Арктика сайдыыта уонна Саха сирэ

Эдуард Ефремов–Дэхси

Дмитрий Никонов түгэни үйэтитиитэ

Ырыынакка киирии айдааннаах-куй­дааннаах, харах уулаах, охсу­һуу­лаах-этиһиилээх кэмнэ­ригэр ум­­нулла сыспыт Арктика билигин дьэ саҥаттан күөрэйэн тахсан, биллэн-көстөн, бы­лаас хараҕын далыгар киирбитэ син балай эмэ буолла. Ол биһиги дойдубутугар эрэ буолбатах, бэл, урут Арктиканы кыһынын тахсыбат, сайы­нын киирбэт күннээх, үрүҥ эһэ дойдута эрэ диэн өйдөбүллээх атын да омук судаарыстыбала­ра Арассыыйа хоту өттүн ымсыыра көрөллөрө күнтэн-күн сэтэрэн иһэр. Бээрэ, бу хабараан тымныылаах, хаһан да ууллубат муус дьапталҕа хайалардаах, халыҥ хаар сабыылаах дойду туох үлүгэр үчүгэйдээх буолан көөчүктэнэ оонньоо­то диир буоллахха – бастатан туран, кини сөҕүмэр үгүс сир баайдаах. Ол баайтан аан дойду ба­ры улахан судаарыстыбалара тииһинээри араас бэйэлээх баар даҕаны, төрүт да суох, өйтөн ылыллыбыт даҕаны суут-сокуон хайысхала­рын туһанарга дьулуһаллар. Кинилэр: «Арктика тер­риторията аан дойду судаарыстыбаларын барыларын бас билиитэ буолуохтаах!» – диэн доктринаны күөн тутталлар.

Онон Арассыыйа Арктиката билигин элбэх «ай­махтанан», сирин баайын туһаныыга кыт­ты­һыан баҕалаах төһө эмэ элбээтэ. Инньэ гынан, дойдулар икки ардыларынааҕы си­ри-уоту ту­һаныы сыһыаннаһыытыгар олоҕур­бута буолан, Арассыыйа билигин бас билэр арҕааҥҥы уонна илиҥҥи кытыы эҥээр­дэ­ри­гэр баар Арктика түөлбэлэрин үллэстээри улахан мөккүөрдэр тахсыталаан эрэллэр. Ол хайысханан кимэн киирии олус күүһүрэн, Арк­­тика түөлбэтэ үллэстиигэ барыах курдук буол­бутуттан, дьэ, өйдөнөн, нууччалар «поку­да гром не грянет, мужик не перекрестится» диил­лэригэр дылы, 90-с сылларга бырахпыт, кө­­­рүүтэ-истиитэ суох хаалларбыт сирбитигэр эр­гил­лэн, кыраныыссабытын бөҕөргөтөр, бас билэр бырааппытын күүһүрдэр айдааныгар түстүбүт. Ол быһыытынан буоллаҕа, олох-дьа­һах сайдыытын, бас билии тутулун, экономика по­литикатын уонна стратегиятын хайысхала­рын быһаарар улахан ис даҕаны, тас даҕаны суолталаах анааран кө­рүү­лэр, ыйан-кэрдэн биэрэр сүрүннүүр доку­муон­нар суруллан, та­ҥыллан, туһааннаах үрдүкү тэрилтэлэринэн би­гэргэтиллэн тахсыталааты­лар. Олор истэригэр, бастатан туран, «Арассыы­йа судаарыстыбатын Арктика олоҕун-дьаһаҕын уон­на экономи­ка­тын сайдыытын политиката», «Арас­сыыйа Арк­ти­катын түөлбэтигэр энергетика сайдыытын стра­тегията», «Саха сирин уонна Уһук Илин добун түөлбэлэрин экономикатын, олох­торун-дьаһахтарын сайдыытын төрүччүлэрэ» диэн улахан докумуоннары киллэриэххэ сөп. Бэл диэтэр, атын омуктар саантаабаталлар, арах­пак­ка чугас сылдьан аалыҥнаспаталлар ханнык диэн Арассыыйа Арктикатааҕы бас билэр сирэ ханна да халбаҥнаабатын көрдөрөр кы­һал­ҕаттан, анаан-минээн экспедиция тэрийэн, хо­тугу полюс чөмчөйөр саалыгар судаарыстыба үс өҥнөөх былааҕын аспыттара. Дьэ бу кэннит­тэн үөрэтэр, чинчийэр, сир баайын көрдүүр үлэлэр ситимнээхтик уонна былааннаахтык ыытыллыах курдук буолан эрэллэр. Маны таһынан далаа­һыннаахтык тэриллэн, Аркти­ка политика уонна экономика сай­дыытыгар туһааннаах, үрдүк таһымнаах, судаарыстыба му­ҥур баһылыкта­ра кыттыылаах норуоттар икки ардылары­наа­ҕы наука фо­румнара ыытыллар буоллулар. Бу ыстатыйаны суруйа олорооччу оннук ула­­хан форумнартан биирдэстэригэр, Санкт-Петер­бур­­га ыытыллы­быт «Арктика бүгүҥҥүтэ уонна кэлэр кэскилэ» диэн аан дойдутааҕы III улахан түһүлгэҕэ кыт­тан, «Саха сирин Арктика түөлбэ­тин сайдыыта» диэн ыйытыкка эппиэттээн, интер­вью биэрэн турардаах. Онно сылдьан, дойдум дьонун кы­тары эн-мин дэсиһэн кэпсэ­тэн, омук сирин дэлэгээттэрин тылларын-өстөрүн истэн, Арктика балысхан элбэх сирин баайын күргүөмнээхтик туһанан, үлэ-хамнас, олох-дьаһах сайдыытыгар төһүү буолар, тутаах хайысхалары олоххо киллэрэр өй-санаа баар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Дойдубут бас-көс дьоно, чөмчө­көлөрө, олор истэригэр Арк­тика­ны уонна Ан­тарктиданы хонук сир оҥос­тубут, иһин-таһын кэрийэ сылдьан үөрэп­пит биллии­лээх океанолог учуонай, по­ляр­ник, Сэбиэскэй Сойуус (1986) уонна Арас­сыыйа (2008) дьоруойа Ар­тур Николаевич Чи­линга­ров Арктика түөл­бэ­тэ далааһыннаахтык сай­дыытыгар бэйэлэрин кө­рүүлэрин сүрүн ис хоһоонун быһааран биэр­биттэрэ уонна олорго олоҕуран сүрүннүүр дьаһаллары ылынарга тыл көтөхпүттэрэ:

– суолу-ииһи оҥорор хайысхалары бы­лаан­нааһын, Хотугу байҕал суолун сайыннарыы;
– Арктика сирин геологиятын дириҥэтэн үөрэтии, сир баайын көрдөөһүнү күүһүрдүү, хостонор экономика барыһын ааҕыы;
– Хоту дойду эйгэтин харыстааһын, кини бүгүҥҥү туругун, оҥорон таһаарар күүстэр дьайыыларын үөрэтии, сыныйан сыаналааһын;
– тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, олор истэригэр таба иитиитин, балыктааһыны, байҕалтан ылыллар аһылыгы оҥоһууну, бул­тааһы­ны кэҥэтии уонна күүһүрдүү;
– туризмы киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, ба­рыс­таахтык дьаһаныы;
– оттук уонна энергетика араас көрүҥнэрин кэлимник сайыннарыы;
– сир баайын хостооһуну үрдүк кэрдиискэ таһааран, тас дойдулары кытары атыыны-ту­тууну кэҥэтии уонна күүһүрдүү, о.д.а.

Ааҕан, анааран көрдөххө, Арассыыйа Аркти­катын тайаан сытар киэҥ түөлбэтигэр: никель, алтан, кобальт, платина, апатит, ньиэп, айылҕа гааһа, чох арааһа, алмаас, кыһыл уонна үрүҥ көмүстэр, полиметаллар, сэдэх металлар, хор­ҕолдьун, уран, вольфрам курдук сыаналаах сир баайдара бэйэлэрин кэмнэрин кэтэһэн хаһаанылла сыталлар.
Дойдубут сирин 30% ылар бу үлүгэрдээх баайдаах киэҥ дуолга нэһилиэнньэ баара-суо­ҕа бырыһыаныттан кыранан ордук ахсааннаах ки­һи олорор эбит буоллаҕына, манна көмүс­тэн, хорҕолдьунтан, чохтон ураты, Арассыыйа­ҕа хостонор айылҕа гааһын 80%, никель уонна кобальт 90%, алтан 60%, платина 96% мантан булуллар. Билигин Арктика дойду атыытын-эргиэнин 25% толуйар. Сабаҕалаан ааҕыынан, аҥаардас байҕал кытыытыгар баар ньиэп ха­сааһа 51 млрд тоннаҕа, айылҕа гааһа 81 трлн м3 тэҥнэһэр.

Арктика түөлбэтин хабар дойдулар орто­лоругар айылҕа баайын туһаныыга араас эко­номикалыы бэлиэтээһиннээх, быһаа­рыы­лаах ха­йысхалар көрүллэллэр. Оннук буол­уохтаах да­ҕаны. Ханнык баҕарар судаарыстыба урут да­ҕаны, билигин даҕаны – бэйэтигэр сөп түбэһэр барыстаах, инникитигэр кэскиллээх сорукта­ры туруорунан дьаһанара, дьаһаныахтаах даҕа­ны. Ол быһыытынан, Арктика түөлбэтин ха­бар кыраныыссалаах дойдулар айылҕа баайын туһаныыга, ордук ньиэби, гааһы хостооһуҥ­ҥа араас экономикалыы политиканы уонна стра­тегияны тутуһаллар. Холобур, Америка, Канада уонна Норвегия курдук сайдыылаах судаарыстыбалар, бэйэлэрин түөлбэлэрин иһи­гэр баар дойдулар икки ардыларыгар эргиниигэ олус суолталаах, кэнэҕэскитин даҕаны көрдөбү­лэ улаатар кыахтаах углеводород хасааһын бэркэ кэмчилээн хостуур соругу туруоруннулар.

Америка маннык хайысханы тутуһуутун сла­нецтаах эбэтэр сир араас минералларын кытары булкуһа сытар ньиэби хостооһуҥҥа киир­битинэн уонна ол хостонор ньиэп кинилэр көрдөбүллэрин кэлэр да кэмнэргэ сабарын ааһан атыыга барар кыахтааҕынан быһаарал­лар. Ол эрэ буолуо дуо, «ампаардаах астарын» тыып­пат баҕаттан Америка атын дойдулар­тан, ол эбэтэр Алжиртан, Индонезияттан, Иран­тан, Кувейтан, Катартан, Саудовтыы Аравияттан, онтон да атын тас дойдулартан ньиэби уонна гааһы чэпчэки сыанаҕа атыылаһан, сир анны­гар оҥоһуллубут хаһаанар хаппахчылары­гар ха­таа­быттара ыраатта. Онтукалара билигин бэ­йэтэ туспа сир баайа буолан сытар. Оннук экономи­ка соругун билигин Кытай тутуһар. Бэйэтигэр ньиэп, гаас, чох баайдаах эрээри кэмчилээн, кэлэр кэмнэргэ хаһаас оҥостон, көрдөбүлүн 20% эрэ сабынар, онтон ордугун ырыынак сыаната түспүтүнэн туһанан, атын дой­дулартан: Индонезияттан, Малайзияттан, Австралияттан, Арассыыйаттан чэпчэки сыанаҕа ылан, бэрт барыстаахтык тиэнэр уонна хаһаанар.

Норвегия кэмчилээн туһаныыта кини ыытар экономикалыы уонна техникэлии поли­тикатын кытары сыһыаннаах. Ол эбэтэр, бииринэн, хос­туур ньымаларын тупсаран биир сиртэн сүтүгэ, хоромньута суох элбэҕи хостооһун. Холо­бу­ра, биһиэхэ хостонор ньиэп, гаас хасааһыттан 50-60%, ону даҕаны иһэ үлүннэҕинэ, туһанаат үксүгэр саҥаттан-саҥа чэпчэкитик хостонор баай сир­дэргэ көһөн, онтон быдан кыра бырыһыана туһаныллар эбит буоллаҕына, кинилэр кырата 80-85% хостууллар. Иккиһи­нэн, Арассыыйа ньиэп­тээх уонна гаастаах сирин кытары силбэһэ, Баренц байҕалын соҕуруу өттүгэр сытар Ян Майен диэн бэрт мөккүөр­дээх, Арассыыйа түөлбэтиттэн сүүрүгүрэн түһэр баайдаах тумус сири туһаналлар. Оччоту­гар бэйэлэригэр сытар ньиэп, гаас кэмчилэнэн хаһааска кубулуйар.
Канада буоллаҕына соҕурууҥҥу эҥээрдэ­ри­гэр сытар чэпчэкитик хостонор баайын сөптөө­ҕүн көрөн, ыспакка-тохпокко, сыа-сым курдук ту­тан хостоон бэйэтин наадыйыытын эрэ толунар. Инньэ гынан Арктикатааҕы саппааһын хамсаа­бат хаппытаал оҥостон, онуоха-маныаха диэри харах харатын курдук харыстыыр, билигин ту­һаҕа таһаарартан туттунар.

Түмүктээн эттэххэ, экономика өттүнэн сай­дыылаах дойдулар хас биирдиилэрэ Аркти­ка түөлбэтигэр хаһаанылла сытар ньиэптэрин, гаастарын харыстыыр, кэмчилиир соруктаах­тар. Холобура, дойдулар икки ардыларынааҕы уба­ҕас оттугу туһаныы хайдах-туох барарын кэтээн көрөөччүлэр быһааралларынан Аме­рика, Канада курдук үлүгэр элбэх оттугу ту­һанар судаарыстыбалар муспут хаһаастара бу кэлиҥҥи кэмҥэ ордук улааппыт. Кытай да киэнэ олортон хаалсыбат, кини атын сирдэртэн таһар буолан баараҕай баай гаас­таах түөлбэтин 8%, ньиэбин киэнин 22% эрэ хасыһан үөрэппит. Онтон ор­дугун хаһаас гынан төрүт даҕаны тыытан көр­бөт, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрбэт эбит. Ол эрээ­ри, маннык бүөм са­наалаах судаарыстыба­лар Арассыыйа баайын чэпчэкитик үллэстэртэн киэр хайыспаттар. Ону араас ньыманан ситиһэ сатыыллар. Холобура, Арассыыйа Сахалин арыы­тын кытыытынааҕы гааһын өлгөм баайын Америка, Канада улахан фирмалара уһун кэм­ҥэ бас билэн, талбыттары­нан айбардаан хостуу сылдьалларын бары да билэн эрдэхпит.

Дойдубут барахсан бэйэтин айылҕатын баа­йыгар-дуолугар сыһыана ити үөһэ этиллибит судаарыстыбалар киэннэриттэн букатын атын. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа Эбэ Хотун ха­һаа­йыстыбата табаары оҥорон таһаарар буол­бак­ка, айылҕа баайын туһанар дьаллыктаах ха­һаайыстыба. Ону нууччалыы сырьевая эко­номика дииллэр. Ол да иһин, Арктика сирин баа­йын харса-хабыра суох баһымахтык туһаҕа таһаарыыны, Арассыыйа олоҕун-дьаһаҕын (со­циаль­най эйгэтин), хаһаайыстыбатын, ол эбэтэр экономикатын сайдыытын быһаарар баар-суох тутаах хайысхатын быһыытынан быһаардахтара. Дэлэҕэ даҕаны стратегиялыы суолталаах улахан докумуоҥҥа маннык суруллуо дуо:
«Арктическая зона России, зани­мающая больше половины всей мировой Арктичес­кой территории должна развиваться как одна из основных составляющих единого экономического пространства страны. Поэ­тому, высокая политико-экономическая ценность данного стратегического на­прав­ления становится определяющей ос­новой его реализации, и не вызывает нео­правданных сомнений и расхождения мне­ний по поводу его экономической и по­литической состоятельности».

Мантан көстөрүнэн, биһиги Арктика айыл­ҕатын баайын кэмчилиир, хаһаана сатыыр былааммыт суох. Олохпут-дьаһахпыт, экономи-кабыт бүгүҥҥү уйан быһыыта-майгыта оннугу көҥүллээбэт диэн буолар.
Биллэн турар, төһө да мөккүһүннэриллибэт гына чиҥник этилиннэр, Арктика балысхан баайын туһаҕа таһаарыы кумааҕыга сурулла­рын курдук судургутук быһаарыллар кыаҕа суох. Манна улахан мэһэйинэн, бастатан туран, Арктика тыйыс айылҕата буолар. Дэлэҕэ даҕаны «Арктикаҕа уон икки ый кыһын, онтон ордуга сайын» диэн этиэхтэрэ дуо. Ол быһыытынан манна тахсыылаах үлэни ситиһэр­гэ анал техника уонна ньыма ирдэнэр. Оло­ру атыылаһыы, табан, аттаран туруоруу, үлэҕэ киллэрии балысхан үбү-харчыны эрэйэр. Аны туран бу дойдубут киин, сайдыылаах, аһынан-таҥаһынан, малынан-салынан хааччыйар түөл­бэ­лэриттэн ыраах, суола-ииһэ сайдыбатах сиргэ сытар буолан уонна олоҕу-дьаһаҕы, үлэни-хам­наһы хааччыйар тэриллиитэ суоҕунан, эбии ыарахат­тары, сүҥкэннээх ороскуоту үөскэтэр. Элек­тро­энергетикатын тиһигэ сүүһүнэн ааҕыл­лар кыра кыамталаах дизель ыстаан­сы­йалар­тан турар буолан, ыарахан сыанаҕа тиэйиллэн кэлэр оттугунан хааччыллар. Омун­наан эттэххэ, билиҥҥи Арктика киһитэ-сүөһүтэ аҕыйаан, кэлиитэ-барыыта кыччаан, суола-ииһэ омооно эрэ хаалан көстөр-көстүбэт буол­бут, оһоҕо-үөлэһэ аата эрэ сыккырыыр, ынах маҕыраабат, ыт үрбэт, күрүөтэ-хаһаата иҥнэри барбыт самнайбыт балаҕаннаах, отуора ал­дьам­мыт өтөх сири санатар.

Дьэ маны сайыннарыах диэтэххэ, туох кистэлэ кэлиэй, үллэр үп, хаһыытыыр харчы ир­дэнэр. Холобура, судургутук ылан көр­дөххө, манна тутуллар тутууҥ киин сирдэри кытары тэҥ­нээтэххэ түөрт-биэс төгүл элбэх үбү-харчы­ны эрэйиэ турдаҕа. Аны ону тэрийии, булуу-та­лыы, анал үөрэхтээх, үлэҕэ эриллибит дьонунан хаач­­чыйыы бэйэтэ туспа кыһалҕа. Муҥ саатар, бэйэбит оҥорон таһаарар тирэхтээх буолуох­пут баара дуо. Суох буоллаҕа дии. Бэл, Аме­ри­ка, Канада, Норвегия анал техникэтин уон­на ньымаларын кинилэр көмөлөрө суох үлэҕэ киллэрэ охсор, сатабыллаахтык туһанар, тут­­тар үөрэхпит, кинилэр айбыттарын үтүгүннэ­рэн бэ­йэбит оҥостор юридическай, норма-бы­раап өттүнэн көҥүлбүт, кыахпыт да суох. Ол да иһин этэн эрдэхтэрэ:

«Сегодняшнее освоение Арктики бази­руется на подорожании зарубежного техно­логического и производственного опыта, и это не может служить основой для перехода в активную стадию процесса эксплуатации шельфовых нефтегазовых месторождений Арктики».

Би­лигин ханнык баҕарар кэтэх хампаан­ньалар бу үлэҕэ кыттар кыахтаннылар, маннык көҥүлүнэн туһанан хата омук кор­по­рациялара, холдинг хампаанньалара, үөһэ ахтан аһарыллыбытын курдук, Арассыыйа ар­к­тикатын сирин баайын туһаныыга биир бастыкынан сэниэлээхтик кыттан эрэллэр.

Өссө манныгы ахтан ааһыаҕы баҕарыллар. Арассыыйа сокуонун быһыытынан байҕал кы­тыытынааҕы, ол эбэтэр шельф гааһын, ньиэ­бин 50% диэри судаарыстыбаннай акция­­­лаах хампаанньалар эрэ хостууллара көҥүллэ­нэр этэ. Оннук хампаанньалар, мин билэрби­нэн, билиҥҥитэ иккиэлэр – «Газпром» уонна «Рос­нефть» аһаҕас акциялаах уопсастыба­лар. Балар хостуур күүстэрэ-кү­дэхтэрэ, көрдө­нөр ба­лысхан үлэни толорор кыах­тара, дьи­ҥэр, кыра. Инньэ гынан бу харгыстыыр мэ­һэй көтүрүллэн, би­лигин ханнык баҕарар кэтэх хампаан­ньалар бу үлэҕэ кыттар кыахтаннылар. Маннык көҥүлүнэн туһанан хата омук кор­по­рациялара, холдинг хампаанньалара, үөһэ ахтан аһарыллыбытын курдук, Арассыы­йа Ар­к­тикатын сирин баайын туһаныыга биир бастыкынан сэниэлээхтик кыттан эрэллэр. Ол курдук бэйэлээх бэйэбит поисковиктарбыты­нан, океанологтарбытынан, геологтарбытынан сүүрэн-көтөн, сыралаһан булуллубут, үөрэ­тиллибит, хостуурга бэлэмнэниллибит Кар­скай байҕал кытылыгар баар гаас уонна ньиэп баай саппаастаах сирин аан бастакынан хос­туурга «Exxon Mobil» диэн Америка улахан хампаанньата үөрэ-көтө көҥүл ылбыта. Би­һи­ги дьоммут «маннык кыттыһыннарыынан туһанан саҥа сайдыылаах ньымаларынан үлэ­лииргэ үөрэнэбит, атыылаһарга көҥүл ылар кыахтанабыт» диэн тас дойдулартан атыы­лаһар пошлинаны сото, суох оҥоро, нолуогу төһө кыалларынан кыччата сатыыллар. Мин санаабар, маннык киһи эрэ өйдөөбөт чэп­чэтиитэ нолуок киириитин муҥутуурдук кыч­чатар. Оччотугар биһиги тоҕо бу баайбытын кэмчилээбэккэ, харыстаабакка ыһабыт-тоҕобут, туох туһугар? Сир баайа иккистээн үөскээбэт, баар буолан кэлбэт эбээт. Аны маннык чэпчэтии түмүгэр биһиги да хам­паан­ньаларбыт, омук да сирин киэннэрэ хармааннарын хаҥатыналлар. Ол баҕас баар суол. Ону билбиппит ыраатта.

Аны туран Арктика эйгэтигэр үлэлиир учуонай-экэнэмиистэр боростуой киһи өйдөөбөт түгэнин бэркэ тэһииркээн ахталлар. Кинилэр субу кур­­дук диэбиттэр:

«Предполагается, что вся арктическая нефть будет предназначена только для экс­порта, и не будет иметь влияния не только в формировании топливно-энергетической, но и социально-производственной инфра­структуры для арктических субъектов страны. Между тем, региональная обще­хозяйственная эффективность освоения георесурсов Арктики заключается в соз­дании условий для устойчивого роста экономики регионов, повышения уровня жизни населения, улучшения экологической обстановки, обеспечения надежности функ­ционирования всей хозяйственной системы. Однако при ныне предлагаемых принци­пах введения налоговых льгот, существующей схемы совместной работы с зарубежными компаниями, рассчитывать на серьезное изменение региональной экономики, соот­ветственно и национальной в сторону вы­сокодоходного инновационного развития сложно представлять».

Итинник быһаарыы төһө оруннааҕа эбитэ буолла, ол эрээри билигин көрүллэр социаль­най хайысха уонна экономика сайдыытын уһун кэмнээх программатын сүрүн тосхолунан Ар­кти­ка айылҕатын баайын барыстаахтык туһаныы диэн буо­лар. Дьэ, доҕоттоор, ону ситиһэр­би­тигэр биһиги ханныгы-тугу гыныахтаахпы­тый? Бастатан туран, инновацияҕа тирэҕир­бит Арктика айылҕатыгар сөп түбэ­һэр техникэни уонна ньымалары, билиҥ­ҥи көрдөбүлгэ эп­пиэттиир тутуу конструкцияларын дойду си­ригэр оҥоруохтаахпыт уонна олору ха­йа про­мышленноһыгар, энергетикаҕа, тран­спор­ка, онтон да атын оҥорон таһаарар үлэ-хам­нас эйгэтигэр туһаныахтаахпыт; иккиһинэн, омук улахан хампаанньаларын кытары биир­гэ үлэ­лииргэ сөп түбэһэр, онно сөп түбэһэр быһыы-майгы, суут-сокуон нуорматын, бы­раа­бын быһаарыахтаахпыт; үсүһүнэн, Ар­к­ти­ка киэҥ эйгэтигэр уоту-күөһү, энергияны, оттугу хааччыйар, таһаҕас таһар, олорго көмө буолар, наука уонна техникэ сайдыытыгар олоҕурбут үрдүк кыамталаах оҥорон таһаарар күүстээх холбоһуктары тэрийиэхтээхпит; төр­дүһүнэн, дой­ду киин түөлбэлэриттэн, омук сирдэриттэн да кэлбит акциялаах, су­даа­рыстыбаннай, кэ­тэх, холдинг, о.д.а. холбоһук­тар экономика­лыы, оҥорон таһаа­рар көрдөбүллэригэр толору эп­пиэт­тиир, Арктика эрэ буолуо дуо, дойду сайдыытыгар сөп түбэһэр үп-харчы киириитин хааччыйар кыахтаах халбаҥнаабат-хамсаабат нолуок тутулун туругурдуохтаахпыт. Манна да­ҕатан эттэххэ, норуоттар икки ар­дыларынааҕы сайдыы хамсааһынын кэтээн, билгэлээн көрөр тэрилтэ үлэһитэ, эксперт Александр Ме­лентьев бэлиэтээбитинэн, саас­тарын тухары ырыынак эйгэтигэр үлэлиир сай­дыылаах су­даа­рыстыбаларга дохуот кии­риититтэн тутул­лар нолуок таһыма (30-35%) Арассыыйа киэ­ниттэн (60-70%) икки төгүл намыһах эбит. Өскөтүн Арассыыйа ис ырыына­гар үлэлиир тэрилтэлэр сокуонунан көрүллэр нолуок­тарын барытын төлүүллэрэ эбитэ буоллар, буомур­буттара, моҥкурууттаабыттара ырааппыт буо­луохтаахтара үһү. Дьэ ити курдук сатабыла суох тэринэн үлэлии-хамсыы олороохтоотохпут.

Ама да ааспытын иһин, кырдьаҕастарбыт барахсаттар оннооҕор буолуоҕу кыайбыттара-хоппуттара, олохпут чэчирии сайдарын туһугар кыһыл илиилэринэн үлэлээн-хамсаан суоҕу да баар гыммыттара. Кинилэр ол үлүгэрдээх тоҥ­тон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт дьулурҕа майгыларыттан, хатан хааннарыттан таммах са­ҕа хаалбатаҕа, кыра кымаах саҕа кыттыспатаҕа буолуо дуо, биһиэхэ?
Ол эрээри диэххэ, «норуот күүһэ – көмүөл күү­һэ» дииллэр, бары турунан үлэлээтэхпитинэ, ону тэҥинэн былааска олорор бас-көс дьоммут үгүөрү үбү уҥа-хаҥас халыппакка, хостонор баайбытын ыспакка-тохпокко сатабыллаахтык дьа­­һайдахтарына, салайдахтарына, сирбитин-уоп­путун харыстаан, биэбэйдээн көрдөхпүтүнэ-иһит­тэхпитинэ, хайаан кыайтарбат буолуой, син санаабыппытын ситиһиэхпитин сөп этэ буол­лаҕа.

Холобур быһыытынан сэбиэскэй кэми ах­тан ааһар тоҕоостоох дии саныыбын. Хайдах гыныахпытый, оччолорго эрэ дииргэ тиийил­лэр. Арктика түөлбэтин баайын-дуолун ту­һа­ҕа хотуулаахтык таһаарыы саҕаламмыта диэ­тэхпинэ, бука, сыыстарбатым буолуо. Судаа­рыс­тыба үтүмэннээх үбү-харчыны Хотугу Муус­таах байҕал кытылын үөрэтиигэ, чинчи­йиигэ анаан-минээн туттубута, кэлтэгэй кэппиэйкэ туора харбамматаҕа, хостоммут сир баайа ыскайдамматаҕа, омук сиригэр босхону эрэ үр­дүнэн атыыламматаҕа. Туох булуллубут үп судаарыстыба туһатыгар анаммыта. Ол түмү­гэр, хайа промышленноһа сайдыбыт түөлбэлэ­рэ баар буолбуттара. Норильскайдааҕы хайа-ме­таллургия комбинатын базатыгар Но­риль­­скай, Дудинка, Тааҥнаах, Хайыркаан, о.д.а. куорат­тар, улахан үлэһит бөһүөлэктэр тутуллубуттара. Хан­ты-Манси уонна Яма­л-Ненец автономия­­лаах уокуруктарыгар ньиэп, гаас промышленноһа сай­дыытын маҥнайгы олуга охсуллубута, суола-ииһэ, энергетиката, ньиэби, гааһы хостуур ком­бинаттар, социальнай тутуулар олоххо киир­биттэрэ. Билигин ол олукка олоҕурбут ньиэп, гаас промышленноһа аан дой­ду ньиэбин ырыынагын 4%, гааһын 35% хаач­чыйар.

Кольскай тумул арыыга, Мурманскай уоба­ласка апатиты хостуур уонна байытар комбинат тутуллубута, чох промышленноһа сайдыбыта, «Ловозерскай» диэн ниобий, тантал курдук сэ­дэх уонна олус сыаналаах элеменнэри рудат­тан арааран ылар хайа-байытар комбината үлэҕэ киирбитэ. Инньэ гынан, Арассыыйа Арктика­тын Европатааҕы түөлбэтигэр сир баайын та­бы­гастаахтык туһаныы түмүгэр, хоту сир олох­тоохторун олоҕо-дьаһаҕа үрдүк таһымҥа тах­сыбыта. Киин сирдэргэ буоларын курдук, дьон-сэргэ олохсуйар услуобуйата барыта кө­рүллэн тутуллубута.

Ол түмүгэр, кэлии дьон тыйыс айылҕаҕа түргэнник үөрэммиттэрэ; олохтоох омуктар олохторо-дьаһахтара биллэрдик тупсубута, бэ­йэлэрэ ити эйгэ үлэһиттэрэ буолбуттара, дьон-сэргэ «бу мин куоратым, мин бөһүөлэ­гим, мин төрөөбүт олох дойдум, мин үлэлиир сирим» диэн туохха барытыгар, ол иһигэр айыл­ҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһара ситиһиллибитэ.


Саха сирин Арктиката 13 улуус – Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Аллараа Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана, Эдьигээн, Муома, Эбээн Бытантай, Өлөөн түөлбэлээн олорор киэҥ дуолунан, эбэтэр 1,6 мөл. км2 оҕус муоһа тостор тымныылаах, үйэлэргэ олохсуйбут муус-чэҥ сиринэн тайаан сытар. Ону ол диэбэккэ, олохтоох дьон барах-саттар былыргы дьыллар быдан мындааларыт-тан билиҥҥэ диэри төрөөбүт-үөскээбит төрүт сирбит-уоппут диэн оҕо-уруу төрөтөн, аймах-билэ тэнитэн, дьонтон итэҕэһэ суох сананан, та­быллыбыт күннэригэр үөрэн-көтөн, ыар-нүһэр кэмнэригэр хоргутталлар-хомойдоллор даҕа­ны санааларын түһэрбэккэ кэлэр кэскиллэри­гэр эрэллээх олохторун оҥостон үлэлии-хамсыы олороллор. «Бу туруу дьонум-сэргэм барахсат­тар олохторугар-дьаһахтарыгар туһанналлар хан­нык» диэн аһына санаан буоллаҕа, Үрүҥ Айыы Тойоммут айылҕатын баайыттан Аркти­ка добун дуолугар балай эмэни хатаҕалыы са­таабыт. Ол курдук, Анаабыр Майаат, Биил­лээх, Ыраас үрэхтэрин кытылларыгар, хор­доҕой хонууларыгар, Өлөөн, Булуҥ түҥкэтэх тү­бэлэригэр алмаас баай кыырпахтара ыһыл­ла сыталлара булуллубуттара. Дьааҥы, Инди­гиир өрүстэр киэҥ түөлбэлэригэр, Ляхов тумус арыытыгар, Усуйаана хайаларын хас аппала­рын, айааннарын түгэҕэр хорҕолдьун, сурьма баай саппаастара хаһаанылла сыталлар, Өлөөҥ­ҥө Оҥкучах үрэҕин баһыгар ниобий, Маймеча баай­даах түөлбэти­гэр апатит баһымах саппааһа булуллубута. Дьаа­ҥы, Муома улуустарыгар үрүҥ көмүс, цинк, сибиньиэс дьапталҕата тапталла сытара биллэр. Манна сылга 318 тонна үрүҥ көмүһү, 10,2 тонна сибиньиэһи хостуур үлэни күн бүгүн да тэрийиэххэ сөп дииллэр. Кыһыл көмүс үгүөрү баайа Дьааҥы, Индигиир, Халыма эҥэрдэри­нэн тайаан сытара сабаҕаланар. Манна ордук Кү­чүс, Кулаар, Нежданинка, Сентачан курдук баай көмүстээх түөлбэлэр биллэллэр. Арктика улуус­тарын барыларыгар да кэриэтэ көмүстээх сирдэр бэлиэтэммиттэрэ. Ол курдук: Абыйга – Силээннээх, Анаабырга – Аркачаан, Кытыл Таас, Чочимбал, Булуҥҥа – Молодо, Үөһээ Халымаҕа – Кыһыл Таас, Лазо, Вьюн, о.д.а., Аллараа Халыма­ҕа – Аллараа Халыматааҕы кыһыл көмүстээх түөл­­бэ, Усуйаа­наҕа – Күчүс, Кыыллаах, Эмис диэн кы­һыл көмүстээх сирдэр бүгэн сыталлар.

Дьэ дьикти диэтэҕиҥ, айылҕабыт барахсан дьо­нум-сэргэм тоҥ­мотун-хаппатын диэтэҕэ буолуо, аны оттукка эрэ буолуо дуо, өйдөрө-санаалара хойуннаҕына олох-дьаһах атын да наадатыгар туһанныннар диэн ньиэби, гааһы, чох арааһын ба­лай эмэни харайан, хаһаа­нан хааллараахтаабыт эбит. Холобура, Индигиир уонна Халыма өрүстэр икки ар­дыларынан тайаан сытар Зырянка чох­тоох түөл­бэтэ үөрэ­тиллэн, ааҕыллан 23 млрд тонна хаһаас баара бэлиэтэммитэ. Өлөөҥҥө 1,2 млрд тон­­на хос­тонор баайдаах Таймылыыр дьапталҕата, Булуҥ, Муома улуустарыгар, Со­ҕолоох, Ти­хонскай, Краснореченскай чохтоох түөлбэлэрэ үөрэтил­лэн, хостонор кэмнэрин эрэ кэтэһэ сы­таллар. Олохтоох булчуттар, табаһыттар «хара мас» диэн ааттаабыт, аан дойдуга түөрт эрэ сиргэ булуллубут, бог­хед диэн хатыҥ туоһун курдук испиискэ төлөнүттэн ума­йар, аны кыһан, эрбээн, үүттээн араас ойуулары дьүһүйэр чох чараас дьапталҕалара арыы-арыы курдук чө­мөхтө­һөн Муустаах байҕал кытылынан, Өлөөн киэҥ дуолунан сирбит биир дьикти баайа буо­лан харалла сыталлар.

Алаһыай хотоолугар, Индигиир, Халыма эбэлэр икки ардыларынааҕы чохтоох түөлбэни кытары силбэһэ айылҕа гааһа баара биллиби­тэ. Анаабыр улууһугар, Соҕуруу Тигээн оҥхой сиригэр, Бегичев арыытыгар, Кожевников хо­мотугар ньиэп улахан саппааһа дьалкыйа сы­тара булуллубута. Эдьигээн, Аллараа Халыма, Орто Халыма таас дьапталҕаларын анныгар ньиэп эрэ буолуо дуо, гаас кытары ыалласпыт сирдэрин бэлиэтээбиттэрэ.

Балары кытары тэҥҥэ Арктика Эбэ Хотун өрүстэрин бараммат баайа балык эрэ буолуо дуо, кинилэр модун сүүрүктэрин күүһэ-уоҕа буол­лаҕа дии. Аҥаардас Өлөөн, Анаабыр, Дьааҥы, Ин­дигиир, Халыма өрүстэр салааларыгар 18–20 кыра кыамталаах ГЭС-тэри (МГЭС) тутуох­ха сөп диэн ааҕаллар. Аны Хотугу Муустаах далай кытылларынан көҥүл көрүлүү көтөр тыал-буур­ҕа даҕаны таҥкыр кураанах, туһата суох буолба­тах эбит. Ол бэйэлээҕи тоһуйа тутан, «үүннээн-тэһииннээн» туһаннахха, сылга 2 мөл. кВт-ч электроэнергияны ылыахха сөп эбит.

Мантан көрдөххө, Арктика хас улууһун аайы, сир баайын кэлимник хостуур, таҥастыыр, ба­йытар, туһаҕа таһаарар промышлен­ность ти­һи­гин тэрийиэххэ, сайыннарыахха сөп кур­­дук. Сэбиэскэй саҕана баай-талым сир­дэ­­ринэн тала сылдьан чөм-бааччы кыһыл көмүһү, хорҕолдьуну, чоҕу балай эмэни хостоон судаа-рыстыба барҕа баайын хаҥаталлара.

Дьэ билигин ырыынак эйгэтигэр киирэн ба­ран хайдах буоллубут? Сайынныбыт дуу, сар­былынныбыт дуу? Өскөтүн ырытан-ыры­ҥа­лаан, бигээн-бэскилээн көрөр эбит буол­лахха, Сэ­биэскэй саҕана биир киһи муҥур үйэтигэр оло­рон кэлбит олохпут-дьаһахпыт эрэ буолуо дуо, быһыыбыт-майгыбыт, сиэрбит-сигилибит эмискэ уларыйан, отуор­бут алдьанан, үлэбит-хамнаспыт, олохпут дьаһах­пыт ыарытыйбыт, ыгыллыбыт курдук буолан, бу үлүгэрдээх баай сиргэ-уокка оло­рон, кистээбэккэ эттэххэ, туохпут барыта са­тарыйан, куччаан-оч­чоон иһэр курдук. Баҕар, бу оҕонньор «аньыы даҕа­ны, ону маны түөһэн эрдэҕин» диэхтэрэ, ол эрээри баары баарынан буоллаҕа дии.

Арктика эйгэтигэр муниципалитет диэн аат­таах саҥа дьаһаныыга киирэн баран, улуус­тар аайы дьон-сэргэ ахсаана, үлэһит илии бил­лэр­дик аччаата. Уларыта тутууга киирээт да, уончаны кыайбат сыл иһигэр нэ­һилиэнньэ Усуйаана улуу­һугар 12, Анаабырга 11,8, Аллараа Халыма­ҕа 11,1, Үөһээ Халымаҕа 9 бырыһыан аҕыйаабыта биллэр. Булуҥҥа балартан өссө үгүөрү дэнэр.

Тыа хаһаайыстыбата даҕаны бэйэтин хам­саабат тирэҕин кыа­йан булбакка муҥ­нанар. Оҥорон та­һаа­­рар хайысхалара – таба, сүөһү, сылгы иитии­тэ, бултааһын-ба­лык­тааһын, эти оҥорон таһаарыы, үүтү ыаһын таҥнары тү­һэн, үбэ-харчыта кэмчи буолан, сылтан-сыл аһаа­ҕырыы бэлиэтэ улааттар-улаатан иһэр. Буо­луо суоҕа дуо, нолуоктан, уонна атын да хайысхалартан киирэр дохуота олохтоох бюд­жет 4-6% бырыһыанын эрэ сабар, онтон ордугун кэмнээн-кээмэй­дээн, быһан-отон су­даа­рыстыба дук гынарынан бэриһиннэрэн олорор буоллаҕына.

Маннык быһыыны-майгыны көрөн оло­рон: «Дотацияҕа, ол эбэтэр судаарыстыба үбүлээһинигэр олорор муниципалитет тэрил­лиилэрин олохтуур сөптөөх буолуо дуо?» – диэн ыйытык киһини эрэ үүйэ-хаайа тутар. Хай­дах толкуйдаан, ааҕан-суоттаан, быһааран оҥорбуттарын киһи билбэт. Бука, ырыынак услуобуйатын үтүгүннэрэ сатаан, «сайдан-үүнэн бардахпытына кэлин туһалыа» диэн оҥоһуллубут тэрээһин буолуо диэн сэрэйиэххэ эрэ сөп. Онтон ордук буолар кыаҕа суох. Харбыйбыт хармааннаах кураанах тэриллии хайдах даҕа­ны атыттары, ааттаахтары кытары тэҥҥэ аахсан бэйэтин бэйэтэ салайынар, тугу эрэ барыстааҕы, кэскиллээҕи, үйэлээҕи олоххо киллэрэр кыаҕа суоҕа ама көстүбэтэ, биллибэтэ буолуо дуо.

Манна биири бэлиэтээн этиэҕи баҕа­рыл­лар, ырыынак илин-кэлин түсүһүүлээх (кон­­курен­ция), мөккүөрдээх-мөккүһүүлээх, ким үп­тээх ол хам баттыыр сыһыаннаһыылаах бы­һыы­тыгар-майгытыгар, дотацияҕа, ол эбэ­тэр судаарыстыба быс­тах-остох көмөтүгэр олоҕурбут экономика сай­дар, чэчириир кыа­ҕа да, кэскилэ да суох. Дэ­лэ­ҕэ даҕаны үгэ-хоһоон курдук «тыа хаһаайыс­ты­ба­тын үгэс буолбут салаата (традиционные от­рас­ли) үлэлээн таһаарар ороскуотун судаарыс­ты­­ба харчытынан сабыахтааҕар, үлэлэппэккэ эрэ хам­настарын төлөөбүт быдан барыстаах буо­луо этэ» диэн этиэхтэрэ дуо. Бука, туох эрэ онно маарынныыр дуу, чугасаһар дуу баар буолан этилиннэҕэ. Тыала суохха мас хамсаабат дииллэр.
Кистэлэҥ буолбатах, дотация иитимньитигэр олорор экономика ырыынак хаҕыс үйэтигэр кэнэҕэһин-кэнэҕэс иинэн-хатан хагдарыйар дьылҕаланар. Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыба бас билиитэ сылтан-сыл кыччаан-оччоон чааһы­най илиигэ киирэн иһэр. Билигин биллэри­нэн, судаарыстыба өлүүтэ тэрилтэлэр уопсай ахсааннарын 4-5 быраһыаныгар эрэ тэҥнэһэр. Ол оннугар чааһынай бас билии улааттар улаатан 75 бырыһыантан лаппа таҕыста. Бу түмүгэр судаарыстыба эйгэтигэр үлэлиир тэ­рилтэлэр дойду промышленноһын 9-10% эрэ оҥорон таһаараллар, оттон ньиэп 0,2%, чох 14,5% эрэ хостууллар. Сотору ол да суох буолар бадахтаах. Үп-ас бэриһиннэриитигэр олорор ханнык баҕарар хаһаайыстыба, муниципалитет киэнэ да буоллун, моҥкуруут барар, тоҕо диэ­тэххэ уолбакка, уостубакка өрүү тохтобула суох кураанах хармааҥҥа симэ турар үп­тээх-ас­таах, харчылаах аптаах сандалы (скатерть-са­мобранка) ырыынак сыһыаннаһыытыгар баар буолар кыаҕа суох. Дьэ ол иһин олохтоох бюд­жеттарын оҥостоойоллор, булунаайаллар-та­лынаайаллар диэн ырыынак көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр, онно үлэлиир механизмнаах, хамсатар-халбарыҥнатар ньымалаах буолаарай диэн, олохтоох бэйэни салайынар тэриллиилэри ад­ми­нистративнай сирдэр истэригэр оҥор­дох­торо. Ол да иһин «Өрөспүүбүлүкэ иһи­гэр олох­тоох бэйэни салайыныы туһунан», «Бэйэни салайыныы үбүн туһунан» диэн сокуоннар оҥо­һуллан ылынылыннахтара. Бу докумуоннар истэригэр олохтоох бэйэни салайынар тэ­рил­лиилэр бас билэр, оҥорон таһаарар күүс­тэ­ригэр олоҕуран үптэрин-харчыларын оҥос­туохтаахтарын туһунан көрүллэр. Баларга этил­лэр эбит, ханнык хамсатар механизмнары, тө­­һүү­лэри туһанан, хайдах салаллан, салайан, бэйэ түөлбэтин иһигэр баар сир баайын ба­рыстаахтык туһанан, сайдарга, улаатарга сөп буолар үбү-аһы оҥорон таһаарыахха сөптөөҕө. Бу сокуоннарга ылыллыбыт халбаҥнаабат бы­һаарыы быһыытынан – Арктика улуустарыгар ырыынагы олоххо киллэрээччи, кини сайдар саҥа суолун тэлээччи уонна сүрүннээччи, бары­тын көрөн-истэн, ыйан-кэрдэн биэрээччи бы­һыытынан олохтоох салайыныы буолуохтаах. Ол эбэтэр Арктика улуустарын социальнай уонна экономикаҕа сайдыылара, онно сөп түбэһэр олохтоох бюджет оҥоһуллуута, бу тэриллии бэйэтин бас билиитин хайдах барыстаахтык туһанан тыа хаһаайыстыбатын, ордук хайа про­мышленноһын кэлимник тэрийэн, сайын­наран, уоту-күүһү, суолу-ииһи, дьиэни-уоту, атыы-тутуу эйгэтин олоххо киллэрэн, ба­рыыс­таах­тык эргиниититтэн тутулуктаах буолан тах­сар. Киниэхэ оннук юридическай, норма-бы­раап, конституция быһыытынан салайар кө­ҥүл бэ­риллэр. Оччотугар атыттары кытары аах­сар, күөнтэһэр, ырыынак бары кыаҕа баар буолуохтаах. Хамсааһын оннук эрэ түгэнигэр, Арк­тика улуустарыгар хаһаайыстыба, үлэ-хам­нас, олох-дьаһах салаата кэлимсэ сайдыытын, дьон-сэргэ ырыынак диэн тугун-хайдаҕын эти­нэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билэн, үлэҕэ, олоххо талыһыытын ситиһиэххэ сөп курдук. Дьэ оччоҕуна чугаһынан ылан эттэххэ, «үлэбит суох» дии-дии халтай хаамыы, «санаабыт түстэ» дии-дии арыгылааһын тохтуо этэ буоллаҕа.

Билигин туох-хайдах ис хоһоонноох эко­номикаҕа олоҕуран Арктика муниципалитет тэриллиилэрэ үлэлии-хамсы олороллоруй? Ырыынак киэнинэн дуу, эбэтэр администра-циялыы-былааннаах дьаһаллыы күүһүнэн дуу? Мин санаабар, өскөтүн биир киин­нэммит дотациянан үбү­лээһин баа­ры­нан сирдэтэн көрөр эбит буол­лахха, адми­нис­­трациялыы-былааннаах, оттон бэйэни са­лайыныы уонна араас формалаах бас билии баарынан быһаарар буоллахха, ырыынак ис ту­тула сүрүннүүр курдук көстөрүгэр тии­йэр. Оччотугар ырыынак экономикатын олохтуур кыһалҕа кииннэммит үбүлээһини туһанары кү­һэйэр диирбитигэр тиийэбит дуо? Ман­нык ди­­рективалыы-былааннаах тутул ырыы­нак эко­­­но­­микатыгар кыбыллыыта тиһэҕэр тиийэн ба­рыыс­таах буолар иһин күрэстэһиини уонна бэйэ үбүлэниитин көҕүлээһини, ону ситиһэ сатааһы­ны суох гынар. Ким даҕаны ойоҕостон ыктарбат, ону таһынан судаарыстыба үбэ олохтоох бюд­жек­ка киирэ турар, суланан-суҥхаран кыра эмэ да буоллар эптэрэр кыах баар буоллаҕына най барыы үөскүүрэ биллэр. Арктика улуустарыгар сүрүннүүр кыайа-хото тутар ис тутул, төһүүтэ суох булкаас эко­номика баарын тухары, былыр үйэтээҕи, үгэс буолбут, бэйэтин кыаҕын, күүһүн сүтэрбит аҕа ууһунан общинаны чөлүгэр түһэрэ сатаан, чуу­мунан бэдэрээттэһэн үрдүк тэрил­лии­лээх, са­лаллыылаах ырыынак экономикатын олох­хо киллэрэр, бука, кыайтарбата буолуо. Дьэ ону өйдөөн-дьүүллээн, Арктика тус ура­ты­ларыгар, кини тыйыс айылҕатыгар, үгэс буол­бут хайысхалаах хаһаа­йыстыбаларыгар, сирин баайыгар-дуолугар, географиятыгар, социаль­най усулуобуйаты­гар, төрүт кутугар-сүрүгэр сөп түбэһэр Арктика экономикатын тутулун оҥоро, сайыннара сатыахтаахпыт дии саныыбын.

Кистэлэҥ буолбатах, билиҥҥи кэмҥэ дойду экономикатын уонна социальнай олоҕун сай­дыытын стратегията, программалара сир баайын кэлимник туһаҕа таһаарар промыш­ленноһы туругурдууга олоҕураллар. Бу хайыс­хаҕа сэ­биэскэй саҕаттан биһиги үлэлии үөрэннибит, би­лиини-көрүүнү мунньуннубут, атыы-тутуу киэҥ эйгэтигэр, эбэтэр аан дойду ырыынагар тахсан Азия, Европа дойдуларын кытары тахсыылаах­тык уонна барыстаахтык алтыһар буоллубут. Ол эбэтэр Арктика үрдүк көрдөбүлүнэн туһанар сирин балысхан баайа, кини социальнай уонна экономикатын сайдыытын хамсатар күүһүнэн буолуохтаах. Киһи сэргэхсийэрэ, сэҥээрэрэ баар, бу хайысхаҕа хамсааһын тахсан эрэр курдук.
Бүгүҥҥү күннээххэ Арктика сайдыытыгар анаммыт чэрчилэр оҥоһулла тураллар. Олор истэригэр киллэриэххэ сөп:

– бастатан туран, Хотугу Муустаах байҕал суо­лун сайдыытын стратегиятын;
– иккиһинэн, Хотугулуу-Илин сытар түөлбэ­лэр сирдэринэн-уоттарынан ааһар тимир суол ситимин тутуу саҕаламмытын. Ити програм­ма бастакы хардыытын быһыытынан биһиги көрүөхпүтүн сөп Дьокуускай тимир суола ту­туллуутун;
– үсүһүнэн, дойду экономиката сайдыы­ты­гар көрүллүбүт сир баайын кэлимник туһаныы уһун кэмнээх программатын.
Баларга холбуу, «Судаарыстыба 2020 с. диэри уонна онтон анараа өттүгэр Арктикаҕа ыытыллар бэлиитикэтэ» диэн докумуону киллэриэххэ сөп. Онно этиллэринэн:
– Арктика сирин баайа дойду социальнай уонна экономикатын сайдыытыгар төһүү буо­луохтаах;
– Арктиканы аан дойду эйэлээх эргиэнин сиринэн оҥоруохтаахпыт;
– Хотугу Муустаах байҕал суола дойдуга биир кэлим транспорт ситимин курдук туһа­нылыахтаах диэн.

Билигин Арктика түөлбэтигэр алмааһы хостооһун үлэтэ салҕанан бара турар. Табы­лыннаҕына, сотору кэминэн Соҕуруу Тигээн ньиэптээх, Күчүс кыһыл көмүстээх сирдэрин туһаҕа таһаарыы саҕаланыахтаах. Алаһыай хаспаҕар мунньуллубут үтүмэн үгүс ньиэп, гаас сап­пааһын хостооһун, турба ситимин тутуу, омук сиригэр атыылааһын сабаҕаланар. Олору барытын улахан акциялаах холбоһуктар, фирмалар, корпорациялар, сорохторо тас дой­дулар кыахтаах тэрилтэлэрин кытары кыт­ты­һан, туһаҕа таһаараллара биллэр. Дьэ бу ман­на тас дойдулары кытары сибээстээх (ин­те­грированнай) улахан корпорациялар ырыы­нак хаҕыс сыһыаннаһыытыгар вахта ньы­матынан, киин сирдэртэн кэлэн үлэлиир буол­лахтарына, олохтоох нэһилиэнньэ хайдах кы­быллан кыт­тыһар, үп-харчы киллэринэр?

Холобура, Аляскаҕа кэтэх предприни­ма­тельство сайдан, көмүс хостооһунугар олох­тоох омуктар бэйэлэрэ бур-бур буруо та­һааран кыттыылара лаппа кэҥээбит. Инньэ гынан бу дойдуга кыһыл көмүһү хостуур са­лааҕа 300 кэриҥэ артыал үлэлиирэ биллэр. Биһиги дойдубутугар оннук хайысха тоҕо быһаарыллыбат буолуой. Киин сирдэртэн, инньэтэх Кавказ хайаларын быыһыттан кэ­лэн үлэлиир көмүһү сууйар ар­тыаллар, би­ри­гээдэлэр баалларын бил­бэт, истибэт киһи, бука, суоҕа буолуо. Кини­лэр Магадан уоба­ла­һыгар айбардыылларын, уҥа-хаҥас тут­тал­ларын, тутуллалларын да туһу­нан бэчээк­кэ син тахсыталыыр. Оттон биһиги син бэйэ­­бит бы­рабыыталыстыбалаах, промышленноһы иилиир-саҕалыыр минис­тиэ­ристибэлээх, сокуон та­­һаа­рар Ил Түмэннээх, бэйэтин бэйэтэ дьаһа­нар (самоопределе­ние) бырааптаах өрөспүүбүлү­кэ буоллахпыт дии. Муҥ сатаатар, тас дойдулар үлэлэрин үтүк­тэн, дойдубут Конституциятыгар, араас формалаах үлэни тэрийии ньымаларыгар, о.д.а. ырыынак көҥүл (либераль­най) эко­номикатын сайдыытын сокуоннарыгар, нуор­маларыгар олоҕуран бэйэбит бур-бур бу­руо таһаарынарбыт хайдах-туох буолуой. Онно сөп түбэһэр кыах да баар курдук буолбатах дуо?

Өрөспүүбүлүкэбит Арктикатааҕы улуустарын киэҥ түөлбэлэрин аайы саһан сытар кыһыл көмүс баайдаах дьоҕус сирдэр бааллар эбээт. Көр, олорго лицензияны, ол эбэтэр көҥүлү ылыыны олохтоох омуктарга судургутутан, ба­ҕар куонкуруһа да суох биэриини ситиһэн, аҕы­йах ахсааннаах кыра биригээдэлэри тэрийэн, көмүс сууйуутун олохтуур, сайыннарар, ама, та­быллыбата буолуо дуо.

Өрөспүүбүлүкэбити­гэр хайа инженердэрин, геологтары, тутуу үлэ­һит­тэрин үөрэтэн таһаартыыр үрдүк даҕаны, орто даҕаны үөрэх кыһалара бөҕө бааллар. Онон ити хайысханы олоххо киллэрэр, сайыннарар тирэх баар. Оччотугар үлэ миэстэтэ көстөрүн таһынан, муниципалитет тэриллиилэрэ балай эмэ үптээх, бюджеттарын хаҥатар үлэлэниэ, экономикала­ра сайдыа этэ буоллаҕа.

Туох да диэбит иһин, Арктикаҕа баар сир баайын туһаныыны сатабыллаахтык тэри­йэн, ылыллар үбү-харчыны таба аттаран туһан­нахпытына, экономика сайдарыгар сүрүн төһүү буолара чахчы. Онон Арктика инники сайдар кэскилин олуга охсулунна диэн эрэниэххэ сөп.

Ол эрээри диэххэ. Дойду бүттүүн, ол иһигэр Арктика экономикатын, социальнай сайдыы­тын стратегияларыгар уонна политикатыгар сир баайын туһаныыны тэҥэ табаары оҥорон таһаарар күүстэр (призводительные силы), ол эбэтэр собуоттар, фабрикалар, о.д.а. модун холбоһуктар тутуллалларын, сайдалларын ту­һунан суруллубаттара, былааннамматтара ки­һини мунаахсытар.

Дьиҥинэн, Сир баайын туһаныыттан ылыл­­лар сүҥкэннээх үп-харчы дойду оҥо­рон таһаа­рар хаһаайыстыбатын айарга, оҥо­рор­го, са­­йын­нарарга туллаҥнаабат тутаах, түө­рэҥ­нээбэт төһүү буолуохтаах этэ буоллаҕа. Ха­һан эрэ бүтүөхтээх, эстиэхтээх-быстыах­таах кө­мүспүтүгэр, ньиэппитигэр, гааспытыгар, мас­пы­тыгар-оппутугар Кытай ньаалбаан миис­кэ­лэрин, көтүрү бара сылдьар таҥастарын-саптарын, омук техникэтин, ньымаларын бас быс­тар сыанатыгар үҥэн-сүктэн атыылаһа оло­руох бэйэккэбит буолуо дуо? Ол аата силлибэт сирбититтэн ыйанан олорор курдук буолбап­пыт дуо? Суох, оннук буолбатах. Судаарыстыба экономикаттан туораан биэрбэккэ, бэйэтэ эмиэ бас билэр хаппытаалын хаҥатан, суутугар уон­на сокуонугар олоҕуран ырыынак экономика­тын салайан, бэрээдэктээн, кини хамсатар күү­һүн күрэс былдьаһыыны олоххо киллэрэн, Арк­тика сирин баайын барыстаахтык туһаҕа таһаа­ран, оҥорон таһаарар промышленность дойду со­циальнай уонна экономикатын сай­дыытын хамсатар күүһэ буоларын ситиһиэ, барҕарыы суолун кэрэһэлиэ этэ диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Ким туох диирэ эбитэ буолла истиэҕи, көрүөҕү.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар