам маһын тэҥэ
Халыан үгүс доҕотторбун
Үлэ, олох сүүрээнэ
Тарҕатта дойду устун.

Сорохторо Айхалга
Солун куорат туталлар,
Атыттара Алдаҥҥа
Кыһыл көмүс сууйаллар.

Үгүс доҕор колхозка –
Бааһынаҕа, хочоҕо
От охсо, бурдук быһа, –
Дьолу айса олордоҕо.

Сорох атас филиалтан
Күнүскү чэйгэ быкпат,
Наукаҕа тапталыттан,
Бэл, түүн аанньа утуйбат.

Сыччах, мин соҕотоҕун
Муммут кус оҕотунуу
Ааһа сүүрбүт доҕотторбун
Санньы көрөн хааллым дуу?

О, суох, күндү учууталым,
Кутурукка соһуллартан
Урут да куттанарым,
Куттанабын бүгүн да.

Күн-дьыл сонун эҥэриттэн
Кыл мүччү тутуһаммын,
Умса-төннө дэллэрийэн
Уолаттарбын сырсабын.

Хаалар баҕа суох отой,
Бастыыр эмиэ биллибэт.
Очуос үөһэ бары хотой
Дьиэлэммитэ иһиллибэт…

Мин таптыыр учууталым
Евдокия Григорьевна,
Устан aahap хас сылым
Улам быһый атахтанна.

Феоктист Софронов
УЧУУТАЛ СҮРЭҔЭ

1.
Учуутал – мин кимнээҕэр да
Ордук элбэх оҕолоохпун,
Итиэннэ кимнээҕэр да
Эрэйдээхпин, дьоллоохпун.

Элбиих-элбэх оҕолорго
Иккис ийэбин, аҕабын,
Үчүгэй дьон оҥорорго
Өрөөбөккө охсуһабын.

2.
Өйүм-санаам сырдык уотун,
Саамай бастыҥ иэйиилэрбин
Ордорбокко, олоччутун
Оҕолорбор иҥэрэбин.

Учуутал сүрэҕэ тыыннаах
Оҕолорго тапталынан,
Дьоҕурдаах, өйдөөх, талааннаах
Дьону иитэр дьулуурунан.

Мин сыл аайы отуччалыы
Мэлдьи оҕолоох буолабын,
Сахалыы уонна нууччалыы
Сайдар суолга ыҥырабын.

Отучча оҕо иннигэр
Умайар, ыалдьар сүрэҕим.
Арыт оҕо олус үөрдэр,
Арыт хомотор сүрдээҕин.

Мин үөрэтэр отут оҕом
Мэлдьи буолбат эриэ-дэхси.
Элбэх ыччаттан сороҕо
Эҕэлээх буолан эрэйдээччи.

Оҕотун ахсаанын саҕа
Учуутал уларыйыахтаах.
Оҕо аайы анал, саҥа
Ураты тыллаах буолуохтаах.

Учуутал сайдам сүрэҕэ –
Оҕоҕо таптал кутаата.
Учуутал өйө – эгэлгэ
Улуу сайдыы муората.

3.
Оҕо – уйаҕас сибэкки,
Олох күөдьүйэн эрэр кыыма.
Кырыктаахтык кини диэки
Кынчарыйа кыыдыйыма,
Кыбдьыгырыы кыыһырыма.

Сибэкки күн сылааһыттан
Силигилиир, ситэр-хотор.
Көнө сүрэҕин суоһунан
Күнү солбуй оҕолоргор –
Күүтүүлээх күндү дьонноргор.

Күҥҥэ наһаа сырайдахха
Күөх сибэкки күллүү көтөр.
Оҕону наһаа ыыттахха
Мэниктиир, тарайар, кэхтэр,
Миитэрэпээски* киэбин кэтэр.

Сатаан сибэккини биэбэйдиир
Ким дьиҥ кэрэҕэ баҕалаах.
Оҕону үтүөҕэ сирдиир,
Оҕоҕо ким сойбот тапталлаах,
Уһун-киэҥ өйдөөх-санаалаах.

  • Миитэрэпээски – Д.И. Фонвизин «Төннөр төрүөх» комедиятын персонаһа
Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар