Александр АКИМОВ, Саха Республикатын вице-президенэ,
“Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулары бэлэмнээбит уонна ыыппыт
Суруннуур комитет председателэ
Тоҕус күн чыпчылыйыах түгэнэ ааһа охсон хаалла. Азия — Тихэй океан регионун дойдуларын оҕо спордун ааспыт күннэрин событиелара өрө көтөҕүллүүлээх быһыыга-майгыга улахан хатыһыылаахтык аас- пыттарынан уратылаахтар. Бу оҕо-аймах уонна норуоттар доҕордоһууларын дьиҥ-чахчы норуот бүттүүнүн бырааһынньыга этэ. Саха Республиката ыкса биир түмсүүлээҕин уонна ыалдьытымсаҕын көрдөрдө. СР Президенэ Вячеслав Анатольевич Штыров, “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулары бэлэмнээн ыытыыга Сүрүннүүр комитет, тэрийээччилэр салалталарынан ыытыллыбыт үһүс оонньуулар үрдүк таһымнаахтык аастылар, дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ыллылар. Бу событие кэккэ үчүгэй түгэннэрдээх. Бастакытынан, спорт оруолун үрдэтэр, үүнэр көлүөнэ сиэр-майгы, эт-хаан өттүнэн сайдарын туһугар кыһаллар сыалы-соругу туруорунан, республика биһиги дойдубут олимпийскай резервэтин бэлэмнииргэ наадалаах усулуобуйалары тэрийдэ. Иккиһинэн, республика аан дойдуга, ону тэҥэ инвестиционнай рейтинэ эмиэ үрдээтэ.
Оонньууларга бэлэмнэниини биһиги өссө хас да сыллааҕыта былааннааһынтан саҕалаабыппыт. Оонньуулары ыытыыны кытта сибээстээх бэрт элбэх, ардыгар уустук даҕаны боппуруостары быһаарыыттан хайы-үйэ үгүс ыйдар усталарыгар республика салалтатын, Сүрүннүүр комитет чилиэннэрин үлэлэрин күнэ саҕаланан түмүктэнэрэ. Саха Республикатын Президенин “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулар тустарынан” 2002 сыл от ыйын 24 күнүнээҕи дьаһалынан “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулары бэлэмнээн ыытыыга Сүрүннүүр комитет тэриллибитэ. Тэрийэр-бэлэмниир үлэ көдьүүһүн үрдэтэр туһугар үлэ араас туһаайыыларыгар (үбүнэн-харчынан хааччыйыыга, оонньуулар ыытыллар сирдэрин тутууга, өрөмүөннээһиҥҥэ уонна бэлэмнээһиҥҥэ, СР сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмнээһиҥҥэ, кыттааччылары түһэриини, аһатыыны тэрийиигэ, транспорга, куттал суох буолуутун хааччыйыыга уо.д.а.) 19 рабочай комиссия тэриллибитэ уонна СР Правительствотын Председателин солбуйааччылар А.В.Власов уонна Е.И.Михайлова баһылыктаах республикатааҕы оперативнай штаб тэриллибитэ. “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулары бэлэмнээн ыытыы үлэтин Саха Республикатын Президенэ тус бэйэтин хонтуруолугар ылбыта. Туруоруллубут соруктары быһаарыыга республикаҕа улахан көмөнү РФ Физическэй культураҕа, спорка уонна туризмҥа агентствота оҥорбута. “Азия оҕолоро” оонньуулары бэлэмнээн ыытыы туһунан Российскай Федерация Правительствотын дьаһалыгар илии баттаммыта, ол бу күрэхтэһиилэр үрдүк таһымнаахтарын өссө төгүл бигэргэппитэ. Үлэҕэ итини тэҥэ Россия Национальнай олимпийскай комитета тардыллыбыта. Оонньуулары ыытыы идеятын Аан дойдутааҕы олимпийскай комитет, кини салайааччыта Жак Рогге тус бэйэтинэн өйөөбүттэрэ. Кини, б.дь. ыам ыйын 6 күнүгэр Лозанна к., Аан дойдутааҕы олимпийскай комитет штаб- квартиратыгар Саха Республикатын правительствен- най делегациятын приемнууругар, республика салал- татыгар Азия — Тихэй океан регионун дойдуларыгар оҕо спортивнай хамсааһынын өйөөһүнүн уонна олим- пизм идеяларын пропагандалааһын иһин махталын биллэрбитэ. Ити курдук, оонньуулар Аан дойдутааҕы олимпийскай комитет өйөбүлүнэн ыытыллалларын туһугар кыраныысса таһынааҕы дойдулары уонна РФ АДдьМ кытта улахан дипломатическай үлэ ыытыллыбыта (А.В. Мигалкин салайааччылаах комиссия). “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулар кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын бэйэлэрин телеграммаларынан Российскай Федерация Президенэ Владимир Владимирович Путин, АДОК (МОК) президенэ Жак Рогге, Российскай Федерация Правительствотын Председателэ Михаил Ефимович Фрадков, Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин Председателэ Сергей Михайлович Миронов, РФ Федеральнай Мунньаҕын Государственнай Думатын Председателэ Борис Вячеславович Грызлов, РФатын дойдулардааҕы дьыалаларга министрэ Сергей Викторович Лавров, РФ культураҕа уонна маассабай коммуникацияларга министрэ Александр Сергеевич Соколов, РФ гражданскай оборона дьыалаларыгар, ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна айылҕа иэдээннэрин содулларын туоратыыга министрэ Сергей Кужугетович Шойгу, Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин Генеральнай секретарын солбуйааччы, эйэтуругурарын туһугар спорду сайыннарыы боппуруостарыгар аналлаах советник Адольф Оги, ФИДЕ президенэ Кирсан Николаевич Илюмжинов, Монголия РФ-ҕа посола тойон Санжаа Баяр, КНРРФ-гапосолатойон Лю Гучан, Таиланд Королевствотын РФ-ҕа Чрезвычайнай уонна Боломуочуйалаах посола тойон Сорают Промпот, Вьетнам Социалистическай Республикатын РФ-ҕа Чрезвычайнай уонна Боломуочуйалаах посола Нгуен Ван Нганьуонна да атын общественнай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ эҕэрдэлээбиттэрэ.
Оонньууга 14 омук государствота уонна Российскай Федерация 27 субъега кыттыыны ылбыттара. Онно кыттаары 2588 киһи, ол иһигэр 1509 спортсмен регистрацияламмыта. Саамай элбэх спортсмены туруор- буттара: Саха Республиката — 376 киһини (икки хамаанда), Монголия (139),Хабаровскай кыраай (123), Казахстан (120), Приморскай кыраай (113),КНР (108), Индия (79). Күрэхтэһиилэри тэрийэр комитет ыҥырыытынан 571 судьуйа уонна спорт көрүҥнэринэн кыттыыны ылбыт хамаандалар састааптарыгар киллэриллибит 56 судьуйа иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Судьуйалартан 58-ра норуоттар икки ардыла- рынааҕы категориялаахтара уонна 168-ра — бүтүн Россиятааҕы. Оонньуу бочуоттаах ыалдьыттарынан сырыттылар уонна наҕараадалааһыҥҥа кыттыыны ыллылар: АДОК бастакы вице-президенэ В.Г. Смирнов, РФ Президенин ДВФУо Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ К.Б. Пуликовскай, РФ Физическэй культураҕа, спорка уонна туризмҥа федеральнай агентствотын директорын бастакы солбуйааччы В.А. Васин, космонавт-летчик В.В. Горбатко, олимпийскай чемпионнар Г.Г. Горохова, Б.Н. Лагутин, И.К. Роднина, В.Савин,Т.Сарычевауо.д.а. Оонньууга400-тэн тахса бочуоттаах ыалдьыт, ол иһигэр государственнай былаас органнарын салайааччылара — 6 чрезвычайнай уонна боломуочуйалаах посоллар, 73 Азия дойдуларын РФ-ҕа посольстволарын бэрэстэбиитэллэрэ, кыраныысса таһыттан 10 спонсор кэлбиттэрэ.
Кыттыылаахтарын, судьуйаларын, ыалдьыттарын, журналистарын уонна персоналын састаабынан, күрэхтэһиилэрэ хатыһыылаахтарынан, оонньуулар, туох да мөккүөрэ суох, аан дойду таһымнаах буолбут- тара уонна, олору үөрүүлээхтик сабыыга Саха Республикатын Президенэ Вячеслав Анатольевич Штыров бэлиэтээбитин курдук, тэрээһин өттүнэн олус үрдүк таһымҥа аастылар.
Саха Республикатын, Российскай Федерация уонна күрэхтэһиилэр кыттыылаах дойдуларын сүүһүнэн тыһыынча телевизоры көрөөччүлэрэ оонньуулар хайдах баралларын кэтээн көрдүлэр. “Саха” Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр компания — официальнай генеральнай информационнай партнер күн аайы оонньуулар саамай дьон болҕомтотун күүскэ тардар түгэннэрин эрэ буолбакка, ону тэҥэ күрэхтэһиилэр хайдах барыыларын бүтүннүүтүн сырдатан испиттэрэ. Оонньуулар кэмнэригэр федеральнай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы телеканаллар эфирдэригэр оонньуулары аһыы, сабыы сиэрдэрэ-туомнара, спорт сорох көрүҥнэригэр ыытыллыбыт күрэхтэһиилэр бэриллибиттэрэ. Онно биһиги республикабыт киэҥник хабан сырдатыллыбыта, республикатааҕы телеканал кыахтара толору арыллан көстүбүттэрэ. Биһиги электроннай прессабыт аан бастаан планета бары континеннарын 70-тан тахса дойдуларын хабан биэрии аан дойду таһымыгар тахсыбыта. Ити барыта 100-чэкэ телевизионщигы ыыппыт, итини тэҥэ аргыстар көмөлөрүнэн сигнал бэриллиитин хааччыйбыт ТВЦ Москватааҕы каналын көмөтүнэн оҥоһуллубута. Республика бэйэтин телевидениетин ситимэ нэһилиэнньэ 95,5 бырыһыанын хабан сырдатта. Оннооҕор букатын ыраах сытар арк- тическай улуустар олохтоохторо быһаччы биэрииттэн күрэхтэһиилэри көрө олордулар. Ааспыт сырыыга “Азия оҕолоро” оонньуулары олохтоохтор 30 бырыһыаннара эрэ көрбүтэ. Ити биэриилэри дьиҥнээх информационнай уонна техническэй ситиһиинэн аатгыахха сөп. Бырайыагы “Саха” НКИК, ТЦТР ГУП, “Сахателеком” инженернэй-техническэй кадрдара кыайа-хото тутан олоххо киллэрбиттэрэ үөрдэр, кинилэр маастарыстыбалара үрдүгүн ТВЦ специалистара — биир идэлээхтэрэ кытта бэлиэтээтилэр.
Оонньуулары сырдатыыга 525 республикатааҕы, Россиятааҕы уонна кыраныысса таһынааҕы журналист аккредитацияламмыта. Оонньуулар буолуохтарын аҕай иннинэ республикатааҕы сонуннары киэҥник тарҕатар средстволарга бэрт элбэх матырыйаал таһаарыллыбыта, биэрии оҥоһуллубута, РФ Бэчээккэ министерствотын кытта бииргэ үлэлиир туһунан дуогабар түһэрсиллибитэ, дойду дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр сонуннары киэҥник тарҕатар средстволарыгар ыҥырыылар ыытыллыбыттара, РТР-нан уонна “Радио России” биэриилэр оҥоһуллубуттара, хас да киин каналларынан оонньуулар рекламнай роликтара үлэлээбиттэрэ. “Российская газета” “Азия оҕолоро” оонньуулар официальнай спонсордарынан буолбута. Оонньуулар ыытыллар күннэригэр республикатааҕы хаһыаттар бары коллективтара анаан оҥоһуллубут режиминэн үлэлээбиттэрэ.
Норуоттар икки ардыларынааҕы пресс-киин спортивнай событиелар кылаабынай информационнай кииннэринэн буолбута, онно брифиннэр уонна пресс-конференциялар тэриллэн ыытыллыбыттара. Аккредитацияламмыт журналистар табыгастаахтык үлэлииллэрин туһугар бары спортивнай объектар, “Саха” НКИК, пресс-киин уонна 14 субпресс-киин оптоволоконнай сибээһинэн биир уопсай информационнай ситимҥэ холбоммуттара (Комиссия — Л .В. Павлова, Х.Н. Дьяконов, А.А. Стручков уо.д.а.).
Биллэн турар, оонньуулар биһиги тутааччыларбыт үрдүк тэрээһиннээхтик үлэлээһиннэрин түмүгэр, кэмигэр саҕаламмыттара (комиссия — В.Б. Грабцевич, С.Я. Дереповскай, В.М. Тяптиргянов). Дьокуускай к. оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн Саха государственнай университетын аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир 860 миэстэлээх 9 мэндиэмэннээх уопсай дьиэлэрэ тутуллубуттара, “Туймаада” стадион өрөмүөннэммитэ, онно футболлуур хонуу искусственнай бүрэдэһинэ уларытыллыбыта, “Юность” стадион уонна СГУ 5 №-дээх остолобуойа олорчу саҥардыллан оҥоһуллубуттара, ити остолобуой спортсменнар бары кэлэн аһыыр сүрүн миэстэлэринэн буолбута. Оонньуулар бары объектара капитальнайдык өрөмүөннэммиттэрэ, саҥардан оҥоһуллубуттара уонна саамай аныгы спортивнай, технологическай оборудованиенан итиэннэ аппаратуранан хааччыллыбыттара.
Саха госуниверситетын студенческай кварталыгар “Олимпийскай дэриэбинэ” күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар бары өттүнэн олус табыгастаах дьиэнэн буолбута, онно 1397 киһи түһэриллибитэ (СГУ ректора А.Н. Алексеев). Бу квартал территориятыгар аһылык, сибээс, олох-дьаһах өҥөлөрүн оҥорор пууннар, медицинскэй киин, маҕаһыыннар уонна уулуссаҕа турар кафелар аһыллыбыттара, олорорго куттал суох буолуутун хааччыйар наадалаах дьаһаллар ылыллыбыттара.
“Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары көрсө бэртээхэй циркэ дьиэтэ тутуллубута, онно Россия, Кытай уонна Монголия 277 артыыһа кыттыылаах Норуоттар икки ардыларынааҕы циркэ фестивала ситиһиилээхтик ааста.
Оонньуулар культурнай программалара бэрт кичэллээхтик оҥоһуллубуттара. Олохтоох коллективтартан ураты, бырааһынньыгы Санкт-Петербург уонна Кытай фольклорнай ансамбллара, Японияҕа дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ылбыт барабанщиктар ансамбллара, Казахстан уонна Москва, Монголия уонна Корея артыыстара, “Фабрика звезд” кыттыылаахтара ситэрэн-хоторон биэрбиттэрэ. Республика театрдара бэйэлэрин репертуардарын саҥардыбыттара, болуоссаттарга уонна уулуссаларга араас культурнай-маассабай дьаһаллар ыытыллыбыттара, онно биһиги республикабыт бары улуустарыттан уонна куораттарыттан уус-уран самодеятельность коллективтара тардыллыбыттара. Хаҥалас, Нам, Горнай уонна Уус-Алдан улуустарын муниципальнай тэриллиилэрин дьаһалталара оонньуулар ыалдьыттарыгар уонна кыттыылаахтарыгар историческай уонна этнографическай миэстэлэргэ экскурсиялары үрдүк культурнай таһымнаахтык тэрийбиттэрэ. ЯГСХА (ректор Л.Н. Владимиров) ипподромугар от ыйын 27 күнүгэр ыытыллыбыт оонньууларга аналлаах национальнай бырааһынньык — Ыһыах кытгыылаахтарынан республика бары улуустарыттан кэлбит дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит толорооччулар буолбуттара. Барыта оонньуулар кэмнэригэр 200-тэн тахса культурнай программа сүнньүнэн араас мероприятие ыытыллыбыта, онно 6000-тан тахса оҕо кыттыыны ылбыта. Бу үлэни СР Правительствотын Председателин солбуйааччы Е.И.Михайлова, СР культураҕауонна духовнай сайдыыга министрэ А.С.Борисов олус ситиһиилээхтик сүрүннээтилэр.
Оонньуулар кэмнэригэр “Оҕо саас планетата” оҕо айымньытын Норуоттар икки ардыларынааҕы фестивала ыытыллыбыта, онно 2000 кэриҥэ оҕо кыттыыны ылбыта. Оонньууларга 1250 волонтер актыыбынайдык кыттыбыта, кинилэр хас даҕаны километрынан усталаах уулуссалары ыраастаабыттара, тоннанан бөҕү-сыыһы хомуйбуттара. Куорат тас көстүүтэ биллэрдик тупсубута, куорат олохтоохторо саныылларынан, быдан ырааһырбыта, киһи кута-сүрэ тохтуур буолбута (комиссия — А.И. Еремеев).
Оонньуулар иннилэринэ биһиги көрсүбүт сүрүн ыарахаттарбытыттан биирдэстэринэн транспорынан хааччыллыы буолбута (Комиссия — В.М. Членов, О.Т. Гринченко). Ону быһаарарга Москваҕа, Хаба- ровскайга, Нерюнгрига, Новосибирскайга оонньуу кыттыылаахтара транзитынан айанныылларын тэрийиигэ оперативнай штабтар тэриллибиттэрэ. Дьокуускай авиакомпаниялара бэрт ыгым режиминэн үлэлээбиттэрэ. Ол түмүгэр ити проблема ситиһиилээхтик быһаарыллыбыта. Оонньууларга 101 автобус тардыллыбыта, олортон 51 -рэ сабыс-саҥа автобустар, олор ити автобустар сыаналарын 50 бырыһыанын төлөөбүт муниципальнай тэриллиилэр бас билиилэригэр бэриллибиттэрэ. Водителлэргэ анаан хаттаан бэлэмнээһин, маршруттары билиһиннэрии, бастакы медицинскэй көмөнү оҥоруу үөрүйэхтэригэр, ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түбэлтэтигэр сөптөөхтүк дьаһанарга уонна антитеррористическэй мероприятиеларга үөрэтии тэриллибиттэрэ. Оонньуулар кэмнэригэр сирдээҕи транспорт сулууспатын тэрийии үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта.
Дьокуускайга оонньуулары ыытыынан сибээстээн, 30 тыһ. кв. м иэннээх уулуссаларга ол-бу быстах үлэлэр ыытыллыбыттара. Ити курдук 2004 сыл атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи туругунан ыытыллыахтаах үлэ кээмэйэ 46000 кв. м иэҥҥэтэҥнэһэн, былааннаммыттан 1,5 төгүлүнэн улаатан тахсыбыта. Дьокуускай к. болуоссаттарын уонна уулуссаларын тас көстүүлэрин тупсарыыга уонна көҕөрдүүгэ улахан кээмэйдээх үлэ ыытыллыбыта, олор тас көстүүлэрэ биллэрдик тупсубута. Аан бастаан куоракка рекламалааһын үлэтэ концептуальнайдык, биир стилинэн ыытыллыбыта (комиссия — И.Ф. Михальчук, В.Н. Попов, Н.Н. Алексеев уо.д.а.).
Оонньуулар кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын аһатыыны тэрийиигэ “Сэргэлээх” аһылык комбината (5 №-дээх остолобуой) олорчу саҥардыллан оҥоһуллубута, СГУ кылаабынай үөрэтэр корпуһун остолобуойдара, СГУ 17-с корпуһа, Финансовай-экономическай колледж, Дьокуускай к. 31 №-дээх оскуолата саҥардыллан оҥоһуллубуттара, эргиэн-технологическай оборудованиеҕа өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллыбыттара. Оонньуулар кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын аһатарга общественнай аһылык 46 предприятиета тардыллыбыта.
Оонньуулары ыытыы кэмигэр аһатыы менюта уонна рациона оонньуулар кыттыылаахтара — дойдулар уонна регионнар национальнай куукуналарын уратыларын учуоттаан оҥоһуллубуттара. “Тыгын Дархан” ресторан кылаабынай технолога И.И. Тарбахов кыттыылаах дойдулар национальнай куукуналарын уратыларын туһунан повардарга анаан-минээн консультациялары ыыппыта. Общественнай аһылык бары предприятиеларын үлэһиттэрэ сервис Дьокуускайдааҕы технологическай коллеһыгар уонна “Холбос” респотребсоюз Дьокуускайдааҕы эргиэн-экономическай коллеһыгар үөрэнии аналлаах курсун ааспыттара.
Ыытыллыбыт үлэ түмүктэринэн аһылык бородуукталарынан хааччыйбыт предприятиелар уонна обшественнай аһылык объектара олус тэрээһиннээхтик үлэлээбиттэрин бэлиэтиир наада (комиссия — Р.И. Федоров, М.И. Каликин, П.С. Ефремов, М.Н. Габышева уо.д.а.).
Оонньуулары медицинскэй өттүнэн хааччыйыы эмиэ үрдүк таһымҥа тэриллибитэ. Оонньуулар кыт- тыылаахтарыгар, ыалдьыттарыгар медицинскэй көмөнү оҥорууга бары кыахтаах эмтиир учреждениелар: 1 №-дээх республикатааҕы балыыһа — Медицина национальнай киинэ, 2 №-дээх республикатааҕы балыыһа — Республикатааҕы суһал медицинскэй көмө киинэ, Республикатааҕы быһылаан медицинатын киинэ, Республикатааҕы офтальмологическай балыыһа, Дьокуускай к. мэриятын Доруобуйа харыстабылыгар комитетын ЛПУ, Доруобуйа харыстабылын министерствотын 1 №-дээх балыыһата тардыллыбыттара. Куорат клиническэй балыыһатыгар дьон элбэхтик ыалдьар түбэлтэтигэр 194 куойка бэлэмнэммитэ, ордук кутталлаах сыстыганнаах ыарыылар турар кутталлара үөскээтэҕинэ диэн — 200 куойкалаах обсерватор.
Оонньуулар кыттыылаахтара олорор сирдэригэр эмп 19 пууна тэриллибитэ. Онно 235 киһи үлэлээтэ.
Спортивнай күрэхтэһиини Лечебнэй физкультура уонна спортивнай медицина республикатааҕы киинин быраастара көрдүлэр-иһиттилэр. Ыксаллаах быһыы-майгы түбүлээтэҕинэ Иэдээн медицинатын республикатааҕы киинэ былаан быһыытынан үлэлээтэ (комиссия — В.В. Александров).
Ити күннэргэ онньуулар объектарыгар Государственнай-санитарнай надзор республика санитарнай- эпидемиологическай сулууспатын өттүттэн күүһүрдэн бэрилиннэ. Онон ыарыы көбөн тахсыыта бохсулунна ( комиссия — А.П. Протодьяконов).
Оонньуулары ыытарга кыттааччылар куттала суох буолууларын хааччыйар дьаһаллар ылылыннылар. СР ИДьМ-тын оперативнай штаба инструкция биэрбитэ. Оонньуу кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын көрөргөСРИДьМ-тын 1050 киһитэ кытынна. Куорат уулуссаларынан народнай дружиналар дьуһуурустубалара тэрилиннэ. Транспорт хайа уулуссаларынан сылдьара бигэргэтиллибитэ. Автотранспоры кытта тутатына сибээстэһии диспетчерскэй пууннары нөҥүө тэриллибитэ. Арыгыны атыылааһын Правительство туһааннаах уурааҕынан бобуллубута. “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулар кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын куттала суох буолууларын хааччыйарга Е.М. Ларионов, В.С. Федоров, К.А. Морев, А.А. Дзивицкэй, В.Л. Сухоборов, Г.Ю. Федоров салайааччылаах комиссия үлэлээтэ.
“Азия оҕолоро” оонньуулар биэрэр наҕараадаларыгар, сувенирдарыгар Сүрүннүүр комитет улахан болҕомтотун уурда (комиссия — А.Н. Ким-Кимэн). Официальнай символлар тустарынан балаһыанньа оҥоһуллан бигэргэтиллибитэ.
СР Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствотынан гимн бастыҥ мелодиятыгар уонна тек- сигэр конкурс биллэриллибитэ. Конкурс түмүгүнэн 15 вариант киирбититтэн “Азия оҕолоро” гимн биһирэнэн бигэргэтиллибитэ (Станислав Луковцев музыката, Галина Иванова тыллара), ол кэнниттэн гимни Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет государственнай театрын хора уонна Уус-Алдан улууһун оҕо “Кэнчээри” вокальнай коллектива толорбуттара.
Сүрүннүүр комитет “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньууларын былааҕын, оонньууну аһыы, сабыы церемониятын уонна кыайыылаахтары наҕараадалыыр туһунан балаһыанньаны бигэргэппитэ.
Оонньуу уотун туһунан балаһыанньаны бигэргэтэн, Сүрүннүүр комитет “Азия оҕолоро” кэнэҕэски оон- ньуулар уоттарын Саха Республикатын Верхоянскай улууһугар — “Тымныы полюһугар” уматарга үгэһи олохтоото.Саха Республикатын министерстволара, ведомстволара, предприятиелара, тэрилтэлэрэ, муниципальнай тэриллиилэрэ кыайбыт, призер буолбут эдэр спортсменнарга анал бириистэри олохтоотулар.
“Саха сирэ Азия эдэр спортсменнарын ыалдьыттатар” диэн фотоальбому бэлэмнииргэ, таһаарарга улахан үлэ ыытылынна. Фотоальбом “Азия оҕолоро” Норуоттар иккиардыларынааҕы III спортивнай оонньуулар саҕаланыыларыгар таҕыста.
Оонньуулар бара турдахтарына шефтэспит тэрилтэлэр сувенирдарынан хааччыйдылар. Сувениры оҥорууга кытыннылар: “Сардаана” фабрика, “Сахабулт” ГУП, “Дани Алмаз” ХЭО, “Саха Таас” ХЭО, “Егоров Т.Т.” ИП, “Сивцев Е.С.” ИП, “Бырааттыы Заболоцкайдар” фирма, “XXI үйэ чорооно” ХЭО. Онно киирбиттэрэ: футболка, бейсболка, рюкзак, түүлээхтэн, тирииттэн, мамонт муоһуттан, мастан, туостан, таба муоһуттан оҥоһуллубут национальнай сувенирдар (комиссия — А.Н. Скрыбыкин).
А.В. Мигалкин, А.Е. Сергучев салайааччылаах комиссия предприятиелэри, тэрилтэлэри шефтэһиини тэрийиигэ, делегациялары көрсүһүүгэуонна атаарыыга биллэр-көстөр үлэни ыытта. Норуоттар икки ар- дыларынааҕы күрэхтэһиини тэрийэргэ республика бюджетытган 81 мөл. 414 тыһ. солк. бэрилиннэ. Ол республика 2004 сьшлааҕы бюджетыгар көрүллүбүтэ. Сүрүн ороскуоту спонсордарбытсүктүлэр. Кинилэргэ биһиги муҥура суох махтанабыт. Ким хайа иннинэ “АЛРОСА” АК, “Де Бирс” компания, “Комдрагмет” ГУП, “АЛРОСА-Ньурба”, “Евразхолдинг” ААО, “Сахателеком” ААО, ХК “Якутуголь” ААО, “Митцуи” компания (Япония), “Ферринг Фармацьютикалс” (Франция), “Аллараа Ленатааҕы” ААО, “Анаабыр алмааһа” ХЭО, “Саханефтегазсбыт” ААО, “Якутскэнерго” ААО, “М и Т Даймонд” ХЭО, НГК “Итера” ХЭО көмөлөспүттэрэ.
“Барҕарыы” фонда счетугар 2004 сыл устата 122 мөл. солкуобайдаах көмө киирбитэ, 2003 сыллааҕыны учуоттаан туран — 175 мөл. солк. 939 юридическэй бырааптаах тэрилтэлэртэн уонна биирдиилээн дьонтон киирбитэ.
СР Предпринимательствоҕа, туризмы сайыннарыыга министерствота (А.Н. Скрыбыкин), СР Про- мышленноһын министерствота (А.А. Оглы), “Үөһээ Бүлүү” муниципальнай тэриллии дьаһалтата (М.М. Донской), “Хаҥалас улууһа” МТ (А.А. Добрянцев), “Уус-Маайа улууһа” МТ (В.В. Топорков) улахан көмөнү оҥорбуттара. Үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын үгүс тэрилтэлэрэ (В.Л. Александров, Ф.В. Габышева), тыа хаһаайыстыбатын предприятиелара (А.И. Степанов) биир күннээххамнастарын биэрбиттэрэ. Ордук элбэх харчыны К.К. Ильковскай, И.А.Корнев, Ю.М.Николаев, А.В.Каздобин, А.П. Дугельнай, “Копиртехсервис” ХЭО (Никифоров А.Т.) предпринимателлэрэ, Н.П. Герасимов ИП (Сунтаар улууһа), “Айан суол” ХЭО (В.М. Крыжановскай, Сунтаарулууһа), В.Х. Чириков ЧП (Верхоянскайулуус), дьоҕус предпринимательствоны өйөөһүн фондалара (Мирнэй улууһа, Ю.Г.Васильев), Чурапчы улууһа (М.Н. Сивцев), Ленскэйулуус (комиссия — Г.Ф. Алексеев, Э.Б. Березкин, А.К. Павлова).
Оонньуулары ыытыы кэмигэрбуолбут бөдөҥ событиелартан Хотугу Түмсүү чилиэннэрэ-дойдулар губернатордарын саммитын ааттыахха сөп. Онно Хотугу Түмсүү толорооччу директора Присцилла Уолл, Российскай Федерация Канадаҕа посола Виталий Чуркин, Юконтан (Канада) автосуолларга, обшественнай үлэҕэ министр Джон Стецик, Арктика Сэбиэтин уонна научнай общественность, ону тэҥэ Норуоттар икки ардыларынааҕы III “Саха Республикатын инвестиционнай кыаҕа” конференция бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Саммикка 150-тан тахса ыалдьыт кэллэ.
Күрэхтэһии кэмигэр оонньуулар 19 көрүҥнэригэр рекорд олохтонно. Ордук элбэх мэтээли Саха Республикатын бастакы хамаандата ылла — 89 мэтээлтэн 36 кыһыл көмүс. Ону ситиһэргэ республика сүүмэрдэммит хамаандатыттан 347 оҕо 24 улуустан, куораттан кэлэн кытынна. Тренердэр салалталарынан оҕолор итинник үчүгэй түмүгү ситистилэр. Казахстан эдэр спортсменнара 61 мэтээли, ол иһигэр 28 кыһыл көмүс мэтээли ылан, ситиһиилээхтик күрэхтэстилэр. Оонньууларга аан бастаан пауэрлифтинг турнира ыытылынна. Онно инбэлиитоҕолор кытыннылар. Оонньуу кэмигэр маннык сэдэх түбэлтэ буолбутун ахтыбакка аһарыахпын сатаммат. Бырааһынньык үчүгэйдик барыыта Еврейскэй автономнай уобаластан сылдьар Женя Казаковка үчүгэйдик сабыдыаллаата. Кини 17 сыл устата саҥарбакка сылдьан баран оонньуу кэмигэр, дьэ, саҥарда.
Түмүккэ манныгы этиэхпин баҕарабын. Саха сиригэр кэлбит спортивнай делегациялары киһи барыта кэрэхсээтэ, инвестиционнай рейтинг тубуста, онон биһиги республикабыт аата-суола өссө үрдээтэ. Рес- публика Президенэ В.А. Штыров, Индия, Кытай, Монголия, Казахстан курдук улахан дойдулар салайааччылара “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы IV спортивнай оонньуулар эмиэ Саха сири- гэрбуолуохтааҕын быһаардылар. Кэнэҕэски оонньууну ыытыыга уонна үбүлээһиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы Сүрүннүүр сэбиэт улахан үлэни ыытыаҕа. Ол туһугар республика быйыл күһүн отчуотун Норуоттар икки ардыларынааҕы Олимпийскай комитет штаб-квартиратыгар ыытыаҕа. Бу күннэргэ республикаҕа сылдьан баран, МОКбастакы вице-президенэ Виталий Георгиевич Смирнов оонньууну үрдүктүк сыаналаата уонна Россияҕа, аан дойдуга общественность улахан болҕомтотун тарпытын бэлиэ- тээтэ. Кини этэринэн, оонньуу Олимпиада принциптэринэн барбытынан МОКөйөбүлүн ьшла. Оонньуу-холбоһон үбүлүүргэ Национальнай олимпийскай комитеты кытта ыкса сүбэлэһэн үлэлээһин ураты суолталаныаҕа. Итини тэҥэ “Барҕарыы” национальнай фонда оонньууну бэлэмнииргэ бэриллэр үбү түмэр киининэн буолуоҕа. Тиһэҕэр, оонньуу республика, спортивнай олоҕо сайдарыгар сүҥкэн тирэх буолла. Ону дириҥник ырытыахха уонна сөптөөх түмүгү :оҥоруохха, спорт биирдиилээн көрүҥнэрин сайыннарыахха наада. Республика хотугу регион буоларынан, инникитин спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр ураты болҕомтону ууруохха наада. Ити боппуруостары быһаарыы үлэбит итэҕэстэрин буларга, онон өссө үчүгэй түмүктээхтик, айымньылаахтык үлэлиирбитигэр көмөлөһүөх этэ.
Оонньуу буолан ааста, биһиги оҕолорбут, биһиги ыччаппыт аныгы стадионнаах, спортивнай саалалардаах, олорорго тупсаҕай студенческай куораттаах хааллылар. Саамай үчүгэйэ баар – араас дойдулар оҕолоро хотугу норуоттар ураты культураларын, Саха сирин үтүөкэн айылҕатын, кэрэхсэбиллээх дьоннорун кытта көрсүһүүлэри, умсулҕаннаах турнирдары, спортивнай доҕордоһууну иҥэринэн бардылар. «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы III cпортивнай оонньуулар спорт сайдыытыгар, үүнэр көлүөнэни иитиигэ уонна үөрэтиигэ, биһиги республикабыт инники сайдыытыгар улахан кэскиллээх буоллулар.