Г.Г. Вешников–Баал Хабырыыс саха литературатыгар сэмэй эрээри толкуйдатар, сэҥээрдэр поэзия кистэлэҥин баһылаабыт бэйиэт быһыытынан кэрэхсэнэр. Ол курдук, «Ириэрии» диэн ааттаммыт дьикти кэмҥэ поэзия сайдыытыгар кини айар үлэтэ биир бэлиэ миэстэни ылар. Бу кэмтэн саҕалаан кини лиирик бэйиэт быһыытынан биллэн-көстөн барбыта, литератураҕа бэйэтин суолун булбута. Бэйиэт литературнай сыаннаһа хаалларбыт нэһилиэстибэтиттэн да сыаналаныан сөп. Отуттан эрэ тахса сыл поэзия хонуутугар уһаарыллан, тыыннааҕар 7 ырыа-хоһоон хомуурунньугун, 8 оҕо кинигэтин, нууччалыы тылынан 7 кинигэни, 1 талыллыбыт айымньыларын хомуурунньугун, барыта 23 кинигэни кэриэс гынан хаалларбыта. Оттон өлбүтүн кэннэ өссө 9 кинигэ тахсан саха эрэ дьонугар буолбакка бүтүн нуучча сирин доҕордуу норуоттарыгар кытта биһирэммитэ, аата-суола хаалбыта. Ол төрүөтүнэн айар үлэтэ олоҕун суолун кытта ыкса сибээстээҕэр, «мин» диэбитэ ааҕааччылары, «эһиги» диэбитэ бэйэтин санатар ураты иэйиилэҕэр сытар. Кини хоһоонноро, ырыалара оҕону кытта оҕо, оҕонньору кытта оҕонньор, эдэр киһини кытта эдэр киһи буолан, хас ыал, балаҕан аайы сэһэргэһэллэрэ, санаа үллэстэллэрэ, доҕор-атас буолаллара, үөрэтэллэрэ-такайаллара.
Онон, суруйааччы айар үлэтин өйдүүргэ, үөрэтэргэ, сыаналыырга кини тус олоҕун үөрэтии улахан суолталаах диэн санааттан Г.Г. Вешников–Баал Хабырыыс олоҕун суолун үс сүрүн түһүмэххэ арааран көрүөҕүҥ.
Баал Хабырыыс олоҕо, кини туһунан үгүс бэлиэтээһиннэргэ курдук, адьас аҕыйах этиинэн тилэри кэпсэниэн сөп. Ол эрээри ис иһигэр киирэн билсэн, хасыһан бардахха, ама, орто дойдуга киһи буолан кэлэн ааспыт олох биир-икки эрэ этиинэн муҥурданыан сатаммата өйдөнөр. Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов бэлиэтээн турар: «Кини өй-санаа үрдүк күүрээнинэн, сүрэх-быар эгэлгэ иэйиитинэн толору, үгүс өрүттээх, баай ис хоһоонноох, айымньылаах олоҕу олорбута. 1938 сыллаахха «Эдэр суруйааччылар альманахтара» кинигэҕэ «Кыһыл лиэнтэ» диэн бастакы хоһоонун бэчээттэтиэҕиттэн олоҕун тиһэх күннэригэр балыыһа куойкатыгар сытан суруйбут «Кэриэс ырыаларыгар» тиийэ – отуттан тахса сыл устата кини саха советскай литературатын инники күөнүгэр сылдьыбыта, биһиги национальнай поэзиябыт биир төһүү үлэһитэ этэ». Уонна «суруллубут – суоруллубат» дииллэринии, Баал Хабырыыс суруйан хаалларбыт ахтыыта онно туоһу буолар кыахтаах. Онон атын суруйааччыларга холоотоххо, аҕыйах ахсааннаах да буоллар, үөлээннээхтэрин, аймахтарын, доҕотторун ахтыыларыгар уонна бэйэтэ суруйбут олоҕун туһунан кэпсээннэригэр олоҕуран, олоҕун суолун (биографиятын) сырдатары наадалааҕынан ааҕабыт.
Гавриил диэн сүрэхтэнэн, бэйэтэ ахтарыныы, «революция буолбут дьылын хаарыгар, саас быстарыы саҕана, Былаҕаһыанньап таҥара биир дуу, икки дуу хонук иннинэ», ол эбэтэр 1918 сыл муус устар 15 күнүгэр оччотооҕу Бороҕон улууһун (билигин Уус Алдан) быстар илин уһугар, Харалаайы диэн улахан күөл таһыгар сүрдээх кыараҕас, үрүйэ курдук дулҕа тоҕойугар Уу Чаабый диэн сиргэ (I Курбуһах) Cараах аҕатын ууһугар төрөөбүтэ.
Олоҕун туһунан ахтыытыгар киһи харааста ааҕар түгэнин суруйбута баар: «Ынах төрөөбөккө, кыһыҥҥы хаһаас ас баранан, сутааһын аҥардаах, аас-туор күннэр кээлтэр. Ийэм эмиийин үүтэ ханнан хаалан, миигин кыайан эмтэрбэт буолбут. Биэс биэрэстэлээх Моххо диэн сир ыалларыттан бытыылкаҕа үүт аҕалан, ууга былаан, сиҥэ оҥорон иһэрдэллэр эбит. Биирдэ аҕам биир бытыылкалаах үүтү уокка ириэрэбин диэн үлтүрүтэн тоҕон кэбиспит, онно ийэм ытаабыта үһү». Бу быстарыы күннэр содулларыгар кырачаан Хабырыыс барахсан оҕо эрдэҕиттэн олус иринньэҕирбит, иккитигэр диэри кыайан хаампатах, өссө эбии солотуохалаан, дьоно бу оҕо киһи буолуо суох диэн түүйэллэр эбит. Улаханнык ыарыйдаҕына, төбөтүгэр туос мээрэйгэ уу уураллар үһү. Онтон оттон-мастан тардыһан, син киһи буолар быатыгар, улам үтүөрэн, хаамар, аһыыр-сиир буолан барбыт.
Таҥара дьиэтэ ырааҕа бэрт буолан (икки көс) дьоно сүрэхтэппэтэхтэр. Ол оннугар хаартылыы сылдьар лөчүөгү ыҥыран, малыыппа аахтара түһэн баран, чабычахтаах ууга төбөтүн сиигирпиттэр, аат биэрбиттэр. Лөчүөктэрэ аҕабыт быалаах кинигэтигэр суруйтарыах буолбут да, суруйтарбыта-суруйтарбатаҕа биллибэт.
Төрөппүттэрэ – нэһиилэ кыанан олорор дьадаҥы дьон. Кинилэр үс уол оҕолоохторо, онтон аччыгыйдара – Баал Хабырыыс. Кини иннинэ икки убайдаах: Роман уонна Василий. Балачча кэҥэс хотонноох балаҕаннаахтар эбит, онно аҕаларын быраата Мэхээлэ, саҥа кэргэннэммит эдэр киһи, дьукаахтаһан олорбут.
Аҕата Киргиэлэй Киргиэлэйэбис – үөрэҕэ суох, мас ууһа, уһааччыт идэлээҕэ уонна үчүгэй айаһыт, балыксыт. Аҕа киһи быһыытынан бу дьиэ кэргэҥҥэ улахан оруоллаах, булааччы-талааччы, аһатан-сиэтэн олорор киһилэрэ. Төһө да быстар дьадаҥытык олордоллор оҕолорун улаханнык аччыктаппакка киһи-хара оҥортообут: «Икки-үс ыанньыктаах, бултаан-алтаан эбинэн син тоттук сылдьарбыт. Арай бурдук чычырбас, лэппиэскэни бэрт кэмчитик, иэдьэгэйгэ булаан киэһэ, сарсыарда амсайабыт. Кыра сиэмэ баарын сороҕун ыһабыт, сороҕун сайын окко өйүө оҥостуллуо диэн харыстыыллар», – диэн бэйиэт ахтар.
Мин аҕам муода идэлээҕэ:
Устара киэһэ ырбаахытын,
Көхсүн тарбатара миэхэҕэ,
Остуоруйалыыра манньатын.
(«Ааспыттан ахтыылар», 1959)
Баал кэнники санаатаҕына, аҕата «Сир уйбат Силимэдиэр бухатыыр» эҥин диэн үксүн нуучча остуоруйалара сахатыйбыттарын кэпсиир эбит. Чаачахааны, Бэйбэрикээн эмээхсин туһунан остуоруйалары хат-хат кэпсэтэн истэрэ кэлин суруйааччы буола үүнэригэр олук уурдахтара.
Оттон ийэтэ Мария Терентьевна (Маайа) – Байаҕантай улууһун быстар дьадаҥы ыалын кыыһа. «Кини ырыаһыта, сэһэнньитэ да суох буоллар, олус сытыы бэргэн тыллаах, саха тылын күүһүн-күдэҕин, оһуорун-уустугун араас түбэлтэлэргэ сатабыллаахтык туттара. Кини сап хата, биитэр этэрбэс уллара олорон, оннооҕу-маннааҕы дьон туһунан кэпсиирин киэһэни быһа хантайан олорон иһиллиирим», – диэн Баал Хабырыыс үксүн наар ийэтин кытта батыаккалаһа сылдьыбыт буолан иһирэхтик ахтыбыт.
Вешниковтар кыра уолларын, ыарыһах буолан, куруук харыстыы, бүөбэйдии сылдьаллар эбит. Кини уһуннук ыалдьан төрөппүттэрин, убайдарын «эрэйдээбитин», сыраларын-сылбаларын ылбытын билинэр буолан, атыттар үлэлиир кэмнэригэр наар оонньуурун эбэтэр кыра үлэҕэ тиксэрин чорботон ахтар. Баал Хабырыыс убайдарыгар, төрөппүттэригэр туһуламмыт истиҥ махтал тыллара ахтыытын хас биирдии устуруокаларын быыстарыгар саспыта итинтэн көстөр.
Төһө да аатырар-сураҕырар устар ууну сомоҕолуур дьонтон айыллыбатаҕын иннигэр, кини төрөппүттэрэ ыччаттарыгар болҕомтолоох сыһыаннаах, кэрэни кэрэхсииргэ, ийэ тыл сүмэтин кутугар-сүрүгэр иҥэрэн ииппит буоланнар, оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах, баҕалаах буола улааппыттар. Ол да иһин Гавриил оҕо сааһыгар күннээҕи олоххо туох буолбутун истиҥник уонна сырдык санаалаахтык ахтыытыгар суруйар. Киһи ааҕа олорон, оччотооҕу кэм хартыынатын хараҕар оҥорон көрөр уонна оччотооҕу саха эйгэтигэр ымсыыра саныыр. Холобур, сайылыкка көһүү сиэрэ-туома, үөрүүтэ-көтүүтэ, уһун кыһын устата ахтыспыт оҕолор күлсүүлэрэ-салсыылара, бэл, ынахтар ахтыһан маҥырааһыннара, от үлэтэ, кыстыкка төттөрү көһүү санньыар күнэ, чоҕочу саллаары идэһэ өлүүтүн кэтэһии, тымныы кыһын аҕалара муҥхалаан кэлэрин кэтэһии-манаһыы. Ол да иһин: «Олоҕум бүтүннүүтэ поэзиябар кэпсэнэр», – диирэ оруннааҕын хоһооннорун хомуурунньугун ааҕа олорон итэҕэйэҕин.
Ийэтэ 1928 сыл сааһыгар, кыра уола уон саастааҕар, эмискэ ис дьаҥыгар ыалдьан суох буолар. Онон, кыайан үөрэххэ барбакка, икки сыл аҕатын кытта Курбуһахха урукку дьиэлэригэр көһөн тахсан олороллор.
Аҕата төһө да иһигэр сөбүлээбэтэҕин иһин, дьон сүбэлээн, саба саҥаран, Хабырыыс уол 1930 сыллаахха 12 сааһыгар оскуола боруогун атыллыыр.
1931 сыллаахха Мүрү начаалынай оскуолатын 2-с кылааһын үчүгэйдик бүтэрэн баран, 1931 сылтан Тандаҕа үөрэнэр.
1933 сыл сааһыгар, сайылыкка тахсыбыт кэннэ, улахан кылаастар өссө да үөрэнэн бүтэ иликтэринэ, оскуолалара умайан хаалан улахан иэдээн буолар. Дьөгүөрэп оҕонньор бу кэмҥэ Тааттаҕа баар эбит. Ону суһаллык ыҥыттарбыттар. Мунньах кэмигэр туох кэпсэтии буолбутун туһунан дьон кэпсэтиилэрин Хабырыыс уол өйдөөн хаалбыт: «Г.В. Егоровка дакылаакка тыл биэрбиттэригэр, өр баҕайы саҥата суох сөҥөн туран баран ыйыппыт: – Оскуола умайбытыгар үөрдүгүт дуу, хомойдугут дуу? – Хомойдубуот, хомойдубут! – дьоннор айманаллар. – Оччоҕо саҥа үс дьиэлээх оскуоланы тутабыт дуу, суох дуу? – Тутуохха, тутуохха!.. – Чэ, итинэн дакылаат бүтэр. Нохоо, Бүөтүр, итини боротокуолга суруйан кэбис! Былаанын осторойкуомҥа көрөн быһаарыахпыт! Кырдьык, сотору үс куорпустаах оскуола баар буолбута, тумул аннынааҕы улахан корпус хас да сыл үлэлэммитэ. Г.В. Егоров онно элбэх эрэйэ-сырата барбыта», – диэн ахтыытыгар суруйар.
Бэйэтэ ахтарынан, хоһоону төрдүс кылаастан саҕалаан суруйар эбит. Сахалыы элбэх хоһоону нойосуус билэр, оскуола биэчэрдэригэр декламация ааҕар. Маҥнайгы хоһооно «Сиилэс» диэн ааттанан кылаас эркинин хаһыатыгар тахсыбыт.
Сэттискэ үөрэнэ сылдьан, «бэйиэт» быһыытынан аатырар.
1936 сыллаахха сэттис кылааһы бүтэрэн, аан маҥнай куоракка үөрэнэ киирэр. Тандаттан үөрэххэ туттарса барар оҕолор бары атырдьах ыйыгар диэри холкуостарыгар от үлэтигэр сылдьан баран, оройуонтан киирэн пааспар ылаат, айаҥҥа туруналлар. Сүүрбэччэлээх уолаттары-кыргыттары биэс тэлиэгэлээх оҕуһунан Суоттуга таһаҕас тиэйээччинэн үөрэх-билии аартыгар алҕаан ыыталлар.
Куорат диэни маҥнайгытын харахтаан сөҕөн-махтайан, училищеҕа киирии эксээмэни кыл-мүччү үчүгэйдик туттаран, үөрэнэр дьолго тиксэр. Үс сүүстэн тахса оҕо туттарса кэлбититтэн аҥарын сыыйан кэбиспиттэр. Үөрэнэр сылларын устата оскуолаҕа сылдьан нуучча тылыгар, литературатыгар ситэ тугу үөрэппэтэҕин, билбэтин хасыһан үөрэтэр, элбэх кинигэни ааҕар. Оҕолортон кистээн суруйарга, тылбаастыырга холонор. Онтун кыбыстан кимиэхэ да көрдөрбөт. Үһүс кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, учууталлара хойутаатаҕына эбэтэр уруоктара буолбатаҕына, маҥнайгы куурустары Даадар, Арбита кэлэн үөрэтэллэрин ымсыыран иһиллииллэр эбит.
1937 сыллаахха Пушкин өлбүтэ сүүс сылын туолуутун киэҥник, улаханнык бэлиэтээбиттэр, онно бииртэн биир араас тэрээһиннэргэ батыһа сылдьан истэр, суруйааччылары илэ хараҕынан көрөн астынар эбит.
Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, бэйэлэрэ литературнай куруһуок тэриммиттэр. Саха литературатыгар учууталлара суох буолан, Суруйааччылар сойуустарыттан салайааччы көрдүүргэ быһаарыммыттар. Бары куоластаан Гавриил Сойууска баран кэпсэтэр киһи буолбут. Оччолорго П.А. Ойуунускай бэрэссэдээтэллээн олорор кэмэ. Онон долгуйан, толлон, бэрт өр аан таһыгар туран баран, киирэн кэпсэтэн, Эллэйи салайааччынан анатан сөбүлэҥин ылан тахсар. Эллэй кэнники Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 51 сааһыгар аналлаах «Кто счастлив – тот певец» диэн ыстатыйатыгар маннык суруйар: «Это было в городе Якутске в конце 30-х годов. В один из классов педагогического училища, где шло занятие руководимого мною литературного кружка, вошел юноша с черными глазами и слегка вьющимися волосами. Застенчиво улыбаясь, он своим тихим, обворожительным голосом прочитал кружковцам стихи: «О, солнце!» и «Сердце». Ребята эти стихи встретили с большим одобрением. В них уже чувствовались те искорки, которые впоследствии разгорятся в золотое пламя чистой поэзии. Автором стихов был Гавриил Вешников, ставший через какой-нибудь десяток лет известным якутским поэтом Баалом Хабырыысом». Ити курдук П.А. Ойуунускайы, Эллэйи, Арбитаны, Даадары, Күннүк Уурастыырабы, Николай Мординовы, Николай Заболоцкайы, Илья Чаҕылҕаны, Архыып Абаҕыыныскайы, о.д.а. илэ көрөр, саҥаларын-иҥэлэрин истэр, сорохторун кытта билсэр.
Бүтэһик сылыгар училищетын куруһуогун таһынан, аны «Кыым» уонна «Эдэр бассабыык» хаһыаттар редакцияларын иһинэн тэриллибит Күннүк Уурастыырап салалталаах литературнай түмсүүгэ сылдьар. «Бу түмсүүгэ литератураҕа сыһыаннаах куорат эдэр ыччаттара сылдьаллара. Уурастыырап олус кыһанан салайара, үөрэтэрэ, хоһооннорбутун ырытара, бэйэбитинэн дакылаат, ырытыы оҥортороро. Ону бэйэтэ түмүктээн, сүбэлээн-амалаан биэрэрэ. Ис иһигэр киирдэххэ, сүрдээх сымнаҕас, эйэҕэс, наар киһини өрө тардар киһи буолан таҕыста. Урут мин таһыттан көрөн бүк куттанарым, толлорум, олус кытаанах киһиэхэ холуурум. Онтукам төттөрү буолан таҕыста ээ! Бу түмсүүгэ Н. Седалщев, П. Тулааһынап, Иван Арбита, Соловьев-Араҥас, Г. Ноговицын, И. Эртюков, Л. Попов, Сем. Данилов, Макар Хара, М. Винокуров уо.д.а сылдьаллара. Ити күһүн «Эдэр бассабыык» хаһыат алтынньы 24 күнүнээҕи нүөмэригэр «Эдэр саас» диэн мин маҥнайгы хоһоонум бэчээттэммитэ. Кыбыстыбытым, өмүттүбүтүм, үөрбүтүм даҕаны. Этэргэ дылы, сити сыллартан мин мууһум хамсаан барбыта. Биһиги бары хаһыаттарга, Суруйааччылар союзтарын альманахтарыгар үгүстүк бэчээттэтэр буолбуппут. Онон биһиги маҥнай литератураҕа киириибитигэр Күннүк Уурастыырап өҥөтө умнуллуон сатаммат».
Саха сирин суруйааччыларын v съеһэ
Кырдьык да, эдэркээн бэйиэт бу кэмнэртэн «мууһа хамсаан», кэлин онто бааллыран, литературабыт историятыгар биллэр суолу-ииһи хааллардаҕа. Ити курдук үс сыл үөрэнэн, 1939 сыллаахха учуутал идэтин баһылаан педучилищены бүтэрэр.
Вешниковтар аҕалара дойдутугар, холкуоска үлэлии олорон, 1938 сыллаах саас эмискэ ыалдьан өлөн хаалар, онон уолаттар дойдуларыгар атын аймаҕа суох хаалаллар.
Онон Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Майаҕа олохсуйбут улахан убайыгар тахсан сайылыыр, үлэлиир, сынньанар буолбут.
Техникуму бүтэрээт, 1939 сылтан 1941 сыл от ыйыгар диэри Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар художественнай эрэдээктэр көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээн баран, педагогическай институкка үөрэнэ киирэр, ол сырыттаҕына, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Онно Баал доруобуйата мөлтөҕүнэн армияҕа барбатаҕа, бэйэтин идэтинэн саха тылын уонна литературатын учууталынан Мүрү, Майа оскуолаларыгар, Чурапчы, Дьокуускай педагогическай училищеларыгар уонна Хаптаҕай оскуолатыгар 1947 сылга диэри үлэлээбитэ. Онон, үөрэх эйгэтигэр уопсайа 10-ча сыл ис сүрэҕиттэн умайан туран, айар үлэтин кытта дьүөрэлии тутан сыратын биэрбит.
Төһө да сэрии хонуутугар баран кыргыспаҕын иһин дууһата, санаата Кыайыы туһугар кыргыспыта.
Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар суруйталаабыт хоһооннорун уонна поэмаларын түмэн, баара-суоҕа 27 саастааҕар «Өлбөт мэҥэ» диэн ааттаах маҥнайгы кинигэтин 1945 сыллаахха бэчээттэппитэ.
1947 сыллаахха бэйиэт маҥнайгы улахан ситиһиитинэн өрөспүүбүлүкэ 25 сылыгар анаан тэриллибит литературнай куонкуруска оҕо литературата диэн номинацияҕа «Кэрэ киэһэлэр» диэн хомуурунньуга иккис миэстэни ылбыта буолар. Бу күрэххэ уопсайа 114 үлэ киирбит. Маҥнайгы миэстэни Амма Аччыгыйа ылан, 15 тыһыынча харчынан бириэмийэлэнэр, оттон Баал 10 тыһыынчаҕа тиксэр. Бу улахан бириэмийэ олоҕун биир бэлиэ түгэнэ буолар.
1947 сылтан 1949 сылга диэри Дьокуускайдааҕы пединститут тылга уонна литератураҕа факультетыгар үөрэҕин салгыыр. Ити кэмҥэ ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута.
Баал Хабырыыс 1954 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын Бүтүн Сойуустааҕы II сийиэһигэр саха Суруйааччыларын сойууһуттан дэлэгээтинэн талыллан сылдьыбыта.
1951 сыллаахха «Мин көлүөнэм», 1954 сыллаахха «Доҕордоһуу тойуктара», 1958 сыллаахха «Лиирика», 1961 сыллаахха «Туох диирий сүрэҕим» диэн хоһооннор, ырыалар хомуурунньуктара уонна нууччалыы тылынан «Родной край», «Разговор по душам» диэн кинигэлэрэ тахсыбыттар.
Онон, Баал Хабырыыс айар талаана эрдэ тобуллан, суруйааччы буолар суолга үктэммит. Эдэр сааһыттан ыарахан ыарыыга быһа мииннэрдэр да, айар талаана улам сайдан, кинигэлэрэ дьулурҕатык бэчээттэнэн испиттэр.
* * *
Баал Хабырыыс сааһыран баран, 1962 сыллаахха Москва куоракка олохтоох Ольга Степановна Скубченко диэн скульптор идэлээх дьахтары кэргэн ылар. Кинилэр кылгас кэмҥэ да буоллар, дьоллоох олоҕу олорбуттара.
Өлүөр диэри Москва куоракка 7 сыл олорбута. Ол олорон айар үлэҕэ өссө умсугуйбута.
1968 сыллаахха талыллыбыт айымньылара бэчээттэммиттэрэ. Соҕуруу олорор кэмигэр икки төгүл Дьокуускайга, Майаҕа кэлэ сылдьыбыт. 50 сааһын туолуутун уонна айар үлэтин 30 сылын бэлиэтээһиҥҥэ Дьокуускайга кэлэн, дойдутугар Уус Алдан Курбуһаҕар тиийэн, төрөөбүт буор модьоҕотунан – Уу Чаабыйынан, оҕо сааһын умнуллубат үөрүүтэ – Харалаайы күөлгэ тиийбит. Олорбут өтөҕөр, үөрэммит оскуолатыгар Тандаҕа тахсан, көрөн-истэн, билсиһэн барбыт. Бу сылдьан эбэтин көрөн олус үөрбүт, ытамньыйыар диэри уйадыйбыт. Ол түмүгэр төрөөбүт дойдутугар анаан «Харалаайы» курдук хас да хоһоону суруйталаабыт. Ити туһунан «Мин Москваҕа олоробун» диэн хоһоонугар эмиэ сырдатар. Хомойуох иһин, бэйиэт төрөөбүт дойдутугар бу тиһэх сырыыта этэ. Үйэ аҥардаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланар.
Баал Хабырыыс поэзията, «дьону дьоллоору олорбут» олоҕо өлбүтүн кэннэ умнулла быһыытыйбытын литературовед Н.Н. Тобуруокап кэмигэр бэлиэтии көрөн, Баал Хабырыыс туһунан суруйаары эмиэ кинилэр дьиэлэригэр таарыйан, Ольга Степановнаҕа ыалдьыттыыр уонна ол туһунан маннык ахтар: «Быыкайкаан биир хостоох, араас хоту дойду тематыгар оҥоһуллубут скульптураларынан толору квартираҕа Баал Хабырыыс тиһэх сылларыгар оҥоһуллубут, улахан фотопортрета харахха быраҕыллар. Үрдүк сүүстээх, тараҕайдаммыт төбөлөөх, киэҥ харахтаах, көтөх көрүҥнээх киһи санньыар соҕустук туттан, тугу эрэ толкуйдуур курдук. Балкоҥҥа хаһан эрэ кини хоһуйбут, аһаппыт холууптара аһаан тобугураталлар, бэйэлэрэ билэр истиҥ саҥаларын саҥараллар. Ольга Степановна хойуу, сахалыы чэй кута-кута, доҕорун, кэргэнин туһунан кэпсээнин саҕалыыр. Ол таптыыр кэргэн тылын долгунугар оҕустаран бэйиэт мэтириэтин көрөбүн уонна истэргэ дылыбын: «Ырыанан, үтүө санаанан, / Ыраас, сырдык тапталынан / Дьону дьоллоох оҥороору, / Дьон баҕатын толороору, … / Сүрэхпэр туох эрэ кэрэ баарын / Түөрэ түҥэтэн бүтэрдим».
Ольга Степановна Гавриил Вешников туох баар архыыбын чөкөтөн, кэриэстээн, Тобуруокап Николай Николаевичка туттарбыт эбит. Ону литературовед Научнай-чинчийэр Киин архыыбыгар туттарбыт. Оттон дневниктэрин, суруктарын Литературнай музейга биэрбит.
Бэйиэт айар үлэтэ үрдүктүк сыаналанан «Бочуот Знага» уордьанынан, «1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, Саха АССР Президиумун Бочуотунай грамотатынан уо.д.а. Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Бастакытынан, «Баал Хабырыыс поэзиятын сүүрээнэ норуот тылынан айбыт айымньыларын акыйааныттан тардыһыылаах, ол улуу акыйаан сиигин сиик гыммыт, ууламмыт буолан, хаһан да уолбат, уҕараабат кэскиллээх», – диэн Н.Н. Тобуроков Баал Хабырыыс поэзиятын ырытарыгар бэлиэтиир.
Салгыы ити быһаарыытын маннык дакаастыыр: «Баал Хабырыыс фольклор традициятыгар икки өрүттээх сыһыаннаах: наадалаах, кэскиллээх буолуо диэбит, сөбүлээбит өттүн утумнаан туран туттар, салгыы сайыннарар, оттон эргэрбитин утарар, эбэтэр фольклорнай үгэс буолбут өйдөбүллэрин букатын атыннык туһанар».
Баал Хабырыыс саха өһүн хоһооннорун, таабырыннарын, сомоҕо тылларын, бэргэн тэҥнээһиннэрин айымньыларын ис хоһоонунан сиэттэрэн, уларытан-тэлэритэн туттар. Ол туһунан кини айымньыларын ырыппыт дьон үгүстэрэ бэлиэтииллэр. Холобур, таабырыҥҥа сороҕор бэйэтин киллэрэр, ол гынан баран атын санааны этитэр:
Кыс мас анныгар кыталыктар
Кыстаан олороллор үһү диэн
Таабырынныырбыт былыргыттан
Туруорбах буор балаҕаммытын.
Былыргылар, үтүө эрэттэр
Бу ырыалара үчүгэйин!
(«Кыс мас анныгар кыталыктар», 1958)
Оттон сороҕор таабырыны көннөрү тэҥнэбилгэ кубулутан уобараһы күүһүрдэр:
Суола да хаалбатын, таптыыбын
Олоҕум аллаах, сыыдам тыытын.
Мин үйэм сүүрүктээх өрүһүн
Үөһүнэн өксөйдүн куруутун.
(«Суолга суох сур бөрө диэн ааттыыр», 1966)
Ордук элбэхтик бэйиэт өс хоһооннорун туттар, онно кини сүһэн ылбат, хоһоон ритмикатыгар сөп түбэһиннэрэн айымньы идиэйэтин арыйарга соруктанан уларытан этэр. Холобур:
Уһуллан бараҥҥын
Саппаккын мин ааммын.
Хантайан тураҥҥын
Халлааҥҥа силлиириҥ.
Биллэҕиҥ аччааҥҥын,
Бэйэҕэр түһэрин.
(«Улаата сылдьаҥҥын», 1957)
Эмиэ итинник өс хоһооннорунааптар лирическэй герой санаата оонньооһунун, настарыанньатын ойуулууругар үгүстүк туттар:
Үтүө киһи биир тыллаах
Үөдэнин төнүннэмий,
Ааттаах ат биир кымньыылаах,
Ааттаһа тэбиниэмий.
(«Эйэлэһэн кээһиэххэ», 1960)
Бэйиэт бу туттар ньымата хоһооннору тупсарар, ааҕааччы күн аайы туттар, истэр тылларын туттубута быдан өйдөнүмтүө буолар. «Баал Хабырыыс эргэрбит, суолтатын сүтэрбит өс номохторун хаһан да тутуспат, төттөрүтүн онно анаан утары хас да айымньы циклин суруйбут. Холобур, кини урут дьоҥҥо тарҕаммыт «Муҥнаах ырыаһыт буолар», «Кырдьар диэн кырыыс», «Эргин да эрэнимэ, эркиҥҥин эрэ эрэн», «Дьол хараҕа суох» уо.д.а. өс хоһоонноро билигин атыннык өйдөнөллөрүн быһааран, биирдии туспа хоһооннору суруйталаабыт, эргэ олох санаатын, философиятын итэҕэтиилээхтик утарбыт». Бэйиэт таптаан туттар өһүн хоһооно – «Салаҥ киһиттэн мас ытыыр» диэн. Кини ити саамай мөлтөх, куһаҕан диэбит эрэ геройун характеристикалыыр.
Өс хоһоонун таһынан эмиэ күннэтэ истэр, туттар тыл номохторун үгүстүк туттарын бэлиэтэнэр: «кэнникибит уһаан, иннибит кылгаан», «миэхэ таалыҥ хатыыланна», «сулуйдуҥ сыппах быһаҕынан», «эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргийэ сылдьыбыт бэйэтэ», «харахтаах барыта хайгыыр, сүрэхтээх барыта сөбүлүүр», о.д.а. «Кини хаһан да бэйэтиттэн булан тэҥнээһиннэри, араас уустук образтары оҥоро сатаабат, норуот тылын баайыттан сатаан талан ылар, сомсор. Ол да иһин сөп буола-буола норуот тылынан уус-уран айымньыларыгар киэҥник тарҕаммыт параллелизмнары булуохха сөп»:
Күн сырдыгын батар киһи,
Оттон балык – уу дириҥин,
Баартар үөрэх, үлэ дэһэн
Ыччат дьон үксүн кэриҥэ.
(«Төрөөбүт дойдум», 1959)
Бары барыта кэмнээх-кэрдиилээх.
Балык ыамнаах, киһи күннээх.
Тохтооҥ, мөҕүмэҥ, эдэр бэйиэттар,
Тэйдэ дэһимэҥ ырыаттан!
(«Бөрүөлүүн кэпсэтии», 1959)
Бу параллелизм тутула бэйэ-бэйэлэрин кытта быстыспат ситимнээхтэр, саҥалыы, туспатык туттуллубуттар. Баал Хабырыыс олох сайдыытын ардыгар олус бэргэнник боростуой дьон өйдөөһүннэринэн ойуулуур. «Сүбэ былааһа» диэн хоһооҥҥо Совет былааһа туругуруутун үлэһит дьон-аймах, «сүбэ былааһа» диэн ааттаан, уруккуттан кэтэспит дьоллоро-соргулара кэлбитин курдук көрсөллөрүн суруйар:
Былыр сүгэ кыайбатаҕын
Сүбэ кыайыахтаах дииллэрэ.
Кыйдыыбыт баай-тойот аймаҕын,
Дьэ ити илэ кэллэҕэ!..
Ити курдук Баал Хабырыыс поэзията, бастатан туран, фольклортан силистээх буоллаҕына, иккис силиһэ, бэйэтэ билинэринэн нуучча литературата: «Пушкин, Лермонтов, Некрасов муударай судургулара – кырдьык, мин оскуолам». Атыннык эттэххэ, кини нуучча классическай литературатын «мин университетым» диэн ааттаабыта.
Баал Хабырыыһы сорох табаарыстара нарынынан Есениҥҥэ маарынныырын бэлиэтииллэр эбит. Ону бэйэтэ, баҕар, кыра соҕус кырдьыктаах буолуо диэн эмиэ билинэр. Ол эрээри кини киэбинэн суруйарга тэҥнээҕэ суох улуу бэйиэт буоларын ыйар: «Есенини мин олус таптаан ааҕабын. Ордук кини поэзиятын биир өртүн чорботон сөбүлүүбүн: кини истиҥин, кырдьыксытын, тугу да кистээбэккэ төрдүттэн түөрэ тэбиирин. Истиҥ буолуу – хайа да күн хоһоону тупсарар, маннык хоһоон ааҕааччыга тиийимтиэ буолааччы».
Баал Хабырыыс үһүс силиһэ саха литературатын үгэстэрин кытта ыкса сибээстээҕэр сытар. Төрөөбүт литературатын сүөгэйин-сүмэтин иҥэринэн, советскай суруйааччылар идиэйэлэригэр иитиллэн уһаарыллыбыт буолан, кинилэртэн үөрэммэтэх буолуон сатаммат. Онон чугас, күүстээх сабыдыалы Ойуунускай, Эллэй, Күннүк Уурастыырап, Абаҕыыныскай оҥорбуттарын бэйэтэ да бэлиэтиир. Уонна холобур быһыытынан «Кыһыл лиэнтэ» диэн хоһооно «Өрүөл кэриэһигэр» олугунан, интонациятынан, тылынан-өһүнэн да улаханнык маарынныырын ыйар. Бу кэмҥэ Блогу, Маяковскайы, Есенини, Багрицкайы, Пастернагы, Сельвинскайы уонна да үгүс сэбиэскэй бэйиэттэри ааҕыталаабыт: «Маныаха биһиэхэ барыбытыгар бэйиэт Илья Чаҕылҕан бокуонньук улахан үтүөлээҕин өйдөөн ааһыахха сөп. Кини бэйиэттэрин үчүгэйдик билэрэ, кинилэр туох үчүгэйдээхтэрин, туспалаахтарын биһиэхэ кэпсиирэ, ааҕарга, таптыырга үөрэтэрэ. Кини нуучча классическай литературатын пропагандиһа этэ».
Айылҕа кэрээбэт кэрэтин Баал Хабырыыстан ордук хоһуйбут бэйиэт ахсааннааҕа буолуо. Хас хоһоонун аайыттан да күн аайы көрөр айылҕабыт көстүүтүн саҥалыы, кырдьык даҕаны диэн саҥа аллайа атын харахпытынан көрүөхпүтүн сөп. Оннук курдук тыл сүмэтин араас кустук өҥүнүү, ол эрэн тиийимтиэтик сиэттиһиннэрэ оонньотор. Холобур «Үрүйэ» диэн хоһоонугар лирическэй герой тыргылла сүүрэр тымыр үрүйэни бэйэтигэр тэҥилээн сөҕөр-махтайар:
Кыра кыаҕа да суох буол, баҕар,
Кэхтэн, чугуйан хаалбаккын.
Баар эйиэхэ ыраах барар баҕа,
Ол иһин төрүт уолбаккын.
Үрүйэ маннык күн аайы, нуктуур диэни билбэккэ, күн-түүн айаннаан биэрэриттэн сөҕөр-махтайар. Бу курдук тайалҕаннаах тайҕатын сибэккитин, Өлүөнэ өрүһүн, көтөрү-сүүрэри атын дойду айылҕатыныын дьүөрэлээн, тэҥнии тутан, сорох ардыгар ордорон тыл күүһэ тиийэринэн суруйбута пейзажнай лиирикэтин абылаҥнаах альбома буолан хааллахтара. Кини ньургуһуннара, боҕуруоскай ото, хоптолоро, барабыай чыычааҕа, кыһыҥҥы сарсыардата, тунал хаара төрөөбүт дойдутун уонна олохсуйбут сирин, сынньанар сирдэрин кытта ситимниир – далаһата, туоруур муостата.
Баал Хабырыыс лиирикэтин уус-уран уратыта – идиллия матыыбын таба туһанан киллэрии. Ол төрөөбүт алааһыттан оҕо сааһыгар арахсыы, онтон төрөөбүт Сахатын сириттэн тэлэһийиини кытта ыкса сибээстээх эбиттэр. Ахтылҕан күүһэ баһыйан, оччотооҕу олох күннээҕи ыарахан да, биир көдьүс устар да түгэннэрэ барыта – олохтон дуоһуйуу, астыныы эрэ өйдөбүллэрин хаалларбыттар. Онтон кини оҕолуу үөрэр уонна суохтуур. Сүрүннээн үлэ үөрүүтүн, таптал идилликатын, оҕо саас өйдөбүнньүк мала-сала, саха төрүт үгэһэ, дьиэ-уот (балаҕан), айылҕа идилликата, идиллическэй матыыптара баһылыыр-көһүлүүр миэстэни ылан таҥыллыбыттар. Ол эрээри бу лирическэй герой ахтылҕана, дуоһуйуута үксүн кэриэтэ билиҥҥи бириэмэнэн бэриллэр эбит.
Баал Хабырыыс лиирикэтин уус-уран уратыта диэн тиэмэни чинчийэн баран, маннык түмүктэргэ кэллибит:
1. Хоһоонунан айымньыга идиллия матыыба лирическэй герой бэйэтиттэн бэйэтэ астынар, уу-нуурал боростуой олохтон дуоһуйууну ылар, үлэттэн дьоллонор буоллаҕына уонна ахтыллар кэм ааспытын кэннэ иккистээн эргиллэн ол кэм эйгэтигэр киирэн тилиннэриини кытта ситимнээх эбит. Бу хоһуллар кэм лирическэй герой сүрэҕэр-быарыгар үйэтин тухары иитиэхтэнэ сылдьар. Ол лирическэй герой билиҥҥи кэмҥэ ханнык миэстэҕэ, кэмҥэ, бириэмэҕэ сылдьарыттан эмиэ тутулуктаныан сөп. Идиллическэй хартыына ааспыт эрэ кэминэн бэриллибэт, билиҥҥи да кэмҥэ көннөрү олохтон дуоһуйууну эмиэ хоһуйар.
2. Баал Хабырыыс лиирик бэйиэт быһыытынан элегическэй матыыптаах хоһоонноро эмиэ биир сүрүн миэстэни ылаллар. Оттон элегия идиликаҕа дьыл кэмэ уларыйыытын, ол эбэтэр метафорическайдык саас ылыытын кытта ситимнээх. Бу Баал Хабырыыс доруобуйата айгырааһыныттан санаата түһүүтүн, олоххо элбэҕи ситистэрбин диэн ыксыырын кытта ситимнэниэн сөп. Ол да иһин үгүстүк айылҕаны хоһуйар. Дьыл ааһарын, солбуйсарын сааһыран иһиигэ, тапталлааҕын кытта ыраах сылдьан ахтыһыыга холуур. Айылҕа көстүүтэ барыта тиийэн кэлэр, уһуктар, дорооболоһор – куруук хамсыыр, биир сиргэ турбат.
3. Оттон послание көрүҥэр идиллия матыыба чопчу миэстэни кытта ситимнээх. Лирическэй герой, атын сир-уот баарын билэр эрээри, кини уйулҕата урукку сириттэн арахсыан, ол миэстэттэн тэйиэн, олоҕун укулаатын уларытыан баҕарбат, эбэтэр уларыйыыны ылыныан баҕарбат. Баал Хабырыыс ыарытыйар буолан, кыһалҕаттан, соҕуруу дойдуга эмтэнэ барар. Манна эмиэ олох устар эрээри, кини хаалларбыт миэстэтин кытта туох да тэҥнэспэтин итэҕэйэбит. Ол иһин дойдутун, чуолаан чэгиэн-чэбдик оҕо сааһын, эдэр сааһын туһунан идиллическэй далаһа, муоста буолбут хоһооннорун кытта билсэбит.
4. Лиирик бэйиэт идилликатын тиэмэлэргэ наардаатахха маннык хартыына тахсан кэлэр: дьиэ-кэргэн-таптал (семейно-любовная идиллия) – оҕо сааһын дьиэ кэргэнэ, сүрүннээн ийэтэ, балаҕана; кутаа тула отууга аһааһын матыыба; үлэттэн салгыбат буолуу идиллията (трудовая идиллия) – дьиэ кэргэни, доҕоттору кытта окко, бааһынаҕа, холкуоска күргүөмүнэн үлэлэр.
5. Идиллическэй хартыына деталын быһыытынан элбэхтэ: балаҕан түннүгүн, көмүлүөк оһоҕу, кутаа уоту, ыллыгы, үрүйэни, балаҕаны, саҥа олох бэлиэтэ – тыраахтар, косилка, балта, кыһыл хаалтыс, былаах о.д.а. ахтыллан ааһар.
6. Онон Баал Хабырыыс айар үлэтэ өссө да араас өттүттэн көрүллэр кыахтаах – ураты поэзия.
Саргылана Константинова,
С.А. Новгородов аатынан «Бичик»
национальнай кыһа Үөрэх уонна оҕо
кинигэтин киинин старшай эрэдээктэрэ,
Валентина Семенова,
ф.н.к. ХИФУ доцена